Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » САХА СИРИН АПТАНЫАМЫЙАТЫН ТУҺУНАН

САХА СИРИН АПТАНЫАМЫЙАТЫН ТУҺУНАН


Дакылаат


Сирэ-уота

Саха күбүөрүнэтин сирэ-уота ыраах хотугулуу-илиҥҥи Сэбиэскэй Сибиир үс мөлүйүөн кв. биэ­рэстэ иэннээх сирин, Өлүөнэ өрүс сүрүн үөһүн барытын сабардаан сытар. Бу күбүөрүнэ тустаах сирдээх-уоттаах, бэйэтин географиятын уонна айылҕатын быһыытынан анал кыраныыссалаах. Өскөтүн Иркутскай күбүөрүнэ сиринэн-уотунан уута-хаара Илин уонна Арҕаа өттүгэр тас диэки тардыылардаах буоллаҕына, Саха күбүөрүнэ­тин сирин-уотун уута-хаара Илинтэн (становой сис хайаттан) уонна Арҕааттан (Байкал хайала­рыт­тан уонна Яблоновай сис хайаттан) ис диэки тардыылардаах, онон бэйэтин сирэ-уота адьас ураты саарыстыба буолар.

Нэһилиэнньэтэ

Ол иһин нуучча хаһаактара уонна бааһы­найдара, ону таһынан бэлитиичэскэй сыы­лы­най­дар Иркутскайтан 300 биэрэстэлээх Дьо­куускайга – туох баар кэрэхсэбиллээҕи барытын бэйэтигэр тардар, аныаха диэри Илини даҕаны, Арҕааны даҕаны кытары сибээһэ суох дойдуга тиийдэхтэринэ, сотору кэминэн сахатыйан хаа­лаллара туох да уустуга суох.

Ыраахтааҕы былааһа сахалары өр кэмҥэ нууччатыта сатаабыта, норуот олоҕун-дьаһаҕын барытын уларытарга дьулуспута: оскуолаларга нууччалыы эрэ үөрэтэллэрэ, итэҕэли, жандар­мерияны туһаммыта, тэрилтэлэргэ саха­лыы тылы-өһү туттубат дьаһаллар эмиэ ылыл­­лы­быт­тара уонна кыайбатаҕа. Саха күбүө­рү­нэтигэр тиийбит барыта «сахатыйар», оттон «саха­тыйбатах» өлүктүйэн, сүтэн-оһон хаалар.
Аллараа таһымҥа сахалар бэйэлэрин бэйэ­лэрэ дьаһаналлара, оттон уобалас таһы­мыгар адьас сарбыллыбыт «Жандармныы» бала­һыанньалаахтара.

Нэһилиэнньэтэ 300000 киһи, онтон 94% са­халар, нуучча бааһынайдара, сахатыйан хаалан, майгыларынан даҕаны, өйдөрүнэн-санаа­лары­нан даҕаны сахалартан туох да уратылара суох, өскөтүн сахалар олоххо-дьаһахха үгэс буолбут култуураларын сайыннарбат буоллахтарына, кинилэр эмиэ симэлийэр туруктаахтар.

Култуура

Олох-дьаһах туруга уопсастыбаннай өйү-санааны үөскэтэрэ дьиҥ баар чахчы. Тугу бары­тын бэйэлэрин ис кыһалҕаларыгар дьүөрэ­лээн ылынар буоланнар, сахалар бэйэлэрин олох­торун-дьаһахтарын бэйэлэрэ дьаһанар, кул­туу­раларын уонна хаһаайыстыбаларын тус кыах­­та­рынан сайыннарар өйгө-санааҕа иитил­ли­биттэр.

Сибиири Грознай саҕана, Саха күбүөрүнэтин Борис Годунов саҕана баһылаабыттара. Онтон ыла омук култууратыгар нууччалыы «тыын» өтөн киирэн, нуучча дьайыытыгар түбэспитэ, ол да буоллар ыраахтааҕы былааһа кинилэргэ үрдүк үөрэх киэҥ аанын арыйбатаҕа, бэл, орто да үөрэх аана дьадаҥы дьоҥҥо сабыылаах этэ. Ол иһин бэйэбит эрэ былааспыт, бэйэбит эрэ тылбыт итини сөптөөхтүк быһаарыа диэн өй-санаа баһылыыр-көһүлүүр суолталаммыта.

Сахалар олохторун усулуобуйата олус ура­тылаах, онон бүтүн күбүөрүнэ экэниэмикэтэ үс хайысхалаах: сири оҥоруу – Өлүөхүмэ, сири оҥоруу уонна сүөһү иитиитэ Дьокуускай уонна Бүлүү уезтара, таба иитиитэ уонна кыылы бул­тааһын – Дьааҥы уонна Халыма уезтара. Балык­тааһын – бүтүн күбүөрүнэ үрдүнэн баар көстүү.

Сахалар интэриэстэрин социальнай уратыта

Тыйыс айылҕаҕа олорор сахалар ураты олохторугар-дьаһахтарыгар, аҕа уустарынан сүө­һ­ү иитэр уонна сири туһанар дьарыктарыгар тө­рүкүттэн тэҥэ суох балаһыанньа олоҕурбу­тун түмүгэр, биллэн турар, экэнэмиичэскэй интэ­риэстэрэ даҕаны уратылаһаллар.

Сахалар өтөрдөөҥҥү олохторо-дьаһахтара ман­нык этэ: түөлбэ баһылыгынан баай тойон буолара, оттон ол түөлбэ дьоно бары киниэхэ ку­лут-чаҕар кэриэтэ этилэр, кыаммат кырдьаҕастар баҕа өттүлэринэн өлөрүллэллэрэ. Нуучча­лар кэлбиттэрин кэннэ, ити баай тойот­тор бары тэҥэ суох охсуһууга өлбүттэрэ. Түөлбэлэр олох-дьаһах саҥа усулуобуйатыгар үөрэммиттэрэ. Нэктэл кулуттар симэлийбиттэрэ, түөлбэ дьоно тус-туспа хаһаайыстыбаларга арахсыбыттара, нэктэл кулуттар оннуларыгар атын кулуттар баар буолбуттара. Кулуттар ол көрүҥнэрэ үлэһит-хамначчыттар диэн буолал­лар. Тойоттор уонна нэктэл кулуттар суох буол­буттара, биирдиилээн дьону көлөһүннүүр баай­дар – «тойоттор» уонна хамначчыттар баар буолбуттара.

Өрөбөлүүссүйэ.
Аптаныамыйа туһугар охсуһуу

Олус ыарахан усулуобуйаҕа хамначчыт муҥ­нааҕы баай харса суох көлөһүннүүр, дьада­ҥы уонна арыычча кыанар дьон кулаактарга, баай­дарга үйэлэригэр кыайан төлөөбөт хаба­лаҕа сылдьаллар. Ол эрээри кулаактар да буоллаллар нуучча уонна дьэбириэй үспүкүлээн атыыһыттарын кытары туруулаһаллара ыара­хан, ону тэҥэ ыраахтааҕы былааһа кинилэри наһаа чэчирэтэр баҕата суох. Дьэ ол иһин саха интеллигенцията – үөрэхтээх баайдар 1905 сыллаахха земство уонна уобаластааҕы бэйэни салайыныы туһугар күүстээх үлэни ыыппыттара.

Бэлитиичэскэй сыылынайдар манна балачча өйөбүлү, бэлитиичэскэй баартыйалар идеялара улахан сэҥэриини ылаллар. Биллэн турар, ити идеялар аптаныамыйа туһатыгар, саха норуотун сайдыытын диэки иэҕиллэллэр.

