Муус устар 25 күнүгэр 1993-1998 сылларга Саха сирин суруйааччыларын сойууһун салайбыт саха норуодунай поэта, уус-уран тылбаас маастара, суруналыыс, РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Савва Иванович Тарасов төрөөбүтэ 90 сылынан ахтыы киэһэтэ Литература музейыгар буолан ааста. Бу дьоро түгэҥҥэ норуот поэтын аймахтара, биир дойдулаахтарын – Горнай улууһун уонна Солоҕон нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ, Олоҥхо ассоциациятын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Ахтыы киэһэтин норуот поэта Наталья Харлампьева иилээн-саҕалаан ыытта. Үөлээннээхтэрин туһунан норуот суруйааччылара Николай Лугинов, Андрей Кривошапкин, Василий Егоров-Тумарча, Семен Попов-Тумат истиҥ тылларынан аҕыннылар. ХИФУ РФ ХИНТуоКИ дириэктэрин наукаҕа солбуйааччы, филология наукатын кандидата Матрена Попова Савва Тарасов поэзиятын ырытан сүрүн дакылаат оҥордо.
Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев саха тылын эйгэтин кэҥэппит ытыктыыр биир дойдулаахтарын аатын үйэтитэргэ үлэлэрин билиһиннэрдэ. Ол иһигэр Никита Викторович быйылгы сылтан Горнай улууһун дьаһалтата үлэлээбит «Чолбон» сурунаалыгар Савва Тарасов аатынан уус-уран тылбааска анал бириэмийэни олохтуурун биллэрдэ! Чопчулуур буоллахха, бу бириэмийэни быйыл сурунаалга бэчээттэммит бастыҥ тылбаас ааптара тутуоҕа. Ону тэҥэ норуот поэтыгар аналлаах музей тэрийэргэ үлэлэһэ сылдьалларын иһитиннэрдэ.
Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов: «Саха Өрөспүүбүлүкэтэ икки төгүллээн төрүттэммит муус устар ыйыгар күн сирин көрбүт поэт Савва Тарасов, Өрөспүүбүлүкэ өрөгөйүн ырыатын тылын айбыта олус оруннаах. Кини төһө да комсомолтан үүммүт киһи буоллар поэзиятыгар сахалыы мындыр көрүүтүн, олоҥхоһут удьуор тыынын ыһыктыбатаҕа айар үлэтин суолтатын дириҥэтэр. Савва Иванович олоҥхо аан дойдуга ааттаныытыгар быһаччы кыттыгастааҕын – Олоҥхо ассоциациятын салайбытын умнуо суохтаахпыт. Эдэр суруйааччыларга уһуйааччы быһыытынан кырдьыктаах эрээри истиҥ сүбэ-соргута биһиги өйбүтүттэн-сүрэхпититтэн сүтүө суоҕа», – диэн кичэмэ санааларын үллэһиннэ. Итиэннэ, Горнай улууһун дьаһалтатыгар литератураҕа уонна духуобунаска тиһигин быспакка болҕомто ууралларын суруйааччы сойууһун кытта бииргэ үлэлэһэллэрин иһин махтанарын эттэ.
Савва Тарасов Шекспиры уонна Еврипиды сахалыы саҥардан, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академиялыы тыйаатырын үрдүкү кэрдиискэ тахсарыгар олук уурсубута. Ол кэрэһитэ – саха норуодунай артыыһа Зоя Багынанова, СӨ үтүөлээх артыыһа Зоя Попова, Иван Кузьмин уонна Щепкин аатынан театр училищетын быйыл бүтэрэн кэлбит эдэркээн артыыстар Еврипид «Медея» пьесатыттан быһа тардыыны толордулар.