Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » УЛУУ КИҺИ ДЬОҺУН КЫЫҺА

УЛУУ КИҺИ ДЬОҺУН КЫЫҺА


(Сардаана Ойуунускайа туһунан бэлиэтээһиннэр)

1962 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын филологическай факультетын бүтэрэн аҕата төрүттээбит уонна салайбыт Тылы, литератураны, историяны чинчийэр институтугар киирэн үйэтин тухары, 2007 сыллаахха диэри, ханна да харыс халбарыйбакка, айымньылаахтык, үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

Сардаана Платоновна наукаҕа дьарыктаммыт салаата – фольклористика этэ. Онно идэтийбит хайысхаларынан саха таабырыннара, норуот ырыалара-тойуктара уонна олоҥхо тойуктара буолбуттара. Түүр тыллаах омуктар фольклордарын үөрэтиигэ паремиология (кыра кээмэйдээх) жанрын хомуйуу уонна үөрэтии методикатын олохтоспут уонна ону толору баһылаабыт биир бөдөҥ, үрдүк таһымнаах исписэлиис быһыытынан биллибитэ.

Чинчийээччи дьоҕура арылларыгар «Саха таабырыннара» (1975), «Саха норуотун ырыалара-тойуктара» (1982), «Саха остуоруйалара» (1976, 1977, 1980) диэн хомуурунньуктар бэчээттэнэллэригэр ыкса үлэлэһиитэ улахан суолталаммыта, фольклор айымньыларыгар научнай комментарийы суруйуу, академическай тылбааһы оҥоруу ымпыгын-чымпыгын, албастарын толору баһылаабыта. Норуот уус-уран айымньытын дириҥник хорутан үөрэтэ сылдьан, устунан бэйэтин сүрүн научнай хайысхатын таба тайаммыта – саха таабырыннарын чинчийиинэн утумнаахтык дьарыктанарга быһаарыммыта.

Биллиилээх фольклорист Б.Н. Путиловы научнай салайааччы оҥостон, Сардаана Платоновна 1986 сыллаахха Алма-Ата куоракка «Саха норуотун таабырыннара» диэн темаҕа кандидатскай диссертацияны ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Бу диссертациятыгар олоҕуран «Якутские народные загадки. Специфика жанра» диэн монографияны суруйан, 1992 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка таһаартарбыта. Манна 15 тыһыынчаттан тахса саха таабырына нууччалыы тылбаастанан түмүллүбүт. Научнай чинчийии быһыытынан бу үлэ сүрүн суолтата – эмпирическэй (баар чахчылары хомуйуу), систиэмэлиир (көрүҥнэринэн наардааһын) уонна теоретическай (көрүҥнэринэн наардааһыҥҥа олоҕуран теоретическай тосхоллору оҥоруу) ньымалары туттан, таабырын төрдүн-ууһун, денотатын (төрүт өйдөбүл), ис тутулун, структуратын уонна туттуллар уратытын быһаарбытыгар сытар. Чинчийээччи саха таабырыннарын денотаттарыгар тирэҕирэн тиэмэлэринэн араарбыт, былыргы номохтортон тө- рүттээхтэрин дакаастаабыт; таабырын уус-уран тыл, чуолаан ханарытан этии (метафоризация) сайдыытыгар уһулуччу суолталааҕын чорботон бэлиэтээбит. Ити ырытыыларыгар таабырын жанра туспа суоллаах-иистээх, сайда турар фольклор көрүҥэ буоларын итэҕэтиилээхтик көрдөрбүт. Бу үлэ саха фольклористикатыгар норуот уус-уран тылынан айымньыларын жанрдарынан араарыыга, наардааһыҥҥа улахан кылааты киллэрбитэ. Фольклористар бу монографияны түүр тыллаах омуктар фольклордарын үөрэтиигэ үрдүк академическай таһымнаахтык суруллубут сэдэх үлэнэн ааҕаллар.

Кэлин норуот ырыатынан уонна олоҥхо тойугунан утумнаахтык дьарыктаммыта. Ол курдук, Сардаана Платоновна нууччалыы тылбаастаан икки тылынан таһааттарбыт норуотун ырыаларын- тойуктарын (1982 с.), таабырыннарын (1975 с.) хомуурунньуктара билигин хрестоматийнай үлэлэргэ кубулуйдулар. Кини нууччалыы-сахалыы көҥүллүк саҥара-суруйа үөрэммит буолан, саха норуотун өйүн сүмэтин сөҥөрдөн илдьэ сылдьар сытыы-бэргэн таабырыннар, ханарытан ойуулааһыннардаах, аллитерациялаах ырыалар- тойуктар ис хоһооннорун, хос дэгэттээх өйдөбүллэрин нууччалыы тылбааһыгар олус чопчутук уонна толорутук биэрэрэ. Маны таһынан Россия гуманитарнай наукатыгар сүдү суолталаах «Памятники народов Сибири и Дальнего Востока» диэн серия кинигэлэрэ тахсыыларыгар көхтөөхтүк үлэлэспитэ. Учуонай бэчээккэ бэлэмнэспит «Кыыс Дэбилийэ» уонна «Модун Эр Соҕотох» олоҥхолоро дойду киэҥ иэнигэр тарҕаммыттара, бу айымньылар Саха сиригэр Олоҥхо театра олохтонуутугар тирэх буолбуттара.

Уопсайынан даҕаны, Сардаана Платоновна фольклористикаҕа үлэлэрин биллиилээх учуо- найдар Б.Н. Путилов, Р.Э. Кыдырбаев, И.О. Ша- ракшинова, Н.В. Емельянов, Г.М. Васильев, И.В. Пухов, В.Т. Петров, народнай суруйааччы Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, о.д.а. бу эйгэҕэ идэтийбит дьон, үрдүктүк сыаналыыллара. Ол да иһин Суорун Омоллоон уонна Н.В. Емельянов, кини таһаарыылаахтык үлэлиир, дириҥник чинчийэр кыахтааҕын, наукаҕа дьоҕурдааҕын билэр буолан, «докторскай диссертацияҕын көмүскээ» диэн этэр, сүбэлиир этилэрэ даҕаны, сэмэйиттэн эбитэ дуу, матырыйаалын кэмигэр кыайан дьаарыстаабакка хаалбытыттан эбитэ дуу, тоҕо эрэ санамматаҕа, ылсыбатаҕа.

1988 сыллаахха кэм ирдэбилинэн институт литератураҕа уонна искусствоҕа салаатыгар көспүтэ. Учуонай киһи идэтийбит хайысхатын уларытыытын төрүөтүнэн аҕатын сүҥкэн баай литературнай,научнай,политическай-судаарыстыбаннай нэһилиэстибэтин наука эйгэтигэр сөпкө наардаан киллэрэр, толору бэчээттэтэн норуокка тиэрдэр ытык иэһэ буолбута. Кини биир идэлээхтэригэр, дьиҥэр, литературовед буолбатаҕын, онон литературоведческай ырытыы ньымаларын баһылыырыгар эрэйдэммитин ахтара. Ол эрээри, айылҕаттан бэриллибит дьоҕура, киэҥ билиитэ, туруоруммут сыалын толорорго дьулуура саха уус-уран литературатын чинчийээччи идэтин толору баһылыырыгар олук уурбута. Сардаана Платоновна быһаччы иилээһининэн- саҕалааһынынан аҕатын П.А. Ойуунускай уус-уран айымньыларын, научнай үлэлэрин, ахтыыларын 3 томнаах кинигэтэ, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо, «П.А. Ойуунускай уонна саха театра», «П.А. Ойунский – директор НИИЯЛИ», «Мин аатым ааттаныа…» диэн научнай ыстатыйалар хомурунньуктара күн сирин көрбүттэрэ.

Уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятель, суруйааччы, учуонай Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, ЮНЕСКО 1993 сылы Ойуунускай сылынан биллэрбитэ. Бу сүҥкэн улахан тэрээһини Москва, Париж куораттарга тэрийэр бырабыыталыстыба хамыыһыйатыгар кыра кыыһа Сардаана Ойуунускайа киирэн, үбүлүөй үлэтигэр быһаччы кыттыыны ылбыта, бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан дойду киин куоратыгар уонна омук сиригэр сылдьан кэлбитэ. Аҕатын сырдык аата дьиҥнээхтик сөргүтүллүбүтүттэн, саха омук историятыгар киллэрбит кылаата сөптөөхтүк сыаналаммытыттан, аан дойду Ойуунускай айар уонна чинчийэр талаанын үрдүктүк билиммититтэн кини олус долгуйбут, астыммыт, дуоһуйбут этэ.

