Перейти к содержимому

Холкуос пиэрмэтин сайылыга ураты кэрэ айылҕалаах сиргэ турара. Илин диэки көрдөххө, күөх мыраан өрө өҥөйөн олорор. Мыраан аннын кыйа биир көлүөнэ хатыҥнар наҥнарыһа кэчигирээбиттэр. Кинилэр үрүҥ сотолорун арҕаа мырааҥҥа тэмтэйэ олорор күн өргө диэри одуулуур, кыыһар сардаҥаларынан имэрийэ угуттуур. Онон да буолуо, ити сиргэ хатыҥнар ордук кэрэтик силигилии үүнэллэр.

Сайылыкка кинилэрдиин дьүөрэлэһиэх, кинилэргэ ханыылаһыах эдэркээн ыанньыксыттар бааллара. Мэлдьи көхтөөх, күлэ-үөрэ сылдьар барахсаттар этэ. Мин, ыаллыы сайылыктан хоноһолуу кэлэр оҕо, кинилэри сонургуу, кэрэхсии көрөрүм. Олортон мин тоҕо эрэ Ылдьаананы ордорорум. Бу саҥата-иҥэтэ суох, өрүү мунчаарбыттыы туттубут дьахтар тоҕо, туохтан мин болҕомтобун ордук тарпытын билигин да кыайан өйдөөбөппүн. Маккырыыта диэн аймаҕым кыыстыын Ылдьаана хоһун ааныгар кэлэн көрө-истэ, сонургуу кылахачыһан турарбыт бу баар. Баттах быыһынан көрөн сэрбэллэн турар кыргыттары биир-биир ыҥыран ылан тарыыра. Уунан илитэн, икки гына тэрэччи өрөрө. Таҥас сыыһынан баанчыктаталаан кэбиһэрэ. Ол олорон мэлдьи: «Эһиги курдук кыыс оҕо­лооҕум буоллар ньии», – диэн баран, оройбутуттан имэрийтэлээн ылара. Биһиги көрөрбүтүгэр, кини олорор хоһо ураты сырдыкка дылыта. Түннүк анныгар турар өйөнөрдөөх оронун нууччалыы хомуйара (урут саха дьоно таҥаһы сөрөөн эрэ кэбиһэр буолаллара). Кыһыл таҥас үрдүнэн үрүҥ түүлүнэн бүрүйэрэ. Көпсөччү ууруллубут сыттыктар илии өрүүтэ куруһуба хаймыылаахтара. Бэл, орон туорайдарыгар ыйаталаабыт чохуоллара туус маҥан куруһуба байбаралаахтара. Биһиги орон атаҕар сытар быысыпкалаах, куруһуба киэргэллээх кып-кыра сыттыкчааны таптыы көрөрбүт. «Көрүүй, ол улахан сыттык­тарга оҕолоро курдук дии…», «Кыратыын, итини хойут оҕотугар биэриэ дуу?» дэһэн, оргууй сипсиһэр буоларбыт. Ылдьаана ыамҥа сылдьар кэмигэр сарыы түүппүлэбит тумсунан дугунан киирэн, бу мааны орону сэрэниин-сэрэнэн сөмүйэбитинэн баттыалаан көрөрбүт.

Сырдык хос үп-үрүҥ мааны оронун хаһаайката Ылдьаана көлүччэ ыраас уутунан кычыгыраччы сууммут уһун суһуоҕун бүөбэйдии тутан, өр тараан намылытарын одуулаан турарбыт. Улахан дьон кэпсэтиититтэн одоҥ-додоҥ иһиттэххэ, кини аатыгар «огдообо» диэн дьикти тылы самсыы туталлара. Огдообо. Алталаах-сэттэлээх дьон ити тыл ис хоһоонун билбэт этибит. Ол эрээри туох эрэ курус ис хоһооннооҕун сэрэйэ саныырбыт.

