Чэмэлийэн ыраас да күн буолбут. Ыһыахха анаан оҥорон биэрбит курдук. Ама, маннык күҥҥэ ким үөрбэт-көппөт буолуоҕай. Сайыҥҥы ыраас халлаан кытай торҕотун тэниччи таппыт курдук тунаарар. Саҕахтан саҕахха диэри биир да былыт сыстыбатах, ып-ыраас. Бэл, сөмөлүөт көтөн ааспыт буруота суох. Дөрүн-дөрүн сэниэтийэн кэлэр сиккиэр тыалга суугунаһа түһэр хатыҥнарга, хойуу иирэлэр быыстарыгар, чыычаахтар тохтоло суох чыбыгыраһаллар, саҥа күнү, чэбдик салгыны эҕэрдэлээн ыллаан күйгүөрэллэр. Ол диэки көрөн ыла-ыла, сарай үрдүгэр олорор сылгы чыычааҕа биир кэм уһун кутуруга эйэҥэлиир, түүтүн-өҥүн оҥостор, иннинэн-кэннинэн буолбахтыыр. Кини эмиэ ыһыахха бараары бэлэмнэнэр курдук туттар-хаптар. Ити манна «пропискаламмыт» көтөр. Сарай иһигэр уйалаах. Эринээн иккиэн сыл аайы биэс-алта оҕону көтүтэллэр. Онон кырдьаҕас олохтоохтор ахсааннарыгар киирсэллэр.
– Сымыыккын ким баттыыр? Үтүөмсүйэ сатыы олороҕун. Һи-һи, – хара бараан сирэйдээх саас ортото буолбут киһи, күлэ түһээт, кэтит түөһүн охсунан кэбистэ уонна сыгынньах атаҕынан чэпчэкитик дугуммахтаан, уута балай эмэ түһэн, хомото тахсан эрэр киэҥ эбэ диэки хаамта. Сылгы чыычааҕа тэпсэҥнии түстэ, кырыытынан көрбөхтөөтө, улаханнык сүөлүргээбит курдук тутунна уонна өһүргэммит киһи быһыытынан утары саҥаран чыбыгыраамахтаан иһэн, көтөн «тирк» гынан хаалла.
Өрүс иэнэ күөрэйэ көппүт күн уотугар сүүһүнэн тыһыынча манньыаты ыһан кэбиспит курдук хараҕы саатырда күлүмүрдээн, курустаал таас курдук ыраас уутун тымныы тыыннаах улуу муус байҕал аҕа тойонугар холбоору тиэтэйэ-саарайа устан доллоһуйар. Сиэркилэ сирэйинии көнө ньуурун быһа суруйан мотуордаах оҥочо дьурулаан ааһар. Дэлэй иэннээх баарсатыгар таас чоҕу толору тиэнэн улахан уу сэбэ, «тохтоотохпуна, таһаҕаспын кыайбакка, олорон хаалыам» диэбиттии, тохтоло суох устан лүксүйэр. Хара төбөлөөх кылбаа маҥан хоптолор саҥа тахсан эрэр хомо бытаарбыт сүүрүгүн утары устан кылбаһыйан иһэн, төбөлөрүн ууга чол гына охсон ылаллар. Балыктыыр быһыылара эбитэ дуу, мэниктиир дьүһүннэрэ эбитэ дуу? Сорох боччумнаах соҕустара өрө көтөн ханарыһан тахсан, салгыҥҥа ыйанан, биир кэм эрчимнээхтик кынаттарынан битийбэхтии түһээт, таҥнары ыһыктынан ууга бар гына түһэллэр. Ол аайы бытархай балык үөрэ үрүҥ көмүс ойоҕосторун кылбас гыннаран сүүс аҥы ыһыллар.
Атах сыгынньах киһи, тобугар өрө тиэрэн таһаарбыт ыстаанын сулбу баттаан, ууга киирэн, турбутунан үөс диэки киирэн бара турда. Хоптолор, киниттэн үргэн хатаннык кыламмахтаат, көтөн тэлиэс-былаас дайбаабыттара дьон от үлэтигэр сөбүлээн баанар маҥан былааттарын тэбээбит курдук тэлимнэстилэр. Төһө да үргэн куттара куоттар, «аны, баҕар, балык баара буолаарай» дии саныыллар быһыылаах, бөдөҥ оҕуруо курдук уоттаах харахтарынан уу иэнин одуулаан чолбоодуталлар. Оттон икки атахтаах кинилэргэ эрэ кыһаммакка хомону быһа харбаан, эрчимнээхтик биллиргэччи дайбаамахтаата. Эбэ ийэ ньууругар тиийэн, билигин да ситэ сылыйа илик ууну кэспэхтээн иһэн эмиэ харбаан барда. Киһи эрэ буоллар сүүрүктээх, тымныы ууга өр буолбата, төттөрү харбаан булумахтанна. Тымныы уу эт-этин бары ыбылы ылла быһыылаах, харса суох дайбаамахтаата. Сотору инчэҕэй кумахха атаҕын суолун хаалларан, сыыры өрө сүүрэн таҕыста.
Ити Айаал Тэрэпиэнэбис бэс ыйын саҥатыттан балаҕан ыйын ортотугар диэри күн аайы хатылыыр үгэһэ. Ыала, эдьиий туттан кэбиспит киһитэ Балбаара эмээхсин мөҕөр мөҕүүтэ ол:
– Сааһыран истэҕиҥ аайы мэнигиҥ көҕүрүөхтээҕэр элбээн иһэр. Ийэлээх аҕаҥ туох диэхтэр этэй? Муустаах ууга киирэн чомполоноҕун. Сотору ойбон аллара-аллара сөтүөлүүрүҥ буолуо, бэрт киһи.
– Эс, кыһын сөтүөлээбэт инибин, ычча, доо.
– «Эс» диэхтиир. Өйгүн туппутуҥ көстүбэт. Дьахтар-ойох, оҕо-уруу, кһэх-кһэх, мэлигир. Ити мин уолум тыыллан-хабыллан сылдьар дии. Уон оҕолоох. Бары улааттылар. Кинини үтүктүөххүн. Хайа, сотору кырдьан кыаммат буолуоҥ. Оччоҕо хончоҕордоох да ууну утары уунар киһи баҕалаах буолуо.
Кэпсэтии наһаа дириҥээн бараары гыннаҕына, Айаал түргэн үлүгэрдик тыас хомунааччы. Эмээхсин устунан улуус аҥаардас дьахталларын барыларын ааҕыан сөп.
– Кыыс оҕо бэйэтинэн батыһа сылдьар уола этэ ээ, – тахсан барбыт киһи кэнниттэн көрөн хаалан баран, Балбаара өрө тыынан кэбиһэр.
