1
1917 сыл. Хотугу Сахалиҥҥа күһүҥҥү хаардаах сарсыарда. Күүстээх тыал тохтоло суох куугунуур. Бүгүн Надьыын Нил Ден Ын диэн кэриэй төрүттээх табаһыт ураһатыгар бу эҥэр өҥөйбөтөҕө ырааппыт ойоҕун убайа Тоҥ Дьарааһын диэн сааһыра барбыт саха ойууна тиийэн кэлэн соһутта. Тыла-өһө сымнаабытыттан сылыктаатахха, арааһа, Надьыын тайҕаттан өттүк харалаах эргиллибитин, өлгөм күндү түүлээҕин батара кэлбитин билэ охсубут быһыылаах.
– Надьыын, дорообо! Хайа, оттон бу тапталлаах балтым, уолаттарыҥ, кэрэ кыыһыҥ барахсаттар ханналарый? – диэн тимир оһох симик уотун аттыгар иттэ турар ойуун ыалдьыт сиэрин тутуһан ыйыталаста.
– Ыстадааҕа бааллар. Табаларбытын бөрөлөр буулаан сордоотулар. Уолаттарым обургулар сарсын арыгыһыт аҕаларын ирдээн кэлэллэрэ буолуо, – диэн ураһа хаһаайына хас да хардаҕаһы оһоҕор быраҕан уотун күөдьүтэн биэрдэ.
– Ээ, сөп буоллаҕа. Дьэ, бу эйигин сарсын мин дьиэбэр буолар хаартыһыттар оонньууларыгар ыҥыра кэллим. Эн уруккута хаартылаан аатыра сылдьыбыттаах этиҥ дии. Тиийэн бэйэҕин көрдөр, таарыйа саха бэрдин түҥнэри көтөн кэбис, һэ-һэ.
Саха бэрдэ диэн бу дойдуга тыйыс тымныылаах Саха сирин Дьаарбаҥ диэн кыра дэриэбинэтиттэн күөрэс гыммыт Миитэрэйи этэр. Ол эрэт манна саҥа кэлэригэр баара-суоҕа биллибэккэ ньимийэн сылдьар холоон да тойооску этэ. Ванги ыстаадатыгар табаһыттаан айаҕын ииттэрэ. Ол эрээри эргитэр-урбатар сытыы өйдөөх, эбиитин ытыктанар ойууҥҥа бэйэ киһитэ буолан, аҕыйах сыл иһигэр атыыһыт буолан хаалбыта. Урут ыраах сиртэн кэлбит атыыһыттар араас барбатах табаардарын ыарахан сыанаҕа батара сатыыллара. Олохтоох эбээннэр, сахалар, нивхтэр, ороктар, кэриэйдэр ону сөбүлээбэккэлэр, кэлин кинилэр үлэхтэринэн наадалаах малы-салы аҕалан чэпчэкитик атыылыыр, ардыгар иэс да биэрэр Миитэрэйгэ туттараары кыһаллан-мүһэллэн бултуур-алтыыр буолбуттара. Уоллара, сотору буолаат, Атыыһыт Дьаарбаҥ диэн хос аатынан бүтүн Сахалиҥҥа биллэр атыыһыт буола түспүтэ. Сылга биирдэ-иккитэ Иркутскай, Амыр уонна Сикука атыыһыттара айгыстан кэлэн ыарахан сыаналаах табаардарын ситэри атыылаабакка төннөргө күһэллэн абаккараллара элбээбитэ. Онно эбии Атыыһыт Дьаарбаҥ аны ыҥырыыга сылдьар хаартыһыт аатыран күннээн эрэр. Оттон Надьыын дэлби арыгылаан, кэлин хаста да улаханнык сүүйтэрэн, аатын-суолун түһэн биэрдэ. Хата, туруу табаһыт уонна байанайдаах булчут буолан, иэстэрин нэһиилэ төлөстө. Билигин улаханнык бултуйдаҕына эрэ хаартылыыр дьолго тиксэриттэн кыһыйдар-абаккардар да, бэйэтэ буруйдаах буолан, таһыгар таһаара сатаабат этэ эрээри, бүгүн:
– Ээ, кинини таах кыайыам этэ. Ону ыҥырбаккыт дии, – диэн Надьыын хом санаатын биллэрдэ.
– Эс, доҕоор! Эн күтүөтүм да буолларгын мээнэ тылга тииһимэ эрэ. Арыгылаан дэлбэрийэр кэмҥэр ыҥырбатахпын баалаабакка, миэхэ махтаныах эрэ тустааххын. Дьэ, испэккэ өйдөөх-төйдөөх сылдьаргын уонна өлгөмнүк бултуйбуккун билэммин бу кэллим дии. Урут өрүү өрүкүйэ көрсөр бэйэҥ, кырытыннара көрөн, миигин аны аанньа ахтыбат буоллуҥ дуу?
– Кырдьаҕас, кэбис өһүргэнимэ. Эйигин көрөн үөрбүччэ, атаахтаабычча мээнэ саҥаран кэбистим. Итиччэ ыҥырбытыҥ кэннэ хайаан да тиийиэм, – Надьыын аны албыннаһан киирэн барда.
Хаартыга ыҥырыллыы диэн чиэс-бочуот, үрдүк сололоох баай эйгэни кытта билсии, саҥа сонуннары истии, мааны бэйэлээх дьахталлары көрөн хараҕы сымнатыы, эбиитин аһыы утаҕы кутан биэрдэхтэринэ иһэн, хараҥа олохтон сэргэхсийэ түһэн ылыы буоллаҕа. Урукку табаһыт атаһын көрсөн дуоһуйуо этэ. Өйдөөх, үөрэхтээх саха хаартылаан сүүйбүт табаларынан, түүлээҕинэн сатабыллаахтык эргинэн, атыыһыттаан байан-тайан эрдэҕэ. Кэлии киһи туох дьиэктээҕин олохтоох баайдар кэтээн-манаан көрөр идэлээхтэр. Көҥөс, бэрдимсик эбитэ буоллар бука «чээн» диэ суох этилэр. Ону баара Атыыһыт Дьаарбаҥ баартаах хаартыһыт, эрчимнээх эргиэмсик буолан ытыс үрдүгэр сылдьар. Кинитэ суох биир да улахан оонньуу барбат. Ол оннугар кинини, уруккута бастыҥ олохтоох хаартыһыты, туора туттулар.
***
Сарсыныгар Надьыын табаларын көлүнэн, ойуун олорор мас дьиэтигэр сикситэн тиийдэ. Тэлгэһэҕэ иччилэрин кэтэһэн туркуларыгар бааллан турар адаархай муостаах табалар кинини атыҥырыы көрөн чолоҥноһо түстүлэр. Надьыын ону куһаҕан бит курдук ылынан, сэрэхэчийэн биир сиргэ тэпсэҥнээмэхтээн ылла.
Дьиҥэр, маннааҕы хаартыһыттар орто эрэ баайыылаах дьон. Кинилэри хайа баҕарар баһыйа тутаттыаҕа. Оттон Атыыһыт Дьаарбаҥ халыҥ харчытын өр сылларга иҥэриммит үөрүйэҕин, хараҕы баайар албастарын туһанан мүччү туттаран ылыахтаах. Ама, эт өйүнэн ханнык эрэ кэлии, сулумах сылдьар эдэр киһиэхэ хотторо оонньооботох баҕайыта ини.
Надьыын урут табыллыбакка, элбэҕи сүүйтэрэн быста дьадайан, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнин иитэр-аһатар эрэйин-муҥун муннунан тыыра сырыттар да, кэлин мээнэ арыгы испэт буолла уонна оҕолоро улаатан табаһыт бэрдэ аатырдылар. Онон көҥүл бултаан-алтаан күндү түүлээҕэ элбээтэ. Бу сырыыга хаарты хараҕа кини диэки иэҕиллэн табылларыгар бигэ эрэллээх.
«Бачча ыҥырыллан кэлэн баран, куһаҕаны билгэлээбитэ буолан куттанан тэпсэҥнии турарым сүрэ бэрт буолсу. Арыгыны аһары испэтэхпинэ уонна үөһээҥҥилэр үчүгэй харахтарынан көрдөхтөрүнэ ботуччу сүүйэн да кэбиһиэхпин сөп», – дии санаат, соруктаах баҕайытык дьиэ аанын арыйан иһирдьэ киирдэ. Улахан нуучча оһоҕо күүскэ оттуллан итиитинэн суоһуур. Аарыма күөс миискэтэ уонна күлтэйбит чаанньык оргуйа тураллар. Оһох хаҥас өттүгэр хардаҕастар ыга кыстаммыттар, уҥа өттүгэр иһит ыскааба, туорай маска толору мал-сал ыйаммыт. Кырааскалаах муостаҕа саҥа таба олбохтор тэлгэтиллибиттэр. Саалаҕа дьон сэлэһэрэ иһиллэр.
– Дорооболоруҥ! Туох кэпсээн баар? – Надьыын дорҕоонноохтук дорооболосто уонна бэргэһэтин устан кум-хам тутта.
Түгэх хостон ойуун багдаллан таҕыста.
– Ээ, күтүөтүм, дорообо, доҕоор! – Тоҥ Дьарааһын толуу көрүҥэр холооно суох намыын куолаһынан саҥаран намылытта. – Сыгынньахтан уонна саалаҕа аас. Ыраахтан кэлбит хаартыһыттар оонньууларын саҕалаары эйигин кэтэһэ олороллор.
Ойууну батыһан аһыы табах буруотунан уонна ыһыырынньык чаанынан тунуйбут хоско киирдэ. Остуол иннигэр үс нуучча олорор эбит. Ырбаахытын үөһэ тимэҕин төлөрүппүт, харытын ньыппарыммыт аҕа саастаахтара кинини үөрэтэрдии тобулу көрдө.
– Уйбаан, бу түүлээҕин матайдыы кэлбит олохтоох булчуту көххө оонньотуҥ эрэ, – диэтэ хаһаайын уонна киһитигэр имнэнэн кэбистэ.
Онуоха киэбирэ соҕус туттан хаарты ырыта олорор атыыһыт биир холуода хаартыны Надьыыҥҥа быраҕан биэрдэ уонна остуол анныттан аһыллыбыт бытыылканы ылан куруускаҕа арыгы кутан кылыгыратта.
– Почтенный друг, на, выпей и сразу начнем игру. Мы купцы из Хабаровска. Вот я и мои молодые напарники по пути заглянули к вам, чтобы чисто для интереса немного поиграть в картишки. Ну и, как говорится, пусть победит фартовый, – диэн баран кинини эрэ кэтэһэ олорбут киһилии иҥиэттэн ылла. Итинтэн салгыы ыалдьыт сырыыта киэҥин, бириэмэтэ кэмчитин, мантан Дьоппуонньуйаҕа түһүөхтээхтэрин туһунан эттэ. Атыыһыттар табаарынан уксары ордорор буолан биэрдилэр. Дьиҥэр, кинини сэнии көрөн, хаардыы кэһэн кыайан-хотон, түүлээҕин барытын ньылбы сотон барарга сананан олороллорун сэрэйдэ.
Надьыын оччолооҕу көрбүт-истибит хаартыһыт сиэринэн, онно оччо-бачча кыһаммата. Утары ууммут куруускалаах арыгыларын биир тыынынан түһэрэн кэбистэ уонна, киниэхэ анаммыт олох маска олоро биэрээт, балай эмэ туруорсан киирэн барда. Өр-өтөр буолбата, оонньуур маастарыстыбата үрдүгүн көрдөрөн, үһүөннэрин кыайан, муннуларын сотуталаан кэбистэ. Сэнээбиттэриттэн сэттэлэрин ылбыт, сүрдээҕин кыһыйбыт-абарбыт атыыһыттар: «Как же так!» – дии-дии, хаартыларын хайа тардыахтыы тутуннулар.
– Ну, ты, друг, даешь! Прекрасно играешь, а мы вот проиграли в сухую. Ну и ладно, я думаю у нас еще есть шанс. Давай, на этот раз поиграем на оленя, – диэтэ аҕа саастаах атыыһыт уонна ойоҕоһугар олорор атастарыгар имнэннэ.
– Да, конечно. На этот раз мы ему покажем, – дэстилэр уонна алҕас хотторбуттарын көннөрө охсоору күө-дьаа буола түстүлэр.
– Чэ, еще для храбрости выпьем и начнем, – дэһэ-дэһэ, чааскыларга куттубут арыгыларын хап-сабар хантатан кэбистилэр.
Испит арыгылара төбөлөрүгэр тахсан, саҥалыын-иҥэлиин уларыйан, биир кэм өндөҥөлүү, эргичиҥнии олордулар.
Хаарты хараҕа тахсарыгар эрэллэрэ күүһүрэн:
– Мы поедем на оленях! – диэн ньамаластылар.
Надьыын маннык табыгастаах түгэн тосхойбутун мүччү туппакка быһаарынна. «Дьэ, итинник буоллаххытына табалара суох хааллартыам. Бука, сатыы дьиэлииргит буолуо» дии санаата.
Сэрэйбитин курдук били муҥнаахтар эмиэ хотторон, табаларын сүүйтэрдилэр. Эдэр эргиэмсиктэр өссө да өсөһөн салгыы оонньоору ырычаахтаһыах курдук өрөпөөннөстүлэр.
– Хватит, убирайтесь! Что, решили до Японии пешком идти?! Этакие недоумки, – диэн аҕа баһылыктара мөҕүттэн баргыйбытыгар түргэнник өйдөнө охсон, өс киирбэх таһырдьаны былдьастылар. Хаарыан табаларын сүүйтэрэн, абаккарбычча өттүктэрин охсуннулар уонна, санаалара оонньоон буолуо, сирэйдэрин саба туттан туркуларыгар бүк түһэн олордулар. Аҕа саастаахтара, балачча хоттороот, кэлин көрөөччү эрэ буолан олордо. Баҕар, уолаттарым табыллыахтара дии санаабыта, мэлигир. Күүстээх хаартыһыты хайдах да кыайыа суохтарын билэн, дэлби дьарыйан тохтотон быыһаата. Онтон атын ньоҕойдоһон оонньоон ыстаана да суох хаалыа эбиттэр. Сүүйтэрбиттэрин төлөөбөтөхтөрүнэ, олохтоох булчут бастарын хатараары тииһэн-тааһан туруон сөп. Хата уолаттара бас-көс киһилэрин тылын ылынан тэскилээн биэрэн абыраатылар. Хаһан да харахтаан көрбөтөх киһитигэр сүүйтэрэн абаккардар да, тылын ууһун киллэрэн сырыылара ырааҕын, бириэмэлэрэ кэмчитин, Дьоппуонньуйаҕа тиийэн табаардарын батарыахтаахтарын, ыраах айанныахтаах атыыһыттары моһуоктаабакка ыыталларыгар тоҥхолдьуйан көрдөстө уонна сүүйтэрбит суумаларын чэйинэн, табаҕынан, арыгынан ньымааттаан, кыра харчы биэрдэ.
