Гаврил Андросов
Саха сиригэр судаарыстыбаннас сайдыытын историятыгар ураты түһүмэҕинэн 1922- 1923 сылларга үлэлээбит Быстах кэмнээх Саха уобалаһын норуотун управлениета (Временное Якутское областное народное управление – ВЯОНУ) буолар. Бу сэбиэскэй былааһы утары өрө турбут саха үөрэхтээхтэрэ олохтообут судаарыстыбаннай тэриллиилэрэ, дьиҥинэн, Саха сиригэр тэриллибит бастакы бырабыыталыстыба буоларын былаас, общество уонна наука күн бүгүҥҥэ диэри ситэ өйдүү, ылына илик.
Саха сиринээҕи Гражданскай сэрии кэлин сахалар бастаанньалара диэн ааттаммыт түһүмэҕин күөдьүйүүтэ, сүнньүнэн, икки түбэлтэни кытта быһаччы ситимнээх.
Бастакытынан, 1921 сыллаахха атырдьах ыйын 21 күнүгэр Дьокуускай куораттан губвоенкомакка үлэлиир, күбүөрүнэ байыаннай хамыһаара, урукку капитан Иван Федорович Толстоухов уонна губвоенкомат делопроизводитела, толору георгиевскай кавалер, урукку корнет Василий Алексеевич Коробейников баһылыктардаах тоҕус урукку үрүҥ эписиэр Айаанныыр аартыгынан күрээбиттэр. Итиэннэ балаҕан ыйын 10 күнүгэр Ньылхан сэлиэнньэтигэр (билиҥҥи Хабаровскай кыраай нэһилиэнньэлээх пууна) тиийэн, урукку эписиэрдэри, атыыһыттары, саха үөрэхтээхтэрин түмэн мунньахтаабыттар. Ол кэннэ «Маайатааҕы сэбиэскэйи утары этэрээт» тэринэн байыаннай салайааччынан Коробейниковы, гражданскай салайааччынан Саха уобалаһыгар сыылкаҕа кэлбит эсер, Саха уобалаһыттан Сибиирдээҕи дума депутата буола сылдьыбыт Петр Александрович Куликовскайы, кини солбуйааччытынан саха атыыһыта Г.В. Никифоров–Манньыаттаах Уолун аймаҕа Дмитрий Тимофеевич Борисовы талбыттар.
Бу түбэлтэни и.н.к. В.И. Пестерев сэбиэскэй былааһы утары өрө туруу (мятеж) быһыытынан сыаналыыр.Иккиһинэн, ити сыл сэтинньи 11 күнүгэр Таатта улууһун Уус Амма нэһилиэгиттэн учуутал Петр Иванович Оросин–Хайыкы уонна Охотскайдыыр телеграф линиятын почтатын начальнига Павел Афанасьевич Николаев–Буоссап Уолун салалталарынан 27-28 киһи Уус Маайаҕа кэлбит Коробейниковтаахха күрүүллэр. Дьэ бу иккис бөлөххө киирэр саха үөрэхтээхтэрэ үрүҥ эписиэрдэрин кытта холбоһуулара кэлин историктар «Сахалар бастаанньалара (Якутское повстанчество)» диэн ааттаммыт сэбиэскэй былааһы утары сэбилэниилээх хамсааһыны уонна ВЯОНУ диэн судаарыстыбаннай тэриллиини үөскэппитэ.
Уус Маайатааҕы өрө туруу, сахалар бастаанньалара уонна ол түмүгэр үөскээбит ВЯОНУ кимнээх эрэ тус амбицияларыгар олоҕуран үөскээбэтэхтэрин, кэм-кэрдии күһэйиитэ, тыын тыыҥҥа харбаһыы көстүүтэ буолалларын оччотооҕу Россия уонна Саха сирин историялара ырылхайдык кэрэһилииллэр. Ол курдук, Россияҕа буолбут Олунньутааҕы уонна Өктөөп өрөбөлүүссүйэлэрин кэнниттэн общество кыһыл, үрүҥ уонна да атын бэйэ-бэйэлэрин кытта эйэлэспэт күүстэргэ хайдыһан, Гражданскай сэрии кутаата күүдэпчилэнэ умайбыта. Бу дьалхаан 1921 сыллаахха киин Россияҕа саҥа аҕырымныы быһыытыйан эрэрэ. Түгэх сытар Саха сирэ бу долгуҥҥа улаханнык оҕустара илигэ эрээри, соҕурууттан кэлбит Губбюро сэкирэтээрэ Лебедев, чека салайааччыта Агеев, ревтрибунал бэрэссэдээтэлэ Козлов диэн үс киһи баартыйа ыытар политикатын олохтоох туругу аахсыбакка халы-мааргытык киллэриилэрэ норуот саҥа былааска утарсыытыгар тиэрдибитэ. Сэбиэскэй былааска утарсыы сүрүн тосхоллорунан саха интеллигенциятын сойуолаһыы; сэниэ олохтоох дьонтон баайдарын-дуолларын тутан ылыы; урукку былаас үлэһиттэрин уонна эписиэрдэри эккирэтиһии, Саха сиригэр сайдан испит бэйэни салайыныыны күөмчүлээһин; олохтоох нэһилиэнньэни аахсыбакка туран араас түһээнинэн, үлэнэн күһэйии буолбуттара. Холобура, урукку үрүҥ эписиэрдэр регистрацияттан уонна ол түмүгэр буолуохтаах репрессияттан дьулайан күрээбиттэр. Онтон саха үөрэхтээхтэрин хара хааннара Олунньутааҕы саагыбары тэрийиигэ күтүрээн садаҕалааһынтан уонна бэйэни салайыныыны үрэйииттэн оргуйбут. 1921 сыл олунньутугар буолбут Чурапчытааҕы уон улуус дьадаҥыларын конференцията баай уонна дьадаҥы диэн араарарга быһаарыыта, Бодойбо бириискэлэригэр дьону мобилизация уонна эти, арыыны, бурдугу продразверстка диэнинэн тутан ылыы сахалар отуордарын алдьаппыт.
«1. Верховная власть в области должна принадлежать всему народу.
2. Народная власть в Якутской области должна бороться с большевиками за восстановление Родины в контакте с другими антибольшевистскими Областными правительствами.
3. До изгнания большевиков из Якутской области Якутское Областное народное управление должно в самом непродолжительном времени созвать народное собрание, на основе всеобщего избирательного права, без участия коммунистов большевиков и их приспешников для выработки Конституции Областного самоуправления.
4. Население Якутской области в целях скорейшего и вернейшего изгнания большевиков из Якутской области должно сплотиться вокруг своей Областной власти, стоящей на принципе беспартийности.
5. Большевиков (коммунистов) рассматривать как государственных преступников, насильственно захвативших верховную власть Российского государства.
6. Не допускать насильственного захвата власти одной какой-либо политической партией, восстановить неприкосновенность личности, имущества и обеспечить все гражданские свободы».
Бу тускул саха бастаанньыстара Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ уонна 1917-1919 сылларга саха үөрэхтээхтэрин түмпүт «Саха федералистарын үлэһит сойуустара» партия идеяларыгар тирэҕирбиттэрин бигэргэтэр. Итиэннэ, төһө да сэбиэскэй былаас өттүттэн, тастан да араас мөрөйдөөһүн баарын үрдүнэн, сепаратизм, омугумсуйуу тыына суоҕа хамсааһын баһылыктара уһун-киэҥ санаалаахтарын кэрэһилиир.
ВЯОНУ бэрэссэдээтэлинэн губревком чилиэнинэн олорон күрээбит, Саха АССР тэриллиитигэр үлэлэһэн испит Георгий Семенович Ефимов, бэрэссэдээтэли солбуйааччынан өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха үөрэнэр ыччатын түмсүүтүн көхтөөх кыттыылааҕа, земствоҕа үлэлээбит Афанасий Иннокентьевич Говоров–Ленскэй, чилиэннэринэн учуутал Михаил Дмитриевич Азаров, Дьокуускай уезд земскэй мунньаҕын бэрэссэдээтэлинэн талылла сылдьыбыт учуутал Матвей Матвеевич Сивцев–Маппыайабыс, корнет Василий Коробейников, чилиэҥҥэ кандидаттарынан кэлин литератор буолбут Петр Оросин–Хайыкы, Охотскай үрүҥнэрин баһылыга Алексей Семенович Сентяпов, сэкирэтээринэн аҕыйах сылынан Саха АССР совнаркомун сэкирэтээринэн анаммыт Михаил Петрович Слепцов–Отоороп талыллыбыттар. Маны сэргэ, информациялыыр отдел начальнига Андрей Андреевич Новгородов уонна хааччыйыы отделын начальнига Иван Семенович Турантаев–Аадырыс Суруксут үлэлээбиттэрэ ахтыллар.
