Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Архыыптар «Чолбон» сурунаал редакцията

«Чолбон» сурунаал редакцията

Чэрдээх сирэйдээх КИҺИ

Джекоб Кент олус ымсыы киһи этэ. Ымсыытыгар тэптэрэн тугу да итэҕэйбэт буолбута, майгыта-сигилитэ алдьаммыта, ол иһин кинини кытары ким да аалсыһыан баҕарбата. Кэдэрги кэмэлдьитигэр, хадьарыгар эбии түлээгирэр идэлээҕэ. Ол сылдьан тугу оҥорорун билбэт этэ. Кент оҕо эрдэҕиттэн таҥас өрөр станокка сап хатааччынан үлэлээбитэ. Клондайк көмүһэ аһылларыгар биир бастакынан кэлбитэ. Кини… Сиһилии »Чэрдээх сирэйдээх КИҺИ

Тылбаасчыта суох – литература сайдыбат

(Арассыыйа Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата Аита Шапошниковалыын кэпсэтии) Билиҥҥи саха литературатын эйгэлэригэр Намтан төрүттээх биллиилээх тылбаасчыты, суруналыыһы, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитин, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун Улахан литературнай бириэмийэтин лауреатын Аита Шапошникованы билбэт киһи суох. Өйүнэн, дууһатынан саха литературатыгар бэриниилээх, киэҥ билиилээх, үрдүк култууралаах суруйааччыбыт бу күннэргэ үбүлүөйдүөхтээх. Аита Ефимовна, мин… Сиһилии »Тылбаасчыта суох – литература сайдыбат

КҮӨХ СУЛУСКА АЙАН

(Борис Павлов–Кэм хоһоонноругар бэлиэтээһиннэр) Борис Иванович Пав­лов–Кэм уус-уран айымньыларын сөбүлээн ааҕабын. Хоһооно хомоҕой, кэп­сээнэ тол­куйдатар. Бу суруйуубар кини ордук табыллыбыт хоһоонноругар тирэҕирэн бэлиэ уобарастары кэтээн көрүөхпүт, үтүө өрүттэрин сэгэтиэхпит. Кырдьык Борис Павлов, мин санаабар, кимиэхэ да майгыннаабат туспа истииллээх хоһоонноро «Дьолуо» уонна «Саха сүрэҕэ» кинигэлэригэр бэчээттэммиттэрэ. Киһи дууһатын кылын таарыйар… Сиһилии »КҮӨХ СУЛУСКА АЙАН

БУУРҔА

(Мин эһэм оҕонньор кэпсээнэ) Былыыр-былыр арай биирдэ эн хос эһэҥ миигин, эдэр уолчааны, ыраах балыктата —суора туонатыгар илдьэ барда. Кыра бырааттарым уонна бэйэм саастыыта доҕотторум миэхэ төһө ымсыыра хаалбыттарын эһиги көрбүккүт буоллар! Кырдьыга да, муора туоната диэн ол үрэх ханнык эмэ вискатыгар (күөлтэн өрүскэ түһэр сиэни ааттыыллар) тэҥнэһиэ дуо! Тыбыс-тымныы,… Сиһилии »БУУРҔА

АЛААС ОРТОТУГАР СОҔОТОХ БЭС

Дьоппуоннар дойдуларын Нихон диэн ааттыыллар, баҕар, ону биһиги олоҥхобутугар «үс ньүкэн түгэҕэ» диэбиппит буолаарай… Тоҕус төгүллээх пьеса ООННЬУУР ДЬОНО: ЫЛДЬАА – 25 саастаах киһи. СИЛИП – 50 саастаах киһи. ФУМИКО – проститутка. Йокохама куорат. 1925 сыл, кыһын. БАСТАКЫ ТӨГҮЛЭ Хараҥа сыана ортото аргыый аҕай сырдаан кэлэр. Ол сырдыкка Ылдьаа тобуктаан… Сиһилии »АЛААС ОРТОТУГАР СОҔОТОХ БЭС

