Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара

Атырдьах ыйын 4 күнүгэр 1936 сыллаахха П.А.Ойуунускай «Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара» ыстатыйата «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит. Бу ыстатыйаны, Платон Алексеевич ырытыыттан саҕалыыр: «Мин бэрт элбэх эдэр суруйааччылар бөлөхтөрүн үлэлэрин көрдүм, бэрт элбэх суруйааччылар үлэлэрин (кинилэр көрдөһүүлэринэн) кэрчик-кэрчик бэлиэтээтим. Формализмҥа, натурализмҥа бэрт элбэх көстүүлэр бааллар.

Холобура: «Өрүс уута дьалкыйа,

                   Кытыл буорун суурайа,

                    Күүстээх долгун дьалкыйа,

                 Кыһыл кумах таһыйа»

1-2 cтрока ис хоһооннорун өйдүөххэ сөп.

Онтон «Күүстээх долгун дьалкыйа

Кыһыл кумах таһыйа»

диэни ким да өйдүөн сатаммат. Бу куплет маҥнайгы аҥаарын эрэ өйдүөххэ сөп. Ол өйдөөтөххө,         

           «Күүстээх долгун балкыйан

                 Кыһыл кумах таһыйа»

диэн буолуохтаах. Бу суруйааччы форманы эрэ тутуһан саха тылын алдьатар, ким да өйдөөбөт гына суруйар, холобурун эттэххэ биир дьүһүнү биэрбэттэр.» Уонна салгыы инники соруктары ыйар:

                «Эдэр суруйааччылар – биһиги сэбиэскэйдии суруйааччыларбыт дэнэр буоллахтарына – бу маннык барыларын кытта формализмҥа охсуһуохтаахтар…

1. Норуот өйдүүр, сэргэҕэлиир гына тыллаан, формалаан суруйуохха наада. Норуот тыла биир сүрүн сокуоннаах, ону алдьатар сатаммат. Норуот тылыгар аллитерация да баар, ритм да баар, тэҥ сүһүөх да баар. Баларынан барытынан туһанан ырыаны суруйдахха — бу ырыа бэрт үчүгэй формалаах ырыа буолуохтаах.

2. Хараҥа олох дириҥ далайыттан тахсан — саҥа олох үрдүк очуоһугар ыттан бүтүн аан дойду истэринэн-билэринэн ырыаһыт буолуу — бу ырыаһыкка төрүт идиэйэ, сүрүн баҕа буолуохтаах. Онон, бу ситимнэрэ суох тус туспа лоскулуох кэрдиистэр бука барылара оннуларын булан – сүрүн идиэйэ дьүһүннэһиитин көрдөрүөхтээхтэр.

                Билигин эдэр суруйааччылар уонна литература бөлөхтөрүн чилиэттэрин иннилэригэр турар соруктары ахтыах тустаахпыт

1. Бүтүн сэбиэскэй сойуус үрдүнэн формализм уонна натурализм тустарынан бэрт улахан дискуссия тахсан ааста.

                Саха Киин Ситэриилээх комитетын үһүс сиэссийэтэ — «Күкүр Уус» Суорун Омоллоон драматын туһунан тахсыбыт кэпсэтиини Саха суруйааччыларын сойууһун суута түмүктээбитэ.

                Биһиги, саҥа суруйан эрэр табаарыстарбыт, бу боппуруостар тустарынан бэйэлэрин бөлөхтөрүн истэригэр үлэни ыыта иликтэр. Онон, бу үлэни ыытыы улахан сорук буолуохтаах.

2. Ааспыт конкурс – драматургия конкурса түмүктэнэн, ол конкурска кыттыбыт дьоҥҥо ыйыы-кэрдии  бэриллибитэ.

                Бу ааспыт конкурс туһунан Саха суруйааччыларын сойууһун суута түмүктээн – бу саҥа аһыллыбыт киэҥ конкурска туох соруктар баалларын туһунан уураах таһаарбыта.

