(Норуот суруйааччыта А.В. Кривошапкин 80 сааһыгар)
Глобализация дьайыыта аныгы уопсастыба өйүн-санаатын уларытан, духуобунай эйгэни сатарытан үгэс буолбут сыаннастарбытын сүтэриигэ тиийэн эрэбит. Итиниэхэ анаан Д.С. Лихачев ХХ үйэ бүтүүтүтүгэр култуура туһунан эппит тылын суолтата хаһааҥҥытааҥар да улаатта: «Култуура – биирдиилээн норуоттар, аҕыйах ахсааннаах омуктар, оннооҕор бүтүн судаарыстыбалар симэлийэн хаалбаттарын сүрүн төрүтэ, тирэҕэ. Култуураларын сүтэрдэхтэринэ кинилэр тыыннаах хаалбаттар, имниин эстэллэр».
Үгэскэ кубулуйбут култуура олох, өлүү, үтүө, мөкү туһунан өйдөбүллэр тиһиктэригэр олоҕурар. Оттон ол өйдөбүллэр айылҕалыын алтыһыыга, бөҕө тыыннаах буолууга, айыыларга сүгүрүйүүгэ, сиэри-туому тутуһууга тирэх буолаллар.
СӨ норуотун суруйааччыта, эбээн прозаига Андрей Васильевич Кривошапкин «Табалаах дьон» арамаана 2013 сыллаахха бэчээттэммитэ. Ол эрээри күн бүгүҥҥэ диэри биир да кириитик, литературовед бу айымньыны ырыта илик. Арамааҥҥа хоту дойду дьонун олоҕун кыһалҕата итэҕэтиилээхтик кэпсэнэр, айылҕа көстүүлэрин иччилэригэр сүгүрүйүү сиэрэ-туома ойууланар.
Арамааҥҥа, аата да этэринии, олохторун таба иитиитин кытары ситимнээбит дьон олохторо кэпсэнэр. Эбээннэр өйдөбүллэринэн, аан дойду үс эйгэттэн турар: үөһээ, орто уонна аллараа дойдулартан. Дьон, кыыл-сүөл, хамсыыр харамай, көтөр кынаттаах, айылҕа дойдута – Орто дойду. Манна өссө араас иччилэр олороллор.
Эбээннэр кыыл-сүөл туһунан өйдөбүллэрин кытары кинилэр иччилэргэ – айылҕа күүһүгэр сүгүрүйүүлэрэ, айыылары аһатыылара, өбүгэлэр иччилэрин ытыгылааһыннара ыкса сибээстээх. Айчималыын кэпсэтэригэр Отакчан этэр: «…Сир ийэ барытын истэр… Мастар, талахтар, таастар, өрүстэр, тыалар уонна хайалар – Сир оҕолоро. Онно баар кыыллар эмиэ. Кинилэргэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахтааххын. …Биһигини тулалыыр бу хайаларга, мастарга, өрүстэргэ, күөллэргэ куһаҕаннык сыһыаннаһыы – аньыы. Биһиги төрүттэрбит айылҕа оҕолоро этилэр. Кинилэр айылҕаны ытыктыыллара, сүгүрүйэллэрэ, ол иһин биһигиннээҕэр дириҥ өйдөөх этилэр…».
Кэккэ сиэр-туом айылҕа алдьатар күүһүн тыыннааҕымсытан көрдөрүүттэн үөскээбит. Биир ордук киэҥник тэнийбит уонна күн бүгүҥҥэ диэри туттуллар үгэһинэн уоту аһатыы буолар. Эбээннэргэ уот иччитэ – тог мухонни – эр киһилии моһуоннаах харамай. Кини – үтүө санаалаах иччи: итиини биэрэр, дьиэ кэргэн дьолун, туруктаах олоҕун араҥаччылыыр. Маны таһынан уот иччитэ үөһээ дойду айыыларын уонна сир иччилэрин ситимниир, көс олохтоох эбээннэр үтүө сүбэһиттэрэ.
Уокка ас биэрэллэр, сүрүннээн чэй: «…чэйдиэх иннинэ хайаан да уот иччитин биир кутуу чэйинэн күндүлүүллэр…». «…чэй оргуйан бургучуйда. Отакчан туран кутаа диэки бытыгырайда. Чаанньыгын тарта. Балааккатыгар төннөн кэллэ. Онтон курууска, биир быһыы лэппиэскэ, таас иһиккэ саахар, эргэрэн сырдаан хаалбыт хараҥа өҥнөөх таҥас сыыһын уонна чэйин укта сылдьар мөһөөччүгүн илдьэ кэллэ. Бастаануотугар чэй таммалатта. ”Эн да, арааһа, миигин суохтаабыккын. Мин сэмэй бэлэхпин ыл. Тугу кыайаргынан биһиэхэ барыбытыгар көмөлөс”, – диэн иһигэр Уот иччититтэн көрдөстө. Бу суруллубатах сокуону кини үйэтин тухары тутуһан кэллэ…».
«…Уот үөрүүтүттэн өрө күүдэпчилэнэ түстэ, чаанньык хоруо буолбут эркиннэрин салаамахтаата. Оҕонньор Уот иччитин үөрдээри чэй таммалатта. Сирэйэ сырдаата. Санаатыгар, Уот иччитэ кини көрдөһүүтүн ылынна. Төлөн хайдах курдук үҥкүүлээн эрэрдии күлүбүрэйдэ! Оҕонньор санаата көнньүөрдэ… Эбээннэр уот аһатыы сиэри-туомун чуумпутук, улахан тыаһа-ууһа суох оҥороллор. Айдааны, үөгүнү-хаһыыны сөбүлээбэккэ Уот иччитэ киэр хайыһыан сөп дии саныыллар».