Сардаана Платоновна кэлин суруйааччы быһыытынан эмиэ биллибитэ. Бу айар талаанын арыллыыта, сайдыыта аҕатын кытта ыкса ситимнээҕэ кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, 1999 сыллаахха тахсыбыт «Аҕам сырдык аата» диэн уус- уран кинигэҕэ албан ааттаах аҕатыгар уонна кини чулуу доҕотторугар, бэлиэ үөлээннээхтэригэр, Ойуунускайы таҥара оҥостубут, дьиэ кэргэн ыарахан кэмнэригэр көмөлөспүт хоһуун дьоннорго анаммыт поэмалара, эсселэрэ, ахтыылара, ыстатыйалара киирбиттэрэ. Бу кинигэ кини суруйааччы быһыытынан сиппитин-хоппутун, туспа уус-уран суоллааҕын-иистээҕин дьэҥкэтик көрдөрбүтэ. Ордук «Хоочугур уола Былатыан», «Дойдум, Таатта, дорообо!» дьүһүйүү-поэмалара, аҕатын тиһэх күннэрин туһунан «Оспот баастар» диэн ахтыыта, «Разговор с отцом» диэн нууччалыы суруйбут эссетэ ааҕааччы сүрэҕин кылын таарыйбыта, бар дьону уйадыппыта.

Аҕатын нэһилиэстибэтин киэҥ эйгэҕэ таһаарарыгар Сардаана Платоновна тус бэйэтин интэриэһин хаһан да өрө туппат этэ. Көҥөнөр, сороҕун бэйэтигэр кистээн «хаһаанар» идэ киниэхэ төрдүттэн суоҕа. Хата, аҕатын айымньыларын ханна эмэ бэчээттээбиттэрин, тылбаастаабыттарын, ырыппыттарын, сыанаҕа туруорбуттарын, киинэҕэ устубуттарын иһиттэҕинэ-биллэҕинэ олус үөрэрэ, сэргэхсийэрэ, өскөтүн онно өссө бэйэтэ кыттыбыт буоллаҕына муҥура суох дьоллоноро. Оннук дэлэй уонна сэмэй этэ улуу киһи дьоһун кыыһа.

Ойуунускайга сыһыаннаах ол-бу хойох хостоһуулаах кэпсэтии тахсыбытын эбэтэр хаһыакка ыстатыйа бэчээттэммитин иһиттэҕинэ кини ис- иһиттэн хомойоро, ол эрээри ону сырса сылдьан аахсыбата, дакаастаһа сатаабата, хаһан да хоп-сип таһымыгар түспэтэ. Ол барыта Ойуунускай кыларыйбат кырдьыга хаһан баҕарар өрөгөйдүү туруон, кини бар дьонун туһугар үлэлээбит үлэтэ мэлдьи үрдүктүк сыаналаныан бигэтик эрэнэриттэн, өтө сэрэйэриттэн тахсара.

Сардаана Платоновна аҕатын иннигэр ытык иэһин чиэстээхтик толорбута – П.А. Ойуунускай духуобунай нэһилиэстибэтэ норуотугар төннөрүгэр, тиллэригэр, аан дойдуга биллэригэр кини наһаа дьаныһан туран үлэлээбитэ, күүһүн, сыратын харыстаабатаҕа. Ол эрээри, кини сүрдээх сэмэй киһи этэ – хаһан да, ханна да улуу киһи удьуора буолан улуутумсуйбатаҕа, кэрэмэс киһи сыдьаана буолан киэмсийбэтэҕэ, аҕатын албан аатынан кымаах да саҕаны бэйэтин туһатыгар эргитэ, онон туһана, байа-тайа, аатыра-сураҕыра сатаабатаҕа.

