Тыаһыт… Паапабыт суорума суолламмытын кэннэ, биһиги ийэбит сэрии буолуон аҕай иннинэ Николай Николаевич Павловтыын ыал буоларга быһаарыммыта. Ол саҕана улахан эдьиийим Муся уон түөртээх, кыра эдьиийим Лана тоҕустаах, мин алталаах этим. Кыра эрдэхпититтэн көрө үөрэммит буоламмыт, кинини «дядя Коля» диэн ааттыыр этибит. Оччолорго түптээх-таптаах олох суоҕа, дьиэ да кыараҕас, биир кыракый хоско олорор этибит, онон Николай Николаевич кэлэ-бара сылдьара, ханна эрэ Төхтүр диэн сиргэ учууталлыыр быһыылааҕа. Арай кини кэллэҕинэ, кыра оҕолорго, биһиэхэ, бырааһынньык курдук буоллра — элбэх кэһиилээх-тутуулаах кэлэрэ. Бу — биһиги паапабыт оннугар кэлбит “паапа” диэн, миигинньик киһи оччолорго соччо быһаарбат суола этэ.
Дядя Коля… Эдьиийдэрим да кинини “лояльнайдык” көрсүбүттэрэ. Күһүөрү кыһын бырааппыт Куока төрөөбүтэ. Кырачааҥҥа бары да олус ылларбыппыт. Кинини көтөҕөөрү мин Ланаттан үгүстүк былдьаһарым.
Сэрии буола турара.. Ийэм бэйэтэ да улахан сүрэх баастаах киһи, эбии эрэйэ-кыһалҕата элбээбитэ… Николай Николаевич хаайыллыбыта. Ийэм аны түөрт оҕолоох тулаайах хаалбыта. Чурапчыга аймахтарбытыгар тахсыбатахпыт буоллар, хайдах дьылҕалаах дьон буоларбыт биллибэт!
Н.Н.Павлов олоҕо эриэ дэхси буолбатах. 30 – 40 сыллар тыйыс тыыннара кинини кытаанахтык хаарыйбыттара, 58 ст. 10 пуунунан иккитэ ытылларга ууруллан баран, тыыннаах хаалбыт киһи: бастаан 1942-45 сс . иккистээн 1949-50 сс. Дьэ ол барыта, кини наһаа өс киирбэх, аһаҕас дэлэгэй дууһалаах, санаатын иһигэр тута сылдьыбат, көнөтүнэн этэриттэн буолбута. Дэлэҕэ да этиэхтэрэ дуо: “Язык мой — враг мой!” Манна мин биир дьоҕус гынан баран, Н.Н.Павлов олоҕун, айар үлэтин, дьоҥҥо сыһыанын толору кэрэһэлиир ыспыраапканы аҕалыахпын баҕарабын, нууччалыы тылынан суруллубутун баалыахтара суоҕа диэн туран:
“Николай Николаевич Павлов-Тыасыт (1904-1974) вошел в якутскую литературу как автор рассказов, стихов, фельетонов и литературно-кри- тических статей о произведениях якутских писателей. Им былы переведены на якутский язык произведения Л.Толстого, М.Горького, Н.Островского, М.Зощенко и др.
В 1935-1937 гг. Н.Н. Павлов учился в Институте истории, литературы и философии в Москве, затем работал научным сотрудником в Якутском научно-исследовательском институте языка и культуры, преподавателем в педтехникуме, пединституте и школе.
I октября 1939 г. был репрессирован как единомышленник Д.К. Сивцева-Суорун Омоллоона и реабилитирован I августа 1941 г. С 1942 по 1945 гг. опять провел в тюрьме по ст. 58. пункт 10. Находясь в заключении. Н.Н. Павлов — составил двухтомный русско-якутский словарь, который был выпущен в 1948-1949 гг. (совместно с И.И.Поповым). Новый срок дали Николаю Николаевичу с 28 октября 1949 г. по 27 мая 1950 г.
После реабилитации он долго не мог найти работу и печататься.
С 1945 по 1948 гг. на договорных основаниях по поручению Якутской государственной научной библиотеки он составил библиографический указатель “Якутская художественная литература”, в котором дал объективную и правдивую информацию о состоянии дел не только в литературе, но в истории, культуре народа с 1904 по 1 января 1948 г. В библиографию включены как именитые авторы, так и репрессированные писатели. В работе Н.Н. Павлова мы находим имена И.Е. Слепцова (Арбита), В.Н. Леонтьева, Г.В. Баишева (Алтан Сарын), А.Ф. Боярова, К.О. Гаврилова (Тыа оҕото) и многих-многих других” (Ылылынна “ИЛИН” сур.1991 с 2-с нүөмэриттэн, с.12).
Хойут, П.А. Ойуунускайга сыһыаннаах материаллары кытта билсэ сылдьан, мин, аҕам обком секретардарын Певзняк П.М., Окоемов Н.Н. ааттарыгар суруйбут суругун көрбүтүм. Ол сурукка П.А. Ойуунускай Институт үлэтин, научнай хайысхатын, кадрдарын туһунан элбэх боппуруостары туруорбут этэ. Онно саҥа сүүмэрдэниэхтээх үлэһиттэр ортолоругар Н.Н. Павлов аата ааттаммыт:
“… 4 Также перевел деньги на выезд из Москвы Павлову Н.Н. по болезни, не окончившему курс лингвистики в Московском институте.
Тов. Павлов беспартийный (по отзывам знающих не имеет твердых взглядов и не уживчив)” (Ылылынна: уруккута Саха сиринээҕи обком партийнай архивыттан, ф 3. оп. 177, дь. 5567, лл. 25 30).
Дьэ, олох эриирэ дьиктилэрдээх диэтэҕин! Ити — «кытаанах сүнньэ суох, дьону кытта хадьардаһар» киһи, биһигини, П.А. Ойуунускай оҕолорун ииппитэ, атахпытыгар туруорбута. Мин биирдэ дьиибэ үһүйээни истэн турардаахпын– “Былатыан Онуунускай хаайыыга сытан Тыаһыкка кэриэс хаалларбыт үһү. Эн эдэргин, босхолонон тахсыаҥ, мин бу дойдуттан тыыннаах тахсарым биллибэт. Өкүлүүнү кэргэн ыл, оҕолорбун киһи оҥортоо диэбит үһү”.
Дьэ кырдьык, “норуот өстөөҕө” буолбут дьон дьиэ кэргэттэрин үгүс киһи тумна хаамар буолбут кэмигэр, үс оҕолоох, доруобуйатынан да мөлтөх дьахтары ылыы — кэрээнэ суох хорсун быһыы. Бу эмиэ Николай Николаевич киһилии майгыта – сигилитэ.
1945 с. бүтүүтэ Н.Н.Павловы “за неимением состава преступлений” диэн хаайыыттан босхолообуттара. Ийэбэр ааттаһан-көрдөһөн суруйа сатаан баран, кини 1946 с. саас бэйэтэ Чурапчыга кэлэ сылдьыбыт этэ. Мин ол түбэлтэни сурах эрэ хоту билэбин. Арай элбэх кэһии, ырбаахы таҥаһа баар буолтун өйдүүбүн. Кэлин саҥаһым Мария Митрофановна Бурцева манныгы кэпсээн турардаах:
— Николай Николаевич биһиэхэ кэлэ сылдьыбыта. Уонна “Степа, мин Чурапчыга тахсан дьонум хайдах олороллорун билсээри гынабын. Өкүлүүннүүн дальнейшем хайдах олорорбутун быһаарсыахха наада”. Биһиги “сөп буоллаҕа дии” диэн сөбүлэстибит, кэһии таҥас-сап була сатаатыбыт, Амма Аччыгыйа харчынан көмө оҥордо. Аҕыйах хонон баран Ньукулайбыт тиийэн кэллэ: “Хотун дьиэтигэр да киллэрбэтэ… Бары туох эрэ сыстыганнаах ыарыы буолбуттар үһү. Аантан төнүннэрдэ .. .
Кырдьык, сити сылларга “кыһыылаах умунах” (чесотка) уонна харах дьаҥа наһаа сутуйбут кэмэ этэ.