Надьыын кыайан-хотон, арыгыта төбөтүгэр тахсан, хайдах эрэ киэбириэх санаата өрүтэ көбүөлээтэ, улаатымсыйан хантаарыҥнаата. Буолумуна, бүтүн Хабаровскайтан кыайа-хото кэлбит нуучча атыыһыттарын тумсуларын сотон, саакка киллэрдэҕэ дии. Пахай, орто эрэ баайыылаах хаартыһыттар эбит.
Оонньууну тэрийээччи тоҥкуруун соҕустук да буоллар кыайбыт киһитин эҕэрдэлээтэ. Надьыын өрөгөйдөөн өрө көрө олордоҕуна, Атыыһыт Дьаарбаҥ тиийэн кэллэ. Дьахталларга чэй, хоруоҥка, табах, оҕолорго араас минньигэс, хаһаайыҥҥа үс бытыылка арыгы кэһиитин туттартаата. Ойуун таһырдьаттан тоҥ балык киллэрэн кыста, ойоҕо эттээх күөһү аҕалан остуолга уурда.
– Дьэ, бу бастыҥ атыыһыппыт биһиэхэ кэлбитэ улахан үөрүү! – Тоҥ Дьарааһын үөрэн мүчүҥнээбитигэр, тыйыс, сытыы харахтара чаҕылаҥнаһан ыллылар.
Дьиэ иһэ биирдэ сэргэхсийэ, саҥа-иҥэ күөдьүйэ түстэ. Бары сонун истэ охсоору киэҥ сиринэн тэлэһийэн сылдьар эдэр атыыһыт тула муһуннулар. Тугу кэпсиирин истээри кулгаах-харах иччитэ буолан олордулар.
Ону баара киһилэрэ:
– Чэ, кистэл буолбатах. Мин манна анаан-минээн улахан хаартыһыт Надьыыны кытта оонньуу кэллим, – диэн сүрүн сыалын-соругун эттэ.
Тоҥ Дьарааһын кинини хаартыһыттар хосторугар киллэрэн, Надьыын утары олорто. Орто уҥуохтаах, оҕотук көрүҥнээх да буоллар боччумнаахтык уонна сытыытык туттар-хаптар Атыыһыт Дьаарбаҥ оонньооччутун үөрэтэрдии сыныйан көрдө уонна дьиибэтик мүчүк гынна. Хайаан да кыайар-хотор санаалааҕын Надьыын бэлиэтии көрдө эрээри: «Бачча табыллыбыт киһи арыгылаан итирэн быһа сытыйбатарбын эрэ, таҥара көмөтүнэн кинини да баһыйа тутаа инибин», – диэн бэйэтин уоскутунна.
2
Таһырдьа тохтоло суох хаар түһэн, киһи утуйуон эрэ баҕарар түүнэ үүннэ. Хаартыһыттар арыгылара төбөлөрүгэр тахсан, айдаарсан да, ардыгар үөхсэн да ыла-ыла, сарсыарда буолуор диэри үлүһүйэн оонньоотулар. Тоҥ Дьарааһын оонньооччуларга мэһэйдээмээри бэйэтин хоһугар киирэн, кинилэр хаартыларын ырытар, остуолу охсон лүҥ гыннарар тыастарын истэ сытан нухарыйан ылла. Ол да буоллар санаата батарбакка, ким кыайан иһэрин билээри кулгааҕын ааҥҥа даҕатан, көхсө көһүйүөр диэри уһуннук иһиллээтэ. Кинини хаадьылыырдыы сибигинэһэн эрэ кэпсэтэр курдуктар. Эмискэ Атыыһыт Дьаарбаҥ: «Баар!» – диэн эрчимнээхтик саҥа аллайда уонна остуолу оҕуста. Тыый! Эр бэрдэ төһөнү туура тутта буолла?
Хаһаайын хаартыһыттарын кэтээн-манаан уута көтөн хаалла. Аны кэлэн утуйан абыраммата буолуо. Дьэ ити Надьыын улаханнык сүүйтэрэн, тоһун ылан баһыйтаран отой саҥата суох барда быһыылаах. Эрэйэ суох бас бэринэн, салгыы оонньууртан аккаастанан кэбиһиэ эбит. Атыыһыт Дьаарбаҥ саха аҕыс кырыылааҕа буоллаҕа дии. Ол да иһин бастаан билсээт да «бу ыраатыах чинчилээх эр бэрдэ» диэн өтө көрөн бэйэтигэр чугаһаппыта. Көр, Надьыын «оҕочооһу кыайан, харчытын бүтүннүү сотон ылыаҕым» диэн эрдэ күөһүн өрүнэн киһиргэнэ санаабыта атын күтүр буолан таҕыстаҕа. Эдэр эргиэмсик кини былаанын үлтү ытыйан кэбистэ. Аны уолаттара табыллан оонньуулларын туһугар үөһээҥҥи Айыыларыгар үҥэ-сүктэ көрдөһөн-аттаһан эрдэҕэ… Дьиэ хаһаайына ити курдук эргитэ саныы, ырыта сытан, сылаата киирэн устунан утуйан, муннун тыаһа хаһыҥыраан барда.
Оттон ити кэмҥэ Надьыын муҥнаах сылайан-элэйэн уонна испит арыгыта төбөтүгэр тахсан, атыыһыттартан сүүйбүт үбүн, табаларын бүтүннүү Атыыһыт Дьаарбаҥҥа сүүйтэрэн кэбистэ. Ол эрээри киһитэ тоҕо эрэ улахан хаартыһыты хоттум диэн үөрбэтэ, киэбирэн чолоҥнообото. Алҕас кыайбыт курдук туттунна уонна сүүйбүт табаларын бэйэтин туркутугар баайа туран: «Миэхэ табаһытынан үлэҕэ киириэҥ буолаарай?» – диэн сымнаҕастык ыйытта. Ньадьыын бастаан утаа саҥата-иҥэтэ суох бүк түһэн санньыллан турда. Өбүгэлэрин тылынан кэриэйдии үөхсэн баран, абаккарбычча уолуктаһыан, балыйдыҥ диэн баайсыан баҕарда эрээри, Тоҥ Дьарааһын ойуун биир дойдулааҕын, бастыҥ атыыһыт атаһын кытта аахсан туһамматын билэн, бэйэтин кыатана туттан: «Улахан оонньооччу эбиккин», – диэн хотторбутун билинэргэ, табаһытынан үлэлииргэ, бэл диэтэр, киниэхэ эрэ булдун туттарарга сөбүлэстэ.
***
Сарсыарда Тоҥ Дьарааһын ким эрэ тардыалыырыттан уһугунна. Бай, хараҕа кылдьыыламмыт, сирэйэ кубарыйбыт, икки имэ кытарбыт арбы-сарбы дьүһүннээх Атыыһыт Дьаарбаҥ киирэн турар эбит.
– Хайа, нохоо, бу туох буоллуҥ! Хоттордуҥ дуу?
– Суох, кыайдым. Бастаан Надьыыны бэйэтин, онтон уолаттара сыҥаланан оонньоон, түөрт табаларыттан мэлийдилэр.
