Борис Неустроев–Мандар Уус, СӨ Духуобунаска академиятын академига, СӨ Тимир уустарын сойууһун бочуоттаах бэрэссэдээтэлэ
– Биһиги Сэбиэскэй былаас олоҕунан бэйэбит кыайарбытынан, сатыырбытынан олорон кэллибит. Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов курдук сүрдээх сүдү өйдөөх-санаалаах ыччаттар күөннэринэн тураннар, бу сэбиэскэй былааһы адьас туруулаһан туран ыланнар саха дьонун дьоллоох олоҕунан сирдээн аҕалбыттарын иһин бары махтанабыт. Сэбиэскэй былаас кэмигэр холкуостар арыычча бөҕөргөөннөр, атахтарыгар тураннар, үлэ-хамнас бөҕө барбыта. Саҥа олох кэлэн, тутуу үлэтэ ыытыллан, Баайаҕа Мөҕүрүөнүгэр бэйэтигэр кулууптаах, аҕыйах кылаастаах оскуолалаах, медпууннаах, лааппылаах кыра учаастак – бөһүөлэк буолбута. Былыргы атыыһыттар дьиэлэрэ (холобур, Тараас атыыһыттаах дьиэлэрэ) билиҥҥи сабыс-саҥа дьиэлэртэн туох даҕаны итэҕэһэ суох этилэр. Дьиҥнээх, бастыҥ, киһи ымсыыра көрөр тутуулара билигин да бааллар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр наһаа да хаачыстыбалаахтык туталлар эбит. Томторго хайдахтаах курдук оскуола тутуллубутай! Биһиги онно үөрэммиппит. Бу сэттэ кылаастаах оскуола отуттан тахса миэтэрэ усталаах этэ. Биһиги, атахпытынан дьонтон итэҕэһэ суох уолаттар, оскуоланы баһыттан атаҕар диэри наар сырса оонньуур этибит, ону уһаты сыыйан сүүрээри наар оҕолору түҥнэри көтөн мөҕүллэн-этиллэн да ыларбыт… Оннук үчүгэй дьиэ Баайаҕаҕа, арааһа, тутулла илик буолуохтаах. Аатырбыт таҥарабыт дьиэтэ саҥа оскуолабыт таһыгар турара. Ону хомуньуустар «саҥа олоҕу эргэ олох күлүгэ бүөлээн турар» диэннэр, таҥара дьиэтин тобоҕун суох гыммыттара.
1941-1945 сылларга Аҕа дойду сэриитин кэмигэр өбүгэлэрбит барахсаттар хайдахтаах курдук эрэйдэммиттэрин биһиги өйдүүбүт. Онон иннибитигэр олорон ааспыт сэриини, суту-сутурҕаны тобуктарын ортотунан кэһэн ааспыт дьоммутун умнубаппыт, умнуохпут суоҕа. Эйэлээх кэми, эйэлээх халлааны, эйэлээх дойдуну билиҥҥи ыччат өйдүүр, саныыр, ылынар. Кэнчээри ыччаппытын үтүө санааҕа ииттэхпитинэ, үйэбит тухары ыраас халлаан буолуоҕа.
Саха таҥаратын дьиэтин – моҕол ураһабытын туттубут. Этэргэ дылы, саха культуратыгар сөптөөх улахан этиибитин бэйэбит эттибит. Саха омук култууратын, кини ойуутун-бичигин, кини үгүс сахалыы уһанар ньымаларын оннугар түһэрдибит. Онно сөптөөх музей тэринэн эрэбит. Баайаҕа Томторо диэн аатырар томтору томточчу буорунан толору кутан, көнө гына тэҥнээн, «Баайаҕа Томторо дуо» дэтэр гына оҥордубут. Онон биһиги өбүгэлэрбит иннигэр аньыыбытын боруоһаан, кэлэр ыччат оҕолорбутугар кэриэс-хомуруос биэрэр буоллубут диэн үчүгэйдик сананабыт.
Билигин саха саарын уолаттара автономияны олохтообуттара 100 сыла туолуутугар махтанан тураммыт ыччаттарбыт, оҕолорбут өссө тэптэн туран үлэлиэхтэрэ диэн бүк эрэллээхпит. Кинилэр – билиҥҥи кэм үөрэхтээхтэрэ, өйдөөхтөрө-санаалаахтара сүрдээх үчүгэй былааһы өссө оҥорсуохтара, үлэлиэхтэрэ-хамныахтара. Аан дойдуга биллэр-көстөр эйэни, олоҕу эрэ тутар былааһы улаатыннаран, сайыннаран олох олоруохтара диэн бүк эрэнэбит.
Матырыйаалга: СӨ Национальнай библиотекатын медиа киинин хаартыската туһанылынна