Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Сонуннар » Саха олоҥхото уонна киргиз «Манаһа»

Саха олоҥхото уонна киргиз «Манаһа»


(тэҥнээн ааҕыыттан санаалар)

Саха олоҥхото улахан кээмэйдээх героическай эпостарга киирсэр. Дм. М Говоров «Мүлдьү Бөҕөтө», быһа холуйан, 20-чэ тыһыынча строкалаах, оттон П. А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотура» 36 тыһыынча строка курдук кээмэйдээх. Бэчээттэммит олоҥхолортон ити саамай улаханнара. Норуот тылынан айымньытыгар былыр ыйы ыйынан толоруллар олоҥхолор бааллара диэн ахтыллар. Олоҥхо сурукка суруллар буолта сүүсчэкэ сыл бэтэрээ өттө. Онон былыр, баҕар, букатын улахан кээмэйдээх олоҥхолор бааллара сүппүттэрэ-оспуттара буолуохтаах диэн  сэрэйиэххэ сөп.

Героическай эпос балачча элбэх  омукка баар. Олортон саха олоҥхотугар ордук чугастарынан Алтай норуоттарын  эпостара, бурят «Гэсэрэ», киргиз «Манаһа» буолуон сөп диэн этиилэр бааллар. Ол эрээри, киһи астынарын курдук, итини олохтоон үөрэтии илик. Ити омуктарга барыларыгар героическай эпостар бааллара, ордук кинилэр тус бэйэлэрин ааспыт өттүгэр сыһыаннаһа сылдьыбыт остуоруйалара итинник санааҕа төрүт былыр быһыылаах.

Саха ааҕааччыта киргиз народнай эпоһа «Манас» туһунан бэрт үчүгэйдик ирэ-хоро билэ илик. «Манас» «киргиз норуотун энциклопедията», «истиэп илиадата» диэн үрдүктүк сыаналаммыт айымньы. Кээмэйэ улаханынан кини саҕа сүҥкэн аан дойдуга суох, «Илиаданы» уонна «Одиссеяны» 20 төгүл, «Шахнамэ» диэн иранскай эпоһы 5 төгүл, индийскэй «Махабхараты» 1,5 төгүл куоһарар. «Манас» 3 чааһын 500553 строкалаах вариана суруллан сытар. Ону Саякбай Харалаев диэн манасчыттан («Манаһы» толорооччу) 4 сыл устата суруйбуттар. Харалаев бэйэтэ «Манас» үс чааһын ыйы-ыйынан толорор эбит. Бу айымньы толору варианын бэчээттиир буоллар, 10 тыһыынча страницалаах кинигэ тахсыа этэ.

«Манас» араас боппуруостарын научнай үөрэтии бэрт киэҥник ыытыллар. Ону бу улууканнаах айымньыга аналлаах 700-чэ үлэ баара да көрдөрөр. Киргиз наукаларын Академиятыгар «Манас» сектора диэн тэриллэн үлэлиир. Ол секторы академик Болот Юнусалиев баһылыыр.

«Манас» хас да варианыттан биирин саамай кылгас ис хоһооно маннык.

Алооке-хан баһылыктаах кытай сэриилэрэ саба түһэн, киргизтэр сири-сибиири биир гына ыһыллан хаалбыттар. Норуот өр кэмҥэ сору-муҥу, быстарыыны, атаҕастабылы сүкпүт. Джакып диэн аҕа баһылык Алтайга калмык саба баттааһыныгар олорбут. Киниэхэ кырдьар сааһыгар бухатыыр буолар аналлаах уол оҕо төрөөбүт, Манас диэн ааттаммыт. Ол оҕо сылынан буолбакка, күнүнэн улаатан испит. Киниттэн куттанан, кыратыгар кынатын тоһутаары, калмык үонна кытай сэриилэрэ саба түһүтэлээбиттэр. Ол эрээри 40 эдэр бухатыыр доҕотторун түмэн, Манас барыларын кыайан испит. Киргиз 40 племята бары санаалара күүһүрэн, Манас тула түмсэн испиттэр. Онон бэйэлэрин былыргы төрөөбүт буордарыгар, билиҥҥи Киргизия үрүҥ көмүстүү күлүмнүүр Ала-тоо хайатыгар тардыһар улуу походка туруммуттар. Ол поход уһун, сындалҕаннаах охсуһуунан түмүктэммит. Хас охсуһуу аайы Манас уонна кини дружинатын күүһэ, сатала, хорсуна героическай, эпическэй былааннаахтык сиһилии суруллар. Текес, Ахунбешим, Длооке, Шоорук хааннары самнаран, Манас киргизтэри олохтоох сирдэригэр Тянь-Шань, Алтай, Ала-Тоо хайаларыгар, Иссык-куль, Чуй быйаҥнаах истиэптэригэр олохтообут. Итннтэн кэлин Конурбай диэн өһүөннээх хаан баһылыктаах кытай сэриилэрин утары туруммуттар. Манас Конурбайы үлтү сынньан, кытай столицатыгар Бейджиҥҥэ тиийэ сылдьыбыт. Ити сэрии «Улуу поход» диэн аатырар. Манас үгүс бухатыыра итиннэ өлөр, бэйэтэ бааһыран кэлэн, дойдутугар көмүллэр. Кэргэнэ Каныкей Манаска мавзолей туттарарынан зпос бастакы чааһа бүтэр.

«Манас» утум-ситим салҕанан бара турар үс чаастаах. Иккис чааһа «Семетей», үһүс чааһа «Сейтек» диэн ааттаналлар. Иккис чааһыгар Семетей диэн Манас уолун, үһүс чааһыгар Сейтек диэн Манас сиэнин хорсун сырыылара, киргизтэри түмэр иһин салгыы охсуһуулара кэпсэнэр. Итиннэ таарыйа аҕыннахха. саха да олоҥхотугар бухатыыр уола, сиэнэ туойуллара баара. Ону фольклорист И. А. Худяков хомуйуутуттан да көрөбүт.

Аны саха олоҥхотун кылгас ис хоһоонун ахтыһан ааһыаҕыҥ.

Олоҥхо үксэ:

«Былыргы дьыл

Быдан мындаатыгар,

Урукку дьыл

Кулан уорҕатыгар,

Түөрт саха төрүү илигинэ,

Үс саха үөскүү илигинэ»,— диэн тылларынан саҕаланар. Ити аата, бу айымньыларга кэпсэнэр событие ханнык эрэ историческай кэминэн муҥурдаммат, быдан былыргы, быданнааҕы кэмнэргэ диэн өйдөнөр.

Саха бастыҥ олоҥхолоруттан биирдэстэригэр, «Дьулуруйар Ньургун Боотурга»:

«Тоҕус уон үрэх куугунаан киирэн холбоммут

Холбороҥ маҥан хочолоох,

Аҕыс уон үрэх араллааннаан айгыстан,

Айдааран айманан киирэн,

Аан ийэ дойду буолан,

Аатырбыт-аарыгырбыт,

Сэттэ уон үрэх сиэлэн-хааман

Дьигиһийэн киирэн кэҥээн-уһаан,

Сир ийэ буолан сириэдийбит дойдуга»

айыы аймаҕа, күн улууһа байан-тайан олорбут эбит. Ол олордоҕуна, аллараа дойду сүүрбэ сэттэ бииһин ууһун тойоно буолбут Арсан Дуолай оҕонньор, Адаҕалаах Алай Буурай эмээхсин үс Ньүкэн Үөдэн түгэҕэр дойдуланан, дугуйданан олорон, дириҥ дойду дьилбиттэринэн, түгэх дойду түөкүттэринэн, аллараа дойду албыннарынан бу орто дойду дьолун тохтороллор, төрүүр оҕотун түҥнэрэллэр, иитэр сүөһүтүн иҥнэрэллэр. Онуоха Дьылҕа тойон орто сатыы маҥан халлаан туналҕаннаах туйгун туонатын үрдүгэр олорор Айыҥа Сиэр тойон, Айыы Нуоралдьын эмээхсин уоллаах кыыһын орто дойдуга түһэртэрэр. Уолларын аата — тоҕус халлаан үрдүгэр тура төрүөбүт, тиити төргүү мутугунан холобурдаах тэбэр тураҕас аттаах Дьулуруйар Ньургун Боотур; кыыстарын аата аҕыс былас суһуохтаах Айталы-Куо диэннэр. Уоллаах кыыс айыы аймаҕын хараҥа күүстэр көмүскүү, сүөһүнү-аһы, киһини-барҕарда киирэллэр. Ол киириилэригэр убайдара алаас сыһыы быһаҕаһын  хара былыты быһа кыйдаан ылар да, биир мөҥүрүк ынаҕы былыт үрдүгэр олордон сүөһүлээн түһэрэр, киирэн дьиэ – уот  тутан биэрэр. Уоллаах кыыс саастарын ситиилэригэр балтын абааһы уола Тимир Ыйыста Хара бухатыыр кэлэн уоран-талаан барар. Дьэ, итинтэн ыла  айыы бухатыыра уорар-талыыр идэлээх хараҥа эркиннээх абааһы аймаҕын хас  да ааттаах бухатыырдарын утары  биир – биир дьүккүөрдээх уһун охсуһуута саҕаланар. Сырдык күүс хаһан да кыайар. Түмүгэр айыы бухатыыра өстөөхтөрүн  өһөрөн, саастаахтарын самнаран кыайыы-хотуу көтөллөнөн дойдутугар эргиллэн кэлэр. Айыы аймаҕар  улуу үөрүү-көтүү буолар. Айыы аймаҕар  улуу үөрүү көтүү буолар. Айыы бухатыыра кими да атаҕастаабакка, сындалҕаннаах сырыыларыттан тохтоон, дьоллоохтук, соргулаахтык олорор. Эйэлээх, олох туругурар.

Кылгас ис хоһоонноро көрөргүт  курдук, бу икки айымньы баай ис хоһоонноох, киэҥ кээмэйдээх героическай  эпостар буолаллар. Иккиэн бэрт дириҥ, народнай силистээхтэр. Народностара  бар-дьон тыын интэриэстэрин: кинилэр көҥүллэрин, дьоллоох олохторун, кэлэр кэскиллэрин — көмүскээһин эпос сүрүн номоҕо буоларыгар сытар. Норуот иһин турааччы бастыҥ герой, бар-дьон охсуһуута уонна олоҕо сүрүн хартыына буолаллар. Олоҥхоҕо да, «Манаска» да тас өстөөхтөрү, хараҥа күүстэри самнаран, көҥүл, сырдык өрөгөйдөөһүнэ айхалланар. Ол кыайыыны олоҥхоҕо айыы бухатыырдара, «Манаска» киргиз  баатырдара аҕалаллар.

«Манаска» син эмиэ саха олоҥхотугар майгылаах фантастическай уобарастар  көстүүлэрэ бааллар. Холобур,  киһилии тыллаах-өстөөх, кынаттаах аттар бухатыыр киэнэ доҕоро буолаллар. Айчурек диэн кэрэ дьахтар куба кыыл буолан хаалар. Аата-ахса суох сэрии 40 күн устата тохтоло да, аһа-үөлэ да суох  айанныыр. Биир бухатыыр суос соҕотоҕун  тыһыынчанан киһини үлтү сынньар. Төһө  да аата-ахса суох сэрии киирсиитэ буолтун иһин, тоҕо эрэ бухатырр бухатыыры, хаан хааны кытта эр-биир охсуһуута буолан иһэр.

Ол да буоллар, бу икки эпоһы тэҥнээн аахтахха, майгылыырынаааҕар туспата улахан эбит диэн санааҕа кэлэҕин. Ол манныктартан көстөр.

«Манас» уонна олоҥхо сюжеттаратус-туһунаннар. «Манас» — историческай  хабааннаах айымньы. Киргиз ааспыт олоҕор IX—X үйэлэртэн буолбут историческай чахчылар, олоро сылдьыбыт хааннар (илиҥҥи омуктар баһылыгы хаан дэнэр), олор полководецтара, сэриилэрэ

Өрө куһугуруу түстэ…

Орулуур отут хонугу мэлдьи

Өрөгөйдөөх халлаан

Өрөһөтүн киинигэр

Өрүкүйэн тахсан

Өрө мөҥө оонньоото…

Ыйылыы-ыйылыы

Ытыллан тахса-тахса,

Түөрт сүллэр этиҥ

Түһэн эрэрин курдук,

Түүннэри күнүстэри

Түҥнэри ытылыина,

Тоҕус дохсун холорук

Тобугун үрдүгэр олохсуйда,

Сэттэ иирэр илбис

Сиэлин быыһыгар иэрийдэ,

Күөх сиэрэ уота

Күөнүн анныгар күөдьүйдэ,

Тоҥ маһы тоҕута тэпсибитэ

Тоҥус ойуунун курдук

Тоҕус түүннээх-күнү мэлдьи

Аҕыс тараах дьааҥы анныгар

Арбыйа оонньуу хаалла уо.д.а.

Бу былыргы саха эттэҕэ-тыыннаҕа омунун-төлөнүн, өйдөөтөҕө-санаатаҕа киэҥин! Хаһан да атынан, оҕуһунан сыыллара сылдьыбатах, сааһын тухары аныгы курдук көтөр ааллар бэртэринэн көтөн күүгүнэтэ үөрэммит омукка дылы.

Киргиз «Манаһа» историческай ис хоһоонноох буолан, төһө да дарбатыылаах буоллар, хартыыналара реалистическай буоллахтарына сатанар. Ол иһин кинилэр баатырдара киҥкиниир киэҥ халлааҥҥа уһуура көтөн хаалбаттар, сир устун көннөрү омуннаах- дьалыҥнаах эрэ айаннаах буолаллар.

Саха былыргы өйдөбүлүттэн тутулуктанан олоҥхоҕо туох барыта тыыннаах, дууһалаах, тыллаах-өстөөх. Бэл, бухатыыр быһаҕа сототуттан судургу тахсыбат, «ордоотообутунан» ойон тахсар олуй-молуй быһычча бэйэтэ эттээн-эллээн киирэн барар. «Манаска» итинник түгэн баар да буоллар, саха олоҥхотун курдук ситэри буолбат, кэм олоххо чугас, кырдьыкка майгыннаах, күрүөлээх-хаһаалаах буолааччы.

Толоруллуутунан олоҥхо эмиэ уратылаах. Олоҥхо геройдарын саҥалара барыта ылланар, олоҥхоһут бэйэтнн тыла эрэ кэпсэнэр. Хас биирдни герон мелодията тус-туһунан. Айыы уонна абааһы бухатыырдара, айыы уонна абааһы дьахталлара, бэл ат бары тус- туспатык ыллыыллар. Онуоха хас биирдии герой куолаһа хайдах буолуохтааҕа олоҥхоһуттарга чопчу тутуһуллар традициялаах. Олоҥхоһут хайа таптыырынан ыллыыр буолбатах. Былыр олоҥхону оруолларынан коллективнай толоруу баара. Ити өттүнэн биһиги олоҥхобутун истибиттэр операҕа майгылаталлар.

«Манаска» геройдар монологтара уонна сэһэргээһин биир хабааннаахтык толоруллаллар. Геройдар бары тус-туһунан мелодиялара суохтар. Манасчыт үксүн строка бастакы аҥарын речитатив майгылаахтык ааҕан баран, кэлин сүһүөхтэрин эҥээритэн барар.

Хоһоонун форматын өттүнэн «Манас» биһиги олоҥхобутугар холобура суох тупсаҕайдык чочуллубут айымньы. Ол курдук ити ыйы-ыйынан толоруллар айымньы баһыттан атаҕар диэри кээмэйдээх хоһоонунан суруллар. Үгэс курдук, хоһооно 7—8 сүһүөхтээх. Киргиз народнай ырыатын сүрүн кээмэйэ итинник. 8 сүһүөхтээх хоһоонугар бэһис сүһүөх, 7 сүһүөхтээҕэр төрдүс сүһүөх кэнниттэн цензура оҥоһуллар. Хоһоон инники өттө сүнньүнэн аллитерацияҕа олоҕурар. Рифматын бэрээдэгин манасчыт бэйэтэ сөбүлүүрүнэн оҥорор.

Итинэн киргиз «Манаһын» уонна саха олоҥхотун тэҥнээн ааҕыыттан ааҕааччы маннык түмүктэргэ кэлэр:

  1. Ханнык эрэ майгылаһар өрүттэрдээх да буоллаллар, сүнньүнэн бу икки эпос бэйэ-бэйэлэриттэн атын айымньылар. Олоҥхо — былыргы эпос тиибэ, киниэхэ мифологическай көрүҥэ баһыйар. Оттон «Манас» — хойукку эпос холобура. Кини сүнньүнэн историческай хабааннаах эпос.
  2. Бу икки эпос сюжеттара, айар ньымалара, толоруллуулара тус-туһунаннар.

Олоҥхо биһиги норуоппутугар эрэ баар. Ол иһин атын омук тылыгар тылбааһа суох олонхо диэн суруллар. Итинник фольклорнай термин олохсуйда. Олоҥхо диэҥҥэ майгылаах ааг арай буряттарга баар. Кинилэр остуоруйаларын онтхо, ону толорооччуну онтхошин дииллэр. Оттон эпостара улигер, ону толорооччу улигершин дэнэр.

Карело-финскэй национальнай эпос «Калевала» эмиэ остуоруйа дойдутун геройдарын араас быһылааннаах хорсун быһыыларын кэпсиир. Ити эпос бэрт элбэх варианнаах. Олортон түмэн «Калевала» сүүмэрдэммит (своднай) текстин оҥорбуттар. Саамай кэлин, саҥа композициятын 1949 с. О. В. Куусинен бэйэтинэн оҥорсубут. Ити эпос аан дойду үгүс норуоттарын тылларыгар тылбаастанан тарҕаммыта.

«Манас» быһа тардыылара нуучча тылыгар хас да төгүл таһаарыллан тураллар, бу кэмнэргэ аан дойду норуоттарыгар тарҕатар сыалынан 2 тому бэчээккэ бэлэмнииллэр. «Манас» итини таһынан узбек, казах, туркмен тылларыгар туспа кинигэнэн бэчээттэммитэ. Ол иһин Орто Азия норуоттара ити айымньыны бары кэриэтэ билэллэр. Билигин биллэринэн, «Манас» 11 варианнаа.х эбит. Онтон түмэн. эмиэ биир своднай варианын буттар.

«Гэсэр»—монголлар уонна эпостара. Монгольскай Гэсэриада  уонна бурятскай Гэсэриада диэннэри араараллар. Олору, бэйэ-бэйэлэриттэн   уратылаах буоланнар, тус-туспа айымньылар быһыыларынан сыаналыыллар . Бурят «Гэсэрэ» бэйэтэ эмиэ хас да варианнаах. Олортон түмэн, своднай көрүҥэ «Абай Гэсэр хубун» диэн Улан – Удэҕэ 1959 сыллаахха тахсан турар. Кээмэйэ 24 тыһыынча строка этэ. Ол аата биһиги «Мүлдьү Бөҕөбүт» буоларыгар тиийэр. Своднай текстин төрүтүнэн эпос унгинскай версия диэн биир вариана буолта диэн суруйаллар.  Оннук тексти оҥорбут редактордар эпос ис хоһоонун, поэтическай форматын, народнай толорооччулар стиллэрин толору  тутуһар соругу туруорунан үлэлээбиттэр. Көнө сүрүннээхтик сайдан иһэр сюжетыгар наадата суох  эпизодтары эрэ быһыта кырыйан бырахпыттар. Атын варианнарга баар табыгастаах уобарастары, хартыыналары түмэн кыбыталаан биэрбиттэр. Бурят тыла хас да биллэр-көстөр диалектнай  хайдыһыылаах. Оттон эпос тылын норуот бүтүннүүтэ өйдүүр тылынан таҥарга кыһаммыттар.

Онон атын омуктар эпостара своднай варианынан тарҕанар эбит. Оттон  биһиэнэ хайдах буолуон сөбүй диэн  сиэрдээх ыйытыы тахсар. Итинник ыйытыы турбута ыраатта. Өссө сэрии иннигэр комиссия үлэлии сылдьыбыта. П. А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотурун» «отут суол олоҥхоттон  оҥоһуллубут олоҥхо» диэн ааттаабыта.  Ити 1930 сыллаахха этэ. Оччолорго үөһэ ааттаммыт омуктар эпостарын  биир да своднай текстэ оҥоһулла илигэ. Онон Платон Алексеевич эрдэ, сүрдээх да кыраҕытык үлэ наадатын таба көрбүт сүгүрүйэ саныыгын. Төһө табыллыбыта, өссө оҥорор наадалааҕа дуу,  суох дуу диэннэр туспа боппуруостар. Ону туһааннаах дьон үөрэтэн билиэхтэрэ турдаҕа. Оттон итинник идеяны көтөхпүтэ, саҥа хаары тэлбитэ — ол П.А. Ойуунускай хаһан да сууйуллубат  үтүөтэ, олоҥхону үөрэтии остуоруйатыгар сүппэт эркээйитэ буолар.

Своднай текст туһунан мин күттүөннээҕи этэр туругум суох. Оннук текст  диэн туга, хайдах оҥоһуллар ньымата  быһаарыллыан наада. Онуоха ити атын омуктар үөрүйэхтэрэ (уопуттара) учуоттаныах тустаах. Онон саха олоҥхотун своднай текстин туһунан  боччумнаах кэпсэтии наада.

Олоҥхону пропагандалааһыҥҥа  бу ааспыт уонча сыл тухары саха АССР  Үтүөлээх артиһа Г. Колесов дьүккүөдээхтик үлэлээтэ. Кини бэрт  үгүс радионан биэриитин концерка толоруутун  саха дьоно дириҥ махталлаахтык  сыаналыыллар. Артист уһулуччу үтүөтүнэн бу ааспыт сылга олоҥхо толору варианын пластинкаҕа суруйтарыыта буолар.  Аны  биһиги былыргы тойукпут Советскай Союз  ханнык баҕарар уһугар, кыраныысса  да таһыгар сахалыы сахалыы доллоһуйуо кинини айбыт хотугу омугу уруйдаан-айхаллаан ньиргийиэ.

Бэчээттээн тарҕатыы, пластинкаҕа толоруу үчүгэйин үчүгэй.  Ол гынан баран өссө да ситэтэ суох. Олоҥхо биир өттүнэн  драматическай хабааннаах айымньы. Ааҕан эбэтэр истэн билиини таһынан  олоҥхоһуту, артиһы көрөн билиэхтээххин ; Онон олоҥхо ордук атын омук  көрөөччүтүгэр оонньонноҕуна эрэ сиэрэ ситэр. Ол иһин Орто Азия омуктарыгар,буряттарга «Ньургун Боотур» операнан гастроллуур сөп буолуо этэ. Ити бэрт элбэх ыарахаттардааҕа эрэбил. Ол гынан баран баҕар, кыаллар кыахтаах буолаарай? Оттон барар күннээх  буоллаҕына, олоҥхо бэйэтигэр суол солоноругар кыра да саарбахтааһын баар буолуон сатаммат. Онно баҕас бүк эрэниэххэ сөп. 

Олоҥхону  научнай үөрэтии балачча уһун уонна  бэрт интэриэһинэй остуоруйалаах. Бу  бэртээхэй айымньыны хомуйуу, үөрэтии, 100-тэн тахса сыл устата ыытылынна. Соҕотох ити да сыыппара элбэҕи этэр. Үөрэхтээх эйгэҕэ олоҥхо бэл аатырар  киргиз «Манаһын», бурят «Гэсэрин”, узбек «Алпамышын» иннинэ биллибитэ. Үөрэппит дьон истэригэр элбэх саха  үөрэхтээхтэрэ, нуучча Академиятын  бастыҥ представителлэрэ, политссыльнайдар бааллар.

Бу үөрэхтээхтэр бары олоҥхону бэрт үрдүктүк сыаналыыллара, маны айбыт норуот  туһунан истиҥ тыллары этэллэрэ. Ыстатыйа  кээмэйин хабаанынан, мин  бэрт үгүс даҕаны, үрдүк даҕаны сыанаттан икки ученай киэнин эрэ кытта билиһиннэриим.

Үйэтин тухары саха фольклорун таптаан дьарык оҥостубут, олоҥхону анаан үөрэппит, атын омуктар эпостарын үчүгэйдик  билэр фольклорист Г. У. Эргис суруйбуттаах.

«Сюжеттара уонна матыыптара баайынан, образтара сүҥкэннэринэн, поэтическай форматын чочуллубутунан уонна тылын баайынан олоҥхо саха бэйэтин  национальнай баайа эрэ буолбакка  ону ааһан грек «Илиадатын» уонна «Одиссеятын», нуучча былиналарын киргиз «Манаһын», армян «Давид Сасунскайын», Карело-финскэй “Калевала» уо. д. а. курдук аан дойдуга сураҕырбыт эпостары кытта сэргэ «туруоруллуон сөп». («Ньургун Боотур Стремительный». Якутск, 1947, Тылбааһа миэнэ — М. Ч.).

Ити аата, Г. У. Эргис саха олоҥхотун грек «Илиадата» уонна «Одиссеята», нуучча былиналара, киргиз «Манаһа», армян «Давид Сасунскайа», карело-финскэй эпос «Калевала» курдук киһи аймах бүтүннүү сүгүрүйэр улуу айымньыларын кытта сэргэ туруорбут. Итини кини олоҥхо ис хоһооно баайыгар, образтарын сүдүтүгэр, поэтическай форматын тупсаҕайыгар уонна тылын баайыгар олоҕуран сиэрдээхтик этэр.

Бэйэтин киэнэ кимиэхэ барытыгар күндү. Эргис саха киһитэ буолан, баҕар, бэйэтин киэнин тарда, ас көбө сыаналаабыта буолуо диэххитин сөп. Ол иһин Советскай Союз норуоттарын эпостарын чинчийээччи, биллиилээх фольклорист, литературовед, академик В. М. Жирмунскай сыанатын толору биэрэбит.

«Биһиги дойдубут норуоттара норуот тыыннаах эпоһын аан дойдуга саамай баай күндү кылаатынан киэн туттар толору бырааптаахтар. Нуучча былиналара, Украина думалара эрэ буолбакка, армян «Давид Сасунскайа» уонна грузинскай «Амирани», Хотугу Кавказ норуоттарын нартскай эпостара, узбек уонна таджик героическай уонна романическай дастаннара, казак бухатыырдарын ырыалара, киргиз «Манаһа», калмык «Джангара», монгол «Гэсэрэ», саха олоҥхото уонна да атын бэрт элбэх норуоттар эпическэй айымньылара билиҥҥи кэмҥэ аан маҥнай айыллыбыт сирдэриттэн ыраах тэлэһийэн биллэр буоллулар уонна тылбаастанан эбэтэр бэйэлэринэн улам-улам бары бырааттыы норуоттар уопсай культурнай бас билиилэрэ буолан иһэллэр (В. М. Жирмунский. Сказание об Алпамыше и богатырская сказка. М., 1960, стр. 3. Тылбааһа миэнэ — М. Ч.). Академик саха олоҥхотун эмиэ бэрт үгүс улуу айымньылары кытта сэргэ ааттаабыт уонна атын норуоттарга биллэр буолан эрэрин бэлиэтээн, бэрт үрдүк сыананы биэрбит эбит.

Саха дьонун бэйэлэрин нстэриттэн олоҥхону үөрэтиигэ П. А. Ойуунускай, И. В. Пухов, Г. У. Эргид ураты үтүөлээхтэр. Кинилэр бары олоҥхо араас боппуруостарынан анаан дьарыгыламмыттара. Г. У. Эргис, И. В. Пухов кандидатскай диссертациялары көмүскээбиттэрэ, эпоска аналлаах монографиялары бэчээттэппиттэрэ.

Ити да үрдүнэн олоҥхо киэбигэр-киэлитигэр сөптөөх научнай үөрэтии билигин да ыытылла илик диэххэ сөп. Мин санаабар, олоҥхону киэҥ далааһыннаахтык үөрэтии аана сэгэтиллэн эрэ турар, тэлэччи аһыллара күүтүллэр. Сыллар ааһан иһиэхтэрэ. Олоҥхону билээччи, сэргээччи ол ахсын аҕыйаан иһиэ турдаҕа. Онон наҕылыйар буортулаах эрэ буолуон сөп

Биһиги хаан-уруу партиябыт бары норуоттар искусстволарын тэҥҥэ өрө көтөҕөр соруктаах, хайа баҕарар омук туох кэрэлээҕин, ураты, чорбоччу идэлээҕин атын норуоттарга билиһиннэрэр, тарҕатар үтүө дьулуурдаах. Ол иһин бары норуоттар айбыт кэрэлэриттэн түмэн оҥорбут искусство букетын биир чаҕылхай сибэккитинэн биһиги олоҥхобут буолуоҕа. Хас да сыллааҕыта Москваҕа Саха искусствотын биэчэрдэрэ тэриллибитэ. Онно «Дьулуруйар Ньургун Боотур» опера аан бастаан Союз көрөөччүлэригэр туруоруллубута. Столица көрөөччүлэрэ биһиги олоҥхобутун киэҥ да фантазиялаах, сүдү да уобарастардаах, кэрэ да музыкалаах, үтүө да айымньы буолар эбит диэбиттэрэ. Ол курдук саха норуотун быдан былыргы искусствота-Ийэ дойду тэбэр сүрэҕин аныгы көрөөччүлэрин куттарын туппута. Ол норуот талаанын, айар дьоҕурун билинии этэ.

Норуот туох эрэ ураты, киниэхэ бэйэтигэр эрэ баар чорбоччу идэтинэн атын норуоттарга биллээччи. Биһиги оннукпутунан олоҥхобут буолуон сөп. Ити иһин олоҥхобутун бэрийэн, саамай үтүөтүн талан, чочуйан, нууччалыы тылынан үчүгэйдик тылбаастаан, саха фантазиятын көрдөрөр курдук табыгастаахтык ойуулаан-мандардаан тарҕатыах тустаахпыт. Ааспыт өттүгэр олоҥхо нууччалыы тылбааһа баарын баара. Оннук тылбаастар И. А. Худяков, С. В. Ястремскай, А. А Попов,  Г. У. Эргис үлэлэригэр хомуллан киирбиттэрэ. Ол эрээри ити тылбаастар атын омук киэҥ ааҕааччытыгар тиийэр курдук оҥоһуллубатахтара, билигин саха бэйэтин да ааҕааччылара булан аахпаттарын курдук сүттүлэр-остулар.    Онон саха олоҥхотун элбэх тираһынан  киин издательстволарга таһаартарыы хайаан да наадалаах.

Норуот ааспыт олоҕор туох үчүгэйдээҕин, бар-дьон иннигэр тугунан киэн  туттардааҕын кэнчээри ыччатыгар кэпсээһин бэрт улахан иитэр суолталаах. Ыччат, төрөөбүт норуотун туох иһин таптыахтааҕын сөпкө өйдүүр  буоллаҕына эрэ, дьиҥнээх патриотизм тыыныгар иитиллэр. Бэйэтин норуотун сатаан таптыыр, киниэхэ туох иһин сүгүрүйэрин билэр киһи атын да норуоттары таптыыр улуу тыыны иҥэринэр дьоҕурдаах.

М. А. ЧЕРОСОВ,

филологическай наука кандидата,

СГУ ыстаарсай преподавателэ