Маамам чугас доҕор дьахтарыгар кэпсээбитин өйдүүбүн, бадаҕа, Николай Николаевич кэлэн барбытын кэннэ:
— Хас хонукка, ханна баран олорорбут биллибэт… Манна үлэлээхпин, олорон эрэр дьиэлээхпин. Аймахтарым бары өйөбүл-көмөлтө буолаллар.. Оҕолорум үөрэнэллэр, ким да туора көрбөт-атаҕастаабат… Павлов эрэлэ суох киһи. Үһүстээн олох очуругар оҕустарыахпын баҕарбаппын. Туох да гарантия суох…
Кэлин да “дойдубуттан арахсыбатаҕым үчүгэй” диэн улаханнык махтанара 1949 с. Н.Н.Павлов иккистээн хаайыыга киирбитэ…
1953 сыллаахха күһүөрү сайын Ннколай Николаевич Чурапчыга ко- мандировкаҕа кэлэ сылдьыбыта. Биһиги ол саҕана санаторийга олорорбут. маамам тубдиспансерга медсестранан үлэлиирэ. Эдьиийим Муся ЯФАШ-ка үөрэнэр, Лана телефонисткалыыр этэ, мин онуска үөрэниэхтээх этим…
Николай Николаевич маамабын кытта үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, өр кэпсэппиттэрэ… Маамабыт биһигиттэн “сөбүлэҥ” ылбытын кэннэ, сотору кырдьаҕас аҕатын кытта куораттан көһөн кэлбиттэрэ… Биһиги эмискэ эһэлээх, аҕалаах ыал буола түспүппүт. Николай Николаевич истибэтигэр кэнники «Ник Ник» эбэтэр «ЭнЭн» диэн ааттыырбыт, оҕо эрдэхпититтэн ааттыы үөрэммиппитинэн “дядя Коля” диирбит аны хайдах эрэ табыгаһа суох курдук, онон кэлин наар “Николай Николаевич” диэн убаастабыллаахтык толору ааттыыр буолбуппут. Николай Николаевич районоҕа инспектордаабыта. Кини дьону кытта бэрт дэбигистик билсэрэ. Мэхээлэ Доҕордуурап, Дьуон Дьаҥылы, Роман Христофорович Кривошапкин, Сэмэн Жирков киниэхэ чугас доҕор буолбуттара.
Ааттаах булчут, сэдэх “Зауэр” саалаах. Биһиги ыал аны дьоҥҥо бэрсэр кустаах-куобахтаах буоллубут. Урут “Ойуунускайдар” диэн дэтэр буоллахпытына, аны “Тыаһыттаах” дэтэр буолан хааллыбыт… Дьэ кырдьык, “Сон — саҕатынан, ыал — аҕатынан”.
Урут улахан бырааһынньык, юбилей диэни билбэтэх дьон, 1954 сыл сайыныгар Николай Николаевич 50 сааһын бэлиэтээбиппит. Аймахтар, табаарыстара Сэмэн Жирков, Николай Осипович Винокуров, Мэхээлэ Доҕордуурап дьиэ-кэргэн дьоно буолан хонууга баран аһаабыппыт, оннооҕор любительскай хаартыскаҕа түспүппүт.
Сайын мин үөрэххэ туттарса бардым. Эн Эн уоппуска ылан, эмиэ куоракка киирбитэ. Ол сыл миигин үрдүк үөрэххэ ыыппатахтара, ити Эн Эҥҥа эмиэ улахан охсуу этэ.
Амма Аччыгыйа маннык түгэни ахтааччы.
— Сайын Николай Николаевич даачаҕа сырытта. Олус кыыһырбыт: “Кыыспын Захаров баҕадьы үөрэххэ ыыппата. Мин киниттэн ситиһиэм…”
. — Тыый, доҕоор, обком секретарыттан хайдах “ситиһээри” гынаҕын? Хайа, ол дойдугар иккистээн бараайаххыный?
… Күһүн Хайахсыкка көһөн бардыбыт. Эн Эн оскуолаҕа учууталлыыр, маама биһикки балыыһаҕа сиэстэрэлиибит. Кырдьаҕас эһэбит Николай Павлович мас ууһа — ыалларга, хонтуораҕа остуол, олоппос, ыскаап оҥорор. Манньатыгар колхозтар ат биэрбиттэрэ, хайа эрэ ыал — үрүҥ көмүс сырайдаах ыҥыыр… Кыһын устата оҕонньор сыарҕа иэҕэн, эһиилигэр силигэ ситэн куораттаабыт этэ. Уонна, эдэр сааһын «эргитэн» кыра сарайга туох баарын: аттары, сыарҕалары, ат көмүс симэхтээх харчылары — барытын хаартыга сүүттэрбит, арыгылаан кэбиспит. Сырайын буорга анньан оҕонньорбут төннөн кэлбитэ үһү.
Угут дьыл буолан Хайахсыт күөллэрэ дириҥээн, уулара ырааһыран, балык үөскээбит кэмэ этэ. Кэтит күөлгэ, Арыылаахха улахан элбэх киһилээх муҥха буолбута, ыаллыы Хадаар, Чакыр нэһилиэктэриттэн ыалдьыттар бааллара Арыылаахтан өтөр-наар кэлбэтэх балыгы хостообуттара түүн үөһэ буолуор дылы. Нырыыга сылдьыбыкка барытыгар, оннооҕор балыыһаҕа сытар ыарыһахтарга, интернакка олорор оҕолорго тиийэ өлүү тиксибитэ. Кырдьаҕас эһэбит лаппыныах оҥорбут үтүөтүгэр түөрт өлүүнү ылбыта. Биһиги дьиэ-кэргэн Чурапчынан, Дьокуускайынан элбэх балыгы кэһии гынан ыскайдаабыппыт.
Тыаҕа оччотооҕуга электричество суох, киинэ да буолбат. Учууталлар субуотаҕа Эн Эҥҥэ мунньустан “пулькалыыллар”, түүнү быһа оонньуур этилэр. Эт-ас дэлэгэй, арыгы ончу суох. Ыаллар кыра-кыралаан бражка туруораллар этэ. Сотору-сотору Эн Эн саҥата:
— Совершенно верно… Совершенно неверно… Хаарты ахсаана тоҕус эрэ .. Совершенный дурак! Хаарты улууһа түөрт эрэ, — дии-дии көбдьүөрэр. Ким да өһүргэммэт. Бэйэтин хаадьылаан “Совершеннай оҕонньор” диэн ааттыыр буолбуттара.
Эн Эн аҕатыныын убай-быраат курдуктар. Кырдьаҕаһа көбүс-көнө, уолуттан лаппа үрдүк, оттон уола нүрү-нүксүгүр, илиитин кэннигэр туттан, бэйэтин көхсүн сүгэн иһэр курдук, бу бука хаайыыга хаамар үгэһиттэн хаалбыта буолуо… Аҕыс уоннаах эһэбит отутчалаах кыыс-дьахтары кэргэн кэпсэтиннэрээри өлүү бөҕө. Аны кэргэнэ суох оҕоломмутун истэн: «Дирээн дьахтар эбит» диир буоллаҕа үһү… Оҕонньор тоҕус уон түөрдүгэр өлбүтэ.
Сайын буолан, мин эмиэ үрдүк үөрэххэ туттарса киирэбин. Эн Эн уоппуска ылан эмиэ киирсэр… Хайыҥ оҥостон соҕуруу «Үҥсүү» кумааҕытын Амма Аччыгыйынан ыытабыт… Мин Новосибирскайдыыр буоллум. Кыһын үлэлээн муспут харчыбар эбии Эн Эн балай да харчы биэрдэ. Самолет билиэтэ төһө да ыараханын иһин, үөрэх аһыллыытыгар баар буолаарыбын, самолеттанным. Ол да буоллар, уопсайга миэстэ мэлийбитин кэннэ тиийдим. Үһүө буолан биир хоһу куортамнаһан олордубут. Дьиэбиттэн ый аайы Эн Эн перевод ыытар.
