(Арассыыйа Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата Аита Шапошниковалыын кэпсэтии)
Билиҥҥи саха литературатын эйгэлэригэр Намтан төрүттээх биллиилээх тылбаасчыты, суруналыыһы, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитин, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун Улахан литературнай бириэмийэтин лауреатын Аита Шапошникованы билбэт киһи суох. Өйүнэн, дууһатынан саха литературатыгар бэриниилээх, киэҥ билиилээх, үрдүк култууралаах суруйааччыбыт бу күннэргэ үбүлүөйдүөхтээх.
Аита Ефимовна, мин билэрбинэн эн «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар биир эрэдээксийэ эрдэхтэринэ үлэлии сылдьыбытыҥ. Ол туһунан кылгастык кэпсии түһүөҥ этэ дуо?
- Мин эһиги сурунаалгыт бэтэрээнэ буоллаҕым дии. 1979 сыллаахха, атырдьах ыйын 1 күнүгэр, оччолорго “Полярная звезда” уонна “Хотугу сулус” сурунааллар сүрүн эрэдээктэрдэрэ Александр Егоров корректор дуоһунаһыгар үлэҕэ ылбыта. Онно уон сыл устата үлэлээбитим. Онон бэйэҕит киһигит буолабын. Ол саҕана үлэлээбит Сэмэн Никифоров-Сэрииһит Сэмэн, Николай Габышев, Иван Федосеев-Доосо, Василий Яковлев-Тос, Василий Яковлев-Далан уонна Юрий Чертов курдук улахан ааттаах-суоллаах суруйааччылары кытта бииргэ алтыспытым. “Полярная звезда” сурунаал үлэһиттэрэ: эрэдээктэрбит Леонид Левин, кини аннынан салаа сэбиэдиссэйдэрэ Дмитрий Вишняков, Иван Ласков, мин уонна машинистка Полина Жондорова баар этибит. Миигин М. Горькай аатынан литературнай институту бүтэрэн кэлбит буоламмын, подстрочник тылбааһынан көмөн кэбиспиттэрэ. Оччоттон баччаҕа диэри сахалыы айымньы нууччалыы тылбаастанара олус наадалаах. Тоҕо диэтэргит, аҥардас онто суох Суруйааччылар сойуустарыгар да киирбэккин. Онон подстрочник бөҕөтүн оҥорбутум. Оттон Иван Ласков туруорсан, кириитикэҕэ бэйэбин боруобаланан, эдэр ааптардар кинигэлэригэр кыракый рецензия курдуктары суруйан саҕалаабытым. Онтон сиэттэрэн, эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтара буолуон иннинэ ырытыы эҥин оҥотторор буолбуттара. Оннук үлэлээх этим. Сыыйа улахан суруйааччылар бэйэлэрин айымньыларын миэхэ тылбаастата биэрэр буол- буттара. Аан маҥнай уус-уран айымньытын тылбаастата биэрбит киһинэн Николай Заболоцкай-Чысхаан этэ. Аҕам кини «Болот моһуогуруулара» кинигэтин уруһуйдаабыта. Ол иһин буолуо, “Болот моһуогуруулара” кинигэтин миэхэ нууччалыы тылбаастата биэрбитэ. Ол «Полярная звезда» сурунаалга тахсыбыта. Онтон Суруйааччы сойууһугар киирээри сылдьар Иван Егоров-Сүгэһэрдээх “Сүгэһэрдээх куоҕас” уонна Егор Неймохов “Көтүү” кинигэлэрин под- строчниктарын оҥороллоругар көмөлөспүтүм.
