Мин аҕыс оҕолоох ыал улахан оҕолоро этим. Онон да эбитэ буолуо, сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулары тэрийэри сөбүлүүрүм. Аны санаатахха, тииһэн-тааһан сүрдээх дьон эбиппит буолуо оччолорго. Орто оскуоланы Чурапчыга 1971 сыллаахха бүтэрбитим. Биһиги кылаас оҕолоро эйэлээх-иллээх буолуубутун 1968 сыллаахтан ыла кылааспыт салайааччытынан үлэлээбит Василий Семенович Яковлев хааччыйбыта диэн этиэхтээхпит. Кини хаһан даҕаны көбдьүөрэн туран мөхпөт-эппэт этэ. Кылаас иһигэр күөдьүйэр тэрээһиннээх хайысханы өрүүтүн өйүүрэ. Үөрэнээччи айымньылаах өйө-санаата тобулларыгар, ол олоххо киирэригэр үтүө баҕалааҕа.
Биһиги кинини учууталлартан уратытык көрөрбүт. Таҥнан-симэнэн, туттан-хаптан сылдьардыын Василий Семенович туспалааҕа. Онто кинини биһигиттэн тэйиппэт этэ, хата, төттөрүтүн өссө ордук чугаһатара. Василий Семенович уруоктар икки ардыларынааҕы тохтобулу биллэрэр чуораан чугдаара түстэр эрэ көрүдүөрү былдьаһара. Атын учууталлар курдук учительскайга симсэ сатаабат этэ. Оҕолор киниттэн күлүктэппэттэрэ. Дьэ көҥүллүк хамсанан-имсэнэн ылалларыгар тоҕоос үөскээбитин курдук ылынарбыт. Кыргыттар бөлөҕүнэн туран ыллыыр үгэстээхтэрин олус диэн кэрэхсиирэ, сөбүлүүрэ. Оччолорго оскуолаҕа ирдэбил быһыытынан биир күрүс өҥнөөх-дьүһүннээх таҥаһынан таҥныы, уолаттар баттахтарын килэччи кырыйан кэбиһии казарменнай быраабылаларыгар утары Василий Семенович оҕолор эстетическэй ыраас-чэбдик сэбэрэлэрин утары туруорары тэрийбит эбит. Ким барыта характерыгар, уҥуоҕар-иҥиэҕэр сөп түбэһэр таҥаһы таҥнар эрэ буоллаҕына өйө-санаата бохсуллубатын, оҕо айылҕаттан бэриллибит кэрэтин сүтэрбэтин хааччыйыы педагогическай ньыматын биһиги кылааспыт үөрэнээччилэрин нөҥүө киллэрэри ситиспит киһинэн кини буолар. Василий Семенович үөрэнээччилэриттэн көстүүм кэтэрбитин, хаалтыс маанарбытын, ыраастык туттан-хаптан, чэбдиктик суунан-тараанан сылдьарбытын ирдиирэ. Хас биирдиибит көҥүл соҕустук кэпсэтэрбитин, общественнай этиканы тутуһарбытын кэрэхсиирэ, ардыгар туох эмэ үөрүүлээх- көтүүлээх кэмҥэ түбэһиннэрэн, сэҥээрэн, хайҕаан да ылар түгэннэрдээҕэ. Общество чилиэнэ личность быһыытынан көҥүллүк сайдыахтаах диэн тылга эрэ баар этии ис хоһоонун кини, арааһа, биһиги нөҥүө дьиҥнээх олох хаамыытыгар тирэннэрбит быһыылаах. Үөрэнээччилэр учууталбыт сымыйаҕа балыллан хаалла сылдьыбыттааҕын билбэт-истибэт этибит. Эдэр сааһа итинник хара балыырга түбэспит буолан, Василий Семенович саҥа көлүөнэ дьон оҕо саас үөрүүтүн-көтүүтүн, көҕүн-нарын билэн хааларбытыгар баҕа санаалааҕыттан ити курдук сыһыаннаспыта буолуо дии саныыбын. Бэйэтин кэмин үөрэхтээх, сайдыылаах киһитэ бэрт сотору кэминэн общество да, государство да тутулугар уларыйыы, историческай өҕүллүү кэмэ кэлиэхтээҕин сэрэйэрэ, онуоха үүнэр көлүөнэни хайа эмэ өттүнэн бэлэмниир наадатын олус дириҥник өйдөөбүтүн кытары сибээстээх буолуон сөп.
