… Поэзия туһунан сэһэргэһэ олорон, Семен Петрович соһуччу эппитэ:
– Эһиги Таллан Бүрэни букатын хааллардыгыт. Дьиктилээх поэт дьиктилэрин өйдөөн көрбөтүгүт!..
– Оттон, доҕор, редактора Георгий Васильев, Талланы үчүгэйдик өйдүүр киһи, суруйдун эбээт!
…Ол кэнниттэн Семен Данилов бэйэтэ Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ айымньытын туһунан ыстатыйа суруйбута.
Георгий Сыромятников
1. Таллан Бүрэ поэматыгар саха омук быһыытынан үтүө уратыта
“Уолан Эрилик” саха ааҕааччытыгар киэҥник биллибит, кэрэхсэммит, ааҕааччы кутун-сүрүн туппут айымньы. Бу айымньы, маҥнай айыллыаҕыттан биэс уонча сыл ааспытын усталаах туоратыгар, Семен Данилов тылынан эттэххэ, “уус-уран таһымынан, тыла эҥсиитинэн, кырааската чаҕылхайынан, адьас туспа уонна олус бэлиэ көстүүлэринэн” ааҕааччыны умсугутан абылаан кэллэ. Оттон кини ис дьиҥэ тугун, ханнык санаалары этэрин күн-бүгүҥҥээҥҥэ диэри ким да тобула сатаабата. Хомойуох иһин, ким даҕаны поэт тыыннааҕар кинини кытта иҥэн-тоҥон илдьиритиһэн, кини бу айымньыга ханнык сыанабылы биэрэрин, тугу этиэн баҕарбытын бэлиэҕэ ылан хаалларбата. Онон “Уолан Эрилик” поэма “үгүс таайыллыбатах кистэлэҥнэрэ” арыллыбакка хааллылар. Ол ааҕааччыга биһирэбили таһынан сэрэҕэдийиини, дьиксиниини, оттон арыт, өйдүү сатаабат өттүгэр, авторы ханнык эрэ ыар санааҕа күтүрээһини үөскэтэр.
Поэма айыллыаҕыттан үстэ бэчээккэ таҕыста: ол 1944, 1963, 1971 сыллардаахха. Мантан көрдөххө, билигин 35-тэн эдэр саастаах саха ыччата бу поэманы адьас да ааҕан көрө илик буолуон сөп. Дьиҥинэн, бу көлүөнэ саха сарсыҥҥытын быһаарыахтаах. Билигин дойдубутутар норуоттар икки ардыларыгар үөскээбит тыҥааһыннар ордук күүскэ сэтэрэн саха олоҕун хабар түбэлтэтигэр биһиги ыччаппыт сарсыҥҥытын хайдах көмүскэнэригэр өй-санаа өттүнэн эрдэттэн бэлэм буолуохтаах. Онуоха бу поэма уһугуннарар, чэбдигирдэр күүс буолуон сөп эбит. Онон “Уолан Эрилик” поэма ис дьиҥин, кини ханнык санаалары уһугуннарарын торумнааһын – бүгүҥҥү күннээх сорук.
Поэма саҕаланыытыгар утарсааччы өрүттэринэн Тойон Дуолан уонна Уолан Эрилик буолаллар. Оттон поэма ол эрэ туһунан буолбатах. Былыр Саха сиригэр нууччалар кэллэхтэрин утаатына буолан ааспыт түбэлтэни суруйуунан саҕалаан баран, Таллан Бүрэ поэматыгар революционнай охсуһууну уонна ааспыт Аҕа дойду сэриитин арыт илэ көрдөрөн, арыт таайтарыы былаастаан санатан ааһар. Ол быыһыгар поэма кэтэх дуорааннарыгар биһиги бүгүҥҥү уонна сарсыҥҥы олохпут ньиргиэрдэрэ иһиллэн ааһар курдуктар.
Дуолан – “аартык аайы аатырбыт”, “суол аайы сураҕырбыт”, “үрдүк өһүөлээх киэҥ тиэргэннээх”, “үгүс чаҕар кулут” дьоннордоох Туймаада баайа. Киниэхэ туох барыта баар: “барҕа баай, үрдүк соло”, үс сахаҕа тиксибэтэх дьол:
Арай суох биир: киһи диэн чиэһэ,
Киһи Ийэ сиригэр иэһэ.
Дуолан аҕата Арылыас Үрүҥ ыраахтааҕыга биллэн көмүс куортук ылбыт, аата Арассыыйаҕа иһиллэн таҥараҕа ахтыллыбыт. Тойон Дуолан биир атастаах; “баайа суох, аата суох ыал уола”. Ол Уолан Эрилик. Киниэхэ:
“Арай төрдүгэр баара сүдү киһи:
Таҥаралаах халлаан таҥхаһыта,
Дьыллаах күнүм дьылҕаһыта,
Сүдү бөлүһүөк эбитэ үһү”.
Уолан ону утумнаан:
Дьулуура – үрдүк, модун – санаата,
Бар дьон үтүө көҥүлүн илиннээн
Олоҕун охсуһууга анаата.
Хаһан эрэ бу Туймаада хочотугар Уолан Тойон Дуоланыныын бииргэ оонньоон-көрүлээн оҕо саастарын атаарбыттара. Ол бэйэлэрэ – аны өстөөхтөр. Этиһии, иирээн төрүөтүнэн Туймаада талба кыыһа Айталы Куо буолбут. Айталы Куо – Уолан Эрилик чугас ыала уонна таптала.
Биирдэ ытык кырдьаҕастар “кыыс бэйэтэ биллин, биир таптаабытыгар кэргэн таҕыстын” диэн сүбэлээбиттэрин үрдүнэн, Тойон Дуолан эмиэ биир саха талба кыыһа Үчүгэй Өрүүһэ диэн кэргэннээх эрээри, Уолан Эрилик Айталы Куолуун болдьоһуулаах көрсүһүүлэрин кэмигэр сэриилээх кэлэн аймалҕан тэрийэр, Айталы Куону уоран барар. Оттон иирсээн өссө күөдьүйэр.
Онтон ыла Уолан Эрилик “ойуурга, тыаҕа саһар буолбут: сүрэҕэ абанан туолбут, өйүгэр өһүөн уһуктубут”.
Ким алаһа дьиэттэн барбыт
Киниэхэ холбоһор буолбут.
Ким дьаһаагы, сокуону утарбыт
Кини санаатынан туолбут.
Ол курдук күн-дьыл устан барбыт, уолан ырааттаҕын аайы сураҕа ордук сатараабыт:
Айыылыы амарах санаатынан,
Абааһылыы адьырҕа хаанынан
Дьадаҥы дьон кини албан аатын ааттаабыттар, баайдар, хаһаахтар кинини баһааҕырдар, сайыалыыр эбиттэр.
Уолан Эрилик ахсаана биллибэт элбэх охсуһууларга олоҕун таҕылын умнубут, “өстөөхтүүн дьулаан киирсиилэргэ күнүн, олоҕун кэлтэй биэрбит”. Эмиэ биир кыргыһыы кэмигэр Айталы Куо илдьитэ кэлэр. Онно Дуолан Айталы Куону кистэллээх киэҥ уоругар саһыаран сытар үһү. Дуолан тапталыттан матан эрэр хотун кыыс – Үчүгэй Өрүүнэ Айталы Куону аһынан киэһэ киирэн, амарах тылынан аралдьытар, тэҥҥэ ытаһан сааратар, саататар эбит. Ол дьахтар “ахса суох албынынан, арыт тапталыгар саататан, арыт уол оҕото ыалдьарынан, “Айталы Куолуун Тойон Дуолан… Сааныылаах көрсүһүүтэ илик” үһү. Уолан онно сүрэҕэ чөлүгэр түһэр, “таптал үөрүү биири тэбэр”.
Биирдэ Тойон Дуолан Эрилик иннигэр баар буолар, ааттаһар, сүгүрүйэр. Эрилик: “Итэҕэйбэппин, эрэнэбин таҥнарыаҕыҥ! Арай: утардахпына сиртэн имири эстиим диэн кылыспар андаҕайдаххына, баҕар, сахаҥ иһин ордуоҥ”, – диир.
“Дуолан, эйигин утарбаппын”, – диэн Айталы Куону иэримэ дьиэтигэр илдьиэх буолан, Эрилик хааннаах кылыһын уураан, андаҕар ыар тылларын этэр уонна “хааннаһар абанан хаана быһытталанан уҕарыыр”.
Поэма таҥыллыыта дьикти. Ол иһин кинини ханнык да бэйэлээх ааҕааччы биирдэ ааҕаат, кини сүрүн ис хоһоонун, ханнык санааны этэрин, аахпытын курдук судургутук кэпсээн биэрэр кыаҕа суох. Ол сүрүн кэпсээн, поэма саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри биир тэҥник сэһэргэммэтиттэн буолар.
Сүрүн кэпсээн бэрт элбэх төхтүрүйүүлэр кэннилэриттэн атын көрүҥнэнэн, атын өҥнөнөн салҕанар. Ити поэт сүрүн кыахтарын уонна талаанын уратытын киэҥник туһаннарар. Поэттар ортолоругар Таллан Бүрэ хоһоону наһаа табан саҕалааччы маастарынан биллэр. Ону туһанан поэт хас биирдии лоскуй кэпсээни бүтэрээт, уоскуйбут курдук буолан ылар уонна тыын ылаат дьикти уратытык саҥалыы салгыыр. Итиниэхэ, инники кэпсэммиккэ, туох эрэ ситэ этиллибэтэх курдуктанар. Ол эмиэ Таллан Бүрэ поэзиятын сүрүн уратыта. Ону улахан талаан бэлиэтэ диэччилэр. Хас уоскуйуу тохтобулун аайы поэт, тута өйдөнүө да суох курдук, киллэһик хоһооннору кыбытар. Олор поэма ис дьиҥин өйдөөһүҥҥэ ураты суолталаныахтарын сөп эбит. Биир оннук киллэһик хоһоон поэма иккис ырыатын иккис олуга бүтүүтүгэр кыбытыллыбытын ылан көрүөҕүҥ.
Ый сырдатар күөх арыылары,
Көҕөрөр чуумпу хонуулары,
Дьоккума хайатын үрдүгэр,
Умуллан эрэр уот сырдыгар
Дьурус халлаан сулустаах имэр
Тобуктаан туран киһи үҥэр…
Туохха улуга уйгурда?
Ойуулуур дуу ааспыт күнүн,
Эбэтэр кэлэр кэскилин?
Оо, суох! Кини үрдүк сулуспар
Ааҕар дьылҕатын суолларын,
Арыт сэргиир хааннаах кылыстар
Хапсыһан түһэр тыастарын.
Литературоведениеҕа автор тыла эбэтэр лирическэй төхтүрүйүү биитэр лирическэй чугуйуу диэн өйдөбүл баар. Автор тыла арыт айымньы сюжетыттан, кэпсиир сүнньүттэн сибээһэ суох туораан тахсар, автор бэйэтин обраһа, кини сыһыана арыллан, айымньыны дириҥэтэн ситэрэн биэрэр, суруйуу ис хоһооно толору тэнийэригэр көмөлөһөр диэччилэр.
Оттон бу көрөр киллэһикпитигэр автор тыла ыраас бэйэтинэн көстүбэт.
Кини тус бэйэтэ туһунан лирическэй айымньы: сэһэргээһиннээх, ойуулаан көрдөрүүлээх, дириҥник эргитэ санааһыннаах, уустугурдуллубут таҥыылаах.
Лирическэй хоһоон – субъективнай, үгүс өттүгэр индивидуальнай ассоциациялар баай источниктара, кинини араас элбэх варианынан ылыныахха уонна өйдүөххэ сөп дииллэр. Онон бу лирическэй киллэһик кэтэх ньиргиэрдэринэн сирдэтэн, кини тугу этэрин, ханнык санаалары уһугуннарарын тус туһунан ааҕааччы араастаан сэрэйэ биитэр өйдүү сатыан сөп. Лирика бу уратыта сүүрбэһис эрэ үйэҕэ таайыллыбыта. Кини ордук күүстээх сайдыыны Европа уонна Россия чулуу поэттарын айымньыларыгар ылбыта. Онон бу Таллан Бүрэ соруйан уустугурдуутуттан, соруйан була сатааһыныттан буолбатах – ол XX үйэ сайдыылаах лирикатын уратытыттан буолар.
Соҕотохсуйуу уонна мунчаарыы – Таллан Бүрэ лирическэй атмосферата. Ол кини поэт быһыытынан “кытта төрөөбүт кырдьыга”. Ону киниттэн араардахха – Таллан Бүрэ диэн поэт суох. Кини санааҕа эрэ ылларбыт курдук кэмигэр уратытык уһуктар, киһи хараҕар чаҕылхайдык көстөр кырааскалары, адьас туспа уонна олус бэлиэ көстүүлэри биэрэр.
Таллан Бүрэни пейзажнай лирика дьиҥнээх маастара диэччилэр. Ордук табыллан кини түүҥҥү айылҕаны хоһуйар. Түүн күннээҕи түбүктэн арахсан кини уоскуйар, санаата уһуктар.
Онон, бу поэмаҕа киллэриллибит лирическэй киллэһиктэр Таллан Бүрэ талаанын бары уратыларын, кини поэт быһыытынан кыаҕын муҥутуу сайыннараллар. Маннык лирическэй киллэһиктэр поэма эпическэй көрүҥүн ситэрэр-хоторор суолталарынан көрөн, “Уолан Эрилиги” лиро-эпическэй поэма диэн быһаарар ордук тоҕоостоох.
Дьоккума хайата – ытык сир. Айылҕата да дьикти. Маннык иччилээх сиргэ, маннык имэҥнээх кэмҥэ, ол ытык хайа үрдүгэр, умуллан эрэр уот сырдыгар Уолан Эрилик тобуктаан туран сулуска дьылҕатын ааҕар.
Поэмаҕа сүрүн охсуһуу буола илик. Сибилигин аҕай Уолан Тойон Дуоланы хааннаах кылыһыгар андаҕаппыта да, киһитин сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, кинилэр эйэ-дэмнээхтик арахсар кыахтара суох.
Бу киллэһиккэ көрдөрүллэр хартыынаны быһаччы өйдүү сатаатахха, Уолан Эрилик быһаарыылаах кыргыс иннинэ бэйэ бодотун тардынара, санаатын бөҕөргөнүүтэ көрдөрүллэр диэххэ сөп. Ол гынан баран, Уолан “Бар дьон үтүө көҥүлүн илиннээн олоҕун охсуһууга анаата” диир эбит буоллаххытына, кини соҕотох бэйэтин дьылҕатын сулуска аахпат – бүттүүн саха аймах дьылҕатын ааҕар. Ол, оччотооҕу саҥа үүммүт үйэҕэ, оччотооҕу быһыыга-майгыга бэрт элбэх мунчаарыылаах, саарбаҕалааһыннаах, дьиксиниилээх буолуохтаах. Ол быыһыгар “көлдьүн болото” уонна “Арыт сэргиир хааннаах кылыстар хапсан түһэр тыастарын” диэн этиилэр туох эрэ дьикти, сибики баарын туоһулууллар. Тоҕо кыргыс болото көлдьүн буолла, тоҕо арыт эрэ сэргиирий кылыстар тыастарын?
Бу лирическэй киллэһик поэма ис дьиҥин букатыннаахтык уонна толору өйдүүргэ кыаҕы биэрбэт, онуоха чугаһатар эрэ көмөлөөх.
***
Ыраах болотторо килбэҥнээн элбэх күлүктэр көстөллөр. Ол “көҥүл уолаттара кини доҕотторо эбиттэр”. “Тугу эрэ көтөхпүттэр, тоҕо эрэ сиһик буолбуттар”. Ити Эрилик доҕотторо кэллилэр: Дьэргилэ, Дохсун Доҕуһуол. Кинилэр бааһырбыт бухатыыр киһини – нуучча буойунун аҕаллылар. “Аргыый өйөөн сытыараллар… Кини биһиги доҕорбут”, – дииллэр. Дьэргилэлээх Тойон Дуоланнааҕы кытта кыргыһыыга кыайтаран кэлбиттэр. Кинилэр “Саха, саргыҥ самынна… Биһи кириэппэспит умайда. Арай бу нуучча буойун өрүһүлүннэ”, – дииллэр. Итинтэн Уолан Эрилик Тойон Дуолан андаҕарын кэспитин, тылыгар турбатаҕын билэр.
Нуучча буойуна Эрилиги төлөннөөх охсуһуу түбүгэр истэр эбит. “Эйигин нарын кыыс санааргыыр хараҥа хараҕар көрөрүм. Ахтар Айталы уоһугар аатыҥ эйиэнин истэрим”, – диир. Кини Айталы Куо хайдах-туох хаайыыга сытарын, кини кэрэтин, санааргыырын, мунчаарарын туһунан кэпсиир, Эрилиги үөрэ көрсүбүтүн этэр. Кини эмиэ Айталы Куо кэрэтигэр абылаппыт эбит, ону анараата “Атыны таптыыбын диэхтээбит”. Нуучча буойуна Эриликкэ “Миигиттэн сүгүрүс гынаар. Эйигин кэрэтик саныы сылдьан кини өлбүтэ диэн этээр…” – диэн кэриэс этэр уонна быстаары сытан Уолаҥҥа болотун бэлэхтиир. Охтор. Онно бары аргыый сүгүрүйдүлэр, бэргэһэлэрин устан бары төбөлөрүн төҥкөттүлэр. Нуучча буойуна Тойон Дуолан дьааттаах оҕуттан өллө. Эрилик Дуолаҥҥа абатыйан “Иннибинэн чугуйуом суоҕа, кэннибинэн кэхтиэм суоҕа, иккиттэн биирбит умустун, иккиттэн биирбит кыайдын”, – диэн андаҕар этэр.
Бу кэнниттэн Таллан Бүрэ поэма иккис ырыатын эмиэ биир киллэһик хоһоонунан түмүктүүр:
Былыр көрбүттэр: ыйдаҥа киэһэ
Мунчаарбыт уолан бухатыыры,
Дьилбэгэр өлүгү. Ол киэһэ
Муҥатыйар Уолан ытыырын,
Кини хараҕын уута саккыраан
Сырдык үрүйэ буолбута үһү,
Үйэ тухары кини саккыраан
Өлүөнэҕэ түһэрэ үһү…
Көстөрүн курдук, Уолан дьилбэгэр өлбүт нуучча буойуна, мунчаарбыт Уолан муҥатыйар, ытыыр.
Бу кэпсэнэр түбэлтэ XVII үйэ ортотун диэки биитэр иккис аҥарыгар буолуон сөп.
Биһиги Уоланы оччотооҕу сахалар хахха-дурда киһилэрэ диэтибит. Ону Дьэргилэ Уолаҥҥа: “Саха саргыҥ самынна…” – диэбитэ бигэргэтэр.
Эрилик Тойон Дуоланныын иирээнэ аҥардас таптыыр эрэ дьахтары былдьаһыынан муҥурдаммакка, аны “баай” уонна “дьадаҥы” диэн ис хоһооннонно. Ол бэлиэтинэн нуучча бухатыыра өлөрүгэр бэлэхтээбит болото буолла. Болот – кылаассабай охсуһуу бэлиэтэ, болот кыргыс кыдьыга. Ону сахалардааҕар быдан үрдүк сайдыылаах уонна атын кимиэхэ да майгыннаабат бэрт үгүс крепостной бааһынайдардаах, үгүс сүүс сыллар усталарыгар араас омуктартан көмүскэнэн сэриилэһэ үөрэммит нууччалар үгүс элбэх үтүө сабыдыалларыныын холбуу аҕалбыттара. Ону таһынан соһуччу кэлбит дьаһаахтаах, аманаттаах воеводалартан босхолонор санаа эмиэ да күөдьүйэрэ. Итинник уустук уонна урут саха олоҕор биллэ илик мөккүөрдэр “айыылыы амарах санаалаах” Уолан Эрилик кутугар-сүрүгэр ыар баттык буолуута бу лирическэй киллэһиккэ көстөр. Уолан хараҕын уута сырдык үрүйэ буолан Өлүөнэҕэ түһүүтэ, кини ити мөккүөрдэри быһаарыытыгар кыргыстан атын, хаан тохтуутуттан атын ханнык эрэ ыраас суолу көрдөөн, мунчаарыытын туоһута.
Манна даҕатан аны биири көрүөҕүҥ. Били Дьэргилэлээх бааһырбыт нуучча бухатыырын илдьэ кэлбиттэригэр поэт биир кыра хоһоону кыбыппыта.
Онуоха кылыс лыҥкыр гынна,
Өр килбэйэн көһүннэ –
Түһэн иһэн тохтоон хаалла,
Дьигис гынна, кини таалла.
Ити нуучча бухатыырын үрдүгэр түһэн испит кылыс тохтоон хаалбыта ойууланар. Поэт саҥа аллайар:
Хааннаах илии суостаах дьулуурун
Ханнык аҥала халбарытта?
