2023 cыл алтынньы 5 күнүгэр Дьокуускай куорат дьондойор саалыгар, долгуйар киинигэр, кырдьаҕас библиотека историческай саалатыгар баппат элбэх киһи мустубута. Уһун ньолбуһах мааны остуолу тула доруобуйа харыстабылын араас сыллардааҕы улахан салайааччылара, билим, култуура, суут-сокуон, айар-суруйар эйгэ биллэр-көстөр үлэһиттэрэ, кинигэ кыһатын бас үлэһиттэрэ, ааттаах-суоллаах быраастар олорбуттара. Саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр санааларын үллэстээри, уһулуччулаах сүрэх бырааһын илэ бэйэтин тылын-өһүн тутан олорон истээри тоҕо анньан кэлбит саха дьоно барахсаттар олбоххо тииһиммэккэ, таһыттан эбии олоппос киллэрэн, сааһылаһан-саамылаһан оннуларын булбуттара. Бу үгүс түмсүүнү тэрийбит уораҕайга маннык көстүү, арай, биир эмэ норуот суруйааччытын улахан айымньытын айхаллыырга буолла ини, буолбата ини?.. Өрө көтөҕүллүүлээхтик сүрэхтэнэр дьолломмут, буруолуу сылдьар «Сүрэх хирург хараҕынан» кинигэ ааптара, Россия Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах олохтооҕо Петр Иванович Захаров: «Тыый, ханна-ханна кэлэн хааллым? Дэлби толлор, долгуйар эбиппин. Элбэх киһиэхэ саҥара үөрүйэҕэ суохпун ээ. Хайдах эрэ куотан хаалыахпын баҕардым», – диэн симиттэ быһыытыйа миэхэ, бу тэрээһиҥҥэ киниэхэ өйөбүл буолар соруктаах киһиэхэ, сибис гынан ааспыта…
Ити курдук, Петр Иванович Захаров, төһө да килбиэннээх үлэтинэн албан аатырдар, чиэскэ-бочуокка сырыттар, сахалыы сэмэйин сүтэрбэтэх дьиҥнээх сүрэх эмчитэ уонна сүрэх сэһэнньитэ. Оттон сүрэх эпэрээссийэтин космос куйаарыгар көтүүгэ тэҥниир эбит буоллахха, Петр Иванович – саха омукка бастакы космонавка холоонноох. Кини ити ураты ирдэбиллээх уустук идэтигэр үһүс үтүмэн үүммүт сылыгар бигэтик үктэммитэ. Ол курдук, бастакы Президеммит Михаил Ефимович Николаев 1999 cыл ахсынньыгар эмчиттэр XIV сийиэстэригэр дорҕоонноохтук биллэрбит «Доруобуйа харыстабылын сайыннарыы кэнсиэпсийэтин» биир кытаанах соруга бэрт суһаллык олоххо киирэн, 2000 cыллаахха Медицина национальнай киинигэр сүрэх-тымыр хирургиятын салаата тэриллибитэ. Салайааччынан тымыр хирургиятын отделениетын сэбиэдиссэйэ, медицина билимин кандидата, олоҕун орто омурҕаныгар, күөгэйэр күнүгэр сылдьар, сиппит-хоппут хирург Петр Иванович Захаров анаммыта. Кини бастыҥ көмөлөһөөччүлэринэн кардиология отделениетын сэбиэдиссэйэ Татьяна Юрьевна Томкая, кардиореанимация отделениетын бастакы сэбиэдиссэйэ Николай Николаевич Эверстов, бэйэтин оннугар хаалларбыт үөрэнээччитэ, тымыр хирургиятын отделениетын сэбиэдиссэйэ Александра Корниловна Федосеева буолбуттара. Бастакы эпэрээссийэлэри Россия доруобуйа харыстабылын миниистирэ, академик Юрий Леонидович Шевченко кэлэн оҥорсубута. 2003 сыллаахха академик Лео Антонович Бокерия кыттыылаах оҕо кардиохирургиятын үлэтэ саҕаламмыта. Кинилэри кытта биир остуолга туран үлэлиир хайдахтаах курдук эппиэтинэстээҕин тустаах дьон эрэ билэн эрдэхтэрэ. Аҥаардас сүрэх хирургията Саха сиригэр булгуччу баар буолуохтааҕын уонна сайдыахтааҕын туруулаһан ситиспит, оннуттан хамсаппыт Михаил Ефимович Николаев ити эпэрээссийэлэргэ тэбис-тэҥҥэ сылдьыспыта элбэҕи этэр. Бастакы сүрэх хирура Петр Иванович Захаров 23 төгүрүк сыл устатыгар уу кырбас кыһыл оҕотуттан саҕалаан сүүһүгэр чугаһаабыт аарыма кырдьаҕаһыгар тиийэ төһөлөөх эпэрээссийэни оҥорбута буолуой? Кини эрэллээх уолаттарыныын сахалыы мындыр толкуйунан эпэрээссийэ бары ньымаларын олус түргэнник уонна ылбаҕайдык баһылаан, үгүс ыарахаттары эрдээхтик уйан, Саха сиригэр сүрэх хирургиятын бигэтик атаҕар туруорбута, үс көлүөнэ сүрэх хирурдарын иитэн-үөрэтэн таһаарбыта. 2018 cыллаахха от ыйын 6 күнүгэр саха хирурдара аан дойдуга сүрэх хирургиятын муҥутуур чыпчаалынан билиниллэр сүрэҕи көһөрүү эпэрээссийэтин оҥорбуттара – өрөгөйдөөх кыайыы! Бу чаҕылхай көрдөрүүлэрдээх үлэлэр аныгы Сүрэх-тымыр киинэ тутулларыгар мэктиэ, тирэх суолталааах буолбуттарын туһунан бары даҕаны истэ-билэ сырыттахпыт. Оттон Петр Захаров хайдах уһаарыллан, буһан-хатан, сүрэх хирура уонна кэнники сылларга өссө сүрэх сэһэнньитэ буолбутун туһунан бэйэтин олоҕун номоҕун нөҥүө эрэ тыктаран көрүөхпүтүн сөп. Кини ол туһунан ыһа-тоҕо кэпсэммэт, онон, уочарка суруллар сураҕын истэн, уруккуттан-хойуккуттан быһа тардан үллэстибит үөлээннээхтэригэр, доҕотторугар муҥура суох махтал!
***
Петр Иванович Захаров кэрэ кэскиллээх Кэбээйи улууһугар Кэбээйи уонна Тыайа нэһилиэктэрин икки ардыгар, Хаптаһыннаах диэн түөлбэҕэ күн сирин көрбүтэ. Төрөөбүт сирэ докумуоҥҥа Тыайанан суруллар.
Кэбээйи улууһа – Сахабыт сирин хаба ортотугар, хас эмэ улууһу, өрүһү холбоон, киэҥник-куоҥнук тайаан сытара уонна сүрэх курдук быһыылааҕа ураты суолталаах курдук. Бу дьикти кэрэ, баай-талым, модун айылҕалаах сиргэ тиийдэххэ, туох эрэ ураты күүс биллэр.
Петр Иванович оҕо сааһа Кэбээйи нэһилиэгэр, оччотооҕу оройуон киинигэр, Барасыылап аатынан холкуос олоҕор ааспыта. Быраас буолар бигэ санааны ылынарыгар күн күбэй ийэтэ, сүрэх ыарыһах буолан, орто дойду олоҕуттан эрдэ күрэммит аһыыта сабыдыаллаабыта. Кини букатын кыра эрдэҕинэ, 1953 cыллаахха, Арбаҥда диэн үчүгэйкээн айылҕалаах сиргэ баар кырдьаҕас балыыһаҕа хирург Борис Александрович Знаменскай, кини кэргэнэ сэллик бырааһа Евгения Петровна Знаменская, кэргэнии Войцеховскайдар – педиатр Эльмарк Сергеевич, акушер-гинеколог Валентина Григорьевна, Евгений Яковлевич Куликов уо.д.а. дьон-сэргэ таҥара кэриэтэ ылыммыт, эмчит ыраас идеала буолан уос номоҕор хаалбыт үгүс ахсааннаах уһулуччулаах быраастар үлэлээн ааспыттара. 1950–1960-с сылларга Кэбээйи нэһилиэгиттэн эдэр кыргыттар күргүөмүнэн үөрэнэн, орто анал үөрэхтээх биэлсэр, акушер, сиэстэрэ дипломун ылан эргиллэн кэлэн, үйэлэрин тухары төрөөбүт түөлбэлэригэр, бастакы көлүөнэ эмчиттэр дуо дэтэн, эҥкилэ суох үлэлээбиттэрэ. 1970-с сылларга диэри, бу сүүнэ улахан, лип-лап тутуулаах дьиэ аҥаарыгар сэллик ыарыылаахтар, аҥаарыгар көннөрү ыарыһахтар сытан эмтэнэллэрэ. Петя, ийэтэ сотору-сотору эмкэ киирэринэн, Арбаҥда балыыһатын, эмчиттэрин, кинилэр үлэлэрин-хамнастарын чугастан көрө-билэ улааппыта. Кырдьык даҕаны, Арбаҥда барахсан – улуус эмтиир эйгэтин эргийэр киинэ, бары салааларын түөрэҕэ түспүт, силиһэ үүммүт ытык сирэ – оҕо киһиэхэ умуллубат кыымы сахпыта.
Захаровтар дьиэ кэргэн алта оҕолоруттан биэһэ атахтарыгар турбуттара. Кинилэр, аҕалара Иван Григорьевич, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, хоһуун үлэһит, булчут, балыксыт буолан, хоргуйуу диэни билбэккэ улааппыттара. Петя, аҕатын кутурук маһа буолан, дьиэ ис-тас үлэтигэр, окко-маска, булка-аска, сиргэ-уокка сылдьарга мунна эриллэн улааппыта. Ол да иһин, күүс-уох өттүнэн бэйэтин саастыылаахтарыттан лаппа кыахтааҕа. Өссө хайыһарынан, буоксанан, тустуунан утумнаахтык дьарыктанара. Оскуолаҕа олус үчүгэйдик үөрэммитэ, ордук суот-ахсаан өттүгэр ураты дьоҕурдааҕа, олимпиадаларга кыттара. Өй-санаа өттүнэн сайдарыгар, олоххо дьулуурдаах, ылыммыт дьыалаҕа бэриниилээх буоларыгар улахан эдьиийэ, француз тылын учуутала Аксиния Ивановна иитиитэ сүрдээх элбэҕи биэрбитэ. Кини РФ уонна СӨ үтүөлээх учуутала, «Учууталлар учууталлара» үрдүк ааты сүкпүт, бырааттарыгар, балыстарыгар күн-күбэй ийэлэрин солбуйбут үтүөкэннээх киһи этэ.
Петя, орто оскуоланы бүтэрэн баран, оччотооҕу ыччат сиэринэн, сопхуоска үлэлээбитэ. Сэбиэскэй Аармыйаҕа Томскай уобалас хоту эҥээригэр «ракетные войска стратегического назначения на Севере» диэн кистэлэҥ чааска отделение хамандыырынан сулууспалаан, түөһүгэр «За воинскую доблесть» мэтээллээх эргиллибитэ. Итиэннэ, үгүс дьону соһутан, бастыҥ ахсаанньыт уоллара 1971 cыллаахха Томскай куоракка медицина институтугар туттарсан киирбитэ. Маҥнайгы кууруска сахалар иккиэ эрэ этилэр. Оскуоланы саҥа бүтэрбит 16-лаах эрэ кыысчааҥҥа, Наташа Петроваҕа (Наталья Ивановна Васильеваҕа), аҕа саастаах Петя Захаров дурда-хахха, убай курдуга. «Мин кинини үрдүк уҥуохтаах, ис киирбэх номоҕон дьүһүннээх, сүрдээх дьуоспуруннаахтык тутта-хапта сылдьар, сиппит-хоппут улахан киһи курдук көрөрүм. Уопсайынан даҕаны, Петя, кууруспут 300 устудьуонун ортотугар бэлиэ киһи этэ. Бастакы кууруска бары даҕаны анатомияны олус ыарырҕаппыппыт. Хас уҥуох бары үүтүн-хайаҕаһын, иһин-таһын, уҥатын-хаҥаһын сахалыы өйдөөн, нууччалыы, латыынныы ааттарын өйбүтүгэр тутаары киэһэ хараҥарыар диэри анатомкаҕа олорорбут. Кэлин эрдийэн, өссө уҥуохтарбытын үллэстэн, суумкабытыгар уктан, уопсайбытыгар аҕалан үөрэтэр буолбуппут. Араас көрүдьүөс элбэх буолара. Петя үөрэммитин устата биирдэ даҕаны “кутуруктамматаҕа”, экзамены, зачету кэмигэр туттаран иһэрэ. Кини холку, көнө майгылааҕа, ол эрээри бигэ, кытаанах сүрүннээҕэ биллэр этэ.
Сахалар олус түмсүүлээх буоларбыт. Петялаах Айта ыал буолан туспа барбыттарын кэннэ кинилэргэ ыалдьыттыы тиийэрбит. Мин үөрэммитим тухары Петя эрэллээх эркиним этэ. Алтыс куурустан иккиэн хирурдар бөлөхтөрүгэр үөрэммиппит. Кэлин дойдубутугар эргиллэн хирурдуур кэммитигэр даҕаны өйөһөр этибит. Күн бүгүҥҥэ диэри хаххалаах курдук сананабын», – диэн истиҥник ахтар Наталья Ивановна Васильева, СӨ социальнай көмүскэлин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, СӨ I кылаастаах судаарыстыбаннай сүбэһитэ.
Томскайдааҕы мединституту 1963 cыллаахха Петр Иванович ийэтинэн чугас аймаҕа хирург Иван Афанасьевич Полятинскай үөрэнэн бүтэрбитэ. Кини устудьуоннуур сылларыгар хайыһарга чөмпүйүөннээбит хаартыската институкка көстүүлээх сиргэ ыйанан турара. Иван Афанасьевич санавиация хирура буолан, Кэбээйигэ ыҥырыыга кэллэҕинэ, Захаровтарга чэйдээн ааһара. Сороҕор эпэрээссийэлээбит ыарыһаҕар бэйэтин хаанын куттаран, эдьиийиттэн хомуруллар буолара. Петр Иванович, талааннаах хирург таайын аатын түһэн биэрбэккэ, институкка чаҕылхайдык үөрэммитэ. Үөрэҕин быыһыгар, харчылаһаары, сиэмэннээх, таас чохтоох вагоннары сүөкээһиҥҥэ куруусчуттуура. Бу олус быыллаах, кирдээх үлэҕэ оробуочайдар сөбүлэспэттэрэ, ол иһин уопсайга олорор устудьуоннары ыҥыраллара. Ити күүстээх үлэ кэнниттэн хас да күнү быһа хараҕар, айаҕар, тыынар уорганнаргар иҥэн хаалбыт быыл дэлби аалан эрэйдиирэ. Өссө күннээх Кубаттан кэлбит сүүнэ улахан, 120 киилэлээх саахары сүгэр-көтөҕөр олус ыарахан, илистиилээх буолара. Ол саахар, аара айаҥҥа сиигирэн, тааһыран, ыйааһына өссө эбиллэр быһыылааҕа.
Петр Ивановичтыын тэҥҥэ Томскайга үөрэнэ кэлбит ыччаттар ортолоругар политехническай институт устудьуоннара Андрей Саввич Саввинов (кэнники физика, математика наукаларын кандидата, философия наукатын доктора, профессор), Николай Макарович Парников (кэнники сахалартан бастакы Россия бочуоттаах энергетигэ, өр сылларга «Вилюйский ГЭС-3» ААО уонна «Сахаэнерго» генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн депутата), Николай Иннокентьевич Слепцов–Сылык, космофизик, биоэнергетик, чараас эйгэни чинчийээччи уо.д.а. бааллара. Билигин «томичтар» диэн ааттанар дьон ол саҕаттан арахсыспат атас, истиҥ доҕор буолбуттара.
***
Петр Ивановичтан кэскиллээх хирург тахсар чинчитэ эрдэттэн биллибитэ. Томскайга үөрэнэр устудьуоннар ортолоругар «Захаров диэн саха уола биллиилээх профессордар эпэрээссийэлииллэригэр ассистенныыр үһү» диэн сурах дуорайара. Оччотооҕу устудьуон доҕотторо оччоттон баччаҕа диэри кининэн киэн тутталлар. Холобур, Бүлүүттэн «томич», Арассыыйа үтүөлээх радиһа, инженер радиотехник Дмитрий Тарасович Иванов саха саарыннарын – медицина наукатын доктора Петр Захаров уонна философия наукатын доктора Андрей Саввинов урут бэлэхтээбит хаартыскаларын булан ыыппыт уонна маннык анаарыыны суруйбут: «…Икки хаартысканы холбуу тутан, ортотугар буруһуунаҕа (пружина) майгынныыр уруһуй эбэн, “композиция” толкуйдаатым. Андрей Саввич Томскайдааҕы судаарыстыбаннай университет учуонайдарын бөлөҕөр кыттан, “тимир өйө” (“память металлов” тиэрмини сахалыы тылбаастаата М.П. Алексеев–Дапсы) сплавы аан дойдуга бастакынан айбыттара. Кардиохирурдар, ол иһигэр Петр Захаров “тимир өйө” сплавынан оҥоһуллубут буруһуунаны (стент) сүрэх тымырын иһигэр олордон, элбэх дьон олоҕун быыһаабыттара. Саҥа матырыйаалынан оҥоһуллубут буруһуунаҕа сылаас дьайыытын уларытан, боробулуоха курдук чиккэччи тардан баран, киһи тымырын устун зонд көмөтүнэн киллэрэн, туһааннаах миэстэтигэр хаалларан, зонду төттөрү хостоотохторуна, чиккэйбит боробулуоха тымыр иһинээҕи сылаас дьайыытынан урукку бэйэтин көрүҥүн ылан, төттөрү буруһуунаҕа кубулуйар.
Хаартысканан композицияны быһаарар буоллахха маннык: А.С. Саввинов хаартыскатын “тимир өйүн” айбыт учуонайдар бөлөхтөрүн уобараһын курдук көрөбүн. Оттон П.И. Захаров хаартыскатын саҥа айыллыбыт технологияны олоххо киллэрбит кардиохирурдар уобарастарын курдук көрөбүн. Бу технологияны айарга биһиги бэйэбит сахабыт уолаттара кыттыгастаахтарын элбэх киһи билбэтэ буолуо диэн дьон-сэргэ киэҥ араҥатыгар таһаарбыт киһи диэн баҕа санааттан суруйдум».
Дьэ кырдьык, эрэ диибит. Билигин Саха сиригэр итинник «буруһууна» сылга тыһыынчанан ыарыһахха туруоруллан, үгүс дьон олоҕун уһатар, олус киэҥник туттулар ньыма буолла.
***
Бары билэр киһибит, сахаҕа эмиэ биир ураты суоллаах-иистээх Николай Иннокентьевич Слепцов–Сылык доҕорун эдэркээн саастарын кэрэ кэмнэрин сэргэхтик арыйда: «…Оччолорго саха устудьуоннара соччо элбэҕэ суох этибит. Арааһа 80-ча буолуохпут эбитэ буолуо. Үөрэхпитин бүтэрэрбит саҕана 200-тэн тахса буолбуппут. Саха түмсүүтэ бэрт көхтөөхтүк үлэлиирэ. Ону үрдүкү куурус устудьуона талыллан салайара. Институттартан бэрэстэбиитэллэр сүбэ-кэмитиэт чилиэннэринэн буолаллара. Онно Петя даҕаны, мин да ол сүбэҕэ талыллан элбэхтик бииргэ сүбэлэһэн үлэлээбиппит. Андрей Саввинов кэлин президеннээбитэ.
Хас субуота, өрөбүл аайы Заварзино диэн сиргэ балааккаларынан хоно сытан сынньанарбыт, футбол, волейбол, баскетбол оонньуурбут, саас аайы ыһыахтыырбыт. Ыһыахха институттарынан хамаанда тэринэн ити көрүҥнэргэ уонна хапсаҕайдаһан, сырсан, атах оонньоон күрэхтэһэрбит. Онно Петя медиктэр хамаандаларын биир сүрүн спортсменнара этэ. Кини тустууга, боксаҕа I разрядтаах, институт боксаҕа чемпиона, самбоҕа да институкка миэстэлэспит киһи буоллаҕа. Аттыбытыгар түһэн сынньанар казах устудьуоннарын кытта мэлдьи күрэхтэһэрбит. Биирдэ айылҕаҕа эрчиллэ тахсыбыт Томскайдааҕы электролампа собуотун футболга хамаандатын кыайаммыт соһутан турабыт, ол биһиги олус күүстээхтик сомоҕолоһон сылдьыбыппыт биир чаҕылхай бэлиэтэ дии саныыбын. Айылҕаҕа бэрээдэк чааһын кытаанахтык тутуһарбыт: мээнэ аһааһын-сиэһин, итирии-кутуруу суох буолара – онно чөл олоҕу тутуһа сатыырбыт. Оччотооҕу кэм сиэринэн, дойдубутуттан ыраах куоракка, Сойуус биир аатырбыт үрдүк үөрэх киинигэр кэлэн, бу казахтары да кытта алтыһа сылдьан, саха норуотун аатын түһэн биэрбэт гына үчүгэйдик үөрэнэргэ, бэйэ бодобутун көрүнэн сылдьарга улахан эппиэтинэстээх буоларбытын үчүгэйдик өйдүүрбүт.
Ол да буоллар, сааһыран баран тугу кистэниллиэй, сороҕор төрөөбүт күннээн, доҕоттор аҕыйах буолан мустан бэлиэтиир этибит. Онно Петя, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан бэрээдэгэ мөлтөх буолан, комсомолга киирбэтэҕин быктаран турар. Аармыйаҕа ракета чааһыгар сулууспалыы сылдьан, атын омуктар атаҕастыы сатыылларын иһин, үгүстүк да буолбатар, охсуһан, боксер буоламмын, кэһэтэлиир этим диирэ. Бастакы тренерин, ИДьМ генерала Виталий Константинович Измеровы куруук истиҥник ахтара, кини тыйыс оскуолатын ааспытын кэпсиирэ. Мин Улан Удэ таһыгар Дивизионка диэн станцияҕа тааҥка чааһыгар тааҥка хамандыырынан сулууспалаабытым. Онно сулууспалаабытым тухары ким да кими даҕаны атаҕастаабат этэ, биирдэ да охсуспатаҕым, охсуһалларын да көрбөтөҕүм. Оннук идеальнай чааска сулууспалаабыт буоллаҕым дуу диэн кини кэпсээнин дьиктиргии истибитим, итэҕэйбэтэҕим. Арай биирдэ, уопсайга ким эрэ төрөөбүт күнүн бэлиэтии олордохпутуна, биир бөдөҥ-садаҥ көрүҥнээх нуучча уола киирэн арыгы көрдөөн киэптээтэ, оннук-маннык диэн үөхсэн киирэн барда. Петябыт оргуйан турда да, киһибитин “оннун булларан” кэбистэ. Дьэ онно көрөн соһуйбутум уонна итэҕэйбитим – кэпсиирэ мээнэ киһиргээһин, киэптээһин буолбатах, оруннаах эбит диэн.
Бастакы күһүммүтүгэр Заварзиноҕа Петя Айта диэн Өктөмтөн төрүттээх кыыһы көрсөн, таптал кыыма саҕыллыбыта. Айта оччолорго университекка механика уонна математика факультетыгар, оскуоланы бүтэрээт үөрэххэ киирбит буолан, 4-с кууруска программист үөрэҕэр үөрэнэ сылдьара. Ити тапталлара күөдьүйэн, 1972 сыл сааһыгар ыал буолан, уруу малааһынын тэриммиттэрэ. Ол тапталлара уостубакка 52-с сылларын бииргэ олороллор. Уоллаах кыыс оҕолонон, сиэннэнэн, ийэ-аҕа, эбээ-эһээ буолар дьолун биллилэр.
Аны ол күһүн, ыал буолбуттарын быһыытынан, ханна, хайдах дьиэ булунан олохсуйар түбүгэ буолла. Оччолорго биһиги бары даҕаны, кырыымчык олохтоох тыа ыалын оҕолоро буоларбыт быһыытынан, стипендиябытыгар эрэ олорорбут. Төһө кыалларынан төрөппүттэрбитин түбүгүрдүбэт буола сатыырбыт. Бэркэлээтэҕинэ, уһун өрөбүллэрбитигэр дойдубутугар барарга-кэлэргэ айаммытын төлөһөргө эрэ көмөлөһүннэрэрбит. Онон Захаровтар куорат киинигэр үчүгэй дьиэ дуу, хос дуу куортамныыр кыахтара суох буолан, кытыыга, Малокирпичнай диэн уулуссаҕа холомо (землянка) дьиэни куортамныырга күһэллибиттэрэ. Аайта бу дьиэтин ис бараанын киэргэтэн-тупсаран, ис киирбэх көрүҥнээн үтүөкэннээх хаһаайка буоларын тута көрдөрбүтэ. Холомо иккис хоһун мединститут педиатрия факультетын устудьуона Радомир Александров (билигин медицина наукатын кандидата, РФ уонна СӨ үтүөлээх бырааһа, неонатолог-педиатр, Медицина национальнай киинин неонатальнай блогун салайааччыта) куортамнаан, кинилэри кытта бииргэ олорбута.
1973 сыл сайын Айта дипломун үлэтин ситиһиилээхтик көмүскээн үөрэҕин бүтэрбитэ. Кини, ол да иһин, үлэ буларга кыһалҕаламматаҕа – университет иһинэн механика, математика наукалыы-чинчийэр институтугар алын наука сотруднигынан ылбыттара. Онон, хамнастаах уонна биирэ стипендиялаах буолан, өрө тыыммыттара. Эһиилигэр уол оҕолонон дьолломмуттара.
1975 сыллаахха маҥнай Петя аҕата Уйбаан кэлэн уолчааннарын ньээҥкэлэспитэ. Онтон Соня диэн эмээхсини булан наймыласпыттара. Хата, кинилэр дьоллоругар, наһаа кыһамньылаах үчүгэйкээн эмээхсин буолан биэрбитэ. Кинини «тетя Соня» диэн таптаан ааттыыллара. Онон Айта, үлэлиир кыахтанан, РЭУ-га (Региональное энергетическое управление) үлэҕэ киирбитэ. Кэлэктиибэ олус үчүгэй буолан үөрдүбүтэ. Онон үчүгэй дьоҥҥо наар үчүгэй тардыһар эбит диэн санааҕа кэлэҕин. Айта үлэтигэр билиитинэн-көрүүтүнэн, түргэнинэн-тарҕанынан олус сөбүлэппитэ, улаханнык ытыктаммыта. Ол да иһин профком, уһаппакка хамыыһыйа тэрийэн, кини олорор дьиэтин-уотун кэлэн көрбүтэ. Холомоҕо олороллорун көрөн соһуйбуттара уонна профкомҥа эһиил квартира биэрэр гына быһаарбыттара.
Мин, 1976 сыл сайыныгар үөрэхпин бүтэрэн, дойдубар төннүбүтүм. Доҕотторум Захаровтар, Петя институтун 6-с кууруһугар үөрэнэр буолан, холомолоругар олорон хаалбыттара.
Эһиилигэр Петя үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэр уонна дойдуларын ахтылҕана күүһэ бэрт буолан, квартира ылалларын кэтэспэккэ эрэ, дойдуларыгар көһөргө быһаарыналлар. Манна кэлэн 16 сыл устата экстреннэй хирург курдук ыарахан, аһара уустук идэҕэ үлэлээбитэ. Араас уорганын эчэппит тыһыынчанан киһи олоҕун быыһаабыта, доруобуйатын туругун тупсарбыта.
Дьэ Дьылҕа Хаан ыйааҕынан Петр Иванович дойдутугар кэлэн, олох ыарахаттарын, моһоллорун этэҥҥэ туораан, саха норуотун дьолугар талаана арыллан балысхан ситиһиилэннэ! Саха сиригэр бастакы кардиохирура тиийэ үүнэн, Россия Уһук Илиҥҥи уокуругар бастакынан сүрэҕи донортан атын киһиэхэ көһөрүү эпэрээссийэтин оҥордо – Таҥара курдук көрөр киһибит буолла!
Арай, ол квартираҕа ымсыыран, Захаровтар Томскайга хаалбыт буоллуннар… Дьылҕа Хаан кинини төрөөбүт дойдугар тиийэн норуотуҥ туһугар үлэлээ диэн анаабыт курдук…».
Бу ахтыы Петр Иванович табыллар табыллыыта, олоҕун дьоло – өрүү өйдүүр, өйүүр аргыһа Айталина Петровна эбитин өссө чиҥэтэн биэрдэ. Арай, кини бэйэтин тахсыылаах үлэтин өрө тутан, Томскайга олохсуйбут буоллуннар! Билигин, бука, Томскайдааҕы сүрэх киинигэр Петр Иванович Захаров диэн баай үөрүйэхтээх быраас баарын туһунан истиэхпит, билиэхпит, онно эмтэнэ бара сатыахпыт этэ. Оччотугар саха кардиохирургията хайдах буолуох эбитин таайар уустук…
***
Петр Иванович Дьокуускай куорат клиникалыы балыыһатын хирургияҕа отделениетын түбүктээх үлэтигэр оройунан түспүтэ. Суһал көмөҕө наадыйааччылар көрүллүбүт 75 куойкаҕа баппаккалар, үксүгэр 90-тан тахса ыарыһах көрүдүөрүнэн кытта сыталлара. Дьуһуурустубаҕа иккилии хирург турара.
– Биирдэ Петялыын дьуһуурустубалыы сылдьабыт, ыарыһах бөҕө киирдэ. Түүнү быһа утуу-субуу хас да эпэрээссийэни оҥордубут, сарсыарда «пятиминуткаҕа» (8 чаас 15 мүн. саҕаланар отделение дьуһуурустубаны туттарсар отчуоттуур мунньаҕар) кыайан бүтэн тахсыбатыбыт. Эпэрээссийэбит кэнниттэн сэбиэдиссэйгэ киирэн, кылгастык дакылааттаан баран, эпэрээссийэбит боротокуолун суруйа учебнай хоско (хата устудьуоннар суохтар, иллэҥ эбит) бардыбыт. Онно хирург эпэрээссийэ боротокуолун историяҕа суруйар, ассистент хирург этэн биэриитинэн сурунаалга куоппуйа оҥорор. Икки хас боротокуолу син балачча түргэнник суруйдубут. Ассистеннаабыт киһи, сурунаалга эпэрээссийэ боротокуолун куоппуйатын суруйа олорон, утуйан бара турар; хирург, саҥара олорор буолан, син сэргэх соҕус буолар. Сурунаалбытыгар ол-бу туора-маары бичик бөҕө тахсар. Туран сэргэхсийэ сатаан хамсанан, хааман ыла-ыла, күнүс үс чаас саҕана суруйан бүтэрдибит. Оннук көстүүлэр биһиги отделениебыт үлэтигэр олус сэдэҕэ суох буолаллара. Итинник түгэннэр саҥа саҕалаан эрэр дьон өйбүт-санаабыт олоҕун буларыгар, хирург быһыытынан буһан-хатан тахсарбытыгар туһалаабыттара улаханнык саарбахтаммата буолуо, – диэн ахтар Петр Иванович үөлээннээҕэ, торакальнай хирург Егор Иванович Макаров.
1982 сыл сааһыгар биир дьуһуурустуба кэмигэр үрдүк сололоох ыарыһах киирбитин көрсө министиэристибэ бас хирура, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Иван Иванович Мохначевскай кэлбитэ. Кини бу түүн хирург Егор Иванович Макаровтыын кэпсэтиитэ эдэр дьон дьылҕаларыгар быһаччы сабыдыаллаах буолбута. Ол туһунан Егор Иванович сиһилии маннык кэпсиир:
– «Эһиил өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа үлэҕэ киириэхтээх, онно үлэлиэхтээх торакальнай хируру ординатураҕа ыытар былаан баар, сөбүлэһиэҥ этэ дуо?» диэн буолла. Уонна «тымыр хирургиятыгар ординатураҕа миэстэ көрдөөн олоробут, ким эдэр уолаттартан сөптөөх кандидат буолуо дии саныыгын?» диир. Мин «Захаров уонна Сивакозов диэн эдэр үчүгэй уолаттар бааллар, арааһа, Петя ордук буолуо» диэтим. Ол оннук ааста.
Арай от ыйын саҕана быһыылаах, «Москваҕа икки ординатура миэстэтэ кэлбит, Захаровтаах Макаровы ыытарга былааннаабыттар, толкуйданан баран доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бас хируругар биллэрэр үһүгүт» диэн сурах кэллэ. Биһиги иккиэн тиэрэ түһэн кэбистибит. Мин кэргэним Уля биэс ыйдаах уолбутун көрөн, үлэлээбэккэ олорор, оттон Петя кэргэнэ Айта (ол саҕана олох сэдэх идэлээх киһи – программист-математик) Наука академиятын филиалыгар кыра хамнаска лаборант дуоһунаһыгар үлэҕэ киирбит кэмэ. Бэйэбит икки ардыбытыгар, баҕар, тугу эмэ кэпсэппиппит буолуо да, умнуллубут. Ол гынан баран, моһуокпут маарыннаһар – иккилии кыра оҕолордоохпут, киһилии дьиэбит-уоппут суох, икки сыл дьиэбититтэн тэлэһийдэхпитинэ, дьоммут олохторун ыарахаттара үксүүрүгэр тиийэр.
Онно Ольга Даниловна Тихонова, бииргэ үлэлиир кэллиэгэбит, стоматолог-хирург, олус дьаныһан туран, хайаан да үөрэнэ бардаххытына табыллар диэн биирдиилээн тутаттаан кэпсэтэн, өйдөтө сатаабыта. «Итиччэ үчүгэй миэстэлэри биэрэллэрин кэннэ, бу уолаттар хайдах буолаҕыт, ыт баһа кыһыл көмүс кытахтан төкүнүйбүтүгэр дылы», – диирин өйдөөн хаалбыппын. Ольга Даниловна кэргэттэрбитигэр – Айталаах Уляҕа тылын ылыннаран, куомуннаспыттар, биһиги «круговой прессиҥҥэ» түбэһэн, бэриннибит. Онон атырдьах ыйын бүтэһик күннэригэр «баспыт кыһыл көмүс кытахтан төкүнүйүмээри» Москваҕа аттанныбыт: Петя – А.Н. Бакулев аатынан сүрэх-тымыр хирургиятын институтугар, мин Бүтүн Сойуустааҕы хирургия киинигэр. Иккиэн – ССРС Медицинаҕа академиятын институттара.
Москваҕа айаннаан тиийэн, институттарбытыгар сылдьан, докумуоннарбытын туттаран, олоруохтаах уопсайбытыгар анал сурук ылан баран, болдьоспуппут курдук Октябрьскай метроҕа көрсөн, аллараа эскалаторынан түһэн иһэн: «Дьэ, московская бичевская жизнь началась», – диэбиппин санаан, билиҥҥэ диэри күлсэбит.
Бастаан тиийэн баран, метро уонна куорат картатын булуннубут. Улахан куоракка сылдьа үөрэммэтэх дьоҥҥо, метроттан таҕыстахпытына, илиммитин-арҕаабытын да быһаарар уустуктуктардаах курдук этэ. Төһө да карталаах сырыттарбыт, көрдүүр аадырыспытын була охсубакка, төттөрү-таары хаамыы, мэскэйдэнии бөҕө. Үчүгэйдик «ориентировкаланаары» Москва киин өттүн атахпытынан хаама сылдьан көрөргө былааннанныбыт, ол саҕана хайабыт да хаамары баҕас улаханнык ыарырҕаппат эбиппит. Өрөбүл күннэрбитигэр – Кремль аттыттан саҕалаан, Бульварнай, Садовой кольцолары барытын – үлэ оҥостон хааман бүтэрдибит, кэм иннибитин-кэннибитин быһаарар буоллубут. ВДНХ-ҕа тиийэн бары аһаҕас павильоннары кэрийэн көрдүбүт. Москваны кытта билсиһиибит итинник саҕаланна.
Бастаан тиийэн баран, араас этээстэргэ түбэспиппит, биир-икки ыйынан иккиэн биир хоско олорор буолбуппут. Олорор уопсай дьиэбититтэн үөрэнэр сирбитигэр диэри 1,5 чаас курдук айанныыбыт. Мин үксүн биир куорпуска үөрэнэбин, онон ороҕум биир. Оттон Петя цикл аайы (сылга 10-тан тахса циклы барар этэ) аадырыһа уларыйан, саҥа маршрут оностор. Сарсыарда метро аттыгар «забегаловка» кафе баар, онно киирэн туох эмэ сылааһы аһаан ааһабыт. Куорат киинигэр диэри бииргэ айанныыбыт, онтон араас линияларга туораан арахсабыт. Үлэбит сарсыарда 8 аҥаартан саҕаланар, эпэрээссийэҕэ эбэтэр библиотекаҕа тардыллыбатахпытына, күнүс 4 чаас саҕана бүтэбит.
Үлэбит быыһыгар конференцияларга, симпозиумнарга, Москва хирургияҕа обществотын мунньахтарыгар сылдьабыт. Оннук түмсүүлэргэ академиктар, Сойуус биллиилээх профессордара кэлэллэр, сороҕор араас хайысхалаах оскуолалар дискуссияларыгар, бэйэлэрин көрүүлэрин көмүскээн, эт-хаан баранар киирсиитэ буолар. Онно истэ олорон: «Бу учуонай сөпкө да этэр эбит», – дии саныы олордоххуна, атын профессор тахсан төрүт да атыннык этэн-тыынан бардаҕына: «Ээ, бу оскуола үөрэҕэ, арааһа, сөп быһыылаах», – диэн санааҥ адьас тиэрэ эргийэн хаалар да түгэннэрэ баар буолаллара. Ол курдук, ырыталлара киэҥэ, олохтооҕо, ырыҥалыыллара итэҕэтиилээҕэ, киһиэхэ тиийимтиэ саҥалара – кырдьык да улахан билиилээх учуонайдар, киһи хараҕар ырылыччы көстөр дьоннор этилэр. Ол дьон ууларыгар-хаардарыгар киирэн, саҥаран-иҥэрэн бардахтарына, хайдах эрэ уҥуохтуун уһаабыт, улааппыт курдук буолан хаалаллара.
Үөрэхпит диэххэ дуу, үлэбит диэххэ дуу (биһиги иккиэн хирурдаабыт ыстаастаах дьон клиникалыы ординатураҕа киирдэхпит дии) кэнниттэн, эбэтэр өрөбүл күннэрбитигэр дьиэбититтэн чугас баар «Баку» кинотеатрга сылдьабыт, ол-бу күрэхтэһиилэргэ, кэнсиэрдэргэ сылдьа сатыыбыт. Ол эмиэ бириэмэбититтэн уонна хармааммытыттан тутулуктаах.
Петя – наһаа кэпсэтинньэҥ, элэккэй, дьону кытта кэпсэтии орто сүнньүн түргэнник булумтуо киһи. Хаһан да санаабатах, үөйбэтэх өттүттэн кими эрэ кытта көрсүбүтэ-билсибитэ баар буолар. Ол өттүнэн биһиги улаханнык уратылаһабыт дии саныыбын, нууччалыы эттэххэ «диаметрально противоположные» – мин билбэт дьоммор тоҥуй соҕуспун, мээнэ кэпсэтэн, саҥаран испэппин. Биирдэ Москва куорат боксаҕа чемпионатын көрө «Динамо» спорткомплекска тиийдибит. 51 киилэҕэ биир Анатолий Филиппов (кэлин 1992 сыллаахха олимпиадаҕа кыттыбыта) диэн моторус курдук киппэ азиат уол баар, ЦСКА хамаандатыттан. Арааһа, саха быһыылаах, эмиэ да бурят эбитэ дуу диэн мунаардыбыт. Петя «разведкаҕа» барар буолла, мин үөһээ миэстэбэр хааллым. Биир хапсыһыы кэнниттэн уолбут тахсан иһэр. Көрдөхпүнэ, Петя аллара түстэ, уол аттынан ааһан истэҕинэ, киһитэ чинэрис гына түстэ, эргилиннэ, тохтуу түһэн кэпсэттилэр, Петя эҕэрдэлээтэ, саҥалара иһиллибэт. Киһим санаата көтөҕүллэн кэллэ: «Аттыгар чугаһаан иһэн сахалыы «сахаҕын дуо?» диэбиппэр, киһим соһуйда, эҕэрдэлээтим», – диир. Биир дойдулаахпытын булан көрсөн, киһибитигэр ыалдьан ыһыы-хаһыы үксээтэ, судьуйаны «на мыло!» хаста да ыыттыбыт, көрдөрөн туран балыйаары гынар ээ. Финалга маастарга түбэстибит, рефери аһаҕас бэрчээккэнэн охсоҕун диэн сэрэтэн, биһиги уолбутун устаары гынар (судьуйа маастарга ыалдьа турара көстөр). Хата, ону бас судьуйа (Валерий дуу, Евгений дуу Фролов этэ) уһултарбата, мегафонунан «пусть продолжают бой» диэтэ. Кыайан чөмпүйүөн буоллубут, уолбутун илии тутуһан эҕэрдэлээтибит.
Сийиэстэр Дыбарыастарыгар испэктээккэ сылдьан, тохтобул кэмигэр Петя 1964 сыллааҕы Токиотааҕы олимпиада буоксаҕа 63,5 киилэ ыйааһыҥҥа үрүҥ көмүс призерэ Виликтон Баранниковы булан билистибит, адьас биир дойдулаахтар курдук көрүстүбүт. Дьиҥэр, биһиги урут кинини хаһыаттан, араадьыйаттан эрэ билэр киһибит буоллаҕа, ол саҕана телевизор суоҕа. Онно Петя оскуолаҕа бэйэтин кэмигэр аатырбыт генерал В.К. Измеров үөрэнээччитэбин диэн кэпсээн, Баранниковы сүрдээҕин сэргэхсиппитэ. Томскайга студенныы сылдьан, боксаҕа бииргэ дьарыктаммыт бурят табаарыстарын туһунан кэпсээн, чемпиону кытта өссө күүскэ чугаһастыбыт. Киһибит, ким эрэ атаҕастаары гынар буоллаҕына, миэхэ эрийээриҥ диэн телефонун суруйан биэрбитэ, ону Петя блокнотугар куруук илдьэ сылдьар буолара. Ол эрээри икки сыл уопсайга олорорбуппут тухары ким да биһигини тыыппатаҕа, төттөрүтүн Петя, элбэх табаарыстаах буолан, кинилэри батыһыннара сылдьан улахан бырааһынньыктарга «бэрээдэк» олохтуурун өйдүүбүн. Оччотооҕу тиэрмининэн эттэххэ, «кинини утары ким да көрбөт» этэ. Оччотооҕуга мин саахымакка оонньуурбун сөбүлүүр этим, биир да киһиэхэ кыайтарбатаҕым. Петя онтон астынан: «Сахалар өйбүтүнэн да, күүспүтүнэн да барыларын баһыйа сылдьабыт», – дии-дии күлэр-үөрэр этэ.
1982 дуу, 1983 дуу сыллаахха ЦСКА спорткомплекска ССРС саахымакка чемпионатын көрө бардыбыт. Ол саҕанааҕы Сэбиэскэй Сойуус биллэр гроссмейстердарын барыларын илэ, уу харахпытынан көрөн, оонньууларыгар улаханнык наадыйбатарбыт, сэҥээрбэтэрбит да, астынан кэллибит. Аллараа оонньуур сирдэригэр киллэрбэттэр эбит, үөһээ трибунаҕа олорон көрөбүт. Сабыылаах манежка элбэх баҕайы саахымат остуола тардыллыбыт, ааттара-суоллара, спортивнай чыыннара-хааннара ыйыллыбыт таблицалардаах, турнир таблицата тута толоруллан иһэр. Онно хаартыскаҕа түһэрэр, автограф ылар эҥин туһунан санаа охсуллубатах эбит. Син оччо мустан баран, пресс-конференцияны, ыалдьааччылары кытта көрсүһүүнү тэрийдэхтэрэ дии.
Иккис сылбытыгар, дьуһуурустубалаан баран, үлэбиттэн эрдэ соҕус кэллим. Киирэн вахта аттынан ааһан истэхпинэ, дьуһуурунай: «Как чувствует твой сосед?» – диэн ыйытар. «А что случилось с ним, я с дежурства пришел», – диэтим. «Вчера на трех машинах скорой помощи в предсмертных судорогах на носилках увезли, куда не сказали, у скорой свое какое-то распределение», – диэни истэн сүрэҕим парк гынна, уолаттары көрдөөбүтүм, ким да кэлэ илик. Секциябар киирдим, киргиис ыалбыт кыыс баар эбит. «За стенку упирался, сильные судороги были, даже кричал», – диэн кэпсээтэ.
Суһал көмөҕө эрийэн, суол-иис министиэристибэтин балыыһатыгар инфекция отделениетыгар илдьибиттэрин биллим, ол балыыһа справочнайыттан чуолкайдастым, «тихий час» кэнниттэн кэлэн билсиэххин сөп диэн буолла. Онно тиийбитим, көрсүһүннэрбэттэр эбит. Сытар палаататын эттилэр. «Билигин капельницаҕа сытар, ол кэнниттэн “внутренняй” төлөпүөнүнэн ыҥыттараар», – диэтилэр, «Боржоми» илдьибиппин ыллылар. Чаас курдугунан эрийбиппэр, киһибин ыҥырдылар, онуоха, балачча буолан баран, төлөпүөҥҥэ кэллэ. Киһим саҥата мөлтөөбүт, ол гынан баран күлэр: «Ыыһаммыт балыкка сүһүрэммин, өлө сыстым. Билигин судорогам ааста», – диир. Киэһэ уолаттары буллум, ким да ыалдьыбатах, бары үчүгэйдэр. Киһим балыыһаттан тахсыбытын кэннэ хайдах эн эрэ сүһүрдүҥ диэн ыйытабын. Онуоха: «Ээ, ол дьон биһиги ыыһаммыт күндүөпкэбитин барытын хайгыы-хайгыы сиэбиттэрэ. Мин кинилэр сазан диэн ыыһаммыт балыктарын, собоҕо маарыннатан, үрдүгэр түһэн иэдэйдим быһыылаах», – диир. Онон кэбээйилэр балыкка ботуруйуоттуу сыһыаммыт буората сыспыттаах…
«Дьэ ити курдук икки сыл ааһа охсон, үлэбитин-үөрэхпитин түмүктээн, дипломнарбытын илиибитигэр тутан, ССКП икки генеральнай сэкирэтээрин көмөллөрүн көрөн, дойдубутугар 1984 сыл сайыныгар этэҥҥэ эргийэн кэллибит», – диэн Егор Иванович кэпсээнин түмүктүүр.
Манна эбэн эттэххэ, Петр Иванович саҥардыы атаҕар уйуттаатын кытта кэргэнэ сүрэҕинэн ыалдьан балыыһаҕа киирбитин туһунан тэлэгирээмэ тирилээн кэлбит. Кырачаан оҕолорун эдьиийдэрэ көрө ылбыт. Ыран аҥаара хаалбыт, кумааҕы курдук кубарыйбыт ыал аҕата Айтатын ыарыылыы Дьокуускайга көтөр. Күн ахсын балыыһаҕа ас таһар. Эргэ баҕайы сылытар-сылыппат билиитэҕэ, эт-тирии баранан, үс чааһы быһа кэтэһэн миин буһарар.
«Абаланан, билиитэбин түҥнэри тэбэн түһэриэхпин баҕарабын. Хата, мин дьолбор, доҕорум, хирург Валерий Сергеевич Петров, ити кэмҥэ гаастаах кыбартыыраҕа көһөр буолан, буор босхо “Мечта” оһоҕун биэрэн абыраабыта. Ону күн бүгүҥҥэ диэри наһаа истиҥник махтана саныыбын. Айтабын атаҕар туруоран баран, хайыахпыный, эмиэ соҕотохтуу хаалларан, салгыы үөрэнэ барбытым», – диир Петр Иванович.
Дьэ мүччүргэннээх сырыылаах ординатура диэтэҕиҥ! Сүрэхпит хируруттан букатын даҕаны ытыспытын сотто матан хаалыахпытын, сап саҕаттан салҕанан, олох суола иннин хоту дьулурутан истэҕэ…
***
1984 cыллаахха академик А.Н. Бакулев аатынан Сүрэх-тымыр хирургиятын институтугар клиникалыы ординатураны бүтэрэн, Петр Иванович Өрөспүүбүлүкэ клиникалыы балыыһатыгар кэлэр. Онно кини өссө биир эрэллээх доҕорун, күн бүгүҥҥэ диэри сарын-сарынтан өйөһөн үлэлиир киһитин – анестезиолог-реаниматолог Кузьма Ильич Колосовтыын көрсөр. Кузьма Ильич доҕорун туһунан сэһэргиирэ элбэх. Холобур, кини олус кыахтааҕын, дьээбэҕэ-хообоҕо хардаран, биир биллиилээх бырааһы өрө көтөҕөн ылан, холкутук хааман тиийэн, халаат ыйыыр ыскаап үрдүгэр олордон кэбиһэн, профессор Петр Николаевич Бушковы улаханнык соһуппутун күлэ-үөрэ ахтар. Аны тулуура диэн сүрдээх. Биэс-алта чааһы быһа дьирэччи тэбинэн эпэрээссийэҕэ туран баран, түүн төннөн кэлэн, ыарыһаҕын көрөн-билсэн барарын сөҕөр. Дьиҥнээх эр киһилии киэҥ көҕүстээҕин, хаһан да ыгылыйа, тырытта сылдьыбатын, кэпсэтинньэҥин, эйэҕэһин, көрү-көрүдьүөһү өрө тутарын, куруук үчүгэйи ыралыыр мааны майгылааҕын, ханнык да ыарахан түгэҥҥэ санаатын түһэрэн, самнан хаалбатын бэлиэтиир. «Иҥнэн-толлон турбакка, тоҕоостоох түгэҥҥэ, хомустуон, ыллыан, алгыстыан да сөп. Сиргэ-уокка сылдьарын, бултуурун-алтыырын, ордук дойдутугар Кэбээйигэ муҥхалыырын сөбүлүүр. Кини айылҕаттан кыраҕы харахтаах, мындыр тарбахтаах буолан, ханнык баҕарар үлэни эҥкилэ суох толорор: массыынаны талбыт өрөмүөннүүр, дьиэни да тутар, миэбэли да чөлүгэр түһэрэр. Ол эрээри, кини сүрүн сатабыла, муҥура суох таптыыр идэтэ – кардиохирургия», – диэн түмүктүүр СӨ үтүөлээх бырааһа Кузьма Ильич Колосов.
1992 cыллаахха «австрийскай» эмтиир киин, билиҥҥинэн, М.Е. Николаев аатынан Медицина национальнай киинэ арыллан, Петр Иванович тымыр отделениетын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Сотору кэминэн медицина билимин кандидатын истиэпэнин көмүскээбитэ. Онтон аҕыс сылынан, кардиохирургия отделениета арыллан, тигинэччи үлэлээбитинэн барбыта. 2014 сыллаахха үөрэммит А.Н. Бакулев аатынан Сүрэх-тымыр наукалыы киинигэр доктордыы диссертациятын чаҕылхайдык көмүскээбитэ.
СӨ үтүөлээх бырааһа, Медицина национальнай киинин 2 №-дээх хирургия отделениетын үрдүк категориялаах хирура, медицина билимин кандидата Валерий Дидимович Слепцов эн-мин дэһэр доҕорун кытта эдэр саастарыттан бииргэ үлэлииллэр: «Олохпут хас биирдии түһүмэҕэр норуот махталлаах өйүгэр-сүрэҕэр үйэлэргэ уйаланар дьоруойдар төрүүллэр. Ол курдук, Петр Иванович Захаров саха омукка Сергей Зверев, Гаврил Колесов, Роман Дмитриев курдук уһулуччу талааннаах дьон кэккэтигэр киирсэр дии саныыбын. Кини эмтиир эйгэ сайдыытыгар кылаата сөҕүмэр улахан. Дьиҥ-чахчы кырдьыктаахтык, Россия хирургиятын биир тумус туттар киһитин быһыытынан билиниини ылыан ылла.
Биһиги интернатура саҕаттан билсибиппит. Арай биирдэ практикабыт кэмигэр оҕуруот аһын харайар сылаас ыскылаат туттубут. Онно кини бөдөҥ баҕайы бэрэбинэлэри бэрт чэпчэкитик үөһэ анньан биэрэрин көрөн саллыбыппытын өйдүүбүн. Ол туох да киһиргэһэ суох, буолар буолуохтааҕын курдук этэ.
