Анна Колосова «Аптаах кынат»
Ааҕар «Истиҥ кэпсээн» күрэххэ 1-4 кылаастарга I миэстэни ылбыт Дайаана Максимова, Дьокуускай куорат Саха гимназиятын 3а кылааһын үөрэнээччитэ. Салайааччылара: Попова Мария Петровна, Максимова Вероника Гаврильевна.
Ааҕар «Истиҥ кэпсээн» күрэххэ 1-4 кылаастарга I миэстэни ылбыт Дайаана Максимова, Дьокуускай куорат Саха гимназиятын 3а кылааһын үөрэнээччитэ. Салайааччылара: Попова Мария Петровна, Максимова Вероника Гаврильевна.
(Остуоруйа) Күп-күөх күндэлэс халлаан урсунугар араас быһыылаах-таһаалаах былыттар усталлар. Олор быыстарыгар биир наһаа ытанньах былытчаан баар эбит. Кини туох да төрүөтэ суох ытыыра. Хара- ҥа дьүһүннээх, наар ытаан маккырыыр идэлээҕэ. Эдьиийдэрэ, убайдара, уоскута сатааннар, араас ыкка, куска кубулуйан саарата сатыыллара да, ытанньах былыт өрө баран иһэрэ. Араас дойдуну кэрийэ устубуттар,… Сиһилии »ЫТАННЬАХ БЫЛЫТЧААН
Сылдьар ыырым кыараан, сындалҕаннаах айантан сылайан, кылаана сынтарыйбыт сыппах быһах, быатыттан төлө барбыт кырдьаҕас ат кэриэтэ буоламмын, дьэбиннээх тыл быһа сиэн хаҕым эрэ хаалан, дьон нэгэйин, сидьиҥин кытта киирсэ, иэхсэ сатаан бараммын, эстэн – бу манна кэллим. Киэн туттар туга да суох, очурдаах-чочурдаах олохтон быстан-ойдон, киириилээх-тахсыылаах, дьалкыйар дьалхааннаах дойдуттан алааспар… Сиһилии »КЫРА ДА ЭБИТ – КИҺИ…
(Саллаат Кулунов бэйэтин кытта кэпсэтиитэ) Сталинград оборонатын кыттыылааҕа Степанов Александр Семенович кэпсииринэн, «саха саллааттара онно кимэн киирии иннинэ оһуохайдаабыттара…» (Булуу куоратын музейыгар баар суруктан) Оһуохай!.. Үчүгэй да ырыа… Үчүгэй да үҥкүү!.. Саха киһитин сүрэҕин үөрдэр, сылаанньытар-манньытар да буоллаҕа. Чэ, быһата, сүргэҥ көтөҕүллэр, чэпчиигин, чэрэйэҕин-эгдэйэҕин. Тилэхтэриҥ тибиргэччи үктэнэллэрин истэҕин. Бэйэҥ биэрэлдьитэ… Сиһилии »САХА САЛЛААТЫН ҮС МОНОЛОГА
Күһүҥҥү буор самыыр хаһан даҕаны бүтүө суохтуу биир кэмник ибирдээн, тыынар-тыыннааҕы, бэл, хамсаабакка дьиппинийэн турар оту-маһы сылаппыт курдук. Туох барыта иһийэн, курус санааҕа ыга баттаппыттыы ньимийбит. Самыыр ардыгар сэллээн ыллаҕына тымныы тыал сабыта биэрэн, сиигирэн ыараабыт, саһарбыт хатыҥ сэбирдэхтэрин турута тыытан тэлимнэтэн иһэн, кыайбакка сиргэ түһэртиир, окко-маска сыбаан, күһүҥҥү курус… Сиһилии »ЫТЫЛҔАН
Мин аҕыс оҕолоох ыал улахан оҕолоро этим. Онон да эбитэ буолуо, сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулары тэрийэри сөбүлүүрүм. Аны санаатахха, тииһэн-тааһан сүрдээх дьон эбиппит буолуо оччолорго. Орто оскуоланы Чурапчыга 1971 сыллаахха бүтэрбитим. Биһиги кылаас оҕолоро эйэлээх-иллээх буолуубутун 1968 сыллаахтан ыла кылааспыт салайааччытынан үлэлээбит Василий Семенович Яковлев хааччыйбыта диэн этиэхтээхпит. Кини хаһан даҕаны көбдьүөрэн… Сиһилии »Учууталым туһунан кэс тыл
(Егор Афанасьевич Борисов 60 сааһын туолла) Егор Афанасьевич Борисов атырдьах ыйын 15 күнүгэр 1954 сыллаахха Чурапчы оройуонугар Чурапчы сэлиэнньэтигэр күн сирин сырдыгын көрбүтэ. Егор Афанасьевич 1971-1974 сылларга Чурапчы оройуоннааҕы «Сельхозтехника» холбоһукка слесарынан, трактордары өрөмүөннээһиҥҥэ үлэлээбитэ. 1979 сыллаахха Новосибирскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ (билиҥҥинэн Новосибирскайдааҕы государственнай тыа хаһаайыстыбатын аграрнай… Сиһилии »КЭСКИЛЛЭЭҔИ ОЛОХСУТАР САҤА СУОЛУНАН
Леонид Андреевич Попов 1937 сыллаахха маҥнай бэчээттэнэн саҕалыаҕыттан күн сириттэн барыар диэри отуттан тахса хоһоон, уонча кэпсээн, биир оччо тылбаас кинигэтин литературнай нэһилиэстибэ быһыытынан хаалларбыта. Кини сүрүн үлэтин таһынан тылбааска улахан болҕомто уурара. Ол курдук, кини Александр Пушкин, Михаил Лермонтов, Владимир Маяковскай хоһооннорун, Николай Гоголь «Тарас Бульба», Борис Полевой… Сиһилии »Леонид Попов хоһоонноро Ахматова тылбааһыгар
Киһи-аймах өркөн-өйүн, сайдыытын биир чыпчаала буолбут Олимпийскай Оонньуулар силлиэлэрэ-холоруктара уйгуурдан аҕай аастылар, хайы-үйэ история бэлиэ кэрчигэ буоллулар. Сахалар улуу тренер Д.П.Коркин үтүөтүнэн өҥөтүнэн-мэтээл күлүмнэригэр күөнэхтээбиппит үйэ чиэппэрэ ордо оҕуста. Саҥа үйэ аанын ытыс соттон арыйдыбыт диэн суҥхарабыт да, Афины-2004 иннинэ мэтээли бу киһи аҕалыа диэн этэр уустук этэ. Тустуубутугар киирдэххэ,… Сиһилии »Олимп дабааннарыгар
Саха биллиилээх суруйааччыта, сэһэнньитэ, романиһа, поэта, кириитигэ, публициһа, Россия Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, «Дети Саха- Азия» стипендиата, Төхтүр оскуолатын үрдүк категориялаах учуутала, СР үөрэҕириитин туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Василий Васильевич Скрябин-Идэлги 64 сааһыгар сылдьан ыарахан ыарыыттан 2007 сыллаахха, бэс ыйын 25 күнүгэр, биһиги кэккэбититтэн өлөн туораабыта. Кини олоҕун доҕоро,… Сиһилии »идэлги рукопиһын туһунан эттэххэ
(Уйбаан Ороһуунускай төрөөбүтэ 75 сылыгар) 1967 сыллаахха мин биир сыл ыалдьан, эмтэнэн баран университекка саха салаатыгар туттарсан киирбитим. Куорат 2-с №-дээх оскуолатын бүтэрбитим. Өссө оскуола улахан кылаастарыгар үөрэнэ сылдьан үс сыл устудьуоннар «Сэргэлээх уоттара» диэн литературнай түмсүүлэригэр сылдьыбытым. Онно сылдьан Уйбааны маҥнай көрбүт эбиппин. Дьиҥнээх билсиим устудьуон буолбутум кэннэ «Сэргэлээх… Сиһилии »ҮГҮС ӨРҮТТЭЭХ ДЬОҔУРДААҔА
Былыргы түүрдэр даҕаны, сахалар даҕаны сана сиргэ көһөн кэлэллэригэр биир дьикти абыычай- даах этилэр. Ол кэлэллэригэр булгуччу иннилэригэр көрбүөччү ойууннарын инники ыытан, түүл түүллэтэн, билгэлэтэн баран, бу сиргэ олохсуйар үгэһи тутуһар этилэр. Ити былыр-былыргыттан тутуспут үгэстэрин билигин даҕаны дэлэгэйдик туһаныахха сөп буоллаҕа. Көрбүөччүлээһин идэтэ хас да араас ньымалардааҕын үөрэтэн көрүөххэ… Сиһилии »КӨРБҮӨЧЧҮ кистэлэҥэ
Торҕо күөх хонууларга, аҥааттар-муҥааттар алаастарга өрө аспыт сир симэхтэрин эҥинэ бэйэлээх өҥнөөх эминньэхтэрэ оһуордаах-мандардаах көбүөр курдук киһи хараҕын сымнатар. Оттон ыал кичэллээхтик охсуллубут тэлгэһэтигэр турар сэргэ тулатыгар, дьиэ иннигэр анал иһиттэргэ хойуутук олордуллубут сибэккилэр сэбирдэхтэрэ көҕөрө чэлгийбиттэр, олор быыстарыгар онон-манан тыллаары гыммыт болчуохтар көстөллөр. Аҕыйах хонугунан ити болчуохтар арыллан дьиэ… Сиһилии »Күндү киһи
