Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан уонна оҥорон таһаарыы иһин СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреаттара, саха норуотун суруйааччыта, Одьулуун нэһилиэгин уонна Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Назарович Егоров- Тумарча аата 60,63 караттаах алмааска иҥэрилиннэ.
Хаартыскаҕа: «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов, норуодунай суруйааччы Василий Егоров-Тумарча.







