Главная Блог Страница 5

Билиилээх күөл иччитэ

Хатан Хабырылла аҕам саастаах, кыырыктыйбыт баттахтаах, туруору сүүстээх, уһун субуруйбут муруннаах, сирэйэ күн уота сиэн хараарбыт, сэҥийэтигэр сэбирийбит бытыктаах, саар тэгил уҥуохтаах, бэйэтин лаппа кыанар киһи. Кини бүгүн андаата­рын тууларын көрөн кэлэн баран, күөһүн буһара уурбута, ол кэннэ аргыый наллаан ону-маны, уруккунуну-хойуккуну саныы олорбута.

Кинилэр аймаҕылаан туран удьуор булчуттар, аҕата Таас Көстөкүүн үйэтин тухары бултаабыта. Хатан Хабырылла оскуо­ланы бүтэрээт эмиэ булт соноругар туруммута. Сүрүн бултара – андаатар. Хабырылла эдэр сылдьан Манчаары Баһылай күрэхтэһиитигэр мас тардыһан муҥутуур кыайыылаах аатын ылбыта. Убайыныын, Көстөкүүннүүн, бииргэ кыттыһан бултаабыта. Убайа барахсан хара үлэни тулуппат этэ. Биир кыһын биэс аҥар тыһыынча андаатары бултаабыттара. Алта-сэттэ туркунан, ол аата уучахтыын, кыралыын-улаханныын сүүрбэччэ табанан сылдьан бултууллара. Сүүс андаатар туутун күөлгэ угар этилэр, күн аайы сүүрбэ биэстии тууну күөлтэн күөлгэ көһөрөн иһэллэрэ, ол аата туу күөлгэ түөрт хонук сытара уонна саҥа күөлгэ көһөрө. Кыһын устата биир даҕаны туу муус үрдүгэр хоммото, куруук муус анныгар бултуу сытара. Билигин Хатан Хабырылла итинник өлгөмнүк бултаабытын кэпсээтэҕинэ, эдэр булчуттар итэҕэйбэттэр, остуоруйа курдук истэллэр.

Хатан Хабырылла ойон туран оһоҕор мас эбии бырахпыта уонна күөһүн булкуйбута, туус куппута. Дьиэ таһыгар тахсан саҥа ыйы көрбүтэ, туруору тахсыбыт, онон бу тохсунньу ый томороон тымныылаах буолсу диэн кырдьаҕас булчут билгэлээбитэ. Ыраах ханна эрэ сур бөрө үөр-сүүрүк хомуйсан улуйан онолуйбута. Былыр эбитэ буоллар, табаларыттан дьаарханан уту­йар уута көтүө этэ. Билигин ардай аһыылаах бөрө айаҕар баппат «Бураан» диэн тимир көлө дэлэйэн, булчуттар нус-хас утуйаллар.

Хатан Хабырыллаҕа бүгүн даҕаны Байанайа өлгөмнүк бэрсибитэ. Кини ону-маны буолары-буолбаты саныы-саныы үлэтигэр туруммута. Былыр аҕата Таас Көстөкүүн Тумуһахтаах диэн сиртэн саас, муус устарга, ытынан кэлэн Билиилээххэ илимниирэ. Билиилээх Эбэ аҕыс ­биэрэстэ уһуннаах ортотунан билиилээх. Күөл биир өттө өлгөм балыктаах, биирэ балыга суох, эмиэ дьикти. Таас Көстөкүүн биир үтүө күн сордоҥҥо илим үтээри, муус алларан бүтэн иһэн тыын ылаары, тохтоон сынньанар. Сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн ытыһын көхсүнэн туора сотто туран иһиттэҕинэ, кэннигэр туох эрэ тыаһыыр. Ар­гыый кэннин хайыһан көрбүтэ, арай доҕоор, муҥур тиит саҕа хара бэкир киһи күөл билиитигэр ойбон алларан курдурҕата турар үһү. Сарсыардааҥҥы дьыбарга анньыытын тыаһа чыбырҕас. Маҥнай аахайбакка, ким кэллэҕэй диэх курдук санаан иһэн, эмискэ тымныы уунан саба ыстарбыттыы этин сааһа дьар гына түспүтэ. Сиһин ороҕунан тым­ныы көлөһүн сүүрбүтэ, куйахата үмүрүтэ тыыппыта, сирэйэ итий-итий гыммыта, уолуйан, чочумча мууска сыстыбыттыы даллайан турбута. Онтон өрүһүллэр суолум ол диэн үүтээнин диэки сүүрэр-хаамар тэҥэ көөһөкөчүйбүтэ. Ити кэмҥэ билиигэ турбут күлүк курдук хара бэкир киһитэ сиик буолан симэлийбитэ, туман буолан көппүтэ. Таас Көстөкүүн наҕыл-холку бэйэтэ ол хара бэкир киһини көрөн уйуһуйан, улаханнык саллыбыт этэ, күөлбүт иччилээх эбит диэн санаа онтон ыла үөдүйбүтэ.

Хатан Хабырылла төһө даҕаны баҕарбатар, санаата эмиэ ол күөл иччитигэр иэҕилиннэ. Андаатарын сүлэ олорон, күөл иччитин санаан куттаныах санаата кэлбитэ. Кини эмиэ биирдэ, ол хара бэкир киһини илэ көрбүттээх.

Оо, ол суоһар түгэн өрдөөҕүтэ буолбута да, билигин да саныан саллар. Билиилээххэ бултуу кэлэн, биир киэһэ утуйаары тапчааныгар кэтэх тардыстан тимир оһоҕун уотун одуулуу сыппыта. Үүтээни кыраһыын лаампата сырдатара, оһоҕун уота сөҕүрүйэн эрдэҕинэ, күнүскү ыраах айан сылаата таайан, тула өттө күөгэлдьийэн барбыта, эмискэ аан тэлэллэ түспүтэ даҕаны, аҕата кэпсиир хара бэкир киһитэ нөрүйбүтүнэн кии­рэн кэлбитэ. Туох да саҥата-иҥэтэ суох Хатан Хабырылланы кууһаары илиитин сарбатан ыга чугаһаабыта. Сирэйэ-хараҕа дьэҥкэтик көстүбэт илэ абааһы сабырыйан эрдэҕинэ, хаһыытаабытынан оронугар олоро түспүтэ. Сүһүөх-сүһүөхтэрэ ууну испит сылгы курдук халыр-босхо барбыттара, ийэ-хара көлөһүнэ саба түспүтэ, сүрэҕэ айаҕынан тахсыахтыы биллиргэччи тэппитэ. Тыын ылан, дойдум иччитэ тугу сыыһа-халты туттаммын көһүннэҕэй диэн таайа сатаабыта. Ол туран өйдөөбүтэ, саҥа айаннаан кэлээт, Аал уотун айах тутан күндүлээбэтэх эбит. Ыксал-тиэтэл бөҕөнөн сэттэ чох үрдүгэр түһэн Аал уотун арыылаах алаадьынан күндүлээбитэ.

Билигин ууттан тахсар илим хотоҕоһунуу үтү­мэн элбэх сыллар субуллан аасталлар даҕаны, ол түбэлтэни санаатаҕына этин сааһа аһыллан, ис-иһиттэн куттаныах санаата кэлэр. Аны дьиктитэ уола эмиэ соторутааҕыта ол дьулаан көс­түүттэн кута көтө сыспыттаах. Онон айылҕаҕа биллибэт эйгэ баарын уола итэҕэйбитэ. Санаатын аралдьытан, бэйэтин уос­кутунан «Эбэ иччитэ куһаҕаны тугу даҕаны оҥорбот, хайдах сыыһаны-халтыны оҥордоххо сэмэлээбэт буолуой» дии саныыра. Сааһы­ран, аны Хабырылла эбэтин иччитин араҥаччыһы­­тын курдук са­ныыр буолла, ыксаатаҕына киниттэн көрдөһөн-ааттаһан көмүскэл көрдүүр.

Хатан Хабырылла Билиилээҕин иччититтэн аралдьыйаары, аны оҕо сааһын санаан кэлбитэ. Кини Андылаах диэн Арҕахтаахтан уон аҕыс биэрэстэ тэйиччи сиргэ булчут үүтээнигэр төрөөбүтэ. Аҕата наһаа күүстээҕин иһин Таас Көстөкүүн диэбиттэр.

Биирдэ кыра эрдэҕинэ кустуу сылдьан аҕата акка оһоллонон харытын биир утаҕын тоһуппута, ону убайа маһынан чартаан кэбиспитэ. Аҕата дэриэбинэҕэ эмтэнэ барбатаҕа, оннук кыраҕа ымыттыбат, дьэбир киһи этэ. Кинилэр кустаан бүтэн убайдара уу мотуорунан Арҕахтаахха айан­наабыттара, онтон Хатан Хабырылланы аҕатыгар илии-атах дьөһүөлдьүт оҕо оҥосто хаалларбыттара.

Кинилэр икки атынан кус бөҕөнү ындыыланан Андылаахха айаннаан испиттэрэ. Уол күөл сиэнин батан тиһиликтээх тыраахтар суолунан бастаабыта. Арай көрдөҕүнэ, күн утары маҥхаҥнаан, сүөһү иһэрэ. Уол аҕатыгар: «Чээчэ, ынах иһэр!», – диэн саҥа аллайбыта. Онуоха Көстөкүүн: «Туох сүөһүтэ манна кэлиэй, баары киһи сылдьар, ону-маны одуулаабакка айан­наан ис», – диэн халымалыы таттаран хадьардык хардарбыта. Аллаах аттарынан хаамтаран дибдитэн кэлбиттэригэр, аарыма улахан тыатааҕы икки кэлин атахтарыгар турбута. Мааҕыын үрүҥ өҥнөөх диэн көрбүтэ, дьиҥинэн ыас хара, маҥан кырымахтаах адьырҕа эбит. Кини саллан атын үүнүттэн тардан туора салайбыта, онуоха аҕата кыыһыран: «Барыҥныыртан барытыттан куттаммыта буолан чугуруҥнуугун», – диэн ордоотообута.

Аҕата саатыгар ботуруон даҕаны уктубакка, кинини ойоҕоһунан сиэллэрэн адьырҕа диэки утары дибдиппитэ. Хайыаҕай, мөҕүллүбүт киһи быһыытынан атын быһа кымньыылаабыта. Ол иһэн маннык саҥалаах буолбута: «Чээчэ, чээчэ, үтүлүккүн уһул, ботуруонна угун», – диир да, аҕата ол аайы кыһаммат, сарыы үтүлүктээх өлүөр уҥа илиитинэн ботуруона суох саатын өрө тутан, айаннатан сикситэн испитэ. Адьырҕа хааһаҕы бырахпыттыы, биир тэҥник ойон лэбиргэтэн утары иһэрэ. Онно куттанан кута көтө сыспыта, хата, кыыллара сүүрбэччэ хаамыы кэлэн баран эмискэ туора ойбута. Дьэ, оннук, аҕата Таас Көстөкүүн тоҥтон толлубат, ириэнэхтэн иҥнибэт, куттанар-сэрэнэр диэни билбэт, ыарыы­ны аахайбат дьэбир хорсун-хоодуот киһи этэ.

Хатан Хабырылла оҕо сааһын истиҥник ­иэйэн саныы олорон, бүтэһик андаатарын сүлэн бүтэрбитэ. Хас да тоҥ күөс быстыҥа олорон көхсө сааллыбыта. Туран тыыллаҥнаан сиһин көннөрбүтэ, онтон илиитин суунан күөһүн хоторбута. Күһүн бултаабыт тайаҕын этин астаабыта. Тото-хана аһаан баран дьиэ таһыгар тахсыбыта.

Бөрөлөр аны чугаһаан, Билиилээх куулатыгар кэлэн улуйан онолуспуттара. Кырдьаҕас булчут бөрөлөр өһүөннээхтэрин билэр, онон ити улуйууну тириитин таһынан истибитэ. Халлааны хоту өттүнэн хантайан көрбүтэ, хомуос сулус турар сирин уларыппыт, түүн оройо буолбут. Үүтээнигэр киирэн оронун оҥостон сыппыта. Уоскулаҥа суох улуйууну истэн санаата аны бөрөҕө иэҕиллибитэ.

Бөрө олус оҕуруктаах өйдөөх, сылайбат сын­дааһыннаах, күүстээх-уохтаах кыыл уонна кини сэрэйэ саныырынан үөһэттэн үөттэриилээх адьырҕа. Бөрө киһини биллэр эрэ суон дурдатыгар, халыҥ хаххатыгар хара тыаҕа ыстанар, ону «Бураанынан» эккирэтэҕин. Хас даҕаны бураанынан эккирэтэн тумуска хаайаҕын. Онно бөрө обургу алыы синньигэс сиринэн аҕыйахтык көстөн хаалар. «Бураан» ыраас сиргэ алыыга ситэрин билэр. Хайдах кини тыа иһигэр сылдьан алыы нөҥүө атын тыа чугас баарын билэрий диэн дьиктиргиир.

Биирдэ икки бөрө алта уонча сылгыны тардыбыттара. Адьырҕалары сойуолаһарга анаан биэс бурааннаах биригээдэ тэриммиттэрэ. Бөрөлөр сылгылары сиэн мах буолан, аны табаны «бултаһыыларын» саҕалаабыттара. «Бурааннаахтар «ыппыт ох курдук ханна даҕаны аралдьыйбакка көнө сүрүннээхтик айаннаабыттара. Бөрөлөр куттал суоһаатаҕына, үөһэттэн муостаҕа түспүт доруобунньук курдук ыһыллан хаалар үгэстээхтэр.

Кинилэр икки гына хайдан эккирэтэн, тыһы бөрөнү суулларбыттара, атыыр куоппута. Бөрөлөр ол күн уонча көһү сүүрбүттэрэ. Хараҥаран сонордоһооччулар ыстаадаҕа тиийэн хоммуттара. Хатан Хабырылла киэһэ көҕүрэттэ таһырдьа тахсыбыта, арай иһиттэҕинэ, адьас чугас, сүүсчэкэ эрэ хаамыы сиргэ, атыыр бөрө тыһытын ыҥыран улуйар эбит. Бөрөлөр элбэх буоллахтарына, бэйэ-бэйэлэрин кытта улуйсан ыраахтан «кэпсэтэллэрэ».

Сарсыарда эрдэ туран уматык ыла Балаҕаннаахха төннүбүттэрэ. Ол баран иһэн көрбүттэрэ, илгэх-атыыр бөрө бэҕэһээҥҥи кинилэр суолларынан тыһытын көрдөөн төннүбүт. Түүн устата уонча көһү түспүт. «Бураан­наахтар» бу кыылы Балаҕаннаах чугаһыгар тиийэн сиппиттэрэ. Кыыллара тумулга киирбитэ. Сырата-сылбата эстэн, күлгэдийэн, хаама эрэ сылдьар буолбут этэ. Киниэхэ да айыкка буолуо ээ, икки түүн иһигэр сүүрбэ көһү сүүрүү. Хатан Хабырылла тумул иһигэр киирэн эккирэтэн мачайдаммыта, кыыла эстэн ситтэрэ сырыттар даҕаны, быыс булан бургуйан куотара. Биирдэ сэндэҥэ ойуурга сыал биэрэн, «Бурааныттан» ойон түһэн кыҥаан баран ытыалаан баһырҕаппыта да, таһы-быһа сыыһан кэбиспитэ. «Бурааныгар» олорон саҥа ыстаннаран эрдэҕинэ, сэбэ уматыга бүтэн умуллан хаалбыта. Бачча ситэн баран бултаабатым диэн кыһыйа-абара олордоҕуна, хата, уолаттара ситэн кэлэн уматык куппуттара. Үс «Бураанынан» күөйэн алыыга киллэрэн охторбуттара. Аарыма улахан бөрө этэ. Дьэ ити курдук бөрөнү кыһыйан-абаран, ньоҕойдоһон туран эккирэтэн иннин ылаҕын.

Хатан Хабырылла түүн оройо аастар да утуйбакка, санаата уйгууран хаалла. Сороҕор дьарҕалара көбөн, түүн аанньа утуйбакка эрэйдэнэр.

Бу сытан аны хайдах сырҕан эһэни кытта са­бырҕахтаспытын санаан кэллэ.

Тыатааҕы наһаа өйдөөх кыыл, суолун сатаан бутуйар, кистиир. Биирдэ кыстык хаар түспүтүн кэннэ, алтынньы бүтүүтэ табанан сиэллэрэн элээрдэн иһэн, тымтайы ойоҕоһунан уурбут курдук тыатааҕы суолугар кэтиллэ түспүтэ. Хаарга хааман лэппэрдээбит суолун батыһан сыарҕаттан түһэн сатыылаабыта, ол иһэн биир сиргэ тиийэн суолун сүтэрэн кэбиспитэ, кырдьаҕаһа халлааннаан да көппүтэ, сирдээн да тимирбитэ биллибэт этэ. Бу сиргэ суолун көрдөөн өр мачайдаммыта, онтуката кыыла кэлбит суолун олугунан чуо үктээн кэннинэн хааман төннүбүт. Балайда барбахтаат, ыраах туора ойбут. Аар тайҕа баһын тайанар булчукка булт бэйэтэ ыйан-кэрдэн биэрэрэ, эрэй үөрэтэрэ. Кэлин өйдөөбүтэ, кырдьаҕас суолун сүтэрдэххэ, ырааҕынан хайан бүтэйдэниллиэхтээх эбит. Суолун сүтэрэн баран, ырааҕынан эргийэн суолун булбута.

Арай Хатан Хабырылла көрбүтэ, сэдэҥэ тыа быыһынан ыраах буор харааран көстөрө. Кини саата эргэ, саатын эрэммэт, онон эрэй элбии илигинэ, кэлин оҥостон, хаһыа даҕаны буолан кэлээри тыас хомунан өтөҕүн быһаары, уучаҕын диэки эргиллибитэ. Ол кэмҥэ тайах суолугар аралдьыйан хаалбыта ыта бу баар буола түспүтэ. Мэхээлэ ытын ыҥыран буойан көрбүтэ, Хабараан бэрт эрэллээхтик сүүрэн тиийэн арҕах айаҕын өҥөйөн туран үрэн тоҕо барбыта. Аар тайҕа муҥур тойонун түлүк уутун аймаабыттарыттан киҥэ-наара холлубута. Араҕас тииһин килэтэн, көхсүн түгэҕэр кырыктаахтык ырдьыгынаабытынан ыты кытта охсуһан барбыта. Хабырылла ол кэмҥэ ыксаан, арҕахха утары тиийбитэ.

Кэнники, илиитин дьарҕата ыалдьан утуйбатах түүннэригэр ырытан, ырыҥалаан көрдөҕүнэ, алдьархайдаах алҕаһы оҥорбут эбит. Арҕахха кэнниттэн киириллиэхтээҕэ. Тыатааҕы тоҥ сир ньиргийиэр диэри иччилээхтик ис-иһиттэн эҥсэн ырдьыгынаабыта, онтон ыты кытта охсуһан иккиһин синньигэс биилигэр диэри былтайбыта, Онуоха Хатан Хабырылла хараҕын икки ардын көрөөт, чыыбыһын төлө тарпыта. Саатын ботуруона эстибэккэ сомуогун тыаһа «чап» гына түспүтэ. Кыыла арҕахха төттөрү түһэн иһэн, сомуок тыаһын истэн кыл түгэнэ толкуйдуурдук тохтуу биэрээт, кытарымтыйан көстөр аарыма улахан кугас дьүһүннээх улуу дьаалы, биирдэ сулбу ойон тахсыбыта. Кини соһуччута бэрдиттэн өмүттэн даллайан туран хаалбыта, ыты туора хаһыйаат, үллэрэҥнээн кэлэн Хатан Хабырылланы күөнүнэн түҥнэри көтөн кэбиспитэ. Саата ыраах эһиллэн хаалбыта, бэйэтэ тиэрэ таһыллыбыта, адьырҕа ыстаммыт уоҕар үрдүнэн ойон ааспыта. Кини өндөйөөрү булумахтанан эрдэҕинэ, сырҕан адьырҕа төннөн кэлэн баттыы түспүтэ. Ити санаатахха уһун, дьиҥинэн чыпчылыйыах түгэнэ этэ.

Былыргылар улаханнык куттаннахха, кутуҥ ыстанар дииллэрэ кырдьык эбит. Кылгас кэмҥэ дуолан охсуһуу молуонугар дьиктини көрөн аһарбыта. Бэйэтэ бэйэтин дьэҥкэтик, адьырҕа анныгар сытарын уонна ыта Хабараан тула сүүрэ сылдьарын үөһэттэн элэс көрөн аһарбыта. Дэлэҕэ даҕаны өбүгэлэрбит билэн эттэхтэрэ «оҕону улаханнык соһутума, кута ыстаныа» диэн. Биирдэ өйдөммүтэ, хаҥас илиитинэн кырдьаҕаһы сабырҕаҕыттан өрө анньа сытара. Ол улуу дьаалыны хайдах өрө анньыбытын өйдөөбөт, бука саба түһэн эрдэҕинэ, кута ыстаммыт кэмигэр кө­мүскэннэҕэ.

Тыатааҕы киһи хараҕын утары көрбөт диил­лэрэ кырдьык эбит этэ. Киһи хараҕын абааһы көрөн, куйахатын саралаан хараҕын саба түһэрээри Хатан Хабырылла кэтэҕин тириитин сытыы дэгиэ тыҥыраҕынан хайыта-тоҕута тыыппыта. Хата дьолго, киһи оннук иэдээҥҥэ тиксибэтэҕэ. Охсоро түргэнэ, күүһэ-күдэҕэ сүрдээҕэ, сир ньиргийэн олороро, көрдөххө илин атахтара кылгастар эрээри, тиийиэхтээх сиригэр тиийэрэ. Ардай аһыытын килэтэн, көхсүн түгэҕэр өһүөмньүлээхтик ырдьыгыныы-ырдьыгыныы, икки илин атаҕынан охсон биллиргэппитэ.

Хатан Хабырылла эдэр сылдьан буоксанан дьарыктаммыта туһалаабыта, баппаҕайынан охсорун аһаран биэрэ сыппыта. Сабырҕаҕыттан өрө анньа сытар буолан хамсанарын сылыктаан, хайа атаҕынан охсорун этэ тардан сэрэйбитэ, хата, чалахайынан ыспатаҕа. Аматыгар бытаан, нэс киһи бу түгэҥҥэ элбэҕи чаҕылҕанныы эргитэ санаабыта. Араас оттомо суох санаалар төбөтүгэр элэҥнээн ааспыттара, үөлэс саҕа айаҕын аппытын көрөн улахан сибиинньэ айаҕар маарыннаппыта. Былыр улуу булчуттар адьырҕаны сыгынньах илиилэринэн тылын төрдүттэн харбаан ытарчалыы ылан баран быһаҕынан анньаллара. Эс киниэхэ оннук табыллыбат, илиитин биирдэ хадьырыйан кэбиһиэн сөп. Ол сытан өй булан уҥа илиитинэн быһаҕын тардыаласпыта, сор суоллаах, өлүү түбэлтэлээх диэбиккэ дылы, арҕахха киирэригэр уһун суккун сонун устубатаҕа, быһаҕын ылыаҕын соно мэһэйдээбитэ.

Маҥнай уолуйбута ааһан, киһини кытта охсуһа сылдьар курдук санаммыта уонна уҥа илиитинэн охсон саайбыта. Бу саамай улахан сыыһата этэ, хайдах кини бэйэлээҕи хотутуом диэн охсоох­тообута буолла. Кыыла сымса муҥутаан тииһигэр түһэрэн ылбыта, ытыһын көхсүн уҥуоҕун биирдэ хампы ыстаан «харк» гыннарбыта. Илиитин ыарыытыттан хараҕар сарадах уоттар ыһылла түспүттэрэ, кыыла илиититтэн биирдэ сулбу тардан туруорбута. Уҥа илиититтэн ытыран туран ыт үтүлүк саҕа баппаҕайынан төбөтүн хампы охсордуу далайан эрдэҕинэ, ыта барахсан күн-ый буолан, кэнниттэн кэлэн быттыгар тииһинэн хатана түспүтэ. Кини да буоллар уйан сириттэн хаптаран, Хатан Хабырылланы быраҕан, аны Хабарааҥҥа ыстаммыта. Түгэни туһанан, үрүҥ тыыным өллөйө бу эрэ буолуохтаах диэн, саатыгар ыстаммыта. Адьырҕа ыты туора хаһыйаат, атаҕыттан хабан ылбыта, хата, халыҥ ыстааннаах, хаатыҥкалаах буолан сототун уҥуоҕун хампы ыстаабатаҕа. Кини саатын диэки дьулуһара да, кыыла төттөрү тардара, күн туллар, күһэҥэ быстар быһаарыылаах кэмигэр Хабараан барахсан иччитин өрүһүйээри иккиһин кэннигэр түспүтэ. Хардаҥ адьырҕа бу сырыыга улаханнык эмсэҕэлээн, кинини быраҕан аны ыты эккирэппитэ. Киһи саатын сиртэн сулбу тардан ылаат, сомуогун халыгыратан саҥа ботуруону ииппитэ. Тыатааҕы ыты кытта охсуһа-охсуһа субу ыган кэлбитэ. Хайыта тыытыллыбыт куйахатыттан хаана хараҕын саба түһэн тугу да көрдөрбөт этэ, ону сонун сиэҕинэн туора сотто-сотто көмөгөйүн туһаайаат ытан хабылыннарбыта. Хата, саата өс киирбэх эстибитэ эрээри, таһы-быһа сыыһан кэбиспитэ. Ботуруон уларыттар түгэн биэрбэккэ, бу үллэкэчийэн, саба барыйан кэлбитэ. Хайыыр да кыаҕа суоҕа. Барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолбута, ыксаан өлүү айаҕын нэтээгинэн бүөлээбит диэбиккэ дылы, саатын утары тоһуйа ууммута. Күнэ хараарбыта, көхсө кыараабыта, бүттүм дии санаабыта. Хабараан кэлэн күн-ый буолан, бу сырыыга добуоччу ыраах тэйиппитэ. Киһи буолара дуу, кии буолара дуу быһаарыллар мүччүргэннээх түгэнигэр бэ­йэтэ бэйэтиттэн соһуйуох быатыгар муус холкутугар түспүтэ. Аҥар атаҕар сөһүргэстээн олорон иккиттэн биирин быһаарса сүүрэн үллэкэчийэн иһэр аарыманы көмөгөйүн көрөн чыыбыһын сөмүйэтин сүрэҕинэн сыыйа төлө тарпыта. Хата, бүтүн оҥоһуулаах баччаҕа кэлэр быатыгар, араллааны түмүктээн, саата эстэн сатараабыта. Сиэмэх адьырҕа этин тартаран дьигиһийээт туора ойбута уонна хааһаҕы быраҕаттыырдыы биир тэҥник ойон лэбиргэтэн иһэн ойоҕоһун хабыалаабыта.

