— Оо, муҥнаах… Сахалыы саҥарбат саха…Саха аатыраахтыа —дьокуут… – Кырдьаҕас саха, умса түһэн, кылбаа маҕан төбөтүнэн уол түөһүгэр сыстыбыт. Онтон, чугус гынан, хайыан да билбэккэ симиттэн турар уол дьүһүнүн умнуллубаттык өйдөөн хаалыан баҕарбыттыы, тонолуппакка одуулаан турбахтаабыт.
Софрон Данилов «Икки саха». Ааҕар Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов.