Перейти к содержимому

(Мин эһэм оҕонньор кэпсээнэ)

Былыыр-былыр арай биирдэ эн хос эһэҥ миигин, эдэр уолчааны, ыраах балыктата —суора туонатыгар илдьэ барда. Кыра бырааттарым уонна бэйэм саастыыта доҕотторум миэхэ төһө ымсыыра хаалбыттарын эһиги көрбүккүт буоллар! Кырдьыга да, муора туоната диэн ол үрэх ханнык эмэ вискатыгар (күөлтэн өрүскэ түһэр сиэни ааттыыллар) тэҥнэһиэ дуо! Тыбыс-тымныы, көҕөрүмтүйбүт хара уулаах, устата-туората биллибэт уонна хаһан да уоскуйан чуумпуран көрбөт дьалхааннаах муора. Онно балыгын! Күһүн өтөр-өтөр үөр ньиэрпэ аттыгынан устан чомполоһон ааһыа. Оччотооҕу бириэмэҕэ үрдүк уҥуохтаах, хойуу бытыктаах, күп-күөх харахтаах дьон шхунанан устан кэлэн туоналарга тохтууллара.

            Муораҕа дуоһуйа бултаан, дьиэбитигэр төннөн испиппит. Мин да синньэ испэтэҕим: эстэриик саанан бэйэм тарбахтарым ахсааннарынааҕар элбэх куһу өлөрбүтүм, буулдьаны буоллаҕына ордук-хоһу ороскуоттаабатаҕым. Дьэ онон аҕам миигин хайгыы испитэ.

            Биһиги нуктаабыт, уу-чуумпу Махалкин протокаҕа киирбиппит. Аҕам эдэр табаарыстара Похтикан уонна Тонти эрдиини күүскэ, тэбис тэҥҥэ тардыалаан, ыар таһаҕастаах оҥочо сүүрүгү өрө дуьулуруйан истэ. Ол истэхпитинэ уу кылбаархай өҥө эимскэ түрдэстэн, хараара будулуйан киирэн барда, тыбыс-тымныынан тыынна, тыал торҕон бөрөлүү улуйда. Долгун үҥкүүлээн, маҥан муостаах чукча табаларын халыҥ үөрэ сырсан үллэҥнэһэн эрэллэрин курдук буолла.

            Долгун үүннэр-үүнэн, кэтирээн, дириҥээн истэ. Оҥочону өрө кыыратан таһааран баран, дириҥ дьаамаҕа таҥнары эҕирийбэхтиир, оччоҕо тыыныҥ хааттарар, хараҕыҥ бэйэтэ симиллэр, төбөҕөр араас ынырык санаалар киирэллэр. Мин бырааттарбын, бары урууларбын кытта, кинилэри араастаан таптыыр уонна хос ааттарынан ааттаан бырастыыластым.

            Куттал улахаттарга тиийдэ. Онтон соһуйуохха сатаммат этэ: биһигиттэн хайабыт да сатаан харбаабаппыт, харбаабыт да иһин бу оргуйа олорор булуус уутугар туох тыынар тыыннаах ордуой? Мин аҕам үрүт үрдүгэр кириэстэнэр, иһин иһигэр тугу эрэ сибигинэйэр, ханнык эрэ святойтан, бука Николай-чудотворец таҥараттан көрдөһөр быһыылаах. Похтикан уонна Тонти эмиэ үҥүө-сүктүө эбиттэрэ буолуо, ону баара кинилэр илиилэрэ иллэҥэ суоҕа, баар суох күүстэринэн түһэн, эрдэн испиттэрэ, онон кинилэр бэйэлэрэ урут билбэттэрин да иһин: «Таҥараҕа эрэммит иһин бэйэҥ эмиэ түһэн биэримэ» диэн норуот муудараһын туттубуттара.

Улахан ойуун өллө быһыылаах. Өрүс ытыыр,— диэн хаһыы таата мин аҕам тыал уонна долгун дьалхаанын быыһынан.