– Тыый, күннээбиккин дии!
– Уолаттар дэлби сааннылар. Аҕалара тохтоппотоҕо буоллар үнтү кырбаан дуу, өлөрөн дуу кэбиһиэ эбиттэр. Аны кинилэри кытта хаартылыа суохпун.
– Сөпкө толкуйдуур эбиккин. Биир дойдулаахпар диэн эттэхпинэ, ити мин күтүөтүм Надьыын урут манна бэйэтэ баанда тэринэн олохтоох баайдары халыы сылдьан тутуллан, үс сыл түрмэҕэ олорон тахсыбыта. Ити мин балтыбын ойох ылан өссө кэм киһитийэ сылдьар дьүһүнэ.
– Ээ, ол да иһин көрөрө-истэрэ кытаанаҕа, дьиппиэнэ бэрт этэ. Оттон эйиэхэ бэрт бөҕө дии.
– Буолумуна, мин оччолорго биир баайы кытта кыыһырсан баран кыраабытым тиийэн, ол баҕайы бэйэтигэр тиийинэн кэбиһэн, биэс сылга хаалла сытар этим. Онно да ойууннаан, киэптиэн баҕарааччыларга түүн эһэ, баабыр буолан көстөн өлөрдүү куттаталаан, улаханнык ытыктанар буоламмын, Надьыыны түрмэ бөрөлөрө тутан өлөрөөрү-өһөрөөрү турдахтарына, «бу олохтоох булчут саха, мин киһим» диэн көмүскээн өрүһүйэн турардаахпын.
– Бу дойдуга элбэх табаланан, күндү түүлээҕинэн уонна балыгынан эргинэн байан-тайан уонна ис дууһабыттан таптыыр кыыспын ойох ылан олоруохпун баҕарабын. Манна баар кыра омуктар бары бииргэ түмсэн сомоҕолоһорбут буоллар бэрт буолуо этэ. Бэйэ-бэйэбитин кытта иирсэ-баайса, бурайса-хадьырыйса сатаабакка сүбэнэн олордохпутуна, биһигини бу сиртэн ким да ураҕастаах маһынан кыйдыа суоҕа. Улуу Арассыыйа ыраахтааҕытын суулларан, былааска бассабыыктар кэллилэр. Мин санаабар, биһиги сайдыылаах, баай дьоппуоннарга холбоһон үчүгэйдик олоруохпутун сөп этэ.
– Куһаҕана суох буолуо этэ… – ойуун оронуттан орҕостон туран, умайан бүтэн эрэр оһоҕор хас да кураанах хардаҕаһы быраҕан биэрдэ. Оһох күлүбүрүү умайда, хаста да «тас» гына тыаһаата. – Көр, эрэ! Эһэкээммит бу сиргэ-уокка этэҥҥэ олорон байыаххыт-тайыаххыт диэтэ ээ.
– Айылааҕын оннук эрэ буоллун, – диэтэ санаата көтөҕүллэн астыммыт Атыыһыт Дьаарбаҥ уонна дьиэлээх хаһаайыҥҥа үчүгэй оонньууну тэрийбитин иһин ботуччу соҕус харчы туттарда. – Эн көмөҕүнэн, маннык түҥкэтэх дойдуга кэлэн хаартыһыт, атыыһыт буолан эрэбин ээ. Онон эйиэхэ махталым муҥура суох, – диэн баран ойууҥҥа тоҥхолдьуйан махтанна уонна тыаһа суох тахсан барда. Сотору буолаат, табалар хоболорун тыаһа иһилиннэ.
3
1922 сыл. Уһун күннээх-түүнү быһа тибии тибэн, суол омооно да көстүбэт гына хаарынан бүрүллүбүт кыһыҥҥы Хотугу Сахалин киэҥ нэлэмэн сирэ-дойдута уу чуумпунан иһийдэ. Нитуй үрэх томторугар тото-хана аһыы сылдьыбыт курупааскылар, туохтан эрэ үргэн, кылыгыраспытынан өрө көтөн таҕыстылар. Сотору буолаат, элбэх табалаах айанньыт харса суох сыыры таҥнары дьурулатан түстэ. Үрэх тоҕойдорун быһыта түһэн, намыһах үөттэр, хойуу ыарҕалар ортолоругар киирэн, табалар халыҥ хомурах хаарга түөстэригэр диэри батарыта түһүтэлээн ыллылар. Арааһа, мунан-тэнэн моһуогуран иһэр сордоох быһыылаах. Табалар арыт тоҥ хаарга уйдаран сиэлэн тамайыах курдук буолан иһэн, эмискэ ньимис гынан муостара эрэ адаарыҥныыр. Ол да буоллар тоҥуу хаары тоҕута кэстэрэн, кэмниэ кэнэҕэс мууһура килэйбит суол омоонугар тахсан, таһаҕастаах сыарҕалара халтарыйа сүүрдүлэр. Табалар сыарҕалара чэпчээн, тэбиэһирэ-тэбиэһирэ атаралаан бардылар. Кыламана, бытыга кырыа буолбут, төбөтүттэн атаҕар тиийэ таба таҥастаах киһи: «Хата, улахан эрэйэ суох, халлаан хараҥарыан иннинэ хонук сирбин булар буоллум», – диэн үөрэн өгдөҥөлөөтө.
Халлаан хараҥара оҕуста. Чуумпу ый мэндээрэ уһунна. Атыыһыт Дьаарбаҥ, бу эҥэр хаста да сылдьыбыт буолан, уонча хороспут ураһалаах таба ыстаадатын түргэнник булла. Кини алта көстөөх сиргэ кыыс сүгүннэрэн илдьэ бараары халыымын сүүрбэ табаны аҕалла. Аҕылаан эппэҥнэһэр табаларын улахан ураһа аттыгар тохтотто. Ыттар үрэн баргыһа түстүлэр. Ким эрэ көрө охсон: «Ок-сиэ! Эдэр тойоммут кэллэ-э!» – диэн уҥа илиитинэн далбаатыы-далбаатыы хаһыытаата. Ону эрэ кэтэспиттии, табаһыттар, булчуттар кэлэн чөмөхтөһө турунан кэбистилэр. Бука сэрэйдэххэ, астара-үөллэрэ, табахтара, атын да маллара быстан эрдэҕэ буолуо. Ол да иһин кини кэлиитэ өрүү бырааһынньыкка тэҥнээх буолааччы. Айанньыт ыксаабакка хаар буолбут арбаҕаһын устан, тэбээн сыарҕатыгар бырахта. Ыраах айантан сиһэ көһүйбүт, сирэйэ күүскэ кытарбыт.
– Ээ, эдэр тойоммут, кэл, манна киир. Биһиги кэтэһэ олоробут, – диэн сааһыра барбыт киһи ыҥырда.
Атыыһыт Дьаарбаҥ түргэнник хааман тиийэн, тирии бүрүөһүнү арыйбытыгар үрүҥ туман бургучуйда, сылаас күҥкүс сыт саба биэрдэ. Тимир оһох хаҥас чанчыгар сыпсы туппут уһун күөх даба ырбаахылаах хара бараан дьахтар ким киирбитин билээри утары көрөн турда. Салгыҥҥа харааччы сиэппит томороон, тыйыс сирэйдээх, кэтит сарыннаах Надьыын тырыыҥка мас кыһа олорорун тохтотон өрө көрө түстэ:
– Оо, бу диэки аас эрэ. Дьэ, күндү күтүөт буолаары сылдьар эдэр тойонум утуйарыгар анаан бэйэм ураһабын бэлэмнээн аҕай олоробун. Киэһэ кыыһым бэйэтэ тиийиэҕэ, һы-һы.
