Кэнники сылларга Сахабыт сирин кыһына сымнаабытын, сайынын өҥүрүк куйаас буоларын бары бэлиэтии көрөбүт. Айылҕа дьикти көстүүлэрэ даҕаны дьону соһутара элбээтэ: кыс ортото күөллэр көһөллөр, сир сиҥнэр, дириҥ аппалар үөскүүллэр, толооннор ньуурдара тоһутталанан бугул-бугул курдук быллаарданаллар. Ону социальнай ситимнэргэ, атын да суруйууларга ирбэт тоҥ ууллуутун содула дииллэр. Ол иһин науканан бигэргэммит чахчыны билээри Ирбэт тоҥу чинчийэр наукалыы институт криолитозона геотермияҕа лабораториятын сэбиэдиссэйэ, техническэй наука кандидата Александр Жиркову кытта көрсөн сэһэргэстибит.
– Александр, эн ирбэт тоҥу үөрэтии эйгэтигэр хайдах киирбиккиний?
– Мин Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет физико-техническэй институтун бүтэрэн, теплофизик идэтин ылбытым. Эрдэттэн наука эйгэтигэр барар санаалаах этим. Үөрэхпин бүтэрэн баран Хоту дойду физическэй-техническэй кыһалҕаларын институтугар үлэлиир санаалаах этим, дипломум салайааччыта онно үлэлиирэ. Онно тиийбиппэр: «Үлэ миэстэтэ суох, кыайан ылбаппыт, ол эрээри Ирбэт тоҥу үөрэтэр институкка урут сабыллыбыт теплофизиктар бөлөхтөрүн сөргүтэн эрэллэр», – диэбиттэрэ. Институппут билиҥҥи дириэктэрэ Михаил Николаевич Железняк саҥа лабораторияны тэрийэн, бөлөх арыйбыт этэ, онно университекка бииргэ үөрэммит доҕорбун Анатолий Русланович Кириллины кытары кэлбиппит. Теплофизикаттан – ирбэт тоҥу үөрэтиигэ, адьас атын хайысхаҕа үлэлээн барбыппыт. ХИФУ иһинэн Ирбэт тоҥу үөрэтиигэ кафедралаахпыт. Үлэлээбиппит тухары биэс хас сылбыт науканы үөрэтиигэ барбыта, ирбэт тоҥ суолтатын, туох туһалааҕын, киһиэхэ хайдах дьайарын үөрэппиппит. Анааран, ырытан көрдөххө, киһи ирбэт тоҥҥо олоруута, ирбэт тоҥ киһиэхэ уонна киһи ирбэт тоҥҥо дьайыылара ыкса ситимнээхтэр. Ытык кырдьаҕастарбыт, холобур, Михаил Иванович Сумгин чинчийэр үлэлэригэр ирбэт тоҥ олус кутталлаах уонна дьулаан, ол эрээри кини хайдах хамсыырын, уларыйарын биллэххэ, сөпкө тэринэн олоруохха сөп диэн суруйар. Ол аата биһиги ирбэт тоҥу кытта охсуһа, утарылаһа эбэтэр кинини баһылыы, иннин ыла сатыа суохтаахпыт, төттөрүтүн үөрэтэммит, хайдах уларыйарын билэммит туһаныахтаахпыт, сатаан тэринэн олорорго үөрэниэхтээхпит.
Наука эйгэтэ син биир айар үлэни кытары ситимнээх, көҥүллүк толкуйдууру ирдиир, хааччахха хаайбат. Ол өттүнэн айар үлэһиттэри – суруйааччылары, ырыаһыттары кытта майгынныыр өрүттээх. Наука толкуйдатар уонна таайтарар айылгылаах. «Бу тоҕо маннык буолуохтааҕый? Туох төрүөттээҕий? Суолтата туохха сытарый?» диэн билээри, таайаары үлэлиигин, ол барыта умсугутуулаах уонна биир сүрүнэ духуобунай аһылык буолар.
Мин үлэҕэ киирэрим саҕана наука аныгы реформата саҕаламмыта, эдэрдэргэ науканан дьарыктаныы ыарахан этэ, баҕа санаа күүһүнэн эрэ сылдьарбыт. Аспирантураҕа күнүс үөрэнэр үлэһиттэр толору хамнаска үлэлиир бырааппыт суоҕа, хамнас аҥаарыгар эрэ үлэ миэстэтэ көрүллэрэ. Оттон билигин өйүүр буоллулар, элбэх болҕомто ууруллара санаабытын кынат-тыыр.