Икки кыра оҕолоох, кырдьаҕас аҕалаах киһи, ханнык да үлэттэн толлубакка иннинэн сылдьара. Хара маҥнайгыттан үчүгэй хирург быһыытынан биллэн-көстөн барбыта. Элбэхтик оройуоннарга ыҥырыыга көтөрө. Биирдэ туохтан эрэ иҥнэн хаалан, Петя айаннаабат буолбутугар, кини оннугар Орто Халымаҕа тиийбитим. Бары нэһилиэктэртэн варикозтаах ыарыһахтар кэтэһэн олорор этилэр. Инньэ гынан, үс хонук иһигэр 18 киһини эпэрээссийэлээбитим. Кыһалҕалаах дьоҥҥо барыларыгар көмөлөстүм диэн астынан аҕай төннүбүтүм даҕаны, Дьокуускайга кэлбиппэр санитария ирдэбилин кэспиккин диэн мөхпүттэрин өйдүүбүн.
Петр Иванович, бэйэтэ бас билэр муннуга суох буолан, дьиэттэн дьиэҕэ, куортамтан куортамҥа көһө сылдьара. Ол эрээри, хаһан даҕаны онтон санаатын түһэрбэтэҕэ, орто дойдуга кини саҕа дьоллоох киһи суох курдуга. Кэлин иккиэн утуу-субуу кыбартыыра ыламмыт, көһөрбүтүгэр хардарыта көмөлөһүспүппүт. Үлэбитигэр эмиэ оччоттон баччаҕа диэри бэйэ-бэйэбитин өйөһөбүт.
Петр Иванович Москваҕа ординатураҕа үөрэнэр кэмигэр профессордар сөбүлүүр, киэн туттар киһилэрэ этэ. Биир тапталлаах профессора А.В. Покровскай кинини кытта анаан-минээн түспүт хаартыската Б.В. Петровскай аатынан хирургия киинин музейыгар бастыҥ, көстүүлээх сиргэ ыйаммыта. Бу музейга хирургия улахан ситиһиилэрэ уонна олус суолталаах сэдэх экспонаттар көрдөрүүгэ тураллар. Холобур, 1828 cыллаахха тахсыбыт И.В. Буяльскай анатомияҕа атлаһа баар. Аны, худуоһунньук А.И. Самсонова–Сууралдьыма дипломун көмүскүүрүгэр Петр Иванович мэтириэтин уруһуйдаабыт хартыыната тута Россия таһымыгар харахха быраҕыллан, Токиоҕа быыстапкаҕа ыытыллыбыта. Ити дьиктилээх түгэннэри мин дьылҕа бэлиэлэрэ дии саныыбын.
Петр Иванович хаһан даҕаны чэпчэки суоллары көрдөөбөтөҕө. Ол иһин даҕаны сүрэх хирургиятын таллаҕа. Кини улууканнаах учууталларын – В.В. Пекарскай, А.В. Покровскай, Л.А. Бокерия, Ю.Л. Шевченко курдук академиктар эрэллэрин, итэҕэллэрин толордо. Санаабар, доҕорум салайар кардиохирургия отделениетыгар киирдэхпинэ, салгынныын атыҥҥа диэри. Манна ураты истиҥ, сайаҕас, истиҥ сыһыан, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыл баара биллэр. Сэбиэдиссэй аптарытыата олус үрдүк. Үлэһиттэрэ бары – эрэллээх үөрэнээччилэрэ, солбуллубат көмөлөһөөччүлэрэ. Петр Иванович – норуотун билиниитин ылбыт эмчит буоларыгар тус бэйэтин өҥөтө баһаам. Ол – кини бары ыарахаттары эрдээхтик уйуута, үөрүнньэҥ, аламаҕай майгытын, ис кыаҕын, үтүө санаатын, тулуурун, дьулуурун – дьиҥнээх киһи киһитин бастыҥ өрүттэрин өрө тута сылдьыбыта буолар».
***
Эмтиир эйгэҕэ саха тыла көйгөтүллэр дьылҕатын, быраас уонна ыарыһах алтыһыыларын суолтатын туһунан өссө 1935 cыллаахха Суорун Омоллоон «Бэйэтэ эмтиэкэ» кэпсээнигэр таба этэн турар. Омос аахтахха, ньүдьү-балай Макаары элэктиир курдук көрдөөх-күлүүлээх айымньы иһэ истээх, түгэхтээх, өтө көрөр күүстээх эбит. Холобур, Макаартан аатын ыйытарыгар нууччатымсыйбыт сиэстэрэ кыыс, көнөтүнэн «аатыҥ кимий» диэбэккэ, «киминэн ыҥырыллаҕын» диэн олуонатык ыйытан ууга-уокка түһэрэр. Билигин даҕаны тыа сириттэн көрдөрүнэ кэлэр, эмкэ киирэр дьон ол кэпсээҥҥэ курдук «биир кэм көп-көбүөхтэс, кып-кыймаҥнас, лоп-лоһурҕас, кып-кыычырҕас, туп-туртаҥнас, күп-күлүмнэс» килиэ-халаа баараҕай балыыһа аанын аһаат, ол Макардыы төһөлөөх долгуйууну, толлууну, мучумааны ааһаллара буолуой? Ордук түгэх тыа сирин от оттуур, оһох оттор, сүөһү-ас тутар дьоно, үлэҕэ үтүрүйтэрэн көрдөрүммэккэ, билиммэккэ сылдьан баран, сүрэхтэрэ улаханнык эмсэҕэлээбитин, эпэрээссийэлэнэр турукка киирбиттэрин эмискэ билэр түгэннэрэ баар. Онуоха куорат сиргэ, улахан эмтиир кииҥҥэ, кардиохирургия отделениетыгар Петр Иванович уу сахалыы быһаарыытын истэн, ылынан, санаалара бөҕөргөөн, ыарыыны кытта туруулаһар турукка киирэллэрэ туохха да тэҥнэммэт. Эмчит киһини, бука, ыарыһахтарын кытта күннэтэ ылахтаһан, илдьиритэн кэпсэтэр идэтэ сахалыы сурукка сирдээн аҕаллаҕа. Петр Иванович дьоҥҥо өйдөнүмтүө, туһалаах буоллун диэн, уустугу судургутутан, нууччалыыны, латыынныыны сахатытан, үгүс тиэрминнэри бэйэтэ тобулан, хайдах сатанарынан айан, сүрэх эмчититтэн сүрэх сэһэнньитин уустук суолун, эмиэ бастакынан, солоотоҕо. Маныаха кини төрөөбүт төрүт тылын дэгэтин дириҥник баһылаабыта туһалыыр. «Сүрэх хирург хараҕынан» кинигэ биһирэмигэр Петр Иванович оскуолаҕа үөрэппит учууталыгар Егор Егорович Эверстовка дириҥник махтаммыта. Егор Егорович, оҕолор тиэмэлэрин билбэтэхтэринэ, киэһэ хойукка диэри кылааска хаалларан үөрэтэр эбит. Ол курдук, саха тылыгар уонна уран суругар уһулуччу бэриниилээх учуутал уһуйуутун, кытаанах кыһатын ааһан, ийэ тылга уҕараабат тапталы этигэр-хааныгар иҥэриммитэ номнуо иккис сахалыы кинигэтэ буолан тоҕо тэбэн таҕыстаҕа. «Айар» кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ Надежда Андросова этэринэн, 2000 ахсаанынан тахсыбыт кинигэ кылгас кэм иһигэр атыыланан, номнуо бүтэн эрэр. Ол аата, сүрэх сэһэнньитин киэҥ ис хоһоонноох суруйуута – норуотун сүрэҕэр истиҥ уонна чугас буоллаҕа! Сүгүрүйэр эмчиппит айар аартыга арыллан, өссө да саҥа кинигэлэринэн үөрдүө диэн эрэнэбит.
Мария Алексеева – Арылы Дуйдаах
«Чолбон» сурунаал 2023 сыл, №1