Кыраһыын лаампа умайар эрээри хараҥа курдук. Аан утары тигинэччи оттуллубут тимир оһох үрдүгэр хонтоҕор тумустаах улахан чаанньык уонна хоруо буолбут күөс миискэтэ тураллар. Остуолга таас тэриэлкэҕэ өрөһөлүү хоторуллубут эмис эт минньигэс сыта кэлэр. Иһит кыракый ыскаабын таһыгар хас да утуйар орон көстөр. Ити барыта былыргы урааҥхай ыар кэмин санатарга дылы. Чэ, ол киниэхэ туох буолуой? Кини бу дьону аһынан-табаарынан хааччыйар, ол оннугар киниэхэ күндү түүлээхтэрин босхону эрэ үрдүнэн туттараллар, үлэһит буоларга сөбүлэһэллэр. Ону аахсыбакка кинини ытыктыыллар. Бэл, өлөрүөх-өһөрүөх көрүҥнээх Надьыын уон тоҕус саастаах кыыһын киниэхэ ойох биэриэх буолан илии тутуспута.
Атыыһыт Дьаарбаҥ сылы быһа ыраах ыырдары кэрийэн, дьоппуоннартан аҕалбыт табаардарын булчуттарга түүлээххэ мэнэйдэһэр, эбэтэр түүлээхтэрин кыра сыанаҕа атыылаһар. Күһүн-саас аайы турку уйарынан таһаҕас тиэммит уонна ындыыламмыт табаларынан айаннаан, кылааннаах түүлээхтэрин Ояма Осака диэн дьоппуон эргиэмсигэр туттарар. Оямаҕа кини наадыйар табаара дэлэй, сыаната атыттарга холоотоххо кэм ама буолар. Сылга уон биэс, сүүрбэ тыһыынчаҕа тиийэр араас күндү түүлээҕи, сүүһүнэн буут балыгы тиэйэн илдьэр. Бэйэтэ үөрэхтээх, сатабыллаах атыыһыт буолан, кыра омуктары хамначчытынан, ындыыһытынан үлэлэтэн дьоппуон фирмаларын кытта дуогабар түһэрсэн, Хотугу Сахалиҥҥа элбэх табаары тоҕо тардан аҕалан атыылыыр. Биэс сыл иһигэр саамай элбэх табалаах, бултуур тэриллээх баай киһи аатырда. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, аны аҕыс-тоҕус сылынан табаһыттар, балыксыттар муҥур тойонноро буолар кистэлэҥ былаанын олоххо киллэриэхтээх.
– Дорооболоруҥ!
Мааны ыалдьыт бэдэр сонун, саарба бэргэһэтин устан көхөҕө ыйаата. Тимир оһох аттыгар, бу ыстаада үлэһиттэрэ баһылык туттар соҕотох иилээччилэрэ-саҕалааччылара кэриэй эмээхсинэ илиитин сотто туран, кимнээх киирбиттэрин билээри кыҥастаста. Хатыҥыр сиэн уола ойон тиийэн кулгааҕар дорҕоонноох соҕустук: «Эдэр тойон, Атыыһыт Дьаарбаҥ», – диэтэ. Дьэ үчүгэйдик тилэри быһаарда быһыылаах.
– Настаа, чэйгин туруор, остуолгун тарт эрэ. Атыыһыт Дьаарбаҥ сарсыарда төннөр үһү, – диэн эмээхсин сиэн кыыһын дьаһайда.
Онуоха тоҕо эрэ сырдык хааннаах, тугут курдук хап-харанан чоҕулуччу көрбүт Настаа: «Кини кэллэ!» – диэн уоһун иһигэр ботугураабытыгар сүрэҕэ нүөлүйэн ылла, иэдэстэрэ тэтэрэн хааллылар. Хараҥаҕа ким да ону бэлиэтии көрбөтө.
Көр, Тоҥ Дьарааһын аймахтара сахалар да, кэриэйдэр да ахсааннарынан аҕыйахтарын иһин, аһынан-таҥаһынан улаханнык тутайбакка, туох да иирээнэ-атаана суох бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн хоп курдук иллээхтик олороллор эбит. Ол да буоллар эдэр тойон тэлгэһэҕэ быһа холоон отуччаттан эрэ тахса таба баарын бэлиэтии көрдө. Былырыын ураһаларын аттыгар кини табаларын үөрдэрэ хара былыттыы субулла устар этилэрэ ээ. Ама, итиччэ аҕыйата охсубуттара буолуо дуо? Эс, баҕар, үөрдэрин хайа эмэ үрэх төрдүгэр хорҕотон, манна кинини тоһуйан табаар атыылаһаары эрэ, көлүүр табаларынан кэлбиттэрэ буолуо. Ыраах айантан сылайбыт киһи сиэринэн сибиэһэй таба этин тото-хана аһыан-сиэн баҕарда. Билигин ыксаабакка уһуннук-киэҥник чэйдээһин быыһыгар арааһы ыаһахтаһан кэпсэтии саҕаланыаҕа. Бука сэрэйдэххэ, ордук күннээҕи астарыгар уонна табахха наадыйан эрдэхтэрэ.
Атыыһыт Дьаарбаҥ сүрэҕэ-быара сөбүлүүр кэрэ кыыһын ойох ылыан, сыта байыан, элбэх үлэһиттэниэн баҕарар. Төрөөбүт-үөскээбит таптыыр Сахатын сиригэр сүрэҕэ сөбүлүүр кыыс оҕо барахсанын кыайан таба тайамматаҕа. Ол оннугар хаатырга дойдутунан аатырбыт Хотугу Сахалиҥҥа алҕас тиийэн-түгэнэн кэлэн, көрдөөбүтүн, дьэ, булан ыллаҕа үһү. Ааспыт ыйга бэйэтин табаһытын кэрэчээн сибэкки кыысчаанын таба көрөн сүрэҕэ долгуйбута. Барахсан, эчи эдэрэ, нарына да бэрдэ. Кини хас хамсаныыта, туттуута-хаптыыта барыта ырыа курдуга. «Кыыс аайы ууллубат тоҥ сүрэхтээхпин», – дэнэ сылдьыбыта атын күтүр эбит. Дьиктитэ диэн, киниэхэ хаартыга табаларын сүүйтэрбит Надьыын кыыһа кини куурбут-хаппыт дууһатыгар таптал кыымын түһэрдэ ээ. Хайыаҕай, бэркэ дьиксинэр Надьыынын табаһыттарга баһылык оҥорбута уонна хас да иһит арыгылаах кэргэн кэпсэтэ тиийбитэ.
– Һэ-һэ, бэрт эбит! Бээрэ, ол эн, атыыһыт киһи, бэйэҕэр тэҥнээҕи кытта тутуһарыҥ ордук буолуо суоҕа дуо? Ээ, оттон сөп түбэһэр диэтэххинэ уонна халыымын табанан биэрдэххинэ, сөбүлэһэн бөҕө буоллаҕа дии, – диэбитэ уонна халыымын сүүрбэ табаны ыларга илии тутуспута. Онон кэпсэтиитэ бүтэн турар.
Кыраһыабай, эдэр ойохтоннор санаата көтөҕүллэн, баҕар, манна, түҥкэтэх хаатырга дойдутугар кыаҕырыа, бастыҥ атыыһыт аатырыа. Сайдыылаах, баай дьоппуоннары кытта доҕордоһуо. Биллэн турар, кинилэр дьадаҥы киһини кытта кэпсэтиэхтэрэ да суоҕа. Эргинэн байа охсуон наада. Кини табаһыттары, булчуттары уонна балыксыттары хайдах бэйэтигэр тардары билэр – табаар-ас тиэммит туркулары субурутан олохторугар тиийэн кэлэн дьаарбаҥка тэрийэр. Буочуканан арыгы аҕалан, көр-нар ыһан астарынан-үөллэринэн быстаран эрэр ыарахан олохтоох эрэйдээхтэр сүргэлэрин көтөҕөр. Табаларын, балыктарын, күндү түүлээхтэрин чэпчэкитик атыылаһан ылар. Ону ол барахсаттар сүүлүктээһин, омсуо-дьиэк курдук көрбөттөр, хата төттөрүтүн абыраатыҥ-өрүһүйдүҥ диэн махтаналлар уонна бурдук, табах, кутуу чэй, саа, ботуруон, таҥас-сап иэс ылаары босхо үлэлииргэ да бэлэм буола түһэллэр. Манна арыгылааһыны, хаартылааһыны, оонньууну, күрэхтэһиини бырааһынньык курдук ылыналлар.
Хотугу Сахалин дьонун баһыйар үгүстэрэ быстар дьадаҥы, хамначчыт, кумалаан дьон эбиттэр. Олохтоохтор сүрүн идэлэрэ – таба иитиитэ, булт уонна балык. Сэниэ эрэ өттүлэрэ хаартыны сөбүлээн оонньууллар. Оттон арыгылааһыны уонна көрү-нары баайыттан-дьадаҥытыттан тутулуга суох ытыктыыр кыдьыктара. Ону таба тайанан, Атыыһыт Дьаарбаҥ дьаарбаҥка тэрийэригэр арыгы туруорар, бэл, таба күрэҕин тэрийэн дьону үмүрү тардар ньыманы тобулбута сүрүн куоһурунан буолла. Көс олохтоох дьону кытта тапсан, биир тылы булан, сорохторун мөҕүтэлээн да кэбиһэр эрээри, кыыһырбытын түргэнник аһара охсор буолан ытыктабылга сылдьар сатабыллаах атыыһыт аатын ылла. Дьиҥэр, айылҕаттан дьэбир, тыйыс, дохсун, көҥүл майгылаах дьон кыһалҕалаах, эрэйдээх олоххо эриллэн-мускуллан олордоллор да, Атыыһыт Дьаарбаҥы кэтэһиилээх күндү ыалдьыты көрсөрдүү маанылыыллар, бэл, кыргыттарын киниэхэ ойох биэриэхтэрин баҕараллар.
– Һуу, бу тугун итиитэй? – Атыыһыт Дьаарбаҥ аан диэки сыҕарыйда уонна дьоһумсуйа туттан саҥаран-иҥэрэн барда. Табаһыттарга кэнники дьиэ таһынааҕы сонуннарыттан саҕалаан, олох-дьаһах уларыйыытын, билиҥҥи туругун барытын кэпсээтэ. Ураһа иһэ итиитэ бэрт буолан, көлөһүнэ сарт түстэ, ыраах айантан сылайан илиитэ, атаҕа ыараата. Чаанньык оргуйар тыаһа иһилиннэ. Настаа үөрэ-көтө остуолга иһиттэри уурталаата, буруолуу сылдьар итии миини тэриэлкэлэргэ кутуталаата.
– Дьэ, атастарым, эһиги хайдах олордугут? Бу Надьыын аҕата Кэриэй оҕонньор тоҕо көстүбэтий? – Дьаарбаҥ сэһэргээн бүтэн, аны дьиэлээхтэр сонуннарын истээри эмээхсинтэн ыйыталаста. Боккуойа этэринэн, ол муҥнаах кырдьан уонна ыалдьан ким-хайа иннинэ сытта да утуйар буолбут. Тоҥ Дьарааһыҥҥа тыҥатын эмтэтэ тиийэ сылдьыбыт. Эмээхсин аҕыйах хоноору «тыатын» ахтан иэдэйбит. Оҕолоро кини суоҕуна, дьэ олороохтообуттар. Буурҕа кэмигэр табаларын дэлби сүтэрэн кэбиспиттэр. Ыарытыйар да таба элбээбит. Оттор мастара аҕыйаабыт. Бостууктара да тиийбэтэ бэрт эбит.
Атыыһыт Дьаарбаҥ мөкү сонуну истэн уоһун ньимиччи тутунна, хаастарын түрдэһиннэрдэ. Атын табаһыттара маннык иэдээни таһаарбыттара буоллар: «Бу туох үлүгэрэй?!» – диэн кыйаханыа, мөҕүтэлиэ да эбитэ буолуо. Оттон иллэһэ охсубут биир дойдулаахтарыгар, эбиитин таптыыр кыыһын аҕатыгар хайаан куолаһын сонотуоҕай, кыыһырбытын биллэрбэккэ эйэ дэмнээхтик:
– Надьыын, ол хас таба сүтүктэннигит? – диэн ыйытта.
– Буурҕаҕа отучча таба сүппүтэ. Эриэн буур өссө төһөнү илдьэ барбыта биллибэт. Саатар сүүрбэччэ табабыт куйукталаан хааллылар, – Надьыын чыыр кыһа туран үҥсэргээтэ.
– Бээрэ, Надьыын! Гуоса миэхэ икки ыйы быһа куйуктаны утары үлэ бөҕөнү ыыттым диэбитэ. Хайдах баҕайыный? Сымыйалаабыт эбит буоллаҕа! – Атыыһыт Дьаарбаҥ куолаһа кытаата түстэ.
– Суох-суох. Үлэ бөҕөнү ыыппыта. Сүрдээх үлэһит уол, – Надьыын өрүһүспүттүү түргэнник саҥарда. Өссө туох диэн көмүскэһиэн билбэккэ олордоҕуна, хата ийэтэ эмээхсин:
– Гуоса кэпсэтинньэҥ, сайаҕас бөҕө оҕо. Барахсан, барыга бары бүгүрүтэ да бэрт. Оннооҕор миэхэ дьиэ ис үлэтигэр көмөлөһөр. Үөрэтэр буоллар этэрбэс да тигиэх быһыылаах.
– Һок, хата үөрэтэҥҥин этэрбэс тигээччи гын. Миэхэ үлэлээн туһалыа суох.
Атыыһыт Дьаарбаҥ Боккуойа диэки бэтиэхэлээхтик көрдө. Бары күлсэ түстүлэр.
– Көр эрэ, эттэҕин үчүгэйин. Ол киһи бэйэтэ да булан сылдьара буолуо, – Боккуойа эмээхсин эдэр дьахтардыы хабыйыктана түстэ. Атыыһыт Дьаарбаҥ кыһыытыгар сыыһа саҥарбытын өйдөөтө.
– Боккуойа, кыыһырыма, оонньоон эттим ээ. Сүрүн үлэһиппинэн хайдах быраҕаттана сылдьыамый? – диэн баран сэҥийэтин имэринэн ылла. – Бэйэм наймыласпыт табаһытым, Надьыын, эн улахан уолуҥ Ким хараалга үлэһиттэрин илдьэ кэлиэхтээх этэ. Бэҕэһээ туруммута да, биллэ илик эбит. Ама, олохтоох эдэр киһи мунан хаалыа үһү дуо? Надьыын, эн ону туох дии саныыгыный?