Туох дьоло нуучча бухатыырыи
Дьай өлүүтүн дьалбарытта?
Поэмаҕа Уолан Эрилик кырдьыгын көмүскэһэн, кыргыһыыга кыттан охтубут нуучча бухатыырын оруолун киллэрии уонна киниэхэ сахалар үтүө сыһыаннарын көрдөрүү оччотооҕу критика көрдөрбүллэригэр эппиэттээн, национализмҥа буруйданымаары, кылаассабай охсуһууну интернационалистическай көрүҥнүү сатаан оҥоһуллубут диир сыыһа. Бу поэт художник быһыытынан интуициятын күүһэ, кини, сахалыы эттэххэ, көхсүнэн сэрэйиитин кырдьыктааҕа, суруйар кэмнээҕи моральнай, психологическай атмосфераны кырдьыктаахтык ойуулаан, оччотооҕу историческай чахчыны сөптөөхтүк көрдөрүүтэ буолар. Бу саха омук быһыытынан атын омукка кырыга суоҕун, эйэлээх омук буоларын бигэргэтии.
* * *
Бүгүн Улахан Туймаада хочотугар Арылыас баай Айталы Куо албан аатыгар ыһыах ыспыт. Ыһыахха үс саха үтүөтэ мустубут, хаһаак, саха тоҕуоруспут, саалаах хоһууттар кэлбиттэр. Арылыас өрөгөйүнэн туолан воеводалыын сылдьар. Кини түһүлгэ киинигэр киирэр, үс киэргэллээх чороону ылар. Маҥнайгы чороону уолугар Дуолаҥҥа туттарар, атын чорооҥҥо кымыс куттарар, кими эрэ ыҥыттарар. “Тоҕус хотун дьахтар арыалдьыттаах (Тойон-хотун дьөһүөлдьүттээх) Айталы Куо иһэрэ көһүннэ: “Кини кими эрэ күүтэр, ыйытар курдук дьону кэрийэ одуулуур Дуолан кэлэн кыыска сүгүрүйэр, кымыстаах чороону уунар, кыыс киэр хайыһар, үөһэ тыынар. Айталы Куо бар дьонтон кими эрэ көрдүү, сураҕалыы түөлбэни иккиһин кэрийэн көрдө. Кини Уоланы тиһэх күнүгэр диэри күүттэ. Айталы Куо чороону көтөхтө, аргыый кими эрэ ааттаан уонна саҥата суох ытаата.
Тойон Дуолан баҕата дьэ туолан, Айталы Куо киниэнэ буолан:
“Айхал!” – диир кини уонна чороону
Уоһугар илтэ, дьолун иһээри.
Эмискэ ыраах халлаантан көһүннэ
Хааннаах оноҕос кылбааран:
Дуолан чороонун дьөлө көтөн ааһан,
Тойон сэргэҕэ хорохолонно…
Маныаха түһүлгэ айманна. Баай дьон уолуйан ыһыытастылар, арай дьадаҥы сахабыт “Кыайыы” – диэн окко ураатаата. Дуолан ол оҕу өр одуулаата уонна аҕатыгар эттэ:
“Ыһыах дьонун тарҕата оҕус!
Кэм кэллэ: Сэриилэргин мус!”
Ити уолан Эрилик ыппыт оноҕоһо тойон сэргэҕэ кэлэн хорохолонно.
Илин тыаҕа элэҥнэһэн,
Аргыый саҥарса бэлэмнэнэн,
Көстөр үгүс кыргыс дьонноро,
Саха толомон хорсуннара,
Санныга саадахтаах саалаах,
Илиигэ илбистээх үҥүүлээх –
Сэриигэ киирээри тураллара
Сэлэлээн түмсэн эрэллэрэ.
Бу курдук сорунуулаахтык кыргыһар өрүттэри утарыта туруортаан баран, поэт кыргыһы сирийэ суруйбат. Кыргыһыы героикатын айхаллыыр соругу тоҕо эрэ туруоруммат. Уолан Эрилигинэн үрүҥ саар уонна Арылыас Баай аньыыларын-хараларын саралыыр абалаах тыллары этитэн баран, түөлбэҕэ баара-суоҕа ити биир оноҕоһу түһэттэрдэ. Уонна:
“Ураатыы илэ кииристилэр,
Утарса иккиэн сырыстылар…” –
диэнинэн кыргыһы ойуулаан көрдөрүүтүн бүтэрэр. Оттон кини бу түмсүүнү, бу кыргыһы эппитэ дии:
Уонна саха Арылыаһы, саары
Манна утарар күүһүп түмтэ.
Маҥнай өстөөхтүүн өлөрсөөрү
Манна сэлэтии дьэ симтэ…
Аны ити сэлэни “биһиэннэрэ” уонна “кинилэр” диэбэккэ, иккиэннэрин биир тэҥник тутан “күлүктэр” диэн ааттыыр.
Онно бэйэлэрии кыҥаһа
Тураллар икки күлүктэр.
Биир дьиктитэ баар: кыргыһы ойуулууругар, кыргыс хонуутун көрдөрбөккө, эмиэ биир киллэһик хоһоону кыбытар, онно поэт бэйэтин аатыттан кыргыһар кырдьыктаахтарга туһаайан этэр:
Оо, ким эрэ курутуйуо дуо
Биирбит билигин сүтүө диэн?
Араҕаары туран саныыр дуо
Аан дойду, бар дьон туһа диэн?
Дьэ, ол кэнниттэн Таллан Бүрэ кыргыһыы хонуутун көрдөрөр. Манна кини талаанын харыстаммат. Киһини дьулатар, кэмсиннэрэр, киһи санаатын харыаһыннарар хартыыналары көрдөрүүнү поэма үһүс ырыатыттан саҕалаан, поэма төрдүс, бэһис ырыаларыгар тилийэ сүүрдэр. Уолан Эрилик “Уостубат ахсым уорун кыргыска уҕарытан, өһүөмньү бөлүөхпүт киэҥ көхсүн өлөрсүү дьайыгар дьайҕардан” элэмэс атыгар олорон, оонньоон-көрүлээн, ааспыт сирин-дойдутун кэрийэ хаамтарар, “кэрэ толооннору кэмсинэ, кубалаах хочолору” курутуйа ааһар.
Суос көрүҥтэн Уолан дьулайда:
Улуу Туймаада умайда…
Оо, дьулаан: үөр туруйа кыйан
Уҥуоргугун кыайан булбатах,
Тойон кыыл үөһэ-үөһэ көтөн
Тулатын хараҕа ылбатах,
Уйгулаах ол хотун эбэтэ
Унаар-тунаар аххан бэйэтэ,
Кыһыл төлөнүнэн силбиэтэннэ,
Уолуйда, кыланна, кыыста,
Хара буруоҕа ыраас өҥө
Хараҥаран түүнү кууста…
Умайар дьаарбайбыт аалай-нусхал
Арыы бэһэ, маҥан чараҥнара,
Умайар оонньообут күөгэл-наскыл
Долгуйар күөх хочолоро.
Умайар куруҥ тыаҕа саһар,
Сырсар сыспай сиэллээхтэрэ,
Умайар хочо аайы хотоһор
Хороҕор ураа муостаахтара…
Кыргыһыы хонуутугар Арылыас дьоно, хаһаахтар сиҥнэн сыталлара. Сыталлара Туймаада туйгун уолаттара. “Бу сытар тоҥус Дьэргилэ… (Кыраман дойдум дьэллигэ) Эрилик төҥкөйөн атаһын (Көрбүт хараҕын симнэрдэ) хонууттан куйаҕын, батаһын (Хомуйан тииккэ өйөннөрдө) Дохсун Доҕуһуол сытар. Уолан Эрилик доҕорун өлүгэр тиийэн сүгүрүйдэ, иэдэһин хаанын сэбирдэҕинэн сотто уонна өр одуулуу олордо).
Манна өйдөнүөн сөп автор поэма анабылыгар “Аптаах кырыыһа манна баар…” – диэбитэ. Поэт салгыы этэр:
Санаата элбэҕи-элбэҕи –
Эн биһи санаабаппытын,
Өйдөөтө үгүһү-үгүһү –
Үгүс үйэлэр таайбаккытын…
Турда, эмиэ өҥөйөн көрдө, иэдэһинэн уу субуруйар, булгунньах үрдүгэр ыттар аал дууп маска тиийэр.
Уонна ол киһи аал дууп маска
Сөһүргэстээн туран ытаабыт,
Саҥата суох устан, мутукка
Хааннаах саадаҕын ыйаабыт…
Ити Уолан Эрилик. Бэрт элбэх мунчаарыы, кэмсинии кэнниттэн, биһи баччааҥҥа диэри санаабатахпытын санаан, үгүс үйэлэр өйдөөбөтөхтөрүн өйдөөн, аны кыргыһыы, сэриилэһии сахалар ортолоругар мөккүөрү быһаарсар ньыма буолбатын диэн, хааннаах саадаҕын уһулла. Поэт этэр:
Онно Туймаада, сэгэрдэриэм,
Дьахтар буолан, аал дууптан түһэн,
Илин кэлин кэбиһэрдэрин
Тостубут кынаттыы сыһан,
Кэрэ сирэминэн киэргэппит
Киллэм киэҥ хонууларынан,
Кубаны, сүөһүнү үөскэппит
Хочолоох күөх куулаларынан –
Аргыый наскылдьыйа хаампыта үһү…
Алҕаан, ытаан ааспыта үһү…
Көстөрүн курдук, саха айылгыта кыргыһы сөпсөөбөт, эйэҕэ үөрэр, эйэни алгыыр. Бу эбитэ буолуо Таллан Бүрэ анабылыгар “Манна баар айыыһыт алгыһа”, – диэбитэ.
* * *
Кыргыс хонуутугар, уот оргуллаабыт булгунньаҕар таҥаһын, этин уокка салаппыт, атах сыгынньах хотун дьахтар иккилээх уол оҕотун түөһүгэр нуктата ытыы турар.
Үрдүк алтан өһүөлэрэ сиҥнэн, үтүө баайын уокка сиэтэн, соргута самнан оҕотунуун уоттан куотан бу Үчүгэй Өрүүһэ турар эбит. Тула уот сирилэччи умайар. Ити кэмҥэ элэмэс аттаах куйахтаах киһи оргул үөһэ ойутан таҕыста. Киһи атыттан түстэ, дьахтарга сүгүрүс гынна уонна уол оҕону көтөҕөн ылан ийэтин кытта мэҥэһиннэрдэ. Ол киһи оҕолоох дьахтары өлүүттэн, уоттан быыһаата, хас да хочолору быһа сүүрдэн туораата уонна атыттан түстэ. Кини икки атах сайыатыттан элбэхтик быыһаабыт атын оҕолоох дьахтарга биэрдэ.
