(быһа тардыы)
…Оччотооҕу Саҥа дьыл бырааһынньыга биһиэхэ туох да үчүгэйи аҕалбат, ынырыгы, кутталы эрэ аҕалар этэ. *Былыргы итэҕэлинэн, Саҥа дьылга сүллүүкүн диэн уу абааһылара тахсаллар диэн буолара. Бу абааһылар киһи инники олоҕо хайдах буолан иһэрин «билэр» идэлээхтэр үһү.* Оттон былыргы үйэҥ киһитэ бэйэтин инники олоҕуттан туох да үчүгэйи күүппэт, киниэхэ эрэммэт, бииргэм куттана саныыр үгэстээҕэ. Онон Саҥа дьыл саҕана сүллүүкүн иһиллиир, таас тардар, остуол хаамтарар «хампаанньатынан» дьон иирэ сыһаллара. Ол дьон өйүгэр-санаатыгар кутталы, ынырыгы хааллараллара. Холобур, таас тардыыта диэн бу курдук буолара.
Арай биирдэ киэһэ дьукаах оҕонньорбут Лааһар эмискэ ыалдьан кэлэр. Кини бастаан дириҥник ынчыктыыр, онтон энэлийэр, онтон ыһыытаан-хаһыытаан, кэриэһин этэн баран, өлөн хаалар. Дьиэлээхтэр оҕонньордорун аһыйан бары ытаспыта буолаллар. Биһиги, оҕолор, олус диэн куттанабыт. Оттон оҕонньору аас тэллэххэ сытыараллар. Тэллэх түөрт муннугар түөрт иннэни анньаллар. Төбөтүн анныгар эргэ сиппиири сыттык уураллар. Уонна аргыйа турар дьиэ ааныгар туора сытыараллар. Онтон оһох уотун суулаан кэбиһэллэр. Дьиэ иhэ им-балай буола түһэр. Дьэ бу буолтун кэннэ, бары сибигинэһэн кэпсэтэн ороҥҥо кэккэлэһэ олороллор. Онтон биирдии-биирдии туран бурдук тардар тааска, оһох кэннигэр бараллар. Ол бараннар, били тааһы бурдуга суох, кураанахтыы тардаллар. Дьэ, ол таас тыаһа бу өлбүтэ буола сытар Лааһар оҕонньорго ким хайдах-туох буоларын кэпсиэх тустаах үһү. Ол барыта, биллэн турар, халлаан дьыалата, таһы сымыйа итэҕэл буолара.
Суорун Омоллоон
«Хотугу сулус», 1951с. 1 нүөмэр



