Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Проза

Проза

Чэрдээх сирэйдээх КИҺИ

Джекоб Кент олус ымсыы киһи этэ. Ымсыытыгар тэптэрэн тугу да итэҕэйбэт буолбута, майгыта-сигилитэ алдьаммыта, ол иһин кинини кытары ким да аалсыһыан баҕарбата. Кэдэрги кэмэлдьитигэр, хадьарыгар эбии түлээгирэр идэлээҕэ. Ол сылдьан тугу оҥорорун билбэт этэ. Кент оҕо эрдэҕиттэн таҥас өрөр станокка сап хатааччынан үлэлээбитэ. Клондайк көмүһэ аһылларыгар биир бастакынан кэлбитэ. Кини… Сиһилии »Чэрдээх сирэйдээх КИҺИ

17-с кыбаартал уонна Мальборо

I Биһиги Дьокуускай куорат 17-с кыбаарталын Дьиикэй Запад диэн ааттыырбыт. Манна туох барыта буолуон сөбүгэр куруук бэлэм сылдьар хас биирдии олохтоох үгэһигэр кубулуйуохтаах. Оттон олохтоохтор биһиги куорат биир чуумпу кыбаарталыттан көһөн тиийэрбитигэр сүнньүнэн «үбү баһа» кэлэн баран төннүбэккэ хаалбыт Сэбиэскэй Сойуус араас муннуктарыттан мустубут дьон сыдьааннара этилэр. Кинилэр бэйэлэрин «олохтоохторбут»… Сиһилии »17-с кыбаартал уонна Мальборо

Софрон Данилов «Икки саха»

— Оо, муҥнаах… Сахалыы саҥарбат саха…Саха аатыраахтыа —дьокуут… – Кырдьаҕас саха, умса түһэн, кылбаа маҕан төбөтүнэн уол түөһүгэр сыстыбыт. Онтон, чугус гынан, хайыан да билбэккэ симиттэн турар уол дьүһүнүн умнуллубаттык өйдөөн хаалыан баҕарбыттыы, тонолуппакка одуулаан турбахтаабыт. Софрон Данилов «Икки саха». Ааҕар Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ… Сиһилии »Софрон Данилов «Икки саха»

КЭҔЭ ЭТИТТЭРИИТЭ

(Кэпсээн) Абыраам оҕонньор сүрдээх таҥараһыт этэ. Таҥараҕа сүгүрүйэрин, үҥэрин, бэл, хомсомуол чолоҕордор ыалы барытын кэрийэ сылдьан таҥара күлүгүн оһоххо быраҕар кэмнэригэр, «Тап,агаһь» диэн суруктаах хаптаһыны түөһүгэр иилэн баран урукку сугулаан, билигин сэбиэт хонтуоратын иннигэр «сааттаах остуолбаҕа» да кэлгийбиттэригэр тохтоппотоҕо. Сарсыарда эрдэ дьон утуйа сыттаҕына, киэһэ дьон утуйбутун кэннэ таҥара холоругар… Сиһилии »КЭҔЭ ЭТИТТЭРИИТЭ

Софрон Данилов «Ол түүн»

…Биһиги самолеттарбыт фашисткай талабырдьыттар арҕахтарын Берлин куораты буомбалаабыттар! Хайҕаллаах советскай мохсоҕоллор…-Ураа-аа! Ураа-аа!..Ураа-аа!Комиссар тиһэх тыллара хас эмэ сүүс эдэр дьон түллэр түөстэриттэн төлө көтөн тахсыбыт үлүскэн үөрүүлэригэр тимирбитэ. Софрон Данилов «Ол түүн≫ кэпсээнин Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон≫ сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов ааҕар.

Көмүү

Дарыбыан Маскыбыытыннаах түөрт саастаах ыарыһах кыыстара эрэйдээх өлөн хаалаахтаата. Дарыбыан ону дал ыраастыы сылдьан иһиттэ. Кэргэнин Балаайаны, баҕар, баара буолаарай диэх курдук санаан дьиэтигэр киирэн, тугу гыныан булбакка дьиэ ортотугар турбахтаан баран, саҥата суох аан диэки таласта. Ол иһэн улахан кыыһа билиитэ оһоххо өйөнөн кинигэ ааҕа турарын хараҕын кырыытынан көрө… Сиһилии »Көмүү

