Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар

Ыстатыйалар

Тылбаасчыта суох – литература сайдыбат

(Арассыыйа Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата Аита Шапошниковалыын кэпсэтии) Билиҥҥи саха литературатын эйгэлэригэр Намтан төрүттээх биллиилээх тылбаасчыты, суруналыыһы, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитин, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун Улахан литературнай бириэмийэтин лауреатын Аита Шапошникованы билбэт киһи суох. Өйүнэн, дууһатынан саха литературатыгар бэриниилээх, киэҥ билиилээх, үрдүк култууралаах суруйааччыбыт бу күннэргэ үбүлүөйдүөхтээх. Аита Ефимовна, мин… Сиһилии »Тылбаасчыта суох – литература сайдыбат

КҮӨХ СУЛУСКА АЙАН

(Борис Павлов–Кэм хоһоонноругар бэлиэтээһиннэр) Борис Иванович Пав­лов–Кэм уус-уран айымньыларын сөбүлээн ааҕабын. Хоһооно хомоҕой, кэп­сээнэ тол­куйдатар. Бу суруйуубар кини ордук табыллыбыт хоһоонноругар тирэҕирэн бэлиэ уобарастары кэтээн көрүөхпүт, үтүө өрүттэрин сэгэтиэхпит. Кырдьык Борис Павлов, мин санаабар, кимиэхэ да майгыннаабат туспа истииллээх хоһоонноро «Дьолуо» уонна «Саха сүрэҕэ» кинигэлэригэр бэчээттэммиттэрэ. Киһи дууһатын кылын таарыйар… Сиһилии »КҮӨХ СУЛУСКА АЙАН

Бахсыттан тахсыбыт талаан

(Ньукулай Туобулаахап төрөөбүтэ 100 сылынан) «Киһи кэллээ, саха эбилиннээ!» – диэн чуопчаарбыта көтөҕөөччү эмээхсин балаҕан ыйын 7 күнүгэр 1912 сыллаахха Бахсыга Миитэрэй Силэпсиэп балаҕаныгар. Бу Дмитрий Апексеевич Слепцов иккис кэргэнэ Мотрена Дмитриевна ыалга бэһис уолу аҕалбыта. Бу кэмҥэ ыал 17 саастаах, 13-гэр, 9-гар, 6-гар сылдьар уолаттардаах этэ. Бэһис уолу Ньукулай… Сиһилии »Бахсыттан тахсыбыт талаан

Дьоллоох Дьокуускай дьоһун тутааччыта

Россияҕа Үлэ сылыгар сурунаалбытыгар быйыл 97 сааһын туолар номоххо киирбит тутааччы, Социалистыы Үлэ Геройа Михаил Семенович Сергеев туһунан суруйарга сорудах ылан, аадырыһын ыйдараммын, атырдьах ыйын биир үтүө күнүгэр ытык кырдьаҕастыын сэһэргэһэ диэн сайылыгар тиийбитим. Михаил Семенович бэс чагда быыһыгар ыраас салгыннаах кэрэ сиргэ сайылаан олорор эбит. Улахан ааттаах-суоллаах ытык кырдьаҕас… Сиһилии »Дьоллоох Дьокуускай дьоһун тутааччыта

П. ОЙУУНУСКАЙ КЫЫҺА С.П. ОЙУУНУСКАЙА ТӨРӨӨБҮТЭ 80 СЫЛЫГАР

ОЛОХПУТ ҮТҮӨ АРГЫҺА, КИЭРГЭЛЭ ЭТЭ Күндүтүк саныыр, күннэтэ алтыспатаргын да аттыгар баар, мэлдьи оннук буолуохтааҕын курдук саныыр саастыылааҕыҥ, бииргэ үөскээбит киһиҥ олохтон баран хаалыыта сааһыран истэх аайы, саастыылаахтар кэккэбит биллэ чарааһаан истэҕин аайы олус ыарыылаах, ааспат-арахпат кутурҕан аһыылаах буолан иһэр… Сардаана Платоновна Соловьева-Ойунская биһиги дьиэ кэргэҥҥэ олохпут аргыһа, олохпут доҕоро,… Сиһилии »П. ОЙУУНУСКАЙ КЫЫҺА С.П. ОЙУУНУСКАЙА ТӨРӨӨБҮТЭ 80 СЫЛЫГАР