Василий Семенович кылаас чааһын ыытарыгар, көннөрү да кэпсэтиигэ даҕаны, чуолаан эттэххэ, орто оскуоланы бүтэрэр сылбытыгар: “Саха дьоно аҥардастыы тыа хаһаайыстыбатын уонна сүөһү эрэ иитиитин, учуутал эрэ буолуутун идэлэригэр хаайтарыа суох тустаахтар. Эйгэни кэҥэтэр, цивилизованнай сайдыыга тахсар араас идэлэри баһылыахтаахтар. Кэм-кэрдии бэрт сотору кэминэн ону эрэйиэҕэ. Дойдуга горняктар, энергетиктар, муора уонна өрүс флотун специалистара, музыка, культура үлэһиттэрэ наада буолуохтара. Ити идэлэри баһылыырга кыһаллыахха баар этэ”, — диэн өй укпута. Кини ылыннарыылаах куолаһа сибилиҥҥэ диэри кулгаахпар иһиллэргэ дылы.
Учууталбыт Василий Семенович ити эппитэ сүнньүнэн олоххо киирдэ. Үорэнээччилэрэ экономика, геология, энергетика, культура, оннооҕор муора флотун эйгэтигэр үлэлиир- хамсыыр идэлэри баһылаатылар. Василий Семенович айылҕаттан айдарыылаах педагог этэ. Бэрт дуона суохтан дириҥ суолталааҕы булара. Барыбытыгар биир тэҥник харыстабыллаахтык сыһыаннаһара. Соччонон киниэхэ убаастабылбыт бэйэбит да билбэппитинэн күн-түүн улаатан иһэрэ. Биһиги учууталбыт туох эрэ ураты наадалааҕынан дьарыктанарын сэрэйэрбит. Бириэмэтин үксүн дьиэтигэр ыытара, литератураны хасыһара. Историк идэлээх киһи научнай үлэни суруйара буолуо дии саныырбыт. Биһиги оҕо сааспыт туһунан уһулуччулаах уус-уран айымньытын сити кэмҥэ айар түбүгэр түспүтүн, кырдьыга, түһээн даҕаны баттаппат этибит. Дьиэтигэр-уотугар сылдьарбытыттан үөрэрэ. Василий Семенович мотоцикллаах этэ. Ону көрдөөтөрбүт эрэ уларсара. Айылҕаҕа сылдьарбытын көҕүлүүрэ. Бары ол мотоциклынан таскайданан чараҥҥа тахсарбыт, алаастарга тиийэрбит. Олохпут сырдык өйдөбүллээх күннэрин олус бэркэ аһарбыппыт. Педагог киһи сүрэҕэ онтон бүтэйдии манньыйара, үөрэрэ эбитэ буолуо.
Учуутал Василий Семснович олус аһыныгас, сытыары-сымнаҕас майгылааҕа. Биирдэ маннык түбэлтэ буолла. Онус кылааска үөрэнэ киирэр сылбар улаханнык ыарыйдым. Ону- оха эбии врачтар сыыһа диагноһы туруораннар, сыыһа эмтээһин түмүгэр, уонча хонукка өйө-төйө суох сыттым. Хор, ол кэмҥэ Василий Семенович бэйэтинэн тиийэн, партия рай- комун секретарыгар иэдээн тахсар буолбутун сиһилии кэпсээн биэрбит уонна санитарнай рейс көрдөөн, самолету ыҥыртарбыт. Миигин Дьокуускайга киллэрбиттэрэ. Үс төгүллээн субуруччу операция оҥорбуттара. Биир-икки хонук хойутаабытым буоллар, арааһа, дьыалам хаахтыйыа эбит. Өлөр өлүү айаҕыттан учууталым Василий Семенович Яковлев ити курдук эр санаалаахтык сулбу тардан ылбыта. Балыыһаттан тахсарбар оройуоҥҥа республиканскай олимпиадаҕа бэлэмнэнии үгэннээн бара турар эбит этэ. Физикаҕа уонна математикаҕа күрэхтэһиилэр буолбуттара. Василий Семенович туран аны миигин Республиканскай олимлиадаҕа кыттарбар өйөбүл оҥорбута. Ону сорох учууталлар үөрэх күнүн элбэҕи көтүттэ диэн утарсыбыттара. Кырдьык, үөрэхпэр үчүгэй этим. Онтум көмөлөстөҕө уонна учууталым да туруорсуута күүстээҕэ эбитэ буолуо. Дьокуускайга киирэн, Республиканскай олимпиадаҕа куһаҕана суохтук күрэхтэспитим. Ити түгэн саҥардыыта үтүөрбүт, үөрэх күнүн элбэҕи көтүппүттүү сүөм санаммыт киһиэхэ тирэҕи, күүһү-күдэҕи, бэйэ күүһүгэр эрэниини биэрбитэ чуолкай. Аны санаатахха, оччотооҕу тыа сирин оскуолаларыгар оҕоҕо дьоҕурунан көрөн сыһыаннаһыы хайысхата киирэ илигинэ Василий Семенович биир бастакынан бу кэскиллээх суолу өйөөбүт эбит. Кини ити курдук бириэмэ ирдэбилин олус сөпкө көрөр дьоҕурдааҕа.
Өссө биир түгэни ахтан-санаан ааһыам этэ. Василий Семенович «Дьикти саас» диэн суруйуута кинигэнэн тахсыбытын кэннэ кини дьиэтигэр Дьокуускайга мустан дискуссиялары тэрийэрбит. Бары бэркэ диэн билэрбит уус-уран айымньыга уобарастар түмүллэн, элбэх эйгэттэн хомуллан оҥоһуллалларын. Ол да буоллар син биир бэйэбитигэр майгынныыр өрүттэри «Дьикти саастан» син биир булан тэйэрбит. Күлсэрбит, үөрэрбит-көтөрбүрт. Василий Семенович олус болҕомтолоохтук истэрэ, мүчүҥнээн ылара. Биирдии-иккилии тылынан олус өйлөьүллээхтик биһиги күйгүөрбүтүгэр хардарара. Кэргэнэ Яна Викторовна буоллаҕына, чэй өрөрүттэн соло булбата: «Василий Семенович эһиги кэлэргититтэн олустук сынньанар. Аралдьыйа түһэрэ наада», — диирэ. Кэпсэтии олус истиҥ быһыыга-майгыга барара. Соччонон биһиги кылаас оҕолоро күндүтүк санаһарбыт улааттар-улаатан иһэрэ. Билигин даҕаны оннук.
Сүүрбэ биэс сыл учууталбынаан, саха народнай суруйааччытыныын Василий Семенович Яковлевтыын-Даланныын өйөһөн-убаһан, өйдөһөн-санаһан, доҕордоһон аастым. Чурапчы райсоветын председателинэн да, атын да салайар үлэлэргэ сылдьан, ону ааһан бу билиҥҥи да дуоһунаспар үлэлиир-хамныыр кэммэр Василий Семенович сүбэнэн-аманан олус диэн көмөлөспүтэ. Учууталым хас саҥа таһаартарбыт кинигэтин биирин да көтүппэккэ суруктаан-бичиктээн бэлэхтээбитэ. Интэриэһинэйэ баар: олор барылара өйү-санааны, эрэмньини угар тосхоллоохтор.
Биһиги, үөрэппит оҕолоро, таптыыр учууталбытын, суруйааччыбытын, бөдөҥ общественнай деятельбитин кытары маннык түргэнник арахсыахпыт эрэ диэн санаабат этибит. Өрүүтүн өйөбүллээх, өрүүтүн Далан диэн бигэ тирэхтээх курдук сананарбыт. Бары даҕаны учууталбытын олус суохтаабыппыт. “Чэ, уолум, норуотун интириэһиттэн тахсар дьайыылары оҥорор буоллаххына, өлөн-охтон биэриэҥ суоҕа!” — диэн учууталым, олоххо таһаарсыбыт өрүүтүн ытыктыыр киһим, Василий Семенович Яковлев-Далан, сыал-сорук туруоран эппитэ сүрэхпэр баар.
Е.А.Борисов
Саха республикатын председателин солбуйааччы,
Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун директора,
Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын уонна соҕотуопкаҕа
министерствотын министрэ.
Чолбон. – 1998. – муус устар ый.