Ол сайын этэ. Биирдэ элэмэс аты ыҥыыр­даммыт акыҥнаабыт билбэт киһибит кэлэн, сэргэҕэ атын баайда. Тирии бэрэмэдэйин түһэрдэ, дэйбииринэн сапсынна. Дьоммутугар кэпсии охсоору дьиэҕэ элэстэннибит. Өр буолбата, иҥнэл-таҥнал түспүт эргэ хаптаһын ааннардаах пиэрмэ уопсайын чуоҥаах хосторун тилийэ хайалара, хантан туох-ханнык сорукка кэлбитэ чуолкайдана оҕуста. Өрө көтөхтөххө эрэ арыллар-сабыллар моһуоктаах аантан Маппайа диэн быыкаайык соҕотох эмээхсин таҕыста. Кыра уолун эмтэрэ олорор саҥаспар Өкүлүүгэ киирэн:

– Мэҥэттэн ойох көрөөччү кэлбит, – эр киһилии сөҥ куолаһынан сибигинэйэ дуомнаабытын туос хаҕылыы олорор оҕолор биир да тылы тэһиппэккэ араара иһиттибит.

– Ээ, били Маайыс эмээхсин Ылдьаанаҕа дуруускалаабыт киһитэ кэллэҕэ.

Саҥаспыт биһиэхэ саҥа буспут иэдьэгэйдээх халаачыктары туттартаан баран оонньото ыытта. Көҥүл ылбыт дьон күлүмнэс күн күлүгүн көрүнэ оонньуур көлүччэтин диэки тэбиннибит. Дуоһуйуохпутугар диэри умсаахтыы оонньоотубут, көлүччэни тула сииктээх кумаҕынан уһун титииктэрдээх саҥа сайылыгы кэчигирэтэ туттубут.

– Оҕолоор, түөртүүр ыам чугаһаабыт, дьоҥ­ҥут күүттэхтэрэ буолуо, тахсыҥ! – пиэрмэ бостууга ааһан иһэн ат үрдүттэн үөгүлээтэ.

– Уой дыы, ийэм таһыйара буолуо дьэ! – оҕо көрөрдөөҕүн өйдөөн, Маккырыыта өрө татакалыы түстэ. Таҥна охсоот, ким-хайа иннигэр тилэҕэ хараарда.

Тиийбиппит, түгэххэ Ылдьаана хоһугар дьон мустубут. Остуолу тула сэлэлии олорбуттар. Маайыс эмээхсин чөкөллөн туран, ыпсарыылаах баҕайытык тыл этэн чаҥыйар. Аан таһыгар мустубут оҕолорго минньигэс саайканы кытта сыттык кэмпиэттэри туттардылар.

Ыалдьыт киһи Ылдьаана барахсан уҥа өттүгэр сэргэстэһэн кэбиспит. Ылдьаана таҥара кийиитэ сибэккилэрдээх солко ырбаахытын кэппит. Кыараҕас буолан баран, уһун кыламаннардаах ыйаастыгас харахтарын умса туттубут. Маҥан, кэтит сирэйин имнэрэ тэтэрэн, иннигэр түһэриммит суһуоҕун туппахтыы олорор. Эмээхситтэр тоҕо эрэ саҥалара олус элбээбит. Күтүөт буолуох киһиэхэ тугу эрэ сэрэтэр, сүбэлиир курдук үрүт-үөһэ хобдьоороллор. Ылдьаанаҕа ханан да тэҥэ суох, оттомо суоҕунан көрөн-истэн дьэргэлдьиппит сулардыы бытыктаах киһи онуоха барытын ылынан тоҥолдьуйар. Тула олорооччулар үрүүмкэлэрин диэки субу-субу кэриччи, элэкис-мэлэкис көрөн ылаттыыр. Кэнникинэн ыалдьыт саҥата хойдон барда, тиһэҕэр барыларын баһыйда. Ол быыһыгар сотору-сотору: «Ылдьаанаҕытын солкоҕо суулуом…» – диир саҥатын чопчу өйдөөн хаалбыппын. Эрбэх саҕа өрбөх куукулабытыгар кыра да солко кырадаһына баҕалаах дьон ону олус дьиктиргээн, Маккырыыталыын сөрү диэн сөхпүт харахтарбытынан утары көрсүһэбит. Биһиги харахпытыгар Ылдьаана солкоҕо сөрөнөн баран таах олорор. Ынах ыабат, уу баспат. Олорор… Олорор солкоҕо сууланан.

