Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » Страница 2

Ыстатыйалар

Пушкин уонна евразийство

Саха сирин айар муза оҥостубут нуучча бил­лии­лээх поэта Евгений Евтушенко «Поэт в Рос­сии – больше, чем поэт» диэн стро­ката кынат­таах тылга ку­булуйан дьон-сэргэ уоһуттан түспэт. Үксү­гэр бу этии түгэх суолтатыгар өтөн киирбэккэ да эрэ тут­табыт. Оттон сыныйан көр­дөххө, бу тыллар төрдүлэри­гэр айсберг төбөтүн кур­дук туналыйан Александр Сергеевич Пушкин сытар эбээт!… Сиһилии »Пушкин уонна евразийство

Гагарин мичээрэ

Оҕо этим – отон этим…Эйэҕэс ийэбэр тэҥнииримНьээм-ньээм үүт биэрэр аналын…Ытыспар тоһуйан алаастарга таргыырымКүөрэгэй көрдөөх ырыатын.Сир Ийэни сырдыгынан күндүлүүрОтон этим – оҕо этим…Олох диэн тугун билбэтим.Бэл түүлбэр көрбөтүм ким миигинБүөбэйдээн үүннэриэҕин, биитэр үргүөҕүн. Хас биирдии киһи оҕо сааһыгар сылааһынан, сырдыгынан ахтан-санаан ылар түгэннэрдээх буолар. Ол хаһан да умнуллубат. Сааһырдаҕым ахсын өссө… Сиһилии »Гагарин мичээрэ

П.А.ОЙУУНУСКАЙ УОННА КЫРААЙЫ ҮӨРЭТИИ

Кыра оҕо сааһыттан саха олоҥхотун, ырыатын-хоһоонун, фольклорун этигэр-хааныгар иҥэриммит П.А. Ойуунускай республикаҕа кыраайы үөрэтии сайдарыгар, кэҥииригэр муҥура суох, үгүс өрүттэрдээх үтүөлээх. Бастатан туран, фольклор ханнык баҕарар омук төрүт культурата сайдарыгар быһаарар суолтатын бэрт эрдэ таба өйдөөбүт буолан, кини бэйэтэ олоҥхону, фольклору дириҥник үөрэппит, хомуйбут, салгыы сайыннарбыт киһи буолар. “Олоҥхону көмө… Сиһилии »П.А.ОЙУУНУСКАЙ УОННА КЫРААЙЫ ҮӨРЭТИИ

УЛУУ КИҺИ ДЬОҺУН КЫЫҺА

(Сардаана Ойуунускайа туһунан бэлиэтээһиннэр) 1962 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын филологическай факультетын бүтэрэн аҕата төрүттээбит уонна салайбыт Тылы, литератураны, историяны чинчийэр институтугар киирэн үйэтин тухары, 2007 сыллаахха диэри, ханна да харыс халбарыйбакка, айымньылаахтык, үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Сардаана Платоновна наукаҕа дьарыктаммыт салаата – фольклористика этэ. Онно идэтийбит хайысхаларынан саха таабырыннара, норуот ырыалара-тойуктара… Сиһилии »УЛУУ КИҺИ ДЬОҺУН КЫЫҺА

Саха сиригэр радио төрүттэниитэ

Саха сиригэр ити кэмҥэ соҕуруу ыраах сэрии бара турарын, дьон олорор олохторо айгыраан, табаары оҥорор бары баабырыкалар сабыллыбыттар, тугу да оҥорбот буолбуттар үһү диэн сураҕы истэллэрэ. Кэнники сылларга Саха сирэ төһө да ырааҕын иһин, ол ыраах сэрии барара, биллэн барбыта. Атыыһыттар лааппыларыгар табаардара, астара аҕыйаабыта, сыаната ыараабыта. Саха сирэ төһө… Сиһилии »Саха сиригэр радио төрүттэниитэ

«Баҕарабын аал уотуҥ өссө күүскэ күөдьүйүөн»

(Народнай поэт С.И. Тарасов дьиэ кэргэнин кытта сэһэргэһии) – Дорооболоруҥ. Сааскы үтүө күнүнэн! – диэбитинэн киирбитим, сырдык күн сыдьаайыныы дьоҥҥо сылаас сыһыаннаах, айар үлэҕэ ылсыыбытыгар аҕалыы кыһамньытын анаабыт ытык суруйааччыбыт Савва Иванович Тарасов дьиэ кэргэн дьонугар. Киэҥ саалаҕа олорон биһиги төрдүө буолан кэпсэттибит. Акулина Христофоровна – Савва Иванович олоҕун доҕоро,… Сиһилии »«Баҕарабын аал уотуҥ өссө күүскэ күөдьүйүөн»

Олоҕу, дьону олустук таптыыра

Уйаҕастык ахтар-саныыр салайааччыбыт биһиги ортобутуттан барбыта номнуо сылы чугаһатта. Редакциябыт ытык киһитин кэриэһигэр отут тоҕус сыл эрэллээхтик, иллээхтик бииргэ тутуһан олорбут доҕорун, тапталлаах кэргэнин М.И. Петрованы сэһэргэһиигэ ыҥырдыбыт. – Матрена Ивановна, саха ааҕааччыта эн кэргэҥҥин, суруйааччы Петр Аввакумовы дириҥник ытыктыыр, талааныгар сүгүрүйэр. Олорон ааспыт олоҕо «Окко түспүт оҥоһуу» диэн сэһэнигэр,… Сиһилии »Олоҕу, дьону олустук таптыыра

Убайдарым Сэмэннээх Соппуруон

Кинилэр уота суох охсуһууга охтубуттара.Норуоттарын иһин охсуһууга, кини тупсарын, туругурарын туһугар!Далан Олохторун тиһэх күннэригэр диэри убайдарбын Сэмэн уонна Соппуруон Даниловтары кытары алтыспыт түгэннэрбин саас-сааһынан наардаан, сылларынан араартаан суруйан хаалларарга сананным. «Үлэбиттэн үүрдүлэр, дьиэбиттэн уулуссаҕа быраҕылынным…». 50-с сыллар 1952 сыллаахха мин бэһис кылааска үөрэнэрим. Саха суруйааччыларын, кинилэр айымньыларын туһунан учууталларбыт уруоктарга… Сиһилии »Убайдарым Сэмэннээх Соппуруон

Далан «Тулаайах оҕо», «Тыгын Дархан» романнарын уус-уран далааһына

Саха прозата ураты хайысхаланыытыгар, саҥа тиэмэнэн, жанрынан, уобараһынан ба­йарыгар, суруйааччы тус куо­лаһа, позицията бигэргэнэригэр уһулуччу үтүөлээх киһинэн но­руот суруйааччыта, уустук дьылҕалаах саха саарына Василий Семенович Яковлев–Далан буолар. Кини булгуруйбат санаата, далааһыннаах айар үлэтэ саха уус-уран литературатын ис хоһооно дириҥииригэр, суруйар киһи куолаһа дорҕоонноохтук иһиллэригэр, уопсастыба иннигэр тус оруола үрдүүрүгэр ураты… Сиһилии »Далан «Тулаайах оҕо», «Тыгын Дархан» романнарын уус-уран далааһына

Кириил Сэмэнэп – Прометейы олоҥхо тылынан

Олунньу ыйга Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академиялыы театрыгар СӨ үтүөлээх артыыһа Кирилл Семенов «Сахалыы тыыннаммыт пьесалар» диэн кинигэтин биһирэмэ буолбута. Бу кинигэҕэ Кирилл Михайлович тылбаастаабыт нуучча уон­на омук суруйааччыларын пьесалара киирбиттэр. Үгүстэрэ сыанаҕа турбут, көрөөччү киэҥ биһирэбилин ылбыт айымньылар: «Ревизор», «Дядя Ваня», «Этиҥнээх ардах», «Сатабыллаах саһыл саҕалаах», «Тиит», о.д.а. Ааҕааччылар,… Сиһилии »Кириил Сэмэнэп – Прометейы олоҥхо тылынан

Руслан Тараховскай: «Поэттар уонна артыыстар, стадионнарга, болуоссаттарга хоһоонно ааҕыаҕыҥ!..»

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха акаде­миялыы тыйаатыра быйылгы 116-с дьылын саха классикатыттан саҕалаата. Тыйаатыр үлэтэ режиссертан быһаччы тутулуктаах. Биһиги сурунаалбытыгар Са­ха тыйаатырын сүрүн режиссера, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Руслан Тараховскай ыалдьыттыыр. – Руслан Игоревич, олоххун тыйаатыры кы­тары ситимнээбэтэҕиҥ буоллар, туох идэлээх буолуоҥ этэй? – Артыыс идэтин талбатаҕым буоллар, учуутал, преподаватель, баҕар,… Сиһилии »Руслан Тараховскай: «Поэттар уонна артыыстар, стадионнарга, болуоссаттарга хоһоонно ааҕыаҕыҥ!..»

Андрей Борисов аман өһө

Күһүн саха театрдыы искусствотын тумус киһитэ Андрей Борисовы көрсөн: «Сурунаалга интервью биэриэҥ дуо?» – диэн ыйыталаспыппытыгар: «Мин туспунан наһаа үгүстэ сурулунна. Эһиэхэ, “Чолбоннорго”, суруйааччылар тустарынан кэпсиэхпин баҕарабын», – диэн хардарбыта. Онуоха быйыл «Чолбон» сурунаал №-гэр бэчээттэммит «Суруйааччылар уонна биһиги» диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Афанасий Владимиров… Сиһилии »Андрей Борисов аман өһө

Маэстро Михеев

90-с сылларга үйэ кэриҥэ дойдубутун тутан олорбут Сэбиэскэй Сойуус урусхалланан, дойду үрдүнэн уларыйыы-тэлэрийии уххана сатыылаабыта. Өрөспүүбүлүкэбит 1992 сыллаахха  төрүт сокуону ылыныаҕыттан, саха норуота төрүт үгэстэрин, төрүт култууратын тилиннэрэр саҥа кэрдиис кэмҥэ үктэммитэ. Кэнчээри ыччаты култуураҕа, искусствоҕа сыһыаран сайыннарар сыаллаах хореография училищета, Музыка үрдүкү оскуолата арыллан үлэлэрин саҕалаабыттара. Онно үөрэммит дьоҕурдаах… Сиһилии »Маэстро Михеев

ПРОФЕССОР Г.П. БАШАРИН УОННА ЭДЭР ЫЧЧАТ

Профессор Г.П. Башарин 30-тан тахса сыл үрдүк үөрэх кыһатыгар учууталынан уонна иитээччинэн үлэлээбитэ. Кини ассистентан профессорга тиийэ үүммүтэ. Үлэтигэр олус улахан болҕомтону студеннары кытта алтыһыыга уурар этэ. Лекцияларын, практическай дьарыктарын кэнниттэн научнай куруһуогу ыытара, мунньахтарга, конференцияларга тыл этэрэ. Концертарга, спортивнай күрэхтэргэ, субботниктарга ыччаты кытта сөбүлээн алтыһара. Курсовой, диплом суруйар студеннар… Сиһилии »ПРОФЕССОР Г.П. БАШАРИН УОННА ЭДЭР ЫЧЧАТ

КУЛАКОВСКАЙ СУОЛТАЛААХ СУРУГА

1912 сыллаахха Саха уобалаһын «инородецтарын» Романовтар династияларын 300 сыллаах юбилейын бырааһынньыктыырга кыттыыны ыларга бэлэмнэнии съеһэ буолбута. Делегаттарынан уобалас салалтатын чиновниктара, бөдөҥ атыыһыттар, улуус тойотторо уонна «таҥара үлэһиттэрин» баһылыктара этилэр. Итини таһынан Саха сирин биллиилээх интеллигеннэрэ, ол иһигэр А.Е. Кулаковскай ыҥырыллыбыттара. Президиум остуолугар губернатор, кини тэрилтэтин чиновниктара, саамай баай атыыһыттар уонна… Сиһилии »КУЛАКОВСКАЙ СУОЛТАЛААХ СУРУГА

Үс кут үһүс үрдэлэ

(«Семен Данилов» кинигэҕэ санаалар) Бэйэлэрин кэмнэригэр дойдуларын исто­рия­тыгар бэлиэ суолу хаалларбыт уһулуч­чулаах дьон олохторун сырдатар ЖЗЛ сиэрийэҕэ са­хат­тан үһүс киһибит туһунан «Семен Данилов» кинигэ таҕыста. Норуот бэйиэтэ Наталья Харлам­пьева бу кинигэтин ааҕарга балай да бэлэмнээх кур­дук сана­нарым. Бастатан туран, убайым Урсун ыып­пыт «Чахчылар уонна санаалар» ки­ни­гэтин тутан ааҕа сылдьарым. Иккиһинэн,… Сиһилии »Үс кут үһүс үрдэлэ

Чахчылар уонна санаалар

(Суруйааччы дневнигиттэн) *** Мин ыарытыйан баран холкутуйдахпына, кэҥии-хоҥуу, солотуйа түһэбин. Оччоҕо мин чэпчээбит төбөбөр араас санаалар киирэллэр-тахсаллар, ардыгар миигин тэһитэ кэйэллэр. Киһи сааһырдаҕын ахсын өйдөөҕүмсүйэрэ эбиллэн иһэр быһыылаах. Тугу-тугу эргитэ санаабаппыный? Барыта, мин санаабар, дьэҥкэҕэ, чуолкайга, мунааҕа суохха дылы. Ону бар дьон хайдах быһаара эрэ охсубаттарын бэркиһиибин. Мин, бэл, бэйэм… Сиһилии »Чахчылар уонна санаалар

Куйаар кыыһа

(Зинаида Архипова поэзиятыгар бэлиэтээһиннэр) Поэт Зинаида Архипова айар үлэтин биир сүрүннүүр өйдөбүлэ удаҕан поэзиятыгар хабааттар сэрэйии, күүтүү матыыба буолар. Ол тууйуллубут, сэрэйэр, түүйэр, билгэлиир иэйиилээх турук (кассандровское начало) өс­сө ааспыт үйэ ортотуттан саха маҥнайгы поэ­тессата Варвара Потапова–Кутурҕан Куо хо­һоон­норугар киһи аналын, дьылҕатын туһунан дириҥ анаарыыларыгар көстүбүтэ. Наталья Ми­халева–Сайа анабыл хоһоонугар… Сиһилии »Куйаар кыыһа

Кыларыйар кырдьыгы турууласпыт Кыыс Ньургун

(Суруйааччы Ираида Клиорина төрөөбүтэ 105 сылыгар) 1948 сылтан биэс уон алта сыл, атыннык эттэххэ олоҕун бүтүннүү кэриэтэ, Саха сирин ыраахтааҕы былааһынан уонна ааспыт үйэ сүүрбэһис сылларыттан өһүөннээн туран тутар-хабар тоталитарнай режим тимир ытарчатынан но­руот өстөөхтөрүнэн аатыран, хааннаах хабыр репрессия сиэртибэлэрэ буолбут саха национальнай интеллигенция­тын сүмэтэ-сөлөгөйө дэммит сүдү дьоммутун, ол иһигэр… Сиһилии »Кыларыйар кырдьыгы турууласпыт Кыыс Ньургун

Поэт, прозаик Иван Герасимович Иванов-Уйбаан Нуолур төрөөбүтэ 95 сыла

…Ааттанар эн аатыҥ куруутун аймах-билэ, уруу-хаан Элгээйиҥ дьонугар Хайа баҕарар сир-дойду бэйэтэ иитэн-такайан таһаарбыт араас талааннаах чулуу дьонноох буолар. Кинилэр бэйэлэрин үтүөкэннээх олохторунан, үлэлэринэн-хамнастарынан бүттүүн нэһилиэнньэ убаастабылын, сүгүрүйүүтүн ылаллар. Оннук дьонтон биирдэстэрэ биһиги биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, Сунтаар улууһун Ытык киһитэ, сахалыы куттаах геройдардаах… Сиһилии »Поэт, прозаик Иван Герасимович Иванов-Уйбаан Нуолур төрөөбүтэ 95 сыла