Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Ыстатыйалар » Сири киһи аатырдар

Сири киһи аатырдар


Мытаахха саха норуодунай суруйааччылара ини-бии Сэмэн, Софрон Даниловтар ааттарынан Литература музейыгар киирдэххэ улахан таас стела көстөр. Ол икки өттүгэр убайдаах быраат бюстара саха тыла, литературата үйэттэн үйэлэри уҥуордаан өссө да иһиллэрин, ааҕылларын, тарҕанарын туһугар туруулаһар, кини көстүбэт иитин билигин да кыырпах саҕа киртэн-сыыстан кыраҕытык кэтиир боотурдар курдук тураллар. Стела иһигэр оҕо эрдэхпиттэн бу музейга сырыттаҕым, хас аахтаҕым ахсын, тоҕо эбитэ буолла, дириҥ толкуйга түһэрэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ Михаил Николаев суруга көрдөрүүгэ уурулла сытар. Ону хайдах баарынан сурукка тиһэн таһаарабын:

«Мытаах нэһилиэк аата Сэмэн уонна Софрон Даниловтар ааттарынан Саха сирин бары муннугар түбэспиччэ буолбатах, бу сир биллэр уонна киһи диэн биир өйдө­бүллэриттэн тахсар дуу дии саныыбын. Хаһан баҕарар сири киһи аатырдар. Үйэлэр тухары Даниловтар Саха сирин аатырда турдуннар. Убаастабылы кытта М. Николаев, Саха Республикатын Пре­зиденэ. Тохсунньу ый 9 күнэ, 1996 с.»

Манна миигин «…бу сир биллэр уонна киһи диэн биир өйдөбүл­лэриттэн тахсар дуу дии саныы­бын» диэн этии ордук толкуйдатар. Бастаан утаа киһи ааҕан баран итэҕэйэ, ылына охсубат тылларыгар дылы. Ол эрэн, бүтүн дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу ыар кэмнэрин үгэннэригэр истиҥ сыһыаҥҥа олоҕурбут норуоттар доҕордоһууларын бигэ тирэҕэр ил күөнэ тутулларын бэйэтин холобурунан көрдөрбүт киһи тыллара эбээт!

***

Иккис кылааска үөрэнэр этим. Арай, почтанан баһыылка кэллэ. Маарка, бэчээт бөҕөлөөх. Эһэм бэрт харыстык туттан быа баайыытын сүөрбүтэ «Самаан сайын саҕана» диэн ааттаах, от күөҕэ тастаах Софрон Данилов кинигэтэ буолла. Иһигэр суруктаах: «23.12.91 с. Баһылай, мин дойдубар тахса сылдьан эйигин сирэй көрсөн бу кинигэбин бэлэхтиир санаа­лаах этим. Онтукам кыайан туолбата. Күн-дьыл аастар ааста да, өтөрүнэн тахсар чинчи биллибэт. Онон, наһаа хойутаары гынным диэн, бу кинигэбин ыытабын.

„Бааһына” диэн сэһэним үүт-үкчү да буолбатар, дьиҥэ, эн олоҕуҥ чахчыларыгар олоҕурбута. Манна эн эрэйиҥ-муҥуҥ, эн санааҥ-онооҥ, эн баҕаҥ-дьулууруҥ эмиэ баар дии саныыбын.

Хайдах-туох олороҕун?

Киирэр-тахсар дьоннортон син ыйыталаһан истэр да буолларбын, туох санаалаах олороргун билиэхпин баҕарабын. Эчи, киһи сарсын туох-ханнык буолуоҕун кыайан ырыҥалаан өйдөөбөт да кэмэ кэллэ.

Эйиэхэ, эн чугас дьоҥҥор бүтүннүүтүгэр бары үчүгэйи баҕарабын уонна үүммүт үүнэр дьылынан эҕэрдэлиибин! Үчүгэй эркиннээх дьыл буоллун диэн баҕарабын! С. Данилов».