Дьахтар кинини билбэтэ уонна бараары туран ыйыппыта:
Эн Эрилиги билэҕин дуо?
Кырасыабай дииллэр, кырдьык дуо?
Дьиэтигэр талба дьахталлары
Харыларыттан тиһэр диэн?
Суолугар өлбүт оҕолору
Үктэл оҥосторо диэн.
Куйахтаах киһи “Аарт-татай!” диэн саҥа аллайар. Дьахтар бэйэтин аатын этэр, махтанарын биллэрэр, куйахтаах киһиттэн аатын ыйытар, кини аатынан төрүүр оҕотун ааттыах буолар. Ону анарааҥҥыта этэр:
Кини дорҕоонугар суох үөрүү –
Кэнэн аналынан кини баай:
Киниэхэ баар үтүөнү үөҕүү,
Кэрэни холуннарыы киниэхэ баар…
Бу тылларга ааспыт олохтон кэмсинии, бэйэттэн кэлэнии иһиллэр.
Дьахтар оҕотунаан бараллар. Ол киһи кинилэр барбыт суолларын батыһа көрөн хаалбыта. Ол Уолан Эрилик. Кини хаан өстөөҕүн – Тойон Дуолан иккилээх уол оҕотун өлөртөн быыһыыр. “Бэйэҕиттэн эрэ буолбакка бэдэргиттэн кытта иэстэһиэм”, – диэччи Өһөхтөөх дьаллык умнуллар.
Кини «өтөх төҥүргэһэ, сурт кэриэһэ – эн кэнэҕэски сахалар төрүттэрэ буол» диэн оҕону алҕыы хаалбыт буолуон сөп.
* * *
Барык түүн. Уолан Эрилик Тойон Дуолан үрүҥ уоругар кэлэр. Алтан ааннара арыллан, дьиктитик аҥаһан көстөллөр. Хараҥа дьиэҕэ дьылыс гынар, халыр гына ааны сабынар. Үүс үктэллэр үрдүлэригэр соһуччу көрөр бүдүрүйэн ылар. Ый түннүгүнэн санааргыы тыгар. Ынырык дьүһүнү көрөр:
Симэхтээх хаар маҥан олбоҕор,
Сиргэ сиһик хаан болоҕор,
Дьахтар кэдэрги тайанан
Суһуоҕун долгунун тэлгэнэн
Аргыый манна өлөн эрэр,
Аргыый хааны ылан эһэр…
Уолан “этиҥ түспүт улуу маһыныы” өр саҥата суох көрөн турда, тиийэн “бааһырбыт кыыллыы” сэниэтэ суох нүрүйдэ уонна “Айталы Куо” диэн хаһыытаата, тобуктаан олорон ытаата”.
“Бу айылаах буолан сытабын,
Тоҕо кэллиҥ?.. Ыйытабын…
Эйигин бу кылгас үйэбэр
Көрсүөм ини санаабатаҕым,
“Симэхтээх-оһуордаах уйабар
Сэгэрбин кууһуом диэбэтэҕим…”, –
диир Айталы Куо уонна былыттаах таҥараҕа быкпакка, күннээх халлааны көрбөккө, өр хаайылла сыппытын кэпсиир. Түһээн күрээбитин, онно түүн “көмүс чолбоннорунан көхсө ыйы найаанныыр, эҥин сырдык толбоннорунан этэ барыта оонньуур” адьырҕа кыыл кини суолун күөйэн муҥнаабытын кэпсиир.
Уһуктан кэлбитим: Ааппын ааттыы,
Аргыый сиэхпиттэн тардыалыы,
Үчүгэй Өрүүнэ турара,
Өҥөйөн туран ыҥырара.
Истэрим: кини тугу эрэ
Имэҥирэн миэхэ этэрэ,
Уонна ол дьахтар ытыыра,
Хараҕын уута таммалыыра.
Ол этэ Арылыас кийиитэ.
Үрдүбэр күөрэйтэ, бадаҕа,
Салҕалыыр куба илиитэ,
Килбэйэр… саха быһаҕа.
Уолан сойбут уостары ууруу сатаата, алгыс туойан тириэрэ сатаата, кыайан быыһаабата, Айталы Куо өллө.
Манна мин биир кэнэн ыйытыылаахпын. Бу туох өллө?
Поэма бастакы ырыатыгар Эриликтээх Дуолан иирсээннэрин төрүөтүн Таллан Бүрэ бу курдук быһаарбыта:
Этиһии, иирээн төрүөтүнэн
Буолбут Туймаада талба кыыһа,
Айдаана аламай кэрэтинэн
Адаҕыппыт анньыыта суох дууһа…
Бу көннөрү этиһии, көннөрү иирсээн буолбатах. Бу иирээн. Маҥнай талба кыыһы былдьаһыыттан саҕалаан, оттон “баай”, “дьадаҥы” диэн өһүөннэһиини холбоон Уолан Эрилик уонна Тойон Дуолан иириэхтэригэр диэри өстөстүлэр. Кыа хааннаах кыргыһы тэрийэн, Туймаада туйгун уолаттарын кыргыс хонуутугар тэлгээтилэр, уйгулаах хотун эбэлэрэ – Улуу Туймаада оттуун-мастыын, киһилиин-сүөһүлүүн кутаа уокка умуста. Онуоха кыргыс төрүөтүнэн, кыргыс сылтаҕынан “аньыыта суох” Айталы Куону буллулар.
Айталы Куо өлөөтүн кытта поэт маннык тыллары эппиттээх:
Манна суостаах иирээн демона
Суланыаҥ, сонньуйуоҥ дуу?
Сэмэ-суҥха сэргэх уолана,
Сэмэлэнэ аныаҥ дуу?
“Суостаах иирээн” илбиһэ Айталы Куо сырдык тыынын быста. Онон бу Айталы Куо тус бэйэтин өлүүтэ буолбатах, бу иирээн, кыргыс төрүөтүн, бу иирээн, кыргыс сылтаҕын өлүүтэ.
Айталы Куону дьүөгэтэ Үчүгэй Өрүүнэ өлөрөр. Тоҕо кини өлөрдө? Күнүүлээн эбэтэр баайын-дуолун сүтэрбит абатыгар? Суох, оннук буолбатах.
Кыргыһар өрүттэр Айталы Куону кыргыс сылтаҕа, аньыы-хара төрүөтэ оҥостубуттарын иһин, аны кыргыс суох буоллун диэн, соҕотох уол оҕотун – аныгы айыы аймаҕын төрдүн быыһаары Үчүгэй Өрүүһэ Айталы Куону өлөрөр. Айталы Куо өлөөрү сытан этэр тылларыттан өйдөөтөххө “Куба илии” куһаҕаны оҥорбот. Айталы Куо хом санаата суох быстар.
Поэт этэр:
Өлбүт аатын ытааҥ бары!
Ытаа, үс үөстээх Өлүөнэ,
Ытаа, тулаайахсыйбыт Сайсары,
Ытаа, саадахтаах сахам бииһэ,
Ытаа, кылыстаах Көҥүл кыыһа!
Маны өс киирбэх, сирэйинэн өйдөөтөххө, ууга-уокка түһүөххэ сөп. Үс үөстээх Өлүөнэ, тулаайахсыйбыт Сайсары Айталы Куо өлбүтүн ис сүрэхтэриттэн аһыйаллар. Саадахтаах саха бииһэ, кылыстаах Көҥүл кыыһа кыргыс, иирээн төрүөтэ сүттэ диэн ытыахтарын сөп. Онон саха бииһэ уонна көҥүл кыыһа ыраас тапталларын, үрдүк көҥүллэрин чахчы ытыктыыр буоллахтарына, үйэтитиэхтэрин баҕардахтарына, саха бииһэ саадаҕын устуохтаах. Көҥүл кыыһа кылыһын быраҕыахтаах. Саадахтанан, кылыстанан да Айталы Куону быыһаабатылар.
Айталы Куо – Уолан Эрилик уолбат дьоло, ыраас таптала диэбиппит.
Кинини саат-самныы күнүгэр
Айыыһыт санааргыы айбыта дуу?
Киниэхэ – дьон иэйбит кэмигэр
Эрэлин, тапталын иэйбитэ дуу?
Ок-сиэ! Эн дьоҥҥо куһаҕаны,
Олоххор дуу оҥорбутуоҥ?
Биитэр эн буруй төрүөтүнэн
Төрүүр күҥҥэр этиллибитиэҥ?
Таптал саат-самныы күнүгэр анаан айыллыбат, таптал буруй төрүөтэ буолар анала суох. Баччааҥҥа диэри поэмаҕа иирээн, кыргыс аньыы, буруй курдук көстөн кэллэ. Онон саха олоҕор кыргыс туоҕунан да сирэйдэнэн үөскээбитин иһин улахан аньыы, улахан буруй. Ону талыы талба дьахтары да таптыыргынан ийэ буоргун, бар дьоҥҥун да таптыыргынан сирэйдэнэн үөскэтэриҥ сыыһа. Ол саха айылгытыгар, кини сиэригэр-туомугар, майгытыгар-сигилитигэр баппат, утары быһыы.
“Аан дойду, бар дьон туһа диэн” саныыр омук, ону өйдүүр омук кыргыһар кыдьыгын умнуохтаах.
Бырастыы ньии, кылгас үйэбэр,
Үтүө, кэрэ бэйэҕэр
Хоргуппаттыы, умнубаттыы,
Төннүбэттии бырастыы…
Бу Таллан Бүрэ Айталы Куолуун бырастыылаһар, кини иирээн, кыргыс төрүөтэ буолуута – төннүбэттии, кини үтүө кэрэ бэйэтин – умнубаттыы, поэт маннык дьэбирдик кинини толук биэриитигэр – хоргуппаттыы. Этиллибит идея сыаната ыарахан, бэйэтэ да дириҥ уонна сырдык.
* * *
Поэма маҥнайгы биэс ырыатын устатыгар Уолан Эрилик Тойон Дуоланныын иирсээннэрэ, кинилэр тус бэйэлэрин эрэ мөккүөрдэрэ буолбакка, эмиэ да дьадаҥы баайы утары, эмиэ да саха үрүҥ саары, дьаһаагы утары үҥүүлэнэн-батастанан утарыытын, охсуһуутун курдук көрдөрүллэн кэллэ. Ону поэт хайҕаллаах, геройдуу быһыы курдук буолбакка, аан дойду, бар дьон иннигэр оҥоһуллубут аньыы-буруй курдук көрдөрөн, саханы саадаҕын уһултарда. Саха олоҕор кыргыһы төрдүттэн суох гынар санааттан, саха кэлэр кэскилин араҥаччылаан, били бэйэлээх бүттүүн саха ыраас тапталын курдук көрдөрбүт, сарсыардааҥҥы күн сарыалыгар тэҥнэммит, “ылламматах ыраас ыра курдук туналҕаннаах ньуурдаах”, “аньыыта суох” Айталы Куону, кини иирээн, кыргыс төрүөтэ буолтун иһин Үчүгэй Өрүүһэни өлөттөрдө. Онон поэмаҕа утарсар күүстэр мөккүөрдэрэ бэһис ырыанан түмүктэннэ. Билигин сүрүн утарсыы, сүрүн мөккүөр Уолан Эрилик бэйэтин иһигэр хаалла.
Үйэлэр тухары киһи аймаҕы буулаабыт кыргыһар кыдьык, кыргыс илбиһэ сахаҕа иҥпитэ араҕан биэрбэт. Оттон ыраастаныы, кыргыһар кыдьыктан, кыргыс илбиһинэн быыһаныы уустук унньуктаах мөккүөрэ поэма алтыс ырыатыгар көрдөрүллэр.
Поэт эт-сиин өттүнэн чэбдигирэр, өй-санаа өттүнэн ырааһырар дойдута хоту халлаан, хоту байҕал. Онно барыта ыраас, барыта чэбдик, киһини уоскутардыы чуумпу. Сарыал хайа төбөлөрө күлүмнүүллэр, үөр сулустар арыаллаһа үмүөрүһэн үҥкүүлүүллэр, айылҕа сытар тугу эрэ иһиллии, ый ыйдаҥатын сиргэ кута үөмэр үөһэттэн чуҥнуу.
Оо, онно илэ кимим эрэ
Муоралыын илэ сипсиһэр,
Үҥэрэ аргыый кимим эрэ…
Ким кэлэн ыйдаҥа сырдыгар,
Хоту Байҕал үрдүгэр,
Оһохтоох бэлэҕин биэрэрий,
Үөһэ ууналыы турарый?
Ити айыылаах-буруйдаах “Уолан Эрилик “айыылаах суолун тиһэх күнүгэр” аргыый анньыытын этинэр:
Иэдээннээх санаанан
Эйэлээх биистэргин
Иирдээри булбатым,
Атааннаах дьайыынан
Ахса суох уустаргын
Аймаары кэлбэтим”, –
диэн Уолан Эрилик ыраас санаалааҕын Улуу Байҕалга этэн баран, “айыылаах суолун тиһэх күнүгэр” Хоту Байҕалга “өһөхтөөх бэлэҕин” биэрдэ. Ол туох бэлэҕий?
Уонна киһи ылан бырахта
Киһини. Ахсым долгунум
Аймаһыйа аһара турда
Анньыылаах саха бэлэҕин.
Поэмаҕа кэпсэнэр үйэ үгэһинэн илбиһи ойуун кыырдан таһаарыахтара эбитэ дуу биитэр аньыыттан илбистэн быыһана сатаан аал уоту аһатан алгыс этиэхтэрэ эбитэ дуу? Эбэтэр, олоҥхоҕо буоларыныы аньыылаах-харалаах киһини өлүү уутугар сөтүөлэтиэхтэрэ эбитэ дуу, биитэр айыы намыһын удаҕаттарынан алҕатан, абылатан ыраастыахтара эбитэ дуу? Ону поэт судургутук быһаарар. Кыргыһар кыдьыктаах, илбис иҥмит “айыылаах-буруйдаах” Уолан Эрилик хоту Байҕалга быраҕыллар. Ол анньыылаах саха бэлэҕэ онон саха бииһэ аньыыттан-буруйтан букатыннаахтык ыраастанар, сааадаҕын устар, кыргыһар кыдьыгын быраҕар.
Ити курдук Таллан Бүрэ саха эйэлээх омук быһыытынан буһан-хатан тахсыытын көрдөрөр уонна саханы эйэлээх омук диэн быһаарар. Ол дьиҥ кырдьыга XVIII-XIX үйэлэргэ көстүбүтэ.
Поэт былыр аньыыны-буруйу билбэтэх эйэлээх оҕо саас баара, ол кэриэһэ тэпсилиннэ диир санааны этэриттэн көрдөххө, саха эйэҕэ тардыһар өйө-санаата, майгыта-сигилитэ бэрт элбэх үйэлэр усталарыгар иитиэхтэнэн үөскээбит майгыннаах. Ол сибикитэ олоҥхоҕо көстөр курдук. Олоҥхо киэҥник кэрэхсэнэр буолла, кини улуу омуктарга тарҕанна. Анаан дьарыктанар, анал үөрэхтэнэр эйэ тыына олоҥхоҕо баарын булан быһаараллара саарбаҕа суох.
Саха эйэҕэ дьулуһар өйө-сайаата бэрт элбэх эриири-мускууру XX үйэҕэ көрүстэ. Ону поэма сэттис, ахсыс ырыаларыгар уонна эпилогар көрүөҕүҥ.
Күн-дьыл ааста. Хоту байҕал. Хайа тэллэҕин кэккэ ураһалар кэчигирэһэн киэргэтэллэр. Онно аарыма хайаларын тэллэҕэр, аламай күннэрин уруйдаан элбэх дьон үҥкүүлээн эрэллэр.
Ыллыыллар. Ураһа таһыгар таҥаһа-саба тырыттыбыт биллибэт дойдум киһитэ кэлгиллэн олорор. Оҕолор арахпакка хаадьылыыллар, уора-көстө тааһынан тамныыллар. Онуоха киһи кэлгиэлэрин төлүтэ тыыллаары мөхсөр. “Арыт санаалаах харахтарын сандал чыпчаалларга быраҕар”. Иннигэр “маҥан тайахха тэптэрэн, аймах тоҥус баһылыга, аарыма хаан” ытык кырдьаҕаһа Айала турар. Кини тоҥус ааттааҕа, халлаан сулуһунан табалааҕа. Кырдьаҕас маҥан тайаҕынан сиргэ тугу эрэ ойуулуур уонна бу киһиттэн ол-бу туһунан ыйыталаһар:
“Тыый, ким диэн киһи этиҥиний,
Хантан хааннаах киһигиний?
Көрдүм: бухатыыр бодолооххун,
Өйдөөх үтүө мөссүөннээххин.
Ылыҥ кэлгиэтин холкутатыҥ,
Утаҕар уута ыймахтатыҥ”.
Киһи кэпсиир, кырдьаҕас сэргии истэр. Киһи кэпсии олорон, кырдьаҕаһы уолуйа көрдө, саҥа аллайда, онтон оҕолуу куру-сары буолла. Кырдьаҕас “тугуй?” диэн арыалдьыт дьонуттан ыйыталаһар уонна бу муҥнаах киһини аһына саныыр.
Былыр, дьон көҥүлүн көрдөһөн
Баайы, саары утарыыта,
Өлүү, өһүөмньү утаҕынан
Өлөрсө тиһэх киириитэ,
Бадаҕа… инники кэккэҕэ
Мин эмиэ иһэр этим,
эрдэ туран, иһэр үйэҕэ
Эрдэ иэспин биэрбитим.
Бу Уолан Эрилик хоту тиийэн тутуурга олорор. Кини бэйэтэ билинэринэн дьоннор көҥүллэрин көрдөөн баайы, саары утаран, өлөрсө тиһэх киириилэригэр инники кэккэҕэ испит, эрдэ туран, иһэр үйэҕэ эрдэ иэһин биэрбит, тиһэх көлүөнэ революционер буолуон сөп. Өлүү, өһүөмньү утаҕын ыймахтаспытын санатарыттан сылыктаатахха, киниэхэ дьиҥ чахчы классовай охсуһуу илбиһэ түспүт, имэҥэ иҥпит. Ол урут хаһан да Уолан Эриликкэ түһэн көрбөтөх илбис, иҥэн көрбөтөх имэҥ.
Ити “өлөрсө тиһэх киирсиини”, атыннык эттэххэ революцияны, “былыр” диириттэн өйдөөтөххө, бу Уолан кэлгиллэн олорор кэмэ, гражданскай сэрии диэки дуу, биитэр ол кэннинээҕи дуу кэм буолуон сөп курдук. Ону автор чуолкайдаабат, ол кини бу поэманы айарыгар туттубут ньымата буолуон сөп.
Таллан Бүрэ бу поэманы суруйарыгар киэргэтэн көрдөрүүнү, омуннааһыны (гиперболаны) киэҥник туттар. Ол курдук, Арылыас баайы үрүҥ уоруктуур, алтан аанныыр, сэргэлиир, кыргыс хонуутун кырааскатын ордук хойуннаран дьулаан көрүҥнүүр. Оттон бу аарыма хаан ытык кырдьаҕаһын – Айаланы маҥан тайахтаан, арыалдьыт дьоннордоон, халлаан сулуһунан табалаан, оттон бииһин ууһун көҥүл босхо олорор, көр-нар аргыстаах биис ууһун курдук ойуулаан көрдөрөр. Син ол кэриэтэ поэт Уолан Эрилиги өлбөт үйэлээн, үс-түөрт үйэни тилийэ сүүрдэр. Ол иһигэр, поэма хабар үйэлэрин күнүн-дьылын соруйан чуолкайдаабакка, былыр буолан ааспыт биир түбэлтэни, биир киһи соҕотох муҥур олоҕо сурулларын курдук өйдөбүлү үөскэтэр. Ити киниэхэ бэйэтин иннигэр туруоруммут концепциятын – сахалар уонна атын олохтоох омуктар эйэҕэ тардыспыт өйдөрө-санаалара саҥа үөскээбит үйэҕэ хайдах эриллэн-мускуллан, хайдах сатаан көмүскэнэн ийэ бэйэтинэн хаалыытын көрдөрөрүгэр көмөлөһөр. Уонна ити поэт Октябрьскай рсволюция кэнниттэн буолан ааспыт содуллаах түбэлтэлэргэ бэйэтин сыһыанын саһыаран этэр ньымата буолуон эмиэ сөп.
Уолан дьүөрэлии көрөн, кырдьаҕастан ыйытар: “Эн Дьэргилгэ аҕатаҕын дуо?” – диэн. Кырдьаҕас кылана түһэр, сэниэтэ суох охтор. Дьэргилгэ – ол кини соҕотох оҕото, соҕотох эрэлэ этэ. Кини быһыйа, дьүһүнүнэн кэрэтэ, бу киһи курдук эдэрэ, бу киһи курдук дохсун этэ. Ол бэйэтэ күн көҥүлүн көрсүһэ, көҥүл санаатын батыһа, төрөөбүт сириттэн барбыта, кыргыс хонуутугар охтубута. Айала кырдьаҕас оҕотун дириҥник аһыйар, ытыыртан, ыар санааттан муҥатыйар, ыарытыйар. Кини бу тутуурдаах киһини оҕотун курдук саныыр, оҕом доҕоро диир.
Ол эрээри босхо бардаҕына,
Төлө туттаран куоттаҕына,
Эйэлээх дойдубун иирдиэ диэн,
Аймах уустарбын аймыа диэн,
Кинини ылбыта мэктиэҕэ,
Үс сыл тухары кэлгиэҕэ
Аһатан-иитэн олорбута,
Атаҕастаабат да этэ.
Дьэ дьикти! Били биһи патриархальнай, общиннай олохтоох кыра омуктары хас даҕаны историческай формацияны нөҥүөлэтэн сайдыылаах социализмҥа киллэрдэ диэн ааттаабыт революциябыт тыынын Айала кырдьаҕас “Эйэлээх дойдубун иирдиэ диэн, аймах уустарбын аймыа диэн”, – бэйэтин ыырыгар киллэрбэт.
Поэт бу кэнниттэн Айала кырдьаҕас уонна Уолан Эрилик сыһыаннарын тоҕо эрэ ситэри кэпсээбэккэ, поэма сэттис ырыатын дьикти судургутук түмүктээн кэбиһэр. Кини, сөптөөх санааны уһугуннардым диэбиттии, ити үөһэ этиллибити кэҥэтэ-уһата сатаабат. Дьиҥинэн бу арыый киэҥник өйдөнөр кэмэ кэллэ. Айала кырдьаҕас “Уоланы босхо ыыттахпына, кини дьаллыга тарҕанан, дьоммун-сэргэбин олорчу сутуйуо”, – диэн сэрэнэр бадахтаах. Ол оруннаах. Ити дьаллык наһаа киэҥник уонна түргэнник тарҕанарын биһи билэн турабыт. Ити илбис, ити имэҥ киһини иирдэр күүһэ, хайа да ыарыытааҕар күүстээх.
Оттон ол ииригирии наһаа күүстээх, күөттээһиннээх. Дэлэҕэ даҕаны оҕо аҕатын утары, убай быраатын утары, сиэн эһэтин утары туруо дуо? Ол аптаах кырыыһа буолара чахчы.
* * *
Таллан Бүрэ поэма ахсыс ырыатын сүрдээх абатыйыылаах, кэмсиниилээх туруору ыйытыыларынан саҕалыыр:
Ким бу иринньэх сүрэхтээҕи
Имэҥинэн толороруй?
Ким эмиэ быстах айыылааҕы
Быстыбат муҥҥа тэбэрий?
Уонна тоҕо барытын
Тута онно мэлдьэһэрий?
Тоҕо кини сырдык ыратын
Күөрт ыт күлүүтэ гынарый?..
Иринньэх сүрэхтээх уонна быстах айыылаах ити биһи – сахалар уонна Айала аймах биистэрэ. “Ким?” – диэн ыйытыыга автор судургу хоруйу оҥорор, “Ол киһи эмэгэт курдук дуу”, – диэн буруйу олоччу Уолан Эриликкэ түһэрэр. Ол оруннаах – Уолан Эрилик революция бэлиэтэ.
Таллан Бүрэ “Уолан Эрилигин” суруйарыгар революция содулларын сирэ-тала сатыыр соругу туруорумматах майгыннаах. Бу, үөһэ этиллибит тыллартан сылыктаатахха, кини бэйэлэрин историческай сайдыыларын сөптөөх таһымын ситэ илик иринньэх сүрэхтээхтэри илбиһинэн толорон, саа-саадах күүһүнэн история аналлаах олуктарын куоһаттара сатааһын быстах айыылааҕы быстыбат муҥҥа тэбэ сатааһын курдук көрүүтэ поэт кыргыһы, хаан тохтуутун утарарын эрэ сиэринэн көрдөрүллэр. Ол да санаатын бэркэ сатаан эттэҕинэ өйдөнүөхтээҕэ. Ону кини сатаабыт. Уолан туһунан сэттис ырыаҕа ситэ эппэтэҕин бу ахсыс ырыаҕа этэр. Манна Уолан Эрилик көннөрү киһиттэн туох уратылааҕа, кини кимэ-туга чуолкайданар, ол да бэркэ сэрэнэн илии уһугунан оҥоһуллар.
Поэт этэринэн, Уолан “сир айыыларыттан кэлэйэр, халлаан алгыһын сэргээбэт… киһини мэлдьэһэ сатыыра, киһи унньуктаах олоҕун, киһи диэн кэрэгэй аналын бу уолан киһи сэмэлиирэ, бар дьон дьылҕатын сиилиирэ… Автор Уоланы “өлүүгэ өргөстөммүт, самныы-кыайыы демона”, – диэн ааттыыр. Дьэ, чахчы, өлөрүн утуйарга холуор диэри илбиһирбит, кыаҕын таһынан сорук туруоруммут революция саллаата. Ол эрээри, үйэлэр тухары иитиэхтэнэн үөскээбит олоҕу уларыта тутар улуу мөккүөр киһи аймах “унньуктаах олоҕун сэмэлээһинтэн”, “бар дьон дьылҕатын сиилээһинтэн” тахсыбыта саарбаҕа суох уонна ол улуу мөккүөргэ дьон күүстээх өйдөөхтөрө, модун санаалаахтара илбиһирэн, имэҥирэн туран кыттыбыттара мэлдьэһиллибэт. Ону поэт сиэрдээхтик быһаарар.
Ааспыт атааннаах суолларын өйдүү
Арай мин аһына саныырым,
Кэлэйэ дуу, курутуйа дуу
Киниттэн мин санньыйарым.
Ааҕааччыа, ол айылаах киһи
Аньыыта суох суолун таайдым:
Ол идеальнайа суох үйэ
Идеальнай иччилиин хааллын!
Манна поэт төһө да Уолан ааспыт атааннаах суолларын ырытан, өйдөөн баран, кинини аһына саныырын, киниттэн кэлэйэ дуу, курутуйа дуу санньыйарын биллэрбитин үрдүнэн, бар дьоҥҥо үтүөнү баҕаран, олоҕу уларыта тутар соругу туруорунуу аньыы буолбатаҕын билинэр, “ол идеальнайа суох үйэ идеальнай иччилээх” буоларын кытта сөпсөһөр уонна ону уһата-кэҥэтэ ырыппат, оннооҕор ону кытта бэл ааҕааччыны аахсыһыннара сатаабат баҕалааҕын таайтарар. Онон поэт ол идеальнайа суох үйэ олоҕу уларыта тутар иһин охсуһууларын кырыктаах, кыргыстаах эрэ өттүн утарарын биллэрэр.
Биирдэ, Айала аһынан Уоланы босхолообут. Уолан иккистээн төрөөбүт. Онтон ыла киһилэрэ онон-манан кэрийэр: арыт хайалары дабайар, арыт аппаҕа саһар, арыт байҕалы одуулуур…
Сандал чыпчааллартан көрүлүү садырыын уута түһэр. Ити үрүйэ байҕалга дьулуһан барылыы устар. Үрүйэ сарадах буолан кумаҕынан түһээри хаайтарда, санааргыы, халыҥныы сытта. Онно Уолан кылыһынан кумаҕы хоро турара. Кини мунчаарбыт үрүйэни муораҕа түһэрэрэ. Үрүйэ онно үөрэн-көтөн сылдьыгырыы-кылдьыгырыы, күн хараҕын уутун төлөнө буолан, көрүөлүү сырдыы устубута… Уолан ону батыһа көрөн хаалбыта, “айылҕа айымар көҥүлү айдаҕым ээ”, – диэн үөрбүтэ. Уолан билигитэ туох барыта көҥүллүк устуохтаах, дьулуруйуохтаах бохсуллуо, хаайтарыа суохтаах диэн тыллааҕа манна санатыллар, ол кэлин хайдах буолтун ааҕааччы билэр.
Итинтэн Уолан тиллэр, эмиэ “оһоллоох суолларын өйдүүр.., иирээннээх санааларынан эмиэ санаата харар, алдьархайдаах дьайааннары ахтан, ыалдьан барар”.
Онтои ылата кини кучуйара,
Айала дьонун угуйара
Ыраах, дьикти дойдутугар,
Иирээн, өһүөн уйгутугар…
Кини эһиэхэ биэриэм диирэ
Кэмэ-кэрдиитэ суох дьолу,
Эһиэхэ мин иэйиэм диирэ
Эрэли, үрдүк көҥүлү.
Оччоҕо дьон киниэхэ эмиэ
Кэлэн сипсиһэн баартара.
Киэҥ араллаан төлөнө эмиэ
Кистэлэҥинэн улаатара.
Кэмэ-кэрдиитэ суох дьол, үрдүк көҥүл киһи аймах үйэлэр тухары баҕарбыт баҕата, дьулуспут дьулуура. Аймах-билэ дьонноругар дьолу, үрдүк көҥүлү биэрээри, олоҕу уларыта тутар улуу мөккүөрү мөккүһэн, дьон күүстээх өйдөөхтөрө, модун санаалаахтара алдьархайдаах дьайааннары ахтан, иирээннээх санаанан санаалара харан, оһоллоох суолу тутуһан, иирээн, өһүөн уйгутунан туолан, ити араллааҥҥа кучуллан, кыайтаран да, кыайан да турбуттара, түүл-бит курдук буолан хаалла.
* * *
Таллан Бүрэ гражданскай сэриини, кулаахтааһыны-холбоһуктааһыны, үгүс репрессиялары тумнан быһаччы Аҕа дойду сэриитигэр аҕалар.
Этиҥ ньириһийэр. Байҕал, үөһэ былыттар усталлар. Онно ыйдаҥа сырдыгар аалыылаах охтор килбэйэллэр. Байҕал үрдүгэр сүүһүнэн хорсуттар тобуктаан тураллар. Бу Аҕа дойду сэриитигэр баран иһэр саха буойуннара Байҕаллыын бырастыылаһа тураллар. “Кинилэр үгүс үйэлэргэ” бырастыылаһаллар, “биллибэт суолга алҕаталлар”. Манна эмиэ Байҕал үөһэ Уолан санаанан туолан турар, ырааҕы одуулуур, хараҕыттан уу таммалыыр. Айманар. Илиитигэр, ача оттоох, саҥата суох ачатын үргээн Байҕалга быраҕар.
