Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » Ыһыах мин дьылҕабар

Ыһыах мин дьылҕабар


Ыһыах саха норуотун – сүрүн им бэлиэтэ, кини былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит историята, култуурата, итэҕэлэ. Ол иһин дьон миигиттэн ыһыах туһунан кэпсэтээри, биитэр суруйтараары гыннахтарына, олус дириҥ эппиэтинэһи сүгэр курдук сананабын.

Ыһыах сиэрин-туомун сиһилии билэр диэн этэр уустук эрээри, биир бэйэм бу дьоро күммүтүн тэрийээччилэр кэккэлэригэр баар буоламмын, ыһыах төрүттэниитин уонна бүгүҥҥү күҥҥэ бырааһынньык быһыытынан улары­йыытын-тэлэрийиитин ордук билэбин.

Мин ыһыах сүрүн өйдөбүлүн наука өттүттэн 25 сыл устата сүрүннээн, Үс Хатыҥ  сиригэр уотугар Туймаада ыһыаҕын торумун (кэнсиэпсийэтин) оҥорон кэллим. 1991 сыл­лаахха биир идэлээхтэрбин кытары (этнографтар) институппут иһинэн наукалыы торум оҥорон, ыһыах бырааһынньыгын судаарыстыбаннай таһымнаах тэрээһиҥҥэ ку­булу­туу ула­рыйыыларын киллэрбиппиттэн дьылҕабар махтанабын. Эрдэ, 1987 сыллаахха, Ленинград куоракка ыһыах тиэмэтигэр кандидаттыы диссертациябын көмүскээбитим, ити торуммутун оҥорор үлэбитигэр олус көмөлөспүтэ.

Дьиктитэ диэн, онно Михаил Ефимович Николаев илии баттааһыннаах Үрдүкү Сэбиэт ити маҥнайгы уурааҕа буолбута уонна сотору буолаат кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы президенинэн талыллыбыта. Михаил Ефимо­вич өрөспүүбүлүкэбит политикалыы, наукалыы уонна айар интеллигенциятын түмэ тутан, саха норуотун култууратыгар, идеологиятын саҥа саҕахтары арыйбыта.

Онон үгүс үйэлэри уҥуордаан кэлбит сүрүн бырааһынньыкпыт мин олохпор бигэтик киир­битэ уонна наукаҕа инники хайысхабын түстээбитэ. Саха омугун култууратын ураты көрүҥүн 40 сыл устата эҥкилэ суох үөрэтии, ырытыы, ырыҥалааһын кэннэ, ыһыахпыт наукалыы торума толору оҥоһуллан, ыйа-күнэ бигэргэнэн, өрөспүүбүлүкэбит хайа баҕарар муннугар талбыт ыытыллар кыахтанна диэн этиэххэ сөп.

Мин саха норуотун бэлиэ күнүн култууралыы утумнааһынын харыстыыр сүрүн соруктаахпын. Бу сорукпун култуура эйгэтэ, бырабыыталыстыба үлэһиттэрэ өйдүүллэрэ, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана, ону кытары куорат Аҕа баһылыга өйүүллэрэ, олус улахан суолталаах. Ити үгэс Илья Филиппович Михальчук саҕаттан саҕыллан, оччотооҕу ипподромҥа буолбут Туймаада ыһыаҕыттан төрүттэммитэ. Мин 25 сыл устата куорат култууратын салалтатын салайааччыта Антонида Николаевна Корякина салалтаты­нан үлэлиир дьону кытта өйөhөн-өйдөhөн тахсыылаахтык үлэлээбитим. Антонида Корякина – дьиҥнээх  патриот. Биһиги кинилиин ити сыллар устата дьоҥҥо-сэргэҕэ ыhыах диэн бырааhынньык эрэ буолбакка, саха итэҕэлин биир сүрүн үгэһэ, сиэрэ-туома диэн көрдөрбүппүт, өйдөппүппүт. Ыһыах умнуллубут алгыс тылын, култууратын сөргүтэн, саха омук таҥнар таҥаhын тилиннэрэн дьиҥ өйдөбүлүн көбүппүппүт.

Ыһыах былыргы укулаатын харыстааһын – бу саха норуотун ытык иэһэ. Онон аныгы ыһыах сүрүн өйдөбүлэ – былыргыбытыгар ытыктабылы үөскэтии. Ыһыах, биллэн турар, таһыма улаатан, сайдан иһиэхтээх эрээри, аҥаардас оҥоһуулаах көргө-нарга (театрализованнай шоу) кубулуйуута кини сүрүн тутулларын, ытык үгэһин суурайар. Ыһыах сүрүн үгэстэрин бэлиэтиир буоллахха, манныктар: дьон-сэргэ түмсэн, ытык кымыһынан айах тутан Үрдүкү Айыыларга, олохтоох иччилэргэ, өбүгэлэргэ махтаныылара; күн эргиирин батыһан оһуохай; күүстээхтэр күөн көрсүүлэрэ (тустуу, атах оонньуута, ох саанан ытыы уонна ат сүүрдүүтэ). Сүрүн болҕомтону ыһыах сиэригэр-туомугар (культура праздника) уурар оруннаах. Хас биирдии түһүлгэҕэ кэлбит киһи сөптөөхтүк туттарыттан-хаптарыттан үүнэр сылга дьылҕата салалларын өйдүөх тустаах. Былыр-былыргыттан саха өйдөбүлүгэр ыһыах кэмигэр Үөһэ Айыылар сиргэ түһэллэр уонна хас биирдии киһини анаан кэтээн көрөллөр, ол кэннэ кинини алҕыыллар, дьоллоох олоҕун түстүүллэр. Бырааһынньыкка куһаҕан туруктаах, хара санаалаах, мөкү көрүҥ­нээх, күннээҕи үлэҕэ-хамнаска, дьиэҕэ-уокка кэтэр таҥастаах-саптаах кэлии – өбүгэ үгэһин аанньа ахтыбат буолуу туоһута. Алгыс кэмигэр солуута суох буолуу, этиһии, айдаарсыы, хаһыы-ыһыы, сири киртитии – ыһыах майгытын-сигилитин кэһии. Хомойуох иһин, аныгы кэм ыһыаҕа ити ытык өйдөбүллэри сүтэрэр туруктаах.

Биһиги ыһыахпыт – Россия үрдүнэн олус элбэх дьон кыттыылаах ыытыллар биир улахан тэрээһин. Ону таһынан, ыһыах Сибиир киэҥ киэлитин үрдүнэн бэйэтин түҥ былыргы ураты көрүҥүн хаалларбыт эрэ буолбакка, күн бүгүн сайда турар соҕотох тыыннаах улахан үгэс буолар. Алтайтан, Татарстантан, Казахстантан биһиэхэ кэлэн үөрэнэн, киэҥ далааһын­наах дьоро күннэри ыытарга үөрүйэх ылан баралларыттан биир бэйэм олус киэн туттабын. 2022 сыллаахха сэтинньигэ Астана куоракка ыҥырыллан, Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна спорка министиэристибэтин сорудаҕынан, биир идэлээхтэрбин кытары олохтоох бырааһынньыктарын торумун суруйбуппут.

Ыһыахпыт инникитин өссө да сайда, кэҥии, тэнийэ туруо дии саныыбын. Биһиги, сахалар, былыргы истиэп саҕанааҕы көс омук култууратын ситимин быспатах, сүтэрбэтэх үтүөлээхпит. Аныгы ыһыахха ураты тутул­лары киллэрэн биэрбиппит: ыһыах аһыллыытын алгыһа, кымыс иһиитин сиэрэ-туома, күнү көрсүү, оһуохай, «Дыгын оонньуулара», ыһыах сабыллыытын алгыһа. Аан дойдутааҕы Гин­нес рекордун ситиһиилэригэр бырааһынньык састаабыттан арааран киириилэр бааллар: төрүт музыка көрүҥэр (хомус), кымыһы элбэх буолан иһии үгэһэ, элбэх киһи кыттыылаах оһуохай. Бу аан дойду биллэрэр-иһитиннэрэр эйгэтигэр киэҥник тарҕаммыта уонна саха омугун ураты норуот быһыытынан чорбоппута.

Онон саха ыһыаҕа аныгы таһымҥа тахсан, билигин аан дойду үрдүнэн киэҥник тарҕанан эрэр. Ол туоһутунан ханна саха баар даҕаны – онно ыһыах ыһыллар.

Екатерина Романова,
история наукатын доктора, ГЧуоХААТНПИ археологияҕа уонна этнографияҕа салаатын наукаҕа сүрүн үлэһитэ, Туймаада ыһыаҕар наука сүбэһитэ

Чолбон. – 2023. – Бэс ыйа