Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Проза » СИР БИҺИЛЭҔЭ

СИР БИҺИЛЭҔЭ


(Научнай-фантастическай кэпсээн)

Формула торума дьэ булулунна! Ол да буоллар үлэ түмүктэнэрэ билигин да ыраах. Оттон күн-дьыл элэстэнэн аастар ааһан иһэр, бу кини – Ричард Смит номнуо үлүгэр 100 сааһын бараан эрдэҕэ. Абалаах, билигин кини 98-н дуу, муҥ саатар 99-н дуу туолан эрэр да буолбатаҕын! Оччоҕо бу курдук саарбахтааһын тыҥыраҕа сүрэҕин тырыта-хайыта тыытыа, дууһа моруута буолуо суох этэ. Оҕонньор кириэһилэтиттэн орҕостон туран хааман салбыҥнаан аһаҕас түннүккэ тиийдэ.

Түүн киэнэ бэрдэ буолбут: халлаан ып-ыраас, сөрүүн, тула им-дьим. Ый өссө да тахса илик, ол гынан баран Сир Биһилэҕин тунаархай сырдыгар күөх баархат хонуу уонна ол көлүйэ уҥуор нуктаан турар хатыҥ мастар үрүҥ сотолоро үчүгэйдик көстөллөр. Түннүк аннынан даача тиэргэнигэр Смит бэҕэһээ киэһэ куораттан көтөн кэлбит автолетун тоноҕосчут киэнин маарынныыр чараас дьэҥкир кынаттара килбэчиҥнэһэллэр. Ричард хараҕа көлүйэ сиэркилэ урсунугар түспүт халлааны хаба ортотунан быһа охсон ааһар Сир Биһилэҕин дьирибинэс уотугар хатанна. Сир Биһилэҕин уота хайдах эрэ бу киэһэ ордук ырааһырбыт, ордук күүскэ чаҕылыйар курдук – бэҕэһээҥҥи дохсун ардахтаах хойуу хараҥа былыт халлаан ньуурун кылбаччы сууйан ааспыт бадахтаах. Смит ити туран эмискэ дьигис гына түстэ – Сир Биһилэҕиттэн биир оҕуруо сулус ойдон, үөрүттэн улам тэйдэр тэйэн аллара диэки сурулаата, сырдаатар сырдаан кэнниттэн кыһыл уот сурааһыны хаалларан балачча барбахтаан иһэн умуллан «ньим» гынан хаалла. «Хайалара эрэ эрэйдээх өлөөхтөөтө буолла? – оҕонньор уоһун иһигэр ботугураата. – Төһөтүн да иһин – өлөр диэн ынырык. Кини кырыйда, өлөрө да чугаһаатаҕа. Билиҥҥи үйэҕэ онуоха-маныаха диэри үрүҥ тыыны өрүһүйэр биир ньыма баар. Ол – Сир Биһилэҕэ. Сир Биһилэҕэр таҕыстаххына хаһан эмит киһини эдэригэр түһэрэр, бары ыарыыны эмтиир ньымалары буллахтарына, бу күн сирин анныгар өссө төгүл эргиллэн, эмиэ эдэр, доруобай буолан, таптаан, умсугуйар идэҕинэн дьарьыктанан олох олорон төннүөҥ турар. Наука күүстээх. Өссө баҕар киһини букатын өлбөт даҕаны гыныахтара. Ону баара… Үлэни тиһэҕэр тириэрдэргэ өссө да 1–2 сыл наада. Ричард өрө тыына, үөһэ хантайан туран Сир Биһилэҕин одууласта. Билигин Сир Биһилэҕэр олохторун чаһыылара тохтотуллубут сүүһүнэн тыһыынча киһи саҥа арыйыылары, үтүө кэми кэтэһэн Сир ийэлэрин аргыс сулус буолан эргийэ көтө сырыттахтара… Ричард Смит – Нобелевскай бириэмийэ икки төгүллээх лауреата, идэтинэн химик, профессор, мэлдьэннээх үрдүк сүүһүн мыччыһыннаран, аастыйбыт баттахтаах улахан төбөтүн нөрүтэн, уһун көнө бэйэтэ токуруйан, мэктиэтигэр оччообут курдук буолан, улахан толкуйга түһэн турбахтаата. Кини аа-дьуо дьиэҕэ киирдэ, дубук соҕустук кириэһилэ кытыытыгар иннин диэки нөрүччү туттан олордо.

– Доҕоччуок, Робсон, мин аны хас сыл олоруохпунуй? – лекция ааҕа үөрэммит хойуу баархат куолаһынан холкутук секретарыттан – диванын таһыгар харабыл саллаат курдук чиккэллэн турар хара бэкир роботтан ыйытта. Робот тымныы тарбахтарынан билгэлиирдии Ричард икки чанчыгын уонна бэгэччэгин туппахтаан көрдө. Сотору соҕус буолан баран Робсон туохтан да долгуйуо суох сөҥ массыына лоҥкунас куолаһынан эппиэттээтэ:

– Доктор Смит! Эмтэммэтэххинэ бнир сыл… сэттэ ый… биэс хонук… плюс-минус икки хонук…

* * *

Матильда ис киирбэх имнээх синньигэс сирэйдээх, уоттаах хара харахтаах саас ортолоох хотун-хаан дьахтар, тиигир тириитэ бүрүөһүннээх кириэһилэҕэ иттэннэри түһээт, атахтарын тыылыы тэптэ. Дьүкээбил сардаҥатын курдук уларыйа сылдьар өҥнөөх дьиэҕэ кэтэр киэҥ халаатын сиэбиттэн кыабака быалаах кыракый видеотелефону хостоон таһааран экранын үрдүгэр сабыта тыыммахтаат, солко былаатынан сотон баран, былаатын сиргэ бырахта. Кыһыл көмүс кытыылаах сиэркилэҕэ көрүнэн олорон уоһун, хараҕын кырааскатын онон-манан эбинэн биэрдэ, баттаҕын өрүтэ анньыммахтаан көннөрүнэн, онтон куолаһын оҥостуммахтаан баран аппаратын холбоото.