Саха сирэ – Дьокуускай -дьоно-сэргэтэ

Саха сирэ Сибиир хотугулуу илин өттүгэр 3500000 кв. (2500000 кэриҥэ миль) биэрэстэ иэннээх сиринэн тайаан сытар. Олохтооҕо 250000 эрэ киһи. Нэһилиэнньэ түөрт гыммыттан үһүн сахалар (монгол бииһиттэн сыдьааннаах омук) ылаллар. 16000 кэриҥэ нуучча баар. Онтон ордуктара көһө сылдьар биис уустара -тоҥустар, чукчалар, юкагирдар, ламуттар. Салайарга сөптөөх буоллун диэн бу уокуругу… Сиһилии »Саха сирэ – Дьокуускай -дьоно-сэргэтэ

УМНУЛЛУБАТ БҮТЭҺИК ЧУОРААН

(Суруйааччы күннүгүттэн) Бэйэбин бэйэм туораттан көрүөхпүн баҕарабын. Мин туспунан атын дьон эппиттэрэ уонна бэйэм санаам атыласпат буоллахтарына, мин кимминий?.. Ааптар. Надо учиться в школе, но еще больше надо учиться по выходе из школыт Д. Писарев. 1960-1961 сыллардаах үөрэх дьыла саҕаланна. Онустар оскуолабытын бүтэрэр сылбыт. Үөрэҕим бастакы күнүттэн саҕалаан, түмүктэниэр диэри… Сиһилии »УМНУЛЛУБАТ БҮТЭҺИК ЧУОРААН

былыргы сахалар күнү-дьылы ааҕыылара

Саха киһитэ бэрт мындыр. Кини былыр- былыргыттан бэрт уһун уонна олус тымныы кыһыннаах, кылгас сайыннаах сиргэ олохсуйбут буолан, сүөһүтүн-аһын, дьонун-сэргэтин, оҕотун- уруутун этэҥҥэ сыл таһаарар инниттэн, бэрт  чуолкайдык күнүн-дьылын ааҕан-суоттаан, көрөн-истэн, сөп буолар гына хаһаанан, дьаһанан, аттарынан эрэ олордоҕуна сатанар этэ. Былыргы саха киһитэ айылҕа, күн, ый, дьыл эргиирин, хаамыытын… Сиһилии »былыргы сахалар күнү-дьылы ааҕыылара

Феоктист Софронов

Степан Феоктистович Софронов-Феоктист Софронов төрөөбүтэ 95 сылын көрсө Степан Феоктистович Софронов Чурапчы улууһун 1922 сыллаахха атырдьах ыйын 23 күнүгэр Чурапчы Одьулуунугар Локуоралаах диэн алааһыгар күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүт үһүөлэр. Эдьиийэ Балаайа Мындаҕаайыга Петров диэн киһиэхэ кэргэн тахсан биир кыыс, алта уол оҕоломмут. Быраата Байбал Софронов рыбнадзорга, кэлин райпоҕа үлэлээбитэ,… Сиһилии »Феоктист Софронов

ВАСИЛИЙ ЯКОВЛЕВ

В.В. Яковлев төрөөбүтэ 80 сыла («Чурапчы суруйааччылара» диэн сурулла сылдьар кинигэттэн) Саха уус-уран литературатыгар солооһуннаах суолу-ииһи хаалларбыт бөдөҥ суруйааччынан туох да мөккүөрэ суох Василий Васильевич Яковлев буолар. Биһиги кэммит советскай кэмнээҕи эпохатын Саха сиригэр биллибит- көстүбүт сүдү уларыйыылардаах хардыыларын тиһилик-тиһилик суруйбута, уус-уран романнар кинигэлэринэн сырдаппыта. Ол курдук, Чурапчы көһөрүллүүтүгэр төрөппүттэрин… Сиһилии »ВАСИЛИЙ ЯКОВЛЕВ

Учууталым туһунан кэс тыл

Мин аҕыс оҕолоох ыал улахан оҕолоро этим. Онон да эбитэ буолуо, сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулары тэрийэри сөбүлүүрүм. Аны санаатахха, тииһэн-тааһан сүрдээх дьон эбиппит буолуо оччолорго. Орто оскуоланы Чурапчыга 1971 сыллаахха бүтэрбитим. Биһиги кылаас оҕолоро эйэлээх-иллээх буолуубутун 1968 сыллаахтан ыла кылааспыт салайааччытынан үлэлээбит Василий Семенович Яковлев хааччыйбыта диэн этиэхтээхпит. Кини хаһан даҕаны көбдьүөрэн… Сиһилии »Учууталым туһунан кэс тыл

КЭСКИЛЛЭЭҔИ ОЛОХСУТАР САҤА СУОЛУНАН

(Егор Афанасьевич Борисов 60 сааһын туолла) Егор Афанасьевич Борисов атырдьах ыйын 15 күнүгэр 1954 сыллаахха Чурапчы оройуонугар Чурапчы сэлиэнньэтигэр күн сирин сырдыгын көрбүтэ. Егор Афанасьевич 1971-1974 сылларга Чурапчы оройуоннааҕы «Сельхозтехника» холбоһукка слесарынан, трактордары өрөмүөннээһиҥҥэ үлэлээбитэ. 1979 сыллаахха Новосибирскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ (билиҥҥинэн Новосибирскайдааҕы государственнай тыа хаһаайыстыбатын аграрнай… Сиһилии »КЭСКИЛЛЭЭҔИ ОЛОХСУТАР САҤА СУОЛУНАН

КӨРБҮӨЧЧҮ кистэлэҥэ

Былыргы түүрдэр даҕаны, сахалар даҕаны сана сиргэ көһөн кэлэллэригэр биир дьикти абыычай- даах этилэр. Ол кэлэллэригэр булгуччу иннилэригэр көрбүөччү ойууннарын инники ыытан, түүл түүллэтэн, билгэлэтэн баран, бу сиргэ олохсуйар үгэһи тутуһар этилэр. Ити былыр-былыргыттан тутуспут үгэстэрин билигин даҕаны дэлэгэйдик туһаныахха сөп буоллаҕа. Көрбүөччүлээһин идэтэ хас да араас ньымалардааҕын үөрэтэн көрүөххэ… Сиһилии »КӨРБҮӨЧЧҮ кистэлэҥэ

Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара

Атырдьах ыйын 4 күнүгэр 1936 сыллаахха П.А.Ойуунускай «Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара» ыстатыйата «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит. Бу ыстатыйаны, Платон Алексеевич ырытыыттан саҕалыыр: «Мин бэрт элбэх эдэр суруйааччылар бөлөхтөрүн үлэлэрин көрдүм, бэрт элбэх суруйааччылар үлэлэрин (кинилэр көрдөһүүлэринэн) кэрчик-кэрчик бэлиэтээтим. Формализмҥа, натурализмҥа бэрт элбэх көстүүлэр бааллар. Холобура: «Өрүс уута дьалкыйа,                   … Сиһилии »Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара

Эдуард Соколов–Тулусхан олоҕун кэрчиктэрэ уонна уус-уран айымньылара

Эдуард Соколов литературнай нэһилиэстибэтэ саха литературатын элбэх талааннаах айымньыларын ортотугар уһулуччу миэстэни ылар. Ол туһунан литератураны чинчийээччи-учуонайдар элбэхтик бэлиэтээн тураллар. Профессор Николай Тобуруокап Эдуард Соколов айар үлэтигэр анаабыт түөрт ыстатыйатыгар кини уһулуччулаах маастар буоларын дакаастаабыта. «Эдуард Соколов айар үлэтин проблематикатынан да атыттартан уратылаах суруйааччы. Саамай үөрэрим баар: кини айымньыларын уус-уран… Сиһилии »Эдуард Соколов–Тулусхан олоҕун кэрчиктэрэ уонна уус-уран айымньылара

