Леонид Андреевич Попов 1937 сыллаахха маҥнай бэчээттэнэн саҕалыаҕыттан күн сириттэн барыар диэри отуттан тахса хоһоон, уонча кэпсээн, биир оччо тылбаас кинигэтин литературнай нэһилиэстибэ быһыытынан хаалларбыта.
Кини сүрүн үлэтин таһынан тылбааска улахан болҕомто уурара. Ол курдук, кини Александр Пушкин, Михаил Лермонтов, Владимир Маяковскай хоһооннорун, Николай Гоголь «Тарас Бульба», Борис Полевой «Повесть о настоящем человеке», Александр Фадеев «Молодая гвардия» диэн өлбөт-сүппэт айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. Оттон бэйэтин хоһооннорун Юрий Разумовскай, Римма Казакова, Анатолий Преловскай. Вероника Тушнова, о.д.а. тылбаастаабыттара. Ол эрээри кини хоһооннорун Анна Андреевна Ахматова тылбаастаабыта ордук кэрэхсэбиллээх. Сахалартан ити чиэскэ-бочуокка Леонид Андреевич эрэ тиксэр.
Саха норуодунай поэта Леонид Попов уонна нуучча улуу поэта Анна Ахматова тылбаас нөҥүө биһиги литератураларбытын алтыһыннаран тураллар. Ол бастаан 1947 сыллаахха, Леонид Андреевич Эдэр суруйааччылар Бүтүн Сойуустааҕы сүбэ мунньахтарыгар Самуил Маршак салайар семинарыгар кыттан хайҕаныаҕыттан саҕаламмыт эбит. Тэрээһин түмүгүнэн Самуил Яковлевич кинини тылбаастаныан сөптөөх дьон ахсааныгар киллэрбит уонна Анна Ахматоваҕа подстрочниктары тиксэрбит. Онон, Саха сиринээҕи кинигэ кыһата 1952 сыл от ыйын 30 күнүгэр Анна Андреевна Ахматованы кытта тылбаас оҥотторорго сөбүлэҥ түһэрсэр – поэт Леонид Андреевич Попов тоҕус хоһооно нууччалыы тылбаастанан, аан бастаан «Дружба народов» сурунаалга эмиэ ити сыл бэчээттэнэллэр. Нөҥүө сыл ити хоһооннор поэт «Утро над Леной» кинигэтигэр киирэллэр.
ЛЕОНИД ПОПОВ
САРСЫҤҤЫ
Биһиги бигэтик билэбит
Үүнэр күн, кэлэр кэм кэрэтин.
Онуоха барытын биэрэбит
Эдэр саас эрчимин, тэтимин.
Күн бүгүн көрөбүт ол иһин
Сарсыҥҥы саһарҕа аалыытын.
Күн бүгүн истэбит ол иһин
Сарсыҥҥы дьол, үөрүү ырыатын.
Бүгүҥҥү үлэттэн, ырыаттан,
Бу күммүт этиттэн-хааныттан
Саргылаах сарсыҥҥы үүннүн диэн,
Олорор, охсуһар, оо, бэрдиэн!
1951с.
ГРЯДУЩЕЕ
Встает сегодня перед нами
Величие грядущих дней,
И мы идем к нему с дарами
Всесильной юности своей.
Растет, ликуя, блеск лучистый,
Взошла грядущего звезда,
Сегодня внемлем песне чистой
Грядущих праздников труда.
От нашей мысли справедливой,
От наших песен, наших дел
Возникнет новый мир счастливый,
Борьба за счастье — наш удел.
Чолбон. —2024. — атырдьах ыйа