Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Публикациялар

Публикациялар

Куттамсах куобах

Суорун Омоллоон айымньытын ааҕар Ванесса Романова, Уус Алдан улууһун Эһэлээх бөһүөлэгин М.М. Стрекаловскай аатынан Өнөр орто оскуолатын 1-кы кылааһын үөрэнээччитэ. Салайааччы: Афанасьева Мария Семеновна.

Олоҕу, дьону олустук таптыыра

Уйаҕастык ахтар-саныыр салайааччыбыт биһиги ортобутуттан барбыта номнуо сылы чугаһатта. Редакциябыт ытык киһитин кэриэһигэр отут тоҕус сыл эрэллээхтик, иллээхтик бииргэ тутуһан олорбут доҕорун, тапталлаах кэргэнин М.И. Петрованы сэһэргэһиигэ ыҥырдыбыт. – Матрена Ивановна, саха ааҕааччыта эн кэргэҥҥин, суруйааччы Петр Аввакумовы дириҥник ытыктыыр, талааныгар сүгүрүйэр. Олорон ааспыт олоҕо «Окко түспүт оҥоһуу» диэн сэһэнигэр,… Сиһилии »Олоҕу, дьону олустук таптыыра

Ылдьаана

Холкуос пиэрмэтин сайылыга ураты кэрэ айылҕалаах сиргэ турара. Илин диэки көрдөххө, күөх мыраан өрө өҥөйөн олорор. Мыраан аннын кыйа биир көлүөнэ хатыҥнар наҥнарыһа кэчигирээбиттэр. Кинилэр үрүҥ сотолорун арҕаа мырааҥҥа тэмтэйэ олорор күн өргө диэри одуулуур, кыыһар сардаҥаларынан имэрийэ угуттуур. Онон да буолуо, ити сиргэ хатыҥнар ордук кэрэтик силигилии үүнэллэр. Сайылыкка… Сиһилии »Ылдьаана

Петр Денисович Аввакумов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах ааҕыылар

«… Мин Горнай оройуона диэн төрөөбүт дойдулаахпынан астынабын, биһикпин ыйаабыт ийэ сирим бу буолар диэн киэн туттабын. Төрөөбүт дойду ахтылҕана, өйдөбүлэ мин олохпор өрүү күүс-уох биэрэр, үрдүк үтүө санааларга кынаттыыр, өрө күүрдэр, инникибэр эрэли саҕар, бэйэм киһи буолар аналбын санатан эрчимирдэр, барҕа баҕа санаанан байытар. Дойдулаах дьонноох буолар – улуу… Сиһилии »Петр Денисович Аввакумов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах ааҕыылар

Убайдарым Сэмэннээх Соппуруон

Кинилэр уота суох охсуһууга охтубуттара.Норуоттарын иһин охсуһууга, кини тупсарын, туругурарын туһугар!Далан Олохторун тиһэх күннэригэр диэри убайдарбын Сэмэн уонна Соппуруон Даниловтары кытары алтыспыт түгэннэрбин саас-сааһынан наардаан, сылларынан араартаан суруйан хаалларарга сананным. «Үлэбиттэн үүрдүлэр, дьиэбиттэн уулуссаҕа быраҕылынным…». 50-с сыллар 1952 сыллаахха мин бэһис кылааска үөрэнэрим. Саха суруйааччыларын, кинилэр айымньыларын туһунан учууталларбыт уруоктарга… Сиһилии »Убайдарым Сэмэннээх Соппуруон

МААРЫКЧААН ЫЧЧАТТАРА

Суруйааччы-большевик С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин олоҕун бүтүннүүтүн, идэтин социализм дьыалатыгар охсуһууга анаабыта. Кэнники кини көрбөт буолбута. Икки хараҕа суох саха суруйааччыта нуучча туйгун суруйааччытын Н.А. Островскай суолун хатылаабыта – кини көрбөт буола сытан бэйэтин бастыҥ айымньытын, «Маарыкчаан ыччаттара» романын, этэн биэрэн суруттарбыта. «Маарыкчаан ыччаттара» Эрилик Эристиин айымньытыгар эрэ буолбакка, саха советскай… Сиһилии »МААРЫКЧААН ЫЧЧАТТАРА

«Айыыны өйдүүр иһин…»