Кырдьык, кыыс кыыкынайдааҕар элбэх этэ. «Оччолорго эдэрим бэрт буоллаҕа. Батыһа сылдьааччылар да бааллара. Аны билигин кэлэн, ыал-күөс буолан ньидьириир биллибэт, сааһырдаҕым дии. Адьас ыксаатахпына, кырдьаҕастар дьиэлэригэр барыам. Чэ, ол ыраах. Сылдьымахтыы түһэр инибин», – Айаал Тэрэпиэнэбис ампаарын кэннигэр тиийэн, иккилии бууттаах киирэлэри өрүтэ анньыалыы, эр-биир өрүтэ быраҕа-быраҕа хабыалыы, этин-сиинин ититэ сырытта. Эдэр сылдьан тустуунан күүскэ дьарыктаммыта. Оннооҕор Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх күүстэрин улахан күрэхтэһиитигэр бэһис миэстэ буолан турардаах. Биир дойдулааҕар Сааска Оргунуопка ыраастык хотторон туораан хаалбыта. Сааска барахсан күлүмнэтэн, дьэ, тустар уол этэ. Илиитигэр-атаҕар күүһэ да бэрдэ. Хайа да утарылаһааччытын олох хамсаппакка хам тутара, талбыт албаһын оҥороро. Айаал да балай эмэ тустуох киһи спортротаҕа түбэспэтэҕэ охсубута. Полкатын хамандыыра спорт, тустуу-самбо «ыарыылаах» буолан эрэ туста сатаабыта. Эбиитин кинилэр чаастара кыраныыссаттан чугас турара. Онон кистэлэҥ аҥаардаах чаас этэ. Наһаа сотору-сотору да буолбатар кыраныысса диэкиттэн араас кутталлаах сурахтар кэлитэлииллэрэ. «Погранецтар эмиэ «духтары» кытта ытыаласпыттар үһү», «наркотиктаах караван биһиги диэки ааспыт үһү» диэн саллаат саппыкытын оһугар сөрөнөн кэлбит сураҕы сулууспалыы сылдьар уолаттар дөрүн-дөрүн истэр этилэр. Үөрэтэр түрүбүөгэ тыаһын түүн өрүү-өрүү тыаһаталлара. Оччоҕо күнү быһа нэрээккэ сылдьыбыт, ол дойду сыралҕаннаах күнүн анныгар харабыллаан хороҥнообут, бүппэт элбэх марш-бросокка эттэрэ-сииннэрэ илдьирийиэр диэри үлтү сылайбыт уолаттар түүн ортото ойон туран таҥнан булумахтаналлара, ууларыгар аҥаарыйан охтон түһүөх айылаах да буоллаллар, хаһаарымаларын иннигэр тахсан стройдаан куоҕаһаллара.
Киһи олоҕо бүтүннүүтэ халлаан халыҥ кинигэтигэр киирэн суоруллубаттык, сотуллубаттык суруллан сылдьарын, киһиттэн бэйэтиттэн тутулуга суох буоларын Айаал аармыйаҕа сылдьан этинэн-хаанынан билбитэ. Сэбилэниилээх күүстэр чемпионаттарын кэнниттэн сотору буолаат, үөһээ Үрдүк Айыылар ыйаахтарынан эбитэ дуу, аллараа Адаҕалаах Арсан Дуолай үөнэ-күрдьэҕэтэ эбитэ дуу, өлөн иһэн өрүһүммүттээх. Ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитэ, уот холлоҕос курбуулаабыта диэтэххэ, туох да омун суох буолуо. Саллаат Афганистаҥҥа эрэ өстөөх илиититтэн өлөр буолбатах эбит этэ.
Сылтан ордук сулууспалаабытын кэннэ, биир түүн хамандыырдар, замполиттар куттаабыт, эдэр уолаттар мэйиилэригэр балталаан ахан биэрбит түбэлтэлэрэ буолбута. Эмиэ илдьи сылайан, түүҥҥү сөрүүҥҥэ эттэрэ көймөстүбүтэ ааһан, саллааттар барахсаттар бэрт минньигэстик утуйан бускута сыттахтарына, бойобуой түрүбүөгэ буолан, өрө-таҥнары түһэрбиттэрэ. Полк хамандыыра полковник Булавин, ортону аннынан уҥуохтаах, уойан эрэр киһи, штаб дьиэттэн сүүрэн өтөһүйэн тахсан, кимнээҕэ биллибэт дьон куорат комендатуратын арсеналыгар киирэ сатаабыттарын, онтукайдара табыллыбакка куорат таһынааҕы тыаҕа саспыттарын кэпсээбитэ уонна хас да хайысханан ол дьону көрдүүргэ бирикээстээбитэ. Айааллаах роталара массыыналарга олорон кыраныысса диэки барбыта. Түҥ хараҥаҕа мунан хаалыах айылаах, үксүн сатыылаан (массыыналар оҥоһуулаах суолтан туораабатахтара), туох да дьүүлэ-дьаабыта биллибэт сыбарын кэһэн, маска атылла сыһа-сыһа, ханнык эрэ аппаҕа кэлэн тохтообуттара. Хата, хайаан ким да илиитин-атаҕын эчэппэтэҕэ буолла? Айбыт таҥара эрэ ону билэн эрдэҕэ. Сарсыардааҥҥа диэри бу аппаны туора быһан сытаҕыт диэн буолбута. Саллаат, хайыа баарай, бирикээһи толороругар тиийэр. Сарсыардааҥҥа диэри тоҥо-тоҥо (ол дойду күнүһэ өҥүрүк куйаас, түүнэ киһини титирэтэр тымныы буолар эбит этэ), эриэн үөҥҥэ ытыттара сыһа-сыһа, сыталларыгар тиийбиттэрэ.
Халлаан сырдаатын кытта саҥа бирикээс кэллэ диэн буолбута. Ол бирикээс быһыытынан, суолларыгар төннөн, аны суолу маныахтаахтар. Эмиэ били сыбардарын кэһэн, төннөр буолбуттара. Суолга тиийбиттэригэр, Айааллаах взводтарын эрэ хаалларан баран, сорохторун ханна эрэ илдьибиттэрэ. Биир да массыынаны, бэл диэтэр, көлөнү даҕаны бэрэбиэркэлээбэккэ эрэ аһарбаккыт диэн кытаанах дьаһалы уоптарбыттара. Хайыахтарай, түөрт уонтан тахса кыраадыстаах өҥүрүк куйааска сааларын-саадахтарын бүтүннүү иилинэн, кааскаларын кэтэн, солбуһа сылдьан суол устун төттөрү-таары хаам да хаам буолбуттара. Сатаатар техника олох сылдьыбат суола буолан биэрбитэ. Уолаттар күн уотун сыралҕаныттан дэлби тиритэн, сылайан, түүҥҥүлэринээҕэр ордук утуктаан киирэн барбыттара.
Манна турбуттара икки чаас буолбутун кэннэ, биир ЗИЛ кэлэн, аптамааттаах дьону көрөн, бэйэтэ тохтообута. Нууччалыы бэрт мөлтөхтүк саҥарар киһи далбаатана-далбаатана, киһи өйдөөбөтүнэн хаһыытаан эрэр курдук хардьыгыныы-хардьыгыныы докумуоннарын көрдөрбүтэ, кубус-кураанах кузовын бортатын аһан биэрбитэ. Киһи көрөрө туох да суоҕа, арай, суос-соҕотох чиҥэтиллибит от баайыыта кубарыйан сытара. Массыына барбыта.
Күн орто буолбута. Куйааһа сүрдээх этэ. Суолга Айаалы кытта Бережной уонна Ладушкин диэн уолаттар тахсыбыттара. Бронежилет тиийбэт буолан, солбуһа сылдьан кэтэллэрэ. Ил да гынар тыала суох куйааска Айаал бронигы кэтимээри гыммытын, взвод хамандыырын эбээһинэһин толорооччу прапорщик Иванов кытаанах баҕайытык көрөн кэбиспитэ.
– Кэт! – диэбитэ.
Айаал ыарахан таҥаһы кэтэригэр тиийбитэ.
Эмиэ туох да кэлбэт-барбат, уу чуумпу, наһаа чуҥкук. Сорох уолаттар суол модьоҕотун анныгар ким тыыллан, ким халаачык курдук эриллэн баран утуйа сыталлар, сорохтор сүрэҕэлдьээбиттии оргууй аҕай кэпсэтэллэр.