1917 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэ сахалар орто­лоругар, бэлиитикэҕэ олус сытыы быһыы­ны-майгыны, кэмниэ-кэнэҕэс норуот баҕата туолла, көҥүл олох дьэ кэллэ диэн күүрээни үөскэппитэ. Итинник бэлитиичэскэй быһыы-майгы 1918 сыл­лаахха уҥа эсиэрдэр күүркэтиилэринэн Са­ха уобалаһа бэйэтин бэйэтэ салайынарын ту­һу­нан биллэрэригэр өҥ кырыс буолбута, ол түмүгэр Дьокуускайы сэриилээн ылбыттара, онно Саха уобалаһын туһугар охтубут дьон үксүлэрэ сахалар этэ. Ол сахаларга национальнай хам­сааһын күүстээҕин туоһулуур. Итиннэ олоҕу­ран эттэххэ, 1920 сыллааҕы Сибиирдээҕи Өрө­бө­лүүссүйэ Кэмитиэтин Саха уобалаһын Иркут­скайга бас бэринэр оройуоҥҥа кубулутар уураа­ҕа төрүт сыыһа этэ. Бу алҕас содула, алҕас бэлитиичэскэй үлэ ситимигэр киллэриллибитэ уонна Арас­сыыйа хомуньуус баартыйатын Саха сиринээҕи тэрилтэтин уонна Губревком эбээ­һинэһин быһыытынан сүктэ­риллибитэ, ол саха интеллигенциятын сэбиэс­кэй былааһы утары турууга тиэрдибитэ, бас­таан Оросин сыылкаҕа ыытыллыбыта, онтон Желобцов ытыллыбыта.

Саха күбүөрүнэтин аптаныамыйата

Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Саха сиринээҕи тэрилтэтин үлэтэ, сэбиэскэй былаас бэлиитикэтэ бүтүннүү, баччааҥҥа диэри, Арас­сыыйа хомуньуус баартыйатын Киин Кэмитиэ­тин Сибиирдээҕи бюротун уонна Сибиирдээ­ҕи Өрөбөлүүссүйэ Кэмитиэтин бэлиитикэтигэр олоҕуран ыытыллар, ол бэлиитикэ саха омуга үйэлэр тухары туруорсубут быраабын сар­быйар, сахалар инники эрэллэрин уонна баҕа санааларын хам баттыыр, сытыырхатар эрэ ис хоһоонноох. Арассыыйа хомуньуус баар­тыйатын Киин Кэмитиэтин Сибиирдээҕи бю­рота уонна Сибиирдээҕи Өрөбөлүүссүйэ Кэми­тиэтэ, Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Саха сиринээҕи тэрилтэтинэн уонна Күбүөрүнэ­­тээҕи Өрөбөлүүссүйэ Кэмитиэтин буруйдаах­тары уодьу­ганныыр салааларынан сирэйдэнэн, иирим­­тийбит аппарааттаах, олор киин сир­дэр­гэ сэбиэскэй былаас, Омуктары кытары үлэ народнай номиссариата уонна Бүтүн Арас­сыыйатааҕы Киин Ситэриилээх Кэмитиэт саха­лар аптаныамыйаны ылыыларын туһунан боп­пу­руоһу көрөөрү уочаракка сытыардаҕына, от­тон бүрээттэр аптаныамыйаны хайыы-үйэ ылбыт кэмнэригэр аптаныамыйаны ситиһэ сатыыр сахалары ытыалыыллар.

Омуктары кытары үлэ народнай комисса­­риа­та уонна Сибиир омуктарын кытары үлэ­лиир са­лаа сахалар аптаныамыйаны ылыыларын уонна үлэһит интеллигенция киэҥ араҥатын туһанан сэбиэскэй былааһы тутууга үлэлэһиэхтээх­тэ­рин туһунан тэлэгирээмэлэрин олохтоох былаас уурааҕынан бэчээккэ таһаарбаттар, ол түмүгэр национальнай хамсааһын тахсар эйгэтин үөс­кэтэллэр.

Дьону ытыалааһыны уонна Сибиирдээҕи Киин быһымах бэлиитикэтин тохтотор кэм кэллэ. Биһиги, хомуньуустар, саха норуота апта­ныамы­йаны ыларын иилиир-саҕалыыр уонна хому­ньуус баартыйа саха омуга экэниэмикэҕэ, култуураҕа барҕарыытын көҕүлүүр, салайар кэммит кэллэ.

Мин ити үөһэ этэн аһарбыппар, ону таһынан «Жизнь национальностей» сурунаал 1921 сыл олунньу икки күнүнээҕи нүөмэригэр таб. Виленскэй суруйбут ыстатыйатыгар, итиэннэ сүрүннээн, Арассыыйа хомуньуус баартыйатын X съеһин уонна РСФСР үлэһиттэрин быраабын тезистэригэр олоҕуран, Сибревком омуктары кытары үлэлиир салаатыттан уонна Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин Кэмитиэтин Сибиирдээҕи бюротыттан суһаллык Саха күбүө­рүнэтигэр «Саха Социалистыы Сэбиэскэй Өрөс­пүүбүлүкэтэ» диэн автономиялаах уобалас быраабын биэрэргитигэр туруорсабын. Итиннэ кытыаран бэйэҕит аптарытыаккытынан туһа­нан Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Саха сиринээҕи тэрилтэтигэр национальнай боппу­руоска туһуламмыт үлэтин хос көрө­рүгэр уонна уларытарыгар өйдөтөргүтүгэр көрдөһөбүн. Онно чуолаан аҕытаассыйалыыр уонна тактика­ны уларытар туһуттан Саха сиринээҕи Губчека дьүүлүнэн кыһалаҥ үлэ­ҕэ түбэспит саха үлэһит интеллигенциятын бэ­рэс­тэбиитэллэригэр анал манифеһынан ам­ньыыстыйа биллэриллиэхтээх.

Саха ССР сиригэр-уотугар билиҥҥи Саха күбүөрүнэтэ, сахалар уутуйан олорор (Ньүүйэ сахалара) Иркутскай күбүөрүнэ Сунтаардааҕы-Өлүөхүмэтээҕи буолаһа, Охотскай уезд, Уһук Илин Өрөспүүбүлүкэтин кыраныыссатыттан саҕалаан Камчаткаҕа административнай уонна айылҕа бэйэтэ быспыт кыраныыссатыгар тии­йэ киириэхтээхтэр. Охотскай уеһы Саха АССР састаабыгар холбооһун, Охотскай уезд экэнэ­миичэскэй өттүнэн Дьокуускайы кытары ситимнээҕинэн быһаарыллар, кини нөҥүө Саха күбүөрүнэтин олоҕор-дьаһаҕар улахан суол­талаах сүрүн үөстэр – Айаан уонна Охотскай аартыктара бараллар, онон манна сэбиэскэй уонна баартыйа хайысхатынан үлэлэр Саха си­р­и­нээҕи баартыйа тэрилтэтин салалтатынан эрэ ыытыллар кыахтаахтар.

Ити ыйыллыбыттан тутулуга суох, аҕытаас­сыйа уонна тактика да быһыытынан, анал манифеһынан Саха сиринээҕи Губчека дьүүлү­нэн кыһалаҥ үлэҕэ түбэспит саха үлэһит ин­тел­лигенциятын бэрэстэбиитэллэригэр ам­ньыыс­тыйа биллэриллиэхтээх.

Сибревком омуктары кытары үлэлиир салаата уонна Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин Кэмитиэтин Сибиирдээҕи бюрота мин сүрүн бэлитиичэскэй санаам ис хоһоонун өйдүөхтэрэ, итиэннэ сахалар үйэлээх баҕаларын өйөөн, РСФСР Конституциятыгар ыйыллыбыт кыраныыссанан аптаныамыйаны биэриэхтэрэ диэн бүк итэҕэйэбин уонна эрэнэбин.

Дириҥ ытыктабылы кытта Саха күбүөрүнэтит­тэн Сибиир олохтоох омуктарын мунньаҕын дэлэгээтэ П.А. Слепцов-Ойуунускай.
1921 сыл, муус устар 13 күнэ Омскай к.

Ф.П-2. Оп. 1. Д. 393. ЛЛ. 13-13 об. Дьиҥнээх. Массыыҥкаҕа бэчээттэммит.

Сибиир Олохтоох омуктарын
мунньаҕын дэлэгээтэ, Арассыыйа хомуньуус (бассабыык) баартыйатын чилиэнэ
П.А. Слепцов–Ойуунускай «Саха сирин
аптаныа­мыйатын туһунан» дакылаатыгар быһаарыы сурук

Омскай куорат, 1920 сыл


Омскай к. 1921 сыл, муус устар 27 күнэ.