Надьыын тоҕо эрэ истибэтэх курдук туттан, тоҥ балыгын кыһа олордо. Ийэтэ Боккуойа эмээхсин бу да сырыыга саҥата суох олорон биэрбэтэ.
– Киимэни ыйытаҕын дуо? Биллэн турар, эдэр киһи билбэтэ-көрбөтө элбэх буоллаҕа дии. Ол эрээри, хоһуун уол бүгүн дуу, сарсын дуу хайаан да кэлиэҕэ. Оҕобут биһиги кыһалҕабытын өйдүүр, куруутун көмөлөһө сатыыр. Сотору-сотору олус наадыйар табаарбытын аҕалан абырыыр уонна өссө туохха наадыйарбытын ыйыталаһааччы.
Атыыһыт Дьаарбаҥ табатын ахсаана сыл аайы элбээн иһэр. Быйыл эргиэнэ хайа да сыллардааҕар табыллан, биэс тыһыынча табалана түстэ. Онуоха эбии наймыласпыт эдэр, хоһуун уолаттара син бэркэ үлэлии сылдьаллар эбит. Ыарахан үлэҕэ тоҥон-хатан өрө мөхсө сылдьар табаһыттарыгар табаар таһан, санааларын көтөҕөн эрэрэ үчүгэй. Дьиҥэр, хараҥа, дьадаҥы дьону хабалаҕа ылан байыы диэн кыра. Ол баайы өссө хаҥатыы, дьэ ол ыарахан.
– Аһаатыбыт, – Надьыын кыспыт балыгын тэриэлкэҕэ кутта уонна саҥата суох бүк түһэн олорор атыыһыты саннын таптайда. – Эдэр тойоммут уһун айантан сылаарҕаабыт быһыылаах. Кытаатан сэниэ киллэрэр гына тото аһаан биэр, оччоҕо сылайбытыҥ түргэнник ааһыаҕа. Бастаан тоҥ балыкта амсай, – Надьыын кыһыллыбыт балыктаах тэриэлкэтин күндү ыалдьытын иннигэр аста.
Аһаан бүтээт, Атыыһыт Дьаарбаҥ итии ураһаттан таһырдьа куотан тахсыбыта, сиккиэр тыал тохтоло суох хаары өрүтэ ытыйар. Туркуга хаалларбыт утуйар таҥаһын укпут хааһаҕын ылаары тиийбитэ, сабыыта ыга бааллыбыта тоҥон хаалан, кыайан өһүллэ охсубакка моһуоктаата. Тарбахтара бөҕүөрүөр диэри тиниктэһэн син сүөрдэ уонна хааһаҕын ылаат, утары турар Надьыын ураһатыгар барда.
Бүтүннүү хаары бүрүнэн ураһа иһигэр киирдэ. Табаһыт олоҕор үөрэммит киһи сиэринэн, суостаахтык күлүбүрүү умайар оһох аттыгар ыалдьыкка анаан эһэ тириитэ олбоҕу бэлэмнээбиттэригэр олорон, хааһаҕын быатын сүөрэн көп түүлээх саарба бэргэһэни хостоон таһаарда уонна түүтүн сахсыйан ылаат, тэллэх анныгар кистии аста. Маны Настааҕа биэрдэҕинэ үөрүөҕэ. Сүргэтэ көтөҕүллүбүт Атыыһыт Дьаарбаҥ астыммыт быһыынан, сылыта уурбут утуйар таҥаһын ылан оронун оҥоһунна уонна иттэннэри түһэн, икки илиитинэн кэтэх тардыстан сытынан кэбистэ. Дьэ билигин соһуччу көрсүбүт туллукчаана киниэхэ киирэн кэлиэ дуо? Эс, сүрэ бэрт курдук ээ. Ол эрээри Тоҥ Дьарааһын ойуун сөбүлүү көрбүт баай киһилэригэр кыыстарын күүстэринэн да сыыттыахтарын сөп диирин өйдөөн кэллэ. Уопсайынан бу тыйыс, хаатырга дойдутунан аатырбыт Хотугу Сахалины таба тайанан олус табыллыах чинчилээҕин сүрэҕэ сэрэйэн минньигэстик нүөлүйтэлээтэ. Ол эрээри, баҕар, кыыс бэйэтэ таптыыр уоллааҕа буолуо, хаһан да чугастык алтыһан, кэпсэтэн да көрбөтөх киһитигэр ойох тахсыан баҕарбакка аккаастаан кэбиһэн саакка-суукка киллэриэ… Оччоҕо Сахалиҥҥа баар кыра омуктары аймахтаһан чугасыһар сыала-соруга кыаллыбакка да хаалыан сөп курдук ээ.
Чэ, ону дьылҕата билиэ буоллаҕа. Тоҕо эрэ куһаҕаны ыраланар үгэстэнэн хаалла ээ. Барыта бэйэтиттэн тутулуктааҕын умнан кэбиһэр. 1632 сыллаахха Петр Бекетов сатана Саха сирин булуоҕуттан ыла, саха муҥнаах нуучча ыраахтааҕытын хабалатыгар киирбитэ. Билигин өрөбөлүүссүйэ буолан былааска бассабыыктар кэллилэр. Баай, атыыһыт өттө тыыннарын тэскилэтэн кыраныысса таһыгар куотан биэрдилэр. Оттон атыттар баҕа өттүлэринэн бэриннилэр. Дьэ ити курдук олус кутталлаах быһыы-майгы үөскээн, атыыһыттар баай-тот олохторун алдьаттылар, утуйар ууларын улаханнык аймаатылар. Кини эрдэ Сахалины булбут буолан быыһанна эрээри, кыһыллар хаһан баҕарар манна да өрө быччаһытан тиийэн кэлиэхтэрин сөп. Оччоҕо ыраахтааҕы тэҥэ сананаахтыы сылдьыбыта тохтууругар тиийэр. Бассабыыктар обургулар баайын барытын былдьаан ылыахтара, бэйэтин тараччы тутан ылан ытан кэбиһиэхтэрэ. Кинитээҕэр буолуохтары чокуйбут адьарайдар ол ханнык эрэ саха атыыһытын өлөрөллөрүн улахаҥҥа уурбаттара биллэр буоллаҕа…
Тиһэх күннэрэ чугаһаан эрэрин биттэнэн эбитэ дуу, уйатын алдьаттарбыт тигээйи тэҥэ сананнар да, өйүнэн-сатабылынан хайдах эрэ бу уустук балаһыанньаттан төлөрүйэр, мүччү түһэр суолу тобулуох тустаах. Айаҕалыы сатаан, маннааҕы олохтоох баайдары түмэн кыра омуктар сийиэстэрин тэрийэн көрбүтэ табыллыбатаҕа. Дьон-сэргэ куттанар. Кыһыллартан сэрэннэхтэрэ аатыран, көмүстэрин, баайдарын барытын кистээн дьадаҥы курдук көстүөхтэрин баҕараллар. Саҥа былааска утарыласпакка бас бэринэргэ, албыннаһан көрсөргө бэлэмнэр. Арааһа, бэйэтигэр эрэллээх дьону түмэн, Соҕуруу Сахалиҥҥа баар дьоппуоннарга бас бэриннэҕинэ сатаныыһык. Кинилэр баай дьону сөбүлүүллэр. Коммунизмы тута сатаабаттар. Төһө да кыракый арыыларга олохсуйан олордоллор, ахсааннара баһаам, сайдыылара таһыччы, байыаннай кыахтара баһырхай буолан, бэл, Кытайы, Кореяны сэриилээн ылаары куттууллар.
Суох, кини бэйэтин эрэ тыынын буолбакка, тапталлаах дойдутун Сахатын сирин бүтүннүүтүн хомуньуустартан көмүскээн дьоппуоннарга холбуон баҕарар. Оччоҕо бэйэтин норуотун үйэ-саас тухары хамначчыт буолууттан, атаҕастана-баттана сылдьыыттан быыһыах этэ. Бэл, ол туһунан Манньыаттаах Уолугар, Күлүмнүүргэ, онтон да атын бас-көс дьоҥҥо сурук суруйан ыыталаабыта да, биир да хоруйу тута илик. Хомойуох иһин, ити баҕа санаата хаһан да олоххо киириэ суох быһыылаах. Бассабыыктар көҥүл айбардаан олороору эрэ дьадаҥылары өрө туппута буолаллар. Оттон баайдары, оннооҕор таҥара үлэһиттэрин өлөрөөрү-өһөрөөрү эккирэтиһэн-сойуолаһан сордууллар.
Оо, эдэр эрдэҕинэ Айыы Таҥара баар диэн үҥэн-сүктэн, көрдөһөн-ааттаһан сыыстара сылдьыбытын өссө Томскайдааҕы духуобунай семинарияны бүтэрэр сылыгар өйдөөбүтэ. Ол иһин тапталлаах төрөөбүт Сахатын сиригэр барбакка, Хотугу Сахалиҥҥа олохсуйарын ордорбута. Кыһыллар ыраахтааҕы былааһын суулларан баран, аны бэйэлэрэ талбыттарынан күннээн-күөнэхтээн, өлөрөн-өһөрөн сылдьалларын туһунан сураҕы-садьыгы, манна хам-түм охсуллан ааһааччы атыыһыттар кэпсээн-ипсээн барааччылар…
Таһырдьа чэпчэки атах тыаһа хаачырҕаан бэттэх иһэрэ иһилиннэ. Аан аһыллан, тымныы туманы бурҕаппытынан ким эрэ киирээт, бэрт үөрүйэхтик умуллан эрэр тимир оһоххо хас да хардаҕаһы быраҕан биэрдэ. Уот ону эрэ кэтэспиттии таһыгырыы тыаһаан, күлүбүрүү түстэ.
– Настаа, эн киирдиҥ дуо? – Атыыһыт Дьаарбаҥ кэтэһэ сыппыт кыыһа киирбитин биллэр да, үөрбүт куолаһынан ыйытта.
– Ээ, мин, – диэтэ Настаа уһун, хойуу суһуоҕун киистэлэрэ сирэйигэр саба түспүтүн көннөрө олорон. Онуоха киэҥ хара харахтара уот төлөнүгэр толбоннура оонньоотулар.
– Миигин биллиҥ дуо?
– Билиминэ, – диэн кыыс эдэр киһи сүрэҕин уулларыах үөрэн мичиҥнээтэ.
Настаа эр киһи хараҕар быраҕыллар нарын кыыс буоларын бэркэ билэрэ. Ордук үөрэн мичиҥнээтэҕинэ өссө тупсарга дылы буолар. Баҕар, ол иһин буолуо, дьолун бэйэтин алыптаах мөссүөнүнэн оҕуурдаан ылан, быстар дьадаҥы олохтон ыраах куотан биэрэр бигэ эрэллээҕэ. Атыыһыт Дьаарбаҥы көрөөт, арааһа, мин кэтэһэр киһим бу сылдьар дии санаабыта. Сотору буолаат, сүрэҕэ сыыстарбатаҕын бигэргэтэн, кэтэспит киһитэ кинини кэргэн кэпсэтэ аҕатыгар бэйэтинэн тиийэн кэлбитэ. Дьиҥэр, аҕата Надьыын атыыһыты иһигэр киллэрбэтэҕэ, ордугургуу, күтүрүү санаабыта да, сүүрбэ таба халыымы ылар баҕаттан кыыһын ойох биэрэргэ сөбүлэспитэ быһыылааҕа.
Атыыһыт Дьаарбаҥ саҥата суох кыыһы одуулаһа сытта. Настаа тупсаҕай быһыытын-таһаатын кэрэхсээн, кэрэ сэбэрэтигэр абылатан тылыттан матта. Туох да диэбит иһин, кыраһыабай буолуу улуу күүс буоллаҕа. Билигин аҕай ыар санааҕа ылларан хайдах буолуон билбэккэ мунан-тэнэн ылбыт бэйэтэ тугу эрэ быһаарыммыт киһилии ойон турда. Настаа киирэн кэлбититтэн уларыйа, дьоллоно түспүтүттэн бэйэтэ да сүөргүлээтэ уонна тоҕоостоох түгэни мүччү туппакка кыыһы кытта быһаччы соҕус быһаарсарга сананна.
– Оччоҕо бэрт эбит… Чэ, мин атыыһыт киһи буоламмын уһата-кэҥэтэ барбакка быһа-бааччы кэпсэтэр үгэстээхпин. Эйигин чахчы сөбүлээтим. Кэргэн ылаары аҕаҕын кытта кэпсэтэн, сүүрбэ табаны халыымҥа биэрээри аҕалан турабын. Настаа, миэхэ ойох тахсыаҥ дуо?
– Эн курдук үөрэхтээх, мааны киһиэхэ тахсыам этэ, – Настаа кыбыстан да көрбөккө хап-сабар эппиэттээн соһутта.
– Оччоҕо манна бииргэ утуйуохха. Сарсын сүгүннэрэн дьиэбэр илдьэ барыам.
Атыыһыт Дьаарбаҥ кэрээнэ суоҕар түһэн, дьаһайа үөрүйэх куолаһынан эттэ уонна «дьэ хайыыр эбит» диэбиттии суорҕанын саптан, оронугар сытынан кэбистэ. Кулгааҕар Настаа этэрбэһин уһулар, сыгынньахтанар чэпчэки суугунас тыаһа дьикти муусука тэҥэ иһилиннэ. Утаакы буолбата, нарын илии саптан сытар суорҕанын сэмэйдик арыйда уонна эр киһи этин уоттуу суоһаан аттыгар сытта. Эдэр тойон тулуйбакка эргиллээт, «аны мин эрэ бас билиибэр киирдиҥ» диэбиттии хам кууспутугар утарса, үтэйсэ сатаабата. «Кэрэ бэйэлээх кыыс миэнэ» диэн үөрбүт санаа сүрэҕин долгута ньүөлүттэ. Тугу эрэ сүтэрбитин өр көрдөөн булбуттуу сыдьаайа үөрдэ. Байыы-тайыы, өлөрсүү-өһөрсүү, хабыр хапсыһыы курдук ыар санаалар ханна эрэ ырыых-ыраах үтэйиллэн хааллылар. Бу орто туруу дойдуга киниттэн ордук дьоллоох эр киһи суоҕун курдук сананна. Биирдэ олорон ааһар олоххо, ама, мантан ордук уонна туох наада үһү?
Атыыһыт Даарбаҥ алыптаах таптал кутаатыгар умуста…
Уйбаан Ойуур
Чолбон. – 2021. – № 9