Айааллаах төттөрү-таары хаампыттара чаас аҥаарыттан орпутун кэннэ, бэрт дьиктитик «пис-пас» тыаһыы-тыаһыы, хаҥас крылота хомуруйбут, кырааската хоҥнубут, дьэбиннирбит эргэ ГАЗ-53 массыына өрө бирилээн кэлбитэ. Суол ортотугар турааччы Бережной хаҥас илиитин өрө көтөҕөн массыынаны тохтууругар соруйбута. Массыына тохтуох курдук бытаарбытыгар, Айаал куусабы бэрэбиэркэлээри уҥа бортаттан тардыһан эрдэҕинэ, эмискэ аттыгар уот холлоҕос өрө уһуурбута да, уол эһиллэн хаалбыта. Куусап үрдүттэн саа уоһа чөҥөрүс гыммытын көрбүтэ. Айаал санныгар иилинэ сылдьыбыт аптамаатын хайдах ылан, предохранителин туруоран, чыыбыһын хам туппутун өйдөөбөт, инньэ гыммытын билбэт даҕаны. Ону кэлин, госпитальга сыттаҕына, прапорщик Иванов кэпсээбитэ.
– Киһи итиччэ түргэнник туттара, хапсаҕайдык, бэргэнник ытара буолуо дии санаабат этим, – диэбитэ Афганистан бары алдьархайын ааспыт прапорщик.
Чэпчэки, сыыдам атах тыаһа тыбыгырайан Айаал Тэрэпиэнэбиһи отучча сыл анараа өттүттэн бүгүҥҥү чыычаах ырыалаах чаҕылхай күҥҥэ төнүннэрбитэ. Үһүгэр чугаһаан эрэр кыысчаан сир симэҕин курдук сырдык халлаан күөҕэ ырбаахыны кэтэн, оҕуруонан сиэдэрэйдик тиһиллэн оҥоһуллубут илин кэбиһэри иилинэн, кип-киэҥинэн көрөн тайталлан турара.
– Оок, оокком, – Айаал Тэрэпиэнэбис сүрэҕэ минньигэстик нүөлүйэн ылла.
Кыысчаан аҥаар илиитигэр эмиэ оҕуруонан оҥоһуллубут бастыҥатын туппутунан көтөхтөрөөрү даллайан кэлбитигэр, күүстээх илиилэринэн хабан ылан түһэҕэр олордон кэбистэ, бэркэ астынан сыллаан сырылатта.
– Хайа, эһэккээбит, – кырачаан киһи ийэтэ Ньургуйаана, кыыһын киэнин курдук күөх халадаайын кэтэн, наскылдьыйан киирдэ, кэннигэр эттээх төгүрүк сирэйдэр, ыйааччы көрбүт харахтар көһүннүлэр. Биир төгүрүк сирэй иэдэһэ, мунна буор буолбут, дьоллоох хараҕа үөрүү кыымынан сандаарбыт.
– Оо, бу хоһуун маттаҕалаан сиэбит.
– Ити баар дии, таҥаһа эмиэ барыта буор буоллаҕа, – Ньургуйаана уолун эриттэн сулбу тардан ылла. – Сууна охсуохха.
– Олус ыксаамаҥ, билигин да эрдэ. Эрдэ тиийэн тугу гынаарыгыт.
– Ньургун ыстанар сири оҥоруохтаах эҥин, – Ньургуйаана уолун сууйа туран эрин оннугар хоруйдуур.
– Ыалдьыт бөҕөтө кэлэн эрэр. Алыһардаахтан, били, оскуола тутааччылар, букатын да бэҕэһээ кэлбиттэрэ. Кулууп таһыгар балаакканан түһэн, хоно сыталлар, – кэтит сарыннаах ыйааччы көрбүт Ньургун хотулардыы таттаран, ыллаан эрэрдии эҥээрийэр.
Түөрт дуу, биэс дуу сыллааҕыта Ньургуйаана, үөрэҕин саҥардыы бүтэрбит кыыс, хоту улууска үлэлии барбыта. Эдэр, киин сиргэ тардыһа сатыан сөптөөх кыыс адаар хайа дойдуга тоҕо тылланан туран барбытын нэһилиэгин дьоно сөхпүттэрэ эрэ. «Тулаайах кыыс, манна тутуллара суох», – диэбитэ кыыс ырааҕынан аймаҕа Сиимэн. «Эдэр эт-сиин эрчими эрэйэр буоллаҕа эбээт, эрчими. Биһиэхэ Ньургуйаананы сыһытыах уолбут да мэлигир», – барыны бары дириҥэтэн, ханарытан өйдүүр, саҥарар идэлээх Уоһукабына лаппаҕар самыыларын хамсаппахтаан кэбиспитэ. «Оннук-оннук. Иэнинэн оонньуур кыыс оҕо кылаан бэрдэ дии», – Тиит Сэмиэнэбис халыҥ таастаах ачыкытын бороҥ былаатынан соппохтообута. «Бу да оҕонньордоох эмээхсин, барыны барытын онно-манна эргитэн түһэн. Кырыымчык соҕустук улааппыт оҕо үрдүк хамнаска тардыһара баа буолуо дуо, хотулар хамнастара биһиэниттэн төһө эмэ үрдүк буоллаҕа дии, – завуч Паабыламына тула өттүн кытаанах хараҕынан эргиччи көрүтэлээбитэ. – Биһиги кыракый оскуолабыт учуутала суох хаалара киниэхэ туох буолуой. Эдэрдэргэ харчы эрэ наада».
Ньургуйаана дьоно Айаалы кытта ыаллыы олорбуттара. Кииринньэҥ аҕата турбут-олорбут сытыы, булчут киһи этэ. Кыыс уон иккилээҕэр ыраах тыаҕа тахсан баран, эргиллибэтэҕэ. Таастыы мэлийбитэ. Көрдөөн көрбүттэрэ да, кырамтатын даҕаны булбатахтара. Ити кэнниттэн ийэтэ эмиэ уһаабатаҕа. Икки сылынан Балбаара эмээхсин икки, Айаал икки илиилэрин иһигэр сытан, күн сириттэн күрэнээхтээбитэ. Ньургуйаана оскуоланы бүтэриэр диэри куоракка оҕо дьиэтигэр иитиллибитэ. Иитиллибитэ буолан, онно төһө иитэн эрэллэрэ буолла. Кыыс университекка үөрэнэ сылдьан, сайынын дойдутугар өрүү тахсара. Таҕыстар эрэ Балбааралаах Айаалтан төрөппүт аҕатын туһунан ыйыталаһара. Айбыт аҕатын көрдөөн булуон баҕарара. Кини тоҕо кыһыл оҕо эрдэҕинэ быраҕан барбыт, улаатан киһи буоларыгар кымаах да саҕа көмөтө суох киһини булуон баҕарарын бэйэтэ да билбэт этэ. Ыйыттахха: «Көннөрү, көрүөхпүн баҕарабын», – диирэ. Ким эрэ киниэхэ аҕата хоту улууска ыал буолан олорор диэбит быһыылаах этэ. Ол ыал нэһилиэк киһитэ Улуу Тумуска кэлэн, икки эрэ ый буолан баран, сатаммакка төннүбүт, онтон олох да хоту түспүт диэн сурах баара. Айаал чахчы билэрэ, ол киһи Ньургуйаана аҕата буолбатах. Ону оччолорго киниэхэ эппэтэх улахан буруйдаах киһи – Айаал.
Онтон кыыс хоту барбытыгар Айаал сүрэҕэ ытырбахтыы-ытырбахтыы: «Ол киһини булбут буоллаҕа дуу», – дии санаабыта. Кини сүрэҕин нүөлүтэр, ыарыылаахтык тэһитэ кэйиэлиир, бу ойон тахсар күннээх Орто туруу-бараан дойду хайа да тыынар тыыннааҕар, бэл, эдьиий туттубут Балбааратыгар, оннооҕор доҕоругар, дьааһыла саҕаттан кытыйанан-хамыйаҕынан кырбаспыт Уйбааныгар, сүүрбэччэ сыл бииргэ энньэликтэспит түөһэйбит ытыгар даҕаны кэпсээбэт дириҥ кистэлэҥэ Ньургуйаана хоту түспүтүгэр сааһыран эрэр кутун-сүрүн аймыы сылдьыбыттаах. Онтон икки сыллааҕыта, наһаа кыра киһичээни көтөҕөн, төбөтө өһүөҕэ анньылла сыһар ыйааччы көрбүт хоту дойду хоһуунун батыһыннаран бу дьиэҕэ киирэн кэлбитигэр соһуйбутун, үөрбүтүн эриэхсит. Үөрбүт омунугар киэҥ хараҕа ирим-дьирим буолан ылбыта.
– Ытык ыһыах күнүнэн! – күлэн-үөрэн баһаарыйбытынан Уокка Олорбут Уол диэн көрүдьүөс хос ааттаах Уйбаан дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстэ. – Оо, бу дьон, хайыы-үйэ манна баар эбиккит дуу? Чэ, доҕоттоор, кытаатыҥ, сыыдам соҕустук хомуна-тэринэ охсуоххайыҥ, дьон күүтэр. Айаал, тустар туруусуккун ыл. Бэтэрээннэргэ орто ыйааһыҥҥа тустар киһибит суох. Эн киирдэххинэ эрэ сатанар буолла. Хатыыстыыртан, Алыһардаахтан, Хара Сыыртан хамаанда бөҕөтө кэллэ. Эбиитин Алыһардаах гастарбайтердара туспа хамаанда буолбуттар.
– Онтон Баатырдаах Кувалда киирбэттэр дуо? «Быйыл баҕас иккиттэн биирбит буолуоҕа» дэһэр сурахтаахтара дии.
– Омуктартан саллыбыттар быһыылаах. Кувалда «тииһим ыарыыта тулуппат буолла» диэн балыыһалаан эрэрэ, Баатыр бэҕэһээ киэһэттэн хортуоппуйун сиригэр сытар, балай да аһаатаҕа буолуо.
– Оо, моһуок эбит, – Айаал тустар туруусугун ыла хоһугар киирдэ.
Уокка Олорбут Уол саҥа ылыммыт омугун массыынатыгар олорсон бараары таһырдьа көһөн таҕыстылар.
Балбаара эмээхсин тэрээсэтин таһыгар туран массыынаҕа киирэн эрэр дьону тонолуппакка одуулаан хаалла. «Тэлэбиисэр киинэтин курдук олох». Эмээхсин дириҥ баҕайытык өрө тыынна уонна иһиллэр гына:
– Бу уол хойутаата ээ, дьон ыһыахтаан ыраатан эрэллэр, – диэн уон оҕолоох уолун мөҕүтүннэ.
Саҕаланара чугаһаан эрэр ыһыах муусуката, тыаһа-ууһа ыраахтан куугунаан иһилиннэ.
***
Айааллаах ыһыахтыыр сиргэ тиийэллэригэр дьон түһүлгэни киэргэтэн бүтэн эрэллэрэ. Сорохтор мас ураһа таһыгар мустан тугу эрэ быһаарсаллар, сүбэлэһэллэр. Тэйиччи соҕус улахан көлөлөргө ыйаммыт олгуйдарга эт буһа турар, кимнээх эрэ саламаат оҥорон букунаһаллар. Соторутааҕыттан бэттэх дойдутугар эргиллэн кэлэн, сибиинньэ, сылгы иитэн эрэр Бааһынай Сааска эт үөлэн, буруота-тараата ырааппыт. Ыт атах оҕолор ким сорукка, ким мэниктээн сырсыакалаһаллар, кулууп, хонтуора үлэһиттэрэ сиппэтэхтэрин ситэрэн, хоппотохторун хоторон аалыҥнаһаллар, тугу эрэ дьаһайсаллар.
Ити икки ардыгар, хантан да кэлбиттэрэ биллибэккэ эрэ, үс-түөрт бардырҕас саҥалаах омук дьоно иһиттэнэн-хомуостанан кэлэн алгыс холумтанын иннигэр үрдүк атахтаах таҕааннарын туруорбутунан бардылар. Биир киһилэрэ мас көтөҕөн мадьалытан аҕалла.
– Бу дьон итиннэ уот оттон, ас буһарынаары гыннылар ээ, бадаҕа, – Айаал, сөбүлээбэтэх быһыынан киҥинэйэ түһээт, омуктар диэки хаампытынан барда, кэнниттэн Уйбаан, баар буола охсон хаалбыт Балбаара батыстылар, Ньургуйаана уолун көтөҕөн, кыыһын илиититтэн тутан туос ураһа иннигэр туран хаалла.
Ити икки ардыгар таҕааннаах омуктар аттыларыгар дьон мустан барда.
– Здесь нельзя, здесь главный ритуал будет. Туох буолбут ньүдьү-балай дьонуй, – диэн саҥалар иһилиннилэр.
– Сльюшай, какой ритуаль аа? – омук киһитэ ыксаата.
– Бу барахсаттар биһиги, сахалар, үгэспитин хантан билиэхтэрэй, – хайа эрэ дьахтар көмүскэһэр саҥата иһилиннэ.
Ону атыттар саба саҥаран кэбистилэр. Айдаарааччылар үгүстэрэ саастаах дьон этилэр. Омуктар сөбүлээбит сирдэриттэн туох иһин барымаары гыналлар быһыылаах. Сотору хас да эдэр киһи, олор истэригэр дьүһүйүүгэ кыттыахтаах батастаах уолаттар тиийэн кэллилэр. Онуоха омуктар, ордук батаһы көрөн сэрэхэдийдилэр быһыылаах, дьон ыйбыт сиригэр барарга күһэлиннилэр.
– Слюшай, пональ-пональ, – дэһэ-дэһэ, иһиттэрин-хомуостарын хомунан, таҕааннарын ылан эт буһа турар сирин диэки бара турдулар.
Айдаан намыраата. Биир дьикти кэрэ оһуордаах намылыйбыт уһун халаат сонноох киһи кэлэн нэһилиэк баһылыгын кытта тугу эрэ быһаарыста, сотору-сотору уҥа ытыһын сүрэҕэр туттан ылар. «Арааһа, дьонун алҕастарын бырастыы гыннарар быһыылаах», – дии санаата аһыыр сирдэрин киэргэтиһэн салама ыйаһа сылдьар Айаал Тэрэпиэнэбис.
Бу дьон, били, кини сулууспалыы сырыттаҕы-на арсеналга киирэ сатаан баран кыайбатах, суолга тохтоппуттарыгар кини аттыгар гранатаны ыһыктыбыт уонна икки уостаах саанан ыппыт омуктар биир дойдулаахтара этилэр. Айаал онно өлө сыспыта, сыл аҥаарыттан ордук госпитальга сыппыта. Эмтэнэн тахсарыгар тустуу фаната быраас, татаар киһитэ:
– Аны тустууну умнаргар тиийэҕин. Дьэ, оннук дьыала, быраат. Эн бэркэ да киирсэн иһэн земляккар хотторбутуҥ. Жеребьевкаҥ табыллыбыта буоллар, саатар иккис миэстэ буолуоҥ хаалбыта. Чэ, билигин кылаабынайа үтүөр. Көбүөр туһунан санаама. Граната эмтэркэйэ билигин да сылдьар, – диэбитэ. – Тыыннаах хаалбыккар Аллаахха уонна бэйэҥ таҥараҕар махтан.