Ити кэнниттэн аҕыйах хонон баран, кэпсэтиитэ табыллыбыт ыалдьыт Ылдьаананы көһөрө, тэлиэгэлээх атынан кэллэ. Биһиги көрөрбүтүгэр Ылдьаана барсыан баҕарбатахтыы туттар. Дьүөгэлэрэ хоһугар киирэн, оргууй ботугураһан кэпсэтэллэр. Эмээхситтэр күөйэ тутан ылыннара сатыырдыы мөҕө-этэ саҥараллар. Икки чанчыгар тирии тутаахтаах мас дьааһыгын, атын да малын тэлиэгэҕэ таһааран бобо кэлгийтэлээтилэр. Ылдьаана хос-хос төннөн киирэн, хоһун ааныгар турбахтаата. Баар дьону кытта саҥата суох быраһаайдаста. Эмээхситтэр тугу эрэ этэллэрин быыһыгар ­ыраах айаҥҥа аттанар Ылдьаанаҕа тэлиэгэ үрдүгэр олбох бэлэмнээн ньамалаһаллар. Ылдьаананы сүгүннэрэн барааччы өр хомунууну сөбүлээбэтэхтии: «Чэ, чэ! Сөп буолуо!» – диэбит хаҕыс тыла ураты тымныытык иһилиннэ.

Тэлиэгэлээх ат айан суолунан тус хоту, Мэҥэ сирин диэки лүһүгүрүү турбута. Сайылык кэрэ симэхтэрэ, ыанньыксыт кыргыттар, туспа сиргэ сүктэн баран эрэр дьүөгэлэрин батыһа көрө, далбаатыы хаалбыттара. Кинилэр туттууларыгар-хаптыыларыгар Ылдьаананы аһыныы, кини салҕаныахтаах олоҕор саарбахтааһын көстөн ааһарга дылыта. Эмдэй-сэмдэй бытырыыс оҕолор аппаҕа диэри атаарсар санаанан тэлиэгэ кэнниттэн тилэх үктээн дыдыгыраспыппыт. Ылдьаана дьааһык кэтэҕэр олорон ытыыр быһыылааҕа. Мыраан аннынааҕы кыыс кэрэ хатыҥнардаах чараҥы, кылгастык да буоллар Мэхээлэтиниин дьоллоохтук олорон ааспыт ыал ампаара дьиэлэрин, киһи уҥуохтаах тумулу көрө-көрө, былаатын тумсунан кистээн хараҕын уутун сотторо.

Ити курдук Дьылҕа Хаан сиргэ хаалбыты олох олорорго күһэйэр күүһүнэн, Ылдьаана туора улууска сүктэн барбыта. Кини туус маҥан былаата көстүбэт буолуор диэри биһиги сапсыйа хаалбыппыт.

***

Кыс ортото Ылдьаана эрэйдээхтик олоро­рун, дьонноох-сэргэлээх буоллаҕына кырыктаах киһиттэн өрүһүйдэллэр диэн амарах санаалаахтартан илдьит кэлбитэ үһү. Абаҕата тиийэн Ылдьаана олоҕун-дьаһаҕын илэ көрөн, быһаҕаһа эрэ хаалбыт сиэн балтын көрө аһынан, төнүннэрэр толкуйдаммыт. Түҥнэри сүргүөх си дьүгээр буолуо суоҕун сэрэйэн, холкуос хоһуун уолаттарын ханыыланан айдааннаахтык арааран аҕалбыттар.

Анна Варламова-Айысхаана, 1990

Чолбон. – 2023. – № 9