Кылбачыйар кыраһалаах
Кыһыҥҥы тыаҕа биир түүн
Унаарыйар буруолаах
Ураһаҕа төрөөбүтүм.
Силлиэ тыал сирилиирин,
Кутаа уот тыһыргыырын
Истэ-истэ ийэм миигин
Бигээхтиирэ дьыбар кыһын.
Ый иэдэһэ тэтэрэ
Үөлэһинэн одуулуура,
Ийэбиниин биһик нарын
Ырыатын ыллаһара.
Ыллаһара ол ырыаны
Көмнөх хаардаах титирик,
Иһиллиирэ ол ырыаны
Чуор кулгаахтаах бэдэрим.
Ол ырыаҕа уйдаран
Оҕо түүлүм дайара,
Ый устун тугут буолан
Ойуоххалыы оонньуура.
Ханна куотта оҕо сааһым?
Хайыһардаан ааспыт суола
Дьэрэлийэр киэһэ аайы
Халлаан көмүс сиигэ буолан.
Ол онон сирдэтэммин
Оҕо сааспар тиийэбин,
Ураһаттан ойон тахсан
Күндү ийэм кууһар миигин.
* * *
Күнүс эриэн бочугурас
Кытыан быыһын кэрийэр,
Алаһа дьиэбэр адьас
Аны киирбэт күндү ийэм.
Туут хайыһар тыаһыыр ыраас
Туналыйар хаардаах тыаҕа,
Алаһа дьиэбэр адьас
Аны киирбэт күндү аҕам.
Сыталлар иккиэн үрдүк
Томторго ийэм, аҕам,
Саҥыйах кэтэн, түннүк
Нөҥүө көстөр нүһэр тайҕам.
«Ийээ!» – диибин. Ийэ тайҕам
Ийэм буолан миэхэ ыллыыр,
«Аҕаа!» – диибин. Аар тайҕам
Аҕам буолан далбаатыыр.
* * *
Элбэх улуу куораттар
Эҥсиллэр уулуссаларынан
Сэргэх эбээн үгэһинэн
Сэгэлдьийэ үктээн хаамтым.
Ол эрээри таптыыр тайҕам
Отон уктаах ыллыктара
Тииҥ суолунан оһуорданан
Түүлбэр илэ көстөллөр.
Ыйдаҥаҕа ыҥыраллар,
Сулустаахха сураһаллар.
Мин сүрэҕим тулуйбакка
Миинэр таба миҥэлэнэн
Төрөөбүт төрүт буорбар
Төннөн кэлэр ыраахтан.
Ахтылҕаммын таһаараары
Аар тайҕабар дьаарбайабын.
Хара саһыл, хардаҥ эһэ
Хатан уоттаах харахтара
Хантан эрэ чуҥнуулларын
Сүрэхпинэн сэрэйэммин
Сүрдүк чэпчии түһэбин.
Үрүҥ хаарга кутаа оттон,
Үтэһэҕэ эт үөлүнэн
Көп дэпсэҕэ олоробун,
Күөх төлөнү одуулуубун.
Эбээннэрдии атаҕын
Эрийэ үктээн олорон,
Ийэ тайҕам миигин кытта
Итии чэйи сыпсырыйар.
* * *
Маҥан кэрэ уучаҕынан
Маҥнайгы хаар булчут курдук
Сэппэрээктээх толоонунан
Сиэллэрэр чэпчэкитик.
Айаннаппыт сирин аайы
Алмаас бөҕө арылыйар,
Күүлэйдээбит сирин аайы
Көмүс бөҕө чаҕылыйар.
Сымнаҕас хаар суорҕанынан
Сылаастык да утуйдаллар
Көмүс күнү, күөх сааһы
Күөллэр түһүү сыталлар.
САҤА СУЛУСТАР
Күөх халлаан дьиримин түгэҕэр
Сып-сырдык сулустар үүннүлэр.
Ол онтон биир сулус мичээрдиир,
Үөһэттэн ыҥыра чипчиҥниир.
Халлааным суһумнуур урсунун
Ол сулус киэргэтэр, оонньотор,
Түннүкпэр сырдыга бу тохтор –
Мин онтон сүрдээҕин долгуйдум.
Сулустар мичээрдии мусталлар
Киэҥ халлаан куйаарар иэнинэн.
Дьон өйө-санаата устуһар
Ол үрдүк күөх халлаан үөһүнэн.
БУЛЧУТ ҮӨРҮҮТЭ
Сиэлэ тамай, быһый табам,
Сискэ өлгөм булт көҕүтэр,
Байанайдаах баай тайҕам
Баргачааны көһүтэр.
Киис уоттаах хараҕынан
Кини миэхэ имнэнэр,
Кулааһай саҥатынан
Куула тыаҕа ыҥырар.
Улуу булчут өбүгэм
Уучахтарын туйаҕа
Ойо тэппит сиринэн
Кэриимниэҕим буоллаҕа.
Тахсар ими кытары
Тыаһа суохтук үөмүөҕүм,
Киирэр ими кытары
Кэккэлэһэн төннүөҕүм.
* * *
Чочумааһым чыпчаалынан
Чубуку буолан күнүм ойор,
Хаар сэмнэҕэ талах төрдүгэр
Хабдьы буолан хорҕойор.
Киис хараҕар, таба муоһугар
Күн уота тэйиэккэлиир,
Ити күн көрүгэр көҕүйэн
Түөспэр сүрэҕим сээдьэлиир.
Үтүө саас кэлбит үөрүүтүгэр
Үрүйэ оҕолуу чаҕаарыйар,
Күн уотун дьэрэкээн оҕуруолуу
Ытыһын муҥунан ыһар.
* * *
Ойуурга отон буспут.
Халлааны хайа суруйан
Үөр кус соҕуруу дьулуспут.
Күөлүм хаалла сайыһан.
Кынаттаахтар сайыны илтилэр.
Өрүскэ кыдьымах кырылыыр.
Дөйүөрбүт чуумпуга иһиллэр
Тыал тыаһа, ким эрэ ыллыыр…
Намыһах халлаан анныгар
Сэбирдэх саһарар, хараарар.
Көтөҕө өлгөм ардаҕа
Сир үрдүн саһарда сапта.
Күнү чүмэчилии саба үрдүлэр
Күһүҥҥү көҥөс тыаллар.
Бороҥ таба курдук элэстэнэр
Күһүн киирдэ мин олбуорбар.
* * *
Хайа хаспаҕар халлыгырыыр уу,
Уһуктаах тааска тайах туйаҕын туурар.
Булчут тула көрүнэр одуулуу,
Саатын ииттэн, кытаанахтык кыбынар.
Эбээн өбүгэм төрүт түбэтэ
Эстиэ суоҕа хаһан да булдунан.
Чубуку кыылы ытан түһэрбэтэ
Аныгы эбээн айылҕаҕа саатаан.
Ийэ айылҕам кутуйаҕыттан
Хотойугар тиийэ билэр буоллаҕа:
Билэр туох санааны ыһыктанан
Дугуйданаргын бу тыаҕа.
Күн тахсыыта
Оҕо сааспыттан дьулуһабын
Үрдүк хайа чыпчаалыгар,
Онно күн саһарҕатын
Бастакы сарыала умайар.
Дьикти күлүктэр салгыҥҥа
Имэҥнээхтик үҥкүүлүүллэр,
Сыгынньах тааска үүммүт муохха
Сырдык таммах дьэрэлийэр.
Туман долгулдьуйар,
Хайа хапчааныгар
Кыыс суһуоҕунуу субуллаҥныыр,
Араас өҥүнэн арыллаҥныыр.
Өҥнөөх, дьэрэкээн таастар
Харахпыттан арахпаттар
Күн ол таастары урут кууһар,
Бастакы таптал онно саҕыллар.
Туох иһин?
Ыарахан үлэттэн куотан,
Чэпчэкитин тала сылдьан
Күн кыһалҕата суох олордо,
Сылаастык үйэтин моҥоото.
Тыалга – хайалар чыпчааллара,
Табаҕа – туундара киэҥ дуола.
Оттон кини
Эндиэлээх суолу тумнар,
Ардахха – дьиэтигэр саһар.
Мөккүөрү истибэт.
Саҥата суох хааллаҕына –
Кириитикэ айаҕар киирбэт.
Ол эрээри, кэм-кэрдии аастаҕына,
Биирдэ өйдөнөн көрбүтэ:
Туох да суолу-ииһи хаалларбаккалар
Уонунан сыллар устубуттар.
Чэ, ол буоллун даҕаны –
Сир үрдүгэр
Олорбута буолуо дуо, кини?
Олорбут да буоллаҕына –
Дьэ туох иһин?
* * *
Вертолет тигээйи курдук,
Былыты тиктэ.
Халлаан соһуйбуттуу
Тымныы уунан ибиирдэ.
Аллараттан мин көрөрүм
Күөрэгэй көтөн тахсарын.
Билигин бэйэм дьөрү сөхтүм –
Күннээх тыалга уоспун даҕайдым.
Күөлүм күөх хоруона курдук.
Өрүһүм күөх тымыр буолбут.
Ойуурум улуу сир хонноҕор
Харааран көстөр сороҕор.
Хайалар түүлээх бэргэһэлэрин
Дуоспуруннаахтык устан,
Силэллэн суол биэрэллэрин
Көрдүм мин уйадыйан.
Көтөн иһэр таба курдук
Халлааҥҥа көстөбүн.
Күн сирэ көҥдөйө ордук –
Талбыт сирбэр көтөбүн.
Мин куолаһым
Күнтэн уһуктубут
Сырдык үрүйэ килбэчийдэ,
Үрдүк хайаттан турбут,
Аллара ойуоххалыы сүүрдэ,
Умуһахтары толордо,
Муустары киэр элиттэ.
Санна улаатта, дарайда,
Күллэ-салла, чэмэлийдэ.
Хайа хаспаҕар ойон киирдэ,
Кири-хаҕы
Хомуйда, үүрдэ,
Хайа үрэҕэ буолла,
Көҥүлгэ дьулуста…
Мин куолаһым, ньимийимэ,
Чуумпуга сөрүөстүмэ,
Дууһа дьапталҕатын
Таска таһаар,
Үрүйэ сырдыгын
Көҥүлгэ атаар,
Уоскулаҥы умнан,
Модун өрүс буолан
Дьоҥҥо ыллаа,
Олоҕу салҕаа.
Василий Кейметинов–Баргачаан
Чолбон. –2020. – № 10