Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Поэзия » Марфа Куличкина хоһоонноро

Марфа Куличкина хоһоонноро


«Бу кэрэ дойдубун ситэри туойдарбыан…»

Үгүс көлүөнэ саха дьоно таптаан ыллыыр ырыаларын тылларын айан хаалларбыт поэтесса Марфа Петровна Куличкина 1929 сыллаахха уруккунан Мэҥэ, билиҥҥинэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Доллу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Намнааҕы педагогическай кылааһы бүтэрэн баран, Мөҕүрүөнүнэн, Маттанан, Балыктааҕынан, Төҥүлүнэн көһө сылдьан учууталынан, библиотекарынан, интернат сэбиэдиссэйинэн уонна иитээччитинэн үлэлээбитэ. 1958 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуустааҕы коммунист партиятын чилиэнинэн киирбитэ. Норуот таптаан ыллыыр тылларын айбыт поэтесса 1988 сыллаахха олунньу 22 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ. Хоһоонноро аан бастаан 1949 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас оройуонунааҕы «Колхоз кырдьыга», өрөспүүбүлүкэтээҕи «Эдэр большевик» хаһыаттарга бэчээттэммиттэрэ. Кэлин айымньылара «Хотугу сулус» сурунаалга тахсыбыттара. Кини суох буолбутун кэннэ хоһооннорун түмэн биир дойдулаахтара Илья Скрябин «Үрүҥ түүл», Иван Тарабукин «Сүүнэ тыл сүмэтин булларбын» (2012 с.), Любовь Аргунова «Күөрэй дуу, күөрэгэйим» (2015 с.) диэн кинигэлэри оҥорбуттара. Марфа Петровна хоһооннорун саха мелодистара кэрэхсээн дьон-сэргэ уоһуттан түһэрбэт бастыҥ ырыаларын айыталаабыттара. Холобура, биллэр мелодистар Валерий Ноев «Күөрэгэй», «Чараҥҥа», Галина Шахурдина «Алгыс ырыата», «Таптыыбын эйигин», Аркадий Алексеев «Киэн туттан ыллыыбын» диэн ырыаларын норуот күн бүгүҥҥэ диэри таптаан ыллыыр. Саха сирин бөдөҥ мелодистара Денис Данилов, Виктор Никаноров, Николай Сорокин, Александр Дмитриев-Чүмэчи уо.д.а. поэтесса тылларыгар 50-ча ырыа матыыбын айбыттара.Саха литературатыгар киирэн испит кэрэ саха далбар хотуттара Мария Андросова-Ионова, Вера Давыдова, Калисфена Платонова суох буолбуттарын, тэйбиттэрин кэнниттэн, оччолорго лиҥкир эр дьон суруйааччылар быыстарыгар прозаиктар Анна Неустроева, Анастасия Сыромятникова эрэ айа-тута сылдьар кэмнэригэр, поэтесса Марфа Куличкина айар эйгэ ыырыгар киирбитэ. Ол иһин бөдөҥ литературовед, филология наукатын доктора Дора Васильева: «Саха дьахталларыттан биир бастакынан айар үлэ умсулҕаннаах аартыгар бэрт сэмэйдик, дарбаана, тыаһа суохтук 1949 сыллаахха Марфа Куличкина үктэммитэ», – диэн бэлиэтээн эппитэ. Марфа Петровна 40 сылга тиийбэт кэм устатыгар айан-суруйан хаалларбыт нэһилиэстибэтигэр 200-чэкэ хоһоон киирэр. Дьэ бу айымньыларга олоҕуран 50-ча ырыа матыыба айыллан күн бүгүҥҥэ диэри үгүс көлүөнэ дьон ортотугар ыллана сырыттаҕа.

ҮРҮҤ ТҮҮЛ

Мин дьикти да түүлү түһээтим –

Букатын эдэрбэр түспүппүн,

Күн солко сардаҥа кылыһын

Ыламмын ытыспар туппуппун.

Дьэргэлгэн дьиэрэҥкэй үҥкүүлүүр

Саҕаҕар мин сүүрэн тиийбиппин,

Тунал хаар, сырдык хаар үрдүгэр

Уйдаран дугунар эбиппин.

Сир-халлаан ыпсыыта арыллан

 Дьэрэкээн уот кустук умайда,

Үрүҥ түүл күөх быыһа аһыллан

«Кэл манна», – диэн миигин угуйда.

Табалыы тамайа сиэлэммин

Туруук таас хайаҕа тахсабын,

Ыраах да ыраах баар сулуска

 Уунаммын мин тиийэ сатыыбын.

Ол туран истэбин үөһээттэн

Кыталык лыҥкынас ырыатын,

 Сулустар оргууйдук сипсийэн

Тапталы уруйдуур тылларын.

НЬУРГУҺУННАР

Харалдьыкка саас эрдэ

 Ньургуһуннар үүнэллэр,

Нуоҕалдьыһа күөгэйэ

Күнү көрөн үөрэллэр.

Ньургуһуннар, ньургуһуннар,

Нарын-намчы барахсаттар,

Ньургуһуннар, ньургуһуннар,

Намыын-намыын бэйэлээхтэр.

Тоҥтон, буортан толлубат

Толуу күүстээх эбиттэр,

Сандал сааһы уруйдаан

Дьиэрэҥкэйдээн тэппиттэр.

Минньигэстик мичилийэ

 Сиэттиһэннэр сэгэспиттэр,

 Кэрэ сааспыт илдьитэ

 Биһи баарбыт дэспиттэр.

СИБЭККИ БИЭРЭЭРИ

Эйигин аларга көрсөөрү,

Эйиэхэ сибэкки биэрээри,

Эн үөрбүт дьүһүҥҥүн көрөөрү,

Эн сэргиир тылларгын истээри…

Сииктээх от устунан оргууйдук

Эйигин кэтэһэ хаамабын,

Сибиэһэй сибэкки сытынан

Дуоһуйа дириҥник тыынабын.

Ол көмүс сардаҥа утаҕа

Таммахха чаҕылла оонньоото,

Куотуо диэн ааттаһан, сэрэнэн

 Нарыннык, уһуннук уураата.

Симиин тыал наҕыллык сипсийэн:

 «Ыксаама, кэтэс», – диэн сэрэттэ,

 Ол кэннэ арахсан барбакка

Миигинниин сэргэстии сырытта.

Эн нарын тарбаххын тутаары,

Сэргэстии сиэттиһэ хаамаары,

Эйиэхэ биир тылы этээри,

Сүрэҕим кистэлин аһаары…

ҮРҮҤ КҮН

Саас эрдэ сарсыарда

Саҥа күн тахсыыта

 Саҕахха солотуу

Дуй буолан сандаарда.

Саҥа күн, сандал күн,

Үтүө күн, үрүҥ күн.

Сир ийэ уһуктан

Сипсийэн ыллаата,

Сииктээх от нуоҕайан

Күн диэки таласта.

Саҥа күн, сандал күн,

Үтүө күн, үрүҥ күн.

Араас суол өҥүнэн,

Мөһүүрэ кыымынан

Тулабар чаҕылла,

 Дьиримнии оонньоото.

Саҥа күн, сандал күн,

 Үтүө күн, үрүҥ күн.

Эн чаҕыл сырдыккын,

Эн уоттаах угуккун,

Аан дойду, дьон аймах

Дууһата буолаҕын.

Саҥа күн, сандал күн,

 Үтүө күн, үрүҥ күн.

18.01.1988 с.