Айаал госпитальтан тайах мастаах уонна «Хорсунун иһин» мэтээллээх тахсыбыта.
Эмискэ музыка хам баран хаалла. Сыл иһигэр улаатан хороһон хаалбыт оскуола уолаттара күпсүүрдэрин туппутунан сырсан тахсан охсорго бэлэм турунан кэбистилэр. Кинилэр кэннилэригэр муус маҥан халадаайдаах кыргыттар наскылдьыһан кэлэн турдулар. Онтон сыанаҕа кырыымпалаах дьахталлар таҕыстылар. Маҥнай кырыымпалар кыҥкынастылар, онтон хомус тыаһа холбосто. Дөрүн буолаат, күпсүүрдэр биир тэҥник ньиргистилэр. Бу абылаҥнаах тыас улааттар улаатан чараҥ мааны мастарын үрдүлэринэн, тэйиччи турар сис тыа хара мастарыгар тиийэ дьиэһийдэ, добун мэҥэ халлааҥҥа өрө көтөн таҕыста.
Баар дьон бука бары уу чуумпутук, тыастаах-тык тыыммакка да эрэ ити абылыыр дьикти дорҕоону истэн, ким анал олбоххо, ким күөх окко олордулар. Онтон музыка ах баран хаалла. Дьон иннигэр тоҕуоруспут оҕолор икки аҥы силэллэн биэрдилэр. Баһыттан атаҕар диэри маҥан сылгы тириитэ таҥастаах, маҥан кыллаах дэйбиирдээх илиитин эҕэрдэлиирдии өрө ууммут алгысчыт тоҕус туруйа уол доҕуһуолланан, сэттэ кыталык кыыс арыалдьыттанан киирэн Аал Уотун оттон күндээртэ. Уот иччилэниитэ алгыс этэн амалыйан киирэн барда.
– Аал Уотум иччитэ,
Күл тэллэх,
Көмөр сыттык,
Көбүөрүнньүк суорҕан,
Саалыр чанчык,
Бырдьа бытык,
Кыырык төбө,
Көмүс ураанньык,
Күөнэ көҕөччөр,
Хахай саҕынньах,
Алтан баһырҕас
Аан Уххан
Хатан Тэмиэрийэ
Тойон эһэм,
Бэттэх көрөн мичик аллай.
Арыылаах аһынан айах тутабын,
Уохтаах утаҕынан күөмэйгин дьуххардабын.
Алгыс алҕаан
Ааттаһан-көрдөһөн,
Арчы тардыһан,
Хоммут уоспун хоҥнорон,
Өрөөбүт уоспун өһүлэн
Амалыйа туойар күнүм буолла.
Үөр-көт!
Күнүм-чаҕыл күндээр,
Сылаас тыыҥҥынан сыдьаай.
Айхал-талба!
– диэн бэйэтиттэн бэйэтэ тэптэн, мэктиэтигэр дьигиһийэн ыла-ыла, хааһахтан хостоон эрэрдии үөрэ-дьүөрэ тылларынан этэн эппэлдьитэ олордо. Төрөөн-үөскээн төлөһүйбүт төрүт буорун күөх ньаассын отуттан тэбинэн маҥан халлааҥҥа өрө көтөн таҕыста, илбиргэстээх иккис, үүдэһиннээх үһүс халлааннарынан улуу куйаар төргүүлэрдээх төрдүс, биттиктэрдээх бэһис, албаҕалаах алтыс халлааннарыгар тиийдэ, сэттэ сиксиктээх сиэдэрэй маҥан халлааны ааһа баттаан, аҕыс ардайдаах анысханнаах ардай маҥан халлаан араҥатыттан тардыһан туран, тоҕус томторҕолоох туналы маҥан халлааны өҥөйдө. Ол тухары айыы саҥнаахтары, сылаас тыыннаахтары, айбыт айыы таҥаралары аат ааттаан, сурах сураан иннинэн сирэйдээх икки атаахтаах иҥнигэһэ суох иитиллэн иһэрин туһугар хоолдьуктаах бэйэтэ хоҥкуйда, сүһүөхтээх бэйэтэ сүгүрүйдэ. Онтон ойон тахсар күннээх, охтон баранар мастаах, устан уолар уулаах, уостан сүтэр уйгулаах Орто туруу-бараан дойдутугар төннөн кэлэн, аны Аан дойдутун иччилэрин үрүҥ илгэнэн үөрдэн ыһыах ыһан унаарытта, тыл бастыҥынан тайаарда, этии үтүөтүнэн эҥээрийдэ. Түмүгэр, итииргээтэҕэ буолуо, үрдүк нуоҕай бэргэһэтин кэннин диэки эһэн кэбиһэн баран, бар дьонугар туһаайан сандаар уоттаах сайын барахсан саймаархай салгынын сайа охсон илбийэн кэбиһэ-кэбиһэ, дьон-сэргэ күүһэ түмсүүгэ, бэйэ-бэйэни өйөһөн-убаһан, көрсөн-харайсан олорууга буоларын этэн туран, төрүүр оҕону төлкөлөөн, иитэр сүөһүнү күрүөлээн, кэрэни кэрэхсээн, үйэлээҕи өйдөөн, урааҥхайы ууһатан, саханы саргылаан, сарсыҥҥылаах олох суолун аһарга ыҥырда.
– Урааҥхай ууһа ууһаан-тэнийэн истин. Уруй! Саргылаах саха сарсыҥҥыта сандаардын. Айхал! Өлбөт-сүппэт үтүө ааппыт өрөгөйдөөтүн! Тускуо! Тускуо! Тускуо!
Алгысчыт кэнниттэн баар дьон бары тэҥҥэ уруйдаһан-айхаллаһан, тускулларын тутуһан тыа баһын сатарыттылар.
Били, астарын астаары бастыҥ миэстэҕэ таласпыт омуктар сахалар уруйдарыттан-айхалларыттан эттэрин сааһа аһылларга дылы гынна, салла быһыытыйдылар, кус-хаас тойугун туойа турбут бэйэлэрэ ньам баран хааллылар, сирэй-сирэйдэрин көрүстүлэр.
Алгыс бүтээтин кытта хомустаах кыргыттар, күпсүүрдээх уолаттар өрө көтөҕүллүүлээх дорҕоонноругар бигэнэн кэрэ сибэккинэн киэргэммит нарын кыргыттар үҥкүүлээн нуоҕаһан киирдилэр. Норуот бэйэтэ этэн кэбиспитин курдук, ойуу-дьарҕаа тирэҥсэлэр оһуор үктээтилэр. Төрөөбүт айылҕаларын кэрэтин, дьоһунун, кэпсээҥҥэ киирбит үтүө сүрэхтээх дьонун, уруккутун-билиҥҥитин кэпсиир, хоһуйар дьүһүйүү саҕаланна.
Дьүһүйүү бүтээтин кытта чаҥкынас эдэр куолас оһуохай тыла таһааран, дьон-сэргэ оһуохайдаан долгуһан киирэн бардылар. Күн хаамыытын батыһан, устар уулуу суккуллар, тохтообокко бара турар кэм-кэрдии эргиирин батыһан оһуордаах-мандардаах, уйгуга-быйаҥҥа сууламмыт олохторун уруйдаан эҥсиилээхтик эппит тыллара хатыҥ чараҥынан, кырдал, куула-халдьаайы сирдэринэн аар тайҕаҕа, сүдү эбэ уҥуоргу кытылыгар тиийэ тарҕанна.