Кырдьык да өрүс улаханнык аймаммыт, тугу эрэ аһыйан ытыыр- ынчыктыыр, кэмиринэр курдуга. Улахан таһаҕастаах наарта сыарҕа саҕа долгуннар бэйэ-бэйэлэрин сабыта баттаһан, туртаҕар күгэн сиэллэрии өрүкүтэн, аргыый аҕай түллэҥнэһэллэр. Өрүс миэхэ ким да уоскутан кыайбат буолбут, эрэйгэ-муҥҥа ылларбыт, ыксаан тыына-быара хааттаран, баттахтарын турута тыытына, илиитин анныгар туох түбэспитин барытын үлтү кумалыы турар аҕамсыйан эрэр юкагир дьахтарын санаппыта.

Таҥаралар аҕам малыыппатын иһиттилэр быһыылаах, ол эрээри мөлтөхтүк: биһиги биэрэккэ чугаһаатыбыт буолан баран, турар буор былаастаах хаһан да ирбэт муустаах эмпэ сыырга түбэстибит, сыыр аллараа өттүгэр сылбах мас төттөрү-таары уста, халҕаһалана сылдьар. Итинник сиргэ тиксэр, ол бэйэни өлөрүнүүгэ тэҥнээх, сылбах биһиги оҥочобутун хампы биитэр түҥнэри охсуохтаах.

Аҕам оҥочону өрүс ортотугар салайда. Долгуннар эмиэ биһиги үрдүбүтүгэр уонна анныбытыгар эккирэстилэр. Тыал иҥсэлээхтик. иэдэскэр эттиир, тыыннарын быыһанан эрдинэ сатыыр дьоҥҥо өһүрбүттүү араас куолаһынан улуйар.

Биһиги быыһанар суолбут суох курдук буолла, «олох — бырастыы, ураһаларбыт — бырастыы, одууллар  аҕаларын ууһа — бырастыы» диир күн-дьыл тирээтэ.

-Ытаама-соҥоомо, өрүс эбэккээ, уоскуй! Биир өлүө, ол оннугар уон төрүө. Тохтоо-болҕой! — аҕам быыстала суох өрүһү алгыыр саҥата иһиллэр.

Похтикан уонна Тонти баар-суох күүстэринэн түһэллэр, имнэрин уҥуоҕа кырыыланан дьүдэйбит, сирэйдэрэ-харахтара таастыйбыт курдук буолан хаалла. Кинилэр ол курдук таҥараттан ааттаһар, үҥэр бокуой булбатылар, хата, кинилэр оннуларыгар мин кыһалла сатаатым, ону да хас эмэ малыыппаттан өйбөр тутан хаалбыппыттан холбоон-илбээн. Мин өрүстэн биһиги аньыыта суох дууһабытын быыһыырыгар көрдөстүм-ааттастым, өлбүт ойууну солбуйар улахан ойуун буолуом диэн тылбын биэрдим…

Халыма эбэ миэхэ төһө итэҕэйбитин билбэтим, төһө өр үҥпүппүн да өйдүөбэтим. Ол иккэрдигэр өһүөннээх өйдөөх долгун мин сирэйбэр бүтүн тууйас тымныы уунан сөтөлүннэ уонна онон мин үҥүүм-сүктүүм быстан хаалла. Харахпын аһаат, били айылаах сирбиэтэнэ сыппыт өрүс, мин өйбөр, холку, уһун баттаҕын санныгар түһэриммит үтүө бэйэкээннээх дьахтар турарын курдук буолан көһүннэ. Үкчү мин аҕам куолаһынан кини ыйытта: «Тыыннаах дуо?!» Мин онтон өй ылан кэллим. Ол мин иккис төрөөһүнүм этэ, маҥнайгыбын, бары атын дьон курдук, өйдүөбэтим чахчы. Похтикан уулаах салгыны эҕирийэ-эҕирийэ, өрүскэ сүгүрүйэ турар эбит, Тонти саҥата суох ытыыр. Аҕам мин диэки үөрбүттүк көрөр. Оҥочобут аҥаарыгар тиийэ сыһа кумахха кэлэн батары анньыллан турар. Биһиги ньиччэҕэй, сырыынньа биэрэгинэн үөһэ таҕыстыбыт. Тонти өссө да уоскуйа илик, оттон Похтикан эрдиитин имэрийэр, ыксаллаах сахха тостон хаалбатаҕын иһин махтанар быһыылаах. Биһиги быыһаммыппыт.

