Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Проза » СОРДООХ АЛҔАС

СОРДООХ АЛҔАС


I

Аан дойду үрдэ, тула көрдөххө, киһи хараҕа төһө кыаҕа ыларынан, күп-күөх, дьикти үчүгэй дьүһүннэнэн турар. Кэрэ, дьикти сааскы кэм кэлбит. Ити-бу хайалар төбөлөрүгэр үүнэн турар от-мас бары үөрэн-көтөн өр ууттан уһуктан, тиллэн сибигинэйэн кэпсэппиттии долгуһа, куугунуу тураллар. Киһи сүрэҕэ үөрэр үгүс ырыа-тойук дэлэйэн араас кыыл саҥата айманар. Өр соҕус онно-манна тыа күөҕүн эҕэрдэлээччи кэҕэ кыыл кураанах мутукка олорон эппэҥнии эппит саҥата чоргуйа дуораһыйар. Таас хайалар икки ардыларынан, кыһыны быһа ыга сабардаан сыппыт хаар уулбута уу буолан, өрүскэн күүстээхтик таҥнары дьалыһыйан, сүүрүгүрэн түһэн улахан үрэхтэргэ холбоһуталаан ыраас, дьэҥкэ уунан икки сыырын кытта тэҥҥэ үтэн таһааран сиэркилэ курдук күлүмнүү мэндээрдэр. Киһитэ-сүөһүтэ суох үрэх сиргэ сыддьар киһи эрэ бу бириэмэҕэ сааһын тухары маннык кэмҥэ күннээҕи кыһалҕабыттан атыҥҥа барбакка сырыттарбын диэх курдук буолар.

II

От-мас чоҥкуйан имиллэр күүстээх тыала түспүт. Дьуудам үрэх тыына-быара ыгыллыбыттыы эппэҥнии, түллэҥнии, икки таас биэрэгин ньиллиргэччи, тиҥиргэччи охсо, кыһыл кумаҕы хайыта салыы сытар. Кини өрүтэ кыынньарынан оонньообут курдук тыал күүһүрэн кэлэн өрө мэҥиппэхтээн баран, кыччаан Дьуудам үрэх эппэйэр омунун мөлтөппөхтүүр. Үөһээ диэкиттэн туох эрэ харааран устан иһэрэ, долгуну кытта охсуһан биэрэҥнии-биэрэҥнии, улам кытыы диэкинэн таҥнары устан, улаатан истэ. Бу үлүгэр кытыастар долгуҥҥа туох ааттаах устан истэҕэй? Улахан баҕайы мас болуокка икки киһи олорон баран, таҥнары устан иһэллэр.

– Дьэ, бэрт эрэйинэн бу күнү быһа айаннаатыбыт, эбэбит баччааҥҥа диэри этэҥҥэ аҕалла. Бүгүҥҥү күнү үчүгэйдик туораттар үчүгэй буолуо этэ, диэтэ сүүрбэ-биэһэ алтата эрэ буолбут, куһаҕан таҥастаах эдэр киһи Миитэрээс.

– Ээ, дьэ бэрт эрэй, өссө аара ыксаталаан ааспыт боруоктарбытынааҕар улахаттар иннибитигэр бааллар ээ, ону таҥара мүччү туһэрэрэ буоллар, төһө эрэ үчүгэй буолуо этэ. Оо, аны ардах түһээри гынна, үлүгэр эбит, диэтэ аҕамсыйан эрэр мааны таҥастаах Уйбаанчык диэн киһи, халлааны өрө көрө-көрө.

– Аара тохтуох хаалла дуу, хайдах дуу, диэтэ Миитэрээс, хотон быһаарбакка эрэ.

-Ээ хонон буолумуна, доҕоор, өйүө эҥин баранна диэни хайдах истибэккин… Хата турума таҥаһы сабыталаа, ардах түһээри гынна.

Миитэрээс таҥаһы чөмөхтүүргэ барда, ити иккэрдигэр былыттар ыаһыран-ыгыллан бөдөҥ ыраас таммахтарынан ыаҕастаах уу курдук куттулар. Ардах өр тохтообокко сүүрүгүрэ, ыһылла турда. Айанньыттар, ууттан хостообут курдук, таҥастара ньылбы сытыйда.Тыал эмиэ күүһүрэн соруйан өһөөбүт курдук болуоту өрүтэ көтөҕө-көтөҕө түһэртээн долгун кэрдииһигэр халбас харалыы өрүтэ мөҥүһүннэрэ, бигии истэ. Миитэрээс икки илиитэ дэлби тоҥон хаалан, этэрбэһин быата сөллүбүтүн бааныах курдук буолан иһэн, тохтоон табах тардыах курдук сиэбин харбаан көөртө саппыйата суох буолан хаалла. «Маарыын боруокка түһээри мөхсүбүппэр түспүт эбит буоллаҕа», дии санаата.

Ардах, тыалы кытта тэҥҥэ бэргээн, күүһүрэн истэ, хайа быыһынан сүүрүгүрэр уулар эбиллэн куугунуу уста турдулар, айанньыттар биирдии биирдии боруоктары нэһиилэ ааһыталаатылар. Уйбаанчык эппит кутталлаах боруоктара дьэ чугаһаатылар. Иннилэригэр өрө будулуһа сытар боруоктары көрөн баран, Миитэрээс сүрэҕэ түөһүттэн тахсаары гыммыттыы, ыгыллан хамсаата, санаатыгар чаҕылҕан курдук түргэнник икки оҕото, өлөөрү хаалбыт таптыыр ойоҕо икки, бүдүк буолбут ийэлээх аҕата, бука бары, охсуллан аастылар. Ити иккэрдигэр күүстээхтик көбүөхтүү эргийэ турар боруоктарга кэллилэр. Уйбаанчык аҕылыы-аҕылыы таҥараҕа кириэстэммэхтээтэ, болуоттарын мастара үрэллэҥнии-үрэллэҥнии атахтарын кыбыппахтаата. Онтон сылгы саалын курдук уһуктуу киирэн турар тааһы боруок үнтү анньыахха айылаахтык будулуйан эргийэ турар сиригэр, болуоттара умсары эргийээри гынан эрдэҕинэ, Уйбаанчык хаана кубарыс гына түһээт тааска ыстанан кэбистэ да быардыы түһэн эппэҥнии сыттаҕына, кэнниттэн Миитэрээс хаана көҕөрөн «өллүм» диэбиттии уларыйан хаалан баран ыстанан эрдэҕинэ этэрбэһин быата болуот маһыгар кыбыллан, умсары тардан будулуйа турар күүгэҥҥэ төбөтүн оройунан ньимис гынан хаалла. Бастаан биэс тарбаҕа сарас гынна, онтон чочумча буолаат, икки атаҕа адаарыйан баран сүттэ… Аны көстүбэт букатыннаах барыытын барда… Оҕото «аҕаа, барыма» диэбитэ, кинилэри, икки үүнэн эрэр ньургуһуттары элбэх дьадаҥы олорор тэлгэһэтигэр быраҕан букатыннаах эргийбэт барыытын барда!!!

Бырастыы: батталлаах, кырыыстаах олоҕо, алҕас мөккүөрэ, таптыыр, мөхсөр сүрэҕэ, тэбэр тымыра, кэнники сэрэйбит ыраас өйө, кини курдук албыннаппакка кыра эрдэхтэриттэн буһан-хатан икки оҕото ыстааллыы кытаанах кэккэҕэ хааллыннар. Кини барда…

III

Уйбаачык таҥаһа илби сытыйан таас биэрэк устун түҥ-таҥ түһэн, болуота иҥнибит сирин булаары, уҥуоҕа босхо баран салыбырыы-салыбырыы туох да толкуйа суох баран истэ. Санаатыгар болуота иҥнэри түһэн эрэрэ, бэйэтэ тааска хатана сытара, киһитэ икки атаҕа адаарыйан сүппүтэ субу баарга дылы. Сотору соҕус буолаат, халлаанныын-уулуун наадабытын ыллыбыт диэххэ айылаах, дьэгдийэн, сырдаан ардахтыын кытары намыраатылар. Болуот, дьонноро ууга түспүттэрин кэннэ, дьэ, көҥүл бардым диэбиттии биэрэҥнии устубут бэйэтэ, ууга тумустуу анньан турар тоҕойго таҥастыынсаптыын турарын көрөн Уйбаанчык онно барда.

IV

Туох да саҥа-иҥэ суох им-ньим. Сотору-сотору тыал куугунаан кэллэҕинэ, кыра от-мас сибигинэһэн кэпсэппиттии суугунаһа түһэн баран уурайан хаалаллар. Таас хайалар ууну, саба түһүөххэ айылаах таҥнары өҥөйөн тураллар, Дьуудам үрэх итиннэ-манна туох эрэ ыспытын курдук таастардаах хапчаан биэрэктэрин икки ардынан күүгүнээн, ынчыктыы, эппэҥнии сүүрүгүрэн түһэ сытар. Туох барыта күлүгүрэн, харааран, ыгыллан барда. Таас быыһыгар кыым саҕа уот кытар гына түһэн баран, көстүбэт буола-буола көһүннэ, сотору соҕус сырдаан, күн уотугар туппут хотуур өҥүнүү чаҕылыйан умайа сытта. Уот кытыытыгар Уйбаанчык санаарҕаан, бүк түһэн олорор. Өр буола-буола тымныы уунан ыстарбыт курдук дьик гына түһэр, үөһээ тыынан уһуутуур. Сирэйэ кубарыччы тоҥмут, уоһа тоҥон хамныырын быыһыгар ыгым санаатын ботугуруур. Уота уус кыһатыттан ууллан түһэн эрэр көмүстүү, симэлийэн бардаҕына Уйбаанчык ылан сылбаҕы саба быраҕан биэрэр. Туох барыта кинини үтүктүбүт курдук им-ньим. Арай Дьуудам эбэ хотун тымныынан ил гына биэрэ-биэрэ соҕотох уола өлбүтүн аһыйбыт эмээхсин курдук эппэҥнии, ынчыктыы сытар. Барыта кинини үтүктүбүккэ дылы буолан тоҕо сүрэй! Таас хайа диэки бөрө улуйан аҥаарыппыт дорҕооно хайаттан хайаҕа хааман эрэрдии кэрдиис-кэрдиис аҥаарыйан сүттэ. Көҥдөй таас хайдыбытыгар тыал үрбүтэ санаарҕаабыттыы уһуутаата. Уйбаанчыгы ити барыта мөлтөттө, сүрэҕэр таас курдук ыарахан санаата баттаата. Ити курдук олорбохтоон баран, ойон туран чаанньыктаах уутун уокка оргута уурда уонна кэлэн илби сытыйбыт таҥаһыгар эмиэ олорон кэбистэ. Миитэрээс хайдах өлбүтэ сибилигин хараҕар баарга дылы. Биэлэй буолаат аһа-таҥаһа суох уолу угуйан, уоттаах сэриигэ киллэрэн, хас эмэ төгүл баас ылбыта, бассабыыктар биирдэ билиэн тутан баран хайаабакка даҕаны ыытан кэбиспиттэрэ. Биэлэйдэр кыаттарбыттарын истэн дьиэтигэр кэлэн олордоҕуна көрсөн: «Кыһыллар саа туппут дьону барыларын ытыалаан кэбиһэллэр үһү, Охуоскайга күрүөх», диэбитэ. «Ээ миигин баҕас тоҕо өлөрдөхтөрөй мин бирикээс хоту сылдьыбытым», диэн баран, дьиэтин диэки хааман эрдэҕинэ, сүрдээхтик кыыһыран бэстэлиэтинэн кыҥаан баран: «Хара ыт, ытан кэбиһэ иликпинэ тохтоо. Кыаттарбыты истээт тойот аймаҕы уган биэрээри гынаҕын дуо? Хайаан да барыах, икки хонук иһигэр бэлэм буол, өйүөҥ тиийбэтэҕинэ миигиттэн ылаар», диэбитэ. Миитэрээс истэн турбахтаан баран, аргыый дьиэтигэр киирбитэ. Сотору соҕус Уйбаанчык дьиэттэн тэйэн эрдэҕинэ, Миитэрээс сэллик буолан өлөөрү сытар ойоҕун ытыыр саҥата кыра баҕайытык иһиллибитэ. «Барарын кэпсээтэ, ээ, кыһалҕалаах күҥҥэ тойон ааттаах киһи талбыппынан туттунабын», дии санаабыта.

Онтон икки хонон баран, бэйэтин дьиэтигэр урут ыалга хамначчыт сылдьар эрдэҕинэ «Нохоо, Уйбааскыа» диэн ордоотуур баай ыаллара, билигин ытыктыыр курдук бырастыыласпыттара. Онтон кэргэнин кытта бырастыылаһа турдахтарына, хамначчыт эмээхсиннэрэ оһох чанчыгыттан: «Бу өлөөрү сытар Даарыйаҕа баар сүрдээх суол, өллөҕүнэ уҥуоҕун тутара баҕалаах. Дэлэ бэттиилэр этэ дуо, хата, Миитэрээс эрэйдээх ас-таҥас иннигэр киһи уххааһыныгар баран өлө сыһан кээлтэ. Аны Охуоскай түгэҕиттэн тыыннаах эргиллэрэ даа биллибэт…» диэн эрдэҕинэ бары одуулаабыттарыгар уурайан, хотонугар саппарыйан хаалта.

Уйбаанчык тахсан ат үрдүгэр түһэн Миитэрээһи илдьээри онно көтүппүтэ. Тиийбитэ киһитэ бэлэмнэнэн чэйин иһэн бүтэн эрэрэ. «Чэ барыах» диирин кытта ньачаалынньык сылдьан таһааран ытан кэбиһиҥ диэтэҕинэ буруйдаахтар хааннара уларыйарын курдук дьиэ иһинээҕи дьон дьүһүннэрэ кубулуйа түспүтэ.

Дьиэттэн тахсаары бырастыыласпыттарыгар оҕонньордоох эмээхсин: «Эргийэн кэлэн уҥуохпутун тутаар», диэт, ээ эргийиэ суоҕа диэбит курдук уҥуохтара босхо баран, харахтарын уута сүүрүгүрэн түһүтэлээбитэ. «Бассабыыктар кыра киһини өлөрбөттөр. Миитэрээс күрүүр үһү дуу мөх…» диэн иһэн оҕонньор тохтоон хараҕын сотторго баатта. Мэхээлэ бассабыык аатыран биэлэйдэргэ хаайыллан кырбанан тыыннаах эрэ оппута, аны билигин күрүүр дьону тохтотто диэн өлөрөн барыахтара диэн оҕонньор өйүгэр көтөн түстэ. Онтон өлөөрү сытар ойоҕор баран бүк түһэн уураабытыгар, Даарыйа эриллэ хаппыт илиитинэн эрин моонньун тыыннаахпар ыытыам суоҕа диэбит курдук, ыга кууһан баран санаарҕаабыт төгүрүк хараҕа ыраас уунан туолан, этэ бараммыт иэдэһинэн сүүрэн түспүтэ. «Аны көссөр.., үһүбүөт. Тыыннаах бардаҕыҥ.., өлөн эрэр миигин…» диэн баран, сөтөлө ыган кыайан саҥарбакка, илбирийбит суорҕанынан сирэйин саптаары тардыаласпытын Миитэрээс сабан биэртэ. Оҕолорун уураан, сыллаан эрдэҕинэ биэстээх уола атаҕыттан кууһан баран: «Ханна, тоҕо бардыҥ?» диэбитин «бэйэм» эрэ диэбитэ. Сэттэлээх уола ханна барарын билэн ыйыппатаҕа. Миитэрээс үтүлүгүн ылан дьиэни тула көрөрүгэр хараҕын уута түспүтэ. Ити иккэрдигэр кыра уола ийэтигэр тиийэн: «Ийээ, аҕам эйиэхэ кустуу барда», -диэбитигэр ылан ыга кууһан ылан «миэхэ кустуу…» диэн баран кыайан туттуммакка ытаан барбыта. Уол ийэм сөбүлээбэтэ диэбиттии: «Аҕаа барыма», диэбитин аҕата тохтообокко тахсан барбыта. Эргийбэт букатыннаах барыытын…

