Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Сонуннар » Таас Ыстапаан

Таас Ыстапаан


Халыҥ киэҥ аймах уруккута киэн тутта аат­­тыыр тумус туттар киһилэрэ, кэлин уонунан сыллар устата аата сибигинэйэн кэриэтэ эрэ ааттанар, көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбэтэх Сте­пан Дмитриевич Попов–Таас Ыста­паан бастаанньыстар хамсааһыннарын биир көхтөөх кыт­тыылааҕа. РСФСР ХК 59-3 ыст. буруйданан 1931 сыллаахха тохсунньу 14 күнүгэр тутулларыгар өлөрүллүбүтэ, 2000 сыллаахха олунньу 29 күнү­гэр СӨ Прокуратуратынан реабилитациялам­мыта.

Ким этэй кини? Кини туһунан суруйуу олус кэмчи. Хаайыллан доппуруостамматах, боротокуолламматах буо­лан, бигэргэтиллибит официальнай докумуоннарга ти­рэҕирэр кыах эмиэ суох. Арай чугас аймахтарын суруйуу­ларыттан, чуолаан икки суруйууттан кини ту­һунан тугу эмэ билиэххэ сөп. Уонна кэлин сиэнэ Эдуард Васильевич Иванов дьаныһан туран мунньубут уонна атын аймахтарыгар ордон хаалбыт аҕыйах хаартыска­­­ла­ра, ыстатыйа ааптарын көрдөһүүтүнэн сиэн кыыс Федора Васильевна Го­го­лева (Иванова) суруйуута бу уос но­мо­ҕор киирбит киһи туһунан туох эрэ өйдөбүлү биэрэллэр.

Кини төрдүн-ууһун туһунан хаан-­уруу бы­раата Петр Федорович Спиридонов «Кириэс­тээҕим – күндү дойдум» диэн кинигэтигэр маннык суруйбут: «Попов Никифор Дмитрие­вич, Усов Михаил Дмитриевич, Попов Степан Дмитриевич, Попов Яков Дмитриевич буо­ланнар бы­раат­тыылар. Степан Дмитриевич хайа­ларыттан да сытыы, кэлбит-барбыт киһи, кыра үөрэхтээх буолан кыратык нууччалыы саҥарар, суруйар эбит. Эдэр сааһыттан эргиэ­нинэн дьарыктаммыт. Көмүстээх Алдаҥҥа, Читаҕа, Иркутскайга хаста да сылдьыбыт. Биир төгүл Японияҕа тахса сылдьыбыт. Сөбүгэр байан олорбут. Сыстаҥҥа баар улахан ампаар дьиэтэ 1934 сылтан 1952 сылга диэри началь­най оскуола буолан турбута. 1952 сыллаахха Ки­риэстээххэ көһө­рөн аҕалан, сэттис кылаас аһыллары­гар оскуола дьиэтэ гыммыттара. Би­лигин балыыһа дьиэ­тин хочуолунайа, гараа­һа буолан сол да туһалыы турар. Былаас ула­ры­йыытыгар дьиэтин, баа­йын уопус­таан кулаак оҥорбуттара. Ол саҕана Петр Трофи­мович Пав­лов диэн бан­дьыыттар командирдара үбү­лээн, Иркутскайтан, Читаттан сэрии сэбэ, саа сакаастаан ылларбыт».

Урут ахтыллыбыт П.М. Попов Кут­тал суох буолуутугар федеральнай сулуус­па Саха сиринээҕи управлениетын ар­хыы­быттан булбут Л.Е. Крюков 1930 сыл­лаахха тутуллан доппуруостаммыт борото­куол­ла­рыгар Степан Дмитриевич Попов этэрэээт хамандыырын быһыытынан ахтыллар. Ол гынан баран 1922 сыл атырдьах ыйынааҕы амнистияҕа түбэспиттэр ортолоругар кини аата суох.

1930 сыл үүнэр. П.Ф. Спиридонов суру­йуу­туттан: «Күһүн сир тоҥон эрдэҕинэ Таас Ыс­та­паан Сунтаартан милициялар кинини тута Сыстаҥҥа кэлбиттэрин билбит. Быраата Миикээ оҕонньор улахан уола Усов Федот Михайло­­вич ырбаахынан тиийэн убайыгар утуйа сытта­ҕына тыллаабыт. Ыстапаан нэһиилэ таҥнаат да ойуурга ыстаммыт. Тахсаары туран кэргэнигэр: “Аны эргиллэр биллибэт. Баайгыт күн тахсарын диэкинэн ойуурга көмүллэн сытар”, – диэн ойуулаан эппитин кэргэнэ Екатерина оччоҕо да, кэлин да ыйбыт сирин өйдөөбөтөх».