– Ирбэт тоҥу үөрэтии историятыттан кэпсии түс эрэ.
– Анал ирбэт тоҥу үөрэтэр институт аан дойду үрдүнэн Саха сиригэр эрэ баар. Наука бу салаата үөскээһинэ Шергин шахтатын кытта быһаччы ситимнээх. 1827 сыллаахха Федор Шергин диэн кэлии атыыһыт киһи уунан хааччынаары Дьокуускайга соҕурууҥҥу куораттарга курдук холуодьас хастарар. Холуодьас хаһааччылар сыл устата 12 миэтэрэ дириҥҥэ түһэн баран, ирбэт тоҥу кыайан ааспатахтар. Ол курдук үс сыл тухары тоҥ буору хаһан ууну булбаттар. Онуоха Федор Шергин оччотооҕу Россия империятын Наукатын академиятыгар «Саха сиригэр үс сылы быһа 20-тэн тахса миэтэрэ дириҥнээх холуодьас хастардым даҕаны, тоҥу ааспатым» диэн сурук суруйан ыытар. Академияттан: «Салгыы хаһыҥ, биһиги кэлиэхпит», – диэн хардараллар. Уон сыл тухары 116 миэтэрэ дириҥҥэ тиийэллэр даҕаны, ириэнэх сири булбаттар. Ол холуодьас билигин Кулаковскай уонна Ярославскай аатынан уулуссалар быһа охсуһууларыгар бүрүллэн турар умайбыт мас дьиэ кэтэҕэр баар. Бу хаһыы түмүгэр Саха сиригэр түгэҕэ биллибэт ирбэт тоҥ баарын аан маҥнай быһаараллар. Александр Федорович Миддендорф салайааччылаах Сибиир хоту өттүн уонна Уһук Илини үөрэтэр Наука академиятын экспедицията тэриллэн, 1845 сыллаахха кэлэн, бастакынан шахта араҥаларын температуратын кээмэйдиир. Онон сирдэтэн ирбэт тоҥ Дьокуускайга быһа холоон төһө халыҥын быһаарар. Кэлин чопчуламмытынан, ол суоттааһыныгар бэрт кыранан – 20-чэ миэтэрэнэн сыыспыта биллэр. Билигин киин куораппыт анныгар ирбэт тоҥ 290-300 миэтэрэ халыҥнаах. Бу экспедиция үлэтин түмүгүнэн ирбэт тоҥу, кини суолтатын үөрэтии саҕаламмыта. Биир шахтаттан атын шахтаҕа диэри үөрэтэн, ирбэт тоҥ тарҕаныытын, халыҥын, температуратын билбиттэрэ уонна Россия сирин-уотун 65 бырыһыана, Аан дойду 25 бырыһыана ирбэт тоҥ үрдүгэр турар диэн дакаастаабыттара. Ирбэт тоҥ аан дойдутааҕы каартата оҥоһуллубута.
– Ирбэт тоҥ туохтан турарый?
– Ирбэт тоҥ араҥата хас да көрүҥнээх буолар: кыһын устата 3-5 миэтэрэҕэ тиийэ тоҥор уонна сайын устата ирэр (сезонно-мерзлый слой), сайын устата 2-5 миэтэрэ ирэр уонна кыһын тоҥор (сезонно-талый слой), сорох сирдэринэн арыыланар араҥалар (островной) уонна улахан территорияларга быста-быста салҕанар бысталаммыт араҥалары көрүөххэ сөп. Кумахтаах сирдэргэ ирбэт тоҥ сайын 2-5 миэтэрэҕэ тиийэ ирэр. Сир саас муус устар бүтүүтүттэн, ыам ыйын саҥатыттан ирэн барар, күһүн балаҕан ыйыттан тоҥор. Тоҥуу икки өттүттэн саҕаланар: үөһэттэн аллараа тоҥон түһэр, аллараттаан тымныы уораана үөһэ тахсар. Ахсынньы-тохсунньу ыйдарга биир сиргэ көрсөн силбэһэн хаалаллар.
Сир анныгар ирбэт тоҥу сэргэ сир аннынааҕы муус диэн баар. Муустаах сирдэр ирэн тоһутталаналлар, оттон мууһа суох сирдэр араҥалара алдьаммат. Дэхси сир алдьаныытын төрүөтүнэн, сир анныгар сытар муус ууллан барыыта буолар.