Бастаанньыстар Норуот армията диэн ааттанар байыаннай холбоһуктарын командующайынан съезд корнет Коробейниковы бигэргэппит. Кини көмөлөһөөччүтүнэн Дьокуускайтан күрээбит эписиэрдэртэн биирдэстэрэ прапорщик Иван Иванович Шипков, ыстаап начальнигынан гвардия капитана Николай Владимирович Занфиров (Земфиров) анаммыттар. Норуот армиятын улахан бөлөхтөрүн уонна этэрээттэрин, аҕыйах саха үөрэхтээҕин аахсыбатахха, сүнньүнэн, Коробейниковтыын Дьокуускайтан күрээбит, Алдаҥҥа гидрология экспедициятыгар үлэлии сылдьан кинилэргэ холбоспут уонна Охотскайтан көмөҕө кэлбит үрүҥ эписиэрдэр хамаандалаабыттар. Ол эрээри, ыстаап начальнигынан эбэтэр үлэһитинэн, информаторынан, силиэстийэлиир хамыыһыйа чилиэнинэн хайаан да саха үөрэхтээхтэрэ киллэриллэллэр эбит. Кинилэр норуот управлениетын политикатын тиэрдээччи буолалларын сэргэ, эписиэрдэр өттүлэриттэн тахсар үрүҥ террору утары турууласпыттар.
ВЯОНУ Дьокуускай уокурук иһигэр улуус уонна нэһилиэк таһымнаах салалтаны, нолуогу хомуйуу, мобилизацияны тэрийии тиһигин, сууттары олохтообут. Кини ылсар-бэрсэр, үлэни-хамнаһы тэрийэр баайынан-үбүнэн, байыаннай түһээни (эт, арыы, көлө) аахпатахха, Лаамы кытылынааҕы портарга, Ньылхаҥҥа, Өймөкөөҥҥө түмүллүбүт, сүнньүнэн, «Холбос» кооперативтар сойуустарыттан ылыллыбыт таһаҕас (бурдук, чэй, табах, таҥас) уонна Дьааҥы, Халыма уокуруктарыгар, Өймөкөөҥҥө түмүллүбүт күндү түүлээх уонна сэлии муоһа буолбуттар.
Саха сирин сэбиэскэй былааһы утарааччылара – саха бастаанньыстара да, Охотскай үрүҥнэрэ да биир ситимнээхтэрэ. Ол курдук, атыыһыт Петр Трофимович Павлов баһылыктаах Бүлүү уокуругун бастаанньыстара, ини-бии Семен уонна Павел Трофимович Новгородовтар салайар Дьааҥы уокуругун үрүҥнэрин сорҕото ВЯОНУ-ну үрдүкү салалта быһыытынан ылынан өйөөбүттэр. Оттон есаул (сороҕор полковник дииллэр) Валериан Иванович Бочкарев (Озеров), эсер Сентяпов, Өлүөхүмэттэн төрүттээх капитан Иван Николаевич Яныгин баһылыктаах Дьааҥы сорҕотун, Халыма уонна Охотскай уокуруктарын үрүҥнэрэ күөнтэстэллэр да сибээһи туталлар эбит.
Ону таһынан, Приморье үрүҥнэрин – бастаан ини-бии Меркуловтар баһылыктаах Быстах кэмнээх Приамурскай бырабыыталыстыбаны, онтон М.К. Дитерихс генерал салайааччылаах Приамурскай земскэй кыраайы кытары сыһыан олохтуурга дьулуспуттар. Холобура, 1921 сыл бүтүүтэ Маайатааҕы сэбиэскэйи утары этэрээттэн Куликовскай, 1922 сыл сааһыгар ВЯОНУ бэрэстэбиитэлинэн Манньыаттаах Уолун итэҕэллээх киһитэ Семен Петрович Попов Владивостокка ыытыллыбыттар. Муус устар 6 күнүгэр Охотскайга баар дьоппуоннар араадьыйаларынан ВЯОНУ чилиэннэрэ Ефимов, Яковлев, Слепцов, Говоров, Рязанскай, Ксенофонтов ааттарыттан «аан дойду бары улуу державаларыгар» бассабыыктары утары охсуһууга саха норуотугар көмөлөһөргө ыҥырбыттарын туһунан и.н.д. В.А. Демидов «Октябрь и национальный вопрос в Сибири 1917-1923 гг.» диэн монографиятыгар суруйбут.
Ыам ыйын 4-10 күннэригэр Чурапчы сэлиэнньэтигэр ВЯОНУ суһал ыҥырыылаах съеһи ыыппыт. Саҥардыллыбыт састаапка бэрэссэдээтэлинэн Ефимов хаалбыт, бэрэссэдээтэли солбуйааччынан Иван Федорович Афанасьев, чилиэннэринэн Говоров–Ленскэй, Азаров, Коробейников, губревкомҥа Саха күбүөрүнэтин чинчийэр подотдел сэбиэдиссэйинэн үлэлии олорон репрессияттан куоппут Константин Васильевич Ксенофонтов, атыыһыт Иван Тимофеевич Павлов–Күтүөт Павлов, чилиэҥҥэ кандидаттарынан урукку Амма кулубата Афанасий Петрович Рязанскай, учуутал Василий Иванович Софронов, сэкирэтээринэн учуутал Василий Афанасьевич Слепцов талыллыбыттар. ВЯОНУ чилиэнэ Сивцев Охотскай муора кытылыгар Саха уобалаһын байыаннай уонна гражданскай дьыалаларыгар оһуобай боломуочунайа буолан командировкаламмыт. Онтон сэкирэтээр Слепцов–Отоороп Быстах кэмнээх уобаластааҕы силиэстийэлиир хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн анаммыт.
Бэс ыйын 21 күнүнээҕи Никольскайдааҕы кыргыһыы кэнниттэн Саха сиригэр саҥа кэлбит 5-с армия 226-с Петроградтааҕы полкатын холбоһуктарыттан уонна олохтоох кыһыллартан таҥыллыбыт бөлөх Нам улууһугар түмсүбүт бастаанньыстар күүстэрин үрэйбит. Бэс ыйын 29 күнүгэр, Саха АССР сэбилэниилээх күүстэрин командующайа Карл Карлович Байкалов бирикээһинэн, Петроградтааҕы полк 3-с батальонун хамандыыра В. Ракитянскай 288 байыастаах, алта бүлүмүөттээх этэрээтэ Дүпсүн улууһун бастаанньыстартан ыраастаан баран, Мүрү алааһынан Чурапчыны ылар сорудахтаах айаҥҥа турбут. Ракитянскай этэрээтэ от ыйын 5 күнүгэр күнүс, утарылаһыыны көрсүбэккэ эрэ, түөрт ый устата Саха сирин бастаанньыстарын киинэ буолбут Чурапчы сэлиэнньэтигэр киирбит. ВЯОНУ эрдэ Оросин–Хайыкы 200-чэкэ киһилээх этэрээтигэр харабыллатан Чөркөөххө көспүт, онтон Норуот армиятын ыстааба 350-чэкэ сэрииһиттээх «Коробейников гвардията» диэн сүрэхтэммит чулуу этэрээтигэр арыаллатан Аммаҕа чугуйбут этилэр. Бастаанньыстар бырабыыталыстыбалара Чөркөөхтөн Өймөкөөнүнэн Охотскайга айанныыр, онтон командующай Коробейников армиятын тобоҕун илдьэ Айаан пордугар түһэр. Кыһыллар эккирэтии тэрийэллэр да сиппэттэр.
Оччолорго Ефимов бэс ыйыгар ВЯОНУ оһуобай делегациятын салайан Айаан пордун нөҥүө Владивостокка айаннаабыт кэмэ эбит. Онон бэрэссэдээтэли Афанасьев солбуйан олорбут. Манна даҕатан эрдэлээн кэпсээтэххэ, Ефимов салайааччылаах, Саха уобалаһын земскэй быраабатын чилиэнинэн талылла сылдьыбыт «Холбос» үлэһитэ Петр Дмитриевич Яковлев уонна учуутал Василий Иннокентьевич Новгородов–Чинэкэ чилиэннэрдээх Оһуобай делегация балаҕан ыйыгар Приморьеҕа тиийбит. Итиэннэ дьаалатынан олорбут Меркуловтар оннуларыгар былааска саҥа кэлбит генерал-лейтенант Михаил Константинович Дитерихси көрсүбүттэр. Ол түмүгэр балаҕан ыйын 17 күнүгэр Приамурскай земскэй кыраай правитела 41-с №-дээх ыйааҕынан ВЯОНУ официальнайдык билиммит.
