Саха сирин айар муза оҥостубут нуучча биллиилээх поэта Евгений Евтушенко «Поэт в России – больше, чем поэт» диэн строката кынаттаах тылга кубулуйан дьон-сэргэ уоһуттан түспэт. Үксүгэр бу этии түгэх суолтатыгар өтөн киирбэккэ да эрэ туттабыт. Оттон сыныйан көрдөххө, бу тыллар төрдүлэригэр айсберг төбөтүн курдук туналыйан Александр Сергеевич Пушкин сытар эбээт! Ону быһаарар күлүүс тыллары гениальнай поэт үөлээннээҕэ, нуучча өссө биир улуу киһитэ Николай Гоголь суруйан хаалларбыт: «Пушкин есть явление чрезвычайное и, может быть единственное явление русского духа: это русский человек в его развитии, в каком он, может быть, явится через двести лет. В нем русская природа, русская душа, русский язык, русский характер отразились в такой же чистоте, в такой очищенной красоте, в какой отражается ландшафт на выпуклой поверхности оптического стекла».
Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, империя, сверхдержава дэнэрин ааһан, култуура хараҕынан көрдөххө – цивилизация, геополитика өйдөбүлүнэн континент иһигэр баар континент. Бу хайысханы таба өйдөөбүт нуучча өркөн өйдөөхтөрө – Петр Савицкай «Россия не есть ни Азия, ни Европа, но представляет собой особый географический мир», оттон Лев Гумилев «Русских (как, впрочем, и остальное население России) следует считать не европейцами или азиатами, а евразийцами» диэн этэн турардаахтар. Ол иһин судаарыстыбата – федерация, идеята – евразийство. Тоҕо диэтэххэ, биһиги дойдубут славян уонна түүр, финн-угор уонна тоҥус-маньчжур, Кавказ уонна Уһук Илин биистэрин – барыта сүүсчэкэ омугу түмэр ураты эйгэ. Нуучча омук, Россия, Евразия ытык иэстэрин этиттэрэн өйдөөбүт, өтө көрбүт улуу Пушкин:
Слух обо мне пройдет по всей Руси великой,
И назовет меня всяк сущий в ней язык,
И гордый внук славян, и финн, и ныне дикой
Тунгус, и друг степей калмык, – диэн Балтика байҕалыттан Чуумпу акыйааҥҥа диэри тайыыр аарыма дойду бары омуктарын сомоҕолуур строфаны айан хаалларбыта түбэһиэхчэ буолбатах. Дьэ ол иһин хас биирдии Россия омуга киниэхэ тардыстар, кинини бэйэтигэр чугаһатар ыллыктары көрдүүр, булар уонна күөн туттар.
Саха суругунан уус-уран литературатын төрүттээччи, духуобунай лидер Өксөкүлээх Өлөксөй 1897 сыллаахха өссө реальнай училищеҕа үөрэнэр кэмигэр суруйбут «Главнейшие достоинства поэзии Пушкина» диэн рефератыгар «Пушкин обладал изумительной способностью понимать дух, положение, быт своей нации» диэн мындырдык бэлиэтиир. Кэлин айар тыл аҕатынан ааттаныахтаах реалист ити этиитэ үөһэ ахтыллыбыт Гоголь көрүүтүгэр чугас. Манна даҕатан аҕыннахха, эмиэ сити сыл үрүҥ көмүс үйэ бэлиэ поэта Константин Бальмонт «Пушкин был поистине солнцем русской поэзии, распространившим свои лучи на громадное расстояние и вызвавшим к жизни бесконечное количество больших и малых спутников» диэн эппитэ төһө да нуучча литературатыгар эрэ туһаайыллыбытын иһин, кэтэх дэгэтэ Россия бары омуктарын литературатыгар сыһыаннаах курдук.
Норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат Пушкины сахалыы саҥардыыны тэрээһиннээхтик саҕалаабыт киһинэн саха генийэ Былатыан Ойуунускайы ааҕар. Ол кэрэһитэ – суруйааччы Григорий Поскачин «Социалистическая Якутия» хаһыат 1935 сыл балаҕан ыйын 15 күнүнээҕи нүөмэригэр тахсыбыт иһитиннэриитигэр Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Ойуунускай салайааччылаах Пушкин айымньыларынан тылбаас хамыыһыйата тэриллибитин суруйар. Тылбаасчыттарынан оччотооҕу уус-уран тыл маастардара – Ойуунускай бэйэтэ, Алампа, Эллэй, Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап, Суорун Омоллоон уо.д.а. Өрөбөлүүссүйэ уот буурҕа кутаатыгар уһаарыллыбыт Платон Алексеевич «Люди с живым сердцем, с большими чувствами не могут не любить Пушкина – борца и гуманиста, сердце которого пылало большими страстями и чувствами» диэн тыллары Александр Сергеевич өлбүтэ 100 cылын бэлиэтиири тэрийэр туһунан дакылаатыгар төлөннөөхтүк эппитэ-тыыммыта биллэр.
Хас да көлүөнэ саха суруйааччылара Улуу Пушкиҥҥа тапталларын, ытыктабылларын айар үлэлэрин нөҥүө дьүһүйбүттэрэ. Ол иһигэр, норуот поэта Иван Гоголев–Кындыл «Пушкинныын көрсүһүү» поэматын, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Сиэн Өкөр «Нева… Хара Үрэх… Ахерон…» пьесатын курдук бөдөҥ айымньылар үөскээбиттэрэ. Онон бу Александр Пушкин төрөөбүтэ 225 сылыгар аналлаах саха поэттарын үйэлээх тылбаастарын киирии тылын саха омук духуобунай лидерэ, норуот поэта Сэмэн Данилов строкаларынан туомтуу тардыым:
Саннын нөрүтэн, төбөтүн санньытан,
Саас-үйэ турдаҕа улуулартан улуу
Нуучча норуотун албаннаах ыччата,
Билиҥҥи билбэт көлүөнэтин одуулуу…
Уонна кини тугу саныырын ким билиэй?!
Биһиги туспутунан туох диирин ким этиэй?!
Гаврил Андросов,
«Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