Саҥа дьыл иннинэ аҕай — Паапабыт дьыалата тиллэр. Эн Эн ол солуну Чурапчыга мунньахха киирэ сылдьан истибит. Маайа Доҕордуураба маннык кэпсээбитэ:
— Оҕонньор биһиэхэ кэллэ. Сирэйэ-хараҕа өрүкүйбүт аҕай. Мэхээлэҕэ тугу эрэ кэпсээтэ. Улахан саҥа аллайыы буолла… Ытабыл да, үөрүү да буолла… Түүнү быһа хаһыа да буоланнар, муостаҕа хоонньоһо сытан, оҕонньору ахталлар. хоһооннорун ааҕаллар, ырыатын да ыллаан көрөллөр.
Паапабыт, Платон Алексеевич Ойуунускай, литературнай нэһилиэстибэтэ тиллиитигэр Эн Эн үтүөтэ элбэх. Сүбэһиппит. Тирэнэр тирэхпит.
Николай Николаевич оҕомсоҕо уос номоҕо буолбут дьыала. Улахан эдьиийим уолугар Сашаҕа наһаа ылларбыта. Уола суох да буоллаҕына, күнү быһа “пыхаа-пыхаа-пыхаайскай” дии-дии, манньыйар идэлээх. Биирдэ, сиэнэ атаахтаан: “Эһээ, атаҕым ыалдьар”, — диэбитигэр, омуннуран. сайыҥҥы хара кырыска үс-түөрт биэрэстэлээх сиртэн салааскаҕа соһон, бырааһы түүн уһугуннаран реҥгеннэтээри гынар киһи буоллаҕа дии… Саша биэстээҕэр куоракка маҥнай киирэн баран нууччалыы билбэт буолан моһуоҕура сылдьыбыта. Сотору-сотору дьиэ таһыттан киирэн:
- Куорат куһаҕан, бары нууччалыы эрэ саҥараллар… Эһэбэр барыам… Халдьаайыбар барыам .. Чурапчыга үчүгэй.
Аҕыйах хонугунан эһэтэ сайыһан, ахтан аҕан киирэр:
- Доҕоор, Сааска, куорат үчүгэй дуо? Кэпсээ эрэ…
Уола саҥарбат. Килбигийбит курдук туттар. Эһэтэ ону көрөн:
- Тыый. доҕоор! Сахалыы умуннуҥ дуу, тугуй?
- Оттон, деда, мин сахалыы совсем забыл.
- Туох даа… Оҕону буорту гыммыттар. Совершенно нууччалыы да, сахалыы да билбэт оҥорбуттар. Суох! Илдьэ барабын!!!
Ол сайын Чурапчыга аймалҕан буолбут: икки кыра биэстээх алталаах уолаттар, Дьуон Дьаҥылы оҕото уонна Тыаһыт сиэнэ — икки Сааска сүтэн хаалбыттар. Күнү, түүнү быһа ыалларынан, чугас чүөмпэлэринэн, чараҥынан көрдөөбүттэр.. Мэлигир! Нөҥүө күн радионан биллэртэрбиттэр. Киэһэлик уолаттары Одьулуунтан массыынанан тиэйэн аҕалбыттар. Бу бэйэтэ көс кэриҥэ сир, онно уолаттарыҥ үс көлүөһэлээх кыра оҕо билэсипиэтинэн мэҥэстиһэн тиийбиттэр. Сайын Николай Николаевич уонна Амма Аччыгыйа сиэттэрин кытта ыһыахха сылдьан маанылаппыт эбиттэр. Ону санаан, Сашка убайын онно ил- пит… Эн Эн улаханнык аймаммыта үһү. Эдьиийим Аайа, хойуут ааспытын кэннэ, күлэ-күлэ кэпсиир буолара:
- Оҕонньор хааман иһэн ытыыр уонна наар миигин мөҕөр: “Эн уолуҥ улахан, өйдөөх. Мин уолум кыра, акаары… Эйиэнэ тыыннаах буолуо, миэнэ өлбүтэ буолуо… Ол совершенно очевиднай дьыала…
Оскуолаҕа киирэн баран, пиэрибэй кылааска үөрэнэ сылдьан Саша уол эһэтигэр Чурапчыга бэстилиэнэй трамвайынан күрээн турардаах. Кыһыҥҥы суол аһыллыбытын кэннэ саҥа дьыл эрэ иннинэ эһэтэ уолу куоракка төттөрү киллэрбитэ.