Сэргэттэн барыахтарыгар диэри Даарыйа күүһэ бараммытынан ытаан бөтүөхтүү хаалбыта.

Ити курдук Миитэрээһи «өлөртөн быыһаан» Охуоскайга диэри хамначчыт оҥосто сыддьыбыта. Онтон кыһыллар Охуоскайга тахсан биэлэйдэри кыайан, тутуталаан баран ыыталаан кэбиспиттэрэ. Саатар Уйбаанчыгы эппиэттэтэр баҕас буоллахтара дуу, туох иһин өстөммүтэ буолуой?

Онтон дьиэлэригэр төннөн иһэннэр Миитэрээс тыына быһыннаҕа… Ити барыта биир-биир кэлэн санаатын кыаратан, сүрэҕин таас курдук баттаан иһэллэр. Арай санаатыгар Даарыйа Миитэрэйгэ көбүөхтүү сытан «тыыннаах бардаҕыҥ, өлөн эрэр мин…миигин…» диир. Онтон дьадаҥы, икки ынахтаах эрдэҕинэ кинээстээх суруксут баай Байбал иэһигэр тутан биэрээри уоппустаан тахсыбыттарыгар аҕата кинини ытамньыйа-ытамньыйа: «Баттыгаһы арай эн ситээ инигин…» диир. Онтон өлөрүгэр кэппит илдьирийбит болтуотунан кэлэн сүрдээхтик кыыһыран туран: «Кыра дьон хаанын тоҕо тохтуҥ, Миитэрэһи тоҕо өлөрдуҥ?» дииргэ дылы гыммытыгар, Уйбаанчык дьик гына түһээт өйдөнөн кэлбитэ уота кини санаатын курдук өһөн эрэр эбит. Туран сылбах ууран биэртэ, уота ааспыты, сытыйбыты саҥа, чэбдик уларытар диэбиттии үөрэн-көтөн умайан күлүмнээтэ. Уйбаанчык санаатын умнан ньачааскыга чэпчииргэ дылы гынна. Тыал эмиэ сыыгынаан кэллэ Дьуудам үөхсэн эрэрдии чаллырҕаата, долгун тааска ыараханнык охсон тиҥиргэттэ. Уйбаанчык дьик гына түстэ, санаатыгар биэлэй сыддьан ыта таһаарбыт Бөтүрүүскэтэ: «Ыттар хомуньууһу миигинэн барыаххыт суоҕа», диэн эрдэҕинэ, быарга ыппыта олоро түһэн баран, эн да ордуоҥ суоҕа диэбиттии дьөлө көрөн сүрдээх ыараханнык ынчыктыы-ынчыктыы хараҕа өһөн барарга дылы гынна. Уотун диэки көрбүтэ кини хаана халыйбытыныы ортотуттан умайан тарҕанан эрэрэ. Барыта кыһайбыкка дылы тоҕо сүрэй! Ойон туран дэлби уолан, түгэҕэр түспүт чэйин иһэн баран, сытыйбыт таҥаһыгар баран түһэн, күнүскү ыарахан эрэйдээх санаатын, урукку сыддьыбыт сордоох алҕаһын, хааннаах суолун түһүү-түһүү үлүгүнэйэ утуйан сытта.

V

Халлаан илин өттө саһаран сырдаан барда, тыал-куус тохтоото. Ахсаана суох үгүс куоластаах көтөрдөр, чыычаахтар үөрэн-көтөн хайа талахтарыгар тырымныы-тырымныы, уу сүүрүгүн курдук дьикти куугунас ырыалара итинтэн, мантан эйэлээх баҕайытык холбоһон тэнийэн барда. Күн хайа түгэҕиттэн дьэҥкэрэн тахсан улар кутуругун курдук сараанньык сардаҥатынан от-мас сэбирдэхтэрин быыһынан дэлэччи тыкта. Туох барыта үөрэн кинини өртөн күүппүттүү күлэ-ымайа тоһуйда. Уйбаанчык туран ол-бу диэки көрбөхтөөн баран, уотун оттон чаанньыгар уу баһан, түргэнник оргутан чэйдээтэ. Бэҕэһээ киэһээ санаабыт санаата улаханнык чэпчээбит. Бүтээт тааска тардыллыбыт болуотугар киирэн таҥаһын ыга кэлгинэн баран биэрэктэн анньынан таҥнары эрдинэн уста турда.

Балачча устумахтаан иһэн болуотун кэлгийбит тимирин быыһыгар Миитэрээс табааҕын саппыйата илби сытыйан кыбыллан сытарын көрөн сулбу тардан ылаары гыммыта, кытаанах буолан ыла сатаабата. Эмиэ Миитэрэйи кини тоҕо өлбүтүн, дьоно хайдах олороллорун, бэйэтэ алҕас, хааннаах сырыытын санаан барда… Үөрбүт-көппүт курдук күн үтүө мөссүөнүн Дьуудам сиэркилэ таастыы чаҕылыҥныы устар дьикти тэҥ, күлүмнэс ньууругар көрүнэн мичээрдии турара, сүүһүнэн ахсааннаах үгүс дьикти куоластаах чыычаахтар ырыалара Уйбаанчык ыарахан санаатын, күүһүн өһүллүлэр. Икки эрэ ынахтаах аҕаттан төрөөн эрэйгэ, батталга сылдьан баран, алҕас санаан кыра дьоҥҥо утары туран өлөрсө, сэриилэһэ сылдьыбыта билигин туохха да наадата суох буолан хаалла. Онтон Миитэрэй тулаайах оҕолоро, оҕонньордоох эмээхсин эрэйдэнэ, киһилэрин күүтэ олороллоро өйүттэн ааспата.

Итини саныы-саныы барбахтаан иһэн, санаатын аралдьытаары айаҕар туох түбэспитин ыллыы истэ:

Кыра оҕо эрдэхпиттэн,

Кырыыстаах батталы көрөммүн,

Кыскыйар кымньыыны билэммин,

Кыһалҕаҕа кыаттаран үөскээбитим…

Элбэх эрэйгэ сылдьар,

Ийэм истиҥ урууларын,

Эргийэн атыылаан тураммын

Илбискэ түспүт эрэйбин…

Атаҕастаммыт аҕам аймаҕыттан

Аҥала аналлаах буоламмын

Аҥаарыйа муна сыддьыбытым

Аддьаххайын абатын эбитин!…

Инньэ диэт бүтэн хаалла, санаабыта элбэҕэ сүрдээххэ дылы да кыайан ырыата тахсыбата. Туох бары сырыыта алҕас, солуута суох акаары өттө буолан испит эбит. Оо! Эрдэ санаабатах эрэйбин ньии дии санаата.

Сүрэҕэ итийэ-итийэ күүскэ тэптэ, тулаайах, дьадаҥы өттүн аһынан, таптаан барда, аны урукку алҕаспын көннөрөн кыра дьон иннигэр өлөрүм буоллар диэтэ. Күн санньыйан, арҕаалаан эрэрэ, туох барыта кини кэмсиммитин, төннөн кыра дьон иннигэр этин-хаанын харыстыа суох буолтун сөбүлээн, урукку ааспыт хааннаах, сордоох алҕаһыттан хомойбут курдук им-ньим саймаара, тунаара турбута.

Философия наукатын доктора А.Е. Мординов,

Сарайдаахап диэн псевдонимынан суруйбут кэпсээнэ.

Чолбон. – 2013. – №7