Саамай күүскэ Далан айымньыларын тылбаастаабытым. “Тулаайах оҕо” (“Бүтэй Бүлүү”) арамаанын “Хотугу сулуска” бэчээттэппитин кэннэ киниэхэ саба түһүү бөҕө саҕаламмыта. Киин кэмитиэккэ тиийэ үҥсэн суруйаллара. Ити кэмҥэ миигин Софрон Данилов хоһугар ыҥыран ылбыта уонна: «Бу суруйааччыны олох сордоору гыннылар. Эдэр эрдэҕинэ Башарин дьыалатыгар эрийэн хаайбыттара. Онон, бука баһаалыста саҥа арамаанын нууччалыы тылбааһын түргэнник
оҥор эрэ. Кинигэтэ Москваҕа тахсарыгар кыах баар», – диэбитэ. Оччолорго «Современник» издательствотыгар кинигэ тахсара уочарат буолар этэ. Саха сиригэр анаан квота биэрбиттэригэр, ким эрэ кэмигэр айымньытын бэлэмнээн киллэрбэтэх быһыылааҕа. Онон уоппускам кэмигэр ыксал-тиэтэл бөҕөнөн, икки ый иһигэр, бэйэм наһаа сөбүлээн, айар турукпар киирэн, «Бүтэй Бүлүү» арамаанын тылбаастаан бүтэрбитим. Далан ааҕан баран, үчүгэйдик тылбаастаммыт диэн сүрдээҕин үөрбүтэ. Кинигэ издательствота бэйэтэ тылбаастыыр контингеннаах эбит. Дьиҥэ, хантан саха тылын билэн тылбаастыахтарай? Подстрочнигы эрэ эрэдээксийэлээн, тупсаран биэрэллэр. Миэнин Лидия Лебединская диэн аатырбыт тылбаасчыкка биэрбиттэр этэ. Кини Далаҥҥа «сүрдээх грамотнай подстрочник мин үлэбин түргэтэттэ. Онон киниэхэ мин махталбын тиэрдээр» диэн эппит этэ. Ол кэнниттэн Далан “Хотугу номохтор” кэпсээннэрин, “Аар тайҕам суугуна” сэһэнин тылбаастаабытым. Кэлин өссө «Дьылҕам миэнэ» эссе арамаанын биэрээри гыммытын «Чуораанчык» сурунаалга үлэлээн эрэр буоламмын ылбатаҕым. Ону кини Мария Алексееваҕа биэрбитин, түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык тылбаастаабыта кинигэ буолан тахсыбыта. Ол кэмҥэ Далан «Тыгын Дархан» арамаанын суруйа сылдьара.
- Ол бэртээхэй арамааны эн нууччалыы тылбаастаабыккын «Полярная звезда» сурунаалга хаста да түбэһэн аахпытым. Ол туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
- Ол устуоруйата маннык. Арамаан ситэ сурулла да илигинэ биһиги сурунаалбыт эрэдээктэрэ Владимир Федоров миигин ыҥыран ылан: «Далан кэтэһиилээх айымньытын суруйан ортолосто. Ону биһиги эйиэхэ тылбаастатан сурунаалбытыгар таһаарыахпытын баҕарабыт», – диэбитэ. Мин кинигэ буолан тахса илик диэн көрбүппүн ылымматаҕа. Онон ити арамаан кинигэ буолуон иннинэ тылбаастанан «Полярная звезда» сурунаалга тахсыбыта да, бэйэтэ дьикти түбэлтэ буолар. Аны биһиги эрэдээксийэбит Даланы П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэҕэ түһэрбитэ уонна араас тэрээһиннэри көҕүлээн ыыппыта. Суруйааччылар сойуустара кинини но- руодунай суруйааччыга түһэрбиттэр этэ. Софрон Данилов: «Тоҕо Ойуунускай бириэмийэтин бэрдэрэ сатыыгытый? Эһиги мэһэйдээҥҥит, аны норуодунай аатын биэриэхтэрэ суоҕа», – диэн этэн көрбүтүн биһиги хайаан да туруорсан ылларыахпыт диэбиппит. Оччолорго П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни биэрии ирдэбилэ кытаанах этэ. Биһиги эдэр буоламмыт хорсуннук киирсэн, ааҕааччылар кэмпэриэнсийэлэрин, сэҥээриилэрин, публикацияларын күүскэ тэрийэн, Даламмытыгар Ойуунускай бириэмийэтин бэрдэрэн турабыт. Ол саҕана наһаа истиҥ атмосфера баара. Далан үөрүү-көтүү бөҕөтө буолбута.
- Аита Ефимовна, Саха сириттэн хаһыа буолан Максим Горькай аатынан институкка тылбаас салаатыгар үөрэммиккитий?