Алгыс ылбыт, тиритиэхтэригэр диэри оһуохайдаабыт дьон түһүлгэ-түһүлгэлэринэн тарҕаһан, сахалыы мааны ас тардынан аһаан, арааһы кэпсэтэн, күлэн-үөрэн бардылар. Ыалдьыт дьону ыҥыран, бастыҥ олбоххо, оһуордаах-мандардаах туос сандалыга олордон тэптэрии саламаатынан, үс илии тастаах сылгы этинэн, хаттанан күндүлээтилэр. Кыынньа сылдьар кымыһы амсаттылар. Үөлүллүбүт собо, күөнэх, күлгэ көмүллэн күҥкүйэ буспут кээчэрэ, хатыыс искэҕэ, арыылаах алаадьы, үүт үрүмэтэ үрдэ суох тардылынна.
Айаал Тэрэпиэнэбис күрэхтэһиини тэрийэр уолаттарга тиийэн хапсаҕайга суруттарда. Уолаттар үөрэн дьэрэлиһэ түстүлэр. Быһаарылла илик кыһалҕалара ол эрэ эбит. Ыһыах аайы тустан, элбэхтэ дьону саараппыт «бөҕөстөр», биирдэрэ тииһэ ыалдьан буорайбыт (бөдүргэйи кимтэн да хамаҕатык кэрдиргэтэ олороро), иккиһэ билигин да тугу эрэ баллыгырыы-баллыгырыы хортуоппуйун сиригэр сытар сураҕа иһиллибит.
– Чэ, хамаанда толору буолла.
– Атах оонньуутун саҕалыы туруохха баара.
– Уолаттаар, оттон тааспыт кэлбитэ дуо?
– Ээ, кырдьык даҕаны.
– Кэлэн-кэлэн. Оппуонньа тыраахтарынан сарсыарда эрдэ аҕалбыппыт.
– Һуу! Хата…
– Чэ, сүүрүүнү саҕалыыбыт. Маҥнай кылгас дистанцияҕа.
– Доо, онтон оҕолору ким күрэхтэһиннэрэр? Тэҥҥэ ыытыах буолбуппут дии.
– Учуутал дьон эһиги барар инигит.
– Оннук ээ.
Сотору күрэхтэһии саҕаламмытынан барда.
Бастаан сүүрүү, атах оонньуута буолла. Икки кылгас дистанцияҕа Ньургун кими да киһилээбэтэ, дьонун ырааҕынан быраҕаттаата. Биир киниттэн тутум кэриҥинэн үрдүк киһи ырдьыгыныы-ырдьыгыныы, марайа-марайа сүүрэ сатаата да, биэтэккэ кэлэн Ньургуҥҥа хотторбут абатын күрүө баҕанатын сутурҕалаан таһаарда.
Аны үс биэрэстэлээх, уол оҕо уйана-хатана биллэр сүүрүүтэ буоларын иһитиннэрдилэр.
Сүүрүктэр түһүөхтээх көнөлөрүгэр тиийэн турдулар. Алыһардаах омуктара икки киһини сүүрдэллэр эбит. Тугу эрэ бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэ-кэпсэтэ, илиилэрин-атахтарын охсуна турдулар.
– Бэлэмнэниҥ! – судьуйа уол маҥан таҥаһынан далбаатаата. Дьон биир тэҥ кэккэнэн сүүрэргэ бэлэм турдулар. – Чэ!
Судьуйа маҥан таҥаһын умса садьыйан кэбистэ, уолаттар түстүлэр. Ыһыахтыыр сири алтата эргийиэхтээхтэр. Сорохтор хара маҥнайгыттан олус күүскэ түһүнэн кэбиһэннэр, сирдэрин ортотугар тиийэн, тарайа ууҥан хааллылар, сүүрэр суолтан туораабатах эрэ киһи диэн аат харата сиэлбитэ буоллулар. Ньургун холку соҕустук туттан ортокулары кытта иһэр. Сирдэрин ортотун балай эмэ аастылар. Инники Хатыыстыыр сүүрүгүн кытта омук киһитэ таҕыста. Иккис омук Ньургуну кытта кэккэлэһэ иһэр. Онтон хоту дойду хоһууна оргууй атан барда. Онуоха киһитэ эмиэ сүүрүүтүн эбэн биэрдэ.
Ити икки ардыгар бүтэһик эргиирдэрин аҥаара буолуо оҕуста. Ньургуннаах эптэр эбэн инники иһээччилэри ситиэхчэ буоллулар. Ол кэмҥэ инникилээн испит ыалдьыт дьиктитик хайбас, даллах гынна. Хатыыстыыр уола онтон аһараары сир очуругар үктэннэ быһыылаах, өрүһүлтэтэ суох умса барда. Сүүрүктэр аттынан сирилэтэн аастылар. Хатыыстыыр уола бэрбээкэйин туттубутунан олорон хаалла. Биэтэк субу чугаһаан кэллэ. Ньургун харыһылтата суох түһүнэн кэбистэ. Онуоха инникилээн испит киһи көнө баҕайы сиргэ бүдүрүйтэлээн иһэн, ситэн кэлбит Ньургуну илиититтэн харбаабытынан умса баран түстэ. Иккис омук кинилэри үрдүлэринэн ойон, биэтэк диэки түһэ турда. Бастаабыт киһи буолан, икки илиитин өрө ууна-ууна, эккирии сырытта. Ньургуннаах аттыларынан улуус киинин уола ааһа сүүрэн элэс гынан хаалла. Ньургун олус абаран ойон турда, иннин хоту түһүнэн кэбистэ. Атаҕын иҥиирэ балай эмэ ыалдьарын биллэр да, ону аахсыбакка, туох баарынан түһүнэн, биэтэккэ үһүс кэллэ. Биллэ доҕолоҥнуу-доҕолоҥнуу, дьонун, оҕолорун диэки хаамта.
«Ити дьон куһаҕаны гыммакка эрэ, көнөтүнэн сатаан күрэхтэспэт буоллахтара дуу», – Айаал кэтэҕин тарбанна.
Ньургуйаана уолун көтөхпүтүнэн эригэр сүүрэн тиийдэ, атаҕын тутан көрдө уонна уһун суһуохтаах төбөтүн дьигис гыннаран ылла. «Үкчү ийэтин курдук туттар ээ», – Айаал сүрэҕэ эмиэ нүөлүйэн ылла. Маайа долгуйдаҕына эмиэ итинник туттар буолара.
Маайа Айаалтан икки сыл аҕа этэ. Оскуоланы бүтэрээт, сопхуос пиэрмэтигэр ыанньыксыттаабыта. Онтон тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирбитэ. Айаал аармыйаттан кэлэригэр үһүс кууруска үөрэнэрэ. Аармыйаттан сыыйыллыбыт киһи, ситэ үтүөрбэккэ эрэ, бэйэтэ дьулуһан госпитальтан тахсыбыта аанньа буолуо дуо. Аара суолга араас үтүрүһүү-хабырыһыы, олус уһуннук пуойаска сахсыллыы үчүгэйинэн үөппэтэхтэрэ. Уол бааһа аһыллан, сүмэһининэн сүүрэн, Дьокуускайга кэлэн сытан хаалбыта. Ону хантан билэ-көрө охсубута буолла, биир үтүө күн балыыһаҕа ыала Маайа кыыс баар буолан хаалбыта. «Мин бэтэринээргэ үөрэнэбин ээ, оттон эн атыыр соноҕос курдуккун», – диэн күлэ-күлэ, Айаалы бэркэ кыһаллан бүөбэйдээбитэ, атаҕар туруорбута. Онтон…
– Айаал Трофимович, тустарыҥ чугаһаата, сэрэбиэйгэ бардыбыт, эн эрэ хааллыҥ, – күрэхтэһиини тэрийэр уол Айаалы илиититтэн сиэтэн кэриэтэ судьуйалар чөмчөһөн олорор остуолларыгар илтэ.