     Олоҕун бүтэһик сылларыгар билиҥҥи гуманитарнай наука ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн, аҕатын эрэ баай нэһилиэстибэтинэн эрэ муҥурдаммакка, Сардаана Платоновна саха уус-уран литературатын историятын оҥорууга көхтөөхтүк кыттыбыта: «Саха сирин литературата билиҥҥи кэмҥэ. 1980-1990 сс.» («Литература Якутии на современном этапе. 1980-1990-е гг.», 2001 с.), «Саха сирин литературата ХХ үйэҕэ» («Литература Якутии ХХ века», 2005 с.) диэн научнай уочаркаларга саха прозатын сайдыытын туһунан баай ис хоһоонноох, дириҥ ырытыылаах түһүмэхтэри суруйталаабыта. Ордук билиҥҥи проза, чуолаан кэпсээн жанрын туһунан ырытыылара ааҕааччы болҕомтотун тардан, үгүс суруйааччы киниэхэ махтал тылларын эппиттэрэ. Литературовед учуонай быһыытынан кэпсээн жанрын тиэмэлэринэн арааран ырыппыта (сэрии, булт, холкуостааһын, о.д.а.) уонна кыра кээмэйдээх, аҕыйах персонажтаах да жанрга саха омук быһыытынан уратыта ымпыктаан-чымпыктаан ойууланар кыахтаах эбит диэн түмүккэ кэлбитэ. Учуонай суруйар научнай истиилэ тупсаҕай, ааҕааччыга тиийимтиэ буолан, саха уус- уран литературатын анаарар уочаркалар прозаҕа анаммыт түһүмэхтэрэ олус табыллыбыттарын бэлиэтиэх кэриҥнээхпит.

     Сардаана Платоновна 1962 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэриэҕиттэн ыла, ханна да халбарыйбакка эрэ, биир тэрилтэҕэ 45 сыл устата үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Онон биһиги институппут ХХ үйэ иккис аҥарынааҕы историятыгар быһаччы кыттыбыта, учуонай да, киһи да быһыытынан бу тэрилтэни төрүттээбит аҕатын уонна тус бэйэтин үтүө аатын хаһан да түһэн биэрбэтэҕэ. Биир идэлээхтэригэр олус истиҥ, кыһамньылаах сыһыаннааҕа, дьон кыһалҕатын-үөрүүтүн тус бэйэтин киэнин курдук ылынан, кыаҕа баарынан сүбэнэн да, дьыаланан да көмөлөһө сатыыра. Ол иһин бииргэ үлэлиир дьоно, кырдьаҕаһыттан, эдэриттэн тутулуга суох, бука бары олус ытыктыыллара, өрүү кинини холобур оҥостоллоро. Сардаана Платоновна биһиги институппутугар үлэлиирин тухары Платон Алексеевич Ойуунускайы кытта быстыспат ситим баар курдуга, улуу киһи тыына, өйө-санаата мэлдьи биллэргэ дылыта…

    Ыарахан эрээри баай ис хоһоонноох олоҕу олорбут буолан, Сардаана Платоновна наһаа үчүгэй кэпсээнньит этэ, кини кэпсээнэ-сэһэнэ истээччи болҕомтотун өрүү тардар, кэрэхсэтэр буолара. Ойуунускайдар дьиэлэригэр Саха сирин биллэр-көстөр дьоно элбэхтик сылдьыбыт, ыалдьыттаабыт буолан, кинилэр тустарынан олус ымпыктаан-чымпыктаан уонна үгүстэрин туһунан олус истиҥник ахтан-санаан ааһара. Ол кэпсээннэригэр Тыаһыт, Дьуон Дьаҥылы, Күн Дьирибинэ, Чысхаан, Күннүк Уурастыырап, Болот Боотур уо.д.а. саха биллиилээх суруйааччыларын уобарастара, айар үлэһит эрэ быһыытынан буолбакка, истиҥ, эрэллээх атас-доҕор, уруу-аймах, үтүө сүбэһит, уйан дууһалаах тыыннаах киһи буолан, өрүү олус сырдыктык ойууланара. Бу бэлиэ дьон олохторуттан араас көрдөөх түбэлтэлэри, айаҥҥа тахсыбыт быһылааннарын, бэйэлэрин истэринээҕи истиҥ кэпсэтиилэрин, доҕордуу дьээбэлэһиилэрин кини ахтыллар дьон хараххар субу көстөр гына олус тэбэнэттээхтик, уустаан-ураннаан сэһэргиирэ. Ол кэпсии олорон алҕас ийэлээх аҕатын, эдьиийин Лаананы санаан ыллаҕына уйадыйан ылара, быыһыгар оҕолорун-сиэннэрин саҥаларын-иҥэ- лэрин кыбытан, быһыыларын-туттууларын бэлиэтээн үөрэн мичилийэ олороро субу харахпар баар.

