Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Публикациялар

Публикациялар

«Чолбон» – бастыҥ редакция!

Тохсунньу 11 күнүгэр, Россия Бэчээтин күнүн көрсө, «Сахабэчээт» Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыба автономиялаах тэрилтэтэ ааспыт сыл түмүктэрин таһаарда. Ол курдук, «Сыл бастыҥ редакцията» анал аатынан «Чолбон» сурунаалбыт бэлиэтэннэ. Сурунаалбыт корректора Анна Прудецкая Ил Түмэн Культураҕа уонна биир кэлим иһитиннэрэр-көрдөрөр ньымаларга сис кэмитиэтин, эппиэттиир сэкэрэтээр Туйаара Павлова «Сахабэчээт» тэрилтэ бочуотунай грамоталарынан наҕараадаланнылар.… Сиһилии »«Чолбон» – бастыҥ редакция!

СИР БИҺИЛЭҔЭ

(Научнай-фантастическай кэпсээн) Формула торума дьэ булулунна! Ол да буоллар үлэ түмүктэнэрэ билигин да ыраах. Оттон күн-дьыл элэстэнэн аастар ааһан иһэр, бу кини – Ричард Смит номнуо үлүгэр 100 сааһын бараан эрдэҕэ. Абалаах, билигин кини 98-н дуу, муҥ саатар 99-н дуу туолан эрэр да буолбатаҕын! Оччоҕо бу курдук саарбахтааһын тыҥыраҕа сүрэҕин… Сиһилии »СИР БИҺИЛЭҔЭ

УРАҺАҔА ТӨРӨӨБҮТҮМ

Кылбачыйар кыраһалаах Кыһыҥҥы тыаҕа биир түүн Унаарыйар буруолаах Ураһаҕа төрөөбүтүм. Силлиэ тыал сирилиирин, Кутаа уот тыһыргыырын Истэ-истэ ийэм миигин Бигээхтиирэ дьыбар кыһын. Ый иэдэһэ тэтэрэ Үөлэһинэн одуулуура, Ийэбиниин биһик нарын Ырыатын ыллаһара. Ыллаһара ол ырыаны Көмнөх хаардаах титирик, Иһиллиирэ ол ырыаны Чуор кулгаахтаах бэдэрим. Ол ырыаҕа уйдаран Оҕо түүлүм дайара,… Сиһилии »УРАҺАҔА ТӨРӨӨБҮТҮМ

Циферблат

Суһал көмө массыынатыгар каталкаҕа түөрт уончалаах эр киһи былаат курдук налыйан өйө суох сытар. Быраас уонна сиэстэрэ кыыс киниэхэ тыын киллэрээри бодьуустаһаллар. * * * Түөртээх уол муостаҕа кыра массыыналарын тэлгэтэн оонньуу олорор. Бирилиирин быыһыгар маҕаһыыҥҥа барбыт эбэтин көһүтэн куукуна ыскаабын үрдүгэр ыйанан турар төгүрүк быһыылаах, маҥан өҥнөөх улахан истиэнэ… Сиһилии »Циферблат

Ойуунускай экономикаҕа көрүүлэрэ

Биир чуумпу сарсыарда эргэ төлөпүөнүм муҥнаах, тыын былдьаһардыы тоҕо эрэ олус омуннаахтык хардьыгынаан соһутта. Оччолооҕу истибит оҕонньор олоруом баара дуо, хаба тардан ылан «да!» диэн тоҕо бардым. Арай истибитим, Суруйааччылар сойуустарын саҥа бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Ондуруоһап буолан биэрдэ. Ити үлүгэрдээх дуоһунастаах киһи мээнэҕэ эрийбэтэҕэ буолуо диэн, төйүҥү… Сиһилии »Ойуунускай экономикаҕа көрүүлэрэ