Саха саллааттара сэриигэ барыыларын Таллан Бүрэ сүрдээх өрө күүрүүлээхтик суруйар, онтон атын буолуох туһа суох, ол оччотооҕу кэм көрдөбүлэ.
Барбыттара кинилэр соҕуруу,
Дойдуну күөгэлдьиччи үктээн,
Илбистээх тойуктар өрүү
Ийэ сир үрдүнэн сатараан.
Ол да иһин, оччолорго биир саллаат авторга суруйбут эбит: “Синиэлбит сиэбигэр укта сылдьан, сэриигэ киирбит кылгас сынньабылбытыгар ааҕан адьырҕа өстөөхтүүн охсуһууга күүс-күдэх ылабыт”, – диэн. “Талба Өлүөнэ тойуксута” – С. Тумат, П. Харитонов. (“Эдэр коммунист”. 1979 с. тохсунньу 28 күнэ). Манна эбии эттэххэ, саха биир кырдьаҕас советскай-партийнай үлэһитэ В.Е. Колмогоров “Поэт Т. Сметанин сэриигэ барарыгар соҕотох “Уолан Эрилиги” сиэбигэр уктан барбыта”, – диэбитин мин умнубаппын уонна ис сүрэхпиттэн итэҕэйэбин. Поэмаҕа этиллэр Байҕаллыын бырастыылаһыы тыллара, оччолорго өлөрө-тиллэрэ биллибэт, сэриигэ киирээри турар саллаакка аба-сата уотун сахпат буолуохтарын сатаммат. Кинилэр сэриигэ киирээри туран, бэйэлэрин дойдуларын иһин, норуоттарын иһин хаһан да халбаҥнаабат ыар иэстэрин толуйаары турар курдук санаммыттара итэҕэйиллэр. Поэт ону бэркэ билэр, кини ол туһунан бэртээхэй хоһооннордоох. Ол иһин кини бэйэтин иннигэр туруоруммут кыргыһы, сэриини утарар концепциятын манна кэлэн сүрдээх сэрэхтээхтик арыйар.
Ааспыт сэрии биһиэхэ эрэ буолуо дуо, биһигиннээҕэр улахан, кыахтаах Европа, Азия, Африка норуоттарыгар аптаах кырыыһын курдук дьайан, олору аймаабыта, алдьарыппыта биллэр. Оттон биһиэхэ, сахаларга, автор этэринэн быстах айыылаахтарга, быстыбат муҥҥа тэбииттэн атын буолуон табыллыбат. Онон ити сэрии биһиэхэ аптаах кырыыһын курдук көрүллэрэ сиэрдээх.
Автор Уолан Эрилиги бу сэриигэ аҕалан, “Уолан” эрэ диэн ааттыыр, Эрилигин тоҕо эрэ кистиир. Оттон эпилогар төһө эмэ Уолан Эрилик туһунан кэпсээн барара өйдөнөрүн үрдүнэн, кини аатын ааттаабат. Ол автор саһыаран суруйар ньымата.
Ити курдук Уолан Эрилик хас эмэ үйэлэр усталарыгар охсуспут охсуһуутун аньыы-буруй курдук көрөн, Таллан Бүрэ поэма эпилогар маннык этэр.
Уонна Дьылҕа кинини кыраабыт
Буруйун-аньыытын иэһигэр,
Будулуйар долгунум үөһүгэр
Киһи… очуос буолан хаалбыт,
Дьылҕа ол киһиэхэ эппиттээх:
Эн тылгынан икки атахтаах
Кэнэҕэс эйигин билбэтин диэн,
Кэнэн ааттаргын эппэтин диэн…
Поэт этэринии, икки атахтаах олоҕор аны кыргыс, сэрии суох буоллун диэн, кыргыс сэрии диэн тыл аны туттуллубатын диэн, ол туһунан өйдөбүл ааттыын сүттүн диэн дьылҕа оннук дьаһайбыт. Ол эрэ буолуо дуо?!
Поэт салгыы этэр:
Оннук очуос Өлүөнэҕэ баар ээ:
Умнуллубут титаным курдук
Аата суох, албана суох, кырдьык
Аҥардас санааргыы турар ээ…
Дьэ, ити, аата суох, албана суох… Биһиги бүгүҥҥү олохпут түүйүллүбүт курдук дии. Революция хара маҥнайгы күннэриттэн кыргыс, кыдыйыы, сэрии дугуйданан, олохпут ис уонна тас өттүлэригэр наар өстөөҕү көрдөөн, арбанан аатыран – суоһурҕанан, аан дойдуну үтүлүк иһигэр үмүрү тутуох курдук сананан олорбуппут баара – ханнаный?! Буолар буолбутун кэннэ өйдөөтөххө, бу поэмаҕа биһиги олорон ааспыт олохпут трагическай опыта көстөн ааһар курдук дии. Ол оруннаах. Поэт Уоланы: “Сир айыыларыттан кэлэйэр, халлаан алгыһын сэргиэбэт… Киһини мэлдьэһэ сатыыра. Киһи унньуктаах олоҕун, киһи диэн кэрэгэй аналын бу уолан киһи сэмэлиирэ, бар дьон дьылҕатын сиилиирэ”, – диэн этэр. Уолан бэйэтэ “Үрдүк аналбын умуннум…” – диир, ол аата кини киһи быһыытынан, киһи айылҕаттан аналын умнубут. Уолан ити сыһыана революция иннинээҕи олоххо сорох өттүнэн сөп да эбит буоллаҕына, итинник сыһыан революция кэнниттэн кэлбит саҥа олоххо өссө сэтэрээн, салҕанан барбыта. Киһи айылгытын, киһи айылҕаттан аналын билиммэт буолуу сүнньүнэн икки көрүҥнээҕэ. Биһиги системабыт, кини идеологията киһи тус-туһунан өйдүүр өйдөөх, саныыр санаалаах буолуутун билиммэккэ, киһини барытын биир бэйэтэ билэр халыыбыгар түһэрэ сатаан, биирдик тыыннара сатаан өй-санаа буомуруутун, иринньэгириитин, уһугар муҥурданыытын, киһи эттиин-сиинниин, быһыылыын-майгылыын иинэҕэс, өһүллүгэс буолуутугар тиэрпитэ. Элбэхтэн биир холобуру ылыаҕыҥ. Горбачев “перестройката”, “гласноһа” өрөгөйдүү сайдан эрдэҕинэ, биһи сахалар бүгүҥҥү уоламмыт “гласность” диэн тылы хайдах сахалыы тылбаастыырга төбөтүн үлтү сынньыбыт. “Гласность” диэн тыл термин буолан аан дойдуга тарҕаммыт тыл, кини дьиҥнээх суолтатын, өйдөбүлүн омук барыта билэр. Ону, бу сахаларга аһаҕастык кэпсэтии диэн өйдөөтөххө, саха айаҕа аһыллан, аан дойдуну аймыа диэн, биһиги Уоламмыт күөмэйин оҥостон, моонньун күөкэҥнэтэн, төбөтүн дьалкыҥнатан баран, “иһитиннэрэн, биллэрэн иһии” диэн тылбаастаабыт. Ол аата саха, ыйытыы кэпсэтии биир өттө эбит буоллаҕына, ыйытар да бырааба суох, Уолан тугу уонна хайдах иһитиннэрэрин, биллэрэрин истэн, иһийэн олоруохтаах, кэпсэтэр да бырааба суох. Бу буолар киһини сэнээһин, киһиэхэ эрэммэт буолуу, киһиттэн куттаныы. Дьэ, бу маннык Уоланнар саха өйө-санаата сайдыытын иилээн-саҕалаан олорбуттара. Маннык Уоланнар киһи аймаҕы сүөһү курдук үүрэ эрэ сылдьар кыахтаахтар уонна онно эрэ дьоҕурдаахтар. Аны олорбут олох бүгүҥҥү ыарахаттара дьон айаҕа аһыллан, киһи көҥүл баран үөскээбитин курдук туойаллар.
Марксизм теориятын төрүттэспит үөрэхтээх этиитинэн, киһи кыыллыҥы эрдэҕинэ, кини илин лабаалара илии атах буолартан босхолонон, тутар-хабар, дьайар илии буолуулара киһини киһи оҥорбута үһү. Онон киһи сүөһүттэн, кыылтан уратыта, кини өйүн таһынан, иэҕэйэр икки атахтаммыта уонна илиилэрдээҕэ буолар. Аан дойдуга айылҕа сатаан оҥорботох, айбатах туох баар үчүгэйин, баайы-дуолу оҥорооччу, айааччы киһи илиитэ. Киһи илиитэ тугу оҥорботоҕо, тугу айбатаҕа баарай, сөптөөх усулуобуйа, көҥүл баар буоллаҕына, өссө тугу оҥоруо биллибэт. Илии сатала, илии дьоҕура бу манан муҥурданар диэн ким этиэн сөбүй?
Хас биирдии киһи илиитэ дьоҕурунан, саталынан, күүс-күдэх өттүнэн кыаҕынан тус-туһунан. Биһи системабыт ону тэҥнии сатаабыта кыайтарбакка, дьоҕурдаах илии дьоҕурун сүтэрдэ, сатыыр илии сатаабат буолла, кыахтаах илии кыамырда. Ол иһин киһи барыта салаҥ, бороҕой, дьалаҕай туттууланна, онно сөптөөх дьиэлэннэ-уоттанна, астанна-таҥастанна, күөт ыт күлүүтэ буолла.
Илии – киһи айылҕаттан бас билээччи буоларын туоһута. Киһи бэйэтин илиитинэн оҥорбутун бэйэтэ бас билэр, илиитигэр тутар эрэ буоллаҕына, ол илии үчүгэйдик оҥорорго, элбэҕи оҥорорго, өссө эбии оҥорорго дьулуурданар. Оттон тус-туһунан дьоҕурдаах саталлаах, кыахтаах илиилэр оҥорбуттарын холбоһуктаан баран, ким эрэ атын, онно сыһыана суох киһи тэҥнээн, түҥэтэн биэрэр буоллаҕына, киһи илиитэ оҥоһуллубуту алдьатааччы, уорааччы, талааччы буоларын, биһиги дойдубут олоҕун трагическай опыта көрдөрдө. Онно буруйдаах киһи айылҕаттан аналын умнубут, биһигини иилээн-саҕалаан олорбут идеология. Ол иһин кинини дьылҕа кыраан, будулуйар долгун үөһүгэр очуос таас буолан, аата суох, албана суох, аҥардас санааргыы турар. Онно поэт этэринэн… Ким эрэ кэмсинэ түүн үөһэ ыттар… Онно түүнү быһа илэчийэр ыйым ыһыаҕа, күнүм көрө, …ирээн-болот килбэчийэр, ааттаһар кимтэн ким эрэ…”
Бу баһан этии буолбатах. Поэт кэлин: “Мин сүрүм эрэйи испитэ, өлүк буолан өр сыппыта”, – диэбиттээх. Ол оччотооҕу идеологияҕа сыһыаннаах уонна бэрт өртөн иитиэхтэммит санааны быктарыы буолар. Онон кини бу айымньытыгар олоххо бэйэтин сыһыанын, ырааҕы өтө көрүүлэрин санатан ааһыан сөп. Ол кини айар үлэһит быһыытынан интуицията күүһүттэн, көхсүнэн сэрэйиитэ кырдьыктааҕыттан тутулуктаах.
