ИСТИҤ КЭПСЭЭН-2024

ОСКУОЛА СААСТААХ ОҔОЛОР уонна УЛАХАН ДЬОН

ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ II КӨРҮҮТҮН БАЛАҺЫАННЬАТА

1. УОПСАЙ БАЛАҺЫАННЬАТА:

1.1. «Истиҥ кэпсээн-2024» оскуола саастаах оҕолор уонна улахан дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи II көрүүтүн (салгыы – көрүү) саха уус-уран литературатыгар болҕомто тардаары, проза жанрын истэр эйгэҕэ киэҥник көҕүлээри ыытыллар. Тэрийээччи – «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ.

1.2. Көрүү бастыҥ үөрүйэҕи түмэр, тарҕатар соруктаах ыытыллар. Кыайыылаахтар дипломунан бэлиэтэниэхтэрэ, оттон кыттааччылар уонна оҕолор салайааччылара туоһу суругу тутуохтара. Бастыҥ үлэлэр сурунаал электроннай архыыбын сайтыгар киириэхтэрэ, дьон-сэргэ туһанарыгар, көрөрүгэр-истэригэр анаан аһаҕас буолуохтара.

2. КӨРҮҮ КЫТТЫЫЛААХТАРА:

2.1. Оскуола 1-11-с кылааһын үөрэнээччилэрэ (1-4, 5-8, 9-11);

2.2. Улахан дьон.

3. КӨРҮҮ ЫЫТЫЛЛАР ТҮҺҮМЭХТЭРЭ:

I түһүмэх: балаһыанньа 2024 сыл сэтинньи 2 күнүттэн куйаар ситимигэр тахсар, салгыы оскуолалар электроннай почталарынан тарҕанар.

II түһүмэх: кыттааччы үлэтин 2024 сыл сэтинньи 29 күнүгэр диэри cholbonkyres@mail.ru почтаҕа «Истиҥ кэпсээн» диэн бэлиэтээн ыытар.

III түһүмэх: түмүк 2024 сыл ахсынньы 16 күнүгэр  диэри «Чолбон» сурунаал саайтыгар  (https://cholbon.online/) уонна социальнай ситимнэргэ тахсар.

IV түһүмэх: туоһу суруктары 2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр диэри эһиги ыйбыт электроннай почтаҕытыгар ыытабыт.

4. Кыттыы төлөбүрэ биир киһиттэн 100 солк.

5. КӨРҮҮГЭ ХАЙЫСХАТА:

5.1. Остуоруйалар, үһүйээннэр;

5.2.Кэпсээн, сэһэнтэн, романтан быһа тардыы.

6. КӨРҮҮ МАТЫРЫЙААЛЛАРЫГАР ИРДЭБИЛ:

6.1. Техническэй ирдэбил:

1)            Кыттааччы үлэтин кээмэйэ (хронометраж) хааччахтаммат;

2)            Туспа лиискэ (word файлга) булгуччу кыттааччы толору аата, салайааччы толору аата, оскуолата, улууһа толору суруллар (!).

3)            Файл формата MP3 буолуохтаах. Атын форматынан кэлбит үлэни хаачыстыбалаахтык көрүү иһин дьүүллүүр сүбэ эппиэтинэһи сүкпэт.

4)            Кыттааччы «Чолбон» (“Хотугу сулус”, “Кыһыл ыллык”) сурунаалга бэчээттэммит айымньыны ааҕаллар уонна аахпыт айымньылара бэчээттэммит нүөмэрин тутан хаартыскаҕа түһэн ыытыллар.

6.2. Үлэ этиллибит болдьоҕу аһарбакка ыытыллыахтаах.

6.3. Төлөбүр +79841008666 нүөмэргэ (Сбер) ыытыллар уонна үлэни кытта квитанция копиятын электроннай аадырыска ыытыллар.

6.4. Көрүүгэ үлэтин ыыппыт ааптар – бу дьиҥнээх балаһыанньа бары пуунугар сөбүлэһэрин бигэргэтэр.

7. ҮЛЭНИ СЫАНАЛААҺЫН:

Куолас уонна тиэкис дьүөрэлэһиитэ – 10 баал;

Хос тыас, саҥа-иҥэ суох буоллаҕына – 10 баал;

Тыас-уус сатабыла – 10 баал;

(Барыта холбоон, кыттааччы 30 баалга тиийэ ылыан сөп).

8. ТҮМҮК ТАХСЫБЫТЫН КЭННЭ АПЕЛЛЯЦИЯ КӨРҮЛЛҮБЭТ.

9. ТҮМҮГҮ ТАҺААРЫЫ:

1) Кыайыылаахтар – I, II, III миэстэ иһин дипломунан уонна бирииһинэн наҕараадаланаллар. Салайааччылар Махтал сурук тутуохтара.

2) Бары кыттааччыга Туоһу сурук ыытабыт.

3) Тэрийээччи кыттааччыларга уонна кыайыылаахтарга үөһэ этиллибиттэн атын майгылаах биһирэбили олохтуон сөп.

4) Көрүү түмүгэ «Чолбон» сурунаал электроннай архыыбын сайтыгар (https://cholbon.online/) уонна социальнай ситимнэргэ ыйыллыбыт болдьоҕу ааспакка тахсар.

Кыттааччы ааҕыытын тэрийээччи бэйэтэ көрөрүнэн туһанарыгар көҥүл биэрэр.

10. Билсэр төлөпүөн: +7-984-100-8666 (Рустам Николаевич Каженкин)

e-mail: cholbonkyres@mail.ru

Сайт: https://cholbon.online/

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар