Саха сиригэр ити кэмҥэ соҕуруу ыраах сэрии бара турарын, дьон олорор олохторо айгыраан, табаары оҥорор бары баабырыкалар сабыллыбыттар, тугу да оҥорбот буолбуттар үһү диэн сураҕы истэллэрэ. Кэнники сылларга Саха сирэ төһө да ырааҕын иһин, ол ыраах сэрии барара, биллэн барбыта. Атыыһыттар лааппыларыгар табаардара, астара аҕыйаабыта, сыаната ыараабыта. Саха сирэ төһө да ыраах олордор, син дойду уустук балаһыанньата дьайыытын билбитэ. Дойду олоҕун бастаан аан дойду маҥнайгы сэриитэ, онтон утуу-субуу былаас уларыйыыта, ол кэнниттэн хаан тохтуулаах гражданскай сэрии алдьатыылара айгыраппыттарын содула этэ. Бу уустук кэми история доктора, профессор М.М. Хатылаев бу курдук быһаарар:
«Саха сирэ 1917 сыллаах биэрэпис көрдөрөрүнэн 3,7 мөлүйүөн квадратнай километр иэннээх сиргэ тайаан сыппыта. Онно баара-суоҕа 268 тыһыынча киһи олороро. Онон наһаа сэдэх нэһилиэнньэлээх, суол-иис суох уонна бу гражданскай сэрии 1918 сылтан 1922 сыл бүтүүтүгэр диэри баран, норуот хаһаайыстыбата олус айгыраан олорор кэмэ этэ. Ол кэмҥэ Саха сиригэр улахан промышленность да диэн суоҕа. Аҕыс государственнай кыра тэрилтэ баар эбит уонна уон биир чааһынай тэрилтэлэр үлэлээбиттэр. Дьокуускайга киин сиргэ улахан тэрилтэлэр онно буоллахтара дии. 1914 сыллаахтан ыла электростанция үлэлиир эбит. Тимир оҥорор уус мастарыскыайа үлэлиир эбит уонна бурдук мэлийэр миэлиҥсэ баара,
маһы хайытар-эрбэтэр лесопильнай собуот үлэлиирэ. Онтон ордук, киһи үлэлиэх сирэ суох курдуга. Оччотооҕуга 123 оробуочай эрэ үлэлиир эбит. Онтон чааһынайдар буоллаҕына халбаһыы оҥороллор эбит, атах таҥаһын тигэллэр, бөппүрүөскэ оҥороллор, кинигэни тас-тааһынынан дьарыктаналлар уонна онтон да атын быстах үлэни толороллор. Биир-икки киһи дьиэттэн, ол аата аҕалара-оҕолоро үлэлииллэр эбит. Ол курдук дьоҕус тэрилтэлэр бааллара. Дьэ, ол гражданскай сэрии саҕаланан, оҥорон таһаарар үлэ икки-үс төгүл намтаабыт. Онтон атын нэһилиэнньэ барыта тыа сиригэр олороро, кини тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанара. Транспорт туһунан этэр буоллахха, Өлүөнэ өрүспүт устун борохуоттар сылдьаллара. Онтон атын көрүҥүнэн кэлиигэ-барыыга оҕус-ат көлө, таба туһаныллар эбит» [1].
20-с сыллар саҕаланыыларыгар революция долгунугар уйдаран Сэбиэт былааһын олохтооһуҥҥа Сибиир куораттарынан сылдьыбыт, Москваҕа тиийэ Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Барахов салгын күүһүнэн сонуну тиэрдэр радио баарын илэ истибит эдэр дьон, сайдыыга сибээс баар буолуохтааҕын таба өйдөөн, киэҥ-ыраах, суола-ииһэ суох сирдээх- уоттаах дойдуга радио баар буолара олус наадалааҕын бэлиэтии көрбүттэрэ. Нэһилиэнньэ баһыйар өттө үөрэҕэ суох буолан, аахпат-суруйбат этэ. 1922 сыл олунньутугар сэттэ күн устата Саха сирин түөрт улахан уокуруктара түмсүбүт Суһал сүбэ мунньахтарыгар Саха сирин ревкомун бэрэссэдээтэлэ Былатыан Ойуунускай аан дойду политическай балаһыанньатын туһунан мустубут дьоҥҥо билиһиннэрэн баран:
«радиостанция – это ухо Якут[ского]края, воспринимающее весь мир и все мировые переживания. Это чудо должно быть завоевано нами»
– диэн, өссө автономияны ылына иликтэринэ этэн турардаах [2]. Ревком уокуруктааҕы мунньаҕар ылыллыбыт резолюциялар республикатааҕы хаһыаттарга бэчээттэнэллэрэ. Максим Аммосов партия губбюротун сэкирэтээринэн үлэлии олорон радио суолтатын туһунан:
«о пользе величайшего изобретения человеческой мысли – радио, которое держало нас, оторванных от всего света, в курсе всей жизни, всех мировых и российских событий. При помощи радио мы, предоставленные самому себе, чувствовали себя спаянными одной жизнью с центром, получая своевременно нужные информации и директивы» – диэн бэлиэтээбиттээх. Ол радио күүһүн баһылаааһын үлэтин, Москваҕа саҥа тэриллибит автономнай республика бэрэстэбиитэлэ буолан үлэлиир кэмигэр Максим Аммосов туруорсуутунан, Саха сиригэр радиостанциялары тутууга суол аһыллар [3].
Бу кэмнээҕи хаһаайыстыбаннай балаһыанньаны история доктора М.М. Хатылаев салгыы быһаарар:
«Гражданскай сэриибит Исидор Барахов этэринэн, күһүн 1922 сыллаахха бүппүтэ диэн ааҕар эбит. Онон ситимнээн, дьэ норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриэххэ диэн Бүтүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр съезтэрин ыҥырыы буолбут. 1922 сыл бүтүүтэ 1923 сыл саҕаланыыта ол съезд ыйыытынан, бу биһиэхэ көмүс хостоноро уонна таас чох биллэр, онтон да атын сир баайын булуохха, ону баһылыахха диэн сорук туруорбут эбит. Ону ылсан Максим Аммосов үлэлэспит» [4].
Ол кэмҥэ республика хаһаайыстыбатын өрө тардыыга бастакынан, Максим Аммосов транспорт, суол оҥоһуутун уонна сибээс баар буолуутун ойуччу туруорсар, сыал-сорук оҥостон киин былаастарга суруйан киллэрбит. Саха автономнай республиката бэйэтэ радиолаах буолуутун бастакы хардыыта итинник этэ.
Саха автономнай республикатын эдэр салайааччыларын туруорсуулара уонна «Алдан көмүһэ» диэн союз таһымнаах трест тэриллиитэ – радио баар буолуутугар көмөлөспүтэ.
1922-1923 сылларга дойдуну чөлүгэр түһэриигэ, дойду киэҥ территориягыгар баар республикалары,уобаластары, кыраайдары кытта биир ситимҥэ үлэни тэрийэргэ радиосибээс баар буоларын туһугар, радиостанциялары тутууга улахан былаан бигэргэнэр уонна ол былааҥҥа аан бастаан ханнык куораттарга тутуу ыытыллыахтааҕын ыйбыттар. Ол испииһэккэ атын куораттары кытта «город Якутск» диэн суруллубут. Итиэннэ бастакы хардыы, байыаннай ведомстволарга баар радиостанциялары чөлүгэр түһэрииттэн, өрөмүөннээһинтэн үлэ саҕаланыахтааҕын ыйбыттар. Ол кэмҥэ, 1923 сыллаахха кыһыл көмүс саппааһа көстөн, онно тэрилтэ тэриллэн, бастакы саҥа радиостанция тутуута 1925 сыллаахха Томмокко саҕаланар. Саха автономнай республикатын эдэр салайааччыларын ылыннарыылаах, ыпсарыылаах туруорсууларынан 2 сыл иһигэр союз таһымнаах трест тэриллэн, улахан суолталаах промышленность баар буолан, Саха сиригэр радиостанция тутуллуутугар тирэх буолбута чахчы.
Бу кэми история доктора, профессор М.М. Хатылаев бу курдук быһаарар:
«Кулун тутар ыйга 1924 сыллаахха Саха республикатын Наркомун Сэбиэтэ уураах таһааран трест тэрийэр. Ол онно Өлүөхүмэ киһитин, Москваҕа горнай академияҕа иккис курска үөрэнэр Павел Харитоновы үөрэҕин тохтотон, трест директорынан аныыллар. Максим Аммосов Нарком Сэбиэтиттэн уурайан, Москваҕа Дьокуускайдааҕы Бэрэстэбиитэлистибэҕэ ананан үлэлии барар. Дьэ, ол сылдьан тэрилтэ бөҕөтүн кэрийэр, Норуот хаһаайыстыбатын Үрдүкү Сэбиэтин, партия Киин комитетын, Наркоматтары. Онно билэр киһитин, партия сэкирэтээрин Емельян Ярославскайы көрсөн, Союз таһымнаах трест тэрийэргэ кэпсэтэллэр. Үлэ уонна Оборона Сэбиэтин быһаарыытынан от ыйыгар Союз таһымнаах көмүс хостуур трест тэриллэр. Ол кэмҥэ Бодойбо көмүһүн Англияҕа концессияҕа биэрэллэр. Онон Алдан Союзка биир көмүс хостуур улахан промышленнай трест буолар. Оччотооҕу кэмҥэ индустриализация политиката күүскэ турара. Омук дойдулара араас техниканы көмүскэ эрэ атыылыыллара. Онон Алдан көмүһэ суолтата улааппыта» [5].
Онтон Максим Аммосов Москва куоракка Саха сирин бэрэстэбиитэлинэн үлэлии олорон, дойду почтатын уонна телеграф сибээһин салайар нарком Иван Смирнову кытта кэпсэтэн, хайдахтаах да ыарахан балаһыанньа бүрүүкээн турдар, уһук хотугулуу-илин сытар Саха сиригэр, кыһыл көмүс саппаас баайдаах дойдуга, хайаатар да радио ситимин тардар олус наадалааҕын өйдөтөр. Онон Максим Кирович икки өрүттээх Сүбэлэһиигэ илии баттаһаллар уонна дойду сибээһин салайааччыта Иван Смирнов олус кэбэҕэстик, үтүө санаалаах киһи сиэринэн, көмөлөһүөх буолан, тылын биэрэн, ону чиэстээхтик толорор. Дьэ, бу түгэҥҥэ Максим Аммосов бастакынан Саха сиригэр көмүс хостонор сиригэр Томмокко радиостанцияны тутарга түгэнэ үөскүүр. Бу туһунан Алдан оройуонун историяны уонна кыраайы үөрэтэр музейын научнай үлэһитэ Дария Петровна Васильева кэпсиир:
«1924 сыллаахха Алдаҥҥа көмүс хостооһуна саҕаланан, аан бастаан байыаннай ведомствоттан бэриллибит кыра рация үлэлээбитэ. Ол рацияны үөһэ томторго туруорбуттара. Онно үлэлээбит Иннокентий Соболев ахтыытыгар: “Элбэх проводтар быыстарынан сылдьарбыт. Рациябыт араас сигналлары хабара. Ардыгар олоҕу саҥалыы тутуохха диэн тыллар иһиллэллэрэ. Союзтан
сводкалары, аан дойду сонунун ыларбыт”, – диэн ахтан кэпсиирэ» [6].
Саха сирэ автономнай республика тэриллэн, дойдуга эрэ буолбакка, бүтүн аан дойдуга көмүһүн баай саппааһынан биллибит Алдаҥҥа, 1925 сыллаахха Москваттан научнай-техническэй экспедиция кэлэн дьоҕус кыамталаах радиостанцияны туруорар.
Москваҕа үлэлиир кэмигэр Максим Аммосов сүүрэн-кэпсэтэн, Иркутскайга радиостанция
оборудованиеларын, техническэй матырыйааллары тиэрдэн, Өлүөнэ өрүскэ сааскы сырыы саҕаланыытыгар бэлэмнииллэр. Бу кэмҥэ Севастопольтан Москваҕа кэлбит, Сибээс Үрдүкү курстарын бүтэрбит Иван Папанин Саха радиостанцияны тутар экспедиция начальнигын солбуйааччынан ананан, Алдан уокуругар тиийэр. Кинини кытта аҕыйах хонугунан быысаһа экспедиция начальнига, станциялары тутар инженер Петр Остряков Алдаҥҥа айаннаан кэлэр. Дьэ ити курдук Союз таһымыгар хонтуруолга турар уонна түргэн болдьоххо тутуллубут радиостанция, Москваны кытта быһа сибээскэ тахсар кыахтаммыта. Онно Нижегородскай радиолабораторияҕа үлэлиир учуонайдар көмөлөрө үгүс.
Атын киин сиртэн кэлбит олус уустук усулуобуйаны тулуйан дьаныардаахтык үлэлээбиттэрин түмүгэр, бу курдук ис хоһоонноох телеграмманы Алдантан инженер Петр Остряков Дьокуускайга Совнарком бэрэссэдээтэлигэр Аммосовка ыытар:
«Доношу до Вашего сведения о том, что в сентябре 1926 года заканчиваю строительство
Томмотской радиостанции. Вчера из Москвы получил задание по строительству радиостанции в городе Якутске. Для этого прошу Вас в следующем: во-первых, какую систему имеет паровая машина? Откуда берет воду? Во-вторых, какого типа динамомашина: постоянный, однофазный или трехфазный? Каково напряжение? Поручите это сделать заведующему городской электростанцией. Сообщите мне обязательно. Это необходимо для составления нового проекта для города Якутска» [8].
ДЬОКУУСКАЙ КУОРАККА РАДИОСТАНЦИЯНЫ ТУТУУ
1926-1928 сс. Исидор Барахов партия уобаластааҕы комитетын сэкирэтээринэн үлэлии олорон Дьокуускайга радиостанцияны туруорсууга бэлиэтээн турар:
«Важнейший вопрос для развития хозяйственной и культурной жизни Якутии, находящейся в состоянии почти полной изолированности – это вопрос о путях сообщения и связи. План по радиосвязи имеется, но практически ничего не сделано, исключая, Алдан. В деревне и улусе растущие хозяйственные и культурныезапросы населения не имеют достаточной материальной базы и требуют оказания государственной помощи» диэн [9].
1928 сылтан саҕалаан партия киин комитетын быһаарыытынан Саха автономнай республикатын салалтатыгар уустук балаһыанньа үөскүүр. Саха сирин салайааччылара «марксистскай билиилэрин үрдэттэрэргэ» диэн сыалтан, партия киин комитетын уурааҕынан Москваҕа ыҥыртаабыттар. Былаас уларыйыыта үлэ хаамыытыгар охсуулаах буолан тахсар.
Бу уустук кэмҥэ бастатан туран, былаан быһыытынан Дьокуускай куоракка тутуллуохтаах ра- диоцентрга 4 кВт уонна дьоҕус кыамталаах коротковолновай радиостанциялары, биэриини ыытар улахан студия дьиэтин тутарга үлэ саҕаламмыта. Ленинградтан дуогабар быһыытынан «Трест заводов слабого тока» диэн тэрилтэ бүтүннүү таҥан-оҥорон биэриэхтээҕэ. Кредит, үп-харчы кэмчитинэн, тутууну ыытар кэмҥэ сметаны таһынан барбат курдук дьаһал тутуһуллубута.
