75-с кыстык хаардарын харахтарын уотунан
уулларан,
75-с сааскы көмүөллэрин тимир тилэхтэринэн
хамсатан,
75-с ньургуһуннарын кыайыы сыдьаайынан
тылыннаран;
Арҕааҥҥы кыргыһыылар хонууларыттан,
Арҕааҥҥы адьарайдар арҕахтарыттан,
Арҕааҥҥы төгүрүктээһиннэр иилэриттэн
Хорсуннук өлбүттэр,
Ыар толук буолбуттар,
Сурахтыын сүппүттэр,
Буорахтыын көппүттэр,
Билиэҥҥэ барбыттар,
Буурҕаҕа муммуттар
Ким граната иитин кытаахтаабытынан,
Ким быстыбыт илиитин самсаабытынан,
Ким тимир хандалытын соспутунан,
Ким тапталлааҕын аатын кыламмытынан;
Сыыллан, кылыйан, содьороҥноон,
Сатыы, аттаах, оҥочолоох,
Умайбыт тааҥкаҕа,
Сууллубут самолекка,
Тимирбит крейсергэ олорон;
Сэрии этиҥэ эппит бары муннуктарыттан,
Бэриммит Европа бары хоннохторуттан,
Киэҥ Аҕа дойдубут бары дириҥ ииннэриттэн
Ураал дархан сис хайатын
Уһук чыпчаалларыгар түмүллэллэр…
Онно ууллубат хаарынан
Киртийбит сирэйдэрин суунан,
Ууллубут болгуонан
Уорастыйбыт бодолорун дьиппинитэн,
Ылбатах уордьаннарын килбэччи иилинэн,
Таптарбыт буулдьаларын кылырҕаччы
тэбэнэн;
Күн Дьөһөгөй сардаҥаларыттан үөскээбит
Туус маҥан аттарын миинэннэр,
Тус хоту көтөр хаас үөрүн кэриэтэ
Тумустуу кэккэнэн
Кыра омуктарын
Кытаанах кырдьыгын
Кый ыраах тиийэн көмүскэспит,
Улуу дойдуларын
Уҕаараабат көҥүлүн туһугар
Уохтаах хааннарын халаанныы тохпут,
Кыараҕас харахтаах, киэҥ көҕүстээх
Сахалар тимир дивизиялара
Ньыгыл полкаларга наарданан,
Бигэ батальоннарга бэрээдэктэнэн,
Бүтэһик байҕал аһыы уутун
Амсайар туһугар аан дойдуну
Кымыстаах иһиттии дьалкытан,
Көччүйэ-көрүлүү түһэн баран
Киэҥ истиэптэр киэлилэригэр төннөр
Чыҥыс Хаан дьэбир түмэннэринии,
75-с төгүлүн сэриигэ аттаммыт кытылыгар,
75-с төгүлүн кустаабыт сааскы дугдатыгар,
75-с төгүлүн көлөһүнүн тохпут төрүт буоругар,
75-с төгүлүн киинэ түспүт өбүгэтин өтөҕөр
Улуу Кыайыы кынатыгар уйдаран эргиллэр.