САХА САЛЛААТЫН ҮС МОНОЛОГА

(Саллаат Кулунов бэйэтин кытта кэпсэтиитэ) Сталинград оборонатын кыттыылааҕа Степанов Александр Семенович кэпсииринэн, «саха саллааттара онно кимэн киирии иннинэ оһуохайдаабыттара…» (Булуу куоратын музейыгар баар суруктан) Оһуохай!.. Үчүгэй да ырыа… Үчүгэй да үҥкүү!.. Саха киһитин сүрэҕин үөрдэр, сылаанньытар-манньытар да буоллаҕа. Чэ, быһата, сүргэҥ көтөҕүллэр, чэпчиигин, чэрэйэҕин-эгдэйэҕин. Тилэхтэриҥ тибиргэччи үктэнэллэрин истэҕин. Бэйэҥ биэрэлдьитэ… Сиһилии »САХА САЛЛААТЫН ҮС МОНОЛОГА

ЫТЫЛҔАН

Күһүҥҥү буор самыыр хаһан даҕаны бүтүө суохтуу биир кэмник ибирдээн, тыынар-тыыннааҕы, бэл, хамсаабакка дьиппинийэн турар оту-маһы сылаппыт курдук. Туох барыта иһийэн, курус санааҕа ыга баттаппыттыы ньимийбит. Самыыр ардыгар сэллээн ыллаҕына тымныы тыал сабыта биэрэн, сиигирэн ыараабыт, саһарбыт хатыҥ сэбирдэхтэрин турута тыытан тэлимнэтэн иһэн, кыайбакка сиргэ түһэртиир, окко-маска сыбаан, күһүҥҥү курус… Сиһилии »ЫТЫЛҔАН

Күндү киһи

Торҕо күөх хонууларга, аҥааттар-муҥааттар алаастарга өрө аспыт сир симэхтэрин эҥинэ бэйэлээх өҥнөөх эминньэхтэрэ оһуордаах-мандардаах көбүөр курдук киһи хараҕын сымнатар. Оттон ыал кичэллээхтик охсуллубут тэлгэһэтигэр турар сэргэ тулатыгар, дьиэ иннигэр анал иһиттэргэ хойуутук олордуллубут сибэккилэр сэбирдэхтэрэ көҕөрө чэлгийбиттэр, олор быыстарыгар онон-манан тыллаары гыммыт болчуохтар көстөллөр. Аҕыйах хонугунан ити болчуохтар арыллан дьиэ… Сиһилии »Күндү киһи

Гамма

(Кэпсээн) Кинини бэрт эдэр эрдэхпинэ көрсүбүтүм… Билигин ол көрсүһүү мин олохпор улахан суолтаны оонньообот курдук, мин өйүм-санаам эрэ будулуйбут туманын быыһыгар туох эрэ астыгы, кэрэни, остуоруйалыы оҕотук тапталы санатар. Гамма… Дьикти ааттаах кыыс мин олоҕум биир кэрчигэр бэрт интэриэһинэйдик киирэ сылдьыбыта… Ол кэмнэри тоҕо эрэ бүгүн эйиэхэ сэһэргиэх санаам киирдэ.… Сиһилии »Гамма

Аны кэлэн хайыамый…

Куорат киинигэр турар таас дьиэ кэҥэс куукунатыгар сахалыы оҥоһуулаах, ис киирбэх ойуулаах атахтардаах дьоҕус төгүрүк остуолга сааһыра барбыт икки дьахтар, итии чэйи бэрт наҕыллык сыпсырыйан иһэ-иһэ, ырааҕы-чугаһы ырытан кэпсэтэ олороллор. Ыам ыйынааҕы нуурал киэһэ арҕаалаан эрэр күнэ Чочур Мыраан үрдүнэн сандаара тыкпыта кэҥэс түннүктээх куукуна иһин сандаарыччы сырдатар. Сахалыы ойуулаах… Сиһилии »Аны кэлэн хайыамый…

Билиилээх күөл иччитэ

Хатан Хабырылла аҕам саастаах, кыырыктыйбыт баттахтаах, туруору сүүстээх, уһун субуруйбут муруннаах, сирэйэ күн уота сиэн хараарбыт, сэҥийэтигэр сэбирийбит бытыктаах, саар тэгил уҥуохтаах, бэйэтин лаппа кыанар киһи. Кини бүгүн андаата­рын тууларын көрөн кэлэн баран, күөһүн буһара уурбута, ол кэннэ аргыый наллаан ону-маны, уруккунуну-хойуккуну саныы олорбута. Кинилэр аймаҕылаан туран удьуор булчуттар, аҕата… Сиһилии »Билиилээх күөл иччитэ

Салдьа

Сааскы халлаан суһуктуйа сырдаан, балаҕан иһэ борук-сорук буолла. Аана эмээхсин, бэҕэһээ киэһэ сыарҕа суолун баттаһа күнү быһа от тиэйэн саҥата иһиттэн тахсыбат буолуор диэри сылайбыт кыыһын уһугуннарбакка, тыаһа-ууһа суох уолун Киргиэлэйи туруоран хотоҥҥо таҕыстылар. Киэһэ ынахтара ахтыбыт көрүҥнээҕэ, онон эмээхсин сээбэҥнээн утуйбакка сыппыта. Киргиэлэй бэйэтин сааһыгар сөрү сөп эттээх-сииннээх олус… Сиһилии »Салдьа

Быыһааччы

Күүлэ аанын эрчимнээхтик тоҥсуйан либиргэттилэр. Түлүк уутугар утуйа сыппыт Дьуон Дьоруойап ким эрэ соһуччу өттүккэ анньыбытын курдук хараҕын көрөн кэллэ. Бастаан өйдөөбөтөхтүү сааскы салгын сиэн өссө хараарбыт бытыктаах хара бараан сирэйэ хос борук-соругар чочумча күлүгүрэн сыппахтаата, онтон тоҥсуур хатыламмытыгар «өрүс… уу… дьон…» диэн тыллар төбөтүгэр чаҕылҕанныы күлүмнэспиттэригэр букатыннаахтык уһуктан, оронуттан… Сиһилии »Быыһааччы

Аргыс

Саас халлаан ылааран, тулалыыр барыта дьэҥкир таастыы ырааһыран, чэбдигирэн турар кэмэ. Биһиги бөлөхпүт икки УАЗ массынанан Бүлүү эбэ дэхси мууһун устун хоммут бөһүөлэгиттэн, аҕыс көстөөх сиргэ айаннаан иһэр. Мин массыына кэлин олбоҕор соҕотох түбэһэммин, хата уһун суолга утуйан абыраныам диэн, тулуупка сууланан сытардыы тэринэн эрдэхпинэ, массыына «хорус» гына тохтуу түстэ.… Сиһилии »Аргыс

Арааһынай артыыстар

Дэриэбинэҕэ урут түөлбэлэринэн кулуупка испэктээк оонньоон куоталаһыы буолара. Он­ну­гу сороҕор бостунуопка (постановка) диэн ааттыыллара. Ол оонньуулар үксүгэр ханнык эрэ темаҕа анаммыт буолааччылар. Быйыл эмиэ түөлбэлэринэн испэктээк туруо­руутугар күрэхтэһии буолла. Оонньуулар анаммыт темалара: патриоттыы сыаллаах-соруктаах. Бу урукку сэбиэскэй саҕанааҕы кэми санатар буолан, дьон-сэргэ сэргэхсийбитэ, туруммута сүрдээх. Саастаах дьон урут эдэр­дэригэр оонньообут… Сиһилии »Арааһынай артыыстар

Дулҕа

(Оҕолорго) Туундараҕа биһиги нимэ-дьиэбитин дулҕалар тулалыыллар. Бүгүн кинилэр арбаҕар бэйэлэрэ хайдах эрэ тарааммыт, нарыламмыт курдук көстөллөр. Соторутааҕыта аҕай ибирдээн ааспыт ардах дулҕалар от баттахтарын үчүгэй парикмахер кэриэтэ уурбут-туппут курдук ньалҕаарыччы тараан кэбиспит. Мин инибин кытары дулҕаларынан сүүрэн сырса оонньуубут. Онуоха хайабыт халтарыйбатах – охтубут киһини үстэ сүүскэ тыгар диэн кэһиллибэт… Сиһилии »Дулҕа

Чэрдээх сирэйдээх киһи

Джекоб Кент олус ымсыы киһи этэ. Ымсыытыгар тэптэрэн тугу да итэҕэйбэт буолбута, майгыта-сигилитэ алдьаммыта, ол иһин кинини кытары ким да аалсыһыан баҕарбата. Кэдэрги кэмэлдьитигэр, хадьарыгар эбии түлээгирэр идэлээҕэ. Ол сылдьан тугу оҥорорун билбэт этэ. Кент оҕо эрдэҕиттэн таҥас өрөр станокка сап хатааччынан үлэлээбитэ. Клондайк көмүһэ аһылларыгар биир бастакынан кэлбитэ. Кини… Сиһилии »Чэрдээх сирэйдээх киһи

Эргиллии

Өрүс киэҥ киэлитэ кыдьымах мууһунан кырылыы устар, тымныы тыал сирилэччи үрэн кыскытар. Арай, ону ол диэбэккэ, кыдьымаҕы быыһынан катер аргыый устан дьүккүйэр. Сэмэн бааһырбыт илиитэ дьаралыйарын иһин, түөһүгэр хам тутан туран эрэ тула өттүн сонургуу көрдө. Инниттэн сытыы тыал үрэ­риттэн хаххаланан катер тимир эркинигэр сыһынна уонна ону-маны эргитэ санаата: «Би­лигин… Сиһилии »Эргиллии