Суоска эмэр атыыр оҕус

Тыа сирин олохтоохторо оҕолору кыра эрдэхтэриттэн үлэ­ҕэ сыһыараллар. Саанчык дьиэ ис-тас үлэтигэр барытыгар соруллар, туһа киһитэ буолбута ыраатта. Убайдара маннааҕы аҕыс кылаастаах оскуоланы бүтэрэн атын бөһүөлэккэ үөрэнэ барыахтарыттан мас кыстааһына, муус киллэриитэ, хаар баһыыта кини мүччүрүйбэт эбээһинэһэ. Ийэтэ, аҕата ону этиппэккэ оҥоро сылдьарыгар үөрэтэллэр. Кураанах маһы тыраахтарынан состорон киллэрбиттэрин аҕата… Сиһилии »Суоска эмэр атыыр оҕус

Мин сырдык сыһыым

КҮӨХ ХОНУУ Быыллаах уонна бырыылаахБылыргы ДьокуускайтанДэхси сир – күөх кырыстаахДьиктитинэн ураты. Сааһын өрүү уу ылар –Саатырдар харах далын.Үчүгэй да манна буолар –Үөһээ халлаан, сир-далай! Сотору уубут ханнар,Тот хонуу торолуйар,Көстө-көстө от анньар,Күөгэлдьийэ хамсанар. Ол иһин ааттаабыттарЭйигин Күөх Хонуунан,Бары дьоммут киэн туттарКуораппыт тыҥатынан. Кырса хаарга баттатанКылбаарыйа да сыттаргын,Силигилиэҥ күөх отунанСин биир сааһын… Сиһилии »Мин сырдык сыһыым

«Аҕабыт – муударай сүбэһиппит»

Муза Николаевна Мординова са­ха норуотун уһулуччулаах суруйааччытын Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын тапталлаах кыыһа. Үгүс түбүктээх учуонай киһи, көрдөһүүбүн быһа гыммакка, оҕо, эдэр сааһын сырдык өйдөбүллэригэр сыһыаран иитиллибит эйгэтин сэһэргии олордо… – Оччолорго мин сыччах балтараалаах киһибин. Аҕабыт 1937 с. сототун уҥуоҕун эчэтэн, өттүгүн уҥуоҕа хайдыылаах, икки ый балыыһаҕа сыппыт. Семенов хирург… Сиһилии »«Аҕабыт – муударай сүбэһиппит»

Туруулаһыы

(Кэпсээн) Сылгыһыт уол Уол түүн тыал тыаһыттан уһуктан кэллэ, кукуулуттан быган тас суорҕана түспүтүн көн­нөрөн биэрдэ, ону-маны иһиллии, сарсын тугу гыныахтааҕын былаанныы сытта. Остуол анныгар кутуйах тугу эрэ хачыгыратар, таһырдьа силлиэ улуйар. Аҕата барбыта нэдиэлэттэн ор­то, бөһүөлэккэ өйүө-тайаа ылыам диэбитэ да, ыалдьарын кистии­рэ, куһаҕаннык сөтөллөр, күрдьүгүнээн тыынар буолбута ыраатта. Кэн­ники… Сиһилии »Туруулаһыы

Сахалар дивизиялара

75-с кыстык хаардарын харахтарын уотунан                                                                         уулларан, 75-с сааскы көмүөллэрин тимир тилэхтэринэн                                                                         хамсатан, 75-с ньургуһуннарын кыайыы сыдьаайынан                                                          тылыннаран; Арҕааҥҥы кыргыһыылар хонууларыттан, Арҕааҥҥы адьарайдар арҕахтарыттан, Арҕааҥҥы төгүрүктээһиннэр иилэриттэн Хорсуннук өлбүттэр, Ыар толук буолбуттар, Сурахтыын сүппүттэр, Буорахтыын көппүттэр, Билиэҥҥэ барбыттар, Буурҕаҕа муммуттар Ким граната иитин кытаахтаабытынан, Ким быстыбыт илиитин самсаабытынан,… Сиһилии »Сахалар дивизиялара

“Бары айымньылара дьоҥҥо тиийбититтэн үөрэрэ”

Биһиги ыалдьыппыт – саха биллиилээх суруйааччыта А.С. Сыромятникова кыыһа, суруналыыстыкаҕа Саха Республикатын Государственнай бириэмийэтин лауреата, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Спиридоновна Дмитриева. – Анастасия Саввична туох дьоҥҥо төрөөн улааппытый, оҕо сааһыттан ойо тутан тугу сэһэргиир этэй? – Ийэм иллээх дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн, оҕо сааһа дьоллоохтук ааспыт. Байаҕантай улууһун Кириэс… Сиһилии »“Бары айымньылара дьоҥҥо тиийбититтэн үөрэрэ”

Наайда

(Кэпсээн) Кыһыҥҥы кылгас күн. Быргыччы оттуллубут мас дьиэ иһигэр дьоллоох чуумпу. Таһыргыы тыаһыыр кирпииччэ оһох таһыгар Наайда диэн хара дьүһүннээх тыһы ыт киниэхэ анаан тэлгэтиллибит эргэ көбүөр оҕотугар сытар. Ийэлэригэр сыстыаҕынан сыстан, биэс ыт оҕото утуйан буккурууллар. Тугу эрэ түһээн ыйылаһан ылаллар. Оһох үрдүгэр лаахтаах улахан чаанньык оргуйаары сыыгыныыр. Рая… Сиһилии »Наайда

«CОҔОТОХ БИИР ТЫЛЫ ЭТЭЭРИ…»

*** Cоҕотох биир тылы этээри Поэт кэлэр бу сиргэ. Соҕотох бэйэтин суолунан тиийээри Ааһар кини уон эргиири. Баҕар, тыллыа кини эппит тыла Сүүһүнэн сүрэх тыла буолан, Хатыҥ чараҥ суугунун тэҥэ Сир үрдүн киэргэтэн. Баҕар, муммут сулус буолан Кини тыла тууйуллуо, Хара сиргэ силис тарпат Ырыатыгар тулаайахсыйан. Быһах биитин бигээн көрө… Сиһилии »«CОҔОТОХ БИИР ТЫЛЫ ЭТЭЭРИ…»

Куһаҕаны куттуурга кутаа уот тыллаах

Саха биллиилээх поэта, үгэһитэ, тылбаасчыта, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Степан Афанасьевич Саввин–Күн Дьирибинэ 1903 сыллаахха, ахсынньы 24 күнүгэр, Боотуруускай (билиҥҥинэн Чурапчы) улууһугар Болтоҥоҕо төрөөбүтэ. Аҕата Афанасий Андреевич туохха барытыгар дьоҕурдаах, мындыр өйдөөх, сэргэх киһи эбитэ үһү. Үөрэхтээх буолан суруксуттуур эбит. Чурапчыга көскө кэлбит политсыылынайдары сылларын ыйан, хайдах олорбуттарын сэттэ кэрдиис… Сиһилии »Куһаҕаны куттуурга кутаа уот тыллаах

ХОЛОРУК

Дойдубар сылдьыбатаҕым хас да сыл буолла. Онон бэҕэһээ куораттан кэлээт, оҕо эрдэҕинээҕи табаарыспын Бүөккэни булан, сарсын турдубут 15 кустуу барарга сүбэлэспиппит. Дьэ онон, бу бүгүн саа сүгэн, үрүксээкпитигэр чаанньык, ас уктан күөллэри кэрийэ баран иһэбит. Хас да сылга мунньуллубут сонун хайабытыгар да элбэх буолан, уруккуну-хойуккуну ахтыһан, айахпыт хам буолбат.    … Сиһилии »ХОЛОРУК

Улуу Горькай уонна Ойуунускай

(А.М. Горькай төрөөбүтэ 120 сылын туолуутугар) Саха советскай уус-уран литературатын төрүттээччи, төлөннөөх революционер П.А. Ойуунускай оҕо сааһыттан төрөөбүт норуотун тылынан уус-уран айымньытынан умсугуйан, ону сэргэ нуучча классическай литературатын ааҕан, онно абылатан улааппыта. Чуолаан кини А.С. Пушкин, М.Ю. Лермонтов, А.М. Горькай, о.д.а. айымньыларын бэрт эдэр сааһыттан билэрэ, кинилэр сүдү талааннарыгар сүгүрүйэрэ.… Сиһилии »Улуу Горькай уонна Ойуунускай

Өймөкөөн тыатыгар

(Кэпсээн) Сунтаар хайатын хотугу тэллэҕэр киэҥ сиринэн далаан сабардыы сытар Өймөкөөн дэхси намтала халыҥ хаар суорҕанынан бүрүллэн сынньаммыттыы иһийэ сытарга дылы. Кыһыҥҥы кылгас күн. Болоорхой халлааҥҥа өлбөөркөй күн саһарар. Ыраах турар таас хайа туһунан силлиэ быстыбакка онолуйар. Ардыгар тымныыны тулуйумуна өрүс мууһа тостон лоһугураан ылаттыыр, сиҥнибит муус күрүлүүр. Сөп буола-буола… Сиһилии »Өймөкөөн тыатыгар

«Мин олоххо аналым – сомоҕолоһуу идеятын тиэрдии»

Норуот суруйааччыта Николай Лугинов дьоро киэһэтэ Ахсынньы 16 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Саха академиялыы театрыгар норуот суруйааччыта, РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Россия Суруйааччыларын сойууһун Үрдүкү айар сүбэтин чилиэнэ, Лао-Цзы Бүтүн Кытайдааҕы уопсастыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, СӨ Духуобунаска академиятын вице-президенэ Николай Алексеевич Лугинов 75 сааһын… Сиһилии »«Мин олоххо аналым – сомоҕолоһуу идеятын тиэрдии»

ЛИТЕРАТУРА – ДЬОН ОЛОҔУН ТЭБЭР СҮРЭҔЭ

Суруйааччы Н.А.Босиков 70 сааһыгар – Николай Афанасьевич, эн Саха сиригэр киэҥник биллэр суруйааччы буоларгын бэрккэ диэн билэбит. Биһиги ааҕааччыларбытыгар туһаайан бэйэҥ олоҕуҥ уонна айар үлэҥ тустарынан сэһэргээ эрэ. – Мин бу олоххо кэлбитим сэттэ уон сыла туолаары турар. Билигин кэннибин эргиллэн көрдөхпүнэ бэрт муҥнаах-таҥнаах, эрэйдээх олоҕу олорон кэлбит дьонтон биирдэстэрэ… Сиһилии »ЛИТЕРАТУРА – ДЬОН ОЛОҔУН ТЭБЭР СҮРЭҔЭ

Н.Д. НЕУСТРОЕВ «ҮРҮҤ БАНДЬЫЫТ» ЭТЭ ДУО?

Советскай Союзка тоталитарнай режим сабардаан турдаҕына, норуокка, норуот уһулуччулаах уолаттарын киртитэр-хараардар дьоннор күннээн-күөнэхтээн, мин аҕай буолбахтанан олорон ааспыттара. 1952 сыл саха норуотун историятыгар хара мэҥи түһэрбит, революция иннинээҕи уһулуччулаах суруйааччылар А.Е. Кулаковскайы, А.И. Софроновы, Н.Д. Неустроевы сиргэ-буорга тэпсэ, көмө сатаабыт сыл этэ. Ол саҕана БСК(б)П Саха сиринээҕи обкомун бастакы секретарынан… Сиһилии »Н.Д. НЕУСТРОЕВ «ҮРҮҤ БАНДЬЫЫТ» ЭТЭ ДУО?