Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Сонуннар » «Чолбон өй күрэһэ» Саха сирин бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэнин быһаарда

«Чолбон өй күрэһэ» Саха сирин бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэнин быһаарда


Улуу дьол ааҕарга баар. Эдэриттэн ааҕа үөрэммит эрэ киһи
ол дьолтон үрдүк үөрүүнү сомсор.
Амма Аччыгыйа

«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыллларынан ааҕар дьиэ кэргэттэргэ аналлаах «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу» үс түһүмэхтээх бырайыага үс көлүөнэни хабан, 12 улууска уонна Дьокуускай куоракка бу сыл кулун тутар уонна муус устар ыйдарыгар ыытылынна. Барыта 91 ыал, 273 киһи кытынна. Оонньуу партнердарынан СӨ Культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэр хампаанньа, СӨ Национальнай библиотеката уонна С.А. Новгородов аатынан «Айар» национальнай кинигэ кыһата буоллулар. Сурунаалы тэрийэн таһаарааччы «Сахабэчээт» СӨ судаарыстыба автономиялаах тэрилтэтэ сүрүн бирииһи туруорда.

Муус устар 11 күнүгэр улуустааҕы тургутуһуу түһүмэҕи ааспыт 13 хамаандаттан 9 дьиэ кэргэн кэлэн туйгуннар тургутуктара түһүмэххэ Туймаада хочотугар күөн көрсүбүттэрэ. Сарсыҥҥытыгар, муус устар 12 күнүгэр, түөрт бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн чорбойон, «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа аһаҕас эфиригэр кылаан тургутук түһүмэххэ кытыннылар:

Саха литературатын биһигэ буолбут Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгиттэн удьуор учуутал ыал Кустуровтар (эдьиий Полина Николаевна – педагогика үлэтин бэтэрээнэ, ийэ Ульяна Дмитриевна – педагог библиотекарь, оҕо Венера – 10-с кылаас үөрэнээччитэ);

Дьиэтээҕи библиотекалара 3,5 тыһыынча кинигэ ахсааннаах Мэҥэ-Ханалас улууhун Нөөрүктээйи нэhилиэгиттэн оҕолорун ааҕыыга көҕүлүүр Захаровтар (эбэ Светлана Егоровна – тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, ийэ Наталья Анатольевна – алын кылаас учуутала, оҕо Дайаана – 8-с кылааhын үөрэнээччитэ);

Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгиттэн Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Александр Тарасов дьиэ кэргэнэ (эбэ Екатерина Егоровна – педагогика үлэтин бэтэрээнэ, ийэ Туйаара Александровна – саха тылын уонна литературатын учуутала, оҕо Сайдам – 6-с кылаас үөрэнээччитэ);

Дьокуускай куорат бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэнин аатын ылбыт Бубякиннар (эдьиий Надежда Петровна – «Забота-Арчы» хаһыат суруналыыһа, аҕа Прокопий Петрович – Амма улууһун Эмис нэһилиэгин баһылыга, оҕо Сандаара – 4-с кылаас үөрэнээччитэ).

Түөрт түһүмэхтээх (ол иһигэр оҕолорго анал ыйытыылардаах) кылаан тургутукка тэҥ баайыылаах уонна тыҥааһыннаах оонньууга Тааттаттан Кустуровтар дьиэ кэргэн кыл мүччү инники күөҥҥэ түһэн кыайыылаах таҕыста. Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн бу сайын Өлүөнэ очуостарыгар сынньанар путевканы «Сахабэчээт» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкова илиититтэн туттулар. Оттон кылаан түһүмэх кыттыылаахтара Захаровтар, Тарасовтар, Бубякиннар «Айар» кинигэ кыһатыттан 10 тыһыынча солкуобай суумалаах кинигэ атыылаһарга туоһу суруктарынан бэлиэтэннилэр.

«Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу» кыайыылаахтарын – Саха сирин бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэнин Кустуровтар эдьиийдэрэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Полина Николаевна: «Үс төгүллээн сүрдээх кэрэхсэбиллээх оонньуу буолла. Маннык оонньуу олус туһалаах, ыалы сомоҕолуур, көҕүлүүр, инникитин маннык күрэхтэр салҕанан ыытыллалларыгар баҕарабын», – санаатын маннык үллэһиннэ.

Бубякиннар дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Прокопий Петрович: «Мин санаабар, сахалыы ааҕыы аччаабыт кэмигэр сүрдээх туһалаах оонньуу. „Чолбоннор“ улуустары кэрийэн сүрдээх улахан үлэни көрүстүгүт, ону тус бэйэм улаханнык сыаналыыбын. Киһи “Саха сиригэр ааҕыыны көҕүлүүргэ хайдах маннык күрэх эрдэ суох этэй” диэн саныыр. «Чолбоннорго» улахан махтал! Сурунаал көмөтүнэн, сахабыт литературатын бастыҥ айымньыларын аахпытым туһалыыр кэмнээх эбит диэн үөрэн ахан сылдьабын».

Гаврил Андросов, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ: «Улуустарга сылдьан дьон маннык оонньууга интэриэстээҕин биллибит, онон инникитин бу бырайыакпытын салгыахпыт».

«Чолбон» сурунаал