Биирдэ мин уолум, балтараалаах Платоша, убайын Сашка конструк- торыттан кыракый биинтиги алҕас ыйыстан кэбистэ. Эһэбит омун бөҕө.
- Бу оҕо өлөрө буолуо.. Оһоҕоһо тэстэрэ буолуо… Рентгеҥҥэ илдьиэххэ, операция наада… — диэн, биир түүн утуйбата да, барыбытын да утуппата. Нөҥүө күн биинтикпит оҕо сааҕын кытта “лос” гына түстэ, эһэбит ону, харбаан ылаат. ыйыстан кэбистэ. Дьэ оннук омун киһи!
Николай Николаевич кэпсээнэ үксэ омуннаах буолааччы, онтукатын кини “на полном серъезе” кэпсээччи. Чурапчыга таҥара дьиэтэ турар томторугар быһа тахсар, сатыы эрэ дьон сылдьар муосталара баара. Биирдэ Эн Эн эмиэ сирэй-харах туран:
- Муостаҕа биир билэсипиэттээх дьахтар оҕотун өлөрдө…
- Тыый, туох даа?
- Суох, суох. . Быччаҕар баара, оҕотун өлөрө сыста!
- Ол хайдах?!
— Совершенно өлөрүө эбит, хата бэйэтэ түһэн, оҕотун билэсипиэккэ анньан таҕыста…
Николай Николаевич олус омуннаахтык, үрүт-үрдүгэр талкыйан саҥарарын иһин чугас доҕотторо “Талкы” диэн хос аат иҥэрбиттэр. Тыаһытынааҕар Талкыта ордук дэбигистик ааттанара, кини онтон төрүт да өһүргэммэт этэ.
Николай Николаевич омуннаах буолан, араас быһылааннарга түбэспитэ үгүс. Амма Аччыгыйа Талкыны иккитэ “кырбаабытын” мэлдьи кэпсээччи. Маҥнайгы “кырбаныытын” төрүөтэ маннык:
- Биирдэ аргыстаһан иһэн Талкы: “Куһаҕан кыргыттар мин үчүгэй уолбун муостаҕа үнтү түһэрэн өлөрөллөрө буолуо”, — диэтэ. Мин кыыһыран кинини түөскэ биэрдим, киһим тиэрэ түһэн хаалла… Өссө Ойуунускай оҕолорун “куһаҕан кыргыттар” диэбит буола буолаҕын!.. Киһим туран баран. “Атаҕастаатыҥ… Кырбаатыҥ!” — диэхтээтэ ээ…
Иккис түбэлтэ маннык:
- Оччотооҕуга Талкы биир табаарыһыныын туспа хоско дьукаахтаһан олороллоро. Холостуой дьоҥҥо мунньустан кэпсэтии да, арыгы иһии да баар буолара… Мин хаһан да арыгыга кыттыбатах киһибин! Кэлбитим, Ньукулай холуочук соҕус… Суоруннуун туохтан эрэ мөккүһэн, адьас дайбаһыах курдук буолбуттарын көрөн, мин араартаан. Ньукулайы оронугар тиэрэ баттаатым… Киһим: ‘Кырбаары гынныҥ дуо?! Мин кимиэхэ да босхо оҕустарбатах киһибин”. — диэтэ. Онуоха мин, дьиэбиттэн төрүт да туохтан эрэ тымтан-кыыһыран кэлбит киһи “Охсуом даҕаны, ону эн хайыаххыный?!” — диэн баран кулгаахха биэр- биппин бэйэм да билбэккэ хааллым .. Киһим холуочуга ааһан хаалла уонна: “Кэбис, доҕоор, ама, туох иирбит сахата утары көрөн туран Амма Аччыгыйын, Суорун Омоллоону, Уурастыырабы кырбыа буоллаҕай…”. — диэхтээтэ. Ким эрэ саҥата: “Чэ, доҕоттоор, эйэлэһии арыгытын иһиэҕиҥ”. Онуоха Талкы: “Суох. суох… Бэйэҕит иһиҥ, миигин Ньукулай кырбаата. Мин бардым!” — диэн тахсан барда… Павловыҥ күүстээх киһи этэ… Боксер! Кини “прямой удар”, “скользящий удар” диэн тыллардаах, хаадьылаан: “Көрдөр эрэ ол приемҥун!” — диэтэххэ, «Кэбис, прямой удар бобуулаах, киһини өлөртөрөөрү гынаҕыт дуо? Оттон скользящий диэн совершенно безопаснай охсуу».