Чааһынай дьиэҕэ олорор киһи ону өйдөөн көрөр. Холобур, гараж эбэтэр олбуор аана кыһынын уонна сайынын иҥнэл-таҥнал түспүт буолар. Ол төрүөтэ – физика уруогун бэһис кылааһын программатыгар үөрэтиллэр уу тоҥуута. Уу тоҥон муус буоларыгар сабардама быһа холоон 10 бырыһыан үллэр, оттон ирдэҕинэ кыччыыр. Онон бу араҥа ирэр уонна тоҥор. Ириэнэх эрдэҕинэ сир анныгар төһө эрэ уу баара тоҥон уон бырыһыан улаатан биэрэр, оччотугар кыһынын сир ньуура үрдээн тахсар. Оттон сайын ол муус ууллан, аллара түһэр. Инчэҕэй сирдэргэ 5-7 см тиийэ биллэрдик хамсыан сөп, оттон сииктээх сирдэргэ 1-2 см, ол киһи хараҕар улаханнык быраҕыллыбат.
Былыргы кэмҥэ тымныы кураан дьыллар буола сылдьыбыттар, ол түмүгэр сирбит бадараан хайа хатарын курдук хайыта барбыт. Онтон ханнык эрэ кэмҥэ эмискэ сылыйбыт уонна ол хайаҕастарга уу киирбит. Ол хайаҕастарга киирбит уу ирэ-ирэ тоҥон, сири хайыта тэппит. Оннук сир аннынааҕы улахан хайа барыылар киэҥ сири хабан, холобура, Өлүөнэ уонна Амма өрүстэр икки ардыларыгар сытар киин улуустарга Уус Алдаҥҥа, Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга, Аммаҕа, Тааттаҕа муус комплексын үөскэппиттэр. Бу сири-уоту үөһэттэн көрдөххө, бадараан куурдаҕына хайа барарын санатар, ойоҕостон көрдөххө ытаһаҕа майгынныыр 15-16 миэтэрэ кэриҥэ муус сытар буолар, муус ытаһа хайа тоҥон аппаны үөскэтэр. Ирбэт тоҥ сир анныгар икки миэтэрэ кэриҥэ дириҥтэн саҕаланар, онуоха эбии климат уларыйыыта дьайар.
Климат уларыйыытын кытары киһи айылҕаҕа дьайыыта эмиэ ириэриигэ улаханнык сабыдыаллыыр. Ордук тыаны кэрдии. Тыа ирбэт тоҥу күнтэн күлүктээн итииттэн, тыалтан, ардахтан харыстыыр. Ойуур аннынааҕы муус халбаҥнаабат, сайын устата ирэр араҥата улааппат – 1,5 миэтэрэ буоллаҕына, оннук хаалар. Оттон тыаны кэрдэн кэбистэххэ, сылаас киирэрэ 2-3 төгүл күүһүрэн, 3-4 миэтэрэ сытар мууска тиийэн, кураанах көҥкөлөйдөрү үөскэтэр. Уу хаайтарбат айылгылаах, ханан эрэ намыһах сири булан баран хаалар. Онон дэхси сир анныгар көҥкөлөйдөр үөскээннэр сир ньуурун уларыйыыта барар. Өскөтүн хамсыыр тутуллаах сымнаҕас кырыс буоллаҕына, бэйэтэ түһэн, хамсаан, быллаардар үөскүүллэр. Оттон кытаанах кырыс кураанах сиринэн сиҥнэн оҥхой буолар. Бу ордук сүөһүгэ кутталлаах. Сир аннынааҕы муус кыратык да ирдэҕинэ сиҥниини батыһан хамсаан иһэр.
Биһиги дойдубутугар кыһынын кураанах хаар түһэр, хаар төһөнөн халыҥ даҕаны сир анныгар тымныыны киллэрбэт. Оччоҕо сайын сир ирэрэ дириҥээн барар. Онон хаар суолтата улахан. Урукку өттүгэр кырдьаҕастар күнү-дьылы кэтээн көрө сылдьан, бааһына хаарын тэпсэллэр эбит. Оччоҕо кыһын сир дөйө тоҥон, кырса алдьаммат. Ириэриини тохтотор туһуттан биһиги эмиэ тоһутталанар сир хаарын ыраастаан, тэпсэн, дөйө тоҥорун ситиһиэхтээхпит.
– Александр, институккут анныгар баар лаборатория туһунан кэпсээ эрэ.
– Ирбэт тоҥу чинчийээри институту туталларыгар сир анныгар икки мэндиэмэннээх анал лаборатория оҥорбуттара. Бастакы мэндиэмэнэ 4 миэтэрэ дириҥнээх, иккиһэ – 12 миэтэрэ. Лабораторияҕа киирэн иһэн көрдөххө, сир ирэр араҥатын таһыма көстөр. Сайын сир тыына инчэҕэй салгын сиик буолар уонна аллараа түһэн ирбэт тоҥҥо тиийэн мууска кубулуйар. Онтубут билигин даҕаны инчэҕэй курдук, ол аата дьыл баччатыгар диэри алларааҥҥы уонна үөһээҥҥи тымныылар өссө да силбэһэ иликтэр.
Иккис мэндиэмэн 12 миэтэрэ дириҥҥэ сытар. Ирбэт тоҥ сиҥнэн түһүүтүттэн экспедиция кэмигэр булуллубут сэлиилэр, бизоннар уҥуохтара, сир аннынааҕы араҥа бааллар. Институт чинчийэр сирэ Хотугу муустаах далай кытыытынан Тиксиигэ, Усуйаанаҕа диэри тайыыр. Үлэһиттэр экспедицияҕа сылдьан былыргы харамайдары элбэхтэ булаллар, онон палеонтологтары кытары ыкса ситимнээхтик үлэлиибит.
Лаборатория түгэҕэр ирбэт тоҥ туруга уонна биир кэм тутан турар температурата баар. Дьокуускай ирбэт тоҥун сыллааҕы, ыйдааҕы уонна күннээҕи орто температурата хайдах уларыйара бэлиэтэнэр. Ирбэт тоҥ температурата салгын температуратыттан тутулуктаах. Холобура, билигин Дьокуускайга салгын орто сыллааҕы температурата -8 кыраадыска тэҥнэһэр. Салгын орто температуратын быһаарыы 30 сылы хабар, ол нуорма диэн буолар. Бүтэһигин күүскэ 2020 сыллаахха сылыйа сылдьыбыт: -5,9 кыраадыс эбит. Бу иннинээҕи орто температура нуормата 1961–1990 сс. – 10 кыраадыс, оттон 1991–2020 сс. 8 кыраадыс тымныыга тэҥнэһэр эбит. Температура араастаан хамсыырыттан климат хайдах уларыйара көстөр.
Ирбэт тоҥҥо көмүллэн сытар мастар кытаатан тимир эбэтэр таас курдук буолан хаалаллар эбит. Сорох мас кураанах буолар, оччоҕо хатан ыйааһына чэпчиир, оннук мастары мумияламмыт диэн ааттыыллар. Лабораторияҕа криохранилище баар, онно өрүү 8-9 кыраадыс тымныы. Манна араас үүнээйилэр сиэмэлэрэ хараллан сыталлар.
Киһи тыыныттан тахсар сылаас салгын кырыаны үөскэтэр. Кырыа ойуута алта кырыылаах буолар, манна даҕатан эттэххэ, айылҕаҕа төгүрүк уонна алта кырыылаах форма үгүс. Хаар кыырпаҕа эмиэ, айылҕа оҥоһуутунан, алта уһуктаах.
Саха сирин киин уонна хоту өттө тус-туспа айылҕалаахтар. Бастатан туран климатынан арктикатааҕы, субарктикатааҕы, муҥутуур (абсолютнай) диэҥҥэ арахсаллар. Итинник зоналар климат уларытыйыытыттан үөскүүллэр, ону таһынан геология ирбэт тоҥҥо эмиэ улаханнык дьайар. Холобура, сир аннынааҕы муустар хайалаах сирдэргэ суохтар. Аны күөл үөскүүрүгэр ирбэт тоҥ улаханнык дьайар, ууну аллара ыыппат. Онон дойдубут уһук хоту өттүгэр өрүс, күөл элбэх.
– Ардах ирбэт тоҥҥо хайдах дьайарый?
– Наукаҕа салайааччыбыт Рев Иванович Гаврильев, хомойуох иһин, 2014 сыллаахха олохтон туораабыта. Биһиги салайааччыта суох хаалбыппыт. Институппут билиҥҥи дириэктэрэ Михаил Николаевич Железняк, оччолорго лаборатория сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан, биһиэхэ наукаҕа салайааччы буолан, сүбэлээн көмөлөспүтэ. Мин «Влияние инфильтрации летних атмосферных осадков и внутригрунтовой конденсации на формирование температурного режима грунтов в Центральной Якутии» диэн чинчийэр үлэбинэн наукаҕа кандидат диссертациятын көмүскээбитим. Онно тохтуур буоллахха, айылҕа-климат сабыдыалыгар (природно-климатический фактор) хаар, ардах, сир омооно, от-мас, литология, геология, тас араҥа уулара – өрүстэр, күөллэр киирсэллэр. Кинилэр ирбэт тоҥҥо хайдах дьайалларын үөрэппитим. Ол түмүгэр уһуннук унааран түһэр ардах уута сиргэ дириҥник өтөн киирэн ириэрии барар – онон, биллэн турар, алдьатыылаахтык дьайар. Күүстээх, дохсун кылгас ардах уута уксун паар буолан көтөн, сиргэ улаханнык иҥмэт диэн түмүк оҥорбутум. Оттон эксперимент оҥорбуппут төттөрүнү көрдөрбүтэ. Кыра иэннээх сиргэ ардахпытын үс төгүл элбэппиппит. Үс сыллаах кэтээн көрүү түмүгүнэн ирбэт тоҥмут эбии халыҥаан биэрбитэ. Ол курдук сайын устата ирэр араҥа урут икки миэтэрэ буоллаҕына, 1,8 миэтэрэҕэ диэри кыччаабыта. Кыра территорияҕа ардах түһүүтүн улаатыннардахха, төгүрүччү сытар ирбэт тоҥ араҥата сиргэ иҥмит ууну тоҥорор, оттон уу сылааһа ирбэт тоҥу ириэрэригэр кыаҕа тиийбэт эбит. Бу чинчийии кэнниттэн кэккэ ыйытыылар үөскээбиттэрэ: ардах төһө киэҥ сиргэ уонна төһө күүскэ түһэрий диэн. Ардах киэҥ сир-уоту барытын хабан кэлимсэ түспэт, син биир ханан эрэ арыылаан хаалларар. Онон ирбэт тоҥҥо ардах түһүүтүн дьайыыта икки түмүктээх буолбута. Кыра иэннээх сиргэ элбэх ардах түстэҕинэ, ирбэт тоҥ халыҥыан өп. Оттон киэҥ сири хабан элбэх ардах түстэҕинэ, ирэн барар.
Итинтэн сиэттэрэн кыра иэннээх сиргэ уу куттараммыт ирбэт тоҥмутун харыстыахпытын, ньуура алдьаммыт сири-уоту чөлүгэр түһэриэхпитин сөп эбит диэн дьоһун түмүккэ кэлбиппит. Билиҥҥи кэмҥэ онон дьарыктана сылдьабыт.
– Ойуур баһаарыттан сылтаан сирбит ирэр диэн этии төһө оруннааҕый?
– Ойуур баһаарын кэнниттэн сир ирэрэ буолуо диэн айманаллар, ол дьиҥинэн баһаар уотуттан буолбатах. Уот турдаҕына, 5-10 см дириҥтэн ыла ирбэт тоҥу уулларар гына сылыппат. Санкт-Петербург куораттан учуонайдар кэлэн, итэҕэйбэккэлэр температураны быһаарар датчик ууран экперимент оҥорон көрбүттэрэ, уот оттон көрбүттэрэ, ол түмүгэр, үөһээҥҥи итии сир анныгар дьайбат эбит диэн дакаастааммыта.
Баһаар кэнниттэн сир алдьаныыта туохтан үөскүүрүн быһаарыым. Уот сиэбит ойуура, биллэн турар, хара хоруо буолар. Сир күн уотуттан хаххата суох хаалар, оттон хараарбыт сири күн сардаҥата ордук күүскэ ититэр. Ол сылааһа сир анныгар бара турар. Баһаар кэнниттэн бастакы сылларыгар сир иэнэ күүскэ алдьанар, онтон уу туран элбээтэ даҕаны алдьаныы сыыйа тохтуур. Тоҕо диэтэргин, уу тымныыны уонна итиини бэйэтигэр иҥэринэн температураны тэҥнии турар, онон тымныыны да, сылааһы да киллэрбэт, ириэриини-тоҥорууну сымнатар. Биэс-аҕыс сылынан үүнээйи тахсар: маҥнай кучу от, онтон талахтар үүнэллэр. Дьэ олор үнүгэстэрэ быкта даҕаны сииги оборбутунан бараллар, сир кууран барар. Талахтар улаатан күлүк түһэрэр буоллулар даҕаны, сир ириитэ, алдьаныыта тохтуур. Чөлүгэр түһүү 10-20 сыл устата барар. Талах, хатыҥ, бэс уонна тиит мастар түһүмэҕинэн үүнэллэр. Бүтэһик тиит үүнэр. Онон баһаар буолбутун кэннэ 120–140 сылынан эрэ тыа чөлүгэр түһэр. Маҥнай хойуу ыркый буолар, онтон улаатан үүнэн тахсыбыт лиҥкир мастар ситэллэр.
Биһиги кураан дойдуга олоробут. Сөҥүү сыллааҕы нуормата 250 мм, ол кумах куйаар, истиэп нуорматыгар тэҥнэһэр. Өскөтүн ирбэт тоҥ суоҕа эбитэ буоллар, Саха сирэ истиэп буолуо этэ. Ирбэт тоҥ ууну сир үрүт араҥатыгар тутар, онон сөҥүү аҕыйаҕын да иһин от-мас хойуутук үүнэр.
– Сахабыт сиригэр сайыннары ууллубат күөллэр, муустар бааллар. Итилэр хайдах үөскээбиттэрэй?
– Ууллубат муус тарыҥ диэн ааттанар. Хайа аттынааҕы үрэх, үрүйэ кыһынын дөйө тоҥон хаалар, ол эрээри хайа үрэҕэ сүүрдэрин син биир тохтоппот. Буор быыһынан уутун сүүрдэ сытар. Онтуката ханаал курдук буолар. Үөһээҥҥи, алларааҥҥы тымныылар силбэстэхтэринэ, сир дөйө тоҥон, уу суола бүөлэнэр. Оччотугар сүүрүгүрэ сытар уу атын дьөлөҕөһү көрдөөн барар уонна сир анныттан үөһэ өтөн тахсан салгыы сүүрдэр. Сүүрүктээх уу күүстээх уонна хаайтарбат уратылаах, ханааллара тоҥон истэхтэрин аайы, быыс-хайаҕас булан син биир тоҕо тэбэн тахса турар. Ол уу үрүт-үрдүгэр халыйа тоҥон иһэр. Кыһын устата үрэх сүнньүгэр сүрдээх халыҥ муус дьапталҕа үөскүүр. Ол муус сайын устата ситэ ирбэккэ хаалар. Оттон сорох сылларга тарыҥ кыччаан хаалбыт буолар. Ол уу кэлиититтэн улахан тутулуктаах. Сүүрүк устар суолун уларытан, атын сиринэн баран хааллаҕына, ууллубат муус сайын кыччыыр.
– Чурапчы улууһугар күөлү быыһыыр ньыманы тобулбуккут. Ол хайдах этэй?
– Киин улуустарга иһэр уонна туһанар уу кыһалҕата өрүү баар. Чурапчы сэлиэнньэтин күөлүгэр нэһилиэнньэ туһанарыгар анаан уу куттарбыттара. Онуоха уу ытаһалыы тоҥмут мууһу сылытан, сир аннынааҕы муустар ирэн киирэн барбыттара. Ол түмүгэр кытыл сиҥнэн, нэһилиэнньэҕэ куттал үөскээбитэ. Биһиги тиийэн алдьаныы төһө түргэнник барарын чинчийбиппит уонна сорох сылларга күөл кытыла 5-10 миэтэрэҕэ тиийэ сиҥнэрин быһаарбыппыт. Кытыл сиҥниитэ Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт судаарыстыбаннай институтун территориятыгар чугаһаан, олохтоохтор биһигини кытта салгыы хайдах-тугу гыныахтаахтарын сүбэлэспиттэрэ. Институт аттыгар кырдал баар, ол уруккута көнө сир эбит. Аатырбыт тренер Дмитрий Коркин онно үөрэнээччилэрин дьарыктыыра үһү. Билигин ол кырдал ньуура барыта күөрэ-лаҥкы баран турар. Үөрэтэн көрөн баран, ону тэҥнииргэ 60 тыһыынча куб миэтэрэ буору кутууохха, уу сүүрэр сирин хаалларан бетонунан анал хоруу (лоток) оҥорон уонна дьоҕус архитектураны туһанан тымнытар механизмы оҥоруохха сөп диэн толбулбуппут. Ол үрдүгэр сайынын күн уотуттан хаххалыыр зонтары туруорарга, дьон сылдьан сынньанар, дьарыктанар сирдэрин оҥорорго сүбэлээбиппит.
– Дүөдэлэр хайдах үөскүүллэрий уонна көһөллөрүй?