Бахсыттан тахсыбыт талаан

(Ньукулай Туобулаахап төрөөбүтэ 100 сылынан) «Киһи кэллээ, саха эбилиннээ!» – диэн чуопчаарбыта көтөҕөөччү эмээхсин балаҕан ыйын 7 күнүгэр 1912 сыллаахха Бахсыга Миитэрэй Силэпсиэп балаҕаныгар. Бу Дмитрий Апексеевич Слепцов иккис кэргэнэ Мотрена Дмитриевна ыалга бэһис уолу аҕалбыта. Бу кэмҥэ ыал 17 саастаах, 13-гэр, 9-гар, 6-гар сылдьар уолаттардаах этэ. Бэһис уолу Ньукулай… Сиһилии »Бахсыттан тахсыбыт талаан

17-с кыбаартал уонна Мальборо

I Биһиги Дьокуускай куорат 17-с кыбаарталын Дьиикэй Запад диэн ааттыырбыт. Манна туох барыта буолуон сөбүгэр куруук бэлэм сылдьар хас биирдии олохтоох үгэһигэр кубулуйуохтаах. Оттон олохтоохтор биһиги куорат биир чуумпу кыбаарталыттан көһөн тиийэрбитигэр сүнньүнэн «үбү баһа» кэлэн баран төннүбэккэ хаалбыт Сэбиэскэй Сойуус араас муннуктарыттан мустубут дьон сыдьааннара этилэр. Кинилэр бэйэлэрин «олохтоохторбут»… Сиһилии »17-с кыбаартал уонна Мальборо

Дьоллоох Дьокуускай дьоһун тутааччыта

Россияҕа Үлэ сылыгар сурунаалбытыгар быйыл 97 сааһын туолар номоххо киирбит тутааччы, Социалистыы Үлэ Геройа Михаил Семенович Сергеев туһунан суруйарга сорудах ылан, аадырыһын ыйдараммын, атырдьах ыйын биир үтүө күнүгэр ытык кырдьаҕастыын сэһэргэһэ диэн сайылыгар тиийбитим. Михаил Семенович бэс чагда быыһыгар ыраас салгыннаах кэрэ сиргэ сайылаан олорор эбит. Улахан ааттаах-суоллаах ытык кырдьаҕас… Сиһилии »Дьоллоох Дьокуускай дьоһун тутааччыта

П. ОЙУУНУСКАЙ КЫЫҺА С.П. ОЙУУНУСКАЙА ТӨРӨӨБҮТЭ 80 СЫЛЫГАР

ОЛОХПУТ ҮТҮӨ АРГЫҺА, КИЭРГЭЛЭ ЭТЭ Күндүтүк саныыр, күннэтэ алтыспатаргын да аттыгар баар, мэлдьи оннук буолуохтааҕын курдук саныыр саастыылааҕыҥ, бииргэ үөскээбит киһиҥ олохтон баран хаалыыта сааһыран истэх аайы, саастыылаахтар кэккэбит биллэ чарааһаан истэҕин аайы олус ыарыылаах, ааспат-арахпат кутурҕан аһыылаах буолан иһэр… Сардаана Платоновна Соловьева-Ойунская биһиги дьиэ кэргэҥҥэ олохпут аргыһа, олохпут доҕоро,… Сиһилии »П. ОЙУУНУСКАЙ КЫЫҺА С.П. ОЙУУНУСКАЙА ТӨРӨӨБҮТЭ 80 СЫЛЫГАР

НАТАЛЬЯ ХАРЛАМПЬЕВА,

саха норуодунай поэта «КӨТӨН КҮПСҮЙ ҮРДҮККЭ…»          *** Саҥата суох хаалыам. Ол ордук. Быһаарсарга олох тиийбэтэ. Көрүмэ дуу хомойбуттук, Ааста олох үтүөтэ. Аны кэлэн хатыҥ чараҥ Суугунугар суулуо суоҕа, Сулус оҕото халлаантан Имнэнэ кучуйуо суоҕа. Саҥата суох хаалыам. Ол курдук Аҥардас аналым туора тардыа. Олох барахсан омуннаахтык Салгыы устан доллоһутуо.… Сиһилии »НАТАЛЬЯ ХАРЛАМПЬЕВА,

Константин Сосин

ҮС ХОҺООН САХА ПОЭЗИЯТА Поэзия  – киһи курдук, Кубулҕаттаах майгылаах Арыт намыын, арыт ыгым: Ахсым, холуон айаннаах          Поззия – истиҥ доҕор,          Хоноһолуу тиийиэҕэ.          Хоһоон тыллаах Көстөкүүннүүн          Хоско киирэн кэлиэҕэ. Поэзия өлбөт мэҥэ Уутун испит бадахтаах Сэргэлээхпит Сэмэнэ Алампалыын алтыһыахтаах.          Поэзия – эмиэ Киһи,          Тапталга… Сиһилии »Константин Сосин

Саха сирэ – Дьокуускай -дьоно-сэргэтэ

Саха сирэ Сибиир хотугулуу илин өттүгэр 3500000 кв. (2500000 кэриҥэ миль) биэрэстэ иэннээх сиринэн тайаан сытар. Олохтооҕо 250000 эрэ киһи. Нэһилиэнньэ түөрт гыммыттан үһүн сахалар (монгол бииһиттэн сыдьааннаах омук) ылаллар. 16000 кэриҥэ нуучча баар. Онтон ордуктара көһө сылдьар биис уустара -тоҥустар, чукчалар, юкагирдар, ламуттар. Салайарга сөптөөх буоллун диэн бу уокуругу… Сиһилии »Саха сирэ – Дьокуускай -дьоно-сэргэтэ

Дьокуускай куорат классическай архитектурата

Дьокуускай, Саха Республикатын киин куората, 1632 сыллаахха теруттэммитэ. Билигин Дьокуускай – Россия саамай кырдьаҕас куораттарыттан биирдэстэрэ, Иркутскай, Красноярскай, бэл диэтэр Санкт-Петербург куораттартан аҕа. Куоракка билиҥҥэ диэри  аҕыйаҕа суох ураты быһыылаах архитектуралаах былыргы дьиэлэр ордон хаалбыттар. Хомойуох иһин, Дьокуускай олохтоохторо олору соччо харыстаабаттар. 1. “Шергин шахтатын” үрдүнэн бэрэбинэ дьиэ. Бу холуодьас-шахтаны… Сиһилии »Дьокуускай куорат классическай архитектурата

Софрон Данилов «Икки саха»

— Оо, муҥнаах… Сахалыы саҥарбат саха…Саха аатыраахтыа —дьокуут… – Кырдьаҕас саха, умса түһэн, кылбаа маҕан төбөтүнэн уол түөһүгэр сыстыбыт. Онтон, чугус гынан, хайыан да билбэккэ симиттэн турар уол дьүһүнүн умнуллубаттык өйдөөн хаалыан баҕарбыттыы, тонолуппакка одуулаан турбахтаабыт. Софрон Данилов «Икки саха». Ааҕар Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ… Сиһилии »Софрон Данилов «Икки саха»

Софрон Данилов «Аҕас – балыстар»

1941 сыллаахха алтынньы ыйга биһигини, лыжнай батальоҥҥа сылдьар саллааттары, Алтайскай кыраай Бийск куоратыттан тиэтэл үлүгэринэн Новосибирскайга аҕаллылар. Москваттан эвакуацияламмыт танковай завод тутуутугар…Аһыыр ас быстар куһаҕана. Остолобуойга арай туус элбэҕэ… Софрон Данилов «Аҕас-балыстар». Ааҕар Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов.