Куорат чугаһыгар, соҕуруулуу-илин өттүгэр, өрүс боротуохатыгар кыһыннары уу тоҥмот сиригэр Сайсары күөл аттыгар, Сэргэлээххэ уонна Владимирскай трагынан барыы айан суолларын аттыгар, дэхси-көнө, үрдүк сиргэ тутууну ыытыы саҕаламмыта. Тутуу передающай радиостанцияттан 5-10 км курдук тэйиччи туруохтааҕын инструкциянан бэлиэтээбиттэрэ. Куорат сэбиэтигэр олунньу 27 күнүгэр 1928 сыллаахха сир учаастагын сайабылыанньатын түһэрэллэр. Тутуу малын, маһын бэлэмнииргэ олохтоох коммунальнай хаһаайыстыба, куораттааҕы сэбиэт уонна Илин Сибиирдээҕи сибээс уокуругун управлениета көмөлөһүөхтээҕэ. Ыраас өрүс кумаҕын, испиэскэни, алебастры, кирпииччэни бэлэмнээһин уустуктары көрсүбүтэ. Тутуу матырыйаалларын – тоһоҕоттон саҕалаан, цеменигэр, түннүк тааһыгар тиийэ, Иркутскайтан аҕаларга суол-иис былаанын эрдэттэн оҥорбуттара. Арай таас дьиэни тутууга каменщик-бетонщик идэлээх үлэһит суоҕуттан, олус уустук балаһыанньа үөскээбитэ. Совнарком мунньаҕар соҕурууттан, киин куораттартан, идэлээх үлэһиттэри сүүмэрдииргэ боппуруос турбута. Тутууну Москваттан почта-телеграф наркомуттан бэрэстэбиитэл, радиостанциялары тутууга уопуттаах радиотехник Смирнов салайбыта. Ити курдук Дьокуускайга 25 кВт кыамталаах радиостанция тутуута саҕаламмыта [10].
1929 сыллаахха кулун тутарга Бүтүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр 6-с съезтэригэр 5 сыллаах былаан бигэргэммитэ. Улахан, киэҥ ис хоһоонноох дакылааты совнарком бэрэссэдээтэлэ, Илин Хаҥаластан төрүттээх Николай Бубякин оҥорбута, радиосибээс хайысхатыгар ойуччу тохтоон элбэҕи кэпсээбитэ. Төлөпүөн ситимин Дьокуускайтан илин сытар улуустарга тиэрдии былаана саҕаламмыта: Намҥа, Бороҕоҥҥо, Байаҕантайга, Тааттаҕа, Боотуруускайга, Мэҥэҕэ, Аммаҕа, Дьокуускайтан Бүлүүгэ, Орто Бүлүүгэ, Дьокуускайтан Арҕаа Хаҥаласка диэри.
Бу кэмҥэ дойдуга 5 сыллаах былаан ылыллыыта күүскэ турбута. Республика салайааччылара уларыйан, урут кинилэри кытта бииргэ үлэлэһэн хаалбыт аҕыйах киһи уонна киин куораттартан саҥа кэлбит дьон салалтаҕа олорбуттара. Кинилэр үрдүк квалификациялаах кэлии идэлээх үлэһиттэри үс сылга болдьохтоон, айаннарын ороскуотун төлөөн, дьиэнэн-уотунан хааччыйан туран, үлэҕэ ылбыттара. Тыа сирин куораты кытта сибээс өҥөтүнэн ситимнииргэ балай эмэ үлэни ыыппыттара. Ити кэмҥэ радионан биэриини
олохтуурга күүскэ сорук турбута. Олохтоохтор үксүлэрэ үөрэҕэ суох буолан аахпат-суруйбат этилэр, саатар радионы истэн сайдыахтара, күннээҕи олоҕу билэ-истэ олоруохтара, салалта ыытар политикатын өйдүөхтэрэ-өйүөхтэрэ диэн кэпсиир үлэни партия обкома күүскэ ыыппыта. Үлэ тэрилтэлэрин, ведомстволары, биирдиилээн дьону түмэ тардан радио аппаратуратын, техническэй оборудованиеларын, туруорар матырыйааллары атыылаһарга үбүнэн көмөлөһөргө туруорсубуттара. Куоракка уонна киниттэн чугас турар нэһилиэнньэлээх пууннарга радионы киллэрэн бэлэмнииргэ сорудахтаммыта. Радионы тула профсоюзнай тэрилтэлэри, общественнай түмсүүлэри түмэ тарпыттара, хаһыат өҥөтүн туһаммыттара. Кэлии үлэһиттэр, сайдыылаах дьон быһыытынан, саҥа сүүрээни олоххо киллэрбитинэн барбыттара.
Ол да буоллар тыйыс усулуобуйа үлэни барытын атахтаабыта. Ордук биһиги уһун кыһыннаах дой- дубутун ситэ-хото билбэт салайааччылар соһуйа-сөҕө ылыммыттара. Хайыахтарай, мунньахха кириитикэлээн элбэҕи ситиспэт чахчытын сорох салайааччылар табатык өйдөөбүттэрэ. Сайын устата эрдэттэн таһаҕас сакааһын бэлэмнээн, кыһыҥҥы суолунан тиэрдэн, саас уу суола аһыллыыта, өрүһүнэн тиэйэн аҕалары, дьэ сатаабыттара. Ол да буоллар Дьокуускайга радиостанция тутуллуутун үлэтэ таһаҕас хойутаан кэлиититтэн харгыстаммыта, эбиитин анаммыт-дуогабардаспыт үлэһиттэрбит 8 ыйдаах кыһыны сорохтор тулуйбакка даҕаны, туруктара мөлтөөн, күнү көрбөккө, сылааһы билбэккэ, тото-хана аһаабакка ыалдьан, үлэни тохтото сыспыттара. Тутуу (Шнеур), сибээс (Зеленскэй, Нелюбин), техника, промышленность дьоно, салалта өттө – бары кэлиилэр этэ.
Олохтоох сэбиэттэр быыбардарын ыытыыга нэһилиэнньэни кытта үлэ күүһүрбүтэ.
1929-1930 сылларга оройуоннар кытыы нэһилиэктэригэр оскуолалар аһыллан, учуутал тиийбэт этэ. Ол да буоллар нэһилиэк дьоно бука бары үөрэхтэрэ суоҕун көрөн, аны улахан дьону үөрэтэргэ быһаарыналлар. Олохтоох сэбиэт көмөтүнэн дьону үөрэхтиир ликбез диэни тэрийэллэр. Оҕолору сарсыардаттан, онтон киэһэ улахан дьону оскуолаҕа мунньан, үөрэтиини ыыталлара. Олохтоохтор кэлин буукубалары билэр, ааҕар уонна суоттуур буолан, үөрэнэллэрин сөбүлээбиттэрэ. Оҕолор даҕаны, улахаттар даҕаны үөрэхтэригэр улаханнык кыһаналлара.
Саха сирин үрдүнэн 1929 сылтан, улуустар диэн ааттаналлара ууратыллыбыта – оройуоннар диэн буолбуттара уонна оройуоннар быһаччы Саха автономнай республикатын Киин ситэриилээх ко- митетыгар бас бэринэллэрэ. Оройуоннар буолбуттарынан сибээстээн, саҥа быыбар олохтоох сэбиэттэргэ ыытыллара былааннаммыта. Дьэ, ити курдук 1930 сылга олоххо уларыйыы тахсан, алтынньы 15-с күнүттэн саҕалаан, автономнай республика территориятыгар улахан быыбар ыытыллар буолбута. Аан бастаан нэһилиэктэргэ, оройуоннарга, онтон Бүтүн Саха сиринээҕи сэбиэт съеһэ буоларыгар бэлэмнэнэллэрэ. Бу политическай суолталаах түгэҥҥэ хаһыат-радио киэҥник үлэлиэхтээҕин туһунан туруорсаллара. Уонна съезд буолар кэмигэр кулгаахха кэтиллэр төлөпүөннэринэн, дьон тоҕуоруһар сиригэр репродуктардары туруоран дакылааты, сонуну иһитиннэрэргэ сорук турбута.
Дьон олоҕун таһымын, хаһаайыстыбаны өрө көтөҕүүгэ үлэ барбыта. Москваттан ыйыы кэлэн, нэһилиэктэргэ колхозтары тэрийии саҕаламмыта. Онно нэһилиэктэргэ коллективизацияны ыытарга боломуочунайдары анаабыттара. Ол сиэринэн ыаллары холботолоон, тыа хаһаайыстыбатын ар- тыалларын тэрийии саҕаламмыта. Дьону түмэр, итэҕэтэр үлэҕэ оскуола учууталлара кыттыыны ылбыттара. Дьон кинилэргэ эрэнэр этэ. Кэпсэтии, сүбэлэһии түмүгэр артыаллар, холбоһуктаах хаһаайыстыбалар тэриллибиттэрэ. Бу барыта уустук соҕус балаһыанньаҕа ыытыллыбыта.
Республикаҕа быыбары ыытарга, олохтоохтору түмэ тардарга, суол-иис мөлтөҕүттэн, транспорт сырыыта табыгаһа суоҕуттан, аҥардас хаһыат көмөтө ситэтэ суох этэ. Республика салалтата көҕү- лээһининэн нэһилиэктэргэ, оройуоннарга быыбардааһын саҕаламмыта. Дьокуускай куорат ра- диостанцията кэмигэр үлэҕэ киирбэккэ, уустук балаһыанньа үөскээн, саатар киин улуустары кытта Дьокуускай аҕыйах тэрилтэлэрин хабан, радионы үлэлэтэргэ диэн сорудах биэрэн, кыра кыамталаах радиостанцияны өрөмүөннээн, туһанан бастакы биэриини ыытарга диэн, сэтинньи 7-с, 8-с, 9-с күннэригэр Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 13-с сылын көрсө салалта дакылааттарын иһитиннэрэллэр. Бу кэмҥэ сатаан аахпат дьон истиитигэр сонуну иһитиннэрии олус табыгастаах этэ. Аан бастаан радио диэн киһи көстүбэт эрээри, куолаһа иһиллэр, киһи өйдүүр гына кэпсиирин бэркэ сэҥээрбиттэрэ. Ити курдук радио редакцията тэриллэн, сонуну сахалыы-нууччалыы тиэрдэр буолбута.
Оччолорго кимнээх үлэлээбиттэрин туһунан радио ветерана Василиса Григорьевна Хорунова кэпсиир:
«Оччолорго кадрдары сүүмэрдээһини партия обкомун культураҕа уонна пропагандаҕа отдела салайара. 1930 сыллаахха отделы Ленинградка коммунистическай университеты бүтэрбит Христофор Шараборин салайара. Радиоҕа сахалыы үчүгэйдик саҥарар үерэхтээх киһи соччо суоҕа. Арай студеннартан сүүмэрдээн радиолюбитель уолу булаллар. Радиоҕа редакторынан уонна дикторынан батараактар курстарыгар үөрэнэр Алексей Васильев буолар. Кини тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ сылдьан Хабаровскай, Иркутскай радиостанцияларын араас биэриилэрин уолаттары кытта истэр эбит. Кинини кытта бииргэ үлэлииргэ партийнай оскуолаҕа үөрэнэр Гаврил Иванов корреспонденынан сөбүлэһэр».
Ити курдук Саха автономнай республикатыгар олох саҥа сүүрээнэ, нэһилиэк, оройуон таһымыгар быыбар ыытыллан, Бүтүн Саха сиринээҕи сэбиэттэр съезтэрэ мунньахтаан, дьоҥҥо сонуну тиэрдии курдук олус наадалаах сайдыы биир көрүҥэр, республика салалтата радиоҕа болҕомто ууран, радио сахалыы-нууччалыы саҥаран, олоххо бэйэтин оруолун уонна суолтатын бастакы хардыытын оҥорбута.