– Улахан ойуун өлбүт буоллаҕа, — үрүт үрдүгэр саҥарар аҕам. Титирээбит, сылайбыт дьон биһиги өрүстэн тэйэн тыа диэки хаамтыбыт, иттээри хардыыбытын түргэтээн биэрэбит.

Сотору буолаат Миколашка Черепов собус-соҕотох балаҕана көһүннэ, көр-нар майгылаах, огдоотуйбут саха оҕонньоро, маннык дьон сахаларга аҕыйахтара суох уонна кинилэр, быһыыта, биһиги тыйыс тыыннаах кыраайбыт олохтоохторун санньыар  санааларын чэпчэтэргэ үөскүүллэр.

Биһиги киниэхэ киирэн таҥаспыт туоматын куурдуннубут, итиннибит уонна минньигэс юколаны тото сиэн баран сыттыбыт. Ол эрээри сытаат утуйбутунан барбатыбыт. Оҕонньоттор ол-бу туһунан сэһэргэстилэр.

– Кырдьаҕас, эн Пэлтэн туһунан иһиттиҥ дуо? – ыйытта Миколашка.

– Туох буолтуй? – соһуйда аҕам.

– Бэйэтин абааһыларын мөҕөр үһү. Буурҕаны баҕар, кинилэр түһэрбиттэрэ буолуо.

– Баҕар буолуо даҕаны. Ойуун төһөнөн кырдьар да, абааһылара соччонон кинини истибэт буолан хаалаллар үһү. Абааһылар өлбөттөр, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ көһөллөр дииллэр.

– Оттон Алаһыайдааҕы Папахай букатын уҥуохтаах тириитэ эрэ хаалбыт. Мин бэйэм илэ харахпынан көрбүтүм, – кырдьаҕастар кэпсэтиилэригэр Похтикан сэмэйдик кытынна.

– Буолаахтаамына, кэмэ да кэллэҕэ дии, – диэтэ Миколашка.

Уон үһүс ойууҥҥа кэлиилэригэр мин тулуйбакка утуйан хаалбыппын. Сарсыарда мин хойутаан, уубун ханан, чэгиэн-чэбдик бэйэлээх уһуктубутум. Бэҕэһээҥи өлө сыспыппын умнубут этим.

Оҕонньоттор харахтарын адьас симмэтэх кэриэтэ, бэҕэһээҥи сэһэннэрин салгыы олороллоро. Миколашка хаартытын ырытан, сэрэбиэйдээн киирэн барбыта. Пэлтэн тыыннаах эбит диэн буолла. Куһаҕан сэрэбиэй биһиги аҕабыт ууһун кылаабынай ойуунугар Ивантэгэ түстэ.

Ивантэгэни одуллар бары ытыктыыллара. Туох ханнык иннинэ кини абынан ыарыһаҕы эмтиирин ааһан, дьон саныыр санаатын ыраахтан билэр үһү. Ол иһин Ивантэгэ ойуун туһунан куһаҕаны саныыр, ол кинини син биир сирэйгэ үөҕүү тэҥэ, ол аата өлүүнү сүтүүнү бэйэ ыҥыран ылыытыгар тэҥнээх диэн юкагирдар бөҕөтүк өйдөөн кэбиспиттэр. Ону таһынан төһө даҕаны аҕа ууһун баһылыга буолар үрдүк сололооҕун иһин, дьону кытта син биир балыксыт, булчут быһыытынан сылдьыһарын, дьонтон туох да бэлэх-туһах эрэйбэтин, байарга кыһаллыбатын иһин киниэхэ сүгүрүйэллэрэ.