Эһэм бу суругу олус харыстаан, сыа-сым курдук тутан кинигэ ис өттүнээҕи сирэйигэр силимнээбитэ уонна биир өттүгэр кыраайы үөрэтээччи, суруналыыс, учууталым Владимир Парфенов түһэрбит оҕо саас үс доҕордуулара Василий Федотович Филиппов, Софрон Петрович Данилов, Василий Иванович Тимофеев оҕо, ыччат саастара ааспыт сирдэригэр, Бор алааһыгар, кэлэн көрсөн олорор хаартыскаларын сэргэлии сыһыарбыта уонна дьиэтээҕи библиотекатын бастыҥ сиригэр уурбута. Оҕонньор биирдэ эмэ кинигэни илиитигэр ылан аргыый имэрийэ тутан арыйан, Софрон Петрович суругун көрө олорон өрө тыынан ылар буолара. Үксүгэр онтон сиэттэрэн оччотооҕу оҕо, ыччат кэмнэрин туһунан олус умсугутуулаахтык, ыпсарыылаахтык кэпсиир этэ. Ол кэпсээнигэр ини-бии Даниловтар уонна ол кэмнээҕи бэйэтин көлүөнэтин дьонун туһунан өрүү үрдүктүк тутан, ытыктабыллаахтык санаан ахтара.

Хаҥастан уҥа Василий Филиппов, Софрон Данилов уонна «Бааһына» сэһэн прототиба Василий Тимофеев олороллор

«Бааһына» сэһэҥҥэ кэпсэнэринэн, Хабырыыс диэн уон аҕыс саастаах холкуос бэрэссэдээтэлэ уол киин Саха сиригэр турбут сэрии иннинээҕи сут дьыл холкуоһун дьоно астара баранан сутуур кутталламмыттарыгар, көлөһүн күнүн аахсыах иннинэ бырабылыанньа мунньаҕар тыл көтөҕөн, куоластаан, уураах таһаартаран, бэйэлэрэ үүннэрбит бурдуктарыттан оҕолорго уонна кырдьаҕастарга балтараа киилэ, улахан дьоҥҥо үс киилэ мэлиллибэтэҕинэн бурдугу түҥэттэрбит. Ону оройуон киинигэр ыҥыртаран партия мунньаҕар «судаарыстыба баайын ыйыыта, көҥүлэ суох ыллыҥ, туһанныҥ» диэн буруйдаан, сууттаан хоту хаайыыга ыыталлар уонна онтон кини эргиллибэт. Манна сэһэн геройа уонна прототип олохторун уратыта диэн, Василий Иванович дойдутугар этэҥҥэ тыыннаах эргиллэн кэлэн ыал буолан биэс оҕолонор. Бу туһунан кыраайы үөрэтээччи, ытык киһи Алексей Саввин 1999 сыллаахха «Үлэ күүһэ» хаһыакка сиһилии суруйбута.

Софрон Петрович бу олохтон букатын барбытын кэннэ кэргэнэ Мария Егоровна Данилова хомуйан таһаарбыт «Санаам туймуулара» кинигэтигэр «Тэтэрээттэн» диэн суруйууну киллэрбит: «Бэс ыйын 5 күнэ, 1986 с. ЯФАН больницата, 12 па­лата. …Дьэ, бөөлүүн бигэтик быһаарынным: санаан сылдьар сэһэммин суруйарга. Бу, баҕар, тиһэх суруйуум буолара буолуо. Иннибэр бэрт ахсааннаах күн-дьыл хаалбытын бэркэ диэн өйдүүбүн… Саха норуота тыа сиригэр олорор, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. Кини инники дьылҕата сүөһү төһө үөскүүрүттэн, сир-дойду төһө өҥсүйэн үүнэриттэн тутулуктаах. Онон мин сэһэним тыа сирин туһунан буолуохтаах. Тыа сирин дьонун олоҕун туһунан. Таарыйар боппуруостарым: сүөһү иитиитэ, сир оҥоһуута (урукку бурдук ыһар сирдэр, туораах культуралар, ордук сэлиэһинэй олохтоох суортара умнуллуута, сүтүүтэ, былыргы бастакы дьэһимиэн лэппиэскэтин туһунан санаа, барабыыктар, миэлиҥсэлэр суох буолуулара, бурдугу күөх маассаҕа диэн үүннэрэн сүөһүгэ аһан биэрии, ыччат килиэби аанньа ахтыбат буолуута: „Килиэп хантан кэлэрий?” – „Маҕаһыынтан”, дьон-сэргэ майгыта, үлэҕэ, олоххо сыһыана уо.д.а., уо.д.а.». Бу суруйуу «Бааһына» сэһэн туох санааттан суруллубутун, норуоту долгутар ханнык сүрүн кыһалҕалар таарыллыахтаахтарын туоһулуур.