- Бастаан ахсыа этибит эрээри, биир уолбут кыайан бүтэрбэтэҕэ. Кини үөрэнэ сылдьан кэргэн ылбыта, икки оҕолононон, кэргэнэ ыҥыран төрдүс куурустан уурайан хаалбыта. Онон биһиги сэттиэ буолан бүтэрбиппит. Тахсыылаах, күүстээх куурус этибит. Преподавателлэрбит эрдэттэн сэрэтэн: «Бары суруйааччы, тылбаасчыт буолуохпут дии санаамаҥ. Эһигиттэн икки-үс да киһи айар үлэнэн дьарыктаннаҕына даҕаны, биһиги улахан ситиһии дии саныахпыт», – диэн этэллэрэ. Үгүстэр кырдьык олох атын идэни талбыттара.
Холобур, биир куурус анныкы үөрэммит монгол уола Энхбаяр бастаан учуонай, оттон Монголия бэрэсидьиэнэ буолан соһуппута. Биһиги кууруспутугар үөрэммит эрэмээн уола Армения КГБ-н салайбыта. Аатырбыт суруйааччы Солоухин кыыһа Ольга үөрэҕин бүтэрээт да, Лондоҥҥа барбыта. Билигин да онно олорор. Елена Миндадзе диэн кыыспыт «Петербургские тайны» киинэ сериалын сценарийын суруйан аатырбыта. Суруйааччы буолаат, Гремина диэн псевдоним ылбыта. Билигин Москваҕа бэйэтэ тыйаатырдаах.
Оттон тылбаасчыт үөрэҕин бүтэрбит сахаоҕолорун дьылҕалара хайдаҕый?
– Биһигиттэн Альбина Борисова, Мария Алексеева уонна мин суруйааччы буолбуппут. Атыттарбыт атын идэлээхтэр эрээри, тылы кытта сибээстээхтэр. Петр Попов «Саха сирэ» хаһыакка кылаабынай эрэдээктэри солбуйааччы буола сылдьыбыта. Валентина Сыроватская ИДьМ пресс-сулууспатын салайбыта, полковник буолбута улахан ситиһии дии саныыбын. «Бичик» кинигэ кыһатыгар Альбина Федорова эрэдээктэринэн, оттон Альбина Борисова сүрүн эрэдээктэринэн үлэлээбиттэрэ. Мария Алексеева төһө да парламеҥҥа улахан дуоһунаска үлэлээтэр, тылбааһынан утумнаахтык дьарыктанар этэ.
Семен Данилов биһигини үөрэххэ ыытарыгар: “Оҕолоор, эһиги үөрэххитин бүтэрдэххитинэ биһиги тылбаас бюрота арыйыахпыт. Онно бары былаан быһыытынан үлэлиэххит. Өссө олорор дьиэҕитин кытта булан биэриэхпит”, – диэн эппитэ. Өлөн хаалбатаҕа буоллар былаанын олоххо киллэриэ этэ дии саныыбыт. Ол кэмҥэ Семен Даниловы ханна баҕарар үрдүкү таһымҥа көрсөллөрө, туруорсууларын ылыналлара. Холобур, кини дьокутаат быһыытынан туруорсуутунан, олоҥхо тылбааһыгар судаарыстыбаннай бырагыраама оҥорон, сөҕүмэр үп көрүллүбүтэ. Кини баара буоллар партия обкома биһигини онно-манна ыскайдыа суоҕа этэ. Саатар үс-түөрт сыл тулуктаспыта буоллар, биһиги бары идэбитинэн үлэлээх, дьиэлээх-уоттаах буолуо этибит. Дьиҥэ, аныгы үйэҕэ суруйааччы тылбаасчыта суох сатаммат. Ону Семен Данилов өтө көрөн биһигини үөрэттэрбитэ.
- Билиҥҥи айар үлэҥ туһунан сырдата түһүөҥ дуо?
- Былырыын, быйыл биир киһи холугар күүскэ ылсан, күнүстэри-түүннэри күрдьэн үлэлээбитим табылынна. Николай Калитин «Томмоо» уонна «Этиҥ дуксуйар» сэһэннэрин, Ойуку “Хоболоох суол” арамаанын икки туомун нууччалыы тылбаастаабытым кинигэ буолан таҕыстылар. Университекка үлэлээммин Василий Илларионов сакааһынан икки дьоҕус олоҥхо тылбааһын оҥордум. Дарья Томская-Чайка “Кыыс Кылаабынай бухатыыр” уонна Бүлүү олоҥхоһута Василий Каратаев «Оҕо тулаайах» олоҥхолорун тылбаастаатым. Суруйааччы сойууһугар киирээри гыммыт ыччаттар айымньыларын тылбааһыгар элбэхтэ үлэлэстим. Ону барытын түмтэххэ уонна кыратык эбэн биэрдэххэ туспа кинигэ буолар матырыйаал мунньулунна.
Манна даҕатан аҕыннахха, мин Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлэ» поэматын тылбаас- таабыппынан киэн туттабын. Ону дьылҕам тэбэн биэрбит бэлэҕэ дии саныыбын. Биирдэ Умсуура кэлэн: “Чуораанчыкка” библиотечка диэни тэрийдибит. Онно эн «Ойуун түүлүн» нууччалыы тылбаастаа эрэ”, – диэн көрдөспүтэ. Ону ылынан мин харатын оҥорбутум. Харчылара көстүбэккэ кыайан тахсыбакка өр баҕайы сыппыта. Онтон санаам түһэн, ситэри оҥорбокко сылдьыбытым. Оттон эмискэ Өксөкүлээх үбүлүөйүгэр, САПИ бэйэтин издательствотыгар «Сокровища Севера» сериятыгар таһаараары көрдөөбүттэрэ. САПИ вице-бэрисидьиэнэ Степанида Иннокентьевна Николаева: «Рукопискын аҕал», – диэн үүйэ- хаайа туппута. Мин хайыахпыный, таах сытыа дуо? Ситэрэммин Өксөкүлээх сиэнигэр Людмила Кулаковскаяҕа тиийэн көҥүл ылбытым. Онон «Ойуун түүлэ» тылбааһым дьоҕус кинигэ буолан тахсыбыта. Саамай үөрэрим диэн ол тылбааһым киирбит кинигэтин космонавт Олег Кононенко космоска илдьэ тахса сылдьыбыта буолар.
- Эдэрдэр тылбааска төһө сысталларый?
- Эдэрдэри кытта үлэ хайаан да ыытыллыахтаах. Мин ХИФУ-га эдэр тылбаасчыттары уус-уран тылбааска үөрэтэргэ икки сыл устата айар семинардарын салайан үлэлэстим. Онно бастаан 14-15 устудьуон киирбитэ эрээри, тоҕус киһи бүтэрдэ. Кинилэр ортолоругар дьоҕурдаах эдэр тылбаасчыттар баалларын билэбин. Тылбаасчыкка хамнас диэн суох – гонорар эрэ. Онно да аата-суола суох тылбаасчыкка сакаас киирбэт. Эдэрдэр үлэ булан хамнастаналлара, ол быыһыгар тылбааһынан дьарыктаналлара наһаа ыарахан. Тоҕус бүтэрбит устудьуоннарбыттан ордук Семен Феоктистов-Сэргэх Сэмэйгэ эрэнэбин. Кыргыттар дьэ хайыыллара буолла, дьиэлэриттэн-уоттарыттан тутулуктанара буолуо. Ордук Римма Крылова диэн хоһоонньут уонна Анна Прудецкая диэн Куорсуннаах «Аан Талҕа» арамаанын эрэдээктэрэ кыргыттартан кэтэһэбин. Кинилэр ылыстахтарына ситиһиилээхтик үлэлиэхтэрэ.
- Саха сиригэр Библия тылбааһынан дьарыктанар суруйааччылар бааллар дуо? Библия сахалыы тылбааһыгар быһаччы сыһыаннаах киһи быһыытынан бу бырайыак устуоруйатын сырдата түспэккин ээ.
- Библия тылбааһа диэн олох туспа тиэмэ. 1989 сыллаахха Швеция киин куоратыгар Стокгольмҥа баар аан дойдутааҕы Библия института «Детская Библия» диэн кинигэни нууччалыы тылынан таһаарбыт. Борислав Арапович диэн баһылыктара сахалыы тылынан таһаараары Николай Лугиновы булбута. Николай Лугинов бастаан сонурҕаан, үлүһүйэн үлэлээбит. Ол элбэх өҥнөөх хартыыналардаах, оҕолорго анаан улахан буукубанан суруллубут тиэкистээх кинигэ бэчээттэнэн тахсаат, аатырбыта, адьас бестселлер буолбута. Ону сөбүлээн таҥара үлэһиттэрэ: «Үчүгэй бырайыак эбит. Маны эһиги өссө кэҥэтэн халыҥ кинигэтэ таһаарыҥ», – диэн сорудах биэрбиттэрэ. Борислав Арапович салгыы үлэлээн кинигэтин хаста да төхтүрүйэн эбэн аһара кэҥэтэн кэбиспитэ. Николай Алексеевич ол кэмҥэ «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» арамаанын суруйа сылдьара. Ол иһин: «Бу кинигэ хаһан да бүтүө суох! Киһибит эбэ турар. Эн ылыс», – диэн миэхэ туттаран кэбиспитэ. Оттон Мария Алексееваҕа Евангелиены биэрбиттэр этэ. Ити курдук 1989-1990 сылларга мин Оҕо библиятын, Мария Евангелиены тылбаастыы сылдьыбыппыт. 1992 сыллаахха Саха сиригэр Библия тылбаасчыттарын бөлөҕүн тэрийбиттэрэ. Кэлин бөлөхпүтүгэр Саргылаана Леонтьева холбоспута.
Суруйааччылар аксакалбыт Суорун Омоллоон таҥара үөрэҕин тылбааһын наһаа сэҥээрэр этэ. Биһигини көрсө эрэ түстэр хайдах үлэлиирбитин туоһулаһан, ыйыталаһан тахсара. Таҥара туһунан кэпсэтэрин сөбүлүүрэ. Кыыһыра-тымта да сылдьар түгэнигэр, биһигини көрөөт, манньыйан хаалара. Дьиҥэ онно эрдэттэн бэйэбитигэр чугаһатан, тылбааска көмөлөһүннэриэх, кини дириҥ билиитин туһаныах баар эбит. Ону музейдарынан үлүһүйэн дьарыктанар оҕонньору өссө ноҕоруускалыахпыт диэн туттунар этибит. Хата кэлин Саргылана Леонтьева ыҥыран икки сыл бырайыакпытыгар үлэлэспитэ, онон тиһэх күнүгэр таҥара дьиэтиттэн таһаарбыттара.
- Аита Ефимовна, «Далбар Хотун» сурунаал сүрүн эрэдээктэринэн үлэлээбит кэмҥин кэпсээ эрэ.
- “Далбар Хотун” сурунаалы Наталья Харлампьева 1994 сыллаахха төрүттүүрүгэр миигин көмөҕө ыҥырбыта. Онтон “Саха сирэ” кылаабынай эрэдээктэринэн ананарыгар миигин бэйэтин оннугар хаалларбыта. Мин Умсуураны, Ираида Попованы, Софья Протодьяконованы үлэҕэ ыламмын олус бэркэ үлэлээбиппит. Тэрилтэбитигэр саҥа салайааччы кэлэн барыбытын болдьохтоох контракка илии баттаппыта. Онон ол болдьох 2012 сылга бүтэн хаалбыта. Бэйэм оннубар Софья Протодьяконованы хаалларар былааннаах этим. Ол сатамматаҕа.
«Далбар Хотун» сурунаал куонкуруһун бастаан 2007 сыллаахха мин тэрийбитим. Иккилии сыл буола-буола үстэ оҥорбуппут. Харчы көстөрө ыарахан буолан, спонсор көрдөһөр этибит. Саҥа салайааччы 2009 сыл саҥатыгар «Сахабэчээккэ» кэлбитигэр: “Биһиги куонкурус тэрийэбит. Бренд буолар кыахтаах. Онно эн суолта биэрэҥҥин көмөлөс эрэ”, – диэбитим. Ону “Леди СМИ” куонкуруһу тэрийсэр буолан, көмөлөспөт, харчы биэрбэт буолла. Киһини кыһалҕа кыһарыйдаҕына күүс-сэниэ, идиэйэ киирэр эбит. Мин быыбарга бииргэ үлэлээбит киһибэр Афанасий Ноевка тиийэн көрдөстүм. Кини Оксана Винокурованы кураторынан анаабыта уонна «Туймаада Лизинг» салайааччытыгар Семен Ивановка “Синтай” тыраахтарда спонсордаа диэн сурук суруйан бэйэбинэн ыыппыта. Ол киһи өс киирбэх сөбүлэһэн кэбиспитэ. Урукку бириистэрбит мөлтөхтөр, бытархайдар этэ. Киһи хараҕа халтарыйар сүрүн бириис баар буолуохтаах дии санаабытым табыллыбыта. Ол курдук туруорсан Кытайга путевка, “Синтай” тыраахтар, холодильник булаттаан соһуппутум. Куонкуруска киһи буолунай кэлбитэ, бириис бөҕөтө бэриллибитэ. Дьэ, ол кэнниттэн салалта көмөлөһөр буолбута.