Атын өттүттэн көрдөххө, чахчы улахан талаан олох ис кырдьыгын дириҥник тиэрэ ууран көрдөрөр кыахтаах буоллаҕына, соҕотох тус бэйэтин өйдөбүллэрин өттөйбөтөҕүн да иһин, оннук үрдүк уус-уран таһымнаах айымньы образтара ааҕааччыга араастаан тиллэллэр уонна күнүттэн-дьылыттан көрөн, автор эппит санааларынааҕар ордук күүстээх санаалары, өйдөбүллэри уһугуннарыахтарын сөп диэн этээччилэр. Онон, хайа да өттүттэн көрдөххө, бу поэма кэтэх дьайыылара уһугуннарар санаалара киэҥнэр уонна дириҥнэр.
“Уолан Эрилик” сүрүн ис кырдьыга – сэриини утарыы уонна эйэни айхаллааһын. Кини сахаҕа уһун үйэлэр усталарыгар иитиэхтэнэн үөскээбит эйэлээх өйү-санааны, сиэри-майгыны бигэргэтэр, саха омук быһыытынан үтүө уратытын бэлиэтиир.
“Уолан Эрилик” – “аан дойду, бар дьон туһа диэн” ыалдьар ыарыытынан, бар дьонун түһугар долгуйуутунан саха литературатыгар дэҥҥэ көстөр айымньы. Кини дириҥ философскай ис хоһоонноох, сырдык гуманистическай тыыннаах, үрдүк уус-уран таһымнаах, өлбөт-сүппэт үйэлээх.
“Уолан Эрилик”, төһө даҕаны бэйэтин норуотун хас эмэ сүүһүнэн сыллардаах олоҕун опытыгар олоҕуран, саха норуотун тылынан айымньытын үтүө үгэстэрин киэҥник туһанан суруллубутун иһин, кини сүрүн ис хоһооно пацифизм диэн аатыран аан дойдуга киэҥник тарҕаммыт хамсааһын көрдөрүллэригэр сөп түбэһэр. Онон кинини пацифистскай поэма диэн ааттыахха сөп. Пацифизм диэн хамсааһын кыттааччылара ханнык баҕарар сэриини (кырдьыктаах, кырдьыга суох диэн араарбакка) түктэри (аморальнай) быһыы-майгы курдук көрөн утараллар уонна ханнык баҕарар иирсээни, утарылаһыыны эйэлээх ньымаларынан туоратар иһин киэҥ өйдөтүүлээх үлэни тарҕаталлар. Ити хамсааһыны оччотооҕу биһиги идеологиябыт норуот маассатын кылаассабай, революционнай охсуһууттан аралдьытара, норуоту саарбаҕылатар, буортулаах хамсааһын курдук көрөрө уонна рабочай кылааһы аҥалатытыы ньыматынан ааттыыра. Ол өйдөбүл сабыдыалынан, баҕар, билигин даҕаны бу поэма сүрүн идеятын олоҕо суох, көҥдөй баҕа эрэ санаа курдук көрөөччүлэр баар буолуохтарын сөп. Ол уһата-кэҥэтэ санаабаттан буолуоҕа. Куһаҕаны (зло) күүһүлээһинэ суох утарыы теориятын айбыт нуучча улуу гуманиһын Л.Н. Толстойу эмиэ сиилиир-одуулуур этилэр буолбат дуо?
Лев Толстой ити үөрэҕин туһаммыт, Индия босхолонуулаах хамсааһынын салайааччыта М.К. Ганди тэрийбит, Индия норуотугар киэҥник тарҕаммыт “Гандизм” диэн хамсааһына Индияны колониальнай батталтан күүһүлэтиитэ суох, эйэлээх ньыманан босхолообута. Онон “Уолан Эрилик” сүрүн идеята дириҥ национальнай силистээх уонна аан дойдуга саҥа үөскээбит өйү-санааны кытта сэҥээрсэһиилэрдээх. Бүгүн XX үйэ бүтэр уһугар, саҥа үйэ кирбиитигэр “эйэ” диэн тыл бүтүн аан дойдуну, киһи аймаҕы харыстыыр, араҥаччылыыр суолталаах, киһи аймах дьоллоох соргулаах олоҕун собус-соҕотох туллар тутааҕа. Саха эйэҕэ тардыспыт өйдөөх-санаалаах, быһыылаах-майгылаах буолуута, ол кини дьоло. Саха оннук буолан үйэлэр тухары бэрт элбэх ыарахаттары туораан кэлбит омук.
Сахаҕа биир кэрэ уонна эйэҕэс тыл баар. Ол кини үөрүнньэҥин, киһиэхэ үтүө сыһыаннааҕын көрдөрөр тыл. Саха билэр да, билбэт да киһитин көрсөөт: “Кэпсиэ”, – диэн саҥа аллайар. Сахаҕа сонун, саҥа киһилии көрсүү кэрэхсэнэр түбэлтэ. Саҥа билсиини-көрсүүнү олохтооһун саха ойуурун халыҥатар. “Ойуурдаах куобах охтон биэрбэт” диэн өс хоһооно баар дии. Саҥа билсии – саха билиитин-көрүүтүн хаҥатар. Ол иһин саха “Кэпсиэ” диэн тылга дууһатын сылааһын укпут. Ол иһин ити тыл итинник кэрэтик иһиллэр.
Саха омугумсуйбатын дириҥ силистээх бэлиэтинэн кини олоҥхолооҕо буолар. Саха олоҥхотугар киһини сирэйин өҥүнэн, тылынан, омугунан араарбакка “иннинэн сирэйдээх, иэҕэйэр икки атахтаах” диэн бииргэ тутан ааттыыр. Өскөтүн эн кэннигинэн сирэйэ суох уонна айылҕаттан иккиттэн ордук эбэтэр итэҕэс атаҕа суох буоллаххына ол аата эн сахаҕа киһигин, саха эйигин үөрэ көрсөр, саха эн чиэскин, эн олоххун харыстыы, араҥаччылыы тоһуйар.
Саха – ыалдьытымсаҕынан, чэйдэтимсэҕинэн биллибит омук. Ол кинн иҥсэтэ, харама суоҕун бэлиэтэ. Ол иһин саха хорсун дьонун булгаабыт бултара, балыктаабыт балыктара түҥэтиллэн сиэнэрэ, сэниэ ыал идэһэлэнэрэ чугас ыалларыгар, аймахтарыгар амсатыллан баран сиэнэрэ.
Саха үчүгэй үгэстэрин барытын ааҕан биэрэр кыаллыбат. Үгүстэрэ умнуллан да эрэр буолуохтарын сөп. Урут биһиэхэ бүрүүкээн олорбут идеология үгэстэри үйэтитэр кыаҕы биэрбэтэҕэ. Онон өй-санаа буомуруута, сыыһырыыта кэлин наһаа элбээтэ.
Саха билигин эмиэ биир ураты, бэрт үгүс ыарахаттардаах кирбии кэмҥэ кэллэ. Ону бэйэ бодотун тардынан кыаҕын билинэн туоруон наада. Билигин даҕаны поэт тылынан эттэххэ: “иринньэҥ сүрэхтээҕи имэҥинэн толорор, быстах айыылааҕы быстыбат муҥҥа тэбэр” түбэлтэ баар буолуох курдук. Ыһыллыбыт союзпут хабан олорбут дойдуларыгар эҥин араас баай историялаах, баай культуралаах, үйэлэрин тухары кэккэлэһэ олорбут омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта сэриилэһиилэрэ – улахан хомолтолоох түбэлтэ. Ону ойоҕоһуттан көрөн сиилиир аньыы. Өбүгэлэрбит этэллэрэ дии: “Дьыбардаахха наһаа улаханнык саҥарба”, – диэн. Онон итинник дьаллык биһигини тумнара буоллар диэн баҕарыахха наада. Саха ону, поэт этэринии эттэххэ, хайдах эрэ сатаан бэйэтиттэн “дьалбарыттаҕына” табыллар. Биһиги улахан дьиэбит – Россия – былыр-былыргыттан улахан кыһалҕалаах олохтоох дойду. Россия норуоттара, бастатан нуучча норуота, олоҕу саҥалыы оҥостуу оҥкулун була сатыыллара бэрт элбэх мэһэйдэрдээх, моһоллордоох буолла. Онон нуучча уонна Россия атын норуоттарын өркөн өйдөөхтөрүн, үрдүк дьулуурдаахтарын, ыраас баҕалаахтарын кытта өйдөһөн, өйөһөн олордоххо табыллыах курдук. Мөккүөрү, иирээни таһаара сатааччыларга сылтах куруук көстүө. Саха сирэ баай, ол билигин да ымсыылаах. Нуучча поэта Е. Евтушенко өрдөөҕүтэ кэлэ сылдьан: “Алмаас – саха хаппыт хараҕын уута” диэбиттээх, ол кэлэр кэнчээри ыччаппыт хараҕын эрэ уута буолбатар ханнык.
Саха “үтүө көҥүлүн илиннээн олоҕун охсуһууга анаабыт” аныгы саха салайааччыта син эмиэ Уолан Эрилик курдук үрдүк дьулуурдаах, модун санаалаах буолара өйдөнөр. Саха үтүө көҥүлүн илиннээһин көр-нар буолбатаҕын Уолан Эрилик өр үйэлэрдээх эрэйдээх-буруйдаах олоҕо көрдөрөр.
Таллан Бүрэ этэринэн: “Эйэ – айыыһыт алгыһа, кыргыс – аптаах кырыыһа”. Ону бастатан саха ыччата өйдүөхтээх. Саха айыылыы аһыныгас сүрэхтээх, ол иһин кини үрдүк көҥүлүн өркөн өйүнэн, үтүө дьулуурунан, ыраас баҕатынан көмүскээн баччаларга кэлбитэ. Аны да оннук буоллун!
П.Ильин,
1993 сыл, атырдьах ыйын 20 к.
«Чолбон». – 1994. – № 6.