– Дүөдэлэр тыа быыһыгар туох эрэ кэһиллии таҕыстаҕына үөскүүллэр. Дүөдэ ордук алаастар икки ардыларыгар үрдүк сиргэ үөскүүр уонна сыллата улаатан иһэр. Алаас намыһах сытар, төгүрүк быһыылаах уонна ортотугар күөллээх буолар. Алаас уонна дүөдэ икки ардыларын бэрт кыра, чараас муус бүөлүү сытар. Өскөтүн дүөдэ алаастан чугас үөскээбит буоллаҕына уонна ирбэт тоҥ температурата 0,5 кыраадыс сылааска тэҥнэстэҕинэ, бүөлүү сытар мууһу уулларан, уу сир аннынан алааска тахсан кэлэр. Билигин итинник көстүүлэр элбээн иһиэхтэрэ, ол тулалыыр эйгэ сылыйыытыттан.
Дүөдэ тыһыынчанан сылга улаатан-улаатан баран, уута көтөн хаалыаҕа. Оччоҕо алаас үөскээн кэлиэҕэ. Ол аата алаастарбыт барыта хаһан эрэ дүөдэ буола сылдьыбыттар. Былыргы сахалар үрдүк сиргэ, кырдалга олохсуйбаттар, дьиэлэрин намыһах сиргэ тутталлар. Тоҕо диэтэр, хотоолго сир аннынааҕы муус суох. Үрдүк сирдэр муустаахтар, ол син биир ирэн күөрэ-лаҥкы барарын кинилэр билэллэр.
Мин оҕо сылдьан алаастарга, булгунньахтарга үгүстүк сылдьыбыт буоламмын, алаас, булгунньах диэн тыллар аан дойдуга ирбэт тоҥу үөрэтэр наука тиэрминин быһыытынан киирбиттэриттэн киэн тутта саныыбын. Билигин ирбэт тоҥу үөрэтэр наука эйгэтигэр үлэлиир хайа баҕарар омук киһитэ алаас уонна булгунньах диэн тыллар туох суолталаахтарын чопчу этэн биэрэр. Быллаар эмиэ тиэрмин быһыытынан киирбитэ. Ону сэргэ ирбэт тоҥу чинчийиигэ алаастар икки ардыларынааҕы тиип (межаласный тип местности) диэн тиэрмин эмиэ баар.
– Тутуу ыытыллыыта ирбэт тоҥҥо хайдах дьайарый?
– Тимир-бетон атахтарга дьиэлэри тутуу ирбэт тоҥҥо дьайар. Итилэри түһэрээри сири хаһалларыгар тоҥмотун диэн тууһу куталлар. Оттон туустаах уу тоҥмот уратылаах, түгэххэ 2-3 кыраадыс эрэ тымныы буолар, онон тоҥмот, ириэнэх буолан криопэг диэни үөскэтэр. Туустаах уу кыһыннары-сайыннары намыһах сиргэ көһөн биэрэн иһэр. Дьиэни тутан таһааран истэхтэрин аайы ыйааһына күүстээх ыгыыны үөскэтэр, оччоҕо уу намыһах сиргэ өтөн тахсар. Дьиэлэр криоэффегы суолга ыган таһаараллар, ону улахан массыына үктээтэҕинэ күөгэҥнэс буолан хаалыан сөп.
Дьокуускай туһунан эттэххэ, куорат киинигэр ирбэт тоҥ температурата түһэн иһэр, ол барыта хаар кэмигэр ыраастанарыттан тутулуктаах. Дьиэлэр атах үрдүгэр турар буоланнар, аннылара күүскэ тоҥор. Ол барыта ирбэт тоҥҥо үчүгэйинэн дьайар. Эппитим курдук, таас дьиэлэр ыйааһыннара ууну барытын куорат таһыгар ыган таһаараллар. Ону бүрүйээри буор, таас куттардахтарына, уу сүүрэр тымырдардарын бүөлээн кэбиһэллэр. Уу намыһах сирдэринэн син биир суолун тобулан барар, ол гынан баран куорат кытыыта барыта уу ылар сирэ буолан хаалар. Сорох мас дьиэлэр, тутуулар анныларыгар уу киирэр. Бу ордук ырылхайдык тыа сиригэр оҥкучахтаах ыалга көстөр. Уу киирбит сирин тымыр оҥостон кэбиһэр, уонна наар ол суолунан хайысхаланар. Ону хачайдаан да туһа суох, онон көмөр ордук.
Дьиэҕэ киирбит уу сороҕор эмискэ баран хаалар. Ол төрүөтүнэн сир анна үөһээттэн уонна алларааттан тоҥон силбэһиитэ буолар. Онно ыгыллыы үөскээн муус кэлимсэ тоҥуутугар инчэҕэйи тардар, туран-туран баран үөһэ диэки ууну оборон ылар.