Былыргы үгэс этэринэн, Ивантэгэ курдук күүстээх ойууттар аан дойдуттан арыалдьыт киһитэ суох ааттамматтар эбит. Чугас урууларыттан кими эми илдьэ барыахтаахтар. Кини сиэнэ Чучухай кыыс дьылҕатытттан мин куйахам күүрбүтэ. Кинини, илдьэ барара дуу, ол күлүк дойдутугар? Киһи таптыах сытыары сымнаҕас майгылаах Чучухай олус үчүгэй сыттааҕа, ол аата мин кинини таптыыр эбиппин. Төбөбөр хараҥа түүн сатыылаата уонна өлбүт ойууну бэйэтин даҕаны, кинини кытта ол дойдуга барсар аргыһын даҕаны аһыйар сатамматын, онно аһыйар киһиэхэ ойуун саамай хара санаалаах абааһыларын ыытыахтааҕын төһө да билбитим иһин, мин кыыһы аһыйан ытыах санаам кэллэ. Миигин саатар илдьэ бардын, оччоҕо мин Чучухайы кытта аргыстаһыа этим дии санаатым.

Өрүс өссө да ньиргийэ, ынчыктыы сытар, ол эрээри бэҕэһээ курдук ынырыга суох. Миколашка оҥочотугар олорон биһиги аллараа уһуннубут, бэйэбит олорор сирбитигэр Омолон үрэх үрдүгэр. Саха оҕонньоро Ивантэгэни тиһэх суолугар атаара барыста.

Күн ортотун саҕана биһиги ураһаларбыт көстүбүттэрэ. Ураһалар аттылара киһи хараҕын үөрдүбэтэҕэ: оҕо да, дьахтар да суоҕа. Былыргы үйэттэн олоҕурбут бэрээдэгинэн бу бириэмэҕэ оҕолор оонньуу, оттон дьахталлар – тирии имитэ, хаһаайыстыбаларыгар түбүгүрэ сылдьыахтаах этилэрэ.

Ураһалар кураспыт тас дьүһүннэрин көрөн, Ивантэгэ кырдьык өлбүт эбит диэн итэҕэйбиппит. Кыыс туһунан мин кутталым улааппыта, биэрэккэ тиксиэхпитигэр диэри мин харахпын быһа симэн олорбутум.

Оҥочобут биэрэккэ кэлэн анньылынна. Ол да буоллар биһиги тиэтэйбэтибит, төбөбүбүтүн умса туттан олордубут, ол аата булда-алда суох кэллибит диэн дьоммутугар биллэрдибит. Аҕа ууһун үгэһинэн, оҕо-аймах бултаан кэлбит дьоҥҥо утары сырсан кэлиэхтээх, кинилэри үөрэ-көтө тоһуйуохтаах. Булчут эбэтэр балыксыт төннүүтэ булда суох буоллаҕына да – үөрүү, оттон бултаах буоллаҕына – икки төгүлүнэн үөрүү-айхал.

Биһи хомолтобутугар оҕолор биһиэхэ утары сырсыбатылар. Аргыый аҕай хаамсаллар, кинилэр кэннилэриттэн эмээхситтэр уонна оҕонньоттор иһэллэр, арыый ойоҕолуу соҕус Чучухай чугаһаан истэ, кубарыйбыт уонна дьиксиргэммит дьүһүннээх. Сүрэҕим миэнэ үрүт үрдүгэр тугут курдук толугураата: Ивантэгэ өллөҕө, Чучухайы илдьэр буоллаҕа. Мин маа бэйэлээх көнөккөн уҥуохтаах, долгуйа хаамар кырасаабысса диэки санаарҕаабыттык көрөбүн. Билигин кини уҥуоҕа-иҥиэҕэ мастыйан хаалбыт курдук буолбут. Кини онно хас биирдии хардыытыттан мин сүрэҕим ытырбахтыы олордум.

