Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Публикациялар

Публикациялар

«ИСТИҤ КЭПСЭЭН-2024»

ОСКУОЛА СААСТААХ ОҔОЛОР уонна УЛАХАН ДЬОН ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ КӨРҮҮТҮН БАЛАҺЫАННЬАТА 1. УОПСАЙ БАЛАҺЫАННЬАТА: 1.1. «Истиҥ кэпсээн-2024» оскуола саастаах оҕолор уонна улахан дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүтүн (салгыы – көрүү) саха уус-уран литературатыгар болҕомто тардаары, проза жанрын истэр эйгэҕэ киэҥник көҕүлээри ыытыллар. Тэрийээччи – «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ. 1.2. Көрүү бастыҥ үөрүйэҕи түмэр, тарҕатар соруктаах… Сиһилии »«ИСТИҤ КЭПСЭЭН-2024»

СҮРЭХ ЭМЧИТЭ

2023 cыл алтынньы 5 күнүгэр Дьокуускай куо­рат дьондойор саалыгар, долгуйар киинигэр, кырдьаҕас библиотека историческай саалаты­гар баппат элбэх киһи мустубута. Уһун ньолбу­һах мааны остуолу тула доруобуйа харыстабы­лын араас сыллардааҕы улахан салайааччылара, билим, култуура, суут-сокуон, айар-суруйар эйгэ биллэр-көстөр үлэһиттэрэ, кинигэ кыһатын бас үлэһиттэрэ, ааттаах-суоллаах быраастар олорбуттара. Саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр санааларын үллэстээри, уһулуччулаах… Сиһилии »СҮРЭХ ЭМЧИТЭ

В.Н.Протодьяконов аатынан уус-уран литература кириитикэҕэ күрэһин кыайыылаахтара

«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ ааспыт 2023 сылга П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, ХИФУ доцена, саха уус-уран литературатын кириитикэтин историятын чинчийээччи, уус-уран литература кириитигэ Василий Никитич Протодьяконов кэриэһигэр уус-уран литература кириитикэтигэр сабыылаах күрэһи үһүс төгүлүн ыытта. Санатар буоллахха бу күрэс икки сылга биирдэ ыытыллар. Сааһынан уонна айар-чинчийэр таһымынан хааччаҕа суох сабыылаах… Сиһилии »В.Н.Протодьяконов аатынан уус-уран литература кириитикэҕэ күрэһин кыайыылаахтара

«Чолбон» сурунаал документалист-суруйааччы Д.Н.Гаврильев аатынан кыраайы үөрэтиигэ бириэмийэтэ

Сурунаал партнердарын ахсаана сылтан сыл ахсын хаҥаан иһэр. Кинилэр көмөлөрүнэн үлэ хайысхалара кэҥииллэр, суруйар-айар дьону көҕүлүүргэ күүс-көмө эбиллэр.   2023 сыллаахха Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, документалист-суруйааччы Дмитрий Николаевич Гаврильев төрөөбүтэ 85 сыла буолбута. Быйыл кини аатынан «Чолбон» сурунаал кыраайы үөрэтиигэ бириэмийэтин аан бастаан туттардыбыт. Партнердарбыт… Сиһилии »«Чолбон» сурунаал документалист-суруйааччы Д.Н.Гаврильев аатынан кыраайы үөрэтиигэ бириэмийэтэ

2023 сыл түмүгүнэн Алампа аатынан «Бастакы эрэдээктэр бириэмийэ» лауреаттара

«Чолбон» сурунаал – саха омук ХХ үйэтээҕи историятын сиэркилэтэ буолбут сахалыы тыллаах кырдьаҕас сурунаалынан буолар. Саха литературатын историятын үйэтитэр, үгүс көлүөнэ суруйааччылары биир ситимниир, саха интеллигенциятын бастыҥ өйүн-санаатын түмэр ытык ындыыны дьоһуннук сүгэр. 2019 сылтан ыла Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин кытта кыттыһан сурунаал Алампа Софронов аатынан «Бастакы эрэдээктэр аатынан бириэмийэтин»… Сиһилии »2023 сыл түмүгүнэн Алампа аатынан «Бастакы эрэдээктэр бириэмийэ» лауреаттара