Хатан Хабырылла санаатын ситимин быһан сойбут чаанньыгыттан сөрүүн уу испитэ. Ити амырыын түбэлтэни санаатаҕына, куруук долгуйар идэлээх. Сарсын былыт кэлэрин билгэлээн илиитин дьарҕата эмиэ дьаралыйбыта. Бу сытан эрэллээх доҕорун Хабарааны санаан кэлбитэ. Хабараан ыраас хааннаах дьиҥнээх саха ыта этэ. Орто баайыы уҥуохтаах, өрө хоройо сылдьар көнө кутуруктаах, үмүрүччү үктээн хаамар, атаҕынан түргэнэ суох, тириитэ халыҥ, онон тымныыга тыһа быстыбат, киппэ көрүҥнээх кылгас моойдоох, саллаҕар төбөлөөх, кулгааҕын икки арда киэҥ, чөмчөкөтүн сүргүөҕэ халыҥ, быһах өнчөҕүн курдук кэтит, түүтүн быыһын үрэн көрдөххө, уһун кыл быыһыгар кылгас ньуолах түүлээх, тулуурдаах, дьулуурдаах, харса суох иччитин туһугар тыынын да толук уурарга бэлэм этэ. Кинини хаста-хаста өлүү айаҕыттан өрүһүйбүтэ буолуой?! Хатан Хабырылла доҕорун санаан сирэйэ сырдаан кэлбитэ. Кини илиитин ыарыытын аһара сатаан ытыһын көхсүн имэрийбитэ. Киһи санаа кулута дииллэринии, сиэри-туому тутуспакка, аньыыны-хараны аахсыбакка эрдэ күн сириттэн күрэммит атаһын санаан кэлбитэ.

Сааһыран оттомуран олорон ырыҥалаан көр­дөҕүнэ, айылҕаҕа тугу оҥорбутуҥ иэстэбиллээх эбит. Биирдэ булчут атаһа хаар түспүтүн кэннэ табанан айаннаан иһэн, күөл сиэнигэр талахха турар тайаҕы ыппыт. Булчут табаларын хаалларан тайахха сатыы тиийбит, көрбүтэ кыыла хаана таммалаан тохто-тохто туран хааман барбыт. Булчут эккирэппит, ситиэхчэ-сиппэтэх, халлаан хараҥаран, табаларыгар төннүбүт. Сарсыарда эрдэ тыҥ хатыыта туран кыылын эмиэ эккирэппит, бэҕэһээ сиппэтэх абатыгар саанан, «дьэ бүгүн ситэн тэйиэм, иннигин ыларым буолуо» диэмэхтээбит. Күн ортото дьэ тайаҕын ситэн ылбыт, кыыла нэһииччэ байааттаҥныы-байааттаҥныы куотан өкчөҥнүүр, ону ситэн кэлэн бэҕэһээ куоппутун иэстэһэн искэ ыта-ыта саҥалаах буолар: «Бэҕэһээ тоҕо охтубут сиргэр сыппатаххыный?» – диэн. Оннук дьаабыланан айылҕа маанылаах оҕотун эрэйдээн-муҥнаан тыынын салҕаабыта.

Ол киһи биир күһүн үүтээнигэр тахсан бултуу-бултуу муус аннынан илимниир. Булт болдьоҕо бүтүүтэ элбэх илимин тимир буочукаҕа уган үүтээнин таһыгар хаалларар. Эһиил күһүнүгэр кэлбитэ, тыатааҕы илимин барытын буочукаттан ороон таһааран тоҕута-хайыта тыыппыт, үүтээн таһыгар илим сэмнэхтэрэ ыһылла сыталлара үһү. Атаһа бардам муҥутаан, тыатааҕыттан иэстэһэргэ сананар. Бултаан бүтэн барарыгар үүтээн таһыгар түөрт улахан бөрө хапкаанын чэҥкээйилээн марайдаммакка иэстэһэр эрэ санаалаах иитэр. Эһиилигэр күтүөтэ тиийбитэ, хас даҕаны хапкаана суох. Нөҥүө сылыгар күүһүн-уоҕун үгэнигэр сылдьар киһи ыалдьан өлөр охтуутун охтубут этэ.

Хабырылла көрсө тиийбитигэр эппитэ: «Атаһым, киһи эрэ буолларгын төрөөбүт, иитэн-аһатан олорор айылҕаҕын харыстаа, кыылы сэнээмэ, булду булт курдук киһилии бултаа. Мин дохсуммар тэптэрэн, сыыһа быһыыламмытым үгүс, ону айылҕа оҕолоро кырааннар, эрдэ үйэ­лэнэр кэрэгэй дьылҕалаатылар, сору көрөн өлөр муҥу буллардылар», – диэхтээбитэ. Быстаары, эрэйдэнэ сытар киһини көрөргө ыарахан этэ.

Биирдэ Хатан Хабырыллалаах эмиэ күһүн, хойутуу Бокуруоп кэннэ, биир кырдьаҕаһы суоллаабыттара. Онтукалара күөлгэ түһэр сиэн биэрэгэр аппаҕа сир хайдыбытын кэҥэттэн киирэн сыппыт этэ. Дьээбэтэ баар, арҕаҕын айаҕыттан үөһэ сыппыт. Бултаабыттарын кэннэ ыттара киирэн иһирдьэттэн соһон таһаарбыта. Тыатааҕы «өбүгэлэрин дойдутугар бараары» сыттаҕына, өйө бааллан видео камераҕа устубута, ол уста турдаҕына, иччилээхтик тугу эрэ биттэммиттии хаҥас хараҕа күүскэ-күүскэ тардыалаталаабыта.

Үс хонон баран уолунаан тайах эккирэтэн испиттэрэ, ол иһэн тохтоон саатын ииттибитэ, ботуруона ситэ киирбэтэҕэ, ону чыыбыһын иккиһин тардан ылан түһэрбитэ. Саата эмискэ эстэн дэлби барбыта, Хатан Хабырылла алдьархайдаах амырыын ыарыыттан өрө хаһыытыы түспүтэ, аҥар хараҕа көрбөт, аҥаара нэһииччэ борутар эрэ буолбута. Хата дьолго, уола баар буолан дьиэтин этэҥҥэ булбута. Онтон ыла улахан булду хаартыскаҕа түһэрэри, видиккэ устары аньыырҕыыр буолбута. Сааһыран олорон ырыта санаатаҕына, ол ханнык да сиэргэ баппат эбит. Кинилэр эмиэ айылҕа оҕолоро ­буоллахтара, ону өлөрө-өлөрө дьоҥҥо көрдөрөн киһиргиир, хаартыскаҕа түһэрэр сатамньыта суоҕун өйдөөбүтэ. Былыргы өбүгэлэрбит курдук бэйэни арбаммакка, сиэр быһыытынан бэйэ эрэ сииригэр холоон бултуохха буоллаҕа. Биһиги хоту дойду дьоно булдунан олордохпут.

Хатан Хабырылла Дьокуускайга кэлэн сүрэҕин көрдөрө сырыттаҕына, куолайын көрөн, онно баастааҕын билбиттэрэ. Дэлби санаата түһэн, дойдутугар төннөн кэлбитэ. Арҕахтаахха кэлэн ырдьаччы ыран хаалбыта, ыйыһыннаҕына куолайа ыалдьара. Хата, ол кэмҥэ туйах хатарааччыта, уола кырдьаҕаһы бултаабыта, ол үөһүн ылан саас эрдэ балыктыыр сиригэр Солобудаҕа тахсыбыта. Дьоннор Арҕахтаахха: «Хатан Хабырылла ас барбат буолан сытар», – диэн сипсиһэр буолбуттара. Хабырылла онно сибиэһэй үөһү буоккаҕа суурайан илдьэ баран, онтукатын муус уутугар убатан киэһэ сарсыарда иккилии луосканы иһэ сылдьыбыта. Оннук биир ый эмтэнэн бу тиллэн кэлэн эмиэ бултуу сырыттаҕа.

Аар айылҕаҕа сиэри-туому кэһии иэстэбиллээҕин, оттон киһилии бултаатаххына, Байанай өлбөт мэҥэ уутун бэйэтинэн уунарын өйдөөбүтэ.

Хатан Хабырылла санаата урут дьулайа саныыр Билиилээх күөл иччитигэр иэҕиллибитэ. Киһилии сиэри тутуһан сырыттахха, кини да тоҕо көстөн кутталынан суоһуой диэн бэйэтин уоскутуммута. Ити курдук ону-маны эргитэ саныы сытан улам төбөтө ыараан үүтээнин ис бараана күөгэлдьийэн, дьэ утуйарга барбыта.

Егор Картузов
Чолбон. – 2018. – №2

Салдьа

Сааскы халлаан суһуктуйа сырдаан, балаҕан иһэ борук-сорук буолла.

Аана эмээхсин, бэҕэһээ киэһэ сыарҕа суолун баттаһа күнү быһа от тиэйэн саҥата иһиттэн тахсыбат буолуор диэри сылайбыт кыыһын уһугуннарбакка, тыаһа-ууһа суох уолун Киргиэлэйи туруоран хотоҥҥо таҕыстылар. Киэһэ ынахтара ахтыбыт көрүҥнээҕэ, онон эмээхсин сээбэҥнээн утуйбакка сыппыта.

Киргиэлэй бэйэтин сааһыгар сөрү сөп эттээх-сииннээх олус оттомноох уолчаан бу да сырыыга көннөрү батыһааччы, тымтык тутааччы курдук буолбата, ийэтин иннинэ сурдурҕаччы хааман тиийэн хотон аанын аһан биэрдэ.

– Ыл, кукаам, түргэнник уоккун умат, арааһа… – Аана, уолун соруйан баран, уот умайарын кэтэһэн турбакка, ынаҕын диэки барда. – Ээ, Салдьа барахсаан, эрэйдээҕим сыыһа, быыһаммыт, – сотору буолаат саҥа аллайда.

– Ийээ, төрөөбүт дуо? – уол тымтыга умайаатын кытта баҕана быыһыгар кыбытта уонна ньирэйи өйдөөн көрдө. – Чээн, ньирэйбит үкчү ийэтин курдук дии. Тыһы дуо?

– Тыһы, тыһы. Этэҥҥэ сырыттаҕына, ийэтин курдук үтүө, үүттээх ынах буолуо, сүөһү төрдө буолуо. Оо, бу котокону, турда, турда!

Эмээхсин саҥардыы өндөйөн байааттаҥныы турар ньирэйгэ уолун кытта көмөлөөн ийэтин синньин буллардылар. Ньирэй бастаан тылбыҥныы түһэн баран, эмэн соппойон киирэн барда.

– Киргиэлээй, дьиэттэн били саҥардыы хаппыт быабын, ыаҕайата, чохоото киллэр.

Уруккута эбитэ буоллар, Аана ньирэйигэр ийэтин төбөтүгэр сыры-сымнаҕас отунан тэллэх оҥорон биэриэ этэ. Аччыктаан кэлиргэлэрин кытта кэбийэр сүөһүлэр барахсаттар оту хотууллуохтара дуо?

Киргиэлэй төннөн киирэригэр эмээхсин сүүрбэтиттэн тахсыбыт кыыһа Алааппыйа кииристэ. Кыра хотон иһин үлүскэннээх үөрүү толордо: ньирэйи имэрийии-томоруйуу, Салдьаны хайҕааһын. Төрүүрүгэр илистэн сылайбыт көрүҥнээх Салдьа, ньирэйин салыы-салыы, ыҥырана турда. Ньирэй тоҕо эрэ улахан баҕайытык «мээ» диэбитигэр күлбэтэхтэрэ ырааппыт дьон дэлби күлүстүлэр. Саҥа быанан ньирэйи ийэтин төбөтүгэр баайдылар. Алааппыйа дьоһуннук туттан-хаптан ынаҕын ыан киирэн барда, ап-араҕас уоһах утахтара ыаҕайа түгэҕэр охсуллаллара бастаан обургутук, онтон уоһах ыаҕайа түгэҕин сабан, тыас бүтэҥитик иһиллэр буолла.

Эмээхсин оҕолорун дьиэҕэ киирэллэригэр соруйан баран, бэйэтэ соҕотоҕун хотон ортотугар туран хаалла. Кырдьаҕас киһи өбүгэлэриттэн иҥэриммит, ханнык да түгэҥҥэ умнууга хаалларбат биир үгэстээҕэ. Бэлиэ күннэргэ соҕотоҕун сылдьан сири-дойдуну алгыы, айылҕа анаан биэрбитигэр барытыгар махтана, аһата сылдьар идэлээҕэ. Кини сиэбиттэн кыра сарыы мөһөөччүгү хостоото. Онтон ытыс саҕа кытыан оту, сылгы сиэлин сүүмэҕин, туоска суулана сылдьар чыыппааннары таһааран, баҕанаттан умуллан эрэр тымтыгы ылан хотон муостатыгар кыра уот отунна уонна умса нөрүйэн туран эрэ дьоҕус чохооҕо кутан ылбыт уоһаҕыттан уокка ибиирэ-ибиирэ:

– Уордаах Улуу Тойон
Уйгулаах кыыһа
Наадьы Дьаҥха хотун!
Үс бараан күлүккэр
Үҥэн-сүктэн көрдөһөбүн
Төлкөбүтүн төрүттээ,
Төрөлкөй төрүөҕү үөрдээ!
Соргубутун үрдэт,
Үрүҥ илгэбитин үксэт,
Уруй! Үрүҥ тунах!
Уруй! Үрүҥ тунах!
Уруй! Үрүҥ тунах! – диэтэ уонна хаалбыт уоһаҕынан хотонун баҕаналарын, өһүөлэрин оҕу­нуохтаата. Алҕаан бүтэн ынаҕар тиийэн моонньуттан кууһан туран:

– Салдьа барахсаан! Үүттээх, иччимсэх, сымнаҕас, кэлигэс үтүө да ынаххын. Быйыл да кураан буолар чинчилээх, олохпутун, киһи дуу, кии дуу буоларбытын эн эрэ быһаараҕын эрэ, хайа эрэ… Иччилэриҥ туһунан санаар дуу, баҕар, мин аны сааскыга тиийиэм суоҕа. Түүлүм-битим оннуктуҥу. Үөрэрим биир, оҕолорум иккиэ­лэр, бэйэ-бэйэлэрин өйөһүөхтэрэ. Алааппыйам да, Киргиэлэйим да оҕонньорум биһикки дьол­бутугар иитэ ылбыт оҕолорбут эбит. Майгылара-сигилилэрэ мааныта, үлэһиттэрэ. Киргиэлэй оҕотун көрүмэ, быһаарыылааҕа, туттуута, дьаһала – бүтүн эр киһи! Хаһан эрэ бу сордоох сэрии бүтэн дьон өрө тыынар?! Дьүөгэм Мааппа уолаттара онно уот ортотугар сырыттахтара. Дьэ иэдээн! Былыр кырдьаҕастар сэрии сут-кураан аргыстаах дииллэрэ дьэ кырдьык оннук буолла… – диэн истиҥ киһитигэр кэпсиирдии оргууй саҥара-саҥара, ынаҕын хоҥоруутун имэ­рийбэхтээтэ.

Алааппыйа Киргиэлэйдиин уоһахтаах ыаҕас­тарын илдьэ хотонтон тахсыыларыгар илиҥҥи халлаан имэ кыыһан, күн тахсыахча буолан эрэрэ. Сотору Алааппыйа дьиэттэн икки улахан ыаҕаска мүлүгүр ууну киллэрэн ынаҕар биэрдэ. Ийэтин тымныйыа диэн дьиэҕэ киирэригэр соруйда уонна бэйэтэ ынах кэнэҕэһэ кэлэрин кэтии хаалла. Урукку эбитэ буоллар, бэлэм түспүт кэнэҕэһи ылан, кыыл-сүөл аһылыга буолбатын диэн көмөн кэбиһиэхтэр этэ, билиҥҥи аас-туор олоххо ыстыыр наада кэмигэр бэлэм ас буоллаҕа.

Кэтээбитэ да үчүгэй эбит, сотору кэмигэр ынах кыратык түллэн ылбытыгар кэнэҕэһэ субуруйан тахсан эрэрин ыаҕаһыгар сыа-сым курдук тоһуйан ылла.

Хаһаасчыт хаһаайка буолуу бэйэтэ эмиэ туспа дьоҕур диэтэҕиҥ. Аана чугас эргин хаһаасчытынан сыаналанара. Бу да сырыыга соһуччу хаһаастаах буолан биэрдэ. Икки ытыс бурдугу ынах төрөөтөҕүнэ диэн хаһааммытынан уоһах алаадьыта оҥосто оҕустулар. Икки оҕолоох дьукаахтарынаан, Мотоохоонноохтуун уостарынан-тиистэринэн үллэстэн уоһах алаадьытын сиэтилэр.

Сып-сап итии киллэрээт, Алааппыйа Мотоохоон Балбааратынаан холкуос хотонугар үлэлии бардылар. Эмээхсин ынах кэнэҕэһин сууйан, кырбаан, хас да гына өлүүлээн, ампаарга таһааран уурда, биир өлүүнү киэһэ сииргэ хаалларда.

Салдьаҕа үүт киириэҕиттэн Ааналаах олохторо тосту уларыйда. Үүт аһы сыа-сым курдук тутан тугу да бычыгыраппакка сөрү-сөп гына аттаран, араас аһы астыыр дьоҕурдаах дьахтар тарбахха баттанар. Аана ынаҕа төрөөтөр эрэ чугас эргиннээҕи ыал сөҕүөхтэрин курдук күөр­чэҕэ, суората, ымдаана, үөрэтэ, сүөгэйэ, арыыта дэлэгэйдик баар буола түһэрэ. Ол биир кистэлэҥэ сылын аайы үөрэ отун, унньууланы хото хомуйара, хаһаанара буолар. Былырыыҥҥы сайын төһө да кураан буоллар, үөрэ ото бастаан утаа син балачча үүммүтэ. Дьэ ол иһин быйыл да урукку сыллартан соччо-бачча итэҕэһэ суох үүт аһы оҥорор.

Күһүөрү сайын, Алааппыйа окко сырыттаҕына, ньирэйдэрэ Ньээм сүтэн хаалан эмээхсиннээх Киргиэлэй ууга-уокка түһэ сырыттылар. Кырдьаҕаһа чугас эргин, Киргиэлэй ырааҕынан эргийэ икки күн көрдөөбүттэрэ. Салдьа барахсан олох сүөм түһэн, кулгаах-харах буолан оҕотун суохтаан соҥуоран хаалла. Дөрүн-дөрүн киһи аһыныах, оҕом иһиттэр ханнык диэбиттии, ис иһиттэн эҥсэн маҥыраан ылар.

Иккис күнүгэр Киргиэлэй уһун кураантан хардырҕаччы хаппыт оттоох алаастар сыырдарын быллаардарынан хааман, ньирэйин сэниэтэ суох ыҥыра-ыҥыра, киэһэтин олох чиэски ыраах Суотту үрэҕэр тиийдэ. Күн киирбитин кэннэ, уолчаан санаатыгар, үрэх икки өттүнэн үтэн киирбит ойуур мастара хаһан эрэ ийэтэ кэпсээбит үһүйээнигэр ахтыллар боотурдар саҥата суох умса нөрүйэн туралларын курдуктара. Бэрт былыр, кыргыс үйэтин саҕана, байаҕантайдар суоттулары кытта элбэхтик күөн көрсүһэллэрэ үһү. Биирдэ суоттулар ыам бырдаҕын курдук хара баһаам аттаах боотурдара өс-саас ситиһэр, өлөрөр-өһөрөр санаалаах иһэллэрин туһунан илдьит кэлбит. Үөчэй Бөҕө диэн баһылыктаах байаҕантайдар оннук элбэх сэбилэниилээх боотурдардыын утары көрсөн кыргыһартан саллан ханнык эмэ албаһы туһанарга сүбэлэс­питтэр.

Ол киэһэ Үөчэй Бөҕөлөөх сайылыктарыгар сүөһү өлөрүллэн олохтоохторго улахан чалбараҥ тэриллибит. Суотту үрэҕин устун арҕаалаа­быт күнү күлүктүү аттыын, киһилиин килбэл­дьигэс тимир куйахтаах кыргыс дьоно тоҕо ааҥнаан киирэн испиттэр. Үрэх ортотун диэки соҕурууттан уонна хотуттан ойуур тумустаан киирбит кыараҕас сирэ баарыгар чугаһаан кэлбиттэригэр, тыа быыһыттан кыа хааны бүрүммүт сэрии сэптээх дьон кус-хаас саҥатын түһэрэн, утары ойон тахсыбыттар. Киирэн иһээччилэр миинэн иһэр эрэллээх миҥэлэрэ, үргэн хаһыҥырыы-хаһыҥырыы, дьоннорун илдьи быраҕаттаабыттар, туора-маары ойбуттар. Итинник албаһы туттан, байаҕантайдар аҕыйах ахсааннаах киһинэн халыҥ сэриини кыайбыттар.

«Эчи кутталын, ити мастар тыалтан иэҕэҥ­нээн-иэҕэҥнээн баран боотурдар буолан ордооттоһон туруох айылаахтар. Кус да сүрэх киһибин уонна кэлэн Ньээммин хайдах булабын? Мас-мас курдук ини», – уол бэйэтин уоскутунаары биир сонос маһы тэбэн көрдө. Ити хамсаныытыттан эрдийэн күүһүн муҥу­нан кэһиэҕирбит куолаһынан төһө кыаллары­нан улаханнык: «Ньээм, Ньээм», – диэбитигэр ньирэй мэҥирээбитигэр соһуйан ходьох гына түстэ. Ол саҥа хоту баран иһэн, тэйиччи соҕус, ойуур быыһыгар туох эрэ маҥхайан көстөрүн көрөн аны тиэтэйэ-саарайа онно харбыаласта.

– Ээ, Ньээмискэй барахсан, туох буоллуҥ? – диэн ньирэйэ иччитин билэн өндөҥөлөөбүтүгэр ньирэйин аттыгар тобуктуу түстэ. Имэрийэ олорон көрбүтэ, биир илин атаҕа хайдах эрэ туора сылдьар эбит. – Мээнэ-мээнэ бараҥҥын атаххын өлөрбүккүн дии! Ийэм эмтиэ, тулуй. Хайыыбын, эн курдук бөскөөнчөнү мин сатаан көтөхпөт буоллаҕым дии. Арай, соспут киһи. От соһор сыһылба кур­дук оҥорор эбиппин.

Уончалаах уол ырычаахтаһан-ырычаахтаһан хаһааҥҥы эрэ бүтэй тоһоҕолоругар ньирэйин быатын, талахтары туһанан туора мастары баайда. Оҥорбут сыһылбатын үрдүгэр мутукча тэлгэттэ уонна бэрт өр сыралаһан, ньирэйин соһон таһааран сытыаран баран, иннин диэки дьүккүйэн көрдө да, харыс да сири хамсаабата. Сынньанан күүс киллэринээри, ньирэйин кууһан баран сытта уонна устунан утуйан хаалла. Түһээтэҕинэ, Үөчэй Бөҕө тиийэн кэлэн күүс­тээх илиилэринэн ньирэйдээх уол сытар сыһылбаларын, киниэхэ билигин кый ыраах сэриигэ сылдьар Өлөкө талахтан кыһан оҥорон биэрбит оҕуһун соһорун курдук бэрт чэпчэкитик соһон киирэн барда. Уһуктан кэлбитэ, ийэтэ Салдьатын сыарҕаҕа көлүйэн Анньыыска диэн дьахтардыын кэлэн турара. Салдьа көлүллэ да сылдьан быыс булан оҕотун сытырҕалаан, салаамахтаан ылла.

Аймахтара Мааппа эмээхсин сэриигэ маҥнайгы хомуурга барбыт Бүөтүрүн кэргэнэ, үп ааҕынынан үлэлиир Анньыыска таба тайанан, уоллаах ньирэйи булбут эбит. Ньирэй туохтан эрэ үргэн куотан атаҕын бүлгүрүппүт, ону Аана бэрт саталлаахтык көннөрөн, чаттаан баран, бэрэбээскилээн кэбистэ. «Араанньы буолбут» ньирэй кыбыыга хааллан турда. Холкуоска окко оҕус сиэтэрин таһынан Киргиэлэй ньирэйи үрэх чүөмпэтиттэн уу таһан уулатар, ханна от сэрбэйэн турар сириттэн от үргээн аҕалан аһатар эбии үлэлэннэ. Маҥнай утаа Салдьа барахсан, оҕом эмиэ сүтэн хаалыа диэбиттии, ынахтары кытта барбакка, хаһан да үүрүллүбэт, мөҕүллүбэт бэйэтэ иччититтэн мөҕүлүннэ. Саамай кэлигэс ынахтара Салдьа аҕыйах күн дьиэ таһыттан арахпатаҕар сорох ыалларын ынахтара мэччирэҥи батыһан атах балай бараннар, барахсан буруйа өссө халыҥаата.

Кыстыкка киирбит кэннэ эмээхсин, дьонут­тан кистии сылдьыбыт ыарыыта бэргээн, дьиэ эрэ иһигэр сылдьар киһи буолан хаалла. Биир күн Алааппыйата суоҕуна Киргиэлэйи хотоҥ­ҥо таһаара сырыт эрэ диэн көрдөстө. Салдьа иччитэ киирбитигэр ыҥырана тоһуйда. Аана ынах ыыр олоппоһу ылан ынаҕын төбөтүгэр тиийэн олордо. Ынаҕа иччитигэр чугаһаан имэрийтэрээри төбөтүн үҥүлүттэ. Эмээхсин, араас истиҥ тыллары ботугуруу-ботугуруу, таптыыр ынаҕын имэрийдэ-томоруйда, онтон ынахтаах эмээхсин сүүс-сүүстэринэн өйөнсөн биирдэрэ олордо, иккиһэ умса көрөн турда.

– Салдьа барахсаан, иччиҥ кэннэ уһаан, иннэ кылгаан хаахыныыр мас охтубатыныы нэһиилэ бэйэтин эрэ бөрөнө сылдьаахтыыр буолан хаалла. Эн, бука, диэн эргис ыатан дьоҥҥун хайдах эмэ гынан кыстыгы туоратаар. Сөп диэриий. Аттынааҕы холкуоспутугар дьон дьэҥкэрэн өлүтэлээбиттэр үһү. Алааппыйа миигиттэн кистиир да, дьукаахпыт Балбаара кэпсээбитэ… Сэрии маҥнайгы кыһынын инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан туораахтаатыбыт. Үс сыллаах кураан кэлбит буоллаҕына, быйыл сайын эмиэ кураанныа…

Ити кэмҥэ Киргиэлэй таах турбакка саах күр­дьэ сырытта. «Ийэм ынаҕын кытта киһини кытта кэпсэтэр курдук кэпсэтэр. Салдьа кырдьык киһи курдук өйдөөх. Үчүгэй киһи курдук. Кыыһырбат. Саҥата суох кэпсэтэр. Миигин кытта итинник кэпсэтиэ дуу?» дии санаата.

Эмээхсин арҕас мастан тардыһан турда. Ынаҕын моонньуттан ыга кууһан туран саҥа таһаарбакка ытаата, Салдьа хараҕыттан эмиэ дьэп-дьэҥкир ыраас таммахтар субурус гыннылар. Киргиэлэй уолчаан өйүгэр-санаатыгар бу көстүү хаһан да умнуллубат гына хатанан хаалбыта. Ити кэннэ Аана уһаабатаҕа. Биир сарсыарда уһуктубатаҕа. Пиэрмэҕэ сэбиэдиссэйдиир Алааппыйа иллэҥэ суох буолан, ийэлэрин таҥаска суулаан бастаан ампаарга таһаарбыттара. Кини үлэлии барарыгар Киргиэлэйгэ: «Ийэбитин кутуйах тыытыа, көрө сылдьаар», – диэн соруйара. Онтон ыаллара, аймахтара Былаас биир былыттаах сылаас күн чычаас гына буор хаһан биэрбитигэр салаасканан соһон таһааран кистээбиттэрэ.

Салдьа иччитин суохтуура, кэтэһэрэ. Кини кэриэһин толорбут курдук, кыһыны быһа хара төрүөр диэри эргис ыаппыта, онон дьонун да, чугас ыалларын да абыраабыта.

Алааппыйалаах Киргиэлэй өлүөхтэригэр диэри Салдьа удьуорун быспакка өрүү салдьыгыр муостаах, хара эбирдээх саха ынахтаах буолаллара. Алааппыйа оҕолоругар, сиэннэригэр Салдьа туһунан бастыҥ дьүөгэтин туһунан кэпсиир курдук кэпсиирэ: «Ынах да өйдөөх буолар. Саамай ыарахан кыһыҥҥа, сэрии иккис кыһыныгар, Салдьа барахсан эргис ыатан бачча элбэх ыччаттанан олордохпут», – диирэ.

– Эбээ, ынаҕы аҕаллым. Чуп-чугас сылдьар эбит, сөтүөлүүр сирбитигэр. Эбээ, эбээ! Ынаххын тоҕо Салдьа диэн ааттаабыккыный? Дьии­бэ баҕайы аат дии! Салдьа! Шуралаах ынахтара Күөрэгэй, Кэрэкээнэ диэн наһаа үчүгэй ааттаахтар. Бүгүн Салдьа диэбиппэр, биир дьээдьэ сыалдьа дуо диир. Сыалдьа диэн ыстаан үһү дии! Ыстаан, ыстаан диибит дуо оччоҕоо?! – куораттан кэлэ сылдьар Сайаан биэдэрэлээх ынах аһын тутан эбэтин кытта хотоҥҥо баран иһэн биир тыынынан субурутан кэбистэ. – Эб-ээ-э! Ынахпыт аатын уларытабыт дуо? Былыргыынышкай баҕайы дии, – Сайаан биир кэм лэбэйдэ.

– Сайаан, эн ааккын ким эрэ сөбүлээбэтэ да уларытан иһэр үчүгэй буолуо дуо?

– Не-а! Мин докумуоннаахпын дии, «Свидетельство о рождении» диэн, мин ааппын мээнэ уларыппаккыын! Онтон Салдьа пааспара да, туга да суох.

– Кини, һыллыы, пааспардааҕар буолуох остуоруйалаах. Киэһэ кэпсиэм.

Киэһэ аһылык кэмигэр эбэлэрэ улахан остуол тула олорор оҕолорун, сиэннэрин эргиччи көрөн баран:

– Чэ, эрэ, оҕолор, этиҥ эрэ, быйыл туох сыла буоларын билэҕит?

– Этэбиин! Кыайыы сыла! – өрүһүспүттүү хап-сабар саамай кыралара Айаал чап гыннарда. – Аппина Степанна инньэ диэбитэ!

Улахан уола остуолтан туран бараары өндөҥнөөбүтүгэр ийэтэ сөбүлээбэтэхтии көрбүтүгэр төттөрү олордо.

– Кыайыы диэн билигин биһиги этэн кэбиһэрбитигэр эрэ дөбөҥ. Сүрдээх элбэх сиэртибэнэн кэлбитэ. Тыһыынча түөрт сүүс уон аҕыс күн устата сэрии буолбута. Ыл, ахсаанньыт уол Айтал, суоттаа эрэ хас сыл устата сэрии буолбутуй?

– Билигин. Үс сыл уон ый уонна… уонна уон аҕыс күн эбит!

– Оҕом ахсаанньыт бэрдэҕин ээ! Чэ, итиччэ уһуннук сэриилэспиттэрэ, итиччэ уһуннук тыыл­га, ол аата сэрии буолбат сирдэригэр, дьон халыҥ аармыйаны хааччыйар инниттэн умса-төннө түһэн үлэлээбиттэрэ. Улахан сэриилэр кураан аргыстаах буолаллар, кураан буоллаҕына, аччыктааһын саҕаланар. Өссө сэрии инниттэн, 1940-с сылтан улахан курааннар сибикилэрэ биллибит. Биһиэхэ саамай ыар сыллар сэрии маҥнайгы уонна иккис сыллара эбиттэр. Дьон хоргуйан өлүтэлээбит. Оччолорго да ыаллар ынахтаах буолаллара. Эһиги кыраларга хос-хос эбэҕит, улахаттарга эбэҕит, миигин ииппит Аана Салдьа диэн саха ынахтааҕа үһү. Ол ынах үүтүн аһаан сиэннэргэ хос эбэҕит, оҕолорго эбэҕит Алааппыйа уонна кини быраата Киргиэлэй тыыннаах хаалбыттар. Бу соторутааҕыта, эһиги кэллэххит күн, биһиги Салдьабыт төрөөтө дии. Кини кыһын буолуор диэри ыатан баран үүтэ бүтэн, уолан хаалыа. Онтон ол сэрии кэминээҕи Салдьа от кыра буолан наһаа аччык да буол­лар, кыһыны быһа хара төрүөр диэри ыаппыт. Көр, оннук өйдөөх ынах эбит.

– Оччотооҕуга ол үүт өлбөт мэҥэ уутун курдук буоллаҕа дии, – эмээхсин кыыһа Маайа чэйигэр үүт кутунна. Онтон салгыы аймахтартан кимнээх сэриигэ сылдьыбыттарын, сэрии кэминээҕи тыыл олоҕун туһунан ирэ-хоро кэпсэттилэр.

– Адьас, киинэ курдук барыта харахпар көстөн ааста – эбэбит Мааппа үс уолун сэриигэ атаарбыта, сэрэбиэй кэбистэрбитэ, ынаҕын ыы олорон ытыырын көрөн балтылара Арыппыас «тоҕо ытыыгын, сэриилэһэн бирдиргэтиһэн-бир­диргэтиһэн баран бары тыыннаах кэлиэхтэрэ буоллаҕа» диэбит тыллара сөрү-сөп буолан, убай­дара этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэрэ, эбээ Аана, Салдьа, от сии диэн атын улууска сүөһүнү илдьэ көһүү, онтон төннөн иһэн Хардыы бааһынатыгар сүөһүлэрэ аһыҥа эмиттэн өлүүлэрэ, эр дьон сэрииттэн эргиллэн кэлиилэрэ. Өлөкө ырыата, сэргэни кууспута, Бүөтүр Арыппыаһы көтөҕөн олорон эппит этиитэ… – диэтэ эмээхсин кыра уола Өлөксөөн, түннүгүнэн түптэ буруотун одуу­луу-одуулуу.

– Маама, мин улааттахпына дэриэбинэҕэ олоруом уонна Салдьа диэн ынахтаах буолуом, – диэтэ Сайаан утуйаары сытан эмискэ уонна истиэнэ диэки эргийээт, утуйан хаалла.

– Эбээ, биһи Саллабыт тыаһыый, – сарсыныгар диэтэ саҥардыы тылламмыт кыра сиэн, дьиэ кэннигэр кэлэн ыҥырана турар ынаҕы өйдөөн көрөн, эбэтин олбуор аанын диэки сиэттэ.

Бу кэмҥэ Сайаан бэлисэпиэтинэн тэлээрэн кэллэ:

– Эбээ, Салдьабыт бэйэтэ иһэр этэ! Мин сыалдьа диэбит дьээдьэни булан көрүстүм ээ! Уонна былыргы Салдьа туһунан кэпсээтим. Кини миигин маладьыас диэтэ, – Сайаан, сонунун кэпсии охсоот, доҕотторун батыһан салгыы бара турда.

Маҥан былаатын бобуонньуктуу бааммыт эбэтэ үөрэн мичилийбит харахтарынан сиэнин батыһыннара көрөн турда.

Ефросиния Колодезникова

Чолбон. – 2022. – №7

Быыһааччы

Күүлэ аанын эрчимнээхтик тоҥсуйан либиргэттилэр. Түлүк уутугар утуйа сыппыт Дьуон Дьоруойап ким эрэ соһуччу өттүккэ анньыбытын курдук хараҕын көрөн кэллэ. Бастаан өйдөөбөтөхтүү сааскы салгын сиэн өссө хараарбыт бытыктаах хара бараан сирэйэ хос борук-соругар чочумча күлүгүрэн сыппахтаата, онтон тоҥсуур хатыламмытыгар «өрүс… уу… дьон…» диэн тыллар төбөтүгэр чаҕылҕанныы күлүмнэспиттэригэр букатыннаахтык уһуктан, оронуттан куруһуна төлө тэбэрин курдук ойон туран ыстаанын кэтээт, атах сыгынньаҕын киирэр аан диэки сүүрэн бэдьэйдэ. Дьиэ аанын аһан тахсан, күүлэ аанын күрүчүөгүн төлө оҕуста. Ыам ыйынааҕы түүҥҥү үөл-дьүөл халлаанын күөнүгэр Дьуон кирилиэскэ баһылык солбуйааччыта уол уон­на ЫБММ көрдүүр-быыһыыр сулууспата куор­малаах киһи кэлэн туралларын көрдө.

– Дьуон, дорообо! – Маппый Махсыымабыс сирэйэ-хараҕа долгуйбут көрүҥнээх, Дьуону утары тургутардыы көрдө.

– Дорообо… – Дьуон, дьыала мөлтөөбүтүн сэрэйэ охсон, истэргэ бэлэм турда.

– Өрүс биһиги туһаайыыбытынан улаханнык харан, хочоҕо уу бөҕөнү киллэрэн аҕай эрэр, кусчуттар хаайтардылар, ыксал буолла… Бу ыксаллаах быһыы-майгы сулууспатыттан кэллилэр. Бөртөлүөт, тумана бэрт буолан, кыайан көппөтө. Эйигин сири-уоту үчүгэйдик билэр киһи диэн…

– Оо, бэҕэһээ хойут быраатым Эргис эрийэ сылдьыбыта, уу хайыы-үйэ кэлэ охсубут дуо? Сырдаатаҕына бэйэм да бараары сылдьарым, – Дьуон быһа түстэ. – Мотуоркабын бэҕэһээ көрүммүтүм. Оттон быыһааччылар ууга киирбэтилэр дуо?

– Чэ, ол туһунан кэлин кэпсэтиэхпит, – куормалаах киһи сөбүлээбэтэхтии быһа түстэ. – Бара охсуоххайыҥ, бириэмэ ыгым!

Дьуон дьиэтигэр төттөрү киирэн таҥна охсон таҕыста уонна, мотуоркатын массыынатыгар состорон, өрүһү кыйа субуллар бөһүөлэк соҕотох аспаал кутуулаах уулуссатын устун быыһааччылар массыыналарын кэнниттэн айанныы турда.

Дьуон манна төрөөбүт-үөскээбит саас ортолоох киһи. Оскуоланы бүтэрэн, икки сыл дойдутугар ытык иэһин төлөөн кэлэн суоппар идэтин ылыаҕыттан тимир көлөнү тэһииннээн, массыынатын көлүөһэтэ хотунан-соҕуруунан үтүмэннээх үгүс көһү төкүнүйбүт, сири-дойдуну көрбүт, сырыыны сылдьыбыт ахан киһи. Кини бу идэтигэр кутун туттарбыта үлэтин маҥнайгы сылларыттан биллибитэ – сүүрбэтин эрэ ааспыт уол, хас күн аайы ыһыытыыр эрдэ туран, ыраах айаныгар турунара. Ол курдук олоҕун тухары наар айанныы, түбүгүрэ, үлэлээн хачыгырайа сылдьара киниэхэ үгэһэ буолан хаалбыта.

Бу бэҕэһээ эрэ киниэхэ сыган быраата эрийэн, табаарыстарыныын кус көрө, уу кэрийэ сылдьан боротуоха нөҥүө ууга хаайтаран эрэллэрин, боротуоханы туоруур икки быһыты уу ылан, кирбиитэ улам кэҥээн иһэрин туһунан эппитэ. Дьуон онуоха уу хочоҕо урукку өттүгэр куруутун аа-дьуо киирэрин билэр буолан сарсыарда сырдаатаҕына тахсыах буолбута, боротуоха уҥуор чугас томтор сир баарыгар көһөн эрэллэригэр сүбэлээбитэ. Уу маннык түргэнник хаһан да киирэ илигэ. Ол аата улахан харыы таҕыстаҕа. Арааһа, быйыл өрүс мууһа наһаа халыҥ буолан, кумах арҕаска иҥнэн хардаҕа. Төһөлөөх күүс-уох, барчаланар тыас-уус, ыгыллыы, күүрүү, өрө харбаһыы, тоҕо түһүү, уу дохсун күрүлгэнэ иирбит курдук күөрчэхтии эргийдэ буолла… Дьуон, уруулун эрийэ олорон, хараҕар эбэтин ойуулаан көрдө. Иһигэр: «Улуу Өлүөнэ эбэ хотун, иитэр-аһатар, киһи-хара гынар олохпут хорук тымыра! Эйигиттэн ууланан киһи буолан ууһаан-тэнийэн, эйигиттэн эт-сиин сиҥэлэтэн сир ийэҕэ сириэдийэн олордохпут. Тохтоо дуу, уоскуй, уорда намырый, уоххун харат…» – диэн көрдөһө истэ.

Бөһүөлэк кытыытыгар тиийбиттэрэ – уу хайыы-үйэ кытылга анньан эрэр эбит. Хочо бүтүннүүтэ муус көтөҕүүлээх уу буолбут. Күннэтэ салгын итийэн, сир сылыйан, онно тымныы уу тоҕо анньан тахсыбыта – үөс диэки туох да көстүбэт хойуу тумана түһэн турар. Суругуттан көрдөххө ЫБММ мотуоркалара быһыылаах – биир мотуорка уу кытыытыгар анньыллан турар. Биэрэктэн аҕыйах миэтэрэни бараат, алдьаммыт. Барбыттара да буоллар, бачча тумаҥҥа дьону булаллара саарбах. Аны бөртөлүөт, бу тумаҥҥа көппүтүн да иһин, үөһэттэн тугу булан көрүөй – тыылаах да киһи субу турары көрбөт буоллаҕына… Көтөн көрөөт, аккаастаммыттар. Олохтоох, сири-уоту үчүгэйдик билэр киһи уонна мотуордаах оҥочолоох диэн Дьуону ыҥырдахтара. Дэриэбинэ иһигэр мотуордаах оҥочолоохтор син бааллар эрээри, тоҕо эрэ Дьуон эрэ сөбүлэһэн кэлбит. Кини үгүс сылларга суолга араас мүччүргэннээх түгэннэргэ эриллэн-мускуллан, ыксаллаах түгэҥҥэ хомулла түһэр, түргэнник толкуйдуур, иннинэн буолар үгэһинэн эр киһилии быһаарыныылаах санааны ылынан кэлбитэ тустаах дьону, дьаһалтаны үөртэ. Эр дьон кэлэн илии тутустулар, сүбэ-ама биэрдилэр: «Оҕолору… оҕолору урут таһаар», – дэстилэр. Ууга хаайтарбыт кусчуттар кэргэттэрэ, ийэлэрэ дьоннорунуун төлөпүөннэһэ сатыы биэрэккэ төттөрү-таары хаамса сылдьаллар. Ким эрэ ытыы-ытыы арыыга хаалбыт кэргэнигэр тугу эрэ хаһыытыыр, сорохтор сибээһэ суох сиргэ тиийбит дьонноругар төлөпүөннүү сатыыллар. Обургу уола ууга хаайтарбыт ийэ барахсан, долгуйбутун кыатанан ытамньыйа сыһа-сыһа, Дьуоҥҥа чугаһаата:

– Дьуон, мин оҕом ааҕы урут ылаар, боротуоха нөҥүө бааллар кинилэр, эбэ онтон чугас, урут ууга былдьаныахтара…

– Сөп-сөп, онно барыам дии саныыбын бастаан. Булар инибин… Эһиги эрдэттэн наһаа ытаамаҥ, айманымаҥ, этэҥҥэ буолуоҕа, – Дьуон, сырдык саарыл өҥнөөх быыһыыр сэлиэччигин кэтэ-кэтэ, дьахтарга холкутук, эрэллээхтик хоруйдаата.

Дьуон олорорун кытта хас да ЫБММ сулууспатын үлэһиттэрэ мотуоркатын ууга анньан кэбистилэр. Мотуорка, собуоттанан бирилии түһээт, уу кырсын хайа тыыран айанныы турда. Сотору тугу да, кими да көрүмэҥ диэбиттии, истиэнэ курдук бүөлээн турар хойуу туман мотуорканы ыйыстан кэбистэ…

Күн олох көстүбэт. Дьуон мастар, талахтар ханан бөлөхтөһөн үүнэллэрин өйүгэр биэс тарбах курдук билэр эрэ буолан баран иһэр хайысхатын быһаарынан, сороҕо кыра дьиэ саҕа үрдүктээх муустары тумнан, оргууй аҕай иннин диэки айаннаан иһэр. Үрдүк баҕайы халыҥ халҕаһа муустар, туман быыһыттан тыаһа суох субу аттыгар саба барыйан тахсан кэлэннэр, аттынан оргууй устан ааһаллар. Кыра мотуорканы хампы анньан кэбиһиэх айылаахтар. Дьуон суоппардыыр үөрүйэҕинэн уруулун эрэллээхтик муустар быыстарынан эрийэ тутан истэ.

Бу көстүү бүтэй алаас, кыра үрэх оҕото көрөрүгэр дьулаан хартыына буолуо этэ. Оттон Дьуон – өрүскэ төрөөбүт киһи – манныкка хаанын хамсаппат. Кыра эрдэҕиттэн аҕатын уонна абаҕатын кытта оттуу, кустуу-балыктыы диэн төһөтө улуу эбэлэрин төттөрү-таары сыыйбыттара буолуой. Киниэхэ төрөөбүт-үөскээбит дойдунан маннык – анныгар турдахха күнү-ыйы хаххалыыр үрдүк мөҥүөннээх сүдү мырааннардаах, тыал дьаалатынан таалалыы көтөр киэҥ-куоҥ бэйэкээннээх аҥаат-муҥаат хочолордоох, тилэри киэптээх, толору томоонноох модунтан модун улуу Өлүөнэ өрүс бэриллибит эбит. Киһи эмиэ – төрөөбүт сирин айыыта, кини буорун, кини уутун сорҕото, уоҕун, күүһүн, эбэтэр кэрэтин, уранын көстүүтэ. Ол да иһин Дьуон Дьоруойап хааныгар өбүгэлэрин саҕаттан тиийэн кэлбит, биһиктэммит сириттэн силистэммит туохтан да чаҕыйбат хоһуун санаа уота умайарга дылы. 

…Туман быыһынан кыракый томтор сиргэ бөлүөхсэн турар сүөһүлэр көстөн аастылар. Бу диэки мэччийэ тахсан эргиччи ууга былдьатаахтаабыттар. Биир – бас-көс сүөһүлэрэ быһыылаах – үөрүн быыһаары тэйиччи төбөлөрө эрэ ууттан хоройон турар мастар, талахтар харааран турар бөлөхтөрүн диэки харбаан тиийэн, эргийэ сылдьан уу дириҥин тургутан көрөн баран, түгэҕин булбата быһыылаах, доҕотторугар төттөрү харбаан кэллэ. Ынахтар эрэйдээхтэр Дьуону көрөн, истэрин түгэҕиттэн иччилээхтик маҥыраан лаҥкынаттылар. Айыы сүөһүлэригэр хайдах даҕаны көмөлөһөр кыах суох!.. Уу сотору ити турар кыракый арыыларын ылыыһык… Бастатан туран дьон! Дьуон, санаатын кытаатыннаран көхсүн күүскэ этитэн баран, ааһа уста турда.

Кини баран иһэр хайысхатын билэр – мантан чугас соҕус үрдэл сиргэ отчуттар дьиэлэрэ бааллар, онно хайаан да дьон баар буолуохтаах. Уопсайынан, үрдүк сирдэри кэрийиэн наада, барыллаан отучча киһи хаайтаран сылдьар диэн биллэр, олохтоохтортон ураты куорат дьоно эмиэ кустуу кэлээччилэр.

Дьиэлэргэ чугаһаабытыгар, дьон мотуор тыаһын истэн хаһыытастылар:

– Кэлиэ-ээҥ, көмөлөһүө-үөҥ! Бу баарбыа-ыат! Ээй! Оо, Дьуон эбит. Ураа! 

– Доҕоттоор! – Дьуон, дьон соччо куттала суох быһыыга-майгыга сылдьалларын көрөн, мотуоркатын бытаардан хаһыытаата. – Эһиэхэ төннөн иһэн сылдьыам, билигин боротуоха уҥуор оҕолорго бардым.

– Ээ сөп, сөп, оннук бөҕө буоллаҕа. Күүтүөхпүт, Дьуон! Аата чэпчээтэхпитин, булан кэлбитэ бэрдин…

– Уолаттар, малларгытын ылар кыах суох, үөһэ дьиэ үрдүгэр таһааран баайталаан кэбиһиҥ, кэлин уу түстэҕинэ ылыаххыт. Дьону эрэ таһаартыыбын.

– Сөп, сөп, оннук… Чэй, доҕоттор, малларбытын үөһэ таһаартыахха.

Дьуон арыыны ааһа барда. Бу арыыга дьиэлэри уу төгүрүччү ылан эрэр. Ыксаатахтарына онуоха-маныаха диэри дьиэ үрдүгэр тахсан олорор кыахтаахтар.

Балачча айаннаан киһи боротуоха ханан баарын арааран билбэт гына уу таһыйа охсубутун ааһан истэҕинэ, иннигэр чугас соҕус саа тыаһаата. Тыас хоту тиийбитэ: оскуола үөрэнээччилэрэ, үс обургу уол, кыра остуол сирэйин эрэ саҕа гына арыыланан хаалбыт кып-кыра томтор үрдүгэр сааларын сүкпүтүнэн киһи аһыныах бу сукуһан тураллар эбит. Уолаттар Дьуону көрөн үөрэн хаһыытаһа, далбаатаһа түстүлэр, кинилэр ортолоругар быраата Эргис баара, долгуйан улахан баҕайытык:

– Оо, Дьуон! Убайым хайаан да булан кэлиэ диэн сөпкө эппиппин дии, уолаттар! Махтал, убаай! – диэн хаһыытаата.

Уолаттар туох да маллара суох сулугур, үрүсээктээх эрэ ууну кэрийэ, кус көрө сылдьан халаан уутугар түбэспиттэр. Бу билигин аны куотан хаалыа диэбиттии, кутталларыттан кэҥээн хаалбыт харахтарын Дьуонтан араарбакка эрэ, сүрэхтэрэ сүр күүскэ тэбэ-тэбэ, оҥочоҕо киирэн олбохторго олоро охсоот, ыксалынан быыһыыр сэлиэччиктэри кэппитинэн бардылар.

– Дьэ, уолаттар, ыт буола сыстыгыт ээ, булан кэлбэтэҕим буоллар, алдьархай тахсар эбит… Билигин үчүгэйдик тутуһан олоруҥ. Аны этэҥҥэ биэрэккэ тиийиэххэ наада, – Дьуон двигателин кикстартерын ууннары тарта.

Уон-сүүрбэ эрэ мүнүүтэ аастаҕа буолуо: били көрөн ааспыт сүөһүлэрэ төннөн истэҕинэ арыылыын бэйэлиин ханна да суохтар – ол сиргэ эмиэ ханна да курдук муустаах уу, мин тугу да көрбөтөҕүм, билбэппин диэбиттии, уста сытар… Дьуон, уу эбиллэр дьулаан тэтимин хараҕынан илэ көрөн, дьон хаалбыт сирдэрэ эмиэ итинник буолуохтара дии санаан, иэнэ тымныйбахтаата: ыксыахха!

Дьуон уолаттары ылан баран, эрдэттэн ки­ниэхэ төлөпүөннээбит билэр дьонун көрдүү уҥа өттүнэн эргийэ барда. Уу күрүлэс тыаһын быыһынан мотуорка тыаһын хайдах эрэ истэ охсон дьон хаһыытаспыт сиригэр тиийбитэ – кыракый сиргэ арыыланан хаалбыт дьон бөлөҕө оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорун иннилэригэр уктан тураллар. Оҕолору урут ылан, төннүөх буолан, Дьуон мотуоркатын биэрэк диэки салайа тутта. Төрөөбүт сирин-дойдутун моһуонун билэрэ бэрт буолан ханан томтор, ханан аппа баар буолуоҕун сэрэйэн, ыараабыт мотуоркатын уруулун эрийэ-буруйа тутан айаннаан истэҕинэ, туман быыһыттан уу төгүрүйбүт кыракый арыытыгар хас да массыына турара көстө түстэ. Массыына таһыгар дьон турар. Дьуон чугаһаан кэлэн кэпсэппитэ: куораттан кэлбит билбэт дьоно эбит. Эр дьон ыксаабыта, ыгылыйбыта сирэйдэриттэн-харахтарыттан көстөр, ону биллэримээри туттуна соҕус: «Биһигини таһаарар инигин? Төннөр инигин?» – дэһэллэр. Биир оҕолоохторун ылан, төннүөх буолан уонна төлөпүөнүн нүөмэрин хаалларан, Дьуон муустаах ууга сатабыллаахтык эргийэ-урбайа айаннаан, биэрэккэ чугаһаата.

– Дьуон иһээ-ээр! Эр бэрдэ буоллаҕа! Бу дьолу! Оо, оҕолорбуот! – диэн эр дьон хайгыыр саҥата, ийэлэр үөрбүт саҥа аллайыылара сырдаан эрэр сааскы халлаан иэнигэр дуораһыйда.

Дьуон, мотуоркатыттан оҕолору сүөкээт, улуус баһылыгар уонна ЫБММ-нарга ыксалынан аҕыйах тылынан балаһыанньаны кэпсээн баран, мотуоркатын эмиэ собуоттаан биллигирэттэ. Мотуорка, кыһыл саарыл өҥнөөх сэлиэччиктээх киһитиниин дьоҥҥо ханнык эрэ остуоруйа көтөрүн санатан, туман быыһынан үөс диэки көтөн эрэргэ дылы гынна. 

Сотору соҕус хаҥас диэкиттэн – отчуттар дьиэлэриттэн саа тыаһа сатараата: ити мааҕын хаалларбыт дьоно ыттылар. Дьуон ол диэки мотуоркатын салайа тутта. Ыкса тиийэн кэлбитэ (ити икки ардыгар!) уу арыыны олоччу ылбыт, дьиэлэр кырыысалара эрэ хоройон хаалбыттар, дьон биир саамай үрдүк дьиэ кырыыһатыгар далбаатыы, хаһыытаһа олороллор эбит. Быыһаныы кэлбитин өссө да итэҕэйбэтэхтии, эр дьон кырыыһаттан биир-биир саҥата-иҥэтэ суох түһэн, саалаах эрэ мотуоркаҕа киирэн олортоотулар, быыһыыр сэлиэччиктэри кэттилэр. Кинилэр бу түгэҥҥэ олохторун быата Дьуонтан эрэ тутулуктааҕын билинэр, тыыннаах хаалбыттарыгар үрдүк Айыы Таҥараҕа махтанар быһыылаахтара. Мотуорка уу бүтүннүү ылбыт, кырыыһаны дьоннору баҕастары ыйыстара олох чугаһаабыт дьулаан арыытыттан улам тэйэн, тыыннаах олох, дьон, дэриэбинэ баар биэрэгин туһаайыытынан муус быыһынан айаннаан дьулуруйа турда.

Биэрэккэ кэлиитигэр уу өссө эбиллибит, дьон үөһэ диэки тэйэн биэрбит этэ, туман буоллаҕына өссө хойдон иһэрэ. Дьуон соҕотоҕун дьону барытын уу билиэниттэн куоттарар кыаҕа суоҕун чуолкай өйдөөбүтэ. Хата ону өйдөөннөр, ЫБММ-нар улуус кииниттэн биир мотуордаах оҥочолоох киһини булан аҕалбыт этилэр. Бу киһи маннааҕы сири-уоту хантан билиэй, тумаҥҥа хайдах сирдэтиниэй, онон кини бэйэтэ мээнэ барбакка Дьуон кэнниттэн батыһарыгар этиллибитэ.

Били бастаан манна кэлиэҕиттэн эрийэр билэр дьонугар тиийэн, барыларын икки оҥочонон саамылаан олордон биэрэккэ тиийэн истэхтэринэ, куорат кусчуттара эрийэннэр, массыыналара ууга барбыттарын, бэйэлэрэ күрүө үрдүгэр тахсан олороллорун туһунан эппиттэрэ. Дьуон, дьону биэрэккэ тиэрдээт кэлиэх буолан эрэннэрэн, туруупкатын уурбута. Иэдээн обургу дьоҥҥо атахтарын тилэҕин үктээбитинэн тиийэн кэллэҕэ түргэнин! 

…Дьуон киһитин батыһыннарбытынан халааннаан муустаах уунан дэбилийэр, хоп-хойуу туманынан бүрүллэн турар өрүс хочо­тугар төрдүһүн төнүннэ. Бу сырыыга куорат кусчуттарын быыһыахха наада. Туман быыһынан айаннаан, кинилэргэ олох чугаһаан эрэ баран биирдэ биир да массыына суоҕун уонна тоҕо эрэ сорох дьон суох буолбуттарын дьэ чуолкайдык өйдөөн көрдө. Массыыналара ууга бардахтара, оттон хаалбыт дьон күрүө үрдүгэр тахсан олороллор. Дьуон ытырыктата санаата.

– Хайа? Сороххут?

– Эрэһиинэ тыынан биэрэк диэки бардылар…

– Эс, хайаан оннук тыынан тиийээри. Уонна муннахтара буолуо, саанан ытан көрүҥ эрэ, хайа диэки тиийдилэр буолла.

Саа тыаһа бүтэҥитик «пас» гынна. Чочумча бары кулгаах иччитэ буоллулар. Дьолго, кэтэспит санааларыгар балай да өр буолан баран, ыраах, биэрэк олох даҕаны тиэрэ, утары туһаайыытыттан харда саа тыаһа иһилиннэ.

– Оо, олох даҕаны атын хайысханан барбыт­тар, – Дьуон билигин биэрэккэ төнүннэҕинэ анараа эрэһиинэ тыылаах дьон харыы төлө барыытыгар түбэһэн мууска хам астарыахтарын сөбүн уонна өссө ыраатан хаалыахтарын сөбүн өйдөөтө. Онон хаалбыт дьону ылан баран эрэһиинэ тыылаахтарга барарга быһаарынна.

Дьуон чопчу саа тыаһа иһиллибит сиригэр айаннаан тиийэн, кып-кыра арыы сыыһыгар тахсан олорор куорат дьонун булан ылла. Кинилэр эрэһиинэ тыыларын мотуоркатыгар холбонон, улахан сэрэҕинэн муустар быыста­рынан биэрэккэ айаннаата.

Эмискэ ойоҕоско устан иһэр мууска биир улахан муус кэлэн кэтиллэ түстэ уонна үкчү олоҥхо сүүл оҕуһун курдук ньирилии-ньирилии үрдүгэр ыттыбытынан барда. Кинилэргэ кэннилэриттэн атын муустар кэлэннэр иҥнэ-иҥнэлэр үрүт-үрдүлэригэр сүксүһэн бардылар. Муус тостон барчаланар, кутталлаахтык кыычыгырыыр, уу харса суох тохтон суккуллар тыастара холбоһоннор, харыы дьулааннаах тыаһын-ууһун таһаардылар. Сотору баран иһэр туһаайыыларынан барыта муус буолла, оҥочо муус кытаанах ытарчатыгар буола түстэ… 

Чопчу сити түгэҥҥэ өлөр өлүү муус тымныы дэгиэ тыҥыраҕа олох чугас баарын Дьуон этинэн-хаанынан билбитэ. Өлүү тыына илэ кэлэн кэнниттэн үрэн сирилэтэргэ дылы гыммытыгар, сиһин оруутунан тымныы көлөһүн бокуойа суох таҥнары сүүрбүтэ. Ол эрээри кини ханнык да ыарахан быһыыга өйүн ытыйтарбат үгэһинэн, бэйэ бодотун тардынан, муустары сыҕарыта-сыҕарыта, кыбылла-кыбылла, иннин диэки өһөстүк сыҕарыйан испитэ. Бу буола турар быһыыга-майгыга кини хааныгар өбүгэтин үйэлэргэ мунньуллубут үтүө өрүтэ барыта баара биллибитэ: кини кыраҕы сытыы харахтара, сонордьут чуор кулгаахтара, булугас өйө, түргэнник толкуйдуу охсор майгыта, эр хорсун сүрэҕэ, сиэрдээх аһыныгас быһыыта, саха булчутун түргэн сымса хамсаныыта, айылҕанан, күнүнэн-дьылынан, сиринэн-уотунан көрөн дьону бэрээдэктиир, батыһыннарар чопчу дьаһала, буолар быһыыны-майгыны дьэҥкэтик көрүүтэ.

Дьолго, биэрэк чугаһаабыт этэ. Дьон туман быыһынан көрөн турдахтарына, кыракый оҥочо сүүнэ үлүгэр муустар быыстарыгар хаайтарбыт хопто курдук кылбаҥныыра, быыһааччы эрдиинэн чиэстэнэн муустар быыстарынан кыбылла-кыбылла туох баар күүһүнэн биэрэккэ дьулуһара хопто кынаттарынан сапсынарын санатара.

…Дьуон Дьоруойап биэрэккэ толору дьонноох оҥочолоох, эрэһиинэ тыы состоруулаах этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ. Дьон дьэ өрө тыыммыта – бары быыһаммыттара! Дьуон биэрэккэ таһаарбыт дьоно абыраллаах сир ийэлэригэр үктэнээттэрин кытта кэннилэриттэн сиппэтэх абам да баар эбит диэбит курдук муус күүстээх халҕаһата биэрэккэ тоҕо анньан тахсыбыта…

…Кэлин ааҕан көрбүттэрэ, ол түүн уу билиэниттэн отут икки киһи быыһаммыт курдук этэ, Дьуон дьон чуолкай ахсаанын билигин да өйдөөбөт. Оччолорго ааҕа сатыы сылдьыбатаҕа, ууга биир да киһи хаалбатар эрэ диэн кыһалҕа баара. Куорат дьоно, биэрэги булаат, куотар аакка барбыттара, кинилэр кимнээхтэрин-туохтарын ол курдук Дьуон билбэккэ хаалбыта, билигин да билбэт. Оттон ЫБММ-нар сиэр быһыытынан илии тутуһан арахсыбыттара. 

Аҕыйах хонон баран Дьуон уу муустан ыраастаммытын, туман суох буолбутун кэннэ дьону ылаттаабыт сирдэрин баран кэрийэн көрбүтэ: биир да арыы сир хаалбатах этэ – эргиччи сир-халлаан силбэһэр уута мэндээрэ көрөн сытара. Кэлин уу букатыннаахтык түспүтүн кэннэ көрдөххө, дьон үрдүгэр тахсан быыһаммыт дьиэлэрэ да оннуттан суох буолбуттар этэ, бары тутууну өрүс ньылбы сотон ылбыт этэ. Ама, манна отчуттар дьиэлэрэ баар буола сылдьыбыттара дуо диэххэ диэри. Дьуон онно эрэ дьэ киһи олоҕун быата хайдах курдук уйанын, чарааһын, айылҕа уордаах күүһүгэр ардыгар утарылаһар кыах суох буоларын өссө төгүл өйдөөбүтэ, отуттан тахса киһиэхэ олох быатын иккистээн туттарбытын илэ итэҕэйбитэ.

Уу бүтэһиктээхтик түспүтүн кэннэ хонууга онно-манна өрүс аҕалбыт сылбаҕын уонна муустарын быыстарыгар сүөһүлэр, сылгылар барахсаттар истэрэ сараччы үллэн, тылларын былас быраҕан өлөн сыталларын көрөргө дьулаан хартыына этэ. Хаһаайыннара, сүөһүлэрин булан ылаарылар, биир өлүктэн атын өлүккэ хаамса сылдьаллара. Арай Дьуон ол күн ууга тахсыбатах, эбэтэр дьону ситэри булбатах, эбэтэр бэйэтэ ууга дэҥнэммит буоллун – хайдахтаах улахан иэдээн диэлийэн тахсыаҕын киһи саныан да куттанар. Санаан да көрдөххө, ол отуттан тахса киһи, оҕо Дьуон булан тиийбэтэҕэ буоллар, Хотугу Муустаах акыйаан диэки мас сыыһын курдук барса туруохтара эбитэ буолуо. Кинилэр дьоллоругар, Дьуон Дьоруойап сыр­дык быыһыыр күүс, тыыннаах олох далаһата буолан кэмигэр тиийэн кэллэҕэ.

Дьолго дьон бары быыһаммыта уонна… олох­торо уруккутун курдук уу нуураллык устубута, туох да буолбатаҕын курдук, ким даҕаны өлөр өлүү айаҕар киирэн тахсыбатаҕын курдук… Арай Дьуон быыһаабыт отуттан тахса киһитин ахсаана улуустааҕы ЫБММ көрдүүр-быыһыыр сулууспатын үөһээҥҥилэргэ отчуотугар быһа анньыллыбыта.

Онтон ыла уонтан тахса сыл көтөн-мөҥөн ааста. Дьуон Дьоруойап ол бэйэтин олоҕун ыйааһын бэскитигэр ууран туран дьон көтүмэх санаатыттан, дьалаҕай быһыытыттан отуттан тахса киһи (ол быыһыгар оҕолор!) өлөр алдьар­хайдара тахса сыспытын бохсубут эрдээх быһыытын кэнниттэн алта сыл ааспытын эрэ кэннэ нууччалыы хаһыакка суруллубутун, тэлэ­биисэргэ нууччалыы биэриигэ көстүбүтүн туһунан иһиллибитэ. Сэмэй киһи ол туһунан ханна да кэпсии сылдьыбат, арай быыһаабыт бэйэтин дэриэбинэтин уолаттара үөрдэхтэринэ-көттөхтөрүнэ биирдэ эмэтэ санаан аһаралларыгар кылгастык уопсай күлүү-хаадьы долгунугар олорсон ылар. Оттон илиитин да ыга туппакка куоппут куорат дьонун тустара туһунан. Кинилэри суобастара эрэ дьүүллээн эрдэҕэ, онтулара даҕаны баар буоллаҕына. Арай Дьуоҥҥа туга эрэ быһаҕас курдук. Ол быһылаан туһунан ыйыттахха, сапсыйан кэбиһэр, күлүүгэ-оонньууга кубулутар. Арай харахтарыгар туох эрэ ыйытыы хаалан хаалбыт курдук.

…Дьуон Дьоруойап дойдутун үрдүк мыраанын быраман мындаатыттан төрөөбүт-үөскээбит дойдутун эргиччи көрөр. Оол, ыраах Өлүөнэ эбэтэ, уон сыллааҕы ыам ыйын биир уордаах күнүн умнубуттуу күн анныгар көмүс солотуу лиэнтэ буолан суһумнуу оонньуу сытар. Үрдүк кэрискэ мырааннар дойдуларын киппэ түөстэринэн хаххалыы кэккэлээн, олоҥхо бухатыырдарын санатан лиҥкинэһэн тураллар. Оттон оол үүнүүлээх киэҥ да киэҥ бааһыналар саһара долгуһаллар, олору тулалыыр күөх күөгэй тыалар тыалга өрөгөйдөөхтүк суугунуу хамсыыллар. Астыгыан! Дьуон начааскыга дойдутун киэҥ-нэлэмэн иэнин үөһэттэн, кэтит сабарай кынаттарынан салгыҥҥа уйдаран көтө сылдьар хотой кыыл харахтарынан көрөргө дылы гынна…

Киһи киһи кыаҕа, санаатын күүһэ араас. Мүччүргэннээх түгэҥҥэ ким хайдах быһыыланыаҕа биллибэт. Оттон Дьуон Дьоруойапка оччолорго айыллыбыт аар айылҕата, үөскээбит сүдү өрүһэ кини иннигэр уустук тургутууну туруорбутун кини бу дойду дьиҥ тымыр-сыдьаан уола, эрдээхтик, дьоһуннук ааспыта. Кини ууга хаайтарбыт дьону быыһыыр түгэнигэр өбүгэлэринии хаанын хамсаппатаҕыттан, айылҕа уордаах күүһүгэр бэринэн үүдэһинин үрэйтэрбэтэҕиттэн, сирэ-дойдута ииппит чулуу өрүттэрин көрдөрөн быһылаантан кыайыылаах тахсыбытыттан тус бэйэтэ эрэ астына саныыр. Кини – дьиҥ быыһааччы Дьуон Дьоруойап.

Айтылы

Чолбон. – 2020. – №5

«Өйдөөх тыл биллиэ – өлбөт кэм кэлиэ!»

(Бэргэн этиилэр)

Бэйэбэр

Мин үлэлэрбин
Бэлэмнээх киһи өйдүүр,
Мин бэлиэлэрбин
Илгэлээх киһи өйүүр.
(К., 106 с.)

Көтөҕүллүү

Ийэ тыл
тыыннааҕын тухары –
Ол омук чөл тыыннаах,
Төрүт хаан
ааттааҕын тухары –
Алгыс диэн санаалаах!
(К., 119 с.)

Боотур көмүскэлэ

Саха олоҕо –
Чараастан чараас,
Саха холбоҕо –
Ыраастан ыраас.
(К., 229 с.)

Хаар

Халлаантан айылҕа сүөгэйэ
Хаар түһэр,
Иннибэр нарыннык күөгэйэ
Кыыс иһэр…
(МС., 271 с.)

Ырыа

Ырыа диэн сүрэх –
Мин сүргэбин!
Ырыа диэн үрэх –
Мин күргэбин!
(К., 181 с.)

Төрөөбүт дойду

Дьиҥ киһи
төрөөбүт сиригэр
Дьиэ-уот туттан олохсуйар,
Дьиҥ киһи
үөскээбит сиригэр
Көстө кырдьан өр утуйар…
(К., 58 с.)

Билии

Өлүү диэн түүл –
Онно эн уһуктубаккын,
Олох диэн дьүүл –
Омуккун ыҺыктыбаккын…
(К., 300 с.)

Чуумпуруу

Чуумпурабын –
Билээри,
Утуйабын –
Тиллээри.
(К., 193 с.)

Өлүү өлбөт

Өксөкү элиэ –
Өксүөнү тэлиэ,
Өйдөөх тыл биллиэ –
Өлбөт кэм кэлиэ!
(К., 532 с.)

Төннөн кэлиэм

Өлүөм, от үүнүө –
Олоҕум салҕаныа,
Тиллиэм, тиит үүнүө –
Кэриэһим алҕаныа…
(К., 310 с.)

Боотур утума

Тыл, итэҕэл, үгэс –
Олоҥхо үс атаҕа,
Күүс, олоҥхо, бэлэс –
Боотур уус үөс утаҕа!
(К., 225 с.)

Боотурбун

Кырдьаҕаһы ытыктаа –
Ол аата Боотургун!
Олоҕу сылыктаа –
Ол аата Куоһургун!
(К., 231 с.)

Үтүө санаа

Оҕо куйуурдуу турара –
Алаас култуурата!
Ыччат үгэһи туойара –
Сайдыы чиҥ туурата!
(К., 283 с.)

Өй

Таҥараҕа –
Күлүк диэн суох!
Хараҥаҕа –
Хара диэн суох!
(К., 275 с.)

Төрөөбүт дойду

Дьиҥ киһи төрөөбүт сиригэр
Дьиэ-уот туттан олохсуйар,
Дьиҥ киһи үөскээбит сиригэр
Кырдьар уонна өр утуйар…
(К., 58 с.)

Айымньы

Түгэни тутуу, үйэтитии –
Талаан чыпчаала,
Кэрэни булуу, кэрэтитии –
Киһи анала!
Айымньы киһи сүрэҕэр төрүүр –
Дууһанан тахсар,
Айааччы эрэй үөрэҕэр өрүүр –
Кырдьыгын аахсар.
(К., 150 с.)

Таҥара бэлэҕэ

Үөрэхтэр ыккардыларыгар
Далаһаны уурары сатаа,
Сүрэхтэр таптаһыыларыгар
Далаһаны ааһары ааттаа!
(К., 118 с.)

Окко киирии — улуу муударас

Киһи дьүккүөрэ –
Сүппэт,
Олох мөккүөрэ –
Бүппэт…
(К., 326 с.)

Бэлиитик

Эстиэх ыал сүөһүтэ
Бэйэ-бэйэтин кэйсэр,
Кэхтиэх дьон өһүөтэ
Иэстэбилинэн тэйсэр…
(ЭХ, 398 с.)

Биир сүнньү

Киһини буулдьа эрэ өлөрбөт –
Өлөрөр сытыы тыл!
Киһини сэрии эрэ өһөрбөт –
Өһөрөр сыппах сыл!
(ЭХ, 403 с.)

Биир сүнньү

Көлүөнэ ааспыт көлүөнэттэн
Туспа амтаннаах!
Өлүөнэ бээһээ
Өлүөнэттэн
Атын айаннаах!
(ЭХ, 404 с.)

Виталий Власов,
Росссия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ

Чолбон. – 2016. – №9

Эдуард Соколов–Тулусхан олоҕун кэрчиктэрэ уонна уус-уран айымньылара

Эдуард Соколов литературнай нэһилиэстибэтэ саха литературатын элбэх талааннаах айымньыларын ортотугар уһулуччу миэстэни ылар. Ол туһунан литератураны чинчийээччи-учуонайдар элбэхтик бэлиэтээн тураллар. Профессор Николай Тобуруокап Эдуард Соколов айар үлэтигэр анаабыт түөрт ыстатыйатыгар кини уһулуччулаах маастар буоларын дакаастаабыта. «Эдуард Соколов айар үлэтин проблематикатынан да атыттартан уратылаах суруйааччы. Саамай үөрэрим баар: кини айымньыларын уус-уран таһыма олус үрдүк. Кини билиҥҥи сэһэнньиттэр чулууларыттан биирдэстэрэ, айар үлэтин үгэнигэр сылдьар чахчы улахан суруйааччы», – диэн профессор «Саха сирэ» хаһыакка 1994 сыл от ыйын 5 күнүгэр тахсыбыт «Айар үлэтин үгэнэ» диэн ыстатыйатыгар эппитэ.

Литератураны чинчийээччилэр Варвара Око­ро­кова, Анастасия Мыреева, Тамара Самсонова суруйааччы уол оҕо дьылҕатын итэҕэтиилээхтик ойуулаабытын, геройдара хатыламмат ураты тыллаахтарын-өстөөхтөрүн, кинилэр саҥалара уопсастыбаҕа ылар миэстэлэригэр сөп түбэһиннэрэн  оҥоһуллубутун, ааптар саҥатын айымньылары­гар киллэрэн суруйааччы геройга, кэпсэнэр түгэҥҥэ сыһыанын биллэрэрин, онон айымньыны ураты тыынныырын, ол тиэмэ арылларыгар көмөлөһөрүн бэлиэтээбиттэрэ. Суруйааччылартан Дмитрий Сивцев–Суорун Омоллоон, Софрон Данилов, Иван Федосеев–Доосо, Николай Габышев, Николай Винокуров–Урсун эдэр суруйааччы талаанын кэмигэр таба көрбүттэрэ, өйөөбүттэрэ, Суруйааччы сойууһугар киирэригэр мэктиэлээбиттэрэ.

Биһиги бу ыстатыйабытыгар айар үлэтэ саҕаланыаҕыттан үрдүк сыанабылы ылбыт, ааҕааччы кутун туппут уран тыл маастара Эдуард Соколов айым­ньыларын тиэмэтин, ураты символическай суолталаах уобарастарын ырытарга холоннубут.

Ханнык баҕарар уус-уран айымньы сюжета олохтон ылыллар, олоххо буолбут чахчыларга олоҕурар. Фантастика жанрыгар суруллубут айымньы эмиэ олох күннээҕи түгэннэрин кытары ыкса ситимнээх буолар. Эдуард Соколов айымньылара кини олорбут кэмигэр тыҥааһыннаахтык турбут кыһалҕалары арыйаллар. Ол эрээри, манна атын суруйааччыларга соччо көстүбэти бэлиэтиэххэ сөп: Эдуард Соколов айымньыларыгар оҕо эрдэҕиттэн этинэн-хаанынан тугу билбитин-көрбүтүн, алтыспыт дьонун-сэргэтин ойуулаабыт, көрсүбүт ыарахаттарын проблема гынан көрдөрбүт. Айымньыларын геройдара үксүлэрэ прототиптаахтар, бэйэтин кытары алтыспыт дьону, сорох персонажтарга ааптары бэйэтин да булан көрөбүт.

Бастатан туран, Эдуард Соколов айар үлэтигэр спорт тиэмэтэ сүрүннүүр миэстэни ылар. Эдуард Соколов айымньыларын геройдара – спорка ситиһиилээх ыччат. «Боксер», «Чыпчылыйыах түгэннэр» кэпсээннэригэр, «Дьол» сэһэнигэр, «Хампа» арамааныгар даҕаны сүрүн геройдар, ойоҕос персонажтар спордунан сөбүлээн дьарыктаналлар, кинилэр характердара уһуйулларыгар спорт төһүү күүс буолар.

Эдуард Соколов бу тиэмэни ылсыбыта оруннаах этэ: суруйааччы оҕо эрдэҕиттэн спордунан, ордук боксанан дьаныһан туран дьарыктаммыта. Санатар буоллахха, кини 1944 сыллаахха от ыйын 3 күнүгэр Сунтаар улууһун Маар Күөл бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Аллыҥа ситэтэ суох оскуолатын бүтэрэн баран, салгыы 1959-1962 сыллардаахха Тойбохой оскуолатыгар үөрэммитэ. Бииргэ үөрэммит доҕотторо ахталларынан, Эдик оҕо сылдьан бэрт сытыы, элбэх саҥалаах, кэлбит-барбыт сэргэх уол эбит уонна спордунан, чуолаан боксанан күүскэ дьарыктаммыт. Оскуола кэнниттэн биэс бииргэ үөрэммиттэр комсомольскай путевканан үс сылга Сунтаар Куокунутугар баар Ленин аатынан холкуоска үлэлии тахсыбыттар. Манна үлэлии сылдьан Эдуард бэйэтэ баҕаран туран оскуола оҕолорун боксаҕа дьарыктаабыт. Үлэлээбитэ биир сыл буолан баран повестка тутан, аармыйаҕа барбыт. Аармыйаҕа бииргэ сылдьыбыт доҕоро Иннокентий Гаврильевич Иванов ахтарынан, Приморскай кыраайга үс сыл сулууспалыыр кэмигэр Эдуард боксанан күүскэ дьарыктаммыт, атын уолаттары бэйэтин тула түмэ тарпыт. Күрэхтэһиигэ бараллара чугаһаатаҕына, Эдуарды, атын да спортсменнары сарсыардааҥҥы зарядкаттан босхолууллар, спецпаегынан аһаталлар эбит, эрчиллэргэ анаан тугу көрдөөбүттэрин барытын биэрэн испиттэр. Владивостогунан, Уссурийскайынан, Хабаровскайынан араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттыбыттар, Эдуард бу сылдьан хаста да чемпионнаабыт, маастарга кандидат нуорматын толорбут.

Иккиһинэн, суруйааччы айымньыларын геройдара – тыа ыччата. Кинилэр – сопхуос ыанньык­сыттара, отчут-масчыт үлэ дьоно, кулууп үлэһиттэрэ, спортсмен уолаттар. Эдуард Соколов, эрдэ бэлиэтээбиппит курдук, оскуола кэнниттэн холкуоска тахсыбыта. Бииргэ үөрэммит доҕотторун Надя Федорованы, Маша Егорованы, Иван Сидоровы, Алек­сей Андреевы кытта Эдуард «Кырдал» диэн ааттаах пиэрмэҕэ үлэлээбитэ. Оҕуһунан буочукалаах ууну таһан, 260 ыанар ынаҕы уулатар эбээһинэстээх эбит. Күҥҥэ 40-на тиэстэр эбит. Анал муостанан сыарҕалаах оҕуһун хотон үрдүгэр дабатан таһаа­рар. Надежда Федоровна Егорова ахтарынан, ардыгар ыанньыксыт кыргыттарга оҕуспун ситэ аһаппатаххыт диэн мөҕүттэр эбит. Ол курдук, бэҕэһээҥҥи оскуола үөрэнээччилэрэ, төһө да эдэр дьон буоллаллар, ыарахантан толлубакка кыһаллан туран үлээбиттэр. Бу кэмҥэ Эдуард маҥнайгы кэргэнин Ксенияны кытта билсибит. Доҕордоспуттар. Кыыс оскуоланы бүтэрэн баран Дьокуускай куоракка культурнай-сырдатар училищеҕа үөрэнэ киирбит. Уол аармыйаттан уоп­пускаҕа кэлэ сырыттаҕына холбоспуттар. Аармыйа кэнниттэн эдэр ыал Куокунуга кэлэн олоро сылдьыбыттар. Ксениялыын кулуупка үлэлээбиттэр. Манна олорон Эдуард «Үс таптал» диэн кэпсээнин прототиптарын көрсүбүтэ. Куоку­ну олохтооҕо Ада Егоровна Генерова (уруккута Билюкина) ахтарынан, бу айымньыга кинилэр үс кыыс буолан ойууламмыттар. Ада Билюкина, Валя Жирохова, Саргылана Титова буолан 1966 сыллаахха Комсомол обкомун путевкатынан Куокунуга ыанньыксыттаабыттар. Эдуард доҕорунаан кинилэргэ сайылыкка кэлэн көмөлөһөр эбит.

Үсүһүнэн, суруйааччы айымньыларыгар үгүстүк айар-тутар, ырыаҕа-тойукка көхтөөх ыччат ойууламмытын бэлиэтиибит. Ол курдук, «Үс тапталга» прототип буолбут тыа көхтөөх ыччата бииргэ кулуупка үҥкүүлээн, чугастааҕы дэриэбинэлэргэ, Мииринэй куоракка тиийэ кэнсиэрдииллэрэ. Эдуард доҕоро Өлөксөй Андреев ырыаһыт, үҥкүүһүт бэрдэ эбит. Оттон Эдуард, култуура үөрэхтээх Ксениялыын холбоһон баран, бастаан Маар Күөлгэ олорор эрдэхтэринэ ыллыыр буолбут. Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕоро Мария Федоровна ахтарынан, Эдуард оҕо сылдьан ыллаабат эбит, кэргэнэ Ксения аан бастаан сыанаҕа таһаарбыт.

Соколов айымньыларын геройдара спорт­сменнарын таһынан, ырыаһыттар, байааҥҥа даҕаны оонньууллар. Холобур, суруйааччы «Хампа» романын сүрүн геройа Тиихээн Чугуусап кулууп үлэһитэ, ырыа-тойук аргыстаах 40 саастаах киһи. Дьоҥҥо култуураны, искусствоны тарҕатар идэлээх киһи үлэтэ омос көрдөххө эрэ чэпчэкитин, дьиҥ иһигэр киирдэххэ олус ыараханын туһунан ааптар «Арахсыспат аргыстарым» сэһэнигэр Катя уобараһын нөҥүө арыйар.

Төрдүһүнэн, ордук кэнники кэмнээҕи айымньыларын сүрүн геройдара, ойоҕос персонажтара уустук дьылҕалаах дьон. Кинилэр хаайыы, балыллар, атаҕастанар диэн тугун билбиттэр. Эдуард Соколов бэйэтэ эмиэ хаайыыга олоро сылдьыбыта. Ол иһин да буолуо, хаайыы тиэмэтэ кини айымньыларыгар 1980-нус сыллартан киирэр, уонна социальнай проблема быһыытынан 1990-нус сыллардааҕы сэһэннэригэр көтөҕүллэр. Холобур, «Дьол» диэн бэрт үтүө ааттаах айымньы сүрүн геройа Ганя Тиитэп оҥорботох дьыалатыгар балыллан хаайыыга сытар, кэлин тахсан баран элбэх ыарахаттары көрсөр, уопсастыба, салалта өттүттэн атарахсыталлар, ол да буоллар, айымньы түмүгэр дьолун булар. Интэриэһинэйэ баар, ааптар олохтон тэмтэрийбит дьон уобараһын арыйарыгар мас уобараһын элбэхтик туттар. Холобур, Ганя аҥаардас араспаанньата Тиитэп диэнэ элбэҕи этэр. Уол бэйэтин туһунан хоһоонноох:

Кэрии сиргэ кииллийэ мин үүнэн,
Кэхтибэт күүстээхпин.
Буурҕа тыалга мускулла эриллэн,
Булгуруйбат бөҕөбүн…

Маны таһынан, хаайыы содулун билбит дьон кини айымньыларыгар киһилии сигилилэрин сүтэрбэтэхтэр, аһыныгар санаалаахтар. Холобур, «Хампа» арамааҥҥа Алыампый уобараһа.

Оттон «Хампа» ромаҥҥа бу олоххо оннуларын булбатах, олох очуругар оҕустарбыт хаамаайы дьон саҥа тутуллар бөһүөлэккэ мусталлар, ону тутуһаллар. «Дьол» сэһэҥҥэ ойоҕос персонажтар эмиэ пиэрмэ дьиэтин сайылыкка туталлар. Тутулла турар саҥа дьиэ, бөһүөлэк суруйааччы айымньыларыгар геройдар саҥа олоххо дьулуһалларын кэрэһилииллэр, олохторун уларытарга, тупсарарга бэлэмнэрин бэлиэтиир символическай суолталаах уобараска кубулуйаллар.

Бэсиһинэн, саха литературатын сайдыытыгар дьоһун кылааты киллэрсибит Эдуард Соколов–Тулусхан общественнай үлэнэн эмиэ күүстээхтик дьарыктаммыта. С.А. Зверев аатынан музейы тэрийсибитэ уонна онно бастакы дириэктэринэн үлэлээбитэ. Өр кэмҥэ Сунтаарга «Ньургуһун» диэн литературнай түмсүүнү салайбыта. Саамай улахан ситиһиитинэн «Бүлүү» диэн ааттаах өрөспүүбүлүкэтээҕи экологическай хамсааһыны тэрийбитэ буолар. Бу үлэтин ааптар «Хампа» романыгар то­лору арыйбыта кэрэхсэбиллээх. Айымньы сүрүн геройа Тиихээн Чугуусап тус олоҕо айымньы сүрүн сюжетын тутар эбит буоллаҕына, экология тиэмэтэ ааптар ойоҕос геройдарын нөҥүө арыллар. Мунньахтар, кэпсэтиилэр, Бүлүү өрүс киртийбититтэн сылтаан Хампа тутуута тохтуу сыһара – барыта экология боппуруоһа айымньыга сытыытык турарын си­тиһэр. Ааптар санаатын манна ойоҕос персонаж, Игнат уол этэр. Кини аҕата Бастыров, райсовет бэрэссэдээтэлэ, Бүлүү өрүһүн уута ыраас, иһиэххэ сөбүн туһунан хаһыакка ыстатыйа таһааттарар, бэйэтэ буоллаҕына иһэр уутун күөлтэн бастаран олорор. Уола аҕатыттан: «Дьоҥҥун-норуоккун атыылаан, ханнык таҥараҕа сулууспалыыгыный?» – диэн ыйытар.

Түмүктээн эттэххэ, Эдуард Соколов–Тулусхан айымньылара тус олоҕун, бэйэтин көлүөнэтин дьонун кытта быһаччы ситимнээхтэр уонна публицистическай тыыннаахтар: олоххо охсууну ылбыт, кыраттан да тэмтэрийбит дьону туоратымаҥ, өйөөҥ, өйдөөҥ диэн биһигини, ааҕааччылары, ыҥыраллар.

Матрена Попова, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ доцена

Чолбон. – 2019. – 10

Учууталбыт тиһэх уруога

Үтүө, үрдүк өйдөөх, төлөн сүрэхтээх киһи уһугулаан да сытан, дьиҥ үйэтигэр-сааһыгар тулхадыйбатах көрүүлэрин, өйүн-санаатын ыһыктыбат буолар эбит. Ону учууталбыт, Василий Никитич, барыан аҕыйах хонук иннинэ итэҕэппитэ. Биһиги ыар ыарыыга ылларан сытар киһи өссө да инникини, кэнэҕэскини анаарар күүһүн көрдөрө, ситтэрбэтэх санааларын билигин да өркөн өйүнэн куоһуу сытарыттан сөрү диэн сөхпүппүт.

Бу бараары сытан, балаҕан ыйын 6 күнүгэр, Василий Никитич биһиэхэ балтараа чаастаах академическай холоонноох лиэксийэни аахпыта. Баартын эрэ кэннэ тиһэх эбит диэн, дьэ, өйдөөтүбүт. Саҥата уруккутунуу сэниэлээҕэ, сэбэрэтэ ырааһа, көрөрө-истэрэ сэргэҕэ – бары хайдах эрэ сылаас, сырдык эйгэҕэ куустарбыппыт…

Дьэ, кини тугу сэһэргээтэ?

Билигин ырыта санаан көрдөххө, быыһыгар бытыылкалаах уутуттан омурдан ылан, айаҕын сайҕана-сайҕана, бэрт дириҥ ис хоһоонноох үйэлээх санаалары этитэлээбит эбит. Ол туһун хайдах өйдөөбүппүтүнэн биир идэлээхтэрбитигэр билиһиннэрэбит. Баҕар сороҕун сыыһа-халты да соҕустук өйдөөбүт буолуохпутун сөп, ону баалаамаҥ. Бэркэ болҕомтолоохтук истибиппит эрээри, кини туһугар уйулҕабыт хамсааһына, ыарытыйарын чугастык ылыныы сорох санааларын ситэтэ суох, халымыр соҕустук ылынарбытыгар тиэрдибит буолуон сөп.

Бастакыта, «Мин, тулаайах улааппыт киһи син, бэрт олоҕу олордум диэн сананабын. Эдьиийим барахсан батыһыннара сылдьан киһи гыммыта. Олохпор улахан тапталы билбит киһибин, бастакы кэргэним да, иккис кэргэним да миигин таптал сылаас эйгэтинэн угуттаатылар… Оҕолорум дьон сиэринэн олоххо суолларын тобулунан олороллор, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн сылдьыахтарын наада… Итинник».

Иккиһинэн, «Үлэбэр эмиэ табыллыбыт киһибин. Бэйэм төһөнү кыайарбынан, сатыырбынан саха ыччатын үөрэтэн кэллим… Бэйэлэрэ этэллэринэн, Василий Никиитис, эн биһиэхэ элбэҕи биэрбитиҥ, биэрэҕин дииллэр. Онтон, биллэн турар, сүргэм көтөҕүллэр. Ол гынан баран, сиппэтэҕим, оҥоруохтааҕым хара баһаам буоллаҕа… Сыта, эмтэнэ түһэн баран, баҕар, туран кэлиэм дии, оччоҕо устудьуоннарбар тии­йиэм, лекцияларбын ааҕыам, санааларбын этиэм».

«Чэ, ол эрээри, хайдах буолар, санаам син бөҕөх», – диэбитигэр биһиги хайдах эрэ эгди буолан, сүргэбит көтөҕүллэн, салгыы кини этиилэрин дириҥ ис номохторун ырытар, ыатарар түбүгэр түспүппүт.

Үсүһүнэн, «саха улахан үйэлээх итэҕэллээх норуот, ол Өксөкүлээх, Ойуунускай айымньыларыгар баар. Ону күүскэ, сөпкө тириэрдиэххэ. Итэҕэл – норуокка олоҕун оҥкула, тирэҕэ буолар. Норуот итэҕэлигэр олоҕуран, айымньыны тиэрдии көдьүүһэ саарбахтаммат, ону болҕойуҥ!» – диэн биһиги долоҕойбутугар улаханнык киллэрэ илик суолбутун сорук курдук эппитэ.

Төрдүһүнэн, «саха кылаассыкатын, кылаассыкатын эрэ буолуо дуо, литературатын чинчийэр үөрэх ис хоһоонугар сүүрбэһис үйэ отутус сылларыттан олоҕурбут хайысхаттан ураты, ис дьиҥ сахалыы көрүүлээх, саха уус-уран кэтэхтээх мындыр санааларын, эстетикатын диир сөбө дуу, саха ураты өйүнэн чинчийии эрэйиллэр курдук ээ. Ол кыаллара оннук хайысха сыыйа киирэн барара буоллар туох эрэ хамсааһын тахсыа этэ дии саныыбын», – диэбитэ.

Салгыы: «Саха литературатын дириҥээн үөрэтиини аҕыйах бастыҥ айымньыттан саҕалаан, умсугутан үөрэтии нөҥүө тиэрдиэххэ сөп этэ», – диэн этиитигэр билиҥҥи оҕо, ыччат уус-уран литератураны аахпат буолбут кэмигэр кэрэхсэтии, умсугутуу, уйулҕаларын хамсатыы күүһүн таба тайаныы суолталааҕын уот харахха быһааран биэрбитэ. Классиктарбыт айымньыларынан эрэ ааҕыыны тилиннэрэр, ыччаппытын киһилии майгыга, сиэргэ иитэр кыахтаахпытын хаста да хатылаан бигэргэппитэ. «Тылбыт сүмэтэ онно сытар. Кэлиҥҥигэ Николай Лугинов „Кустук, „Суор сэһэннэрэ дириҥ, мындыр санааны этэр, ааҕааччыны толкуйдатар философиялаах айымньылар уонна ­Наталья Харлампьеваҕа оннук дириҥээһиннэр эмиэ бааллар», – диэн түмүктээбитэ.

Бэсиһинэн, тылбааска таһаарыылаахтык үлэлиир кэм ирдэбилэ буолла диэн санаатын эппитэ. «Саха ураты дириҥ толкуйдааҕын, итэҕэллээҕин бары омукка тиэрдэр суолу тутуһуохха баара, оччоҕо эрэ саханы сыаналыахтара, кинилиин аахсыахтара. Оннук күн-дьыл, кэм тосхойдо, ону төлө түһүө суох баара», – диэн бэлиэтээбитэ.

Алтыһынан, Баһылай Никиитис кэлин Өксүөнтүй Муордьунабы, Суорун Омоллоону кытта өрүү бииргэ сылдьартан туттунар буола сылдьыбытын эппитэ. «Бэйэтэ тус толкуйа суох, наар улахан дьону батыһа сылдьар, кинилэр өйдөрүнэн толкуйдуур» диэн сиилиэхтэрэ диирим. Дьиҥэ, бэйэлэрэ ыҥыраллара. Сыыһа гыммыппын. Суорун сыаналаан, өрүү ыҥыран, аттыгар илдьэ сылдьыбытын хойутаан өйдөөтүм. Киһим барыа диэн өйгө да суоҕа», – диэн хомолтотун биллэрбитэ. Итини истэн олорон маннык санаа миэхэ эрэ киирбэт эбит, оннооҕор Баһылай Никиитис курдук улахан учууталга, улахан киһиэхэ эмиэ кииртэлээн тахсар эбит диэн сөҕө санаабытым.

Былатыан Ойуунускай туһунан кэпсии сытан, Никиитис биирдэ Өксүөнтүй Муордьунаптан: «Ойуунускай «Кыһыл Ойуунун» таайыллыбат таабырыннарын, дириҥ түгэх санааларын хайдах итинник өй-санаа дириҥ далааһынынан этэн-тыынан, суруйан кэбиспитэ буолуой?» – диэн ыйыппыппар, мүчүк гынан баран хардарбыта: «Ол мүчүҥнээбитин билигин да умнубаппын. Ол мүчүк гыныыга, «…Бэйэтэ да билбэтэ буолуо!» диэн тылга абааһы көрүү буолбакка, дириҥ таптал, өйүнэн өлбөт буолууттан астыныы бэлиэтэ баара диэн көрбүтүм. Ойуунускайга этиттэрии күүһэ баара чуолкай. Поэма хас тылын ыараҥнатан ырытыы олус туһалаах буолуо этэ, ону өйдөөн, харыстаан оҕоҕо тиэрдиэхпитин наада», – диэнинэн түмүктээбитэ.

Онтон «Кыһыл Ойуунтан» өйүттэн этэн эҕэлдьитэн барбыта:

Сир ийэ иэнигэр
Сидьиҥ быһыы сириэдийдэ,
Орто дойду уолуйда,
Олох-дьаһах дьадайда,
Чаҕыйда-чачайда…

Салгыы балачча уһуннук тылыттан тылыгар түһэрэн уус-ураннык ааҕан соһуппута. Поэманы тылыттан тылыгар билэрин, өрүү ааҕарын билэбит эрээри… бу түгэҥҥэ улуу Ойуунускай тыынынан тыына сытара биһигини долгуп­пута!

Ити түгэҥҥэ кэргэнэ Анастасия Петровна кэлэн уутун иһэрин санаппытыгар: «Мин оҕолорбун мөҕөҕүн дуу, олох мөҕүмэҥ», – диэн өссө дьээбэлэнэн, аны бэйэтэ мүчүк гынан ылбыта. Биһиги буоллаҕына көмүскэппит дьон буолан, эгди буола түспүппүт, үөрбүппүт. Арааһа, инникибитин эмиэ арчылаатаҕа буолуо дии саныыбыт.

Тоҕо эрэ бу түгэҥҥэ Василий Никитич: «„Норуот күүһэ – өйүгэр, өйүн күүһэ – тылыгар“ этиини урут ким эппитэ биллибэт ээ. Ол эрээри мин өйүм-санаам эмиэ бу курдук. Ону өрүү этэбин. Саха норуота – улуу норуот. Ону төрөөбүт тыла кэрэһэлиир», – диэн бэлиэ­тээн эппитигэр, учуу­талбыт барахсан эмиэ идэтинэн кэмчиэрийдэ дии санаабыппыт. Усту­дьуон аймах кини бу санааны лиэксийэлэригэр өрүү этэрин истэн, ылынан кэллэҕэ ээ. Ити уот ­харахха этиллибит тыллар – Василий Никитич Протодьяконов тыллара.

Василий Никитич ыар ыарыыны кытта ох­суһа сытан, өйө-санаата барыта норуотун кэс­килин туһунан түмүллүбүт санааларын, үөрэх-сайдыы кыһалҕаларын ырытыы тула эргийэрэ – чахчы да өлбөт өркөн өй, норуокка итии, төлөн таптал көстүүтэ буолара саарбахтаммат. Биһиги учууталбыт оннук киһи! Саха норуота балысхан сайдыы, түһүү-тахсыы күөнүгэр, бэйэтин кутун-сүрүн ыһыктыбакка атын норуоттары кытта тэҥҥэ хардыылаатын диэн, «өйүнэн өлбөт» суолун ыйа-кэрдэ, кыһалла сыппыта…

«Чэ, кыргыттаар, бүгүҥҥү лиэксийэ манан бүттэ. Сороҕун аныгыс сырыыга…» – диэбитэ. Учууталбыт төлөн уоттаах сүрэҕэр, мындыр өйүгэр, уҕараабат дириҥ толкуйугар сүгүрүйэ, эрэл кыымнаах тарҕаспыппыт.

Кини өрүү баарыгар, баар буолуохтааҕар үөрэнэн хаалбыт курдукпут. Хайдах да буолбутуҥ иһин (олоххо араас буолар), онтон тутулуга суох хаһан баҕарар эйиэхэ биир тэҥ истиҥник сыһыаннаһар, эркин курдук эрэнэр киһилээх буолуу дьол буоллаҕа дии… Ону учууталбыт Баһылай Никиитис бу орто дойдуттан баартын кэннэ ордук күүскэ өйдөөбүт курдукпут. Кырдьык даҕаны, учууталбыт барахсан элбэх көлүөнэ устудьуон ыччакка, кэлин учуутал, араас идэлээх дьоҥҥо мындыр өйүнэн, киэҥ көхсүнэн, сымнаҕас майгытынан, чараас уйулҕатынан – ­барыбытыгар ытык убай, улахан доҕор, духуобунай аҕа!

Тылбыт да, биридимиэппит да күөмчүлэнэр түгэннэригэр дорҕоонноох саҥата элбэхтик суон дурда, халыҥ хахха буолбута, буола да туруоҕа!

Евдокия Поликарпова, Ульяна Флегонтова

Чолбон. – 2018. – №9

Суор доҕордоох оҕо саас

Үрэх баһын оҕото, Байымаайы, Кутаама диэн Баайаҕа түҥкэтэх сирдэригэр улааппыт киһибин. Оҕо сылдьан ордук сөбүлээн сылдьар сирим тыа этэ. Сарсыарда утуйан турдум да тыаҕа ойорум. Саамай суон, улахан мутуктаах маһы талан үөһэ ыттарым уонна олорор сирбиттэн Кутаама үрэххэ олорор дьон сүөһүлэрэ, сылгылара ханна сылдьалларын көрөн тахсарым. Инньэ гынан Кутаама үрэҕи кыйа кимнээх олороллорун олох үчүгэйдик билэрим.

Ийэм сүрдээҕин атаҕынан кыанар уонна түргэн туттунуулаах, үлэлээх-хамнастаах дьахтар этэ. Туох эмэ буруйдаах буоллахпына наһаа түргэнник оройго биэрэрин өйдүүбүн. Иитиитэ онон бүтэрэ. Оттон миигин таба туппатаҕына, саараама сиппэт этэ. Киэһэ ийэм барахсан кыыһырбыта ааһан хаалар уонна мин таҥаспын абырахтыыр түбүккэ түһэр. Инньэ гымматаҕына, ырбаахым, ыстааным хайдыбытынан этим кылбаҥныы сылдьар буолар. Ол иһин тута тигэ охсон кэбиһэрэ. Ийэбиттэн удьуордаабытым – кыанарым.

Аҕам биир эмэ күҥҥэ олоҥхолуурун туһунан сурах тарҕаннаҕына, ийэм барахсан алаадьы астыыра. Дьон-сэргэ мустан, миин иһэн, алаадьы сиэн дьоро киэһэ үтүөтэ – олоҥхолоох киэһэ буолара. Оттон биһиги, оҕолор, тугу улаханы өйдөөн истиэхпитий, остуол анныгар олорон дэлби мэниктээн-мэниктээн баран утуйарбыт.

Аҕам өттүбүнэн аатырбыт кытыгырас уонна күүстээх Лахса диэн киһи төрүттээхпин. Кини улахан баай киһиэхэ үйэтин тухары хамначчытынан, сылгыһытынан сылдьыбыт уонна сылгы уорар идэлээх эбит. Ыраах сиртэн үөрү үөрүнэн үүрэн аҕалара үһү. Аны Тимир Кынат диэн аата да этэринии ааттаах сүүрүк, Танда киһитэ доҕордоох эбит. Оннуун иккиэн сылдьаллара үһү. Тимир Кынат Баайаҕа, Танда икки ардыгар сүүрүүнэн сылдьар эбит. Үүрэн аҕалбыт сылгыларын Уус Томторугар булгунньах төрдүгэр умуһах хаһан онно астыыллара үһү. Үлэлиир баайдарыгар биэрэн баран, бэйэлэригэр эмиэ хаалларынан, онон аһаан олорбуттар. Лахса бэйэтэ намыһах гынан баран, кэтит, халыҥ киһи эбитэ үһү. Кини хантан кэлбитэ дуу, төрүт олохтоох киһи эбитэ дуу, олох биллибэт. Киниттэн анараа өттүн биһиги билбэппит. Лахсаны нуучча аҕабыыта сүрэхтээбит. Оччолорго кини 50 саастаах эбит. Ол докумуону Дьөгүөр Ондуруоһап Дьокуускай куораттан булан аҕалбыта.