ЫРЫА АЙЫЫТА Ырыа айыыта сайын Хас нуоҕай умнас аайы Иһийэр уу-чуумпутук, От-мас иччитин курдук. Алгысчыт санаалаахха, Ырыаһыт дууһалаахха Айыы аартыгын тэлэ Иэйэр дииллэр илэ. Олох уохтаах сүмэтин, Туойуу кыырай сүргэтин Ол ыччат ырыатыгар Оччоҕуна алкыйар. Тылын истиҥ иччилээн Өлбөт тыынныыр бүөмчүлээн, Айымньытын ымыылаан, Айыы аналлыыр наллаан. Бэс ыйыныы ичигэс, Сөлөгөйдүү… Сиһилии »«Айыыны өйдүүр иһин…»

«Чолбон өй күрэһэ» Саха сирин бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэнин быһаарда

Улуу дьол ааҕарга баар. Эдэриттэн ааҕа үөрэммит эрэ киһи ол дьолтон үрдүк үөрүүнү сомсор.Амма Аччыгыйа «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыллларынан ааҕар дьиэ кэргэттэргэ аналлаах «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу» үс түһүмэхтээх бырайыага үс көлүөнэни хабан, 12 улууска уонна Дьокуускай куоракка бу сыл кулун тутар… Сиһилии »«Чолбон өй күрэһэ» Саха сирин бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэнин быһаарда

«Чолбон: өй күрэһин туйгуннара билиннилэр

Бүгүн, муус устар 11 күнүгэр, Дьокуускайга Бэчээт дьиэтин пресс-киинигэр Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар аналлаах «Чолбон» сурунаал «Чолбон өй күрэһэ» диэн бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэни быһаарар, ааҕыыны тарҕатар улахан оонньуутун «Туйгуннар тургутуктара» түһүмэҕэ буолан ааста. Өрөспүүбүлүкэ 12 улууһугар уонна Дьокуускай куоракка буолбут түһүмэхтэр кыайыылаахтара – барыта тоҕус… Сиһилии »«Чолбон: өй күрэһин туйгуннара билиннилэр

АТЫЫҺЫТ ДЬААРБАҤ ТАПТАЛА

1 1917 сыл. Хотугу Сахалиҥҥа күһүҥҥү хаардаах сарсыарда. Күүстээх тыал тохтоло суох куугунуур. Бүгүн Надьыын Нил Ден Ын диэн кэриэй төрүттээх табаһыт ураһатыгар бу эҥэр өҥөйбөтөҕө ырааппыт ойоҕун убайа Тоҥ Дьа­рааһын диэн сааһыра барбыт саха ойууна тиийэн кэлэн соһутта. Тыла-өһө сымнаабытыттан сылыктаатахха, арааһа, Надьыын тайҕаттан өттүк харалаах эргиллибитин, өлгөм күндү… Сиһилии »АТЫЫҺЫТ ДЬААРБАҤ ТАПТАЛА

Хараҕа суох

Өрүөстээх төрөөрү ыарыыланан кэлин атахтарын олбу-солбу өрүтэ көтөҕөлөөн тэпсэҥэлии турдаҕына уот холбонон уп-уһун хотоҥҥо икки өттүнэн тардыллыбыт лаампалар араҕас уотунан сандаарыс гына түстүлэр. Онтон ыанньыксыттар киирэр-тахсар ааннара аһыллан хаачыгырыыра, кимнээх эрэ кэпсэтэллэрэ иһилиннэ. Сотору уһун субурҕа көрүдүөр устун иччитэ Мааппыс доҕор оҥостоору илдьэ кэлбит улахан кыыһын батыһыннарбытынан тиийэн кэллэ. Ынаҕа… Сиһилии »Хараҕа суох

«Аввакумов ааҕыылара» өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференция

Бөдөҥ суруйааччы, прозаик, литературнай кириитик, тылбаасчыт, общественнай деятель Петр Денисович Аввакумов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах «Аввакумов ааҕыылара» өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференция бырагырааммата  Ыытыллар кэмэ: Муус устар 18 күнэ, 2024 сыл Ыытыллар сирэ: Горнай улууһа, Октябрьскай нэһилиэгэ, С.Г. Ковров аатынан Күөрэлээх орто оскуолата Ыытыллар бириэмэтэ: 9 ч. 00 мүн. – кыттааччылары регистрациялааһын;… Сиһилии »«Аввакумов ааҕыылара» өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференция

Кэпсээннэр

Ардьаах – Дорообо, Ардьаах сайылык! Кыра эрдэхпинэ сүүрбүт-көппүт, оонньообут сайылыгым барахсан! Хайыы, тоҕо куһаҕанай! Эчи, ытаабыт-соҥообут курдук буолан түһэн, сүрүн! Һы, хараҕым тугу көрдүүрүй? Дьоннор олорбут дьиэ­лэрин-уоттарын? Кинилэр туппут-хаппыт тутуулара, солуута да суох өртүлэрэ, бэл, баҕаналара, иҥнэри түспүт сэргэлэрэ урутаан көрдөнүллэр буолар эбит дии. Бу биэс уонтан эрэ тахса сыллар… Сиһилии »Кэпсээннэр

Сэттээх алаас

Үүтээним аанын аһан, түлэй бараан түүнү одуулуубун. Уу чуумпу. Алаастан хараан түүн ичигэс салгына ил гынар. Быйыл дьикти күһүн буолла. Балаҕан ыйыгар отой сайыҥҥылыы күннэр тураллар, оннооҕор хаһыҥныы да илик. Мин Оҕустаах алааһыгар кэлбитим хас да хонно. Аҕам айар уоппуска ылан, Москуба куорат анныгар Переделкино диэн суруйааччылар даачаларыгар сайылаата. Бу… Сиһилии »Сэттээх алаас

«Чолбон» сурунаал «Истиҥ кэпсээн-2024» өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэһин түмүгэ таҕыста

«Истиҥ кэпсээн» диэн «Чолбон» сурунаал араас нүөмэрдэригэр тахсыбыт айымньылары уус-ураннык ааҕыы күрэһэ түмүктэннэ. Күрэскэ Бүлүү, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Усуйаана, Абый, Нам, Алдан, Чурапчы, Мииринэй, Өймөкөөн, Булуҥ, Уус Алдан, Орто Халыма, Анаабыр, Хаҥалас, Муома, Амма улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан 7-лэриттэн 78-гар диэри саастаах 94 оҕо, 35 улахан… Сиһилии »«Чолбон» сурунаал «Истиҥ кэпсээн-2024» өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэһин түмүгэ таҕыста

«Күн миигин өрүү көрүө ийэлии имэрийэ…»

*** Туох да буолбатаҕын курдук Салгыы олоробун. Эн биһиги көрсүбүппүтүттэн сылтаан, Кырдьык, күн арҕааттан тахсыбатаҕа, Кыс ортото эмискэ Күөрэгэй дьырылыы туойбатаҕа, Соһуччу тоҥ хаары тобулан Тылла охсубатахтара Сааскы ньургуһуннар. Мин эмиэ, Өрүү буоларыныы, Түбүккэ-садьыкка Өрүһүспүттүү умсабын, Уохтаахтык убураабыт уостаргын Түһээбит курдук туттан кэбиһэбин… Салгыы олоруум ээ, Элэгэлдьиһэн ааһар Күннээх-дьыллаах Тэтимнээх… Сиһилии »«Күн миигин өрүү көрүө ийэлии имэрийэ…»

Далан «Тулаайах оҕо», «Тыгын Дархан» романнарын уус-уран далааһына

Саха прозата ураты хайысхаланыытыгар, саҥа тиэмэнэн, жанрынан, уобараһынан ба­йарыгар, суруйааччы тус куо­лаһа, позицията бигэргэнэригэр уһулуччу үтүөлээх киһинэн но­руот суруйааччыта, уустук дьылҕалаах саха саарына Василий Семенович Яковлев–Далан буолар. Кини булгуруйбат санаата, далааһыннаах айар үлэтэ саха уус-уран литературатын ис хоһооно дириҥииригэр, суруйар киһи куолаһа дорҕоонноохтук иһиллэригэр, уопсастыба иннигэр тус оруола үрдүүрүгэр ураты… Сиһилии »Далан «Тулаайах оҕо», «Тыгын Дархан» романнарын уус-уран далааһына

Барон Мюнхгаузен Саха сиригэр мүччүргэннээх сырыылара

Оҕолоор, эһиги, баҕар, ньиэмэс суруйааччы­та Рудольф Эрих Распе барон Мюнхгаузен туһунан кини­гэтин ааҕан баран, бу суон сураҕырбыт айанньыт сөҕүмэр сырыытын барытын биллибит дии санаабыккыт буо­луо. Соторутааҥҥа диэри мин да инньэ дии саныырым. Ол эрээри аҕыйах сыллааҕыта Германияҕа сылдьыахпыттан ыла ол көрүүм уларыйда. Мин, Мюнхгаузен туһунан элбэҕи билиэх-көрүөх баҕам бата­рымына, икки… Сиһилии »Барон Мюнхгаузен Саха сиригэр мүччүргэннээх сырыылара