                Бу икки боппуруостар туһунан биһиги бөлөхтөрбүт истэригэр ханнык да үлэ тахсыбакка турар. Биһиги эдэр суруйааччыларбыт бөлөхтөрүн чилиэннэрэ бу сааһынан бүтүн үлэһит норуот үрдүнэн бэрт улахан үлэни ыытыахтаахтар.

                Автономия 15 сылын туолуутугар, Сэтинньитээҕи революция  20 сылын туолуутугар ананан аһыллыбыт конкурс – бүтүн Саха норуотун үрдүнэн суолталаах конкурс. Бу иккис улахан сорукпут буолар.

3. 1937 с. 29.01 күнүгэр (эргэ стилинэн 1937с. 27.01 к 4 чааһыгар Пушкин бааһыран баран 29.01 к күн ортотун саҕана өлбүтэ) – Пушкин өлбүтэ 100 сыла туолбутун ахтан юбилей оҥорор соруктаахпыт. Бу чааһынан биһиги эдэр суруйааччыларбыт бөлөхтөрүн истэригэр туох, ханнык даҕаны үлэ тахса илик. Оройуоннарга баар бөлөхтөрбүт, үлэһит норуот иһигэр туох да үлэни, Пушкин айымньыларын пропагандалыы иликтэр. Бу үһүс сорук буолуохтаах.

4. Бүтүн аан дойду улуу суруйааччытынан ааҕыллыбыт М.Горькай өлбүтэ Ленин кэнниттэн — биир улахан иккис сүтүкпүт буолбута. Бу улуу суруйааччы эрэйдээх сордоох суолун, кини күүстээх санаата, улуу күдэҕэ күуруутун мөлтөппөккө — кини хайдах үрдээн-үүнэн — бүтүн аан дойду суруйааччыларын айар күүстэрин үрдүк арҕаһыгар тахсыбытын, кини умнуллубат туох улуу айымньылары биэрбитин туһунан — биһиги эдэр ыччаппыт, эдэр суруйааччыларбыт бөлөхтөрүгэр туох да үлэ тахса илик. М.Горькай айымньыларын пропаганда, үлэһит норуокка биллэрии төрдүс улахан сорукпут буолар.

                Онон 1936-1937 үөрэх сылыгар тахсар үлэ бу улуу соруктарын толорорго программа оҥостуохтаахпыт. Бу соруктары толорон, биһиги үүнүүбүт үрдүк кэрдиискэ тахсыахтаах, оччоҕо натурализмы уонна формализмы кытта охсуһар осуһуубут үүннэрэр үүннэриитэ ордук баай буолуохтаах, биһиги айар ньымабыт ордук баай буолуохтаах, биһиги айар ньымабыт ордук күүһүрүөхтээх, кыахпыт кэҥиэхтээх.

                Иккиһин түмүктээн этэбин: ханнык да темаҕа биир сүрүн санаа (идиэйэ) баар буолуохтаах. Олоххо баартан суруйар буоллаххына – эн маны фотография курдук устума, эн кинини бэйэҥ идиэйэҕинэн сырдатан, уус-уран айымньы күүһүнэн дьүһүннээн көрдөр. Идиэйэҕин, санааҕын толору суруй, толору тэнит, форманан хааччахтаама. Идиэйэни дьүһүннээбит форма наадата суох, идиэйэни көрдөрөөрү форма оҥоһуллар, идиэйэни тыыннаах дьүһүннүүргэ – бу дьүһүн тас көстөр көстүүтүн биэрэргэ ол онно эрэ форма суолтата бастыыр, ол эрээри умнума: сыгынньах идиэйэ, формата суох идиэйэ — уус-уран айымньыны биэрбэт, иккиэн арахсыспат ситимнээхтэр, идиэйэттэн айымньы тахсар дьүһүн. Бу сүнньүнэн көрөн сөптөөх форма бэриллэр.

                Айымньы кылаата — улахан улуу сыала буолар, онон айар үлэбит, культурабыт үрдээтэҕин ахсын – үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиэхтээх. Биһиги төрүт сорукпут — олоххо инники этэрээт буолан иһиэхтээхпит, киһи дууһатын инженерэ айар айымньыта – үлэһит норуот кэлэр кэскилин сардаҥата буолуохтаах.»

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар