VII норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия түһүлгэтэ саҕаланна
Поэзия иэйиитинэн, норуот тылын сүмэтин, дууһатын илдьэ сылдьарынан литература жанрдарыттан ураты. Араас норуоттары сомоҕолуур кыахтааҕын көрдөрөн кэлбит «Үрүҥ хаар алгыһа» VII норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия түһүлгэтэ саҕаланна. Фестиваль 2012 сылтан саҕалаан икки сылга биирдэ ыытыллар. Саха сирин суруйааччыларын сойууһа тэрийэн ыытар фестивала саха литературатын сайдыытыгар ураты улахан суолталанан, буолан ааспыт алта тэрээһин тухары араас дойдулартан поэттар кэлэн кыттан, үгүстэрин кытта ыкса сибээс олохтонон, хардарыта тылбааска кинигэ таһаарыытыгар улахан хамсааһын таҕыста. Фестивальга Польша, Турция, Вьетнам, Англия, Сербия, Болгария, Азербайджан, Казахстан, Кыргызстан, Россияттан, Татарстан, Дагестан, Башкортостан, Бурятия, Тыва, Алтай, Хакасия, Карелия поэттара кыттыбыттара. Ол курдук, бастакы фестиваль кыттыылааҕа, Польша поэта Александр Навроцкай саха аныгы поэзиятын антологиятын Варшаваҕа таһаарбыта. Онтон салгыы фестиваль кыттыылааҕа Экбер Гошалы тэрээһининэн Былатыан Ойуунускай азербайджанныы тылбаастанан Бакуга бэчээттэммитэ. Ойуунускайы кыргызтыы эмиэ фестиваль кыттыылааҕа Алтынай Тимирова саҥардыбыта. Былырыын казахтар саха поэзиятын антологиятын таһаарбыттара. Ордук кэскиллээх үлэ татаардары кытта барда – хардарыта атастаһыы бэрээдэгинэн поэзия уонна проза антологиялара сахалыы уонна татардыы таҕыстылар, билигин оҕо литературатын антологията бэлэмнэнэ сылдьар. Оттон биирдиилээн поэттар кэлбит ыалдьыттары кытта иллэһэн доҕордоһон араас омук тылынан тылбаастаммыттара муҥура суох элбэх.
Быйылгы сэттис фестиваль ыалдьыттара:
– Айрат Бик-Булатов – поэт, суруналыыс, театр кириитигэ, филология наукатын кандидата, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Сүрүн үлэтэ – Казаннааҕы федеральнай университет суруналыыстыкаҕа уонна медиакоммуникацияҕа үрдүкү оскуолатын доцена. Татарстан Г.Р. Державин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна М. Горькай аатынан литератураҕа бириэмийэлэрин лауреата;
– Сергей Гловюк – поэт, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. «Литературное содружество. Из века в век» культурология альманаҕын бас эрэдээктэрэ. Польша культуратын үтүөлээх деятелэ, Россия суруйааччыларын сойууһун Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата. «Поэзия народов кириллической азбуки. XX–XXI. Из века в век» антологияҕа саха поэзиятын томун таһаарбыта. 2008 сыллаахтан Сахалыы-нууччалыы тылынан антологияны таһаарыыга үлэлэспит;
– Нина Попова – поэт, кириитик, тылбаасчыт, филология наукатын кандидата, Россия суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. «Балашиха – голоса сердец» сурунаал бас эрэдээктэрэ. С.А. Есенин, Г.Р. Державин, В.В. Маяковскай, Дмитрий Кедрин ааттарынан литература бириэмийэлэрин лауреата. Россия суруйааччыларын сойуустарын үрдүкү бэлиэтинэн «А.С.Пушкин кыһыл көмүс бэлиэтинэн» наҕараадаланна фестиваль аһыллыытыгар;
– Анна Токарева – поэт, тылбаасчыт, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. «Слово-2018» литература бириэмийэтин лауреата, Сергей Есенин аатынан Бүтүн Россиятааҕы поэзия күрэһин кыайыылааҕа;
– Елена Кузьмина – поэт, прозаик, тылбаасчыт, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Айар холбоһук Архагельскайдааҕы салаатын салайбыта, билигин приемнай хамыыһыйа чилиэнэ. Эдуард Волошин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы «Имперская культура» уонна Россия литератураҕа Улахан бириэмийэтин лауреата.
– Вячеслав Куприянов – поэт, тылбаасчыт, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Италия, Югославия, Македония, Сербия, Австрия, Японияҕа литератураҕа бириэмийэлэрин, Бунин бириэмийэтин лауреата. Алампа «Ыллыым ээ, ыллыым» хоһоонун немецтии, итальянскайдыы, французтуу тылбаастаппыт;
– Рамиз Кусайчарлы – поэт, публицист, Азербайджан суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, сойуус Кубатааҕы салаатын салайааччы. «Азерматбуятяими» ААУо оройуоннааҕы управлениетын начальнигынан үлэлиир;
– Кожогелди Күлтэгин – поэт, тылбаасчыт, Кыргызстан суруйааччыларын национальнай сойууһун чилиэнэ. 2014–2022 сылларга ТЮРКСОЙ-га Кыргызстан бэрэстэбиитэлэ. Кыргызстан норуодунай поэта. Алыкул Осмонов уонна Жолон Мамытов ааттарын литература бириэмийэлэрин лауреата;
– Супиянат Мамаева – поэт, тылбаасчыт, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. «Тангчолпан» литература сурунаалын бас эрэдээктэринэн үлэлиир. Дагестан Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ;
– Александр Хватков – поэт, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. «КрасАвиа» авиакомпанияҕа бортпроводнигынан үлэлиир. Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ. Шайхзада Бабич аатынан ыччат судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, ЛиФФТ бүтүн Россиятааҕы поэзия фестивалын кыайыылааҕа;
– Мария Базалеева – Россия суруйааччыларын уонна кинигэни таһаарааччыларын Ассоциациятын айар командировкаларын тэрийии бырайыактарын салайааччыта;
– Аимат Исадилов – Казахстан поэта, тылбаасчыта, Аль-Фараби аатынан Казахскай Национальнай Университет информацияҕа уонна коммуникацияҕа Департаменын директорын солбуйааччы.
Фестиваль аһыллыыта үгэс курдук фестиваль тэрийсээччилэртэн биирдэстэрэ М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай Университет Култуураҕа киинигэр суруйааччылар, поэзияны таптааччылар уонна эдэр ыччат тоҕуоруһа мустуулаах ааста. Сахабыт сирин искусствотын уонна култууратын кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттарбытыгар Аксинья уонна Наталья Посельская ааттарын сүгэр Хореография колледжын иитиллээччилэрэ, «Виртуозы Якутии» скрипачтар ансамбллара, «Айархаан» айар бөлөх. Оҕо талаанын арыйар Киин оҕолоро Семен Данилов «Үрүҥ хаар алгыһа» хоһоонун, онтон М.К.Аммосов аатынан ХИФУ студеннара фестиваль ыалдьыттарын хоһооннорун аахтылар.
Поэзияҕа сүгүрүйээччилэри СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ каадыр бэлиитикэтигэр дириэктэрин солбуйааччы Михаил Федоров эҕэрдэлээтилэр. Саха суруйааччыларын айымньыларын тылбаастааһыҥҥа, айар дьон сибээһин олохтуурга көхтөөх үлэлэрин уонна Саха сирин култууратын, духуобунаһын сайдыытыгар кылааттарын иһин махтал суруктары туттардылар. СӨ бырабыыталыстыбатын махтал суругунан бэйиэттэр Айрат Бик-Булатов (Татарстан), Куджебелдьу Кулиев (Дагестан), Ил Түмэн махтал суругунан СӨ норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева, Вячеслав Куприянов (Москва), Супиянат Мамаева (Дагестан) уо.д.а. наҕараадаланнылар.
Фестиваль ааптара, тэрийээччитэ норуот суруйааччыта, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Наталья Харлампьева сыанаҕа ыҥырыытынан поэт ыалдьыттарбыт бэйэлэрин хоһооннорун аахтылар, поэзия музыкатыгар куустардылар.
Фестиваль алтынньы 14 күнүгэр диэри буолар. Бүгүн, алтынньы 12 күнүгэр ыалдьыттар суруйааччыларбытын кытта Семен Данилов төрөөбүт сиригэр Горнай улууһугар таҕыстылар. Алтынньы 13 күнүгэр 10-11ч «Сахамедиа» дьиэтигэр (Орджоникидзе уулуссатын 31) – пресс-конференция. Эбиэттэн киэһэ «Айыы кыһата», педколледж үөрэҕин тэрилтэлэригэр көрсүһүүлэр буолуохтара. Алтынньы 14 күнүгэр 17 чаастан А.Е.Кулаковскай аатынан Доҕордоһуу киинигэр Поэзия киэһэтигэр ыҥырабыт.