- «Якутия» хаһыакка култуура салаатыгар үлэлээбит кэрдиискин хайдах сыаналыыгын?
- Күн аайы тахсар хаһыат буолан, үлэлииргэ ноҕуруускалаах этэ. Күн аайы сорудаҕы толороҕун, матырыйааллары бэлэмнээн биэрэҕин. Миигин уопуттаах, ытыктанар суруйааччы диэн мээнэ сүүрдүбэттэр этэ. «Тугу суруйуоҥ этэй?» диэн ыйыталларын дьиктиргии истэрим. Бу эйгэҕэ туора киһи буолбатах буоламмын, дьоннор миэхэ матырыйаалларын биэрээри бэйэлэрэ тиийэн кэлэллэрэ.
- Биир ытырыктатар санаабын ыйытыахпын баҕарабын: суруйааччы кинигэтэ сотору бэчээттэммэт буолуо дииллэр, ама оннук буолуо дуо?
- Саха ааҕааччыта баарын тухары суруйааччы кинигэтэ бэчээттэнэ туруоҕа. Интэриниэт содула кырдьык улахан. Соччо чочуллубатах сахалыы кэпсээннэр фэйсбукка, форумнарга, батсаапка күүскэ тахсар буолан эрэллэр. Ол киһини дьиксиннэрэр. Ол эрээри биһиэхэ киинэ диэн саҥа көстүү баар буолла. Киинэ үчүгэй литературата суох сатаммат. Литература хайаан да баар буолуо. Мин санаам онон бөҕөх.
- Аита Ефимовна, билигин ханна үлэлииргин ааҕааччылар интэриэһиргиир буолуохтаахтар. Сэһэргии түһүөҥ дуо?
- «Саха сирин суруйааччылара» ассоциацияҕа, Олег Сидоровы кытта үлэлии сылдьабын. Араас тэрээһин бөҕөтүн тэрийэн ыытабыт. Бу үлэ айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанарбар кыах биэрэр. Манна хаһыакка курдук күн аайы матырыйаал көрдөөн суруйуу түбүгэр түспэккэ, чуумпуга тилэри үлэлиэххэ сөп. Бэйэм хаһан баҕарарбынан «Илин» сурунаалга, тэрилтэбит порталыгар, Аэропорт сурунаалыгар суруйабын. Арыый эрдэ маннык тэрилтэҕэ үлэлээбитим буоллар, саха литературатыгар элбэҕи туһалыа эбитим буолуо.
Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Егор Борисов, Далан курдук улуу суруйааччы үөрэнээччитэ, литература суолтатын билэр, сыаналыыр буолан биһиги общественнай тэрилтэбитин олохтообута көдьүүстээҕин көрдөрөн эрэр. Ассоциация ик- ки суруйааччы сойууһун түмэр, эдэр ааптардары кытта үлэлиир, киин бэчээккэ Саха сирин суруйааччыларын айымньылара тылбаастанан тахсалларыгар көмөлөһөр, куоракка, улуустарга баар литературнай холбоһуктары ситимниир, көрсүһүүлэри тэрийсэр. Онон барыта санаам хоту буолан иһэриттэн үөрэбин.
- Аита Ефимовна, саха литературатын тэҥ эйгэҕэ таһаарар ахсаабат үлэҥ иһин махтанабын уонна өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Эйиэхэ айар үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиини, тус олоххор дьолу-соргуну баҕарабын.
Кэпсэттэ Иван Осипов
«Чолбон». – 2019. – балаҕан ыйа