Бу кэмҥэ Владивостокка тиийбит ВЯОНУ бэрэссэдээтэлэ Ефимов Саха сиригэр аттанаары тэринэр сотору Сибиирдээҕи доброволецтар дружиналара диэн ааттаммыт байыаннай холбоһук баһылыга генерал-лейтенант Анатолий Николаевич Пепеляевтыын көрсө сатаабыт да, Сибиир уобаластааҕы думатын осведомительнай салаатын үлэһитин быһыытынан генералы кытта Саха сиригэр кэлсибит Герасим Павлович Грачев диэн киһи ахтарынан, ол Куликовскай «кыһамньытынан» сатамматах. Ол түмүгэр бу поход ВЯОНУ уонна өссө да саарбахтыы олорор олохтоохтор өйөбүллэрин ылбатах. Пепеляевы кытта кэпсэтиини эрдэ саха I гильдиялаах атыыһыта Гавриил Васильевич Никифоров–Манньыаттаах Уола, Ньылханнааҕы мунньахтан боломуочуйалаах Куликовскай, ВЯОНУ бэрэстэбиитэлэ Попов ыыппыттар.
ВЯОНУ Афанасьев салалтатынан ити сайын Охотскайга тиийэр. Кинилэри сэргэ, кыһыл террортан куоппут 600-чэкэ күрүөйэх саха Лаамы кытылыгар үктэммит. Манна эрдэ командировкаламмыт оһуобай боломуочуйалаах Сивцев уонна кэлин тиийбит ВЯОНУ чилиэнигэр кандидат Рязанскай, боломуочунай Поликарп Иванович Слепцов–Ньоомньоон Уола Охотскай олохтоох былаастарын уонна күрүөйэхтэри аһынан-таҥаһынан хааччыйыы боппуруостарынан дьарыктаммыттар. Сибиирдээҕи доброволецтар дружиналара күһүн Айааҥҥа кэлбитигэр Пепеляевы ыҥырыыга сыһыаннаах бастаанньыстар бырабыыталыстыбалара кыбытыкка түбэспит – ол кинилэр этэрээти хааччыйыыга иэрэҥ хамсаныыларыттан, уота-төлөнө суох дьаһаныыларыттан көстөр. Ол курдук, ВЯОНУ бастаахтарыттан Пепеляевка Андрей Новгородов уонна Семен Попов эрэ быһаччы кыттыспыттар.
1922 сыл ахсынньытыгар Оросин–Хайыкы этэрээтин кытта ВЯОНУ чилиэнэ Говоров Өймөкөөнтөн кэлсэн Баайаҕаҕа олохсуйан бэрэстэбиитэлистибэ тэриммит. Бу бэрэстэбиитэлистибэ, сүнньүнэн, сэриигэ орооспокко, кэтээн көрөөччү оруолун ылбыт. Ол оннугар Саха автономиялаах өрөспүүбүлүкэтин салалтатын кытта тупсуу туһунан кэпсэтиилэр ыытыллаллар. Онуоха бастаан сэбиэскэй былаас эппиэттээх үлэһитэ Роман Федорович Кулаковскай, онтон саха омук духуобунай лидерэ, суруйааччы Анемподист Иванович Софронов кыттан мэктиэ буолаллар. Ол түмүгэр Сибиирдээҕи доброволецтар дружиналара Билиистээхтэн чугуйбутун, Амманы төттөрү былдьаппытын кэннэ, 1923 сыл муус устар ыйын саҥатыгар, Говоров уонна Оросин–Хайыкы бөлөхтөрө Уолбаҕа киирэн бэринэн амнистияламмыттар.
Ыам ыйын 18 күнүгэр Айааҥҥа куотан кэлбит Пепеляев дружинатын Лаамы кытылыттан илдьээри ВЯОНУ чилиэннэригэр 250 тыһыынча солкуобайы баар гыналларыгар сорудахтыыр. Ити кэмҥэ Охотскайга уонна Айааҥҥа 400-чэкэ кэриҥэ саха күрүөйэхтэрэ бастаанньыстар бырабыыталыстыбаларын тула түмсэн сылдьара. Биир ыйынан кыһыл хамандыыр Степан Сергеевич Вострецов анал экспедициялыыр этэрээтэ кэлэн барар-кэлэр кыахтара бохсуллубут Сибиирдээҕи доброволецтар дружиналарын улахан утарсыыта суох бэриннэрбит.
Ити сайын Гражданскай сэрии дьалхааныгар оҕустаран Лаамы кытылыгар тиксибит сахалар үгүстэрэ дойдуларыгар төннүбүттэрэ. Ол иһигэр ВЯОНУ бас-көс дьоно Афанасьев, Азаров, Рязанскай, Слепцов–Ньоомньоон Уола уо.д.а. эмиэ бааллара. Холобура, Охотскайтан кэлбит биир оннук бөлөҕү кэлин тыл үөрэхтээҕэ, суруйааччы буолбут үрүҥ хамандыыр Г.В. Баишев–Алтан Сарын салайан аҕалбыт.