– Үтүө күнүнэн, Мишель! – Экраҥҥа сулардыы бытыктаах, будьурхай хойуу баттахтаах эдэр киһи төбөтө көстүбүтүгэр Матильда атаах синньигэс куолаһынан эҕэрдэлээн унаарытта.

– Аа… Матильда, эн дуу? Үтүө күнүнэн, – Мишель сытыы халлаан күөҕэ харахтарын симириҥнэппэхтээтэ, салбаҕырбыт сирэйин суураламмахтаата ол кэннэ айаҕын илиитинэн саба туттан, дьааһыйан ылла. – Туллукчааным, мин эйигин олус да аҕынным.

– Мише-ель! Мишельчик! Мин эйиэхэ бүгүн кэһиилээхпин, таай эрэ, туох буолуой?

– Миэхэ эрэ сыһыаннаах дуу, эбэтэр иккиэммитигэр дуу?

– Иккиэммитигэр, Мишель, иккиэммитигэр!

– Да… Миэхэ эрэ эбитэ буоллар хахайы эбэтэр үрүҥ эһэни бултуурга лицензия буолуо диэх этим… Иккиэммитигэр буоллаҕына: оттон өрөбүлгэ сынньана Африкаҕа дуу, Индияҕа дуу ханнык эбит пляжка билиэт ыллыҥ ини? Таайдым дуо?

– Суох, Мишель, ырааҕынан сылдьаҕын!

– Оттон оччоҕо миэхэ кэлэҥҥин ааным таһыгар турарыҥ буолуо…

– Нахаал!.. – Матильда өһүргэммитэ буолан уоһун чорбоччу тутунна, онтон сонно тута мичээрдээн күлүм гынна. – Мишель, мин билигин көҥүл чыычаахпын, аны эн биһикки куруук бииргэ буолуохпут! Үөрдүҥ дуо?

– Үөрэн бөҕө… Хайдах ол көҥүл чыычаах буолан көттүҥ?

– Оо, дьэ, сэгэрим сыыһа, төбөҥ сиидэ – Оҕонньорууска сарсын 100 сааһын туоларын умуннуҥ дуо? Кини да Сир Биһилэҕэр барбакка ханналыыр үһү, билигин кабинетыгар олорор, Робиктан ураты кими да киллэрбэт.

– Ах, да… Бэйи эрэ, оннук буоллаҕына тохтоон сүбэлэһиэххэ, толкуйданыахха, – Мишель хараҕа уоттана түстэ, сүүһүн туора дириҥ сурааһыннар сүүрдүлэр. Кини чочумча уоһун быһыта ытырбахтыы-ытырбахтыы Матильданы одуулаһан турбахтаата. – Иһит эрэ, Матильда, Оҕонньоруусканы Сир Биһилэҕэр тахсарын тохтото сатыахха наада.

– Ол хайдах? – Матильда хараҕа кэҥии түстэ. Кини Мишельтэн итини эрэ кэтэспэтэҕэ. Бука атын эдэр дьахтары булуннаҕа… Аба-сата хараҕын уута түөһүн иһиттэн халыйан тахсан күөмэйин ыга аста. Ол да буоллар, кини туттуна сатаата. – Сир Биһилэҕэр 100 сааһын биир да хонук ааспыт киһини ылбаттар. Эн, Оҕонньорууска Сир Биһилэҕэр таҕыстаҕына, миигин кэргэн ылыах буолбутуҥ…

– Акаарыска! Эн биһикки ойох-эр буоларбыт ханна да куотуо суоҕа. Иһит эрэ, өскөтүн Оҕонньорууска Сир Биһилэҕиттэн аккаастаннаҕына, страховката төлөнөр. Онто бука ботуччу соҕус харчы буолуохтаах. Дьэ оччоҕо хас сынньалаҥ күн аайы континентан континеҥҥа, акыйаантан акыйааҥҥа баран күүлэйдиэх, бастыҥтан бастыҥ рестораннарга эбиэттиэх, чулууттан чулуу отелларга түһүөх этибит, ол куһаҕан буолуо дуо?

– Сөбүлэһиэ суоҕа… Ким өлүөн баҕарыай? Мин да кинини өлүүгэ үтэйиэхпин баҕарбаппын.

– Оҕонньорууска формулатын таһааран саҥаны арыйыы үөрүүүн амтанын билэ сылдьар, фанатик, үлэтин ситэриэҕэ дҥиллэр. Туллукчааныам, эн кинини өлүүгэ аспаккын, Сир Биһилэҕиттэн кини бэйэтэ аккаастаныаҕа, саарыыр түбэлтэтигэр быһаарыныы ылынарыгар эн көмө эрэ буолаҕын. Ол эрэн чэ, бэйэҥ бил, мин күһэйбэппин. Чао! видеотелефон экрана тунааран хаалла.

Дьахтар видеотелефонун остуол үөһэ элиттэ, икки илиитинэн сирэйин саба туттан олорбохтоот, эмискэ чинэс гына түстэ.

– Робик, миэхэ шампанскайда! – Робот көлөһүннээх курустаал бакаалга оргуйан кырылыы сылдьар тымныы шампанскайы аҕалбытын биир тыынынан түһэрэн кэбистэ. Онтон кириэһилэ ойоҕоһугар ханнык эрэ кнопканы баттаатын кытта түннүк тааһа хараардар-харааран киирэн барда. Им балай буола түспүт хараҥа хоско арай камин сөҕүрүйэн эрэр чоҕун имик-самык уота уонна робот куоска курдук күөх хараҕа эрэ чаҕылыҥныыр. Матильда аргыый сибигинэйэ былаан ыйытта:

– Робик, Ричард аны хас сыл олороро хаалла?

– Мадам! Эмтэммэтэҕинэ биир сыл сэттэ ый… биэс хонук… плюс-минус икки хонук…

***

– Робик, мин эйигин күнтэн-күн аайы, чаастан-чаас аайы ордук күүскэ, ордук минньигэстик таптыыр буолан иһэбин. – Эльза эрин икки илиитинэн моойдуу кууһан туран уураамахтаан ылла. – Аҕабыт тоҕо тугу да биллэрбэтий? Мин тоҕо эрэ дьиксиниэх санаам кэлэр. Хайа, баҕар, эйиэхэ тугу эмит эппитэ буолаарай?

– Суох, көмүһүөм, тугу да биллэрэ илик. – Бобик, Ричард Смит соҕотох уола, кэргэнин бэйэтигэр сыһыары тардан оргууй уураан ылла, курустук мичээрдээтэ уонна буруйдаммыт курдук туттан атын сир диэки көрдө. – Аҕам майгытын билэбин: үлэтин ситэриэн олус баҕарар буолуохтаах…

– Оччоҕо Сир Биһилэҕэр тахсыбат дуо? – Эльза иҥэ кубарыйан хайдах эрэ эмискэ сааһырбыт курдук көрүҥнэннэ, санаарҕаабыт харахтара кэҥээн уунан туоллулар. – Доҕоччугуом, мин оҕолонуохпун баҕарабын… оҕобун эмиийдиэхпин баҕарабын… Эн миигин табатык өйдөө дуу, биһиги аҕабыт ыытар чинчийиитин, туох суолталаах буолуохтааҕын үчүгэйдик билэбин. Мин кининэн киэн туттабын! Ол гынан баран… Бобик, мин – дьахтарбын! Бука баһаалыста аҕаҕын көрүс. Өйдөөх, үтүө сүрэхтээх киһи, биһигини өйдүөҕэ.

– Оттон мин шиэммин бүөбэйдиэхпин баҕарабын. Туох акаары варвардыы шокуонай, шиэннэнэр быраабы быһар диэн! – хостон тахсан кэлбит Эльза ийэтэ Шарлотта аҕыс уончатыгар сылдьар, билигин даҕаны сэнэх көрүҥнээх эмээхсин айдаара түстэ. Кини кэпсэтии толору ис хоһоонун өйдүү илик быһыылааҕа.

– Ийээ, сиргэ билигин киһи ахсаана элбээбэт даҕаны, аҕыйаабат даҕаны, итинник буолбута балайда өр буолла, ону эн миигиттэн итэҕэһэ суох билэҕин. Ордук киһини олох уйгутун намтаппакка эрэ аһатар-таҥыннарар кыах суох. Ол иһин киһи өллөҕүнэ эбэтэр Сир Биһилэҕэр таҕыстаҕына эрэ оҕо төрөтөр көҥүллэнэр: эһэтин оннугар – уолу, эбэтин оннугар – кыыс оҕону…

– Мин итини билэбин, билэбин! Мин шиэним, мин шиэнчээним уол оҕо буолар. – Эмээхсин күтүөтүн ситэ саҥарпакка быһа түстэ уонна устунан куолулаан киирэн барда. – Оо, мин кэтэһэн да биэрдим! Киһи эрдэ шиэннэниэхтээх, уонна киһи барыта шиэннэниэхтээх. Оттон билигин киһи аҥара шиэн диэн тугун билбэккэ Шир Биһилэҕэр барар, мин ол туһунан этэбин. Шири билигин да киэҥ дииллэр. Арай аш-таҥаш тиийбэт ааттаах. Мин көрдөхпүнэ билигин үлэлиир киһи үкшэ науканан дьарыктанар, ол гынан баран хайдах билиҥээҥҥэ диэри кыаллыбатах боппуруоһуй ити?

– Мин аҕам ууттан, углекислай газтан күн уотун көмөтүнэн үүнээйитээҕэр уон–уон биэс төгүл түргэнник углеводтары, белоктары оҥорон таһаарар кыахтаах саҥа холбоһук формулатын айда. Ити холбоһук киэҥник туттулуннаҕына, Сиргэ киһи ахсаана 5–6 төгүл улаатыан сөп. Дьэ оччоҕо киһи барыта оҕолоох, эһэлээх, эбэлээх, сиэннээх буолуох этэ.

– Дьэ ол шөп, дьэ ол бэрт! Наука диэн оннук буолуохтаах. Оҕонньор маладьыаш! Мин шиэним эһэтин курдук улахан ученай буолуо. Ити үлэни түргэтэтиэххэ наада!

– Даа… Ол дьоллоох кэм кэлэрин түргэтэтээри мин аҕам Сир Биһилэҕэр тахсарыттан аккаастанара буолуо диэн куттанабын…

– Туох даа?! Аккаастанара буолуо даа? – Шарлотта эмээхсин киэҥник күлтэччи көрөөт, титирэстэс буолбут куолаһынан хаһыытаата. Онтон байааттаҥныы-байааттаҥныы кырбаары гыммыт киһи курдук Бобикка ыган кэллэ. – Кини ханнык да бырааба шуох! Барыаҕа! Туох да науката миэхэ наадата шуох! Кэргэнэ ааттаах киһи билэҕин буолбат дуо – быйыл мин Эльзам оҕолонор шааһын бүтэһик шыла! Оо, оҕом эрэйдээх! Быйылгы дьылы төһөлөөх кэтэштибит этэй? Мин шиэммин көрүөхпүн, шиэммин бүөбэйдиэхпин баҕарабын! Шуох, шуох! Кини барыаҕа!

Лаборатория нһигэр төгүрүк остуол тула кириэһилэҕэ дьобуччу түһэн үс киһи сэһэргэһэ олороллор. Салгыҥҥа кофе минньигэс сыта дыргыйар. Кэпсэтиһии өр барбыт быһыылаах, бары да сылайбыт көрүҥнээхтэр. АСМ экраныгар уустук эттик химическэй формулатын структурата көстөр, сотору буола-буола формула сорох чаастара уларыйаллар – ити саҥа айыллыбыт формула тупсаҕай, табыгастаах көрүҥүн көрдүүллэр.

– Коллега! Формула сүрүн торума булулунна, билигин, этэргэ дылы, үлэ техничеекэй эрэ өттө хаалла диэххэ сөп. Биһиги, эн доҕотторуҥ, үөрэнээччилэриҥ итини барытын оҥоруохпут, ситэриэхпит, ол чааһыгар саарбахтааһын баар буолуон табыллыбат. Үлэни ситэрэр эрэ туһуттан, буолаары буолан техническэй үлэни толороору, Сир Биһилэҕиттэн аккаастанаары гынарыҥ, мин санаабар, улахан алҕас, – доктор Вэн лыкаҕар тараҕай төбөлөөх, сыа чалҕарыйан тахсыбыт эттээх сирэйдээх, мыс курдук суон, 60-чалаах киһи, лаборатория иккис теоретига бэйэтин санаатын түмүктүүрдүү эттэ, мичээрдээн платиновай тиистэрэ килбэҥнэстилэр. Кинини, дьиҥэр, профессор Ричард Смит инники дьылҕата букатын да долгуппат этэ. Билиҥҥи шеф Сир Биһилэҕэр аттаннаҕына, кини үйэ улуу арыйыытын оҥорбут ученайдар ахсааннарыгар киирсэр кыахтаах. Дьиҥинэн профессор Смит генийэ айбыт формулатын хайдах гынан бэйэтин аатын аннынан суруттарыаҕын туһунан профессор Вэн өртөн толкуйдуура. Кини санаатыгар, ону ситиһэр оччо уустуга суох курдуга – хата формула бэчээккэ таһаарыллар көрүҥүн Смит билигин да ситэрэ илигэ. Ол эрэн доктор Вэн Смити үчүгэйдик билэр буолан, Сир Биһилэҕиттэн аккаастанан да кэбистэҕинэ көҥүлэ диэн ардыгар уҥуоҕа кычыгыланыар, илиитэ-атаҕа салыбырас буолуор диэри ыксыыра. Ричард, көнө муҥутаан, доктор Вэн ити кистэлэҥ санаатын таайбатаҕа, коллегам миэхэ үтүөнү баҕарар диэн иһигэр махтана саныы олорбута. Арай кинини коллегата туттара-хаптара дуоспуруннаммыта, ордук куолаһа уларыйбыта сөхтөрбүтэ. Соторутааҕыга диэри доктор Вэн кэһиэхтээх куолаһынан сорох тылын өрүсүһэн ыйыстан кэбиһэ-кэбиһэ саҥарара. Бүгүн Вэн бэйэтин ыйааһынын билинэр, холку, сөҥ, дьиппиэн куолаһын Ричард соһуйа, бэл ытыктыы даҕаны иһиттэ.

–          Эн Сир Биһилэҕэр таҕыстаххына үлэ тохтуо суоҕа, ити кырдьык. Ол эрэн үлэ олус бытаарыаҕа – хомойуох иһин, эн курдук албан аат иһин буолбакка, дьыала интэриэһин эрэ иһин үлэлиир киһи ахсааннаах уонна оннук дьоннор былааһа суохтар, ити кырдьык, – доктор Гордон Вэн диэки иччитэ суох мэндээркэй харахтарынан өһүөннээхтик көрөн дьиэгинитэн кэбистэ. Доктор Гордон 50-гар сылдьар сырдык сэбэрэлээх уҥуох-тирии буолбут уһун киһи Смит биир саамай таптыыр үөрэнээччитэ, учууталын курдук эмиэ фанатик, экспериментальнай химияҕа үлэлиир уобалаһыгар тэҥнээҕэ өссө да көстө илик. Үөрэнээччитэ салгыы туох диэҕин Ричард өтө таайан, быар куустан иттэннэри түһэн киһитин диэки сылаастык көрөн кэбиһэ-кэбиһэ хаар-маҥан бытыгын иһигэр мичээрдээн мүчүйэ олордо. Гордон кириэһилэттэн ойон турда. – Оттон киһи аймахха хас биир күн, биир чаас күндү. Киһиэхэ барытыгар оҕо, сиэн наада, оҕо буоллаҕына эһэ, эбэ тапталын билиэхтээх, ити кырдьык. Билигин эһэ, эбэ тапталын билбэтэх киһи үксээтэ, ол түмүгэр дьон куруубай, дьэбир буоллулар.

Эн биһикки өйдөһөр этибит, билигин миигин өйдүөҥ эбитэ дуу? Эн дьоллоох буолуоххун, муҥура суох уһун үйэлээх буолуоххун мин олус баҕарабын, ити кырдьык. Ол гынан баран киһи аймах кэскилин туһугар, дьон бары толору дьоллоох буолалларын туһугар, ону түргэтэтэр туһугар Эн Сир Биһилэҕэр барартан аккаастан! Былыр ученайдар бэйэлэрин идеяларын иһин ууга-уокка киирэллэрин кэрэйбэттэрэ, бэйэлэригэр кутталлаах опыттары оҥостоллоро, олохторун толук уураллара, ити кырдьык… Билигин биһиги, кинилэр сиэннэрэ, ама мөлтөөтүбүт, өй-санаа, дууһа өттүнэн кэҕиннибит, эр санаа, хорсун быһыы диэн тугун умуннубут дуо? Биһиги туохпутунан итэҕэспитий кинилэртэн? Мин санаабар суох! Ити кырдьык…

– Атын киһи оннугар герой буолар чэпчэки. – Вэн Гордону быһа түстэ уонна түгэхтээхтик мичик гынна.

– Коллегаларым, иккиэҥҥитигэр махтанабын! Билигин мин дьиэлиирбин утарбат инигит? – Смит эмискэ туран кэллэ, коллегаларын диэки тоҥхоҥноон мэлдьэннээх үрдүк сүүһэ килбэҥнээтэ.

Гордон туран профессорга халтаҥ сонун ылан кэтэригэр көмөлөстө.

– Таһырдьа тымныы, – диэтэ кини уонна сон ис сиэбин үрдүнэн орден колонкаларын курдук кэчигирэспит сон иһинээҕи температураны уларытарга аналлаах кнопкалартан «22°С» диэн суруктааҕы тимирдьи баттаата, оҕолуу аһаҕастык мичээрдээн кэбистэ. – Мин санаабар, формулаҕа өссө биир ацильнай бөлөҕү эбэн боруобалыахха баар этэ, ити кырдьык…

***

Бу боростуой приемнигы Ричард урукку кэргэнэ Мэри, Бобик ийэтэ бэлэхтээбитэ. Мэрини Ричард таптыыр этэ уонна Матильданы кытта көрсүөр диэри, кини сырдык кэриэһин үйэм тухары умнуом суоҕа дии саныыра. Онто барыта уларыйбыта… Ол да буоллар улаханнык мунчаардаҕына, санаата түстэҕинэ – кини дьиҥинэн кэнники кэмҥэ олоҕор оччо дьоллоох буолбатах этэ – хоһугар хатанан олорон бу приемник тутаахтарын эрийтэлээтэҕинэ, эргэ динамиктан бүтэҥитик иһиллэр диктор куолаһын иһиттэҕинэ сэргэхсийбит, сынньаммыт курдук буолара. Бүгүн кини диваныгар сытан эрэн, эмиэ бу эргэ приемнигын ылан аадьуо эргим-ургум тутан көрө, тирии хаатын имэрийбэхтии сытар. Ричард түбэһиэх биир станцияны тутта.

– …юбилей күннэригэр ахтан ааһары наадалааҕынан ааҕабыт. Бу омугунан саха киһитэ, советскай ученай, научнай үлэтин хайысхаларыгар олорор эйгэтэ, үйэ тухары ирбэт тоҥ буордаах, хаардаах, муустаах үрдүттэн сүппүт мамонт, бизон, дьиикэй сылгы курдук дьикти кыыллар туох да буолбакка тоҥ сытар сирдэрин арыйыы бүттүүн наука сайдыытыгар биллэр-көстөр сабыдыалы оҥорбута саарбаҕаламмат. Кини төрөөбүт Якутскайын таһыгар ирбэт тоҥ буорга дириҥ шахта хаһыллыбыта, советскай ученайдар аан дойду кыылларын-көтөрдөрүн, балыктарын-баҕаларын мунньан тоҥортоон – «XX үйэ харамайдара» – диэн бэртээхэй музейы тэрийбиттэрэ билигин харамайдар уларыйыыларын үөрэтэргэ эталон быһыытынан туһаныллар. Ити саха-ученай удьуордааһын матырыйаалын үйэтитэргэ убаҕас азотка тоҥоруллубут араас харамайдар эттэрэ угуллубут «Генефонд» диэн станциялары космоска таһаарыыга кыттыыны ылбыта. Космоска сотору буолан баран кини көҕүлээһининэн эстэн эрэр харамайдар убаҕас азотка тоҥоруллан угуллубут «Кыһыл аргыстара» тахсыбыттара. Онтон кыра кээмэйдээх эттиктэри космоска улахан ороскуота суох таһаарар кыахтаах селеноид тииптээх электрическэй катапульталар оҥоһуллубуттарын кэннэ Сир харамайдарын убаҕас азотка тоҥоро-тоҥоро космоска таһаарар үлэни саҕаласпыта… – Ричард приемнигын саба баттаата, хараҕын быһа симнэ. Кини Саха сиригэр уонча сыллааҕыта сылдьыбыта, ити аатырар музейы көрбүтэ. Музей тиэргэнигэр музейы төрүттээбит биллиилээх ученай Сардаан Кэрэмээһэп улахан пааматынньыга турара. Ричард саха театрыгар «Ньургун Боотур» операны көрбүтэ уонна улаханнык астыммыта. Билигин даҕаны киҥи кулгааҕар хомус дьүрүһүйэр тыаһа, Ньургун Боотур көҥүл-киэҥ куолаһынан ыллаан доллоһутара баарга дылы. Бука саха ученайа Сир Биһилэҕэ тэриллиитигэр үктэл уурсарыгар олоҥхо бухатыырын кынаттаах ата, үөһээ-аллараа дойдулара, өлбөт мэҥэтин уута ирбэт тоҥтон итэҕэһэ суох сабыдыаллаабыта буолуо, ону ким билиэ баарай? Оттон улуу Өлүөнэ өрүс?..

Ричард салгыы атын станцияны тутта.

– …Сир Биһилэҕэр күн уотуттан хаххаламмыт саркофагтарга, сиртэн убаҕас азотка тоҥоруллан таһаарыллыбыт дьоннор космическай тымныы усулуобуйатыгар үйэттэн үйэ тухары буорту буолбакка эрэ сытар кыахтаахтар. Саркофагка сытар киһи Сир Биһилэҕин комитетын кытта түһэрсибит дуогабарыгар ыйыллыбыт болдьоххо Сиргэ төннөрүллэр. Наука Сир Биһилэҕиттэн төннөрүллүбүт дьоҥҥо тыын киллэриитин толору баһылаата. Билигин Сир Биһилэҕиттэн төннүбүт тыһыынчанан дьоннор сир араас муннуктарыгар чэгиэн-чэбдик, үөрэ-көтө үлэлии сылдьаллар. Сир Биһилэҕэр 50-ча сыл сыттахтарына кыайан эмтэммэт эбэтэр бэрт эрэйинэн эмтэнэр ыарыылардаах дьоннор ол ыарыылара туох да эмэ-томо суох үтүөрэрэ дакаастанна. Билигин биһиги Сир Биһилэҕиттэн 65 сыл буолан баран төннүбүт… – Профессор итинник дьону кытта көрсүһүүлэргэ сылдьан, телевизорынан да көрөн хал буолан хаалбыта. Да, рекламалыыбыт! Рекламалыыры баҕас сатыыбыт… Ол гынан баран билигин даҕаны төһөлөөх кыаммат-түгэммэт Аан дойду үрдүнэн Сир Биһилэҕиттэн матарый? Хаһан тэҥ олох кэлэрий?

– …нор Сир Биһилэҕиттэн тэйэр сардаҥалар салгын температуратын үрдэтиэхтэрэ, сир климатын уларытыахтара суоҕа дуо диэн дьиксинэн туран ыйыталлар. Биллиилээх климатолог профессор Джексон этэринэн, билиҥҥи кэмҥэ итинник куттал Сиргэ суоһаабат. Билигин Сир Биһилэҕэ олус синньигэс, ол гынан баран кэлин Сатурн биһилэҕин курдук улаатар туруктаах. Оннук улааттаҕына даҕаны Сир Биһилэҕэ тэйитэн сиргэ түһэрэр сардаҥатын баһыйар сардаҥаны күнтэн бүөлүүр уонна төттөрү космическай куйаарга утаарар. Билиҥҥи цивилизация дьайыытын түмүгэр Сир температурата салгыы үрдээһинин утары охсуһууга хойут хата Сир Биһилэҕэ туһалаах буолуон сөп… – Ричард бу Сир Биһилэҕин юбилейын бэлиэтиир кэрэ-бэлиэ кэм чугаһаан турдаҕына станция үксэ итиннэ сыһыаннаах матырыйаалы биэрэрин өйдөөбүтэ, ол иһин кини атын долгуҥҥа – куорат сонуннарын биэрэр станцияларга көспүтэ.

– …оҕону уорбут хас да эмээхситтэри уонна оҕонньоттору тутуталаатылар. Манна даҕатан эттэххэ, кэнники кэмҥэ оҕону уоруу олус маассабай буолла. Медицина профессора доктор Яковлев маны психическэй ыарыы диэн быһаарар. Бу ыарыынан 50 саастарын ааспыт сиэнэ суох хас 5-тии эр киһиттэн уонна 3-түү дьахтартан биирдиилэрэ ыалдьаллар эбит. Ыарыһах настарыанньата түһэр, төбөтө ыалдьар, оҕону көрүү-харайыы туһунан кинигэни хасыһан ааҕар, наар оҕону бүөбэйдиэн баҕарар буолар. Ол барыта күнтэн күн аайы күүһүрэн иһэр. Ыарыһах эмтэммэтэҕинэ, оҕону уорууга кытта тиийиэн сөп… – Ричард үөһэ тыынна. Шарлотта эмээхсин эрэйдээх арааһа ити ыарыыга ыалдьан эрэр быһыылаах. Бэйэ атын тугу эмит истиэххэ.

– …биллиилээх ученай Ричард Смит Сир Биһилэҕэр барартан аккаастанар диэн биһиги корреспондеммыт биллэрэр. Страховкатын – 60 мөлүйүөн доллары туох гыныаҕай… – Ричард охсуллубут курдук ойон турда.

– Тууй-сиэ! Дьаабаллар хантан ылан итини кэпсииллэрий? Мин кырдьык, баҕар, аккаастаныам даҕаны, ол гынан баран ити туһунан бэл төрөппүт уолбар биллэрэ иликпин! – Смит пресса баары суох, суоҕу баар гынарын уруккуттан билэр этэ да, бу сырыыга, бэйэтигэр сыһыаннаах буолан дуу, олус соһуйан хаалла. Кини бүгүн кыайан уоскуйбата, хата улахан санааҕа түстэ. Маннык түбэлтэҕэ ону-маны толкуйдаан, ыараҥнатан көрөн баран оҥорор дьоҥҥо буоларын курдук, кини дууһата икки аҥы хайынна. «Барыахха» уонна «барымыахха» диир икки Ричардартан хайалара даҕаны иннин биэриэн баҕарбата.

– Мин Сир Биһилэҕэр бардахпына, утарылаһааччыларьш үлэни атахтыахтара… – диир маҥнайгы Ричард.

– Эн үөрэнээччилэрдээххин. Вэн сөпкө этэр, үлэ сүнньүнэн техническэй эрэ өттө хаалла. Өскөтүн кини түмүктэниитэ биэс, баҕар, уон да сыл хойутаатаҕына, туох баарый? Эн кылаабынайын оҥордуҥ: формула торума баар! Онон санаата-оноото суох, хойут эдэр, чэгиэн буолан төннөрдүү Сир Биһилэҕэр барарга толору бырааптааххын, – диир иккис Ричард.

– Киһиэхэ биир чаас, биир суукка күндү. Ол уон сыл устата Сиргэ төһө киһи эбиллиэ, төһө үөрүү-көтүү буолуо этэй? Науканан дьарыктаныахпыттан олоҕум сыала буолбут үлэбин түмүктээбэккэ эрэ тоҕо барыахтаахпыный? Мин үлэм билигин үчүгэйдик иҥэн-тоҥон, былаана оҥоһуллан баран суруллубакка хаалбыт ромаҥҥа маарынныыр. Бу орто дойдуга оччоҕо тоҕо олорон ааһабын? Кус, кумаар курдук… – Бастакы Ричард санаарҕыыр.

– Бу орто дойдуга олорон тапталы билбитиҥ, оҕолооххун, сөбүлүүр идэҕинэн сүрдээҕин умсугуйан туран дьарыктаммытыҥ, ол идэҕэр дьону уһуйбутуҥ, дьон ытыктабылын, хайҕалы, бочуоту да билбитиҥ, баай-талым олоххо олорбутуҥ уонна өссө туох нааданый? Киһи эрэ барыта итинник олоҕу олорбот… – Иккиһэ кимэн киирэр.

– Киһи олоҕо итини таһынан туох эрэ үрдүк сыаллаах буолуохтаах. Мин туох-ханнык иннинэ – киһибин. Киһи үрдүк аатын сүгэбин. Сибилигин бу Сир үрдүгэр киһи аймахха толору дьоллоох олоҕу чугаһатар кыах миэхэ эрэ баар. Ол баар – олоҕум сүрүн сыала! Мин аны даҕаны икки сыл кэриҥэ, эмтэннэхпинэ, оннооҕор уһуннук олоруохпун сөп. Ити бириэмэҕэ олоҕум сыалын ситиһиэх этим.

– Ситиһэрин ситиһиэҥ да Сир Биһилэҕэр 100 сааһын ааспыт киһини ылбаттар. Наһаа үрдүк тыллары этэҕин ээ, өлөр диэн ынырык…

– Ылбаттарын билэбин… Гордон эппитинии, үрдүкү сыал туһугар дууһаларын халбаҥнаабакка эрэ толук уурбут былыргы коллегаларбытыттан биһиги туох итэҕэстээхпитий? Мин да өлүүттэн куттаммаппын! Эн соҕотох буолбатаххын. Кийиитиҥ барахсан быйыл оҕолонор бүтэһик сыла, Шарлотта эмээхсин эрэйдээх сиэнин таҥаһын бэлэмнээбитэ ыраатта. Уолуҥ, Бобигыҥ?! Кинини эн төһө эрэйдэнэн, таптаан, харыстаан ииттиҥ этэ? Оттон Матильда?.. Кинилэр дьоллорун абстрактнай «дьон-аймах» туһугар толук уураҕын? Бэйэтин чугас таптаабат, кинилэргэ үтүөнү баҕарбат киһи атын туспа дьону дьиҥнээхтик таптыа дуо?

– Сиэртибэтэ суох ханнык да улуу дьыала оҥоһуллубат…

– Эн эгоискын!

– Суох, эн алҕаһыыгын – миэхэ олус ыарахан. Мин бэйэм эрэ иннибэр буолбатах – бар-дьон туһугар, киһи барыта эһэлээх, эбэлээх буоларын туһугар, бар-дьон толору дьоллоохтук олороллорун туһугар, ону түргэтэтэр туһугар бэйэм дьолбун уонна чугас дьонум кэскиллэрин сиэртибэлиибин!

– Мадам Матильда… Мистер Боб Смит киирэргэ көрдөһөллөр… Эмискэ Робсон сөҥ куолаһа лоҥкунаата.

Ричард чаһыыны көрдө – Сир Биһилэҕин комитетыгар бэйэтин быһаарыныытын биллэрэрэ 5 мүнүүтэ хаалбыт. Хайыах баҕайыный? Сөбүлэһэр түбэлтэтигэр аны 3 чааһынан Сир Биһилэҕэр атаарыы үөрүүлээх церемонията буолуохтаах. Бобик, биллэн турар: «Бар», – диэн көрдөһөөрү гынан эрдэҕэ. Матильда, дьахтар киһи, быһаарыныы ылынар түгэҥҥэ чугас, аттыгар сылдьаары, кыратык ытыы түһээри кэллэҕэ… 5 мүнүүтэни аһаран баран быһаарыллыах быһаарыллан бүппүтүн кэннэ киллэрэр ордуга дуу?

Ити кэмҥэ ааны тоҥсуйан киирэн бардылар.

Чэ, тоҥсуйдуннар.

Ааны тоҥсуйар тыас улам күүһүрдэр-күүһүрэн истэ, бүтэһигэр тэбиэлээн киирэн бардылар. Долбууртан кытыы диэки турбут кинигэлэр суулуннулар, ханнык эрэ ыарахан мал муостаҕа тыастаахтык түһэн баран, төкүнүйэн кэлэн Ричард атаҕын анныгар тохтоото. Күүстээх эр киһи атаҕынан тэбиэлиирин, саннынан түһүөлүүрүн аан тулуйбата – хайа ыстанна, ону кытта аспыт омунугар Бобик кабинет ортотугар сууллан түстэ. Тура охсон таҥаһын тэбэннэ, хаалтыһын көннөрүннэ. Аҕылаан биир кэм бөтүөхтэс буолбут, икки чанчыгынан, сүүһүн ортотунан муннун үрдүнэн көлөһүн сүүрбүт. Алдьаммыт ааны куттаммыттыы одуулаһа-одуулаһа, саамай күндү платьетын кэппит Матильда самыытынан оонньоон аа-дьуо хааман киирэн кэллэ. Хараҕын тэрбэччи көрөн, хаана кэйэн, күлүм аллайан хаһааҥҥытынааҕар да тупсубут көрүҥнэммит. Ричард кэргэнин сөҕө-сэргии уоттаммыт хараҕынан көрдө.

– Бырастыы гын, аҕаа… – Бобик көлөһүнүн сотунна. – Тугу гынарбын да билбэт буоллум. Аҕаа, өссө да икки мүнүүтэ баар…

– Үйэҕэр биирдэ күннээҕи олоххо туһалаах улахан хардыыны оҥордуҥ. Страховка эҥин ыллахпытына арыый дэлэй соҕустук олоруох этибит буоллаҕа дии. Сүүс сыл дьадаҥытык сыыгынаан олоруохтааҕар, аҕыйах да сыл баайдык-талымнык, ыһан-тоҕон күлүбүрэччи олорбут ордук. Сулус курдук! Комета курдук! – Матильда илиитин үөһэ-аллара даллаҥнаппахтаата. Онтон хааман наскылдьыйан кэлэн оҕонньорун сүүһүттэн уураан «чоп» гыннарда.

– Аҕаа, аһын даа, көрдөһөбүн! – Бобик тобуктуу түстэ, аҕатын атаҕын икки илиитинэн кууһан ылла, этэ-сиинэ барыта титирэстээн саҥа таһааран уйаара-кэйээрэ суох ытаан киирэн барда. Икки харахттан сып-сырдык таммахтар тохтоло суох аллараа диэки субурустулар. – Аҕаа, эн уйаҥ дууһалаах, үтүө сүрэхтээх этиҥ буолбат дуо? Хайдах курдук миигин, кийииккин таптыыргыный, биһиги дьоллоох буоларбытыгар баҕараргыный? Ол бэйэҥ бу тугу оҥорон эрэҕиний? Биһиги оҕолонуохпутун баҕарабыт! Эн сиэниҥ, биһиги оҕобут аатыттан көрдөһөбүт – дьолбутун сарбыйыма… түлүппүөннээ… Сир Биһилэҕиттэн тоҕо аккаастанан өлө сатыыгын, тоҕо биһигиттэн кэлэйдиҥ?

– Оо, эрэйим эбит! Эн түөрт саастааххар ийэҥ өлбүтүгэр ытаабыккын өйдүүбүн, ол кэннигэр эн хараҕыҥ уутун көрбөтөҕүм! Тоҕойуом, ытаама, тур, харах уутун олох тулуйбаппын… Мин да эт сүрэхтээхпин… – Ричард куолаһа бобуллаҥнаан ылла, харахтарыттан уу-хаар баста. Уолун өрө тардан туруоран, былаатынан хараҕын уутун сотон баран телефон диэки барыах курдук гынна.

– Суох! Эн түлүппүөннүөҥ суоҕа! – Матильда тимир куолаһа лыҥкынаата. Ричард баран иһэр суолугар икки илиитинэн өттүк баттанан баран туора турунан кэбистэ. – Өйдөн, Ричард! Муҥ саатар сиппэтэх үлэҕин санаа! Үйэҥ тухары хара көлөһүҥҥүн тоҕон тиитин охторон баран, тииҥин ичигэстэтэ ити бэйэмсэх Гордоҥҥа, эбэтэр Вэн курдук шарлатаҥҥа быраҕан бараары гынаҕын дуо? Кинилэр эн дьүгэлийэргин эрэ кэтэһэллэр…

– Истиҥ!.. Истиҥ!.. Сир Биһилэҕин Аан дойдутааҕы комитетыттан… суһал телеграмма кэллэ. – Робсон туохха да ымыттыбат лоҥкунас куолаһа барыларыгар этиҥ сааллыбытын курдук дьайда, – Профессор Смит күүһүрдүү бэлиэтэ… Сир Биһилэҕин Аан дойдутааҕы комитета… Эһигини 100 сааскытын туолбуккутунан истиҥник эҕэрдэлиир күүһүрдүү бэлиэтэ… Сир Биһилэҕин юбилейынан сибээстээн уонна ССРС Наукаларын Академиятын хадатаайыстыбатын учуоттаан… Эһиэхэ соппутуой… билиҥҥи кэм уһулуччулаах ученайын быһыытынан… Сир Биһилэҕэр бэйэҕит таптаабыт хайа баҕарар бириэмэҕитигэр тахсаргытыгар… бочуоттаах быраап бэриллэр… туочука… Эҕэрдэни кытта… профессор Иванов туочука…

– Сиэн көҥүллэнэр дуо?

– Оттон страховката? – Бобиктаах Матильда тэҥҥэ кэриэтэ хаһыытаһа түстүлэр.

– Сибилигин билиэхпит… – Робот чыпчылыйыах түгэнэ Комитеты кытта сибээстэһэ оҕуста. – Сиэн көҥүллэнэр туочука… Страховка көһөрүллэр туочука…

– Уой! – Мадам Матильда сүрэҕин харбанаат хабырына-хабырына олорон киирэн барда. – Оо-ох! Баарда да суох муҥнаахпын!

– Көмүсчээниэм, хайдах буоллуҥ? Ыарыйдыҥ дуо? Бай, ытыыгын дуу? – оҕонньор сүүрэн кэлэн кэргэнин өйөөтө.

– Болҕомтоҕун уурума дуу, ити үөрүүбүттэн… – Матильда туох да буолбатаҕын курдук туран кэллэ, аҕала сатаан мичээрдээбитэ буолла. – Ити үөрүү хараҕын уута…

Бобик туох да ис хоһооно суох хаһыытыы түһэн баран, аҕатын санныга охсоот, кабинеттан ойон тахсыбытын Смит оҕонньор өйдөөбөккө хаалла.

Гавриил Угаров

Хотугу сулус. – 1980. – № 1