Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Сонуннар » Тутааччы буолуу — бочуот

Тутааччы буолуу — бочуот


М. АЛЕКСЕЕВ,

«Якутстрой»  трест 3 дээх ТМУ-н комплекснай~биригээдэтин биригэдьиирэ.

Социалистическай Үлэ Геройа

       Ааста пятилетка бастакы сыла —1966 сыл. Үүннэ пятилетка иккис сыла — Советскай былаас 50 сылын туолар хайҕаллаах юбилейнай  1967 сыл. Бу икки улуу дьыл ыпсыһар кирбиитигэр биһиги ааспыт үлэбитин уонна олохпутун эргиллэн көрөр, инники кэскилбитин тускуллуур үгэстээхпит. Мин төрөөбүт-үөскээбит сирим аан дойдуга аатырар Бүлүү Эбэ хотун умнаһа — Ньурба. Кыра эрдэхпиттэн  тулаайах хааламмын ийэ-аҕа  истиҥ тапталын диэни билбэтэҕим. Советскай  былаас, бар-дьон көмөлөрүнэн  балачча киһи-хара буоллум. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бастакы сылыгар Якутскайга фабричнай-заводской  үөрэххэ ыыппыттара. Оччолорго 14 саастаах этим. Болуотунньук идэтигэр үөрэнэн, сүгэ угун туппутум уонна бу билиҥҥэ диэри Якутскай куорат тутууларыгар биир да күнү көтүппэккэ кэриэтэ үлэлии сылдьабын.

      22 сыл устатыгар төрөөбүт-үөскээбит Сахам сирин киин куоратын саҥа мас даҕаны. таас даҕаны дьиэлэринэн киэргэтиигэ сырабын харыстаабакка үлэлиибин. Ол былаһын тухары биир кичимэллээх санаалаахпын: бар дьону бигэ-таҕа,  сырдык – сылаас, ис киирбэх олорор уонна үлэлиир дьиэнэн- уотунан  хааччыйыы. Аҥардас ааспыт семилеткаҕа мин салайар комплекснай  биригээдэм 50 массыына киирэр гараһын, килиэби  астыыр комбинат, тимир-бетон конструкциялары оҥорор завод комплексын, 64 уонна 24 квартиралардаах икки улахан таас дьиэлэр,  140 миэстэлээх оҕо икки комбинатын курдук бөдөҥ тутуулары бүтэрэн үлэҕэ киллэрдэ. Онтон пятилетка бастакы сылыгар биһиги Профсоюзтар дьиэлэрин уонна 36 квартиралаах олорор дьиэни бүтэрдибит. Билигин Нуучча государственнай драматическай театрын дьиэтигэр капитальнай өрөмүөнү ыыта сылдьабыт.

     Тапталлаах куораппыт Якутскай сылтан сыл ахсын киэбэ улам  тупсан, уларыйан иһэр — үрдүк таас дьиэлэринэн киэркэйэр, уулуссалара асфальтынан бүрүллэллэр. Инникитин таас дьиэлэри, культурнай-бытовой учреждениялары саҥа промышленнай предприятиелары тутуу өссө үксүөҕэ, куорат газификацияланыа, баараҕай ГРЭС-тэниэ, канализацияланыа. Манна дьон-сэргэ тоҕуоруһар дьикти-кэрэ площадтара, сквердэрэ баар буолуохтара. Итиннэ барытыгар биригээдэм дьоннорун айымньылаах үлэлэрэ баарыттан, баар буолуохтарыттан киэн туттабын. Күн сирин анныгар тутааччы баар күндү,  бочуоттанар киһи. Кини чэрдээх илиитинэн куораттар, бөһүөлэктэр күндээрэллэр, баараҕай тутуулар заводтар, фабрикалар. гидростанциялар айыллаллар. Ити барыта советскай норуот сардаҥалаах коммунистическай обществоны тутуутутар күүс-көмө буолар. Дьэ ол иһин тутааччы чиэстэнэр, кини үлэтэ үрдүктүк сыаналанар. Ааспыт 1966 сыл үгүс хорсун-хоодуот тутааччыларга, ол иһигэр миэхэ улахан үөрүүнү-көтүүнү аҕалла. ССРС Всрховнай Советын Президиумун Ыйааҕынан миэхэ Социалистическай Үлэ Геройун бочуоттаах аата иҥэрилиннэ.

     Мин салайар биригээдэм Советскай былаас 50 сыла туолуутун чиэһигэр куоталаһыыга кииристэ. Социалистическай Ийэ дойдубут үйэ аҥардаах юбилейын үлэҕэ саҥа ситиһиилэрдээх көрсүөхпүт — бу үүммүт саҥа дьылга  биригээдэм дьонноро партияҕа, норуокка, Ийэ дойдуга биэрбит бигэ тыллара итинник.

М. АЛЕКСЕЕВ,

«Якутстрой»  трест 3 дээх ТМУ-н комплекснай~биригээдэтин биригэдьиирэ.

Социалистическай Үлэ Геройа