– Эйиигин таҥара кыраатын! Иирбит торҕон бөрөлөрүү аннараа дойдугар кэбэлий! – Ойуун туһунан куһаҕаны саныыр сатамматын туһунан былыргы өбүгэ үгэһин кэһэн, мин испэр үөхсэбин.

Чучухай аттыбар субу чугаһаан кэлэн, мин харахпын уун утары көрдө. Мин суостаах-суодаллаах аптаахха өссө эбии мордьойобун.

– Ивантэгэ – эн охтон өлбүт хоргун, эйиигиттэн, эн саһаран хаалбыт өлүк эккиттэн, иһэ хостоммокко сытыйбыт таба сытынан аҥкылыйар.

Ол олорон мин соһуйан хаһыытыы сыстым: ойуунум баара бу субу тыбыс тыыннаах, сарыы таҥаһын таҥнан баран,  дьон ортотугар кэлэн турар эбит. Атына диэн, билигин кини аҕа ууһун муудараай өйдөөх баһылыгын быһыытынан холкутук туттара уларыйан, атын дьон тэҥинэн сымнаан хаалбыт уонна туох эрэ кыһалҕаҕа түспүт көрүҥнээх.  Ойуун күн уотуттан хараҕа симириҥниир буолбут, урут киниттэн хаһан да итинник мөлтөөн биэриини дьон көрбөт этилэр. Ол да буоллар уҥуоҕунан үрдүгэ, кырбас эти хайы баттаан кэбиспит курдук, тэллэҕэр уоһа – бу киһи уратылааҕын туоһулуура.

Кырдьаҕастар сэһэннэрин ырааҕынан эргитиһэн саҕалыыр бириэмэлэригэр мин хайалара өлбүт бэйэтэ буоллаҕай диэн таайа олордум. Сахин оҕонньор кэлэн мин малахайбын устубутугар өйдөөбүтүм, аргыстарым бары бэргэһэлэрин устан тураллар эбит.

– Нуучча ойууна аллараа дойдуга аттанна, ити кини буурҕата, – диэн хас биирдии тылын чиҥэтэн Сахин оҕонньор иһитиннэрдэ. – Ураһаларгытыгар тарҕаһыаххыт иннинэ, кинини бары көрүҥ, кинини кытта быраһаайдаһын.

– Эн миигин сэмэлээмэ: истиэххэ төһө да ыараханын иһин, ити сонун миигин уоскуппута, атын киһи өлбүт.  Ивантэгэ тыыннаах буоллаҕына – Чучухай өлбөт.

Нууччалар аттыларыгар таҥаһы тиирэн оҥорбут дьиэлээх улахан оҥочо сытара. Ол аттыгар нууччалар олороллор. Биирдэстэрэ хаптаһын суорар, кыраһыабай нуучча дьахтара маҥан таҥаһынан тугу эрэ тигэ олорор, эмиэ кини курдук ыраас дьүһүннээх уол кинигэни кытта кэпсэтэр. Аттыларыгар улахан хоруоп сытар. Кини өр ыалдьан өлбүтэ, бэрт элбэх түүннээх күн аллараа дойду куһаҕан санаалаах тыыннарын кытта охсуһа сатаабыта, кыраһыабай ойоҕун, ыраас хааннаах, өйдөөх уолун хаалларан барыан, айаннаан иһэр айанын быһан кэбиһиэн баҕарбатаҕа, ол үрдүнэн аллараа дойду абааһылара кинини кыайан, кини дууһатын былдьаан иппиттэрэ дииргэ, ойуун да буолар наадата суоҕа.

– Нууччалар манна тиксэллэрин кытта, буурҕа соҕотохто өрө туруута. – Сахин аргыый кэпсиэтэ. – Баҕар, улахан ойуун эбитэ буолуо. Ити уолчааны көрөн кэбиһиҥ, кини хайыы-үйэ кумааҕыны кытта кэпсэтэр уонна онно тугу эрэ ойуулуур буолбут, оттон кини саастыылара – биһиги оҕолорбут кинигэ диэни илиилэригэр да тутан көрө иликтэр. Кинини буоллаҕына, бокуонньук кэргэнин, эмиэ удаҕан дииллэр, үрэх дириҥин кэмниир, таастары хомуйар үһү.

– Хайдах ол үрэҕи кэмниир? Тоҕо? – кыйахаммытын соччо кистээбэккэ эрэ, мин аҕам күө-дьаа буолла.

– Ууну буоллаҕына айаҕар ылан амсайан көрөр.

– Бэйи, ол кини хайдах Халыма эбэ уутун амсайар? – Мин аҕам юкагирдыы тылынан хаһыытаан эрэрдии саҥарда.

– Ону ааһан, өссө үрэхтэн тааһы хомуйан ылан, дьааһыкка симэр, – эбэн эттэ Сахин.

– Ол иһин да! Бэйи ол улахан аньыы эбээт – Халыма эбэтин тургута оонньуур, уутун амсайар, кини киэргэлин хомуйар. Биһиги эбэбит мээнэҕэ кыыһырбатах эбит. Нууччаны аһыйан буолбатах, өһүргэнэн быыппыстыбыт.

Сахин нууччалары көмүскээтэ.

– Үрэх иччитинээҕэр күүстээх, улахан ойуун эбит ити нуучча. Уу иччитэ буурҕаны төлү тардан кэбиһиэн иннинэ кини өлбүт үһү, уонна айаннаан испит оҥочото долгун түһүөн иннинэ биэрэккэ, ураһалар аттыларыгар чуо-бааччы тиксибитэ. Уонна эн өссө маанныгы өйдөө: киниэнэ аата да чукчалыы – Чери диэн. Биһиги Ивантэгэбит кыыран, бокуонньук дууһатын кытта кэпсэппитэ. Тугу кэпсэппитин кистиир, биири эрэ чуолкай этэр: биһиги сирбитигэр үөскээбэтэх улахан ойуун диэн. Аньыыга кииримэ, кини туһунан куһаҕаны санаама, иэстэһиэ.

– Баҕар иэстэстин, – тохтоон биэрбэтэ аҕам. – Кини Халыма эбэ көхсүгэр сытан даххаһыйбытын, кини аньыылаах этин-хаанын үрэхтэн тэйитиҥ, тыалар, хайалар кэтэхтэригэр илдьиҥ, ыар тааһынан баттатыҥ, инньэ гымматаххытына, абааһыта сүгүннүө суоҕа. Оччоҕо үрэх кытта уоскуйуо суоҕа, ол алдьархайа киниэхэ буолбатах, биһиэхэ эргийиэ.

Ивантэгэ тиийэн кэллэ. Кини мин аҕам диэки буойардыы кытаанахтык көрөн кэбистэ.

– Туох айылаах бачча үлүгэр куолулаатыҥ? Тылыҥ уһаан, чорбойон хаалла дуу? – диэн кини мэнээк тыллаһааччыны буойан кэбистэ. – Кини айыыта атын – биһиэнэ атын. Кини одул буолбатах, нуучча.

Аҕам ылы-чып баран хаалла уонна биһиги ураһаларбытыгар тарҕастыбыт.

Киэһэтигэр Ивантэгэ аҕам көрдөһүүтүнэн ылынан ойууннаата. Дүҥүрү уокка куурдан, ойуун кутуран барарын кытта Чери кэргэнин уонна уолун ыҥырдылар. Уолчаан, кинини Сааса диэн ааттыыллара, ойуун эккириирин, ыһыытын-хаһыытын бэркэ болҕойон одуулаата уонна иһиллэстэ, бэркэ сөбүлээбитин, ону кытта арааһа, куттаммытын даҕаны кистээбэтэ. Дьахтар буоллаҕына, кинини Марфа диэн ааттыыллара, ойуун кыырыытын кыратык да кэрэхсээн көрбөтө, кини дириҥ кутурҕаҥҥа ылларан, саҥата-иҥэтэ суох таас төрүөн олорбута. Киин ол ыар аһыйыытыын, эрэйгэ-муҥҥа киирбитиниин иккиэйэх курдук этэ. Юкагирдар Черигэ баҕа санааларын этэллэрин, киин Халыма эбэни атаҕастаабытын – дириҥин тургутан көрбүтүн уутун амтанын боруобалаабытын, таастары хомуйбутун иһин өрүс иччититтэн бырастыы гынарыгар көрдөһүөхтээх диэн ойуун кутура сатыыра туох да туһата, солуута суох диэбиттии Марфа биирдэ эмэ дириҥник өрө тыынан ылаттаабыта.