Учууталбыт тиһэх уруога

Үтүө, үрдүк өйдөөх, төлөн сүрэхтээх киһи уһугулаан да сытан, дьиҥ үйэтигэр-сааһыгар тулхадыйбатах көрүүлэрин, өйүн-санаатын ыһыктыбат буолар эбит. Ону учууталбыт, Василий Никитич, барыан аҕыйах хонук иннинэ итэҕэппитэ. Биһиги ыар ыарыыга ылларан сытар киһи өссө да инникини, кэнэҕэскини анаарар күүһүн көрдөрө, ситтэрбэтэх санааларын билигин да өркөн өйүнэн куоһуу сытарыттан сөрү диэн сөхпүппүт.… Сиһилии »Учууталбыт тиһэх уруога

Суор доҕордоох оҕо саас

Үрэх баһын оҕото, Байымаайы, Кутаама диэн Баайаҕа түҥкэтэх сирдэригэр улааппыт киһибин. Оҕо сылдьан ордук сөбүлээн сылдьар сирим тыа этэ. Сарсыарда утуйан турдум да тыаҕа ойорум. Саамай суон, улахан мутуктаах маһы талан үөһэ ыттарым уонна олорор сирбиттэн Кутаама үрэххэ олорор дьон сүөһүлэрэ, сылгылара ханна сылдьалларын көрөн тахсарым. Инньэ гынан Кутаама үрэҕи… Сиһилии »Суор доҕордоох оҕо саас

Ыһыах мин дьылҕабар

Ыһыах саха норуотун – сүрүн им бэлиэтэ, кини былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит историята, култуурата, итэҕэлэ. Ол иһин дьон миигиттэн ыһыах туһунан кэпсэтээри, биитэр суруйтараары гыннахтарына, олус дириҥ эппиэтинэһи сүгэр курдук сананабын. Ыһыах сиэрин-туомун сиһилии билэр диэн этэр уустук эрээри, биир бэйэм бу дьоро күммүтүн тэрийээччилэр кэккэлэригэр баар буоламмын, ыһыах төрүттэниитин уонна… Сиһилии »Ыһыах мин дьылҕабар

Дьулустаан Бойтунов дьулурҕа сурааһыннара

Дьулустаан Афанасьевич Бойтунов, Россия ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, СӨ духуобунаска академиятын академига, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, билиҥҥи кэм бэлиэ худуоһунньуктарыттан биирдэстэрэ, тэлбит олоҕун суола, түстээбит төлкөтө саха кэрэҕэ, сырдыкка тардыһыытын кэрэһитэ. Үөһээ Бүлүү оройуонун Хоро сэлиэнньэтин оскуолатыгар үлэлии кэлбит Бойтуновтар дьиэ кэргэн алтыс оҕолорун күүтэллэрэ. Ийэлэрэ Мария Варламовна Кэнтиктэн төрүттээҕэ, алын… Сиһилии »Дьулустаан Бойтунов дьулурҕа сурааһыннара

Пушкин уонна евразийство

Саха сирин айар муза оҥостубут нуучча бил­лии­лээх поэта Евгений Евтушенко «Поэт в Рос­сии – больше, чем поэт» диэн стро­ката кынат­таах тылга ку­булуйан дьон-сэргэ уоһуттан түспэт. Үксү­гэр бу этии түгэх суолтатыгар өтөн киирбэккэ да эрэ тут­табыт. Оттон сыныйан көр­дөххө, бу тыллар төрдүлэри­гэр айсберг төбөтүн кур­дук туналыйан Александр Сергеевич Пушкин сытар эбээт!… Сиһилии »Пушкин уонна евразийство