Инвестиция иирбэтэ, уурунуу туһата

Баан үрдүкү таһымнаах үлэһитэ Афанасий Лугинов: «Хас биирдии киһи үбүн сөптөөхтүк туттуон, сыал туруорунуон баҕарабын», – диир уонна инвестиция, харчыны уурунуу ту­һунан эрэдьиэстиир. Бүгүҥҥү кэпсэтиибит үптэн тутулуга суох буолуу туһунан. Ол аата хайдах диэххит? Бу иннинэ биһиги бу тиэмэни эмиэ таарыйан турабыт. Киһи үбү эргитэн, үптэн үп оҥорон таһаарыахтаах. Оччоҕо… Сиһилии »Инвестиция иирбэтэ, уурунуу туһата

ИРБЭТ ТОҤНУУН ИЛЛЭҺИИ УОННА ЫАЛЛАҺЫЫ

Кэнники сылларга Сахабыт сирин кыһы­на сымнаабытын, сайынын өҥүрүк куйаас буоларын бары бэлиэтии көрөбүт. Айылҕа дьикти көстүүлэрэ даҕаны дьону соһутара элбээтэ: кыс ортото күөллэр көһөллөр, сир сиҥнэр, дириҥ аппалар үөскүүллэр, то­лоон­нор ньуурдара тоһутталанан бугул-бугул кур­дук быллаарданаллар. Ону социальнай ситимнэргэ, атын да суруйууларга ирбэт тоҥ ууллуутун содула ­дииллэр. Ол иһин науканан бигэргэммит… Сиһилии »ИРБЭТ ТОҤНУУН ИЛЛЭҺИИ УОННА ЫАЛЛАҺЫЫ

Иэппэт буолбут ынах туһунан остуоруйа

Олорбута эбитэ үһү ураа муостаах, ласпаҕар самыылаах, элбэх үүттээх үчүгэйкээн бэйэлээх Маҕаачай ынах барахсан. Дьиэлээхтэр бары оҕолуун-уруулуун, эдэрдиин-эмэнниин Маҕаачайдарын наһаа таптыыллара, күннэрэ-ыйдара киниттэн тахсара. Ол курдук күөх окко мэччийэн, сандал күҥҥэ сылаанньыйа сытан ыҥырана-ыҥырана кэбинэн, синньэ тэрэйэ тэбиэр диэри ыанньыйан барыларын: торбостору-оҕолору – үүтүнэн аһатар эбит. Ынахтара аа-дьуо айгыстан иһэрин… Сиһилии »Иэппэт буолбут ынах туһунан остуоруйа

АРТАМОНОВ АТЫЫҺЫТ ТУҺУНАН

АҔЫЙАХ ТЫЛ Айар тыл аҕата Өксөкү­лээх Өлөксөй 1916 сыллаахха Бодойбоҕо сыл­дьан суруй­бут «Васи­лий Фомич Артамоновка» айымньы­тыгар: Дьоһуннаах толуу ааккыт Хочоттон хочоҕо диэри, Олорор дойдубут уһунун тухары Ороһу оҕо дьон Тойуга буолуохтун, Саргылаах талыы ааккыт Саас-үйэ тухары, Саха омук сааһын устатыгар Саҥа ыччат кыргыттар Салпат ырыаларыгар буолуохтун! – диэн алҕаан суруйбут.… Сиһилии »АРТАМОНОВ АТЫЫҺЫТ ТУҺУНАН

КЫРЫА КЫҺЫН СЫЛААС ТЫЛЛАРА

(Үс түһүмэхтээх хоһоон бөлөҕө) БАСТАКЫ ТҮҺҮМЭХ БАЛАҔАҤҤА САНАА Көтүмэх буолбатах, симик Санаа кыыма Иэйии көмүлүөгүттэн Күөдьүйэр, Тымныы буолбатах, көҥүл Халлаан салгына Таптыыр Дьокуускайбын Кууһан ылар. Хоһоон буолбатах, иэйии Түннүк тааһыгар Оһуор эмэгэт буолан Ойууланар.          ҮТҮӨ ТЫМНЫЫ Дьокуускай. Ахсынньы тумана. Түннүгүм кырыата ууллубат. Эйиэхэ ырыабын ыллаары Чуумпубун тумаҥҥа булабын. Кырыалаах-туманнаах… Сиһилии »КЫРЫА КЫҺЫН СЫЛААС ТЫЛЛАРА

Таас Ыстапаан

Халыҥ киэҥ аймах уруккута киэн тутта аат­­тыыр тумус туттар киһилэрэ, кэлин уонунан сыллар устата аата сибигинэйэн кэриэтэ эрэ ааттанар, көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбэтэх Сте­пан Дмитриевич Попов–Таас Ыста­паан бастаанньыстар хамсааһыннарын биир көхтөөх кыт­тыылааҕа. РСФСР ХК 59-3 ыст. буруйданан 1931 сыллаахха тохсунньу 14 күнүгэр тутулларыгар өлөрүллүбүтэ, 2000 сыллаахха олунньу 29 күнү­гэр СӨ Прокуратуратынан… Сиһилии »Таас Ыстапаан

Өлүү суолун талбыттар

(Трагедияттан быһа тардыы) Аммосовтаах Ойуунускай ыга куустуһан турбахтаан баран, ыһыктыһан кэбиһэллэр. Эмиэ харах уута, эмиэ ытаһыы-соҥоһуу. Аммосов. Быралыйар быдан сылларга быраһаай, доҕоруом, Былатыан! Ойуунускай. Быраһаай, Максим, быраһаай! Сцена аа-дьуо хараҥаран баран, эмиэ улам-улам сырдаан кэлэр. Ойуунускай камерата көстөр. Платон Алексеевич кыратык утуйан ылан баран дуу, утуйбакка ону-маны эргитэ саныы сытан… Сиһилии »Өлүү суолун талбыттар

Иккиэйэҕин халыҥ тайҕаҕа

(Мүччүргэннээх кэпсээн) «Вихрь» мотуордаах оҥочо хотугу өрүс күүстээх сүүрүгүн хоту дьулурҕатык айаннаан куугунуур. Оҥочоҕо үс киһи баар: күн уота килэриччи сиэбит саар тэгил уҥуохтаах Баһылай Сиипсэп мотуору салайан оҥочо кэннигэр лэҥкэйэн олорор, уола уон түөртээх Дьулус сэттэ сыл балыс балтын, Аайаны кытта, ортоку олороллор. Тыаҕа баран иһэр дьон быһыытынан оҕолор… Сиһилии »Иккиэйэҕин халыҥ тайҕаҕа

БЕННЕТ АРЫЫТЫГАР АЙАН

Атырдьах ыйын 11 күнэ. Маҥнайгы күн. ХОТУ ДОЙДУ ТЫЫНА УОННА ЭЙЭҔЭС АСЧЫТ ДЬАХТАР Атырдьах ыйын 11 күнэ. Сөрүүн, былыттаах сарсыарда. Бүгүн Дьокуускайтан ахсыа буолан Уус Куйгааҕа көттүбүт. Аэропорка кэргэттэрбит далбаатыы хааллылар… Балай эмэ өр хоту дойду халлааныгар көтөн күпсүйдүбүт, эргэрбит АН-24 сөмөлүөт икки аҥаар чааһынан, хата, аналлаах сиригэр аҕалла. Хоту… Сиһилии »БЕННЕТ АРЫЫТЫГАР АЙАН

УМНАҺЫТ

– Үтүө санаалаах тойон, сордоммут-муҥнаммьгг, эрэй-буруй эҥэрдэспит, ааспыт-туорбут киһиэхэ кыратык болҕомтоҕун тохтотон ааһаргар көрдөһөбүн. Айыы таҥара илэ бэйэтэ көрөн турар… аһы амсайбатаҕым үс хонно… сиэппэр кэлтэгэй кэппиэйкэм суох! Тыа сиригэр аҕыс сыл учууталынан үлэлээбитим, ол билигин земство суутун хатайыытынан үлэбиттэн уһуллан сылдьабын. Донуостааннар, бу айылаах умса хоруттулар. Үлэтэ суох сылдьыбытым… Сиһилии »УМНАҺЫТ

“Портянка из зайца”

Маарыйа бүгүн кыыһыгар  күүлэйдии барыахтаах. Буоларын курдук туох эрэ тутуурдаах, кэһиилээх бараары кыра кыралаан араас сээкэйин хомуна сырытта. Уола Тиэхээн кэһии оҥостон аҕалбыт куһун, хааһын бэттэх диэки уурда. Сиэнигэр кус өҥүн-дьүһүнүн, хаас диэн хайдаҕын көрдөрөөрү  уонна этэ наһаа кууран хаалбатын диэн түүлэрин үргээбэтэҕэ. Ону таһынан булду хайдах астыыры көрдөрүө буоллаҕа… Сиһилии »“Портянка из зайца”

ЭРИЛИК ЭРИСТИИН – ОЛОҤХОҺУТ-СУРУЙААЧЧЫ

Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 125 сылын көрсө Боотурускай улууска сүүһүнэн олоҥхоһут үөскээн-үүнэн, олорон ааспытын туһунан үгүстүк ахталлар. Кинилэр хардарыта олоҥхолоһон бар дьонноругар сүҥкэн өйү-санааны, бараммат уус-уран тыл-өс баайын сөҥөрдөн сытыаран норуот олоххо дьоҕурун, үүнэр-сайдар ис уоҕун күүркэтэн, чэбдигирдэн биэрэн иһэллэр эбит. Онон норуот олоҥхо өлбөт тыыныгар уһуллан, олоҥхо бараммат баайыттан дириҥ… Сиһилии »ЭРИЛИК ЭРИСТИИН – ОЛОҤХОҺУТ-СУРУЙААЧЧЫ

“Уолан Эрилик” ис дьиҥэ

… Поэзия туһунан сэһэргэһэ олорон, Семен Петрович соһуччу эппитэ: – Эһиги Таллан Бүрэни букатын хааллардыгыт. Дьиктилээх поэт дьиктилэрин өйдөөн көрбөтүгүт!.. – Оттон, доҕор, редактора Георгий Васильев, Талланы үчүгэйдик өйдүүр киһи, суруйдун эбээт! …Ол кэнниттэн Семен Данилов бэйэтэ Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ айымньытын туһунан ыстатыйа суруйбута. Георгий Сыромятников 1. Таллан Бүрэ поэматыгар… Сиһилии »“Уолан Эрилик” ис дьиҥэ

«Таптал – кэлиэ үтүө киһиэхэ…»

Анал байыаннай дьайыыларга баҕа өттүнэн баран сырдык тыынын толук уурбут хорсун боотур, Дьааҥы улууһуттан төрүттээх поэт, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун иһинэн Эдэр литератордар сүбэлэрин чилиэнэ, «Эр санаа» уордьанынан уонна «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт, Н.Д. Неустроев аатынан эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэлэрин лауреата Василий Рожин сэтинньи 13 күнүгэр суох буолбута биир сылын… Сиһилии »«Таптал – кэлиэ үтүө киһиэхэ…»

СОРДООХ АЛҔАС

I Аан дойду үрдэ, тула көрдөххө, киһи хараҕа төһө кыаҕа ыларынан, күп-күөх, дьикти үчүгэй дьүһүннэнэн турар. Кэрэ, дьикти сааскы кэм кэлбит. Ити-бу хайалар төбөлөрүгэр үүнэн турар от-мас бары үөрэн-көтөн өр ууттан уһуктан, тиллэн сибигинэйэн кэпсэппиттии долгуһа, куугунуу тураллар. Киһи сүрэҕэ үөрэр үгүс ырыа-тойук дэлэйэн араас кыыл саҥата айманар. Өр соҕус… Сиһилии »СОРДООХ АЛҔАС