Арай оччолорго ВЯОНУ баайын-дуолун хомуйааччы уонна харайааччы диэн ураты боломуочуйаҕа уонна биир оччо эппиэтинэстээх дуоһунаска тиксибит Матвей Сивцев уонна кини дьиэ кэргэнэ ыар дьылҕаламмыт. Ол барыта Гражданскай сэрии ытылҕаныгар түбэһэн кэрээннэриттэн тахсыбыт, ымсыы кэмэлдьилэммит үрүҥ эписиэрдэрэ Булуҥтан, Дьааҥыттан, Халыматтан, Өймөкөөнтөн түмүллүбүт ВЯОНУ күндү түүлээҕэр иҥсэрбиттэриттэн төрүөттэммитэ. Матвей Матвеевич тус олоҕун уонна дьиэ кэргэнин сырдык тыынын толук ууран туран бар дьон барҕа баайын кистээбит сирин адьырҕаларга ыйан биэрбэтэх… Кэлин ол баай Уһук Илин кыһылларыгар тиксибитин Максим Кирович Аммосов Сэбиэскэй былаас үрдүкү салалтатын нөҥүө туруорсан төннөттөрбүтэ уонна ССРС Наукаларын академиятын Саха АССР оҥорон таһаарар күүстэрин чинчийэр экспедицияны үбүлээбитэ биллэр.
ВЯОНУ Саха сиринээҕи историята итинэн түмүктэнэр. Онтон 1922 сыл күһүөрү сайыныгар Владивостокка тиийбит Георгий Ефимов салайааччылаах, Василий Новгородов–Чинэкэ уонна Петр Яковлев чилиэннэрдээх оһуобай делегация устунан Япония кытылыгар үктэммит. Манна кинилэр биир эргиэн тэрилтэтэ бастаанньыстары саанан-саадаҕынан, сэрии сэбинэн-сэбиргэлинэн хааччыйыах буолан баран мэлийэн хаалбытын ирдэһиэхтээхтэрэ. Сибиир областниктарын лидерэ Сазоновы кытта көмө оҥорторорго кэпсэтии ыыппыттар, сэрии сэбинэн хааччыйыах буолан баран балыйсар дьоппуон фирматын кытта сууттаһа сатаабыттар. Ол эрээри, суукка төһө да кыайдаллар, түүлээх төлөбүрэ төннүбэтэх. 1923 сыл саҥатыгар «Сибиир бырабыыталыстыбатабын» дэнэр Сазонов тугу да гынар кыаҕа суоҕун итэҕэйбиттэр, онон ити сыл муус устарыттан Ефимов Токиоҕа Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы утары охсуһууга көмө көрдөһө барарын-кэлэрин сыыйа тохтоппут. Иокогама куоракка ВЯОНУ-га үлэлээбит Константин Ксенофонтовы, бэс ыйыгар Харбинтан кэлбит Манньыаттаах Уолун кытта бары дьиэ куортамнаан бииргэ олорбуттар. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Японияҕа буолбут улахан сир хамсааһынын кэнниттэн эмигрант сахалар бары үрүө-тараа ыһыллыбыттар, ким Кытайга, ким Эмиэрикэҕэ тиийбиттэр… Онон ВЯОНУ Японияҕа бэрэстэбиитэлистибэтэ сылга тиийбэт кэм үлэлээбит.
Бу ВЯОНУ историятын туһунан суруйууну, сүнньүнэн, СГУ профессора Г.Г. Макаров уонна ХИФУ доцена В.И. Пестерев үлэлэригэр тирэҕирэн суруйдум. Оччотооҕу мүччүргэннээх, тыҥааһыннаах сылларга саха интеллигенцията өй уонна күүс кыаҕынан бар дьонун көҥүлүн көмүскээбит подвига, уустук кэм моһоллорун төһө сатанарынан кыра толугунан толуйа сатаабыт үтүө дьулуура кэнчээри ыччакка умнуллуо суохтаах. Итиэннэ, кинилэр туруулаһыылара уонна төрүттээбит бырабыыталыстыбалара саха омук судаарыстыбаннаһын историятыгар биир бэлиэ кэрдиис быһыытынан киириэхтээх.