ӨКТӨӨП РЕВОЛЮЦИЯТЫН 13 СЫЛЫН КӨРСӨ
РАДИО БАСТАКЫ БИЭРИИТЭ
Саха сирин киин куоратыгар Дьокуускайга бастакынан радио үлэлииригэр сүдү күүһү түмпүт, тэрээһин үлэни ыыппыт салайааччылартан Ленинградка коммунистическай университекка үөрэммит, кэлин Булуҥ оройуонугар повстанческай хамсааһыны тохтотууга үлэлэспит, уобаластааҕы партия комитетыгар култуура уонна пропаганда отделын салайааччытынан үлэҕэ анаммыт Христофор Шараборин, Өктөөп революциятын 13 сылын көрсө, радио куоракка уонна кини тулатыгар сытар чугас нэһилиэктэргэ холбонон саҥарарын тэрийбитэ.
Эрдэттэн бэлэмнэнэн, Дьокуускай куорат сэбиэтэ Руф Кардашевскай дьаһалынан, куорат тэрилтэлэрин олбуордарыгар кыһыл былаахтар ыйаммыттара, репродуктордары остуолбаларга тардан, дьон тоҕуоруһар сиригэр туруоран, үлэни ыыппыттара. Радио саҥарыахтаах күнүгэр рабочайдар, сулууспалаахтар сарсыарда 9 чааска үлэ коллективтарыгар мустан, байыаннай гарнизон начальнига Павлов уонна куорат милициятын начальнига Вишняков ыйыыларынан демонстрацияҕа кыттыыны ылбыттара. Куорат бырааһынньыктааҕы хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Федоров миитини аһар. Ол кэннэ гражданскай сэриигэ өлбүт буойуннар көмүллэ сытар сирдэригэр тиийэн сүгүрүйүү миитинэ ыытыллар.
Демонстрация кэнниттэн күнүс 2 чаастан радио саҥата иһиллэр. Чобуо куоластаах республика салайааччылара сэбиэккэ хаттаан быыбар ыытылларын, хаһаайыстыбаннай үлэ тэрээһинин, Өктөөп уонна культурнай тутуулар туһунан республика Конституциятыгар олоҕуран, сахалыы уонна нууччалыы дакылааттары ааҕаллар. Ити курдук үс күн устата, Өктөөп бырааһынньыгын кэмигэр радио баарын биллэрбитэ, дьону бэйэтин тула түмпүтэ, элбэх сонуну кэпсээбитэ. Эбиитин Хабаровскай радиостанциятын холбоон, кэнсиэри иһитиннэрэллэр. Радио бастакы биэриилэрэ радио-хаһыат быһыытынан тэриллибиттэрэ.
Валентина ПЕТРОВА, Россия Суруналыыстарын союһун чилиэнэ
Туһаныллыбыт источниктар:
- «Саха» Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр ком- пания («Саха» НКИК) радиотын фондатыттан. Профессор Хатылаев М.М. Саха сиригэр Автономия төрүттэммитэ 90 сылыгар биэрбит интервьюта. 2012 с. Бэс ыйа.
- Национальный архив Республики Саха (Якутия). НА РС (Я). Ф. 73. Оп. 2. Д. 6, л. 18 об.
- «Автономная Якутия» хаһыат. 1922 с. № 40. Бала±ан ыйын 21 күнэ.
- «Саха» НКИК радиотын фондатыттан. Профессор Хатылаев М.М. Саха сиригэр Автономия төрүттэммитэ 90 сылыгар биэрбит интервьюта. 2012 с. Бэс ыйа.
- Эмиэ манна баар.
- «Саха» НКИК радиотын фондатыттан. «Дьо- куускай саҥарар» биэрииттэн. 2015 с. Кулун тутар ый.
- «Алдан оройуона». Муниципальнай тэриллии архыыбын отдела. Ф.30. Оп.1. Д.1. л.93.
- НА РС (Я). Ф. 52. Оп. 1. Д. 178, л. 61.
- НА РС (Я). Ф. 52. Оп.2. д. 1, л. 245.10. НА РС (Я). Ф. 52. Оп. 4. д. 30. л. 23-26 об.
Чолбон. – 2015. – № 10