Эбээннэр уот иччитэ киһиэхэ сүбэ-ама биэрэр, араас куттал суоһуурун сэрэтэр диэҥҥэ итэҕэйэллэр. Холобура, уокка мас бачыгырыыр тыаһа (хингкэн) куттал суоһуурун сэрэтэр. Бу үгэһи ытык кырдьаҕас Отакчан эрэ буолбакка, табаһыт Виктор курдук эдэр дьон эмиэ тутуһаллар. «…Виктор оргуйбут уулаах солуурчаҕы уоттан ылан сиргэ уурда. Ындыытыгар тиийэн малын хаһыста. Лэппиэскэлээх, чэйдээххараҥадьүһүннээх эргэ мөһөөччүгүн хостоото. Ындыытын түгэҕэр өссө куруускаларын булла. Уотугар төннөн бастатан туран чэй таммалатта. Бу аата кини Уот иччитин күндүлээтэ».
Эдэр табаһыт бултуу сылдьан Сир иччититтэн кинини аһынарыгар, саа тыаһыттан хайаттан хаар сиҥнибэтин диэн көрдөһөр: «…билигин мин саам тыаһыттан хаар сиҥниэ, оччоҕо мин, Кэрэмэс уонна атыыр таба ол хаар анныгар көмүллүөхпүт. Хайыыр да кыах суох». Маннык саныы-саныы иһиллэр-иһиллибэттик сибигинэйдэ: ”Сир иччитэ, баар буоллаххына, көмөлөс, хайа хаара сиҥнибэтин эрэ. Көрдөһөбүн”, -уонна кыҥаан баран ытан саайда. … Сир иччитэ, эн үтүө санааҕын үйэм тухары умнуом суоҕа. Эн мин уонна Кэрэмэс олохпутун быыһаа- тыҥ. Сиргэ тиийэ сүгүрүйэбин…». Арамаан саҕаланыытыгар Андрей Кривошапкин сааскы таба тугуттааһынын маннык ойуулуур: «Айылҕаны киһи кыайан таайбат, күн-дьыл кубулҕата өссө да атахтарыгар тура илик тугуттарга кутталлаах. Элбэх тугут тымныйан өлөр. Онон Сир иччититтэн кинилэри аһынарыгар көрдөһөргө эрэ тиийиллэр».
Сир олоҕу биэрэр, тыынар тыыннааҕы аһатар үтүө санаалаах Айыы буолан, сир иччитин Төр Мухондуну айах туталлар этэ. «…Отакчан өрүс таастарыгар улахан кутааны оттубута. …Кини лабыкталаах сиргэ уот оттон сири бааһырдыбатыттан үөрбүтэ. Кини сир тыыннаах, ыарыыны билэр, ол иһин эрэйдэнэр дии саныыр этэ. Оттон таас уоту тулуйар, кинилэр мээнэҕэ манна сыппатахтар. Кинилэр сири быы- һыыр аналлаахтар…» Браконьердар сидьиҥ бы- һыыларын кэнниттэн Отакчан Сир иччитигэр туһаайан этэр: «Мин итинник быһыыланыам суо- ҕа этэ, Сир Ийэ. Бырастыы гын миигин уонна буруйдаама. Табаларбытын сидьиҥ аринкаллар өлөрдүлэр…». Эбээннэр аринкал – «тыҥырахтаах» диэн тылы нууччаларга баар «черт» диэн тыл суолтатыгар Орто дойдуга олохтоох куһаҕан тыын туһунан этэргэ тутталлар.
Мындыр өйдөөх Отакчан браконьердар илиилэриттэн өлүөҕүн кинини Сир иччитэ быыһыыр «…Эрдэ өйдөөн көрбүттэрэ буоллар, итинник дьон кинини бэйэтин да аһыналлара саарбах. Сир иччитэ кинилэр өссө биир сидьиҥ быһыыны оҥороллорун тохтотто. Кинилэр Отакчаны – бу дойдуга төрөөбүт-үөскээбит, хас хайа, үрэх ахсын тилэҕин суолун хаалларбыт, илиитин-атаҕын иминэн хара тыатын бүтүннүү билбит киһини – тыыннаах туоһу буолбатын эрэ диэн таах ытан кэбиһиэхтэрэ этэ.»
Бу кылгас бэлиэтээһини түмүктээн эттэххэ, Андрей Кривошапкин айылҕа сүдү күүһүгэр сүгүрүйэр эбээннэр мифологическай өйдөрүн-санааларын олус ымпыктаан-чымпыктаан, уус-ураннык ойуулаан көрдөрбүт. Муударай Отакчан оҕонньор, эдэр табаһыт Виктор уобарастара уонна кинилэр күннээҕи олохторо, уоту аһатар, Сир иччитигэр сүгүрүйэр эттэригэр-хааннарыгар иҥэриммит үгэстэрэ биһиэхэ эбээннэр тулалыыр эйгэ туһунан туох өйдөбүллээхтэрин дьэҥкэтик көрдөрөллөр.
Дария МАРТЫНОВА-НЕСЭНИ
“Чолбон” сурунаал 2020 сыл №10