Амма Аччыгыйа табаарыһын туһунан бараммат кэпсээннээх буолааччы Талкы амарах дууһалааҕын, үөрүнньэҥин сөҕөөччү:
— Арай биир сарсыарда эрдэ баҕайы Ньукулайым тиийэн кэллэ.
Олус үөрбүт-көтөҕүллүбүт көрүҥнээх “Дьэ, доҕоор, бэҕэһээ күтүөтүм Сергей дьон-сэргэ ортотугар миэхэ махтанна: “Мин кэргэммэр, оҕолорбор өйөбүл буолтуҥ. Эн көмөҕүнэн мин аспирантураны бүтэрэн, кандидат буоллум. Эйиэхэ муҥура суох махталбытын биллэрэбит… Аны эһиги кырдьар ыалдьар күҥҥүтүгэр биһиги көрүөхпүт диир ээ… Миэхэ итинтэн атын туох наада буолуой?! Олус үөрдүм!” Көр эрэ, дьэ итини кэпсии охсоору оҕонньорум бачча эрдэ кэллэҕэ.
Былыр эдэр эрдэҕинэ Николай Ннколаевич саха суруйааччыларын үксүн кытта бииргэ бултаабыт киһи. Биирдэ Уурастыырабы кытта кустаабыттар. Уурастыырап тыы тумсугар, суунан баран, сотто турар үһү. Кустар түһэн, утары устан кэлбиттэригэр, Николай Николаевич ытан хабылыннарбыт. Арай Болуодьа өлөр хаһыытын хаһыытаабыт. Куттал бөҕө буолбут… Биир доруобунньук мончуук атаҕыттан тэйэн Күннүк иһигэр түбэспит.
— Совершенно өлүө эбит. Хаһата халыҥ буолан абыраата!
Чурапчыга да тахсан баран Николай Николаевич күһүн-саас бултуурун уураппатаҕа. Бииргэ сааланарын олус сөбүлүүр дьоно Роман Христофорович Кривошапкин, Роман Максимович Саввин, Иннокентий Дмитриевич Егоров, кэлин күтүөтэ Сергей, кини табаарыһа Николай Адамов уо.д.а.
Күһүҥҥү куска-куобахха оҕонньору хаамтарбаттар, күөсчүтүнэн хаал- лараллар. Биирдэ хайа эрэ өтөххө хонуктаан олордохторуна, оҕонньор чугуун боччуук булан, ол иһиккэ кыра мииннээн кус оҕолорун бүтэйдии арыыга бырылаппыт.
- Дьэ, араас аатырбыт рестораннарга син аһаабыт киһи этим да, оҕонньор ол күөһүгэр аатырбыт “табака” ханан да тиийбэт. Олус минньигэс этэ. Хаһан да амтанын умнубаппын! — диэн күтүөтэ Сергей куруук ахтааччы.
Кырдьык, Николай Николаевич дьиэҕэ-уокка да астыыр күөһэ дыр курдук буолааччы. Хайҕаатахха, сүөм көтөҕүллэн:
- Совершенно верно. Арыы тугу да буорту гыммат. Арыыны совершенно харыстаабат баҕайыта, — диэччи.