…Ол кустугу курдаммыт,
Чаҕылҕаны тайахтаммыт,
Күнү күһэҥэ гынан иилиммит,
Халлаан сулуһунан буулдьа куппут
Сүдү сүрдээх дивизия
Хараҥа олохтон саҕыллыбыт
Сырдык олоҥхо айыы бухатыырыныы
Уот ууллара сатаан баран умуллубут,
Уу суурайан көрөн баран уостубут,
Тыһы тимирдээҕэр тыһыынча төгүл
Ньыгыл кытаанах кэккэтэ
Арҕааттан адаҕыйар дьайдыын ытык сэриигэ,
Арҕааҥҥы адьарайдыын үйэлээх мөккүөргэ,
Бүтүн аан дойду көҥүлүн иһин
Хааннаах кыргыһыыга,
Бүтүн икки атах кырдьыгын иһин
Идэмэрдээх сэриигэ,
Бүтүн кэм-кэрдии көнө сүнньүн иһин
Өлөр-тиллэр мөккүөргэ
Өстөөх кириэппэһигэр аан бастакынан
дабайан,
Өстөөхтөн чугуйууга тиһэх хаалан айа тардан,
Өстөөх өһүөнүттэн кыраны, кыамматы
өрүһүйэн,
Өстөөх буулдьатыттан доҕоругар хахха
буолан,
Күүһэ кыайбатаҕын санаатынан булгурутан,
Кыаҕа тиийбэтэҕин дьулуурунан өҕүлүннэрэн
Суон сураҕырбыт уонна ааттара ааттамматах
Албаннаах баатырдарынан,
Саха саарын бэртэринэн
Сылтан сыл таҥылла турар,
Күнтэн күн талыллан иһэр,
Үйэттэн үйэҕэ чиҥии тыйыһырар.
75-с төгүлүн сааскы кэҕэ уруйа,
75-с төгүлүн сааскы этиҥ айхала аргыстанан,
75-с төгүлүн аҕа халаан модун сүрэ,
75-с төгүлүн сир ийэ уйан кута доҕордонон,
Улуу Кыайыы саһарҕа дуоҕатын
Хас биирдии алааска далбаатыы,
Улуу Кыайыы сааскы өрөгөйүн
Хас биирдии сүрэххэ күлүбүрэтэ
Төрүт сирдэрин бүгүҥҥүтүн харабыллыы,
Бар дьоннорун сарсыҥҥы кэскилин маныы
Сахалар тимир дивизиялара
Ньыгыл полкаларга наарданан,
Бигэ батальоннарга бэрээдэктэнэн
Чуумпу киэһэлэргэ эргиллэр:
Хас өрүс, хас улуус, нэһилиэк ахсынан,
Хас үрэх, хас алаас, сайылык аайынан
Роталарын тарҕатан,
Взводтарын үллэрэн,
Төрүт буордарыгар төннүбэтэх,
Ийэ сирдэригэр эргиллибэх,
Алаһа дьиэлэрин аанын арыйбатах,
Таптыыр кыргыттарын сыллаабатах
Боотурдар, саллааттар, уоланнар –
Оҕолор, убайдар, аҕалар
Ахтылҕаннарын таһааран
Сууллубут сэргэлэр төрдүлэригэр,
Суураллыбыт өтөхтөр тиэргэннэригэр,
Сабыллыбыт сайылыктар ыырдарыгар
Чыпчылҕан түгэнигэр
Уруккуну уһугуннаран,
Кылгас кэмҥэ
Ааспыты арыйа тардан
Тыыннаахтарга, тыллыахтаахтарга
Нөрүөн нөргүйэллэр,
Улуу Кыайыы соргулаах ыһыаҕын ыһаллар…
17.05.2020
***
Г.М.А.-ка
Мин тымырым устун сыккыстыыр хаан
Эн тымыргар эмиэ көмүөллүү оргуйара,
Мин сүрэхпэр уйа туттубут өбүгэ тыына
Эн сүрэххэр эмиэ ордууланан тымтара…
Бадаҕа, ол иһин
Эн таммалаабатах хараҕыҥ уутуттан,
Эн ыһыктыбатах кэмсилгэн тылгыттан
Мин кутум-сүрүм ындыыланан ыалдьар,
Мин өйүм-санаам адаҕаланан мөхсөр.
Саһарбыт суруктарыҥ
Күлүүс тылларын була-була,
Сурулла илик мүччүргэннээх романнар
Эриллэҕэс мөккүөрдэрин илэ-чахчы ааҕабын,
Номох буолбут олоҕуҥ
Бэлиэ түгэннэрин истэ-истэ,
Уһулла илик умсулҕаннаах киинэлэр
Ыйыллаҕас сюжеттарын дьүөрэлии тутабын.