(Кэпсээн) Кинини бэрт эдэр эрдэхпинэ көрсүбүтүм… Билигин ол көрсүһүү мин олохпор улахан суолтаны оонньообот курдук, мин өйүм-санаам эрэ будулуйбут туманын быыһыгар туох эрэ астыгы, кэрэни, остуоруйалыы оҕотук тапталы санатар. Гамма… Дьикти ааттаах кыыс мин олоҕум биир кэрчигэр бэрт интэриэһинэйдик киирэ сылдьыбыта… Ол кэмнэри тоҕо эрэ бүгүн эйиэхэ сэһэргиэх санаам киирдэ.… Сиһилии »Гамма
Атырдьах ыйын 4 күнүгэр 1936 сыллаахха П.А.Ойуунускай «Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара» ыстатыйата «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит. Бу ыстатыйаны, Платон Алексеевич ырытыыттан саҕалыыр: «Мин бэрт элбэх эдэр суруйааччылар бөлөхтөрүн үлэлэрин көрдүм, бэрт элбэх суруйааччылар үлэлэрин (кинилэр көрдөһүүлэринэн) кэрчик-кэрчик бэлиэтээтим. Формализмҥа, натурализмҥа бэрт элбэх көстүүлэр бааллар. Холобура: «Өрүс уута дьалкыйа, … Сиһилии »Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара
Куорат киинигэр турар таас дьиэ кэҥэс куукунатыгар сахалыы оҥоһуулаах, ис киирбэх ойуулаах атахтардаах дьоҕус төгүрүк остуолга сааһыра барбыт икки дьахтар, итии чэйи бэрт наҕыллык сыпсырыйан иһэ-иһэ, ырааҕы-чугаһы ырытан кэпсэтэ олороллор. Ыам ыйынааҕы нуурал киэһэ арҕаалаан эрэр күнэ Чочур Мыраан үрдүнэн сандаара тыкпыта кэҥэс түннүктээх куукуна иһин сандаарыччы сырдатар. Сахалыы ойуулаах… Сиһилии »Аны кэлэн хайыамый…
Хатан Хабырылла аҕам саастаах, кыырыктыйбыт баттахтаах, туруору сүүстээх, уһун субуруйбут муруннаах, сирэйэ күн уота сиэн хараарбыт, сэҥийэтигэр сэбирийбит бытыктаах, саар тэгил уҥуохтаах, бэйэтин лаппа кыанар киһи. Кини бүгүн андаатарын тууларын көрөн кэлэн баран, күөһүн буһара уурбута, ол кэннэ аргыый наллаан ону-маны, уруккунуну-хойуккуну саныы олорбута. Кинилэр аймаҕылаан туран удьуор булчуттар, аҕата… Сиһилии »Билиилээх күөл иччитэ
Сааскы халлаан суһуктуйа сырдаан, балаҕан иһэ борук-сорук буолла. Аана эмээхсин, бэҕэһээ киэһэ сыарҕа суолун баттаһа күнү быһа от тиэйэн саҥата иһиттэн тахсыбат буолуор диэри сылайбыт кыыһын уһугуннарбакка, тыаһа-ууһа суох уолун Киргиэлэйи туруоран хотоҥҥо таҕыстылар. Киэһэ ынахтара ахтыбыт көрүҥнээҕэ, онон эмээхсин сээбэҥнээн утуйбакка сыппыта. Киргиэлэй бэйэтин сааһыгар сөрү сөп эттээх-сииннээх олус… Сиһилии »Салдьа
Күүлэ аанын эрчимнээхтик тоҥсуйан либиргэттилэр. Түлүк уутугар утуйа сыппыт Дьуон Дьоруойап ким эрэ соһуччу өттүккэ анньыбытын курдук хараҕын көрөн кэллэ. Бастаан өйдөөбөтөхтүү сааскы салгын сиэн өссө хараарбыт бытыктаах хара бараан сирэйэ хос борук-соругар чочумча күлүгүрэн сыппахтаата, онтон тоҥсуур хатыламмытыгар «өрүс… уу… дьон…» диэн тыллар төбөтүгэр чаҕылҕанныы күлүмнэспиттэригэр букатыннаахтык уһуктан, оронуттан… Сиһилии »Быыһааччы
(Бэргэн этиилэр) Бэйэбэр Мин үлэлэрбинБэлэмнээх киһи өйдүүр,Мин бэлиэлэрбинИлгэлээх киһи өйүүр.(К., 106 с.) Көтөҕүллүү Ийэ тылтыыннааҕын тухары –Ол омук чөл тыыннаах,Төрүт хаанааттааҕын тухары –Алгыс диэн санаалаах!(К., 119 с.) Боотур көмүскэлэ Саха олоҕо –Чараастан чараас,Саха холбоҕо –Ыраастан ыраас.(К., 229 с.) Хаар Халлаантан айылҕа сүөгэйэХаар түһэр,Иннибэр нарыннык күөгэйэКыыс иһэр…(МС., 271 с.) Ырыа Ырыа… Сиһилии »«Өйдөөх тыл биллиэ – өлбөт кэм кэлиэ!»