Василий Иванович «Бурдугу түҥэтэн хаайыллыбытым» диэн «Мытаах» кинигэҕэ киирбит ахтыытыгар маннык суруйбут: «1938 с. годовой отчет мунньаҕар 19 саастаах киһини холкуос бэрэссэдээтэлинэн быыбардаабыттара. Бу үлэбэр 1940 с. алтынньыга диэри үлэлээбитим. …Ити сыл сайынын от хомууругар бурдук суох буолан хомуур үлэтэ тохтор кутталга киирбитэ. Маҕаһыынтан бурдугу биэрбэт этилэр. Мин атырдьах ыйын ортотун диэки нэһилиэк Сэбиэтин сессиятыгар от хомуурун туһунан отчуот оҥорбутум. Онно аһылык суоҕун отчуоттаан, бурдугу астатан 25 %-нын үллэрэргэ диэн уураах тахсыбыта. Биһиги кэрийэн көрөн, бурдук буһа илик, онон кыра бааһынаны 0,5 га сири быстаран астатан үллэрэргэ диэн сүбэлэһэн баран, оскуола кэннигэр Ефрем уҥуоҕун таһынааҕы бааһынаны аҥарын быстаран астатан, аҕыйах бурдугу көлөһүн күнүгэр үллэрбиппит. Ол сайын инньэ гынан, от толору оттоммута.

…Миигин бурдугу аан бастаан ыһыыга уурбак­ка, тыа хаһаайыстыбатын Сталинскай устаабын кэстэ диэн үс сылга хаайыыга уурбуттара. Мин билиэппин хаайыыга киллэрэллэригэр ылбыттара. Софрон Данилов „Бааһына“ диэн сэһэнигэр оччотооҕу аччык бириэмэни уонна миигин суруйбут этэ.

Мин хаайыыга 1,5 сыл олорон баран Бургавли диэн Томпо, Верхоянскай оройуоннарыгар баар хорҕолдьун хостуур лааҕырга үлэлии сылдьан, Указ быһыытынан 1942 с. тахсыбытым. Ол аҕай иннинэ Семен Данилов соҕуруу ааһынан, дьыалам хат көрөргө быһаарыллан сылдьыбыт этэ. Василий Иванович Тимофеев. 1999 с.».

Соторутааҕыта «Үлэ күүһэ» хаһыакка үтүөлээх суруналыыс Василий Алексеев суруйбут ыстатыйатыгар Семен Данилов 1977 сыллаахха дойдутугар Горнайга 60 сааһын бэлиэтии кэлэ сылдьан тыл эппитин аныгы технологиялар көмө­лөрүнэн үйэтитиллибитин, хайдах баарынан таһаарбыт этэ. Онно Семен Петрович маннык этэр: «Мин манна олорон санаатым. …Манна үлэлии сырыттахпына, 30 ордугуна 4 сыллаахха, Дьокуускайга сокуон курса диэн баара, онно үөрэнэн бараммын, манна тахсаммын судьуйаҕа сэкирэтээр, дьиҥинэн ыллахха сэкирэтээр, бирикээстэнэрэ совместитель диэн. Онно үлэлии сылдьан, Маҥаныга тахсан биир оҕонньору, Хаххаа ойуун диэн оҕонньору сууттаабыппыт. Ол суукка сууттааһыммыт диэн маннык буолла. Ол оҕонньор аптаах дииллэр эбит. Аптаах оҕонньор, ойуун оҕонньор. Кинини салгынынан ынахпыт үүтүн уорар, бэйэтин ынаҕар киллэрэр диэн, быһаччыта, хара балыырынан балыйан тураннар, суукка биэрэллэр. Бары биир куолаһынан көрдөрөллөр. Ону хайдах да гынар кыахпыт суох быһыылаах. Судьуйа уонна сэтээтэллэр биир куолаһынан дьүүллээннэр, аҕыс сылга хаайыыга ыытан кэбиһэллэр.

Оттон мин буоллаҕына, биһиги судьуйабыт судьуйа дьиэтигэр доппуруостуур этэ. Онон билэр этим. Бу оҕонньор төрүт олох буруйа суох, хара балыыр диэн. Ол онно миэхэ аан бастаан бырачыастыыр санаа үөскүү сылдьыбыта. Көр эрэ бу олоххо, сэбиэскэй былаас уорганнарыгар барыта кирдьигинэн, барыта табатык буолбат эбит диэн өйдөбүл киирбитэ.

Аан бастаан ону бырачыастааммын мин ол оҕонньор ааһынар үҥсүүтүн суруйбутум. Судьуйа суруксута, оччотооҕуга судьуйаҕа тас совместитель диэн ааттана сылдьан.

Уонна ол бириэмэҕэ арастараатаҕа диэн сууттанар этилэр. Оччотооҕуга арастараата диэн наһаа дэлэй этэ. Хайдах оннугун күн бүгүҥҥэ диэри сатаан санаабаппын… Онно олох төрүт буруйа суох дьон түбэһэллэр этэ. Мин ону төрүт билэ сылдьарым. Ол иһин мин суут-сокуон диэн соч­чо туга суох, өрүү кирдьиги көрдөрбөт эбит диэн, онтон аккаастанаммын хомсомуол райкому­гар кыра үлэҕэ үлэлээбитим. Инструкторынан». Бу этии Василий Иванович ахтыытын бигэргэтэн, чиҥэтэн биэрэргэ дылы.

Ини-бии Сэмэн, Софрон Даниловтар ханнык да кэмтэн, тутултан тутулуга суох, норуоттарын, кини кэскиллээх, сарсыҥҥылаах олоҕун туһугар тус бэйэлэрин харыстаабакка охсуспуттарын үгүс киһи билэр. Бу ахтыллыбыт суруктарга оччотооҕу «репрессия массыыната» кими да аахсыбакка аҥаар кырыытыттан мэҥиэстэ турар кэмигэр сүүрбэлэрин саҥа ааспыт уолаттар үрүҥү хараттан, сырдыгы хараҥаттан араарар мындыр өйдөрүттэн, ону ааһан тиһэҕэр диэри кырдьыктарын турууласпыттарыттан киһи сөҕөр эрэ. Арай манна ыйытыы үөскүүр: кинилэр хантан итинник хорсун санааны ылбыттарай? Үгүс санаа киирэр… XX үйэ саҥатыгар буолбут өрөбөлүүссүйэ, 1922 сыллаахха Саха сиригэр буолбут Гражданскай сэрии, 1927 сыллаахха буолбут конфедералистар хамсааһыннара, о.д.а… Бу дьайыылар барыта биир сири — кыра Бор алааһын тумнубакка, таарыйбакка ааспатахтарыттан буолуон сөп дуо? Софрон Петрович «Ыарахан таһаҕас» диэн бэлиэтээһинигэр ол кэмнэри туоһулуурга дылы: «Ардыгар, холобур, гражданскай сэриигэ эһэлэриттэн аҕаларыгар тиийэ, Советскай бы­лааһы утары илиилэригэр саа-саадах тутан, өлө-тиллэ охсуспут, кэлин кыайтаран, ол хараҥа буруйдарын иһин саа уоһугар турбут дьон ыччаттара кимтэн киин­нээхтэрин, хантан хааннаахтарын син өйдөөн эрдэхтэрэ. Ол кинилэргэ төһө эрэ кыбыстыылаах буолла диэн, кинилэри аһыныах санааҥ кэлэр. Советскай былааһы дьиҥ-чахчы өйүнэн, сүрэҕинэн ылынан, чиэһинэйдик үлэлии сылдьар киһиэхэ ити, бука, куту-сүрү таҥнары баттыыр ыарахан таһаҕас буолуо ээ».

Даниловтар оҕо саастарын доҕотторо, оччотооҕу көлүөнэ дьон аҕалара, эһэлэрэ итинниккэ түбэспиттэрин суруйааччы, общественнай деятель, граж­данин быһыытынан аһаҕастык санааларын этэн, онон кинилэр ыарык санааларын дьайҕарда, чэпчэтэ сатаабыкка дылылар. Ол да иһин буолуо, Софрон Петрович «Кайсын Кулиев Сулустаах чааһа» диэн бэлиэтээһинигэр ки­ни балкар поэтыттан: «Ама эн биирдэ даҕаны, бэйэҕинэн дьиҥнээхтик, ааспаттык астына санаабытыҥ суо­ҕа дуо?» — диэн ыйытыытыгар киһитэ: «Суох…» — диэн хоруйдаан баран, чочумча турбахтыы түһээт: «Кэбис, баара. Баара! „Баара“ да буолбатах, – баар! Ону өйдүү түстэрбин эрэ билиҥҥэ диэри бэйэ­бин дьиҥнээх киһи эбиппин дии санаан кэлэбин», — диэн хоруйдаабыт.

Кайсын Шуваевич кэпсээниттэн: «1944 сыллаахха этэ. Мин, ыараханнык бааһыран, госпитальга сытарым. Ол сыттахпына, төрөөбүт норуоппар алдьархайдаах дьылҕа түбүлээбитэ. Ийэ дойдугутун таҥнардыгыт диэн балыйан, балкар норуо­тун бүүс-бүтүннүүтүн төрөөбүт-үөскээбит Кавказтарыттан сыылкаҕа Киргизияҕа үүрбүттэрэ. Ынырык күннэр-дьыллар этилэр. Хайаан көмөлөһүөм баарай бар дьоммор оччотооҕуга мин, Ийэ дойдубун көмүскээн харса суох сэриилэспитим манньатыгар бэйэм таҥна­рыахсытынан аатырбыт, фашист буулдьатыгар таптаран сытар фронтовой капитан муҥнаах? Хайдах да тулуйан-тэһийэн сытарбын ааһаммын, госпитальбыттан хара күүспүнэн, тайахха тэптэрэммин, таҕыстым. Суруйааччылар союзтарыгар тиийдим. Оччотооҕуга Союһу Николай Тихонов салайара. Кини мин сыылкаланартан быыһаммыппын үөрэ-көтө иһитиннэрдэ. Ону нуучча улуу суруйааччылара, көрдөһөн-көрдөһөн, бэрт эрэйинэн нэһиилэ ситиспиттэр. Кэргэттэрбин илдьэ, Москваттан, Ленинградтан ураты, ханна баҕарар, бэл, дойдубар, Кавказка, Чегемҥэ олорорум көҥүллэнэр үһү. Омос истэргэ улахан үөрүүлээх суолга дылы этэ. Саас-үйэ тухары саргыҥ самнан, хаайыы, сыылка аналланартан быыһаныы манан дьыала буолбатах этэ. Итиэннэ ити кэмҥэ хаһан эмэ сүүрбэһис съезд буолуо диэн түүлгэ да суоҕа. Ол да буоллар мин кытаанахтык быһаарыммытым: төрөөбүт норуотум дьылҕатын тиһэҕэр тиийэ үллэстиһэргэ. Быһата, норуотум дьоло – мин дьолум, норуотум соро – мин сорум диэн. Ол иһин нуучча доҕоттор­бор төһө да сүрэхтэн сүгүрүйэ махтаннарбын, үр­дүк сууттар ити „чэпчэтиилэриттэн“ кыккыраччы аккаастаммытым. Сотору сэриигэ ылбыт наҕа­раадаларым, офицерскай погонум суйданан, хонбуой­даах сыылкаҕа утаарыллыбытым… Сорох дьоҥҥо өрөгөйдөөх кэмнэрэ үрдүк бириэмийэни дуу, улахан ааты-суолу дуу ылбыт күннэрэ буолар. Оттон мин Сулустаах чааһым – ити быһаарыныыны ылым­мыт түгэним этэ. Оччотооҕуга сыылынай сордооҕу араастаан үөҕэн, ыххайан бардахтарын ахсын мин испэр „Ай-да, Кайсын!..” диэн бэйэбин хайҕана саныыр буоларым. Билигин да оннук саныыбын».

Ханнык да улуу өрүс син биир маҥнай кыракый үрүйэттэн саҕаланан, кэлин күүһүрэн, тэтимирэн байҕалга кутулларыгар дылы, Сэмэн уонна Софрон Даниловтар уонна кинилэр кэминээҕи көлүөнэ дьон олохторо эмиэ кыракый алаастан, түбэттэн, түөлбэттэн саҕаланнаҕа. Быһыыта, ол кэм кырдьыга, үөрүүтэ-хомолтото, кыайыыта-хотторуута барыта кинилэргэ иҥэн, ыарык-баттык, биитэр үрдэтэр үтүө санаа буолан кынаттаан олохторун устатын тухары аргыстастаҕа.

Хаҥынай

Чолбон. – 2022. – Бэс ыйа