Ойуун араас иччилэри кытта кэпсэтэр, ол кэпсэтиитин дьон истибэтиннэр диэн, дүҥүрүн күүскэ сырбаталыыр, өрө-таҥнары ытыллар, ол аайы кыаһааннара кыыгыныыр.

Ол, күнүскү курдук, сырдык түүн, эр дьон дириҥ иини хаспыттара. Хайаларыттан да ордук мин аҕам үлэлэспитэ. Нууччалар эмиэ таас уурсубуттара, ол одуллары ордук уйадыппыта.

Көмөр күҥҥэ, кэтэспит курдук, буурҕа тохтообута. Мин буоллаҕына Чериттэн үрэх хоргутан дуу, биитэр кыыһыран дуу долгуннаммытын кыайан өйдүөбэккэ хаалбытым.

Эпилог

Эһэм алтыс хамсатын субуруччу тарта, бырдах былыта киэр ыһыллан хаалыар диэри, хойуу буруону бурҕачытта. Мин сөтөллөн, сурунар киниискэбин халбарыччы астым.

– Дьэ, ол кэнниттэн туох буолтай? – ыйытабын мин.

– Бүттэҕэ ити, – мичээрдээн кэбиһэр оҕонньор.

– Оттон Чери уҥуоҕа билигин баар дуу?

– Ханна барыай, баар буолумуна! Сэрии сылларын саҕана Магадан геологтара тимир остуолбаны аҕалан кини уҥуоҕун үрдүгэр туруорбуттара, остуолбаны тимир биһилэхтэринэн күрүөлээн кэбиспиттэрэ, остуолбаҕа бэйэтигэр үтүө тыллары суруйбуттара. Колымскай бөһүөлэккэ бара сырыт уонна бэйэҥ көр. Бу эһиги, үөрэхтээх дьон этэҕит – ойууттар албыннар диэн, кырдьык оннук буоллаҕына, нууччалар ол ойууну тоҕо ытыктыыллар?

Мин ити үһүйээн кэпсээни истэн толкуйга түстүм уонна Колымскайга Илиҥҥи Сибирь биллиилээх чинчийээччитэ Ян Доминикович Черскэйгэ көмүллэ сытарын өйдүөн кэллим. Кини Наукалар императорскай Академияларын экспедициятын баһылаабыта. Быыкаа экспедиция састаабар кини хорсун санаалаах кэргэн уонна уола бааллара.

Туйгун чинчийээччи олоҕун ыар ыарыы Омолон үрэх төрдүгэр быспыта.

Дьэ итинник киһини мин эһэм ойуун диэн сылдьыбыт. Мин «нуучча улахан ойуунун» туһунан тугу билэрбин кэпсээн биэрдим, кини кэргэнин уонна уолун дьиҥнээх ааттарын ааттаан иһитиннэрдим – Мавра Павловнаны уонна уолун Александры.

Оҕонньор төбөтүн тараҕайын тарбанна уонна киин мунчаарыытын мыччыстыбыт сирэйин ахса суох элбэх сурааһыннара да кыайан саһыарбатылар.

– Дьэ, кырдьык даҕаны, биһиги үһүйээн кэпсээннэрбит туомнара айгыраан, ахсаан иһээхтээтэхтэрэ ити, – диэн кэбистэ мин кырдьаҕас эһэм.

Семен Курилов

Н.Заболоцкай тылбааһа

Хотугу сулус. – 1969 – № 11