Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Сонуннар » Петр Денисович Аввакумов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах ааҕыылар

Петр Денисович Аввакумов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах ааҕыылар


«… Мин Горнай оройуона диэн төрөөбүт дойдулаахпынан астынабын, биһикпин ыйаабыт ийэ сирим бу буолар диэн киэн туттабын. Төрөөбүт дойду ахтылҕана, өйдөбүлэ мин олохпор өрүү күүс-уох биэрэр, үрдүк үтүө санааларга кынаттыыр, өрө күүрдэр, инникибэр эрэли саҕар, бэйэм киһи буолар аналбын санатан эрчимирдэр, барҕа баҕа санаанан байытар. Дойдулаах дьонноох буолар – улуу дьол»

П.Д. Аввакумов

Бөдөҥ суруйааччы, прозаик, литературнай кириитик, тылбаасчыт, Горнай улууһун бочуоттаах гражданина, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, ССРС Бэчээтин туйгуна, «Чолбон» сурунаал кылаабынай редакторынан үлэлээбит Петр Денисович Аввакумов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах «Аввакумов ааҕыылара» өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференция муус устар 18 күнүгэр суруйааччы төрөөбүт Горнай улууһугар Күөрэлээх бөһүөлэгэр С.Г. Ковров аатынан орто оскуола, улуустааҕы үөрэх управлениета, Горнайдааҕы кииннэммит библиотека ситимэ тэрийиилэринэн ааста. Бу ааҕыылары суруйааччы кийиитэ Людмила Ефремовна Аввакумова 2019 сылтан көҕүлээн ыытар.

П.Д. Аввакумов үгүс элбэх кэпсээн, «Киһи суола», «Улахан да, кыра да» сэһэннэр, «Улуу Сыһыы», «Өлбүт өтөхтөр», «Күннэр-дьыллар», «Одуруннаах Орто дойдуга» романнар ааптардара. Саха литературатын ситиһиилэрин сырдатыыга хорутулаахтык үлэлээбитэ, радионан уонна телевидениенэн биэриилэргэ элбэхтик кыттан, демократияны, Саха сирин социальнай уонна экономическай суверенитетын сырдатыыга элбэх сыратын биэрбитэ, ону таһынан норуот суруйааччылара Семен уонна Софрон Даниловтар сырдык ааттарын үйэтитиинэн дьарыктаммыта. Петр Денисович нуучча ааптардарын уонна хоту дойду суруйааччыларын айымньыларын сахалыы тылбаастаабыта, Библия Кэс тылын тылбаастыыр үлэҕэ кыттыбыта.

Петр Денисович үгүс өрүттээх, киэҥ далааһыннаах үлэтин үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдиигэ туһуламмыт ааҕыылар алта секциянан бардылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатыттан Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, В.К. Арсеньев аатынан «Уһук Илин» конкурс кыайыылааҕа поэт, прозаик Анатолий Слепцов, «Чолбон» сурунаалтан прозаик, Россия уонна Саха сирин суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Анна Варламова-Айысхаана, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик, СӨ бэчээтин уонна култууратын туйгуна Иван Осипов-Ойуур уонна сурунаал эппиэтиир сэкирэтээрэ, СӨ култууратын туйгуна Туяра Павлова үлэлээтилэр. Ааҕыыларга Булун, Бүлүү, Кэбээйи, Горнай улуустарын оскуолаларын үөрэнээччилэрэ кытыннылар.

Тэрээһин чэрчитинэн, суруйааччыга 2017 сыллаахха анаан туруоруллубут өйдөбүнньүк мэҥэ тааска тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн ууруу уонна «Киһи дьоло – бар дьон дьоло» ахтыы киэһэтэ буоллулар. Ахтыы киэһэтин П.Д.Аввакумов аатынан Улуустааҕы Киин библиотека иилээн-саҕалаан ыытта. «Чолбон» сурунаал бэтэрээннэрэ А.Е. Варламова-Айысхаана уонна И.И. Осипов-Ойуур: «Петр Денисовичтыын бииргэ үлэлээбит дьоллоохпут, кини үрдүк култууралаах, олус бэриниилээх, ирдэбиллээх киһи этэ. Софрон Данилов айымньыларын, үлэлэрин 10 тома бэчээттэнэн тахсыыларыгар редакциялыыр үлэҕэ элбэх сыратын уурбута», – диэн кэпсээтилэр. Анна Егоровна: «Петр Денисович олорон ааспыт олоҕун уонна литература кириитигин  быһыытынан үлэлэрин түмэн “Сырдыгы, кырдьыгы тутуспут доҕорбут “(2009) уонна «Кыраҕы харах көрүүтүнэн» (2008) диэн кинигэлэри таһаартарбытым. Билигин критикаҕа ыстатыйаларын салгыы таһаарыыга улуус салалтатыттан өйөбүл көрдүүбүн, – диэбитин улуус баһылыга Н. В. Андреев  ылынан, суруйааччы үбүлүөйдээх сылыгар кинигэ тахсарыгар күүс-көмө буолуоҕун мэктиэлээтэ уонна П.Д. Аввакумов аатынан олус көхтөөх үлэлээх улуустааҕы киин библиотека бу үлэҕэ көмө буоларыгар сорудахтаата. Соругу үөрүүнэн ылыммыт П.Д. Аввакумов аатынан Улуустааҕы Киин библиотека директора А.В. Иванова суруйааччы олоҕор уонна айар үлэтигэр аналлаах ыйынньыгы бэлэмнээн, бу сыл иккис аҥаарыгар тарҕаныаҕын иһитиннэрдэ. Нэһилиэк баһылыга А.С. Петров Дьокуускай куоракка ыытыллар үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ — муус устар 25 күнүгэр 10 чаастан суруйааччы олорбут Бестужев-Марлинскай уулуссатын 9 нүөмэрдээх дьиэтигэр мэҥэ тааска тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурууга, муус устар 26 күнүгэр 11 чаастан П.А. Ойуунускай аатынан Литература музейыгар 11 чаастан кинигэ быыстапкалаах «Үйэлээх үлэлээх, үрдүк аналлаах» ахтыы тэрээһинигэр кыттыыны ыларга ыҥырда.  

Саха биир биллэр улахан суруйааччыта П.Д.Аввакумов аатын үйэтитиигэ инникигэ былааннардаах үтүө тэрээһин түмүктэннэ.

«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