Сэрэбиэйэ төһө табыллыбытын-табыллыбатаҕын билэ сатыы барбакка, кими кытта тустуохтааҕар да кыһаммакка, Айаал туос ураһа иһигэр киирэн хаалла. «Бэрт дьон бу да сырыыга тугу эрэ оҥороллоро, хапсаҕай быраабылатын билбэппит диэн баайсаллара ахан буолуо. Хайдах эмэ гынан хам тутан, албаска киллэрэр киһи. Илиилэригэр балай эмэ күүстээх дьон буолуохтаахтар. Чэ, туох буолуой. Биһиги да наһаа буору уоппат инибит».
– Дьэ, доҕоор, атах оонньуутугар хатыыстыырдар олох чугаһаппатылар. Арай, кылыыга Өстүөпэ, ыстаҥаҕа Маппый үһүс буоллулар. Куобахха бирииһи барытын хатыыстыырдар харайдылар, – Уокка Олорбут Уол көтөн түһэн, кэпсээн ыста-тохто. – Биэ кымыһа бөҕөтүн атыылыыллар. Эйиэхэ эмиэ ыллыбыт. Билигин иһимэ, уҥуоххар охсуо. Куйааһа да бэрт.
– Маска ортоку ыйааһыҥҥа ким киирэр үһүнүй?
– Бэтэрээннэргэ диэ. Табаарыспыт Сэргэй.
– Чэ, бэрт эбит. Доо, ыһыах бүттэҕинэ миэхэ тохтоон, олоро түһэн тарҕаһыахпыт этэ. Балбааралаахха, Ньургуннаахха этээр эрэ.
– Ээ, этэн бөҕөтө, – Уйбаан таһырдьа элэс гынан хаалла.
Маайа үөрэҕин бүтэрэн, дойдутугар үлэлии тахсыбытыгар, Айаал дьоллонно да этэ. Иллэҥ буоллар эрэ, ветпуунтан арахпат буолбута. Киинэҕэ, биэчэргэ куруутун кэккэлэһэ олороллоро, киэһэ киэҥ да киэҥ эбэлэрин кытылыгар хаамсаллара, уоппускаларыгар ханна эмэ бииргэ барыах буолаллара. Дьон, ордук эмээхсин өттө, кинилэр тустарынан арааһы кэпсэтэр быһыылаахтара. Ордук кыыс уолтан икки сыл аҕатын куоһур туттан, өйдөрүттэн ону-маны оҥорон көрөн ырыталлара, арааһы бары туойаллара. Арай, онно уоллаах кыыс кыһаммат этилэр.
Биирдэ Саха сирин соҕуруу оройуонугар көмүс үлэтигэр эдэр дьону хомуйаллар үһү диэн сурах кэлбитэ. Айаал, доруобуйата көммүт киһи, иппэй-туппай, харабыл-остуорас үлэтин астыммакка сылдьар буолан, онно тыллана охсубута.
– Ай… Айаал Троф… Трофимович барар үһүгүн… бил… билигин тустаҕын, – Ньургуйаана кип-киэҥ хараҕа дьиктитик уоттаммыт, төбөтүн дьигис гыннарда.
Айаал эт-этэ бүтүннүү дьар гынна. Эдэр дьахтар диэки көрөн ылла, эмиэ «ийэтин курдук» дии санаата.
– Ньургун атаҕа хайдаҕый?
– Син… Үчүгэй, – дьахтар элэс гынан хаалла.
Айаал бэтэрээннэр ааттарыттан дойдутун, дьонун чиэһин көмүскүү тустар түһүлгэ диэки дьулуруйда.
Дьон тустууну көрөөрү үмүөрүспүт. Оннооҕор кыра уолаттар, мэниктээн сарымтахтаһалларын тохтотон, үмүөрүспүт дьон иннигэр, тустар түһүлгэ кытыытыгар киирэн турбуттарын тэрийээччилэр тустууктар түҥнэри көтүөхтэрэ диэн тэйитэн биэрдилэр. Икки түһүлгэнэн тэҥҥэ тусталлар эбит. Бииригэр эдэрдэр хайыы-үйэ туста сылдьаллар. Онно хара сыырдар биһиги уолбутун бүдүрүттүлэр быһыылаах: «Улуу тумустар өссө кимнээххитий-ханныктааххытый? Киллэрэн иһиҥ», – диэн кыһытар хаһыылар иһиллэллэр.
Иккиһэ – бэтэрээннэр түһүлгэлэрэ. Айаал тиийээтин кытта чэпчэки ыйааһыннаахтар тустуулара саҕаланна. Алта уонун аастар даҕаны сып курдук быһыылаах-таһаалаах, кыра уҥуохтаах Уйбаан Дугуйдаанап өр-өтөр гыммакка, утарылаһааччытын өттүктээн адаарытан түһэрдэ. Иккис-үһүс киирсиилэр да уһаабатылар. Хара Сыыр киһитэ Хатыыстыыр бөҕөһүн, омуктартан киирбит киһи Улуу Тумус тустуугун охтортоотулар. Улуу тумустар дойдуларыгар миэстэҕэ тиксибэт буоллулар. «Чэ, Уйбаан хайаһар. Баҕар, киирсиэ». Ол эрээри, омук киһитэ Уйбааны синньигэс биилиттэн ылан, өрө көтөҕөн иһэн тиэрэ тэбэн кэбистэ. Бүттэхпит ол.
Орто ыйааһыннаахтарга Айаалы бастакынан ыҥырдылар. Киниэхэ утары Хара Сыыр киһитэ Көстөкүүн Кустуктаанап тахсыбытын өр гыммакка умса халбарыйан кэбистэ. Иккис утарылаһааччыта, Хатыыстыыр бөҕөһө эдэригэр балай эмэ тустумахтаабыт, өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэспит-хайаабыт, сааһынан да Айаалтан син балыс Симиллэ Сэмэн эбит. Ол эрээри Сэмэн сааһырбыта харахха тута быраҕыллар. Симпит курдук этэ-сиинэ уостубукка дылы. Баттаҕа да маҥхайан бүппүт. Ол да буоллар, туттаран биэрбэккэ, куота көтө сырытта. Инньэ гынан, сэрэтии ылла. Онтон сынньалаҥ кэнниттэн, дьэ, түһүнэн кэбистэ эбээт. Харса суох мадьыктаһан иһэн, атаҕыттан ылларан тас иэнинэн барда. Көрдөөх-нардаах баҕайы киһи охтубут сиригэр сытан эрэ: «Хата, мин сыппычча нуктуу түһэрим дуу», – диэн дьону күллэрдэ.
Орто ыйааһыннаахтар түмүк тустууларыгар Айаалы утары төбөтүн бүтүннүүтүн күлтэччи хоруттаран кэбиспит омук киһитэ таҕыста. Ха-тыҥыр эрээри бүтүннүү иҥиир-ситии, уҥуо-ҕунан уһун киһи сылбырҕатык туттар-хаптар, утарылаһааччытын салыннараары быһыылаах, сап-саһархай тиистэрин көрдөрөн ырдьах гынан ырдьыгынаан ылар, уоттаах харахтарын араастаан эрилиҥнэтэр. Свисток тыаһаатын кытта харса суох барчалаан, илиилэринэн уҥа-хаҥас садьыйталаан, дьэ, киирдэ ээ. Биһиги киһибит сыыһа-халты оҕустара сылдьан, биир түгэҥҥэ киһитин бэгэччэгиттэн харбаан ылла, умса тардан иһэн, кэннигэр тахсаары гыммыта, киһитэ түһүлгэ таһыгар буолан хаалла. Айаалга очко биэрдилэр. Иккис сырыыга анарааҥҥы киһи атахха түстэ, харбаан ылан өрө көтөҕөн мадьыктаата. Айаал, ылларбыт атаҕын киһитин ахтатыгар олуйа тэбээт, икки илиитинэн кимэн кэбистэ. Киһитэ кыл мүччү охто сыста, өрүһүнээри илиилэринэн даллаахтаабытынан тиийэн, көрөөччүлэргэ кэтилиннэ. Свисток тыаһа чуһуурда.
