Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, «Эр санааланыы» уордьанынан наҕараадаламмыт таайым Сергей Иннокентьевич Юмшанов кэриэһигэр.
Мин билбэппин, олох диэн хайдах буолуохтааҕын. Ыал да буолбатым, оҕо да төрөппөтүм. Ийэлээх аҕам тыыннаахтара буоллар, бука, хомойуохтара эбитэ буолуо. Аҕа ууһун тэнитээччи соҕотох мин эрэ этим буоллаҕа. Оттон билигин… Билигин мин үөһээ дойдуга баарбын, сири-дойдуну былыт быыһынан көрөбүн. Ийэм кэриэтэ эдьиийим барахсан миигин аһыйан ыар санааҕа баттатар. Биирдэ кинини хайдах эмэ уоскутаары түүлүгэр киирбиппин бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым. Ол маннык этэ…
Сүүрбэттэн тахса сыл эдьиийим аахха улахан оҕолоро буолан олорбутум. Балыстарбар, бырааттарбар үтүө холобур эрэ буоларга дьулуһарым. Санаабар, син элбэххэ үөрэтэн аастым. Бытарыһан элбэхтэрэ диибин диэн, барахсаттары хас биирдиилэрин ис сүрэхпиттэн таптыыбын. Мин ону сэриигэ эрэ бараары туран өйдөөбүтүм. Ол иннинэ таах күннээҕинэн олорбут эбиппин.
Эдьиийим айманарын үөһэттэн көрөн олорон, тулуйбакка аттыгар кэлэн олоппоско олорооччубун. Сылаас илиититтэн тутан ылан уоскуппут киһи баар ньии-и-и. Суох буолаахтаатаҕа, аны оннук сатаммат. Аны мин ким да хараҕар көстүбэт, күннээх түүнүм тэҥнэспит күлүкпүн эрэ… Салгын эрэ куппунан таптыыр дьоммор чугаһыыбын.
Сорох ардыгар ону сэрэйэр курдуктар. Кинилэри сатаан кууспатым, хайдахтаах курдук күүскэ таптыырбын, махтанарбын этэр кыаҕым суоҕа ыарахана сүрдээх. Туораттан барытын көрөбүн-истэбин эбээт! Кыһыыта сүрдээх!
Биир ыйдаҥа түүн сэрэниин-сэрэнэн үктэнэн, санаабар тыас таһаарар тыыннаах киһи курдук сананан, атаҕым төбөтүгэр дугунан эдьиийим аах утуйа сытар хосторугар киирбитим. Баҕар, сатаныа дуу диэн эрэнэн, түүл нөҥүө эдьиийбин уоскутар баҕалааҕым. Түүл эбитэ дуу, илэ эбитэ дуу, бэйэм да билбэппинэн, арай эдьиийим эмискэ уһуктан кэллэ:
– Хайа, Чижик, тугу көрдөөтүҥ? – диэтэ туох да буолбатаҕын курдук.
– Ээ, саам ботуруона бүтэн хаалла, – диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла.
Тоҕо инньэ диэбитим буолла. Эдьиийим туран ийэлии истиҥник кууста уонна оройбуттан сыллаан ылла:
– Оо дьэ, бу уол эмиэ табах бөҕө тардыбыт, – диэн соһутта. Арааһа, баттахпар табаҕым буруотун сыта иҥэн хаалаахтаабыт буоллаҕа дуу? Өлбүтүм да кэннэ бэйэм сытым бэйэбин кытары барсыбыт быһыылаах.
Сарсыныгар эдьиийим уутун ханан уһуктубута, хайдах эрэ сынньаммыт көрүҥнээҕэ. Кини хаһан мичээрдиирин күүтэрим, кута-сүрэ уоскуйа түһүөн наһаа баҕарарым. Сарсыардааҥҥы аһылык кэмигэр үгэс курдук күннээҕини, буолары-буолбаты сэһэргэстилэр. Эдьиийим күтүөппэр бөлүүн миигин көрбүтүн туһунан биир да тылы быктарбата.
Билэбин, мин аны бу дьиэттэн букатынныы барыахтаахпын. Ол эрээри туох эрэ күүс миигин ыыппат. Баҕар, туох эрэ буолуохтааҕын күүтэммин билиҥҥэ диэри арахсыбакка сылдьарым буолуо дуу?
Оо! Бу күн аайы аһаабыт остуолбар сытар алаадьылартан саатар биири ылан, ити күөрчэххэ умньаан сиэбит киһи ньии! Ити сытар туустаах балыгы амтаһыйа-амтаһыйа ыстыы олорбут киһи-и! Барыта уларыйда, төһө да ымсыырдарбын, куртаҕым аччыктыыры умнубут, төһө да ытаатарбын, хараҕым уута кэлбэт. Аттыбар субу сүүрэкэлэһэ сылдьар кыра бырааттарбын көтөҕөн ылан сырылаччы сыллаан ылбыт киһи баар ини! Суох буолаахтаатаҕа…
Чэ, бэйэбин аһынарбын тохтотуум. Ол күһүн бэбиэскэ туппут күммүттэн олоҕум тосту уларыйбыта. Аҕа дойдуну көмүскүүр үрдүк чиэс буоларын оскуола паартатыттан билэрим. Дьонум, дойдум туһугар өстөөҕү утары киирсэртэн кыл да түгэнэ дьулайбат этим. Булт кэмигэр ордук хайҕанааччы мин буоларым, күндү түүлээҕи түүтүн алдьатымаары харахха табарым, сыыдам да кырсаны куоттарбат этим, тыатааҕы да арҕаҕар хорсуннук киирэрим. Булка-алка сылдьыбыт үөрүйэҕим онно үгүстүк көмөлөһөрө. Тоҥортон, аччыктыыртан толлубат, өлөн-охтон биэрбэт буойун этим. «Этим» диирим дьикти баҕайы. Соҕотох да сылдьан, куруук аттыбар ким эрэ баарын курдук, бэйэм бэйэбин кытары кэпсэтэ сылдьар идэлээҕим. Бу билигин эмиэ кэпсэтэ олоробун, баҕар, балтым Сардаана кэпсээн суруйуо, һэ-һэ.
Хаһан да киһини утары сааны туһаайбатах бэйэм өстөөҕү утары хорсуннук киирсибитим, өстөөхтөн саллар, куттанар санаа суоҕа. Түүн окуопаҕа олорон сулустары одууластахпына, хайдах эрэ дьиэбэр, дьоммор чугаһыыр курдугум. Сылаас аспын, сымнаҕас ороммун, суорҕаммын олус да ахтарым. Бэҕэһээ эрэ курдуга, эдьиийим Римма уонна күтүөтүм Александр буолан үүтээҥҥэ хоно сытарбыт. Бултуйбут дьон быһыытынан үөрэ-көтө, кэпсэтэ-ипсэтэ киэһээҥҥи күөс өрүнэрбит, чэй оргуттарбыт. Ол барыта аастаҕа, хааллаҕа… Ама, аны хаһан да хатыламмат!
Оттон онно атын олох… Хаһан бүтүө биллибэт сэрии… Окуопа хастаммыт, блиндаж тутаммыт сир анныгар олохсуйбуппут. Мин уус аҕам үөрэппитин олоҕум тухары илдьэ сылдьан туһаммытым: дьиэ-уот тутуутугар, муус оҥоһуктарбар, тимир да малларбар. Арааһы барытын уһаммыт эбиппин. Бэл, Сочи курдук ыраах сиргэ тиийэн оҕо көтөҕүүлээх ийэни чочуйан оҥорбутум. Уһанар дьоҕурум аны манна, киһи куһаҕан да түүлүгэр баттаппатах сэрии толоонугар кытары көмөлөспүтэ. Сотору кэминэн илиитигэр дьоҕурдаах диэн бэлиэтии көрөн минометчик оҥорбуттара. Ол быыһыгар өстөөх ыыппыт дроннарын ыраахтан таба көрөн, син балай да элбэҕи тоҕута ыппытым, бэргэнник ытарбынан аатырбытым. Хамандыырбыттан хайҕанан, үөрүүбүттэн уҥуохтуун уһаабыт курдугум. Киһиэхэ кыра да болҕомто, хайҕабыл баҕалаах ээ. Биирдэ чэй иһэ олорон кааскабын устан хотойу уруһуйдаабытым. Сытыы тыҥырахтаах тойон кыыл атаҕын сараадыччы тэппитинэн үөһэттэн аллара сурулаан түһэн эрэр курдуга. Доҕордоһо охсубут уолаттарым уруһуйбун сэргии көрөн, биир-биир чугаһаан, кааскаларыгар араас кыылы, оһуору уруһуйдаппыттара. Аҕыйах ый иһигэр ыкса доҕордоспуппут. Манна хас биирдии түгэн күндү, бүгүн бааргын, сарсын суоххун…
«Суоххун» – бу тыл тыыннааҕым тухары тымырым устун иннэ буолан кэйиэлээн сүрэхпэр оспот бааһы хаалларбыта. Чэрдийбит ытыһым кини сымнаҕас суһуоҕун, тэтэркэй иэдэһин хайдах да умнубатаҕа. Кинини көрөөт таптаабытым. Эттиин-сиинниин, өйдүүн-санаалыын киниэхэ курдары тардыһарым.
Киһи өллөҕүнэ ханна баҕарар көтөн тиийиэн сөп эбит. Ол санааҕа уйдаран таптыыр кыыһым көмүс уҥуоҕа көмүллэн сытар сиригэр тиийбитим. Сэгэртэйим оҕото ып-ыраас харахтаах мэтириэтэ миигин ыраахтан сандааран көрсүбүтэ. Сир кырса кытаатан, от-мас үүнэн быданнаабыт этэ. Бу сиргэ сүрэхпинэн талан ылбыт киһим кимин, куоттарбыт аһыым сүрэхпэр-быарбар дириҥник сөҥмүтүн бу Орто дойдуга ким да билбэт этэ
Оргууй тобуктуу түһэн көмүллэн сытар буорун кууһан ылбыппар санныбыттан ким эрэ таарыйда…
– Өр да күүттүм эйигин… – диэбитигэр эргиллэн көрбүтүм, арай, Лаурам илэ бэйэтинэн кэлэн турар эбит!
Мин тыыннаах киһи курдук өрө битигирии түспүт сүрэҕим айахпынан тахса сыста. Итэҕэйбэккэ соһуйан, туран кэлэн, хараҕын утары көрдүм. Кыыһым килбиктик мичээрдээтэ уонна илиибиттэн ылан ойуур диэки илдьэ барда. Утарыласпакка саҥата суох батыстым. Хааман иһэн көрбүтүм, арай, салгыҥҥа уйдаран тииттэри үрдүнэн көтөн иһэр эбиппит. Соһуйбуппун көрөн кыыһым күлэн ылла. Оо, ахтыбыт да эбиппин кини күлэрин истэрбин! Хайа да бэйэлээх кэрэ ырыа, кылыһахтаах да тойук кини күлэригэр тэҥнэспэт. Хас күн аайы да истиэ эбиппин!
«Истиэҥ… Аны эн биһиги куруук бииргэ буолуохпут!» – диэтэҕэ үһү кыысчааным, мин баҕабын билбит курдук. Арааһа, олоҕум тухары күүппүт тылларбын дьэ иһиттим!
Олоҕум маннык түмүктэниэн эрдэ хайаан өтө көрөн билиэм баарай? Сарсыарда күөрэйэн тахсар күнтэн, түүнүн сулуһунан күлүмүрдүү оонньуур ыас хараҥа халлаантан үөрэр, ардыгар туохтан эрэ хомойор, элбэҕи да бу олохтон көһүтэр эмиэ эн курдук киһи этим… Олохпун хайдах баарынан таптыырым. Дьон истибэтигэр киҥинэйэн ыллыырым, ким да көрбөтүгэр, санаабар, астык баҕайытык үҥкүүлээбитэ буолан хамсанарым. Һэ-һэ! Кимиэхэ да аахтарбакка хаалбыт бэйэм суруйбут хоһооннордооҕум. Һэ-һэ… Урут тугу гыммыппын, хайдах сылдьыбыппын барытын таптыыбын, күлэрбин эмиэ. Балтыларбыныын чэйдии олорон куруук дьээбэлэһэн күлсэр да этибит!
Төһө да барыта ааспытын иһин, кэмсиммэт эбиппин. Ааспыт олоҕум аһыы да, минньигэс да амтаныгар махтанабын! Барыта… бука барыта чугас дьоммун, дойдубун таптыырым бэрдиттэн этэ. Бу санаатахха, тыыннаахпар хаһан да, кимиэхэ да «таптыыбын» диэн тылы эппэккэ хаалбыт эбиппин. Билигин кэлэн ким миигин истиэй?
***
Таайым салгын кута сэрии толоонугар хара дьайы кытары охсуһа сырыттаҕа. Мин онно итэҕэйэбин!!!
Сардаана
Чолбон. – 2024. – №8