Үөһээ халлааҥҥа көтүүлээх,
Аллараа адьарайга тимириилээх,
Үрүҥ күнэ хара мэҥнээх,
Хараҥа дьуоҕата сырдык дуйдаах,
Илини уонна арҕааны биир ситиигэ тиһэр,
Кырдьыгы уонна сымыйаны биир быаҕа өрөр
Кэм тэһиинэ эйиэхэ туттарыллыбытыттан,
Дьыл дьыбара эйигин хаарыйбытыттан
Мин соҕотоҕун эрэ
Сулана суруксуттуур курдукпун,
Мөлүйүөннэр бары
Сүрэхтэрэ бааһырарын таайбаппын.
…Ытыс саҕа алааска тыллыбыт титирик
Киэҥ байҕал таас тумуһугар үүммүт
Баараҕай маска кубулуйан
Аан дойду бары аньыытын-харатын –
Ала булкуннар дьалхааннарын,
Улуу мотуоктар балкыырдарын,
Дьэбир этиҥнэр сүллүгэстэрин,
Сытыы чаҕылҕаннар кымньыыларын,
Хаар-самыыр угуттуу суурайар уоҕун,
Дьыл-хонук такайа кээрэтэр биитин
Модун силискинэн, намчы лабааҕынан,
Хатан үөскүнэн, уйан субаҕынан
Уйардааххынан уйа,
Тулуйардааххынан тулуйа
Аар баҕах буолан чиҥээтибитиҥ,
Киһи-хара киэбин сүтэрбэтэҕиҥ
Сэһэнньит өбүгэҥ алгыһынан,
Суруксут эһэҥ малыыппатынан
Олоҥхо боотурун курдук өлө-өлө тиллибитиҥ,
Нуучча саллаатын сиэринэн толук суолун
талбытыҥ.
АРАССЫЫЙАМ АБАҔАЛАРА
Үс дойду үтүө-мөкү үөрүйэхтэрин
Үс куттарыгар иҥэриммит,
Аан дайды эргиэннэрин-урбааннарын
Ааннарын арыйа баттаабыт,
Кытарбыт-наҕарбыт, тыыллыбыт-
хабыллыбыт
Кырыктаах тутул урусхалыгар
Харчыга хараҥарбыттар, үпкэ үрүлүйбүттэр
Хабыр эйгэлэрин тэрийбит,
Бар дьон халыҥ халҕаһатынан хаххаланан
Байар-тайар эрэ ухханыгар охтубут,
Соххор солкуобайа суох буор босхо
Собуоттарга-баабырыкаларга тиксибит,
Көрүнньүк көҥүлү күлүмүрдэтэн
Көнө эрэйдээхтэри көлдьүннээбит,
Быстыбыты-ойдубуту быыһыыр оннугар
Бытархайынан ньымааттаан кулут оҥорбут,
Эстибит дэриэбинэлэр
Эрбэһиннээх суолларын сирдьиттэрэ,
Суураллыбыт куораттар
Суостаах чуумпуларын иччилэрэ,
Ыстаана суох хаалбыт омуктар
Ыһыллыбыт ыырдарын ыйааччылар,
Сиҥнибит шахталар күтэрдэрин
Сир-сибиир уһуктарынан кыйдааччылар,
Соххор-доҕолоҥ сиикэй хааһытыгар
Содур өлүү тууһун кутааччылар,
Умнаһыт-дьадаҥы утахтанар уутугар
Умсарар сүлүһүнү уматан угааччылар,
Кэнчээри ыччаты кэлэ илигиттэн
Кэрбээн аҕыйатар кэдирги саҥнаахтар,
Төрүөхтээх оҕолор үөскүөхтэрин инниттэн
Төттөрү өйгө такайарга талыы маастардар
Эһиги эбээт, илэ сибиэннэр, атар абааһылар –
Эрэйдээх-буруйдаах Арассыыйам
абаҕалара!..
***
Былырыыҥҥы эрбэһин курдук хатыылаах,
Быйылгы ньургуһун курдук сымнаҕас
Хаар кыырпахтарын
Хайалар, тайҕалар, алаастар хоннохторуттан
Хомуйа тардан ыламмын
Хоппо күрдьэх саҕа ытыстарым иһигэр
Ириэрэ-ууллара, алҕыы-аптыы
Иһэгэй курдук мөчөкөлүүбүн,
Үрдүк мэҥэ халлааҥҥа
Үөһии-үөһээ кыырата уонна хаба оонньуубун.
Эриэхэттэн эрэ обургу хаар мөчөкөм
Эргийэн кулахачыйар уонна
Эриэн иһин күҥҥэ көөчүктүүр,
Эриэккэс таммахтары тула ыһыахтыыр:
Мин онтон үстээх оҕолуу үөрэбин,
Мичээр моһуонун
Таас дьүһүммэр ойуулуубун,
Таҥара уолун туругар этиттэрэбин.
…Икки атах, хамсыыр харамай уонна
Ийэ сир улахан-кыра иччилэрэ
Намыһах уонна үрдүк, көстөр уонна көстүбэт,
Наҕыл уонна сыыдам буолбуппут да иһин,
Бука бары биир кииннээх,
Бука бары биир тыыннаах
Аар-саар оҕолоробут уонна
Атааннаһан бу мөчөкөбүтүн былдьаһабыт.
Улуу Куйаар улаҕата көстүбэт түөһүгэр
Уйабыт биһиэнэ оҕуруо саҕа эбээт уонна
Хаар курдук ууллар эттээх,
Хаар курдук нарын бэйэлээх…
***
Халлаан өҥө – бороҥ күл.
Хаптаҕастыы аһыы күн.
Хараххар – муустаах далай,
Хараҥа түүн, им балай.
Ытаары гыммыт халлаан.
Ыйыстыахтаах киэҥ халаан.
Сүрэххэр – ала буурҕа,
Сүллэр этиҥ, чаҕылҕан.
Тыал былыты киэр үүрэр.
Тыл сүрэххэ түөн уурар.
Эн хапчааҥҥар – мин күрбэм.
Эн алааскар – мин сэргэм.
***
Байҕал өҥнөөх дириҥ харахтаргар
Баҕардым – сөтүөлүөхпүн, умсуохпун,
Баарыстарбын тиирэн ырыых-ыраах
Баҕа санаам арыытыгар устуохпун.
Ол улаҕата көстүбэт байҕалларга
Охсуһуулаах, мүччүргэннээх олоҕум
Ханна да батыа, хаһан да ууллуо суох
Халҕаһа мууһа тута көөрөттөн тохтор.
Бу киэҥ уонна дириҥ байҕалларгар
Бука үгүс аал таастыы тимирдэҕэ:
Мин туос оҥочобун ол долгуннарга –
Эн харахтаргар хорсуннук салайабын.
ИККИ АРДЫБЫТЫГАР…
Икки ардыбытыгар –
Иирбэ-таарба хайалар, өрүстэр,
Иччитэх болуоссаттар, куораттар,
Илин-арҕаа мунан устар былыттар.
Икки ардыбытыгар –
Кэтэһэн эмэҕирбит далаһалар,
Кэһиллибэккэ эргэрбит кирбиилэр,
Кэриэлийэн тэпсэҥнэһэр кыталыктар.
Икки ардыбытыгар –
Сулустаах халлаан киэҥ иэнэ,
Сууллуохтаах сулус тиһэх мичээрэ,
Суоруллуохтаах сэргэ чиргэл дүлүҥэ.
Икки ардыбытыгар –
Ситэ оҥоһуллубатах хардыылар,
Ситэ этиллибэтэх кырдьык кыллара,
Ситэ суруллубатах таптал ырыалара.
Икки ардыбыт – атыл аҥаара.
Икки ардыбыт – үйэ аҥаара.
Икки ардыбыт – синньигэс быыс.
Икки ардыбыт – минньигэс ыраах.
Хабырыыс Ондороос