ТОРДОХТОН КҮӨДЬҮЙБҮТ КЫЫМ

(эбээн классик суруйааччыта Н.С. Тарабукин төрөөбүтэ 110 сылыгар) Норуот сүрэҕэ – хатан укулаат. Норуот дьулуурун тууйуо дуу тымныы, Ол дьуоҕа үөһүттэн, Ньукулай, Үөдүйэн тахсыбытыҥ өһөс кыымныы, Үйэҕэ суулунна өй-сүрэх кыаһыта, Өбүгэ сэһэнин сурукка тиһэммит, Эбээннии тойук уучаҕын сыһытан, Эн тыырбыт ыыргынан эдэрдэр иһэбит. П. Ламутскай Эһэлээх (Муома улууһун Улахан Чыыстай… Сиһилии »ТОРДОХТОН КҮӨДЬҮЙБҮТ КЫЫМ

УМНУЛЛУБАТ БҮТЭҺИК ЧУОРААН

(Суруйааччы күннүгүттэн) Бэйэбин бэйэм туораттан көрүөхпүн баҕарабын. Мин туспунан атын дьон эппиттэрэ уонна бэйэм санаам атыласпат буоллахтарына, мин кимминий?.. Ааптар. Надо учиться в школе, но еще больше надо учиться по выходе из школыт Д. Писарев. 1960-1961 сыллардаах үөрэх дьыла саҕаланна. Онустар оскуолабытын бүтэрэр сылбыт. Үөрэҕим бастакы күнүттэн саҕалаан, түмүктэниэр диэри… Сиһилии »УМНУЛЛУБАТ БҮТЭҺИК ЧУОРААН

КЭҔЭ ЭТИТТЭРИИТЭ

(Кэпсээн) Абыраам оҕонньор сүрдээх таҥараһыт этэ. Таҥараҕа сүгүрүйэрин, үҥэрин, бэл, хомсомуол чолоҕордор ыалы барытын кэрийэ сылдьан таҥара күлүгүн оһоххо быраҕар кэмнэригэр, «Тап,агаһь» диэн суруктаах хаптаһыны түөһүгэр иилэн баран урукку сугулаан, билигин сэбиэт хонтуоратын иннигэр «сааттаах остуолбаҕа» да кэлгийбиттэригэр тохтоппотоҕо. Сарсыарда эрдэ дьон утуйа сыттаҕына, киэһэ дьон утуйбутун кэннэ таҥара холоругар… Сиһилии »КЭҔЭ ЭТИТТЭРИИТЭ

Суруктаах хайа – Сиинэ ытык хайата

Ол суорба очумаас тааһыгар Былыргы киһи суруйбут, Мындыр илии соһо тааһынан Ийэ сир тапталын туойбут. Семен Данилов. Саха сиригэр Суруктаах хайалары, ойуулаах-бичиктээх очуостары аан бастакынан сурукка киллэрбит, бастакы научнай сабаҕалааһыннары оҥорбут дьоннорунан Саха сиригэр сыылкаҕа кэлбит Сибиряковскай экспедиция кыттыылаахтара буолаллар. Ол курдук Г.Ф. Миллер, Д.А. Клеменц, Н.А. Виташевскай, И.И. Майнов,… Сиһилии »Суруктаах хайа – Сиинэ ытык хайата

былыргы сахалар күнү-дьылы ааҕыылара

Саха киһитэ бэрт мындыр. Кини былыр- былыргыттан бэрт уһун уонна олус тымныы кыһыннаах, кылгас сайыннаах сиргэ олохсуйбут буолан, сүөһүтүн-аһын, дьонун-сэргэтин, оҕотун- уруутун этэҥҥэ сыл таһаарар инниттэн, бэрт  чуолкайдык күнүн-дьылын ааҕан-суоттаан, көрөн-истэн, сөп буолар гына хаһаанан, дьаһанан, аттарынан эрэ олордоҕуна сатанар этэ. Былыргы саха киһитэ айылҕа, күн, ый, дьыл эргиирин, хаамыытын… Сиһилии »былыргы сахалар күнү-дьылы ааҕыылара