– Ирбэт тоҥу харыстыыр үлэлэр тустарынан кэпсээ эрэ.
– Аммаҕа тыа хаһаайыстыбатынан дьарыкта-нар «Бөтүҥ» диэн кэпэрэтиип баар. Кинилэр көрдөһүүлэринэн бааһыналары чинчийэр үлэни ыыта сылдьабыт. Дьыл түөрт кэмигэр гипотеза оҥорбуппут.
1. Дьиэ тутуутугар, суол оҥоруутугар буор куттаран үрдэтии үлэтин ыыттахха, төһө халыҥнаах куттараҕын да, соччонон ирбэт тоҥ үрдээн биэрэр.
2. Кыра иэннээх сири ардаҕынан угуттаатахха, сайын ирэр араҥабыт аччыыр.
3. Кыһын хаар ыраастаннаҕына, ирбэт тоҥ халыҥыыр.
4. Субсенсияны (үүнээйини чөлгө түһэрии) ситиһии, үүнээйи улаатан истэҕин аайы, сир хаххалаах буолан ирбэт тоҥ халыҥаан иһэр.
Буор куттаран баран сири тэҥниибит, онтон инчэтэбит, кыһынын хаарын ыраастыыбыт уонна саас бааһынаҕа туораахтаах культураны ыһабыт, аһаҕас сир буоллаҕына оту-маһы үүннэрэбит. Онон дьыл кэминэн бу үлэлэри тэрийдэхпитинэ ирбэт тоҥ уулларын тохтотуохпутун сөп. Үөһэттэн көрдөххө, хайыта барбыт, оттон намыһах сирдэринэн былларааттаах буоллаҕына, сир анныгар муус баар. Ону быһан көрдөххө, муус ытаһа курдук быһыылаах буолар.
Биһиги чинчийэр үлэ ыытан, ааҕан-суоттаан баран, араас былааннары оҥорбуппут. Ирэр араҥа 2,30 миэтэрэттэн 1,40 миэтэрэҕэ диэри аччыахтаах диэн суоттаабыппыт уонна бу үлэбит олоххо киириэн сөп диэн дакаастаабыппыт. Эксперимент оҥоруохха диэн Амма улууһун Чапчылҕан бөһүөлэгин үрдүгэр турар бааһынаны ыламмыт, үс гына арааран, кэтээн көрбүппүт. Бастакыга алдьаммыт сир намыһах өттүгэр буор куттаран баран тэҥнээбиппит. Ол кэннэ уу куттаран барытын инчэттибит. Иккис сири кыһын хаарын күртэрэн ыраастаппыппыт. Саас сүөһү, сылгы киирбэтин диэн күрүөлээн баран, «донник белый Немюгюнский» диэн үүнээйини ыспыппыт. Саҥа кутуллубут буорга үүнээйи тута үүммэт эбит, онон кырсын састаабын үөрэтэн, ханнык оту хайдах ыһыахха сөбүн быһаарбыппыт. Бу үлэбитигэр экологтар холбоһоннор, билигин кыттыһан үлэлии сылдьабыт. Күн уота быһа сиэн кэбиспэтин курдук доннигы ыспыппыт, үүнэн тахсыбыта. Үһүс сиргэ тугу да гыммакка айылҕа уларыйыытын үөрэтэбит. Чинчийии түмүктэрин бу үс сир холобуругар тэҥнээн көрөбүт.
Бастакы сиргэ уу куппуппут суотугар 2021 сыллаахха ирэр араҥа 2,49 миэтэрэ буоллаҕына, 2022 сылга 2,07 миэтэрэҕэ тэҥнэспит, ол аата 40 см аччаабыт этэ. Иккис учаастак ирэр араҥата 2021 сылга 2,30 миэтэрэ эбит буоллаҕына, биир сылынан 2,20 миэтэрэ буолбут, соччо тоҥмотох, ол гынан баран 10 см аччаабыт. Үһүс тыытыллыбатах учаастакка ирэр араҥата 2,41 миэтэрэҕэ тэҥнэһэр этэ, эһиилигэр 2,42 миэтэрэни көрдөрбүтэ, ол аата сыл иһигэр ирбэт тоҥмут 1 см ирбит. Онон биир сыллаах чинчийэр үлэбит көдьүүстээҕэ көстүбүтэ.
Надежда Ильина