Бултуу сылдьан Николай Николаевич араас көрүдьүөс тыллары саҥаран дьону күллэртээччи. Биирдэ бырыылаах, чычаас уулаах күөлгэ Роман Христофорович сахсайан хаалбыт тыынан кус таһаара киирэн баран, тыыта тимирэн, хааттаран хаалбыт: кыайан хааман да, устан да тахсар кыаҕа суох буолбут. Хата, чугас кэбиһиилээх от баар буолан, ол күрүө маһын таһан Сергей үлэ бөҕөҕө түспүт: Сергей ураҕас уурааччы, Николай Николаевич биэрэккэ туран эрэ хамаандалааччы буолбут. Киһилэрэ дьоно мучумааннана сылдьалларын көрө-көрө күлэр үһү. Онуоха Николай Николаевич кыыһырбыт:
- Совершенный дурак… Моонньугар дылы ууга дыабаллан туран күлэрдээх ээ!
Николай Николаевич бииргэ үлэлээбит табаарыстарыгар, үөрэппит оҕолоругар үтүө сыһыаннаах этэ. Кини педагогикаҕа биир бигэ сүрүннээх: “Оҕоҕо “двойка” туруорар совершенно сыыһа. Иккис сылга хаалларар — совершенно акаары быһыы. Иистэнньэҥ, детсад үлэһитэ, медсестра буолар кыргыттарга алгебра, физика төрүт да наадата суох! Суоппар, тракторист буолар уолаттарга гуманитарнай предметтэр наадата суохтар. Оҕолор оскуоланы хайаан да бүтэриэхтээхтэр уонна дьэ олоххо дьоҕурдарын көрдөрөр, сөптөөх специальностары талыахтаахтар”, — диэн.
Николай Николаевич үпкэ – аска үлүһүйбэтэх, баайга-талаҕа тардыспатах киһи. Кини өссө 70 сыллар саҕаланыыларыгар биир дьиибэ тыллаах этэ: “обуржуазывание” диэн. Сорох дьон наар үрдүкү дуоһунаска тардыһаллар, бэйэ эрэ байарын туһугар кыһаналлар. “Обуржуазывание интеллигенции” буолла диэн айманара, дьиксинэрэ.
Николай Николаевич сүүрбэччэ сыл Чурапчыга олорбута. Өр сыллаах сыралаах үлэтэ үрдүк сыанабылы ылбыта, киниэхэ Саха сирин оскуолаларын Үтүөлээх учуутала диэн аат иҥэриллибитэ.
Школа-интернат томторугар, хатыҥ чаран саҕатыгар оҕонньордоох эмээхсин дьиэ туттан, туспа ыал буолан олоро сылдьыбыттара. Кэлин, ыалдьар буолан, куоракка киирэн, биһигини кытта икки-үс эрэ сыл олорон 1974 сыллаахха өлбүттэрэ: биирдэстэрэ — саас муус устарга, биирдэрэ — балаҕан ыйын бүтүүтүгэр.
Билигин кинилэри салгыыр, ааттарын ааттатар дьон — Павловтар, аҕаларын-эһэлэрин дьиэлэригэр быр-бааччы ыал буолан олороллор. Бырааппыт Куока — Николай Николаевич Павлов (Второй) икки уоллаах, биир кыыстаах. Кийиит Анна Егоровна тойоно Николай Николаевич өр сылларга үлэлээбит оскуолатыгар учууталлыыр, кини норуот үөрэҕириитин туйгуна.
Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн ийэлээх-аҕаларыгар улахан көмө дьоннор. Сайын от оттууллар, оҕуруот аһа үүннэрэллэр. Бары спортивнай оскуолаҕа үөрэнэллэр. Биирдэ оҕолор детсадтан субуруһан иһэллэрин көрөн, хайа эрэ киһи:
- Ким оҕолорой барахсаттар?
— Николай Николаевич Павлов оҕолоробут.
— Тыаһыттар эбиккит дии!
Онуоха кырачааннар өһүргэнэн, дьиэлэригэр кэлэн кэпсээбиттэр:
- Биир киһи биһигини “тыаһыттаргыт» диэн үөхтэ…
- Кэбис. өһүргэнимэҥ! Ити эһэҕит Николай Ннколаевич Павлов суруйааччытын аата.
Онтон ыла Юра, Коля, Лина Павловтар: “Биһиги — Тыаһыттарбыт”, — диир буолбуттар.
Сардана Ойунская.