Миигин үөрэниэм иннинэ Хара Алдан диэн ыаллыы нэһилиэккэ олорор алта кыыстаах гынан баран биир да уола суох Новгородовтар диэн ыал дьоммуттан ааттаһан-көрдөһөн иитэ ылбыттара. Орто дойдуга уол оҕото суох олорор оччолорго сүрдээх ыарахана биллэр. Охонооһой Новгородов, аҕалара, соҕотох эр киһи, дьиэ иһигэр баар уонча дьахтарын иитэр-аһатар түбүктээҕэ. Сүөһү иитэрэ, оттуура-мастыыра, ааттаах булчут этэ. От-мас кэрдэр, тиэйэр, дьиэ тас үлэтигэр көмөлөһөр киһитэ суох буолан кэнникинэн наһаа санаарҕыыр буолбут. Мин аҕам кинилэр күтүөттэрэ этэ, ол иһин биир уолун ииттэрэ биэрэригэр көрдөспүттэр. Алта саастаахпар муус устарга аҕам сыарҕаҕа олордон илдьэн биэрбитэ. Саҥа төрөппүттэрим Хара Алдан кииниттэн биир көстөөх Туора Күөл диэн сиргэ олороллоро. Мин, онно тиийээт, сылгыларын чуумпу олохторун аймаатым. Сарсыарда туруохпуттан киэһээҥҥэ диэри наар үөр сылгылары эккирэтэн тахсарым. Охонооһой биирдэ мөҕөн көрбүтэ да, ону истиэх бэйэлээх буолуом дуо? «Сотору төрүөхтэрэ, аны аппахтаан хаалыахтара, эккирэтимэ», – диэн быһаарбыта да, син биир сырсарбын тохтоппотоҕум. Аны ыттаахтар, арҕаһа төгүрүк остуолтан көстөр улахан. Дьэ ол ыттыын тыаны биир гына сырсабын. Ытым тоҥуу хаарга сылайар буоллаҕа дии, дэлби аҕылыыр. Ол иһин сыарҕа суолун батыһа сырсан Хара Алдаҥҥа бэйэтигэр чугаһыы сыһабыт.

Иитэр дьоммун кытта сайылыкка көһөн тахсан баран, эмиэ үрдүк маһы буламмын ыттарбын саҕалаабытым. Ол маска өрүү суор олорор этэ. Миигин сөбүлээбэт, тоҥсуйар, охсор, тэбэр. Ол иһин аттынааҕы маһыгар тахсабын. Олох чыпчаалыгар тиийэ ыттан баран суору көрөбүн. Биирдэ оннук сылдьан арай туох эрэ кытарарын көрдүм, онтум оҕолорун айахтара эбит. Сэттиэлэр. Ийэлэрэ суоҕуна аны ол маска ыттар буоллум. Ийэлэрэ кэлэн миигин көрдөҕүнэ, тоҥ аһы тобулута анньар тумсунан наһаа ыарыылаахтык тоҥсуйара. Мэктиэтигэр маспыттан охто сыһабын. Аны оҕолору лэппиэскэнэн аһата үөрэттим, туох да ааттааҕын сииллэр, айахтара кытаран олорор. Ардах түстэҕинэ, илдьиркэй көбүөр суорҕанынан сабарым. Бастаан ийэлэрэ тумсунан ылан илгэн кэбиһэрэ. Мин ону өһөспөр төттөрү таһаара турарым. Сыыйа үөрэнэн, аны суорҕан анныгар бэйэтэ хорҕойор буолбута. Итинник бодьуустаһан улахан тииккэ күҥҥэ уонна кырынар этим. Суорум оҕолоро тумсуларынан этэрбэспин тобулута охсоллоро. Бодоруһан миигинэ суох табыллыбат буолан хаалбыттара. Ийэлэрин аһын аһаабаттар, куруук мин лэппиэскэбин былдьаан сииллэр, уһун күнү быһа миигин эккирэтэ сылдьаллар, ас көрдөөн сотобун хаан тахсыар, бааһырыар диэри тобулута анньаллар. Этэрбэспин харыһыйан кэппэт этим, ол иһин дьэ баас-үүт бөҕө буоларым. Аны ийэлэрэ оҕолорун көҥөнөн эмиэ тобулута сынньар, мин кинини талаҕынан үүрэбин. Ол сылдьан хаһан да ууга киирбэт көтөрдөрү сөтүөлүүргэ үөрэттим. Кыра көлүйэлээхпит, онно кыргыттар сөтүөлүүллэрэ. Дьэ мин онно суорум оҕолорун кытта киирэн сөтүө бөҕө буолабыт. Биирдэ балаҕаҥҥа киирэн соһуппуттара. Киирээт, оһох холумтанын тоҥсуйан киирэн барбыттара. Мин кыратык мөҕүллүбүтүм, биллэн турар. Онтон ыла балаҕан аанын саба сылдьар буолбуппут. Күһүн көтөр буолбуттарын кэннэ, таһырдьа таҕыстахпына, үрдүбүнэн элиэтии көтөллөрө. Дьэ бары маспытыгар тахсабыт аны. Мин хатаастарбар мутуктан мутукка көтө сылдьан миигин көрөллөр. Биир суор көппөтөҕө, уйатыгар сытара, арааһа, тугун эрэ өлөрбүт быһыылааҕа. Киниэхэ ас таһаллара, кутуйаҕы, ол-бу үөнү-күрдьэҕэни. Өктөөп диэки биирдэ көппүтэ. Аны хаама сырыттахпына, кэлэн бэйэбэр олороллоро, ыараханнара сүрдээх буолара. Хара Алдаҥҥа бардахпына, батыһан барсаллара. Дьэ онно дьон соһуйан ыйыттаҕына: «Бииргэ сайылаатым», – диирим. Ону: «Хата сөпкө гыммыккын, кэлин бултуу бардаххына кыыл-сүөл ханан баарын ыйан биэрэн абырыахтара», – дэһэллэрэ. Ол ыйан биэриилэрэ «суор хамыйахтыыра» дэнэр эбит – иннигэр кэлэн түһэн булт чугаһын сэрэтэр эбит, эн өлөрбүтүҥ кэннэ онтон сиэһэр. Ол иһин этэллэр эбит, уол төрөөтөҕүнэ, суор үөрэр диэн.

Дьиэм таһыгар кыратык тыа умайбыт сирэ баара. Онно барыта хаппыт титирик буоллаҕа дии. Биирдэ сүүрэн иһэн атахпынан уһуктаах титириккэ баран түстүм. Этэрбэһим иһэ барыта чаллырҕас хаан буолбута. Ииппит аҕам барахсан дьиэбэр көтөҕөн аҕалбыта. Хара Алдаҥҥа оччолорго биэлсэр баара. Кини эмтээн начаас оспута.

Оскуолаҕа барыам иннинэ эдьиийдэрим бары дьиэтээҕи учууталларым буолбуттара. Кинилэр үөрэтэн, ахсааҥҥа кинилэрдээҕэр чорбойон тахсыбытым, онон аны бэйэлэрин үөрэтэр буолбутум. Сүүс иһинэн көҥүл төгүллүүр-түҥэтэр этим. Ити курдук түөрт «учуутал» төгүрүйэ сылдьан үөрэппитин кэннэ, аны барытын билэр буоламмын, кэлин оскуолаҕа баран-баран тугу да гыммат этим. Хата олорон эрэ кыргыттары дьээбэлиирим, баттахтарын олорор сирдэригэр баайан диэн, хайаан диэн. Учуутал ыҥырдаҕына туран иһэн хантас гына түһээхтииллэрэ.

Ииппит аҕам Охонооһой өтөр буола-буола Хара Алдаҥҥа барар. Дьэ биһиги төннөрүн кэтэһии бөҕө, кэһии тутаары. Кэһиитин хаптаҕай кэмпиэти аҕалара уонна ону миэхэ эрэ биэрэрэ, онтон эдьиийдэрбэр бэйэм бэрсэрим. Уонна хайаан да сыалыһар аҕалара. Онно наһаа үөрэбит, соботтон салгыбыт дьон айахпын амтанын уларытабыт. Оттон уҥуоҕунан хаамыска оҥостобут – оонньуур бөҕөлөнө түһэбит. Эр киһи буоламмын, быһаҕы оҕонньор миэхэ эрэ көҥүллүүрэ. Ол иһин дьэ мин тойон буола түһэбин уонна эдьиийдэрбэр хаамыска оҥорон биэрэбин.

Ииппит ийэм Маайа сөтүөлүүр көлүччэбит түгэҕиттэн мыыла курдук туойу хостуур уонна мыыланы кытта буккуйар. Итинник мыыла өр сылдьааччы, кырдьык-хордьук күүгэннирэр этэ. Онтон туойу хостоон таһаарааччы мин буолбутум. Аны эдьиийдэрим баттахтарын мин сууйар этим, бастаан дьиҥнээх мыыланан кирдэрин ыытан, онтон туойдаах мыыланан. Ийэбит итинник иккилиитэ сууйтарар этэ. Инньэ гынан алта кыыс төбөтүн сууйууга бүтүн күн барара.

Балтараа сыл иитиэх сылдьыбытым кэннэ төрөппүт аҕам тиийэн кэлбитигэр мин барсабын диэн бастаанньалаан кэбистим. Ииппит аҕам Охонооһой бэйэтэ да миигиттэн саллыбыт быһыылааҕа: «Окко-маска ыттара, сытыыкката бэрт эбит. Биһиги аймах буолбатах эбит. Кыайан киһи гыныа суохпун, аны оһоллонон иэдээн буолуо, кэбис, илдьэ бар», – диэбитэ. Дьиҥэр, миигин наһаа таптыыра.

Дьэ айаннаатыбыт. Ол баран иһэн арай аҕам миигин тардыалыыр: «Нохоо, тур-тур, көр». Туран көрбүтүм, Аллан өрүс ортотугар мууска улахан да улахан сөмөлүөт олорор. Мин, сыарҕаҕа хаптаччы утуйа сытан, ол кэлэн түһэр тыаһын истибэтэхпин. Аҕам атын кытыы маска баайан баран ол сөмөлүөтү баран көрдүбүт. Лүөччүктэр иһирдьэ ыҥыран киллэрдилэр. Мин үөрүү бөҕө. Ыарыһаҕы ыла кэлбиттэр эбит.

Дьиэбэр бырааппын, ийэбин ахтан ахан кэлбитим. Ол күһүнүгэр оскуолаҕа барыахтаах этим. Ону уҥуоҕунан кыра диэн ылбатахтара. Аҕыспын туоларым саҕана ньоол кылааска барбытым.

Мандар Уус,
СӨ Духуобунаска академиятын академига

Аргыс

Саас халлаан ылааран, тулалыыр барыта дьэҥкир таастыы ырааһыран, чэбдигирэн турар кэмэ. Биһиги бөлөхпүт икки УАЗ массынанан Бүлүү эбэ дэхси мууһун устун хоммут бөһүөлэгиттэн, аҕыс көстөөх сиргэ айаннаан иһэр. Мин массыына кэлин олбоҕор соҕотох түбэһэммин, хата уһун суолга утуйан абыраныам диэн, тулуупка сууланан сытардыы тэринэн эрдэхпинэ, массыына «хорус» гына тохтуу түстэ. Суоппар уол кимниин эрэ ордуос соҕустук тыл быраҕыста. Онтон: «Чэ-чэ, кэннигэр биир миэстэ баар, түргэнник олоро оҕус», – диэтэ. Утуйан бүттэҕим ити. Массыына аана аһыллыбытыгар, бүтүннүү кырыаны бүрүм­мүт Сээркээн Сэһэн курдук сэксэйбит бытыктаах, бобо баайыллыбыт эргэ үрүксээктээх, мас тайахтаах, сэттэ уончалаах оҕонньор киһи көһүннэ. Кырдьаҕас тэпсэҥнээмэхтээн баран сааһыгар холооно суох сымсатык, үөрүйэхтик даҕаны диэххэ сөп, ойон тахсан мин аттыбар олорунан кэбистэ. Тута ыалга киирбит киһилии үтүлүгүнэн кырыатанан баран түүлээх бэргэһэтин устан, күлээри гыммыт курдук аһаҕас хараҕынан миигин уун-утары көрдө уонна эйэргээбиттии: «Хайаларын оҕотоҕун, тоойуом?» – диэн сымнаҕыыс баҕайытык ыйытта. Ким оҕото буо­ларбын таайа сатыыр быһыылаах, сааскы тыалтан кытарбыт киэҥ хараҕа чыпчылыйбат даҕаны.

– Маннааҕы буолбатахпын, Таатта сириттэн төрүттээхпин, – диэтим.

– Ол иһин даҕаны. Бу эҥээрдэргэ майгыннаабаккын ээ. Таатта диэн улуу дойду диэн кэпсииллэрэ. Саха үтүө дьоно уутуйан төрөөн-үөскээн ааспыт сирдэрэ. Истэн-билэн бөҕө буоллаҕа дии, – оҕонньор сөптөөх харданы ылбыттыы тиэрэ хайыһан массыына түннүгүнэн элэҥниир суол кытыытын аахайбатахтыы көрүөлүүр. Онтон, өрө тыынан баран суол хоту нөрүйдэ. Хараҕын кырыытынан миигин көрө охсон ылла уонна тугу эрэ өйдөөн кэлбиттии, эмиэ даҕаны сэрэхэчийбиттии, уйуһуйбут хараҕын миэхэ туһулаан одууласта. Мин, кырдьаҕас киһи тонолуппакка одуулууруттан симиттэн тиэрэ хайыстым.

– Тоойуом, баалаама, эн төрөппүттэриҥ антах олохтоох дьон этилэр дуу, кэлиилэр этэ дуу?  – титирэстээн ылар куолаһыгар долгуйуу биллэр.

– Олохтоох дьон этилэр. Эн таатталартан кими эмэ билэр этиҥ дуо? Ыйыт ээ, баҕар, истэр-билэр киһим буолуо.

– Эс, суох, көннөрү ыйытабын. Дьикти баҕайы, эн биир киһиэхэ наһаа майгынныыгын, баҕар аймаҕа буолуо диэн… Ол киһи былыр суох буолбута, арай балта ханна эмэ тиийбитэ эбитэ дуу?! Дьэ, туора киһи туора киһиэхэ май­гынныыра диэн, дьикти буолар эбит… – оҕонньор саҥардаҕын ахсын сыҥааҕа эйэҥэлиир, чахчы дьиктиргээбит көрүҥнээх.

– Уйбаанчык, кыыһы моһуоктаама, атын, Дьокуускайтан кэлбит артыыска дии. Эн былыр үйэҕэ өлбүт бодоруугаҕар майгынныырыгар саарбахтыыбын. Тоҕо эмиэ солуута суох олуйсан хааллаххыный?! Айан бөҕөтүн айаннаан сылайан иһэллэр, сынньанаары гынара буолуо, мээрилээмэ, – суоппарбыт бу улууһу биир гына биһигини тиэйэн гастроллаппыт буолан, артыыс сыралаах үлэтин этинэн-хаанынан билбитэ, онон кырдьаҕас миэхэ иҥнибитин сөбүлээбэтэ.

– Ээ, ол иһин ырбыт-сылайбыт көрүҥнээх эбит дии, сынньан-сынньан тоойуом, мин лахсыйыыбар кыһаллыма.

– Айан кэпсэттэххэ биллибэккэ хаалааччы, кэпсиир буоллаҕына кэпсээтин ээ.

– Оо, көр эрэ, куоластыын майгынныыр, тоҕо баҕас дьиктитэй! – оҕонньор эмискэ хараҕа дьэҥкир уунан туолла уонна «өссө туох буолар?» диэбиттии, миигин иччилээх хараҕынан батары көрдө. – Тоойуом, эн миэхэ кыһаллыма, сынньан. Мин хайдах эрэ сааһым тухары сүрэҕим ытарҕата оҥостубут доҕорбун көрсүбүт курдук сананным, ол иһин даҕаны бэрт үчүгэй, ылаар күн үүммүт эбит. Эбэтэр сотору айаннаары гыннаҕым дуу? Оннук буоллар бэрт этэ, сөбүн… – диэн иһэн хараҕын уутугар харбыкка дылы, хаҥнан хаалла. Сотору уоскуйда уонна кырдьык дуу, сымыйа дуу диэбиттии миигин одууласпахтыыр, баһын быһа илгистимэхтиир.

– Ким туһунан этэҕин кырдьаҕа-ас, хата кэпсээ эрэ, – иннигэр олорор мин биир идэлээҕим көрдөһөрдүү этэр.

Ону эрэ күүтэн олорбуттуу Уйбаанчык көхсүн этиттэ.

Онуоха:

– Ээ, бу оҕонньор куруук биир пластинканы эргитэр. Ааспыкка, улуус үөрэх салаатыттан тахсан иһэр икки дьахтары тиэйэн истэхпинэ олорсон баран, уһун суолу быһа урукку тапталын кэпсээн тахсыбыта. Бука, ол ырыатын ыллаары гыммыта буолуо?! Салгыбата бэрт ээ. Кини Лаанатын туһунан номоҕу бу дойду суоппардара бары билэллэр, – суоппарбыт сөбүлээминэ хадьардаһар. – Онно биир кыыһы эмиэ Лаанабар майгынныыгын диэбитиҥ дии, хайаан бары хаама сылдьар Лааналарга кубулуйбуттарай? Саас чахчы кэлэн эрэр быһыылаах, – сиэркилэтинэн оҕонньору «бүт!» диирдии кытаанахтык көрөн ылан баран, кыыһырбытын биллэрэн, эрчимнээхтик массыынатын тиэтэтэн атын скороһы холбуур.

Оҕонньор кымаардаан да көрбөт, үөрүйэхтик бытыгын имэриммэхтээн ылар уонна кэпсээнин саҕалыыр.

– Кини Лаана, Саргылаана диэн этэ. Үүт-үкчү бу кыысчаан курдук төгүрүччү көр­бүт ньыламан маҥан намчы сирэйдээх, үрүҥ көмүс ньуоска угунуу синньигэс көнө муруннаах, санаарҕаабыттыы сып-сырдыгынан сандаарыччы көрбүт харахтаах, куруук кэтэҕэр кичэллик хомуллубут хойуу баттахтаах, ньуолах от курдук наһаа нарын-намчы барахсан этэ. Мин, куруук, ити кини төбөтүн иһигэр тугу саныы сылдьара буолла диэн таайа сатыырым. Туох эрэ куйаар кистэлэҥин ырыҥалыы сатыырдыы, боччумуран ырааҕы одуулуу олордоҕуна, мин кинини ол санааларыгар кытта күнүүлүүрүм. Саргылаана Агыытабына ханнык эрэ киин улуустан төрүттээх, Угаарап учуутал кэргэнэ этэ. Кинилэр биһиэхэ куораттан ананан үлэлии кэлбиттэрэ. Мин оччолортон булчуппун. Биирдэ, эмиэ маннык сааскы күн туһахтарбын кэрийэн истэхпинэ, суолга, кинигэ бөҕөтүн тиэммит, тулууп сонунан сирэйдэрин-харахтарын көстүбэт гына бүрүммүт икки киһини олордон, сыарҕалаах аттаах киһи ситэн ааста. Саҥа учуутал кэлиэхтээҕин нэһилиэк барыта билэр-истэр, онон кини истэҕэ диэн солуну кэпсии охсоору дьиэбэр тэбинним. Ол чахчы кинилэр этэ. Оччолорго биһиги оскуолабыт ити уруккута Өлөөчөй Баай дьиэтигэр баара. Аҥаарыгар саҥа кэлбит учууталлааҕы олордоору бэлэмнииллэрэ.

Сарсыҥҥытыгар, биһиги саҥа учууталлааҕы билсээри бары Сэбиэт дьиэтигэр муһуннубут. Арай Сэбиэт хоһун аана аһыллыбытыгар өҥөс гыммытым, мин көрдөхпүнэ аһары мааны, биһигиттэн адьас атын таҥастаах-саптаах эдэркээн баҕайы уоллаах кыыс олороллор. Уол мэһэйдии олорор буолан, кыыс сото уҥуоҕунуу сип-синньигэс моойун уонна кэтэҕэр халаачыктыы эриллибит хойуу баттаҕын эрэ көрдүм. Уол буоллаҕына, уһун дыраҕар атаҕын туора быраҕан, ханан даҕаны быыл сыстыбатах хара бинсээгин иһинэн кэппит кумааҕы маҕан ырбаахытын бэлэнньигэ быган, сыҥаах баттанан, килбэлдьигэс хара баттахтаах төбөтүн өйөөн ойоҕоһунан буолан олорор. Сирэйэ көстүбэт. «Чэ киириҥ-киириҥ», – диэн Сэбиэт Ыстапаана ыҥырбытыгар бары суккуллан киирдибит. Утары турар мас лаабыстарга олорон баран, учууталлааҕы дьэ табыгастаахтык көрдүбүт. Оо, барахсаттар, бу үчүгэйдэрин, ыраастарын, мааныларын! Биһиги, уолаттар, биллэн турар, бастаан харахпыт кыыска хатанна. Нап-нарын, муус маҥан кыракый илиитигэр чараас сыҥааҕын өйөөн, симиттибиттии кыҥначчы туттан, сиртэн-буортан тэйбит курдук наһаа кэрэ барахсан «бу туохха түбэстим» диэбиттии, өгүрүк-төгүрүк хараҕынан, биһиги сирилиспит-бурулуспут сирэй­дэрбитин сэрэхэчийбиттии көрөөмөхтүү оло­роро. Мин, кинини көрөөт, сүрэҕим туһахха иҥнибит хабдьы курдук тилигирии мөхсүбүтэ.

«Билсэн кэбиһиҥ, бу биһиги оскуолабыт саҥа дириэктэрэ Матвей Иванович Угаров уонна кини кэргэнэ, биэлсэр, Саргылаана Агитовна Угарова. Кинилэри манна Дьокуускай куораттан анаан ыыттылар», – диэн этииттэн мин кулгаахпар «кэргэнэ… кэргэнэ» эрэ диэн тыл хатыылаах от курдук хатанан хаалла. Бэйэм даҕаны дьиктиргиэм иһин, күнүүлүү саныы-саныы учууталы көрө түспүтүм, хайдах эрэ Лаанаҕа бэйэтигэр  майгынныыр ыраас хааннаах, уоһун үрдүгэр кичэллик кырыллыбыт синньигэс бытыктаах, үөрэхтээх-үөрэхтээх курдук уһун синньигэс тарбахтарынан сэҥийэтин өйөөн, хойуу хара хаастарын аннынан холку, киэҥ биилээх хара­ҕынан биһигини боччумнаахтык одуулуу олорор, сахаҕа олус кэрэ дьүһүннээх киһини көрөөт, бэйэбин сэнэнэн сүрэҕим кыланан ылла. «Бачча бэйэлээх кыыс интэн итэҕэс эрдээх буолуо дуо?» диэн хайдах эрэ санаам олус холунна.

Таптал диэн сүрдээх күүстээх буолар эбит. Мин онно бастакы уонна тиһэх тапталбын Лаананы көрсүбүтүм. Кинини төһө даҕаны кэргэннээх диэбиттэрин үрдүнэн, туох баар миигин тулалыыр, эмискэ барыта биирдэ сүппүтэ. Аҥардас кини эрэ минньигэс мичээрэ, таабырыннаах хараҕа, ууруурга-сыллыырга эрэ ананан айыллыбыкка дылы обуйукаан уостара, имэҥнээхтик имэрийиэх имигэс илиилэрэ, уонна… уонна… чэ, барыта кини эрэ умсулҕана өйбүн-санаабын баһылаабыта. Онно олорон кутааҕа былдьанан эрэрдии, туох баар этим-сииним барыта умсулҕан уотун ортотугар буола түспүтэ. Кини хас саҥарбыт саҥата мин кулгаахпар имэҥ сипсиэрэ буолан иһиллэр курдуга. Оннук киһи киһини көрө түһээт ымсыырар, баҕарар, эттиин-хаанныын таттаран ыра оҥостор буолар эбит. Ол саҕаламмыт төрүөтэ сүрдээх кыра этэ. Кини мин чыпчылыйбакка одуулуу олорорбун соһуйбуттуу көрөөт, тоҕо эрэ тэтэр гынан ылбыта, бука мин санаабын таайбыта эбитэ буолуо. Оо, кини хайдах таайбат буолуой мин хайдахтаах курдук кутааҕа умайа олорорбун? Таайдаҕа дии, сэгэртэйим сыыһа… – диэт, оҕонньор сыҥсыйбахтаан ылла. Кини биһиги баарбытын олох даҕаны умнан, оччотооҕу Лаанатын эрэ килбик мичээрин санаатын иһигэр тилиннэрэн, ол сылаас иэйиитин сыралыгар куустаран олороро. Биһиги мэһэйдээбэтэхпит.

– Ол күнтэн мин утуйар уум көппүтэ. Тугу даҕаны гыныахпын баҕарбаппын, кинини эрэ көрүөхпүн ыраланабын. Ити курдук икки эрэ күн тулуйдум. Туох даҕаны соруга суох эрээри кинигэ уларсыбыта буолан оскуолаҕа тиийдим. Лаана суох буолан биэрдэ. Мин ыарыылаахтык кымаахтыыр түөспүн ыга туттан уулусса устун ээл-дээл хааман истэхпинэ, арай уун-утары Лаанам бу дугуйуктанан иһэр эбит. Чэбдик салгынтан тэтэ­рэ кыыспыт сирэйигэр ханна даҕаны көрсүбэтэх кэрэ мичээрим олорбут. Кини халыҥ суккун сонун нөҥүө ордук умсулҕаннаахтык төгүрүйбүт түөһэ, курунан ыга тардыммыт синньигэс биилэ миигин бүтэһиктээхтик аймаан бу тиийэн кэллэ. Мин, били, көрүстэхпинэ этиэх буолбут санаам барыта сүтэн хаалла, ол оннугар акаары киһи курдук ыппайа-ыппайа умса туттан ааһа турдум, куоттум… Бэйэм баҕабыттан бэйэм кыбыстарым, кини миигин хаһан бэйэтигэр тэҥниэҕэй дии саныырым. Оо, онтон саһаан кэннигэр тиийэн саһан олорон хайдах курдук ытаабыппыный. Аны кинини саныа суох буолан бэйэбэр бэйэм күүстээхтик эрэннэрэн баран, сонно тута умнарым. Ити курдук сыл аҥаарын быһа, эмискэ өрө турбут иэйиим иитиэхтэнэн, ааспат ыарыыга кубулуйда. Ол «таптал» диэн ыарыы улааттар улаатан, туох баар олоҕум сыыһын барытын «Лаана» диэн биир «күҥҥэ» түмэн, күннэри-түүннэри ол таҥарабар үҥэргэ күһэйбитэ. Сотору букатын төбөбүнэн бырахтарыах курдук буолан бардым. Хор, имэҥ диэн оннук күүстээх буолар эбит.

