Перейти к содержимому

– Үтүө санаалаах тойон, сордоммут-муҥнаммьгг, эрэй-буруй эҥэрдэспит, ааспыт-туорбут киһиэхэ кыратык болҕомтоҕун тохтотон ааһаргар көрдөһөбүн. Айыы таҥара илэ бэйэтэ көрөн турар… аһы амсайбатаҕым үс хонно… сиэппэр кэлтэгэй кэппиэйкэм суох! Тыа сиригэр аҕыс сыл учууталынан үлэлээбитим, ол билигин земство суутун хатайыытынан үлэбиттэн уһуллан сылдьабын. Донуостааннар, бу айылаах умса хоруттулар. Үлэтэ суох сылдьыбытым төгүрүк сыл буолла.

Присяжнай повереннай Скворцов, умнаһыт күөхтүҥү өҥнөөх, элбэх сиринэн тырыттыбыт болтуотун, холуочуйан миин курдук көрбүт хараҕын, кыһыл толбоннордоох иэдэһин көрөн баран, бу киһини урут ханна эрэ көрбүтүм дии санаата.

– Билигин миэхэ Калужскай губернияҕа үлэ биэрэллэр да, – диэн көрдөһөөччү салҕаан эттэ, – барарбар үбүм суох. Үтүөтэ оҥор, көмөлөс! Ытыһы уунар, умналыыр – сааттаах суол, ол гынан баран… кыһалҕа кыһайан, эрэй эрийэн көрдөһөбүн.

Скворцов, кини аҥара улахан, аҥара аччыгый холуоһалааҕын көрө түһээт, эмискэ өйдүү биэрдэ.

– Иһит эрэ, үс хонуктаахха, арааһа, мин эйигин Садовай уулуссаҕа көрсөн турабын, – диэтэ кини, – онно эн тыа сирин учууталабын диэбэтэҕиҥ, студенныы сылдьан эһиллибитим диэбитиҥ. Өйдүүгүн дуо?

– Суох… суох, хайдах оннук буолуой! – диэн умнаһыт симиттэн ботугураата. – Мин тыа сирин учууталабын, баҕарар буоллаххына, докумуоннарбын да көрдөрүөм.

– Сымыйалаама! Эн студеммын диэбитиҥ уонна өссө туох иһин уһулбуттарын миэхэ кэпсээн биэрбитиҥ. Өйдүүгүн?

Скворцов, сирэйэ кытаран хаалан баран, сиргэммит быһыынан илдьиркэй таҥастаах киһиттэн тэйиччи хаамта.

– Тойооскуо, сидьиҥник быһыыланаҕын! – кыыһыран хаһыытаата. – Албынныыгын-түөкэйдиигин? Эйигин үөдэн харайдын, полицияҕа утаарыам. Эн, төһө да дьадаҥы, ааспыт-туорбут буолларгын ити курдук сирэйэ-хараҕа, суобаһа суох сымыйалыыр ханнык да быраабыҥ суох!

Тырыттыбыт, илдьиркэй таҥастаах киһи, аан тутааҕыттан тутуһан туран, уорбутун субу туттарбьгг киһилии, мух-мах баран, аан хоһу мэлээриччи көрүтэлээтэ.

– Мин… мин сымыйалаабаппын… – диэн ботугураата кини. – Мин докумуоннарбын көрдөрүөм.

– Эйигин ким итэҕэйиэй? – Скворцов кэлэйбит быһыынан салгыы саҥара турда. – Тыа сирин учууталларын уонна студеннар үтүө ааттарынан сирэйдэнэн, дьону, обществоны албынныыр – олус сидьиҥ быртах, нэгэй быһыы! Киһи абарар суола!

Скворцов, уоһа аһыллан, хабырдык этэн-саҥаран киирэн барда. Илдьиркэй таҥастаах киһи, сирэйэ-хараҕа суох сымыйалаан, кинини, Скворцову, олус кэлэттэ, сиргэннэрдэ, сору-муну көрбүт дьоҥҥо үтүөнү саныырын, амарах, аһыныгас сүрэҕин – олус таптыыр, сыаналыыр суолун – киртиттэ, атаҕастаата, бу “киһийдээн” сымыйалаан, кини аһыныгас санаатынан туһанарга сорунан, дьадаҥы дьоҥҥо ыраас сүрэҕиттэн биэрэр умнатын быртаҕырта. Тырыттыбыт таҥастаах киһи маҥнай утаа, буруйум суох диэн андаҕайан, таҥараҕа үҥтэ, онтон кэнники саҥата суох ах баран, симиттэн-кыбыстан, төбөтүн умса тутунна.

Кини, илиитинэн сүрэҕин тутта-тутта, эттэ:

– Тойонуом!.. Мин… кырдьык… сымыйанан эттим. Мин студент да, тыа сирин учуутала да буолбатахпын. Итини барытын өйбүттэн оҥоро сатаан эппитим! Мин нуучча хоругар үлэлээбитим, онтон итириктээбитим иһин үүрбүттэрэ. Дьэ, мин билигин хайдах буолуом баарай. Таҥараны итэҕэй, сымыйалаабакка эрэ букатын сатаммаккын. Кырдьыгы эттэхпинэ, миэхэ ким да тугу да биэрбэт. Кырдьыгынан сырыттаххына – атаххын тэҥнииһиккин, хонор сирэ суох тоҥон өлүүһүккүн! Эн ити сөпкө этэҕин, мин өйдүүбүн, ол гынан баран… мин хайдах буолабын?

– Хайдах буолабын даа? Хайдах буолабын диэн ыйытаҕын дуу? – Скворцов, ынан кэлэ-кэлэ, баргыытаата. – Үлэлиэххэ наада, ол баар! Үлэлиэххэ наада!

– Үлэлээн диэн… Мин ону бэйэм да билэбин эрээри, ол үлэни хантан булабын?!

– Солуута суох тыллаһыма! Эн эдэргин, чэгиэҥҥин-чэбдиккин, сэниэлээххин, баҕарыаххын эрэ кэрэх – үлэни хаһан баҕарар булуоҥ. Оттон эн күөх сүрэххин, атаахтыы-тараҥныы үөрэммиккин, арыгылыы-итириктии сылдьаҕын! Эн, хабаак курдук, арыгы сытынан күҥкүлүйэҕин! Сымыйалаан, өйдүүн-санаалыын буорту буолан, умналыыр, албынныыр эрэ дьоҕурдаммыккын! Эн хаһан эмэ үлэлээн көрөргө сананан да көрөр күннээх буоллаххына, тугу да гыммакка, таах харчы ылар сири – кэнсэлээрийэни, нуучча хорун, маркерствоны – көрдүүрүҥ буолуо. Хайа, эн хара үлэни үлэлиэххин баҕарбатыҥ буолуо. Олбуор көрөөччүнэн биитэр фабрикаҕа үлэлии киирбэтиҥ буолуо, арааһа! Эн улахан санаалаах киһи буоллаҕыҥ!

– Айыы таҥара бэйэтэ көрөн турдаҕына, хайдах итинник саҥараҕын… – умнаһыт, тыл ыһыктан баран, курастык сонньуйда. – Мин ол хара үлэни хантан ылабын? Эргиэҥҥэ оҕо эрдэхтэн үөрэниэххэ наада, онон бирикээсчик буоларга хойутаатым, үтүөх-батаах туттарарбын сөбүлээбэтим быһыытынан, олбуор көрөөччүнэн миигин ким да ылыа суоҕа… Фабрика үлэһитинэн ылыахтара суоҕа, онно идэни билиэххэ наада, оттон мин тугу да билбэппин.

– Хаалары тыллаһыма! Эн куруутун аһарынааччыгын! Хайа мас хайытыаҥ буолаарай?

– Мин онтон аккаастаммаппын, ол гынан баран билигин дьиҥнээх мас хайытааччылар да быһыы килиэбэ суох олороллор.

– Ээ, айах адаҕалара ити курдук тыллаһааччылар. Эйиэхэ үлэ ыйан биэрдэххэ, аккаастанаҕын. Миэхэ мас хайытан биэриэххин баҕарбаккын дуу?

– Көҥүллүүр буоллаххына, хайытыам этэ…

– Дьэ, үчүгэй, көрүөхпүт… Сө-өп… Көрүөхпүт!

Скворцов, илиитин мускуна-мускуна, тиэтэйэ-саарайа куукунаттан эстэрээппэтин ыҥырда, кини иһигэр сэтэрии санаата.

– Ольга, бу тойону сарайга таһаар, онно маста хайыттын, – диэтэ кини эстэрээппэҕэ.

Тырыттыбыт таҥастаах киһи, муодарҕаабыт куолунан саннын ыгдах гыннаран баран, саарыы-саарыы, эстэрээппэ дьахтары батыста. Хаамарыттан көрдөххө, кини аччык буолан, харчы өлөрөөрү мас хайытарга сөбүлэммэтэх курдуга, сымыйатын тылыттан туттаран, бэйэтин улаханнык сананарыттан, саатыттан-суутуттан сөбүлэммиккэ дылыта. Итиэннэ кини арыгыттан улаханнык мөлтөөбүтэ, доруобуйата буорту буолбута, үлэни төрүт үлэлиэн баҕарбата өтө көстөрө.

Скворцов тиэтэлинэн остолобуойга киирдэ. Онтон, олбуорга тахсар түннүктэринэн, мас турар сарайа уонна олбуор иһигэр туох буолара барыта үчүгэйдик көстөр. Скворцов, түннүк аттыгар туран, эстэрээппэ дьахтар уонна илдьиркэй таҥастаах киһи хара аанынан тахсан, харааран эрэр хаарынан сарай диэки барбыттарын көрдө. Ольга, аргыһын кыыһырбыт хараҕынан көрө-көрө, тоҥолоҕунан садьыаланан, сарай күлүүһүн аста уонна ааны күүскэ халыр гына бырахта.

“Арааһа, дьахтар кофе иһэрин мэһэйдээтибит быһыылаах. Дьэ, киһи бөҕө!” – дии санаата иһигэр Скворцов.

Ол кэнниттэн кини сымыйа-учуутал уонна сымыйа-студент, кыһыл иэдэһин сыҥаах баттанан баран, холуода үрдүгэр тугу эрэ толкуйдуу олорорун көрдө. Дьахтар кини атаҕын анныгар сүгэни бырахта, өстүйбүт быһыынан сиргэ силлээтэ уонна, уоһун туттарыттан көрдөххө, мөҥөн-этэн ньаҕыдыйда быһыылаах. Тырыттыбыт таҥастаах киһи биир хардаҕаһы бэйэтин диэки тардан, икки атаҕын быыһыгар туруоран баран, сүгэнэн кыратык “тэп” гына оҕуста. Хардаҕас, түөрэҥнээн баран, охтон түстэ. Илбиркэй таҥастаах киһи хардаҕаһын бэйэтин диэки тарта, үлүйбүт илиитин үрдэ уонна, холуоһатын биитэр тарбахтарын быһа охсоруттан куттаммыт киһилии, сүрдээхтик сэрэнэн, эмиэ сүгэнэн “тэп” гына оҕуста. Хардаҕаһа эмиэ охтон түстэ.

Скворцов, кыйахаммыта ааһан, тараҥныы үөрэммит, итирик, баҕар, ыарыһах киһини тымныыга хара үлэни кыһайан үлэлэтэн эрдэҕим диэн, иһигэр кыратык аһына уонна кыбыста санаата.

– Чэ, туох буолуой, үлэлээтин ээ… – дии санаата, остолобуойуттан кабинетыгар ааһа-ааһа. – Ити мин кини бэйэтин туһатыгар үлэлэтэбин.

Биир чаас буолан баран, Ольга киирэн маһы хайытта диэн эттэ.

– Мэ, киниэхэ бу биэс уон харчыны биэр, – диэтэ Скворцов. – Кини, сөбүлүүр буоллаҕына, хас маҥнайгы чыыһыла ахсын кэлэн, маста хайытар буоллун… Үлэ куруутун көстүөҕэ.

Тырыттыбыт таҥастаах киһи, маҥнайгы чыыһылаҕа кэлэн, төһө да атаҕар нэһииччэ турар буоллар, үлэлээн, эмиэ биэс уон харчыны өлөрдө. Онтон ыла кини олбуор иһигэр субу-субу элэҥниир буолла, киниэхэ хас кэллэҕин ахсын үлэ булан иһэллэр: арыт хаар күрдьэр, арыт сарай ыраастыыр, арыт көбүөрдэр, матараастар быылларын сотор. Кини хас кэллэҕин ахсын үлэтин иһин сүүрбэ, түөрт уон харчыны ылар, оннооҕор биирдэ эргэ бүрүүкэни ылла.

Скворцов, атын квартираҕа көһөрүгэр, дьиэ ис тээбиринин сааһылыырга, тиэйэргэ көмөлөһүннэрэ кинини наймыласта. Тырыттыбыт таҥастаах киһи бу сырыыга туос өйдөөх, саҥата суох сабыстан сырытта; кини дьиэ тээбириннэрин аат эрэ харата таарыйар, төбөтүн умса тутта сылдьан, таһаҕастаах сыарҕа кэнниттэн хаамыталыыр. Ону ааһан, кыһанар-мүһэнэр быһыыта биллибэт, арай тоҥон дьагдьаччы туттар уонна оспуоччуктар кини көлдьүнүн, күүһэ-күдэҕэ суоҕун, илбиркэй, куһаҕан болтуотун күлүү-элэк гыналларыттан симиттэр. Скворцов мала таһыллыбытын кэннэ, кинини бэйэтигэр ыҥыртарда:

– Мин көрөрбөр, эн мин эппит тылларбыттан өйдөммүт-төйдөммүт быһыылааххын, – диэтэ кини, киһитигэр биир солкуобайы биэрэ-биэрэ. – Үлэлээбитиҥ иһин маны ыл. Мин көрөрбөр эн итиригиҥ суох уонна үлэлиэххин баҕарар эбиккин. Эн ким диэҥҥиний?

– Лушков диэммин.

– Лушков, мин эйиэхэ аны атын, ыраас үлэни биэриэхпин саныыбын. Эн суругу сатаан суруйаҕын дуо?

– Суруйуо этим.

– Бу суругу илдьэ эн, сарсын мин табаарыспар баран, киниттэн сурук ылан устуоҥ. Үлэлээ, итириктээмэ, мин эйиэхэ эппит тылларбын умнума! Быраһаай!

Скворцов киһини таба суолга туруордаҕым диэн, иһигэр көнньүөрэ санаан, Лушкову санныттан аламаҕайдык таптайда уонна, ону ааһан, бырастыылаһарыгар илиитин уунна. Лушков, суругу ылан, тахсан барда итиэннэ үлэ ыла олбуорга аны кэлбэт буолла.

Онтон ыла икки сыл ааспыта. Скворцов, биирдэ театральнай хаассаттан билиэт ыла туран, аттыгар бараан тириитэ саҕалаах сонноох, эргэрбит котиковай бэргэһэлээх кыракый киһичээн турарын көрдө. Киһичээн, кассиртан килбиктик галеркаҕа олорон көрөр билиэти ылан, биэстиилээх алтан харчынан төлөөтө.