     Сардана Платоновна оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас буолан, тэҥнээх киһилии ураты истиҥник кэпсэтэриттэн эбитэ дуу, бэйэтигэр дьону олус тардара. Саамай сөбүлүүр, ис дууһатыттан арыллар, сэргэхсийэр, астынар аудиторията оҕолор этэ. Онон кинилэри кытта куорат да, тыа сирин да оскуолаларыгар, уһуйааннарыгар баран көрсөрүн, сэһэргэһэрин хаһан да ыарырҕаппата – кырачааннардыын алтыһаары научнай- практическай конференцияларга, ааҕыыларга, литература бырааһынньыктарыгар, араас көрсүһүүлэргэ айана ырааҕыттан толлубакка көхтөөхтүк, үөрэ-көтө кыттара. Оҕолор да киниэхэ олус иһирэхтик сыһыаннаһаллара, дууһалыын тардыһаллара.

      Бэйэтин тула ураты иһирэх эйгэни үөскэтэн дьону түмэр, сомоҕолуур ураты дьоҕурдааҕа. Кини ат- тыгар хайдах эрэ кирдээх, түктэри өй-санаа, куһаҕан майгы-сигили сатаан сыстыбата. Дьону сэниир, сиилиир, сэмэлиир, сиргэ-буорга тэпсэр майгыта төрүт суоҕа, хата төттөрүтүн кинилэргэ үтүөнү эрэ баҕарара. Сардаана Платоновна, дьиҥинэн, олоҕор үгүс ыар түгэннэри, атаҕастабылы, үүрүүнү-үтүрүйүүнү, таҥнарыыны этинэн-тириитинэн билбит киһи этэ буоллаҕа. Ол эрээри, төһө да олох очурдарыгар оҕустардар, олох кэрэтин, дьон-сэргэ үтүө айылгытын, албыны үрдүгэр ытыарбат кыларыйар кырдьык суолтатын, күүһүн киэҥник өйдүүрэ, үрдүктүк сыаналыыра.

      Биһиги киэн туттар биир идэлээхпит дьоһун ыал бастыҥ-мааны ийэтэ этэ. Кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэннэригэр, бары аймахтарыгар, кэргэнин урууларыгар олус эйэҕэс сыһыаннааҕа. Мындыр өйдөөх

далбар хотун буолан, алаһа дьиэтин аҕа баһылыгын мэлдьи өрө тутара – кэргэнин Сергей Петровиһы олус ытыктыыра, өрүү маанылыыра, уһун ыарахан ыарыыга ылларбытыгар бэриниилээхтик көрбүтэ-харайбыта. Оҕолорун-сиэннэрин да иитиигэ Сардаана Платоновна өрүү үтүө холобур буолара – оҕолоругар олус убаастабыллаахтык сыһыаннаһарын, кинилэр ис эйгэлэрэ ыраас, туруктаах буоларын туһугар кыһалларын бары өрүү көрө-истэ сылдьарбыт.

     Үйэтин тухары аҕатын сүдү аата киниэхэ сороҕор ыар баттык, сороҕор далааһыннаах кынат буолбута саарбаҕа суох. Сардаана Платоновна аҕатын иннигэр үс бүк эппиэтинэһи сүгэрэ: бастаан төрөппүт оҕо – удьуор, иккиһинэн, учуонай уонна, үсүһүнэн, Киһи быһыытынан. Ону кини дириҥник өйдүүрэ уонна муударайдык ылынара. Ол да иһин аҕатын сырдык аатын хайдахтаах да кэмҥэ түһэн биэрбэккэ, киртиппэккэ, аан дойду үрдүк чыпчаалыттан Ойуунускай улуута сураҕырарыгар, кини баараҕай нэһилиэстибэтэ бар дьонугар тиийэригэр дьаныардаахтык үлэлэспитэ, турууласпыта, үгүс сыратын биэрбитэ. Учуонай быһыытынан саха ырыатын-тойугун, таабырыннарын, өс хоһооннорун дириҥник хорутан үөрэппитэ аныгы фольклористикаҕа дьоһуннаах олугу уурбута, билиҥҥи уус-уран литература сайдыытын, уларыйыытын мындырдык ырытан литератураны чинчийэр наука сайдыытыгар эмиэ биллэр суолу-ииһи хаалларбыта. Онон киһи, доҕор быһыытынан Сардаана Платоновна Ойуунускайа хаалларбыт үтүө өйдөбүлэ биһиги сүрэхпитигэр куруук сырдыгынан сыдьаайар.

Лидия Романова

«Чолбон» сурунаал. – 2019. – №9