Муус устар 26 күнүгэр Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин Кэмитиэтин Сибиирдээҕи бю­ротыгар Саха сирин аптаныамыйатын туһу­нан боппуруос көрүллүбүтэ уонна 2 сөбүлэһэр, 2 утары куоластанан аһаҕас хаалбыта. Бу Саха сирин аптаныамыйатын туһунан боппуруос уонна икки өрүт бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаһар санааларын кытары Омуктары кытары үлэ­ наркоматынан Арассыыйа хомуньуус баар­тыйатын Киин Кэмитиэтин быһаарыытыгар түһэ­риллиэҕэ.

Бу боппуруоска оҥорбут сүрүн дакылаатым сэрэхэдийиини таһаарбытын, ону таһынан Арас­сыыйа хомуньуус баартыйатын Киин кэми­тиэтин Сибиирдээҕи бюротун үөһэ этилли­бит бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаһар санааларын бол­­ҕомтоҕо ылан туран, быһааран биэрэр эрэ­йиллэр уонна Сибиирдээҕи бюро икки өрүтэ оҥорбут этиилэригэр хардардахха сатанар дии саныыбын. Бары дойдулар хомуньуустара азбука кэриэтэ дьэҥкэтик өйдүөх кэриҥнээх­тэр, урукку өттүгэр баттаммыт омуктар кыратык даҕаны бэлиитикэҕэ иитиллибит-такайыллы­быт буоллахтарына, инники күөҥҥэ сылдьар интеллигенцияларынан сирэйдээн, кинилэри баһылыыр-көһүлүүр омук ыытар национальнай бэ­лиитикэтин уйаннык ылынар, чараас орга­низм буолар. Ити тыҥааһын ордук өрөбөлүүссүйэ кэмигэр биллэр. Урукку Саха уобалаһа, ыраах­тааҕы саҕана күбүөрүнэ эрэ быраабын ылара, пролетарийдар босхолонуулаах өрөбө­лүүссү­йэлэрэ буолбут кэмигэр, үлэһит-бааһынай бырабыыталыстыбата бэлитиичэскэй пропа­ган­даны ыытар туһуттан көҥүл норуоттар көҥүл холбоһуктарын биллэрбитин үрдүнэн, Сибиир өрөпкүөмэ бу дьыл сааһыгар Саха уобалаһа Иркутскай күбүөрүнэ оройуона эрэ буолар диэн уурааҕы ылынар. Ити уураах билиҥҥи бэлитиичэскэй балаһыанньаҕа саха норуотун быраабын күөмчүлээһин курдук өйдөнүллэр.

Саха сиринээҕи табаарыстар хаста даҕаны итини бэлитиичэскэй быһыыны-майгыны сы­тыыр­хатар диэн Сибиир өрөпкүөмүгэр ыйбыт­тара. Сахалар национальнай хамсааһыннара бассабыыктар кө­ҥүлү уонна аптаныамыйаны сү­рүннээн тылларынан эрэ эрэннэрэллэр, ол иһин ханнык баҕарар национальнай хамсааһын кырыктаахтык саба баттанар диэн өйдөбүлгэ олоҕурар. Саха национальнай хамсааһына ол иһин, бэл, РСФСР-тан букатын арахсыахха диэн суолу кытары тутуһар.

Саха сирин хомуньуустара Сибиир өрөпкүө­мүн ыйыытынан, РСФСР национальнай бэлиити­кэтин билсибэккэ да эрэ, национальнай хам­сааһыны хам баттааһыны саҕалыыллар, дьону ытыалыыртан даҕаны туттумматтар уонна итин­ник бэлиитикэ туох содуллааҕын даҕа­ны аах­сыбаттар. Бу Арассыыйа хомуньуус баартыйа­тын олохтоох тэрилтэтин бас-баттах быһыыта уонна тус алҕаһа буолбатах, ити Сибиирдээҕи Киин сыыһа бэлиитикэтин түмүгэ.

Сүрүн дакылааппар, ону сэргэ Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин кэмитиэтин Си­биирдээҕи бюротун мунньаҕар эппит түмүк тылбар чуолаан Сибиир өрөпкүөмүн ити сүрүн алҕаһын ыйбытым, ол иһин национальнай буржуазияҕа бэриммиттэр ахсааннарыгар кил­лэ­риллибитим.

Сахаларга аптаныамыйаны биэрии билиҥҥи бэлитиичэскэй түгэҥҥэ үөскээбит быһыыттан-майгыттан тахсар соҕотох суол буолар, итиэннэ сахалар ортолоругар итинник бэлиитикэ үөрүүнү эрэ аҕалыаҕа. Оччоҕо саха интеллигенцията уонна үлэһит маассата үс төгүл эрчимирэн ту­ран бары күүстэрин бэйэлэрин култуураларын сайыннарыыга туһулуохтар этэ.

Таб. Смирнов саха аптаныамыйатын утарар сүрүн санаата маннык, Саха сирэ аптаныамыйа ыллаҕына Дьоппуон, Эмиэрикэ империализмын сабыдыалыгар түбэһиэҕэ, онон РСФСР кинини төрүт сүтэриэҕэ диэн. Бэл т. Хотинскай бэйэтин бэлитиичэскэй күүрээнигэр саха империализма суоһууругар кытары тиийдэ. Саха сирэ, баара-суоҕа 300000 нэһилиэнньэлээх, Турция даҕаны, Индия даҕаны буолбатах, ол эбэтэр капиталис­тар державаларын экэниэмикэҕэ интэриэс­тэ­рэ охсуһар дойдута буолбатах. Дьоппуон, Эмиэ­ри­кэ империализма ордук суудуналар сыл­дьар кытылларын уонна онно олорор норуот­тар култуу­раларын ирдэбилигэр, олохторун-дьа­һах­тарын көрдөбүлүгэр эрэ интэриэстээх. Ити ту­һу­гар өрүү тоҥ, мэлдьи сырыыта суох Хотугу Муус­таах акыйаанынан тиийиллэр, бэрт кыра көрдөбүллээх аҕыйах киһилээх Саха уобалаһа Дьоппуон, Эмиэрикэ империалистарыгар бы­дан чугас уонна дөбөҥнүк тиийиллэр Кам­чаткатаа­ҕар, Сахалиннааҕар төрүт интэриэһэ суох.

Сүрүн дакылаакка мин сахалар ортолоругар социальнай уратылаһыыны, ону таһынан кы­лаассабай араҥаларын интэриэстэрин ыйбы­тым, онон онно Саха Социалистыы Сэбиэс­кэй Өрөспүүбүлүкэтин уонна Сэбиэскэй бы­­лаас дьылҕаларын туһугар дьиксинэр ханнык да­ҕаны төрүөт суох. Биллэн турар, таб. Смирнов саха­ларга аптаныамыйаны биэрии атын омуктары өрөбөлүүссүйэ оҥороллоругар өрө күүрдүө суоҕа диирэ сөп, ол эрээри үгүс дьыала ис бэлиитикэ уонна судаарыстыба туһугар туох да күлүмүрдээһинэ уонна арбааһына суох оҥоһуллар, баартыйа күүһүн күбүөрүнэ иһи­гэр сыҕарытан биэрии эбэтэр өссө улахан таһымҥа таһаарыы ити боппуруоһу хайдах да быһаарбат. Сибиир өрөпкүөмэ билигин ыытар сыыһа национальнай боппуруоһун кыһал­ҕа­ларыттан тахсыы саха норуотугар апта­ныамы­йаны биэрдэххэ эрэ кыаллыаҕа, тоҕо диэтэххэ, ханнык баҕарар баттаммыт омук ис-иһиттэн көҥүл буолуон, омуга сайдыан баҕарар, ону бохсор дьаһаллар баттааһын-үктээһин курдук ылыныллаллар. Ол иһин бэлиитикэ даҕа­ны, тактика даҕаны өттүттэн бу боппуруоһу бүтэ­һиктээхтик сөпкө быһаарыах уонна саха омук сайдыытын федеративнай тутул атын көҥүл омуктарын кытары биир дьиэ кэргэн курдук тэҥҥэ тутан бииргэ үлэлиэх кэриҥнээхпит. РСФСР уонна кини састаабыгар баар национальнай өрөспүүбүлүкэлэр омук омугу баттыырын, бэл, киһи киһини атаҕас­тыырын суох оҥорууну сүрүн соругунан билинэр пролетариат баһылыыр-көһүлүүр бэ­лии­тикэтин тыыныгар иитиллэллэр.
Аптаныамыйа туһунан боппуруоһу Арассыы­йа хомуньуус баартыйатын Саха сири­нээҕи тэрилтэтигэр көтөҕөн өссө биирдэ дьүүллэ­һэр улахан бэлитиичэскэй алҕаһынан буолуоҕа. Ол иһин Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Саха сиринээҕи тэрилтэтин дьүүллэһиитигэр туруо­ран бу боппуруоһу быһаарыыны туох да ту­һата суоҕунан ааҕабын, ону таһынан Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин кэмитиэтин Сибиирдээҕи бюротугар уонна Сибиирдээҕи Өрөпкүөмҥэ национальнай боппуруостарга Киин өттүттэн ыйыы оҥоһуллара ирдэнэр, тоҕо диэтэххэ, РСФСР баттаммыт омуктары ара­ҥач­чылыыр, киэҥ кыаҕы биэрэр, кинилэри бэйэлэ­рин култуураларыгар, олохторугар-дьа­һах­тары­гар уонна майгыларыгар сөп түбэ­һиннэрэн Сэбиэскэй тутууга тардар эбээ­һи­нэстээх.

Манна сыһыаран Эһиги көрүүгүтүгэр саха но­руотун аптаныамыйатын тутулун, Саха си­рин өрөпкүөмүн туһунан балаһыанньа уонна саха норуотугар туһуламмыт декларация быра­йыактара ыытыллаллар.
Саха күбүөрүнэтит­тэн Сибиир олохтоох омуктарын мунньаҕын дэлэгээтэ, Арассыыйа хомуньуус (бассабыык) баартыйатын чилиэнэ П.А. Слепцов-Ойуунускай.

Ф.П-2. Оп. 1. Д. 393. ЛЛ. 12-12 об. Дьиҥнээх. Массыынкаҕа бэчээттэммит.

Нууччалыыттан Данил МАКЕЕВ тылбаастаата

ЭРЭДЭЭКСИЙЭТТЭН. Былатыан Ойуунускай автономия боппу­руоһун Саха сирин комму­­нистарыттан баста­кынан үрдүкү таһымҥа сытыытык уонна олох­тоохтук көтөхпүт киһинэн буолар. Ол туоһутунан кини 1921 сыл­лаахха муус устар 13 күнүгэр Омскай куоракка Россия коммунис­тыы (бассабыык) партиятын Киин кэмитиэтин Сибиирдээҕи бюротугар уонна Сибревком омуктары кытта үлэ­лиир салаатыгар (Сибнац) иһитиннэрбит дакылаата буолар.

Ол кэннэ улахан киирсии буолбут – Сибрев­ком бэрэссэдээтэлэ Иван Смирнов диэн киһи Ойуунускайы «омугумсахтарга атыыламмыт бас­сабыык» диэбит. Биһиги киһибит да улахан салайааччыттан иҥнэн-толлон турбатах – итийэн-кутуйан туран кырдьыгын турууласпыт. Исидор Барахов уонна Сибнац салайааччы Освальд Плич киһилэрин көмүскээн балаһыанньаны арыый да сымнаппыттар. Кэлин ол тыҥааһыннаах түгэн туһунан Ойуунускай «Ааспыт күннэр, дьыл­лар» диэн 1928 сыллаахха «Чолбон» сурунаал 7-9 №-гэр тахсыбыт ахтыытыгар сиһилии сырдаппыта.

Бу муус устарга иһитиннэриллибит дакылаат, Саха сиригэр сыылкаҕа олорбут бассабыык Виленскэй «Жизнь национальностей» хаһыат олунньу 2 күнүнээҕи нүөмэригэр бэчээт­тэппит ыстатыйата уонна Ойуунускай, Аммо­сов, Бара­хов, Ефимов, Аржаков Омскайынан, Москванан дьа­ныардаах ту­руор­суулара, Дьокуускайдааҕы туруу­лаһыы­лара 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха АССР тэриллии­тин түстээбитэ. Кинилэргэ Саха сири­гэр сыылкаҕа олорбут Сэбиэскэй Россия бөдөҥ салайаач­чылара Емельян Ярославскай, Серго Орджоникидзе, Виленскэй тирэх буолбуттара.