Биир быраата, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Курскай дугаҕа буһууну-хатыыны барбыт педа­гогическай үлэ бэтэрээнэ Дмитрий Дмитриевич Усов ахтыыта: «Попов Степан Дмитриевич–Таас Ыстапаан күрээн Ботуобуйа диэн Миири­нэй бэтэрээ өттүгэр баар сиргэ буору хаһан сир анныгар олорор дьиэ оҥостон олорбут. Аһы­лыгынан ол дойду олохтооҕо Алексей оҕон­ньор хааччыйар эбит. Кыһын Сунтаартан тахсан Алексей оҕонньору өлүөр диэри кыр­баан, Таас Ыстапаан ханна саһан олорорун билбиттэр. Сытар сирэ сыыр сырайыгар эбит. “Бэрин” диэ­биттэрин ытыалаан барбыт. Биэс­тэ эстэр булт саалаах уонна биир саха оҥор­бут бинтиэпкэлээх эбит. Кэтэх өттүнэн кэ­лэн гранатаны бырахпыттар. Онно Ыстапаан өлбүт».

А. Мельников 1967 сыллаахха тахсыбыт ки­ни­гэтигэр суруллубутунан, Таас Ыстапаан саһан сытар сирин Василий Степанович Седа­лищев хамандыырдаах чекистэр опера­тивнай этэрээттэрэ булбут. Ол хапсыһыы туһунан ити суруйууга маннык ааҕыахха сөп: «…Бесшумно передвигаются бойцы в белых халатах. Вместе с Седалищевым идут старые сунтарские сле­допыты, бывшие красные партизаны С.А. Ар­саков и Е.Д. Тотопов.

У логова бандита речка делала извилину. Русло ее прижималось к крутому левому берегу долины. На террасе – густой ельник. Он острым клином врезался в широкую поляну. Вдоль лесной опушки матерый бандит еще с лета навалил толстые вековые ели. За этими, занесенными снегом завалами, в густом лесу он укрыл свою палатку. С его позиции хорошо просматривались все подходы. Однако охот­ники постарались, чтобы операция чекистов прошла успешно. Они подвели бойцов к за­саде так, что их приближение не сразу почув­ствовала даже собака.

Как тени скользили бойцы через открытое пространство, преодолели по льду широкую речку и ползком по глубокому снегу стали медленно продвигаться к выступу леса.

До опушки леса рукой подать. Седалищев осторожно приподнялся. Опершись на локти, он внимательно оглядел заснеженные зава­лы, пытаясь определить, где расположился бандит. И в это время Таас-Степан выстрелил…

Как ножом резануло левое плечо. Вторым выстрелом, когда раненый командир пытался отползти за укрытие, бандит прострелил ему камус на левой ноге.

Преступник был уверен, что одного из его противников уже нет в живых, и перенес огонь на других бойцов. Завязалась перестрелка. Превозмогая сильную боль и волоча обвисшую непослушную руку, Седалищев пополз к сва­ленным деревьям. Он незаметно обогнул завал и тут увидел, как из-под приподнятой над землей поваленной ели, удобно при­мостившись на подстилке из хвои, Таас Сте­пан хладнокровно, с упора вел огонь по бойцам, залегшим на открытой поляне. Чекист прицелился, и первая же его пуля сразила бандита».

Д.Д. Усов суруйуута: «Аҕам оҕонньор Ыста­паан өлүгүн дойдутугар киллэрэн хара­йыан куттаммыта. Оччотооҕу бириэмэҕэ кыр­дьык кутталлаах этэ. Кэргэнигэр этэ сыл­дьы­быта да, кэргэнэ эмиэ куттанан ылым­матаҕа. Ол курдук, сир-халлаан икки ардыгар харал­лы­бакка хаалбыта». Кырамдаҕа төбө­түн уҥуоҕун кэлэр-барар дьон көрөллөрө үһү диэн П.Ф. Спи­ридонов ахтыытыгар эмиэ баар.

Ити кэнниттэн сорох аймахтара, сойуолаа­һынтан дьаахханан буолуо, бэл диэтэр, арас­паанньаларын кытта уларытарга күһэлли­биттэр. Ыстапаан биир убайа Дмитрий оҕонньор Усов дэммит. Кини оҕолоро, сиэннэрэ бары Усовынан ааттана сылдьаллар.

Тоҕо Таас Ыстапаан диэн буолбутун кэлин дьон араастаан быһаарар. Ол курдук, бастаан кини күүһүн-уоҕун кытары сибээстииллэр эбит – кыра уҥуохтаах да буоллар, илиитигэр күүстээх охсуулаах буолан, күүһүнэн өттөйбүт киһини биирдэ охсон түһэрэрэ үһү. Иккис быһаарыы кини майгытын-сигилитин кытта сибээстээх – эппит тылын булгу толороро, таас курдук кы­таанах бигэ тыллаах киһи эбит.

Дьиэ кэргэнэ, ыччаттара

Степан Попов–Таас Ыстапаан кыыс сиэнэ, үрдүк категориялаах быраас, Россия Феде­ра­циятын уонна Саха Өрөспүүбүлэкитин доруо­бу­йатын харыстабылын туйгуна Федора Ва­си­льевна Гоголева (Иванова): «Эһэбит Таас Ыста­­паан үөрэхтээх, ааҕар, суруйар эбит. Дьон кэпсиириттэн биһиги кинини атыы­һыт быһыытынан өйдөөн хаалбыппыт. Кытай­га Харбин куоракка тиийэн үксүн чэй, табах, табаар уонна булчуттарга анаан саа аҕалан дойдутугар, Өлөөн улууһугар ил­дьэн таба­һыттарга булчуттарга, олохтоохторго атыы­лыыра. Эбэбит Кэтириинэ Өлөөнтөн тө­рүттээх кыанар ыал кыыһа этэ. Кинилэр Сыстаҥ Баһа диэн сиргэ олорбуттар, бэрт сэнэх олорор ыалынан биллэллэр эбит. Ынах сүөһүнэн байбатахтар, ол да буоллар сылгылардаах, табалардаах эбиттэр уонна аҕыйах ынахтаахтара үһү. Сылгыларын Ир­кутскай диэки айанныырыгар, табаларын Өлөөҥҥө барарыгар туһанар эбит. Эһэбит Кытайтан үчүгэйкээн бэйэлээх уруһуйдаммыт хартыыналары, үрүҥ көмүс иһиттэри аҕалар эбит.

Кини кыыһа, биһиги ийэбит Ксения Сте­пановна Дьокуускайдааҕы биэлсэр-акушер оскуолатын бүтэрэн, Сунтаар оройуонун биир түгэх сытар бөһүөлэгэр Мэлэкэҕэ ана­нан тиийбит. Дьон кэпсииринэн, үчүгэй би­лии­лээх биэлсэр эбит. Онно үлэлии сылдьан 1949 сыллаахха аҕабыныын Василий Ипатьевич Ивановтуун ыал буолбуттар. Ийэбит бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Кристина идэтинэн учуутал эбит, Ленскэй улууһугар олохсуйа барбыта үһү, ол кэннэ кини туһунан сурах суох. Быраата Егор радиотехник үөрэхтээх, Булуҥ улууһугар порт метеостанциятыгар үлэлии сылдьан эдэр сааһыгар хомолтолоохтук суох буолбута.

Ийэбит барахсан оҕо сааһа ыараханнык ааспыт быһыылаах, онтон оҕустаран ыары­тыйар буолан балыыһаҕа сытан эмтэнэрэ элбээбитэ, 1961 сыллаахха инбэлииттэр дьиэлэ­ригэр баран суох буолбут этэ. Ийэбит барахсаны мин син өйдүүбүн, кыра быраат­тарым, балтым өйдөөбөттөр. Хомойуох иһин, ийэбит дойдутугар биирдэ да бара сыл­дьы­батахпыт. Аҕабыт Василий Ипатьевич 1966 сыллаахха суох буолбута. Төрөппүттэрбит биэс оҕоломмуттар, мин иннибинэ кыыс оҕо төрөөн баран кыра сааһыгар ыалдьан өлбүт, онон түөрт оҕо төгү­рүк тулаайах хаа­лан хаалбыппыт. Оҕолор ба­ры Элгээйи­тээ­ҕи ин­тэ­ринээт оскуолаҕа олорон үөрэммип­пит, аҕыс кылааһы бүтэрбиппит, онтон мин сал­­гыы Тойбохой интэринээт оскуолатыгар үөрэ­нэн онус кылааһы бүтэрбитим. Улахан бы­раатым Федя ахсыс кылаастан Үөһээ Бү­лүүтээҕи физика-математика оскуолатыгар си­тиһиилээхтик үөрэммитэ. Кыра быраатым Эдуард Сиэйэ, балтым Рива Элгээйи орто ос­куолатын бүтэрбиттэрэ. Бары үөрэхтээх дьон буолан, талбыт идэбитинэн үтүө суобастаахтык өр сылларга үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥ­ҥа олоробут, быраатым Эдуард Васильевич өссө да үлэлиир».

Эдуард Васильевич Иванов: «Ийэбит эрдэ өлөн тулаайах хаалбыппыт. Киһи ийэлээх буо­ларын туһунан оскуолаҕа киирэн баран биир­дэ билбитим. Ийэм хоһоон суруйар эбит этэ. “Сыстаҥҥа хойут Таас Ыстапаан кыыһа суруйбут хоһоонноро диэн сарай үөһэттэн тэтэрээт булан дьон ааҕар этэ” диэн Кириэс­тээх Попов Ксаверий Прокопьевич кэпсээбитэ. Дьоммуттан туох да хаалбатах, хаартыскалары улаатан, үлэһит буолан баран булаттаабытым.

Ийэм быраата Егор Степанович куруорка бара сылдьан түспүт хаартыскалара, Царь-пушкаҕа түспүт хаартыската эмиэ баара. Хара муораҕа сөтүөлүү сылдьар хаартыскатыгар “Хара муора баалларыгар” диэн тылларынан саҕаланар бэйэтэ суруйбут хоһооно баара. Элбэх хаартыска баара Ыгыаттаҕа хаалан сүп­пүттэр. Егору Сааскылаахха нуучча киһитэ саа­нан ытан өлөрбүт.

Эһэбит Степан Дмитриевич Попов–Таас Ыс­та­паан Ксения диэн кыыһыттан түөрт сиэн­нээх, түөрт хос сиэннээх, онон кини удьуора салҕанар».

Альбина Иванова «Чолбон» сурунаал 2023 с. – №9