– Киһиҥ тирэҕэ бэрт эбит. Ыкса киирэн быраҕан көр, – Симиллэ Айаалга сүбэһит буолла. – Били, хаһан эрэ, оҕо сылдьан, миигин бырахпытыҥ дии. Оннук гын. Ийэ буортан арахтаҕына, кини да хайыыр үһүө.
Айаал эдэр сылдьан Симиллэни иккитэ хотон турар. Биирдэ бэрбээкэйиттэн ылан, өрө көтөҕөн иһэн такымҥа тэбэн охторбута. Иккис сырыытыгар сыста түһэн, сиһиттэн кууһан ылан кэдэрийэн бэйэтин үрдүнэн бырахпыта. Сэмэн, арааһа, ону этэр быһыылаах.
Иккис түһүмэххэ ыҥырар свисток чуһуурда. Тустууктар түһүлгэ ортотугар киирдилэр. Киһитэ кэннин хайыһан, дьонун диэки көрөн ылла. Дьоно тугу эрэ «бар-бур» дэстилэр.
Тустуу саҕаламмытын биллэрэн свисток иккиһин чуһуураатын кытта Айаал сүнньэ ньир гына түстэ. Бэйэтэ да билбэтинэн кэннинэн тэйэн ылла. Дьон аймалаһар саҥата күйгүөрдэ. Ол эрээри тустууну тохтоппотулар. Судьуйаҕа буолуохтаах буолбутун курдук көһүннэҕэ. Иккис охсуу сирэйин арыычча таарыйа сыста. Айаал абатыгар хараҕын үүтэ көстүбэт буола түстэ. Бабыгыраабытынан утарылаһааччытын илиилэрин күүскэ туора садьыйталаата да, хаптас гынан атахха түһэрдии дьүккүс гынна. Киһитэ атаҕын кэннин диэки куоттаран эрдэҕинэ, эмискэ сыста түһэн сиһиттэн эпсэри харбаан ылан, өрө көтөхпүтүнэн кэдэрис гынан утарылаһааччытын бэйэтин үрдүнэн бырахта. Омук бөҕөһө илиитэ-атаҕа адаарыйбытынан тиийэн сиргэ лис гына түстэ.
Дьэ, доҕоор, өрөгөй талаан өндөл маҥан халлааҥҥа өрө көтөн күндээрэн тахсыбата дуо. Уокка Олорбут Уол икки, Симиллэ Сэмэн икки түһүлгэҕэ ойон киирэн, киһилэрин өрө көтөҕөн таһаардылар. Хас да эдэр уол сырсан кэллилэр. Былдьаһа сылдьан кууспаҕалаатылар, кытаанах баҕайытык бобута туппалаатылар, оннооҕор тутуһан көрүөх курдук буолуталаатылар. Аны илиититтэн тутан баран ыыппат «үлүгэрэ» манна буолла. Ыһыах түһүлгэтэ биир кэм күйгүөрэн олордо.
– Ээ, бэйэ, доҕоттоор, айакка, киһини тырыта тыытаары гынныгыт, – Айаал Тэрэпиэнэбис түһүлгэттэн арыычча төлө көтөн, куотан таҕыста. Кими эрэ көрдөөн эргичиҥнээмэхтээтэ да булбата. «Суох эбит» дии санаата, хомойбут курдук буолла. Эмискэ иннигэр күрүө тоһоҕотун туруору бырахпыт курдук, оҕо көтөҕүүлээх Ньургун баар буола түстэ.
– Ньургуйаанаҕа барар үһүгүн, онно, ураһаҕа баар, – Ньургун Айаал Тэрэпиэнэбиһи бэркэ дьиктиргээбиттии, чинчилиирдии көрбөхтөөтө. – Кэл, ньээньикэ, бардыбыт.
Ньургун уолун көтөҕөн, кыыһын сиэтэн, аҕа табаарыһын кыайыытынан да эҕэрдэлээбэккэ антах диэки бара турда.
***
Айаал көмүскэ уһуннук үлэлээбэтэҕэ. Санаата сыппат дьарыга буолан биэрбитэ. Икки сыл эрэ буолбута. Дойдутугар ситэ тиийбэккэ эрэ истибит сураҕа Маайа хоту дойдуттан сылдьар уолтан оҕоломмут, эргэ тахсан эрэр үһү диэн этэ. Ону кини итэҕэйбэтэҕэ. Тоҕо эрэ оҕону «миэнэ» дии саныыра. Дойдутугар тиийээт, биир субуота киэһэ кэнсиэргэ барбыта. Эрдэ баҕайы кэлбит этэ. Дьон муста илигэ. Арай, киэҥ баҕайы фойеҕа Маайа биир сэргэх сирэйдээх эдэр киһини кытта эркиҥҥэ ыйаммыт хаартыскалары көрө тураллара. Эдэр киһи биирэ буолбут кыысчааны көтөҕө сылдьара. Маайа, Айаалы көрөөт, симиттэ түспүтэ, онтон оҕону киһититтэн ылан көтөҕөн кэбиспитэ уонна сорунуулаах аҕайдык уолга утары хааман кэлбитэ:
– Ити мин кэргэним. Оттон бу… эн оҕоҥ, – диэбитэ быһаччы баҕайытык уонна саала диэки дьулуруйа турбута.
Кыысчаан ийэтин курдуга: мунна, уоһа, сүүһэ, сэҥийэтэ. Арай хараҕа Айаал киэнинии кип-киэҥэ.
***
Айаал Тэрэпиэнэбис сүрэҕэ ыарыылаахтык нүөлүйбүтүнэн ураһаҕа оргууй киирэн кэллэ. Ньургуйаана, сирэйин саба туттан, ытаан санна дьигиҥнии олорор. Аттыгар Балбаара эмээхсин, уоскута сатаан, эдэр дьахтар саннын, төбөтүн имэрийэр. Айаал тугу гыныан, хайдах хамсаныан билбэккэ турда. Кинини Балбаара хараҕын кырыытынан кынчарыйан кэбистэ уонна оргууй тахсан барда. Аттынан ааһан иһэн Айаалы кыыһын диэки үтүрүйдэ.
– Ньур… Ньук… Ньуккуутаа, тоойуом. – Айаал хараҕа уунан туолла.
– Аҕаа, – Ньургуйаана хаһыытыы сыһан ойон турбута да, Айаал Тэрэпиэнэбиһи моонньуттан наһаа күүскэ кууһа түстэ. – Аҕаа, мин эйигин аны хаһан да сүтэриэм суоҕа, ханна да ыытыам суоҕа.
Ньургуйаана кыра оҕолуу маккыраччы ытаан барда. Таһырдьа, күөх окко олорор Балбаара эмээхсин өрө тыынан ылла, мичээрдээтэ уонна: «Тэлэбиисэр киинэтин курдук олох», – дии санаата.
Ыһыах тыаһа-ууһа, үөрүүтэ-көтүүтэ ньиргийэн олордо.
Бүөтүр Хара
Чолбон. – 2023. – № 11