– Лушков, эн эбиккин дуу? – Скворцов, урукку бэйэтин мас хайытааччытын билэн, киһичээнтэн ыйытта. – Хайа, хайдаххыный? Тугу үлэлиигин? Төһө үчүгэйдик олороҕун?

– Син… олоробун. Билигин нотариуска үлэлиибин, отут биэс солкуобайы ылабын.

– Дьэ, айыы таҥараҕа махтал. Бэрт буоллаҕа дии! Эн иннигэр үөрэбин. Лушков, олус, олус үөрэбин! Эн син биир мин сүрэхтээбит уолум кэриэтэҕин. Таба суолга эйигин мин үктэннэрэн турабын. Эйигин мин хайдах курдук мөхпүппүн-эппиппин өйдүүр инигин. Ээ? Эн оччоҕо кыбыстан сиргэ эрэ тимирбэтэҕиҥ. Дьэ, сэгэртэйим, мин тылбын умнубатаххар баһыыба!

– Эйиэхэ да баһыыба, – диэгэ Лушков. – Мин онно эйиэхэ кэлэ сылдьыбатаҕым буоллар, баҕар, билиҥҥээҥҥэ диэри учууталбын биитэр студеммын дэнэ сылдьыа этим. Кырдьык, мин эһигиттэн өрүһүммүтүм, иин иһиттэн өрө ыстанан тахсыбытым.

– Олус, олус үөрэбин!

– Үтүө тылыҥ, үтүө дьыалаҥ иһин баһыыба! Эн оччоҕо миигин бэрт сөпкө саҥарбытыҥ. Мин эйиэхэ уонна эн үтүө санаалаах эстэрээппэ дьахтаргар, таҥара киниэхэ үчүгэй доруобуйаны биэрдин, бэрт улаханнык махтанабын. Эн оччоҕо бэрт үчүгэй тыллары эппитиҥ, мин эйигин өлүөхпэр, хоруопка киириэхпэр диэри умнуом суоҕа, куруутун иэстээх курдук сананыам, ол гынан баран, дьиҥ иһин ыллахха, миигин эн эстэрээппэҥ, Ольга, өрүһүйбүтэ.

– Ол хайдах?

– Ол маннык. Эһиэхэ мас хайыта кэллэхпинэ, кини: “Итириксит сордоох! Кыраммыт дууһа! Бу кэриэтин өлөн да хаалбаккын!”–диэн мөҥөн-этэн киирэн барара. Ол кэнниттэн, мин иннибэр утары олорон, сирэйбин-харахпын көрө-көрө: “Дьоло суох эрэйдээххин! Эн бу орто да дойдуга, халлаан да саарыстыбатыгар үөрүүнү-көтүүнү көрбөккө сылдьаҕын. Сордоох дууһа!” – диэн муҥатыйара. Кини, мин иннибин илиннээн, төһөлөөх хаанын буорту гыммытын, төһөлөөх хараҕын уутун тохпутун, тыл булан, эйиэхэ сатаан да эппэппин. Саамай кылаабынайа – мин оннубар маһы кини хайытан биэрэрэ! Оттон, судаар, мин эһиэхэ биир да хардаҕаһы хайыппатаҕым – барытын кини хайыппыта. Кини тоҕо миигин өрүһүйбүтүн, кинини көрөн, мин тоҕо уларыйбыппын, иһэрбин уураппыппын быһаарар кыаҕым суох. Арай кини тылыттан-өһүттэн уонна кини үтүө быһыытыттан мин дууһам иһигэр уларыйыы тахсыбытын, кини эрэ миигин өрүһүйбүтүн билэбин, ону хаһан да умнуом суоҕа. Бэйэ эрэ, бириэмэ кэллэ, чуорааны тыаһатан эрэллэр.

Лушков тоҥхох гынан баран, галерка диэри бара турда.

А.П. Чехов.

Григорий ТАРСКАЙ тылбааһа

Чолбон. – 2008. – № 1