Күһүн куобах күрэҕэ саҕаланна. Биир күн бастыҥ хаһаастаах сиспитин күрэтэ бары нэһилиэгинэн таҕыстыбыт. Учууталлаах хаал­сы­батылар, барыстылар. Кинилэр барсар сурахтарын истээт, мин күрэх эрэ, туох эрэ, онно эрэ кыһаммаппын, биир кэм күнүм-ыйым Лаанам туһунан ыраланан, сүргэм көтөҕүллэ аҕай сырыттым. Күрэтэ сылдьар дьахтар барыта кини буолан көстөр. Ол күн «тоһуурга тур» диэбиттэрин аккаастаан, күрэтээччилэргэ холбоһон саҥа түһэн эрэр көтөҕөлөөх тыа устун хаамса сырыттым. Сотору дьону күүтэ таарыйа, аарыма тиит анныгар тохтоон олордум. Арай кэннибэр ким эрэ хааман сырдырҕыыр тыаһа иһилиннэ. Олох аттыбар кэлэн кэнсиэрбэ бааҥкатын охсон «тас» гыннарбыттарыгар эргиллэ түспүтүм, Лаана кэлэн соһуйбуттуу көрөн чоҕулуҥнуу турар эбит. Мин ойон турбуппун бэйэм даҕаны билбэккэ хааллым. Кини: «Ок, манна киһи баар эбит дуу? Тоҕо күрэппэккэ олороҕун?» – диэн баран тыас таһаарар кып-кыра бааҥкатын эмиэ охсон лаҥкынатта. «Тыас таһаарар иһитин кырата бэрт эбит, куобахтар истиэ суохтар, миэнин ылаҕын дуо?» – диэн арыычча ыган ыйыттым. «Оттон эн? Мин көннөрү аатыгар эрэ үүрбүтэ буолабын. Айылҕаны көрөбүн, наһаа даҕаны чуумпу, үчүгэй», – диэтэ уонна мин олорбут маһым анныгар кэлэн бааҥкатын талыр гына быраҕан баран олорунан кэбистэ. Мин аттыгар долгуйан тэпсэҥнии турдахпына: «Ыксаабат буоллаххына олоро түс, син сылаалаах эбит ойуурга хаамар. Мин маннык хаама үөрүйэҕим суох ээ, сылайдым», – минньигэс баҕайытык мичийэ-мичийэ кэпсиир. «Туохха ыксыахпыный, эн баар буолтуҥ кэннэ» диэхпин баҕаран баран, тугу даҕаны саҥарбакка, аҕыйах харыс чугас олордум. Оо, онно киниэхэ аан маҥнай чугаһаабытым, бу сыта үчүгэйин, сүрэҕим тахсан барыах курдук биллигириир. Лаана эмискэ мин сирэйбин-харахпын чинчилиирдии көрөн баран: «Ваня, эн тоҕо миигин утары көрсөөт куотан хаалаҕын? Эбэтэр тугуй дуу?» – диэн ыйытарын кытары, хайдах эрэ уоруйаҕым тутуллубут курдук сананным уонна ойон туран түҥнэри хайыстым. «Суох… хата бэйэҥ…» – диэн тугу эрэ ботугураатым. Онно кини миигин саҥа көрбүттүү сүрдээх уоттаах хараҕынан балачча одуулаан олордо, онтон уларыйан хаалбыт куоластанна. «Мин кэргэннээхпин ээ, дьон тылы-өһү тарҕатыа, онно-манна манаһаргын тохтот. Атыттары көрүөххүн…» – сэрэйбитим курдук мин киниэхэ сыыттанарбын билэ сылдьыбыт буолан таҕыста. «Быһата, тэҥэ суоххун диэ… Хайдах буолабын? Этиий…» – дии-дии, сааппыттан умса көрөн туран маһынан сири дьөлө кэйиэлиибин. Лаана ойон турда уонна сылбырҕа баҕайытык ааһа көтөн иһэн мас силиһиттэн иҥнэн умса туруйалаата. Мин сымса бэйэлээхтик санныттан харбаан иһэн, бэйэм тиэрэ таһылынным. Кини чэпчэки баҕайытык мин үрдүбэр сууллан түстэ. Онуоха, эр киһи дуома буоллаҕым дии, ыбылы кууһан ылбыппын билбэккэ да хааллым уонна бокуойа суох туох түбэһиэх уураа да уураа. Бу түгэҥҥэ миигиттэн ордук дьоллоох киһи суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, Лаанам утарыласпат курдуга. Кини сып-сылаас сымнаҕас уостара уураатаҕым ахсын хардарарга дылылара. Туох баар этэ-сиинэ миэхэ силбэһэн эрэрдии ыбылы сыстан сытара. Тулам барыта суураллан, тапталлааҕым эрэ туймаарыйбыт хараҕа көстө-көстө сүтэрэ.

Арай тэйиччи маһы маска охсор тыас тыаһаабытыгар Лаана, өйдөнөн кэлбиттии түөскэ анньан кибилиннэрээт, ойон туран ыркый ойуур быыһыгар сүтэн хаалбыта. Мин ким даҕаны кэлэригэр-барарыгар кыһаммакка дьолбуттан таалан сыттым. Балачча буолан баран аттыбар: «Хайа, доҕоор, аны манна таалалыы сытар дьон бааллар эбит дуу», – диэн учуутал эҕэлээх куолаһа иһиллибитигэр, «бу алдьархайы!» дии санаат, олоро түстүм. Аттыбар маска өйөнөн учуутал мичээрдээбитэ буола турар. «Уйбаанчык обургу, булчут бэрдэ тоһуурга турбакка тоҕо манна таалалыы сытаҕын? Ыарыйдыҥ дуу, тугуй? Тэтэрбитиҥ сүрдээх, кыраадыстаммыккын быһыылаах?» – диэн, эмиэ даҕаны элэктээбиттии, эмиэ даҕаны аһым­мыттыы ыйытта. «Арааһа. Тоҕо эрэ мэйиим дэлби эргийэр, ол иһин сыта түһэн ыллым» – диэн, чыпчылыйан да көрбөккө сымыйалаан кубарыттым. Испэр буоллаҕына, мин Лаанабын былдьаабыт бу мааны киһиэхэ абаран кыбдьырынабын. «Чэ, оччоҕо кытаат, бу кынат мөлтөх соҕус», – диэн баран киһим саараҥнаабыттыы аргыый аҕай хаама турда.

Мин эмискэ саабын сулбу таһыйан ылан тэйэн эрэр киһини көхсүн хараҕын кыҥаан баран, чуут чыыбыспын тарда сыстым. Онтон өйдөнөн, титирэс буолбут тарбахтарбын арыычча арааран, саабын сиргэ ыһыгынным. Оо, ол түбэлтэни мин тыһыынчата эргитэн аҕалан ырыта сатыырбар олоҕум барыта баранна. Арай онно…

Ити түбэлтэ кэнниттэн мин куруук Лаананы бүччүм сиргэ тоһуйан көрсөр санаалаах кэлэр-барар суолун хайар буоллум. Ол эрээри, Лаана мин угаайыларбын хайдах эрэ барытын мүччү көтөн иһэрэ. Кини биһиги кыракый балыыһабытыгар үлэлиирэ. Тулуйарбыттан ааһан, биирдэ балыыһаҕа көтөн түспүтүм Лаана, баһаам элбэх докумуоннары көтөхпүтүнэн уун-утары хостон тахсан кэллэ. Миигин көрөөт, абааһыны көрбүттүү кэннинэн чугуруҥнаары, кумааҕыларын мүччү туппута муостаны биир гына ыһылыннылар. Иккиэн саҥата суох ону хомуйар аакка түстүбүт. Хомуйан бүтэн баран Лаана баттаҕын көннөрүнэ-көннөрүнэ туран истэҕинэ мин тулуйбакка синньигэс биилиттэн кууһан ылан бэйэбэр сыһыары тартым. Кини миигин тэйитээри кумааҕыны кууспут илиитинэн түөскэ анньыалыы сатаата даҕаны, мин ону истиэх киһи буолуом дуо, харааччы иирэн үрүт-үрдүгэр ууруу сатыы турдум. Ыксаан кумааҕытын эмиэ мүччү тутта, ону кытары тэҥҥэ хостон сиэстэрэ Дуунньа ойон тахсан иһэн төттөрү түстэ. Лаана, миигин туох баар күүһүнэн түөскэ анньаат, сирэйгэ биэрэн хабылыннарда уонна: «Дурак! Киэр буол мантан!» – диэн кыланна. Мин онно эрэ туох алҕаһы оҥорбуппун, дьэ, өйдөөтүм. «Оо, бырастыы, бырастыы гын…» – дии-дии чугаһаан эрдэхпинэ, «Вон отсюда!» – диэн, ытаары ыгыллыбыт куолаһынан ордоотоот, хоско киирэн хаалла.

Мин, тэпсэҥнээмэхтээн баран, тыыным хаайтаран уолукпун харбаммытынан таһырдьаны былдьастым. «Бүттэ… бүттэ…» диир санааттан тулам бүтүннүү хараҥарбыта.

Сарсыныгар хомунан, тыалаан хаалбытым. Билигин санаатахпына, бу баҕайы, оҥорорун оҥорон, сэгэрбин уокка анньан биэрээт, куоппут эбиппин. Кэмсиммитим иһин хайыамый, «буруйдаах сүүс аньыылаах» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Баҕар, онно куоппатаҕым буоллар, хайдах буолуо эбитэ буолла? Кини миэхэ эрэммитэ буолуо дии…

Быһата, мин барбытым кэннэ маннык буол­бут. Ол Дуунньа сүрдээх тыллаах, көрбүтүн-истибитин «сыптараҥ ынах курдук» таһаара сылдьар идэлээҕэ. «Учуутал ойоҕо Уйбаанчыктыын көрсүүлэспит үһү. Оннооҕор балыыһаҕа сыталларын Дуунньа туппут…» диэн хабаатыннаран кэпсээн, ити сурах аҕыйах күнүнэн дэриэбинэни толорбут. Онтон даҕаны атын эбиилээх-сабыылаах сурах-садьык, өрт уотун ыыппыттыы начаас үлүгэрдик хаптаҕай кулгаахтааҕы барытын салаабытынан тарҕаммыт. Учууталга бэйэтигэр даҕаны ымсыырааччы дьахталлар, кыргыттар бааллара ханна барыай, ол омуннаах сураҕы сонно тута тиэрдэ охсубуттар. Учуутал, ону истэн баран, Лаана муҥнааҕы: «Көрсүүгэр бар!» – диэн дьиэтиттэн үүрэн кэбиспит. Оччолорго дьон хараҥа этэ, оннук куһаҕан адьынаттаах дьахтары ким даҕаны дьиэтигэр киллэрбэтэх. Эгэ, балыыһатыгар хонноро сытыарыахтара дуо, дьон кыыллыйара диэн сүрдээх буолар эбит. Ордук дьахталлар «эрдэрбитин иирдэр» диэн үнтү үөҕэн харыс да чугаһаппатахтар. Хайыай, оннук кыс ортото Лаана барахсан, мин үтүөбүттэн сатыы улуус киинигэр киирэн иһэн, чараас таҥастаах эрэйдээх тоҥон өлбүтүн хас даҕаны хонон баран булбуттар.

Оҕонньор ытаан сыҥсыйар.

– Онтон мин, бу киһийдэҕиҥ, ити бэйэлээх барахсаны тыыннаахтыы сиэн баран өлбөккө, сатыы абааһы буоламмын бу сир үрдүн кэрийэ сылдьабын, – диэт, Уйбаан оҕонньор балачча сыҥсыйбахтаата, онтон тыынын таһаарбыттыы өрө уһуутаан ылла уонна сабыстыбыт хараҕынан мин диэки көрдө. – Дьэ ити курдук. Миэхэ ол үрэх баһыгар ким тиэрдиэй, истибэккэ хаалбытым. Сураҕа, дьон миигин «дьахтар абыгар киирэн биэрбит» диэн аһыналлара эбитэ үһү. Кэлин ону истэн баран «суох, буруйдаах мин, кини туох даҕаны буруйа суох, мин бэйэм иирбитим, миигин буруйдааҥ!» дии сатаабытым даҕаны, биир да киһи ону истэ да барбатаҕа. Ол курдук, кэлии киһи эрэ буол, атын үөртэн кэлбит биэни үөр билиммэтин курдук олохтоох дьон бастакынан кинини буруйдуохтара. Хаарыан барахсан, дьонуттан-сэргэтиттэн быстан, биһигини абыраары кэлэн таах суор-тураах аһылыга буолаахтаатаҕа. Кэлин, Лаана аҕата диэн саха хамыһаара киһи, кыра кыыһынаан, Лаана балтынаан кэлэн барбыттара.

Биир күн миигин оскуолаҕа, учуутал дьиэтигэр ыҥырбыттара. Тиийбитим, ып-ыраас кыракый хоско оһох иннигэр кыырыктыйбыт баттахтаах бөдөҥ, төрөл уҥуохтаах мааны баҕайы киһи хамсаҕа табах тарда олороро. Мин киирбиппэр сыаналаабыттыы, баспыттан атаҕым тумсугар диэри таҥнары көрөн түһэрэн баран: «Уйбаанчык диэн эн дуо?» – диэн уһаат иһигэр саҥарардыы модьу куолаһынан ыйытта. Онуоха мин саллан атаҕым тумсун одуулуу туран: «Ыых», – эрэ диэтим. Арай хостон үүт-үкчү Лаана курдук эрээри үрдүк уҥуохтаах кыыс тахсан кэллэ. «Дорообо. Мин Ольга диэммин, Саргылаана балтабын. Бу биһиги аҕабыт Агит Петрович. Иван, баһаалыста эн Саргылаананы кытары туох сыһыаннана сылдьыбыккын кэпсээ эрэ. Кини ити кэпсииллэрин курдук „чэпчэки“ киһи буолбатах этэ. Хайдах даҕаны биһиги өйбүтүгэр батан киирбэт дьыала. Ол иһин туох даҕаны буолтун иһин, кырдьыгын билээри кэллибит. Ийэтэ букатын иэдэйдэ, ыал аатыттан ааһаары гынныбыт. Аҕам буоллаҕына „ыраас“ эрэ буоллаҕына уҥуоҕар тахса сылдьыахпыт диир», – кыыс ытамньыйар.

Агит Петрович тугу даҕаны саҥарбакка, уоту супту одуулаан ыар санааҕа баттатан олорор. «Биһиги даҕаны, ийэтин даҕаны удьуордарыгар маннык быһыы тахса илигэ. Ол иһин тиһэҕэр тиийэ кырдьыгын билэн дууһабын сынньатаары кэлэн олоробун, кэпсиэҥ буолаарай», – диэн баран мин диэки кытаанахтык көрөн ылла уонна иэдэс биэрдэ.

Мин онно эрэ өйдөөбүтүм, бу буолбут быһыы кинилэргэ кыайан сууйуллубат саат буоларын. Буруйдаах эрээри тугу кэтэмэҕэйдии туруомуй, туох баарынан тоҕо тэбээн кэпсээн биэрбитим. Бүтэн баран, киһи сөҕүөх чэпчээн хаалбыкка дылы буолбутум. Агит Петрович тугу даҕаны быктарбакка таҥаһын үрдүгэр түспүтэ. Арай ааҥҥа тахсаары туран: «Ол иһин даҕаны, оҕобор мас-таас курдук эрэнэрим», – диэн баран, миигин сиргэммиттии эмиэ үөһэттэн таҥнары көрөн түһэрбитэ, онтон киэр хайыһан, туох эрэ сыстыганнаах ыарыыттан куотардыы таһырдьаны былдьаспыта. Ол көрүү, мин ыар дьүүлүм буолан, түүн аайы эрэйдиир. Бука, анараа дойдуга батыһан тиийэрэ да буолуо. Лаана дьоно сарсыныгар төттөрү айаннаабыттар этэ. Мин, баҕар, ыҥыран тугу эрэ этиэхтэрэ, ордук «эн даҕаны буруйуҥ кыра эбит, эбэтэр тугунан эрэ ыар буруйгун боруостаа…» диэхтэрэ диэн кэтэһэ сатаабытым даҕаны, ким даҕаны миигин ыҥырбатаҕа. Оттон Лаананы үүрэн таһааран өлүүгэ умса аспыт учууталы, арааһа, бырастыы гыммыттар быһыылаах этэ, кинилэри кытары барсыбыта. Туох билиэй, үөрэхтээх, өйдөөх дьон туспа толкуйдаахтара буолуо… – диэн оҕонньор эрэйдээх, бу даҕаны олордор, син биир Лаанатын учууталга күнүүлүү саныыра куолаһыгар иһиллэн ааспыта.

Сотору Уйбаанчык оҕонньор массыынаны тохтотон, сып-сап туттан таһырдьа тахсыбыта. Ааны сабаары туран, мин диэки тугу эрэ эрэйбиттии балачча көрөн тураахтаабыта. Мин дьиктиргээн утары көрөн олорон хаалбытым. Онтон балачча айаннаан баран, дьэ оройго оҕустарбыттыы кини тугу эрэйбитин таайбытым. Массыына кэлин түннүгүнэн көрбүтүм, оҕонньор хайы-сах көстүбэт буола охсубут этэ. Онно бу курдук этиэхпин баҕарбытым:

– Уйбаанчык, эн Лаана өлбүтүгэр буруйуҥ суох эбээт, муҥнаныма. Кини эйигин бырастыы гыммыта буолуо. Таптыырга буруй суох. Эн буруйуҥ суох.

Ити курдук, Уйбаанчык эрэйдээх, үйэтин тухары хаһан эрэ ылбыт сүрэҕин бааһын мүлүрүтэр харда көрдөөн, сир икки, халлаан икки ардыгар ускул-тэскил сылдьаахтаатаҕа.

Куорсуннаах

Чолбон. – 2022. – №2

Ыһыах мин дьылҕабар

Ыһыах саха норуотун – сүрүн им бэлиэтэ, кини былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит историята, култуурата, итэҕэлэ. Ол иһин дьон миигиттэн ыһыах туһунан кэпсэтээри, биитэр суруйтараары гыннахтарына, олус дириҥ эппиэтинэһи сүгэр курдук сананабын.

Ыһыах сиэрин-туомун сиһилии билэр диэн этэр уустук эрээри, биир бэйэм бу дьоро күммүтүн тэрийээччилэр кэккэлэригэр баар буоламмын, ыһыах төрүттэниитин уонна бүгүҥҥү күҥҥэ бырааһынньык быһыытынан улары­йыытын-тэлэрийиитин ордук билэбин.

Мин ыһыах сүрүн өйдөбүлүн наука өттүттэн 25 сыл устата сүрүннээн, Үс Хатыҥ  сиригэр уотугар Туймаада ыһыаҕын торумун (кэнсиэпсийэтин) оҥорон кэллим. 1991 сыл­лаахха биир идэлээхтэрбин кытары (этнографтар) институппут иһинэн наукалыы торум оҥорон, ыһыах бырааһынньыгын судаарыстыбаннай таһымнаах тэрээһиҥҥэ ку­булу­туу ула­рыйыыларын киллэрбиппиттэн дьылҕабар махтанабын. Эрдэ, 1987 сыллаахха, Ленинград куоракка ыһыах тиэмэтигэр кандидаттыы диссертациябын көмүскээбитим, ити торуммутун оҥорор үлэбитигэр олус көмөлөспүтэ.

Дьиктитэ диэн, онно Михаил Ефимович Николаев илии баттааһыннаах Үрдүкү Сэбиэт ити маҥнайгы уурааҕа буолбута уонна сотору буолаат кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы президенинэн талыллыбыта. Михаил Ефимо­вич өрөспүүбүлүкэбит политикалыы, наукалыы уонна айар интеллигенциятын түмэ тутан, саха норуотун култууратыгар, идеологиятын саҥа саҕахтары арыйбыта.

Онон үгүс үйэлэри уҥуордаан кэлбит сүрүн бырааһынньыкпыт мин олохпор бигэтик киир­битэ уонна наукаҕа инники хайысхабын түстээбитэ. Саха омугун култууратын ураты көрүҥүн 40 сыл устата эҥкилэ суох үөрэтии, ырытыы, ырыҥалааһын кэннэ, ыһыахпыт наукалыы торума толору оҥоһуллан, ыйа-күнэ бигэргэнэн, өрөспүүбүлүкэбит хайа баҕарар муннугар талбыт ыытыллар кыахтанна диэн этиэххэ сөп.

Мин саха норуотун бэлиэ күнүн култууралыы утумнааһынын харыстыыр сүрүн соруктаахпын. Бу сорукпун култуура эйгэтэ, бырабыыталыстыба үлэһиттэрэ өйдүүллэрэ, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана, ону кытары куорат Аҕа баһылыга өйүүллэрэ, олус улахан суолталаах. Ити үгэс Илья Филиппович Михальчук саҕаттан саҕыллан, оччотооҕу ипподромҥа буолбут Туймаада ыһыаҕыттан төрүттэммитэ. Мин 25 сыл устата куорат култууратын салалтатын салайааччыта Антонида Николаевна Корякина салалтаты­нан үлэлиир дьону кытта өйөhөн-өйдөhөн тахсыылаахтык үлэлээбитим. Антонида Корякина – дьиҥнээх  патриот. Биһиги кинилиин ити сыллар устата дьоҥҥо-сэргэҕэ ыhыах диэн бырааhынньык эрэ буолбакка, саха итэҕэлин биир сүрүн үгэһэ, сиэрэ-туома диэн көрдөрбүппүт, өйдөппүппүт. Ыһыах умнуллубут алгыс тылын, култууратын сөргүтэн, саха омук таҥнар таҥаhын тилиннэрэн дьиҥ өйдөбүлүн көбүппүппүт.

Ыһыах былыргы укулаатын харыстааһын – бу саха норуотун ытык иэһэ. Онон аныгы ыһыах сүрүн өйдөбүлэ – былыргыбытыгар ытыктабылы үөскэтии. Ыһыах, биллэн турар, таһыма улаатан, сайдан иһиэхтээх эрээри, аҥаардас оҥоһуулаах көргө-нарга (театрализованнай шоу) кубулуйуута кини сүрүн тутулларын, ытык үгэһин суурайар. Ыһыах сүрүн үгэстэрин бэлиэтиир буоллахха, манныктар: дьон-сэргэ түмсэн, ытык кымыһынан айах тутан Үрдүкү Айыыларга, олохтоох иччилэргэ, өбүгэлэргэ махтаныылара; күн эргиирин батыһан оһуохай; күүстээхтэр күөн көрсүүлэрэ (тустуу, атах оонньуута, ох саанан ытыы уонна ат сүүрдүүтэ). Сүрүн болҕомтону ыһыах сиэригэр-туомугар (культура праздника) уурар оруннаах. Хас биирдии түһүлгэҕэ кэлбит киһи сөптөөхтүк туттарыттан-хаптарыттан үүнэр сылга дьылҕата салалларын өйдүөх тустаах. Былыр-былыргыттан саха өйдөбүлүгэр ыһыах кэмигэр Үөһэ Айыылар сиргэ түһэллэр уонна хас биирдии киһини анаан кэтээн көрөллөр, ол кэннэ кинини алҕыыллар, дьоллоох олоҕун түстүүллэр. Бырааһынньыкка куһаҕан туруктаах, хара санаалаах, мөкү көрүҥ­нээх, күннээҕи үлэҕэ-хамнаска, дьиэҕэ-уокка кэтэр таҥастаах-саптаах кэлии – өбүгэ үгэһин аанньа ахтыбат буолуу туоһута. Алгыс кэмигэр солуута суох буолуу, этиһии, айдаарсыы, хаһыы-ыһыы, сири киртитии – ыһыах майгытын-сигилитин кэһии. Хомойуох иһин, аныгы кэм ыһыаҕа ити ытык өйдөбүллэри сүтэрэр туруктаах.

Биһиги ыһыахпыт – Россия үрдүнэн олус элбэх дьон кыттыылаах ыытыллар биир улахан тэрээһин. Ону таһынан, ыһыах Сибиир киэҥ киэлитин үрдүнэн бэйэтин түҥ былыргы ураты көрүҥүн хаалларбыт эрэ буолбакка, күн бүгүн сайда турар соҕотох тыыннаах улахан үгэс буолар. Алтайтан, Татарстантан, Казахстантан биһиэхэ кэлэн үөрэнэн, киэҥ далааһын­наах дьоро күннэри ыытарга үөрүйэх ылан баралларыттан биир бэйэм олус киэн туттабын. 2022 сыллаахха сэтинньигэ Астана куоракка ыҥырыллан, Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна спорка министиэристибэтин сорудаҕынан, биир идэлээхтэрбин кытары олохтоох бырааһынньыктарын торумун суруйбуппут.

Ыһыахпыт инникитин өссө да сайда, кэҥии, тэнийэ туруо дии саныыбын. Биһиги, сахалар, былыргы истиэп саҕанааҕы көс омук култууратын ситимин быспатах, сүтэрбэтэх үтүөлээхпит. Аныгы ыһыахха ураты тутул­лары киллэрэн биэрбиппит: ыһыах аһыллыытын алгыһа, кымыс иһиитин сиэрэ-туома, күнү көрсүү, оһуохай, «Дыгын оонньуулара», ыһыах сабыллыытын алгыһа. Аан дойдутааҕы Гин­нес рекордун ситиһиилэригэр бырааһынньык састаабыттан арааран киириилэр бааллар: төрүт музыка көрүҥэр (хомус), кымыһы элбэх буолан иһии үгэһэ, элбэх киһи кыттыылаах оһуохай. Бу аан дойду биллэрэр-иһитиннэрэр эйгэтигэр киэҥник тарҕаммыта уонна саха омугун ураты норуот быһыытынан чорбоппута.

Онон саха ыһыаҕа аныгы таһымҥа тахсан, билигин аан дойду үрдүнэн киэҥник тарҕанан эрэр. Ол туоһутунан ханна саха баар даҕаны – онно ыһыах ыһыллар.

Екатерина Романова,
история наукатын доктора, ГЧуоХААТНПИ археологияҕа уонна этнографияҕа салаатын наукаҕа сүрүн үлэһитэ, Туймаада ыһыаҕар наука сүбэһитэ

Чолбон. – 2023. – Бэс ыйа

Арааһынай артыыстар


Дэриэбинэҕэ урут түөлбэлэринэн кулуупка испэктээк оонньоон куоталаһыы буолара. Он­ну­гу сороҕор бостунуопка (постановка) диэн ааттыыллара. Ол оонньуулар үксүгэр ханнык эрэ темаҕа анаммыт буолааччылар.

Быйыл эмиэ түөлбэлэринэн испэктээк туруо­руутугар күрэхтэһии буолла. Оонньуулар анаммыт темалара: патриоттыы сыаллаах-соруктаах. Бу урукку сэбиэскэй саҕанааҕы кэми санатар буолан, дьон-сэргэ сэргэхсийбитэ, туруммута сүрдээх. Саастаах дьон урут эдэр­дэригэр оонньообут Гражданскай сэрии саҕа­нааҕыны көрдөрөр, холкуостааһын кэмин сырдатар испэктээктэри ааҕыы, оруолларынан үллэстэн үөрэтии бөҕөтө.

Театр искусствотыгар чугаһыан баҕалаах элбэх. Ким эдэригэр, онтон кэлин сааһыран да баран артыыстыан, ыллыан-туойуон баҕарба­таҕа баарай? Тыаҕа саһа сыттахтара эбээт эҥинэ бэйэлээх талааннар. Үөннээх-күрдьэҕэлээх артыыс да ыһар буор курдук элбэх.

Бу оонньууларга дьэ араас дьээбэ-хообо кө­рүдьүөстэр тахсаннар, нэһилиэк олохтоох­торо бэркэ сэргэхсийбиттэрэ. Кулууп дьиэҕэ сыана иннигэр үөһэ кыһыл плакакка «Искусствоны норуокка аныахха!» диэн суруллубут. Бастакы «Арҕаа бас» түөлбэ Степан Ефремов аатырбыт «Ини-бии» драматын көрдөрөр. Бу түөлбэҕэ саастаах дьон элбэх буолан, урут сэбиэскэй саҕана оонньообуттарын эргитэ санаан бу «Ини-бии­ни» көрдөрө сырыттахтара.

Оонньуу син үчүгэйдик баран истэ. Сорох артыыстар, иллэҥнэрэ суох буолан, тылларын үөрэппэтэхтэр, онон кумааҕыга бэчээттэммит тылларын остуол үрдүгэр кистии ууран баран, артыыстаан илиилэрин араастаан даллаҥната-даллаҥната, боччумуран аҕай туран, ааҕан добдугураталлар. Баай кулуба Егор Егорович уолун Коляны үрүҥнэргэ кыттыс диэн агита­циялыырын оннугар алҕаһаан, кыһыл хаман­дыыр Бадин саҥарыахтаах дакылаатын ааҕан кэбиһэн, иккиэн буккулла сыһан, мээнэнэн утарыта көрсөн турдулар. Ол да буоллар иккиэн туох да буолбатаҕыныы сааларын-сэптэрин өрө тутан кыһыллары утары кыргыһа бардылар.

Сотору бырааттара кыһыл разведчик Ми­хаил үрүҥнэртэн куотан киирэн, күкүргэ саһабын диэн сыананы мүччү үктээн, куһаҕан тылы саҥарбытынан сыана иннигэр аллара муостаҕа олорор оҕолор быыстарыгар түһэн хаалла. Уонна оннук разведчик уобараһыттан кыайан тахсан биэрбэккэ саһан сытта. Үрүҥ­нэр сахсарыҥнаһан киирэн көрдөөтүлэр да булбатылар. Сценарий быһыытынан бан­дьыыт­тар Михаилы булан, тутан илдьэ ба­рыах­таахтар этэ. Ол эрээри оҕолор убайда­рын бандьыыттарга өлөртөрүмээри соннорунан са­бан, үрдүгэр чөмөхтөһөн олордулар. Сотору киһилэрэ аллара сытан, салгына бүтэн, тыынын былдьаһан кытарчы буһан, өрө сүгүллэн туран кэллэ. Ону ханна баарын сэрэйэн билэн, кэтэһэн олорбут бандьыыттар үрдүгэр түһэн, тутан ил­дьэ бардылар. Биир кыра быраат убайын аһыйан марылаччы ытыы хаалла.

Оонньуу итинник бэркэ ааста.

«Хатыҥнаах» түөлбэ испэктээгэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ананна. Бу түөлбэ хотуна Матайар Мааса: «Биһиги түөлбэбит артыыстара бары кэриэтэ талааннаах дьон, онон оонньууллара да народнай артыыстар­тан хаалсыбат», – диэн дьоннорун уу иһэ-иһэ хайгыыр үһү.

Түөлбэ оонньуута уоттаах сэриигэ хорсуннук кыргыһан өлбүт саха саллаатыгар анаммыт. Биһиги саллааттарбыт өстөөх тыылыгар разведкаҕа баран истэхтэринэ, саха саллаата икки ньиэмэһи өлөрөн баран, ыараханнык баа­һыран сытар, онтон өлөн хаалар. Атыттар салгыы баран, уонча өстөөҕү өлөрөн, ньиэмэс эписиэрин билиэн ылан, төттөрү кэлэн иһэн, тыына быстыбыт доҕордорун көмөн, салют ытан барыахтаахтар эбит. Өлбүт саллааттара Мэхээлэ Сэргиэйэп тымныы муостаҕа сытан, дьоно хаһан сэриилэһэн эргийэн кэлэллэ­рин кэтэһэ сатаан баран, үнтү үлүйэн, ыксаан, сыана кэннигэр ту­рар түөлбэтин дьонуттан ыйыталаһар: «Бу хаһан кэлэр дьонуй? Муос­талара тымныыта бэрт эбит. Мин көһүйэн эрэбин». «Тохтоо, кыратык сыта түс. Сотору кэлиэхтэрэ», – дэһэллэр бэрт холкутук анараа өттүттэн. Мэхээлэ, балачча сыппахтыы түһэн баран: «Кэбис, артыыстаан уһун соннонуо суохпун. Манна сытан дьиҥнээхтии морбойон да хааллахпына, ким да тарбанан да көрүө суох…» – диэн уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу, сыанаттан эрийэ-буруйа сыыллан тахсан баран хаалла. Сыана кэтэҕэр турбут түөлбэтин хоту­на Матайар Мааса бардьыгыныыр: «Тоҕо эрдэ таҕыстыҥ? Төттөрү киир!» Артыыстара утары мордьойор: «Тымныы муостаҕа сытыараҥҥыт, хаҥас өттүбүнээҕи пневмониям көптө! Эһиги искусствоҕытын ыт сиэтин».

Үсүһүнэн «Маҥан Сыыр» түөлбэ милииссийэ хор­сун үлэһиттэрин туһунан көрдөрдө.

Түөлбэҕэ үгүстэрэ ыччаттар олорор буолан­нар, былыргы кыһыл-үрүҥ сэриитин туһунан билбэттэр, таах тыал тыаһын курдук истэллэр. Бу түөлбэҕэ дэҥ кэриэтэ бырааһынньыктарга бөтөстөр уҥа-хаҥас биэртэлэспит сурахтара иһиллээччи. Онон уолаттар билэрдии билиҥҥи кэмнээҕи баанданы утары охсуһуу туһунан оонньууну көрдөрдүлэр.
Куораты хаанымсах халабырдьыттар баан­да­лара буулуур. Хорсун милиционер уолу оон­ньуур физкультура учуутала Рома Адаарап ол баанданы арыйаары араастаан киирэн-тахсан албаһыран бандьыыттарга холбоһор. Ол эрээри сотору уол ис дьиҥин билэннэр, бандьыыт­тар киниэхэ саба түһэллэр. Сценарий бы­һыы­ты­нан уол ыттый­быт түөкүттэргэ бэриммэккэ, бэйэлэрин охтортоон баран илиилэрин-атах­тарын кэлгийиэхтээх уонна төлөпүөнүнэн дьонун ыҥыртыахтаах. Рома, урук­кута бокса­нан дьарыктаммыт буолан, үлүһүйэн хаалан дьонун олус күүскэ таарыйталаан кэбистэ. Икки бандьыыт дьиҥнээхтии таралыс гына түстүлэр. Онтон биирдэрэ, Баппат Баанньа, хаһан оннук кэбирэхтик бүтүн нэһилиэк дьонун инни­гэр таралыйбыта баарай, ырдьыгынаабытынан ойон турда да, Романы сыҥаахха уоптарда. Күүс­тээх биэртэлэһии саҕаланна. Тула өттүттэн милииссийэни дьиҥнээхтии тэбиэлээһин-охсуо­лааһын, көрөөччүлэр ытыстарын тыаһа, ыһыы-хаһыы, күлсүү-салсыы бөҕөтө. Бары бэйэлэрин дьонноругар ыалдьан хаһыы­таһаллар, өс­сө тэптэрэн биэрэллэр. Кинилэр оонньуу бу ман­нык сценарийынан баран истэҕэ диэн ыраас манньыакка түһэрэн, көрөн олордохторо. Рома хаста да күүскэ таптарда эрээри, милииссийэ аатын түһэн биэримээри, сыанаҕа куота сылдьан, уҥа-хаҥас харса суох биэртэлэһэр. Баппат дьик­кэр соруйан маҕыйа-маҕыйа саайталыыр. Рома аҥаар хараҕа улаханнык көҕөрдө, балаһыан­ньа адьас хаахтыйаары гынна, кини манна тугуй – кырбанаары сыанаҕа тахсыбыта дуо? Дьиэтит­тэн аҕалан сыанаҕа туруорбут остуола, ыскааба, хаптаһын быыһа барыта үнтү сынньылынна. Били илиилэрэ-атахтара кэлгиллиэхтээх дьоно адьас тохтуур санаалара суоҕун көрөн, өссө иккитэ күүс­кэ харахха таптаран, кэнникинэн улаханнык ык­саан, уол жюри хамыыһыйатыгар эргиллэн куһаҕан куолаһынан сарылаата:

– Тохтотуҥ эрэ бу дьону! Алыс кыыл бар­дылар!

Хамыыһыйалар кэнникинэн балаһыанньа, кырдьык, хонтуруолтан лаппа тахсыбытын, дьэ, өйдөөн, сыанаҕа ойон тахсан, аҕылаан бөтүөхтэһэ-бөтүөхтэһэ бөтүүк курдук өрүтэ тү­сүһэ сылдьар, кыыллара турбут «артыыстары» тохтотон абыраатылар.

Милииссийэ үлэһитэ Рома төһө да соҕотох буоллар, дьиҥнээхтии кыыллыйбыт баандаҕа кыай­тарбата, онон оонньуу табылынна диэххэ сөп.

«Хоту бас» түөлбэ дэриэбинэҕэ саа­май элбэх киһилээҕинэн биллэр. Онон элбэх артыыһы хото киллэрэм­мит, маас­сабас өттүнэн кыайыахпыт диэн түөлбэ кырдьаҕастара суоттаналлар үһү.

Кинилэр Саха сиригэр сэбиэскэй былаас олох­тонуутун көрдөрдүлэр.

Бостунуопка үһүс бүтэһик көстүүтүгэр сыанаҕа боростуой дьадаҥы дьон мустубут. Бандьыыт атамаана ол дьон иннигэр киирэн маҥан сиидэс таҥаһы, табаҕы, чэйи көрдөрө-көрдөрө бэксэллэн туран: «Мин этэрээппэр саллаатынан киириҥ, ыраахтааҕы дьоллоох былааһын көмүскээҥ!» – диэн ол табаарынан ымсыырдан тылыгар киллэрэ сатыыр. Хас да кэнэн, хараҥа киһи чэйгэ, табахха ымсыыран, этэрээккэ киирээри чугуруҥнаһаллар.

Ол кэмҥэ инники икки көстүүгэ комсомол­ка буолан тыыллыбыт-хабыллыбыт актыбыыска кыыс Дуунньа ойон тахсан, бу кэнэн дьону сыыһа суолга киллэримээри сэбиэскэй былааһы аҕытаассыйалаан уоттаах-төлөннөөх тыллары эттэ. Онтон уордайан бандьыыт кыыһы бэс­тилиэтинэн ытан өлөрдө. Эмискэ кыһыл сал­лааттар ойон киирэннэр өлөрүөхсүтү тутан, кэдэрги кэлгийэн илдьэ бараллар. Траурнай музыка тыаһаан сыналыйар, бары саҥата суох санаарҕаан тураллар. Кыыс ийэлээх аҕата умса туттан ытаһаллар.

Кыһыл саллаат буолбут Бэтиэхэ Хаанньа үс киһини кытта киирэн, Дуунньа барахсаны түөрт өттүттэн сэрэнэн көтөҕөн сыанаттан таһаардылар. Ол истэхтэринэ, кэм да Бэтиэхэ Хаанньа иһин үөнэ көбүөхтээн сүгүн иһиэ дуо, актыбыысканы сымнаҕас буутуттан кымаах­таата. Герой өлүүтүнэн өлбүт актыбыыска, куһаҕан­нык часкыйаат, өндөс гынаат, Хаанньаны икки хараҕын ыккардыгар чаҕылыннарда.

Ити киэһэ дириҥ патриоттыы ис хоһоон­ноох пьесаны буортулаабытын иһин Бэтиэхэ Хаанньаны түөлбэ оонньуутуттан муус­­таах ураҕа­һы­нан үүрдүлэр. «Эн патриот буолбатаххын, эн моһуогурбут клоун эбиккин!» – диэбиттэр үһү.

Константин Эверстов

Чолбон. – 2021. – №4

Дулҕа

(Оҕолорго)

Туундараҕа биһиги нимэ-дьиэбитин дулҕалар тулалыыллар.

Бүгүн кинилэр арбаҕар бэйэлэрэ хайдах эрэ тарааммыт, нарыламмыт курдук көстөллөр. Соторутааҕыта аҕай ибирдээн ааспыт ардах дулҕалар от баттахтарын үчүгэй парикмахер кэриэтэ уурбут-туппут курдук ньалҕаарыччы тараан кэбиспит.

Мин инибин кытары дулҕаларынан сүүрэн сырса оонньуубут.

Онуоха хайабыт халтарыйбатах – охтубут киһини үстэ сүүскэ тыгар диэн кэһиллибэт үгэстээхпит.

Мин оонньуу сылдьан үктэммит дулҕам иҥнэҥнээн, тулуйумуна, оҕуттум.

Иним, хата, үөрүү бөҕө. Буолумуна! Мин, дьиҥэр, үксүгэр соруйан даҕаны охтобун. Тоҕо диэ? Инибин оргууй аҕай да тыктахпына, киһим салгыы оонньууртан аккаастанар!..

Урдаах, дулҕалаах туундараҕа уонна өссө кимниин оонньуоҥ баарай?

Бу охто сытан арай кыһыылаах дулҕам төрдүн көрбүтүм, киэҥ баҕайы дьөлөҕөс хаһыллыбыт. Онно илиибин уган көрбүтүм, бэйэлээх бэйэм тарбахтарым нөҥүө өттүттэн, Уот Уһутаакы биэс төбөтүнүү, субу тахсан кэллилэр, хамсаан-имсээн бөҕө!.. Онуоха бары көрбүт киинэлэрбин, ол иһигэр Гарри Поттерга биир эбэтэр үс төбөлөөх моҕойдор эриллэ оонньуулларын өйдүү биэрдим.

Биһиэхэ, туундараҕа, маннык дьөлөҕөстөөх үрдүк хайаны көрбүт киһи ньии! Оонньуурга дэлэлээх сэргэх, көрүдьүөс буолуох этэ дуо? Биһиэхэ, туундараҕа, тымныынан аҥкыйар хайа хаспаҕын, көҥүһүн… эбэтэр, Уот садаҕа моҕой, сытыы кылыс курдук тиистээх баабыр эбэтэр… сэлии баарын дьөрү көрүөҥ суоҕа…

Манна даҕатан эттэххэ, биһиэхэ, кырса хорооно быдан элбэх, ол эрээри, олор наһаа кыараҕастар: илиигин уктаххына, онтон сыччах сүүмэх түүнү ороон ылыаҥ…

Иним кулгаахпар сыыгынаата:

– Сүүскүн тоһуй, доо!

Оттон мин сытан эрэ саныыбын: «Оо, бу ким дулҕаны дьөллөҕөй? Баҕар, бу кистэлэҥнээх сир буолаарай… баҕар, үспүйүөн кистэлэҥ ороҕо буолуо!..»

– Убаай, чэ, сүүскүн тоһуй эрэ! – иним тулуйбакка санныбыттан тардыалыыр.

– Сөп, итиннэ мин тарбахтарбын көрөҕүн дуо? – диэн кини омунун уҕарытардыы ыйытабын, тарбахтарбын имиллэҥнэтэбин.

– Ханна? Уой, тугуй бу? Эн хастыҥ дуо? Тоҕо?

Һэ, кыракый оҕолор өрүү элбэх ыйытыылаахтар. Кыра буоланнар, улахан убайдар билэллэрин букатын билбэттэр, оройдоппоттор!

– Бу! – «дьөлөҕөстөн» тарбахпын ороот, дулҕаны таптайдым. – Манна, арааһа, үспүйүөннэр бэстилиэттэрэ кистэммит быһыылаах!

Иним барахсан, сирэйдэригэр сэлээппэлэрин умса тардыммыт үспүйүөннэр илэ-чахчы ханна эрэ манна, чугас саспыттар дии санаата быһыылаах, өс киирбэх тула өттүн көрүннэ, онтон өйдөммүттүү, тэбэнэттээхтик күллэ:

– Ээ, эн бэйэҥ ол-бу үспүйүөннэри оҥорон көрөҕүн, Гарри Поттер баара! Хата, сүүскүн тоһуй!

– Ону баҕас, чэ, ситиһиэҥ. Ыл, көрүүй: кутуйах ороҕо бөҕө! Арааһа, биир үйэ, баҕар, онтон да үгүс сүүһүнэн сыл кутуйах хас да көлүөнэтэ манан хонууга аһыы барбыта ­эбэтэр өстөөхтөрүттэн куоппута буолуо!

Иним сирэйин бэрт дьоһуннук туттан кутуйах ороҕун баттыалаан барда.

– Бу суоллара наһаа кытаанах дии: манан оттор былыр-былыргыттан сытар, үүнэн турар курдуктар… Аҕабыныын кутуйах орохторун көрбүттээхпит. Аҕам орох үрдүгэр оттор кырыыһа курдук сытар буоллахтарына, ол суол быйылгы диэбитэ дии.

– Оннук дуо? – диэн мин соһуйдум. – Аҕам оннугу миэхэ өссө кэпсии илигэ!

Мин турдум уонна дулҕабыттан орох түмүктэнэр сирин көрөн баран:

– Ороххо манан от чарапчы көстүбэт. Оччотугар, аҕам сөпкө этэр эбит: бу ыллык чахчы өрдөөҥҥү эбит! – диэтим.

Иним соһуйан улаханнык саҥа аллайда:

– Тоҕо орох ол дулҕаны тиийэн эргийбитий, оттон маны дьөлөҕөстөөбүтүй?!

«Ону дьэ мин билэбиин!» дии санаатым. Кыра киһиэхэ ону-маны быһааран биэрэр дөбөҥ дии санаат, кутан-симэн барабын:

– Бүгүҥҥү кутуйах хос-хос эһэтэ тутааччы эбит!

– Ээ, кырдьык оннук, – диэн иним төбөтүн кэҕиҥнэтэр. – Мин тэлэбиисэринэн хайаҕа массыына уонна паровоз сылдьарыгар аналлаах дьөлөҕөһү хайдах оҥороллорун көрбүтүм! Эн эмиэ миэхэ ону кэпсээбитиҥ эбээт, мин ону умна иликпин ээ!

– Арай, ээ, ол кутуйахтар уордаах хос-хос эһэлэрэ буоллун? – диибин мин эбэн. – Кини киҥнээх-нардаах эбит: сүүрэн испит, сүүрэн испит уонна дулҕаҕа кэтиллэн, сүүһүнэн сааллан үөхсэн турбут, устунан дулҕаны кэбийэн барбыт. Ол иһин бу маны оҥордоҕо!

Иним сэҥээрэн миэхэ утары олорунан кэбистэ уонна дулҕаны өҥөйөн көрдө:

– Ээ, суох, ол да буоллар, тутааччы да эбитэ буолуо: олус тупсаҕайдык оҥорбут дии!

– Эбэтэр, – диэн салгыы эттим, – баҕар, биир эрэ кутуйах буолбакка, хаһыа да буолан, үөрүнэн сырсыбыттара буолаарай? Тиҥ-тас! Бары сүүстэринэн дулҕаҕа охсуллаат: «Чэйиҥ, дэгиэ тыҥырахтаах мэкчиргэттэн уонна кырса кытаанах тиистэриттэн түргэнник куотар туһуттан, холлороону дьөлө хаһыаҕыҥ! Ол быдан үчүгэй, оттон уонна ыалларбыт ымсыырыахтара дии! Кинилэргэ сытыйбыт оттоох дулҕаларыттан атын туох баар буолуой?» диэтэхтэрэ. Онон, дулҕаны дьөлө хаһарга быһаарыннахтара буолуо, ээ!

– Оо, олус сөпкө быһаарыммыттар, – диэн иним саҥа аллайар. – Мин да кутуйах эбитим буоллар, быыһанаары, итинник дьаһаныам эбитэ буолуо: сири аннынан холлорооҥҥо дьылыс гына киирэн, саһан хааллахпына, ким миигин өйдөөн-дьүүллээн көрүөй? Мин утуйар орон буолаҕар бырдахтан быыһанар итинник албастаахпын дии!

Наһаа да тобуллаҕас толкуйдаах киһичээҥҥин, иним барахсан! Бу кэмҥэ мин өйбөр арай биир санаа бырдах кэлэн түспүтүнүү көтөн түстэ уонна ааста. Баҕар ол – өйдөтөн биэрии буолуо, баҕар…

– Баҕар, бу – кыайыы аана – аарка буолуо! – диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла.

– Ээ, кыайыы аана, аарка дуо? – диэн сыыгынаата иним. – Ол аата тугуй?

Дьэ мин бу сырыыга өрөгөйдөөтүм! Төһөтүн да иһин, иним барахсан бастакы кылаас оҕото буолаахтаатаҕа… Оттон мин – үһүс кылаас үөрэнээччитэбин!

– Оннук, бу кыайыы аана, аарка! – диэн эрэллээхтик хардардым. – Аарканы бэйэлэрин өстөөхтөрүн кыайдахтарына туталлар! Онон маннык эбит: бу күннээх, дулҕалаах хонуучааны арааһа, ыаллара, сытыйбыт от олохтоохторо бэркэ диэн сөбүлээбит буолуохтаахтар. Бэйэҥ да толкуйдаан көр: кинилэр сытыйбыт оттоохтор, ол да иһин онно инчэҕэй уонна үгүс ыарыы баар буолар. Оттон манна күннээх уонна дулҕата үгүс. Биһиэхэ хайа элбэҕинии, дулҕа хайыр курдук. Ол да иһин, Сытыйбыт Оттор ыраахтааҕылара Күннээх Хонуучаан олохтоохторун сэриилииргэ сананнаҕа!

Иним саамай үчүгэй истээччи. Бу да сырыыга бэркэ сэҥээрэн, миигин быспакка истэр.

– Онон, Сытыйбыт Оттор ыраахтааҕылара бэйэтин сэриитин хамсаттаҕа: тааҥкалар бардахтара, көтөр ааллара көттөхтөрө, бүлүмүөттэр, аптамааттар быыстала суох тачыгыраатахтара, халлааҥҥа ракеталар өрө чуһууран аҕай биэрдэхтэрэ! Буруо-тараа, атомнай дэлби тэптэрии бөҕө… Сэрии уота бэл, күнү, халлааны көстүбэт оҥордоҕо. Олус хараҥа буолан, олохтоохтор илиилэригэр банаардар уоттара сандааран биэрдэҕэ. Ол гынан баран, Күннээх Хонуучаан олохтоохторо быар куустан олорботохторо: кинилэр аҕа баһылыктара ыаллара кимэн киириэхтээхтэрин эрдэттэн билбитэ.

– Ол аата, разведчиктар эттэхтэрэ дии! – диэн, иним миигин быһа түстэ уонна омунуттан атаҕар тура тэбиннэ. – Мин Күннээх Хонуучаан аҕа баһылыга буолуом… Мин, мин буолуом!

Итиниэхэ тугу гыныаҥ баарай: кыра аата кыра. Кинини киһи атаҕастыа суохтаах буоллаҕа, төттөрүтүн, алы гынар ордук.

– Үчүгэй! Эн аҕа баһылык буол, ол эрээри, эн сэрииҥ сэбилэниитэ тугуй, дьонуҥ кимнээҕий?

– Тааҥкалар, көтөр ааллар, бүлүмүөттэр, аптамааттар уонна саамай күүстээх, улахан ракеталар!

– Эс, оччоҕо эн хотторуоҥ дии! – диэтим мин. – Эйиэхэ саллааттарыҥ, лүөччүктэриҥ, танкистарыҥ суохтар дии, сыччах иччитэх тааҥкаларынан уонна көтөр аалларынан тугу кыайыаҥый?

Иним хомойбуттуу:

– Эйиэхэ эмиэ лүөччүктэр суохтар дии! Эн бэйэҥ эппитиҥ: тааҥкалар бардылар, көтөр ааллар көттүлэр диэн, – диэтэ.

– Хайдах суох буолуохтарай, бааллар, – диэтим мин холкутук. – Тааҥканы ыытар дьон баар буолан тааҥкалар бардылар, көтөр аалы көтүтээччилэр иһирдьэ олорор буолан, көтөр ааллар көттүлэр диэн эттэҕим дии.

– Ээ! – диэн иним өрүкүйэ түстэ. – Оччоҕо миэхэ эмиэ тааҥкалар барыахтара, көтөр ааллар көтүөхтэрэ уонна элбиих-элбэх саллаат мустан маннык ытыахтара, көр! Мин эйигин кыайдым уонна бу дулҕаҕа а…а… оҥордум.

Иним киһи эрэ ымманыйыах курдук минньигэстик, ааттаһардыы мин диэки көрөн кэбистэ.

– Кыайыы аарката! – диэн көмөлөһөн этэн биэрдим. Тоҕо диэтэххэ, кини итинник көрдөҕүнэ, маннык имигэс, тобуллаҕас толкуйдаах, миигинниин тэҥҥэ оонньуур, муҥура суох ыралаах инилээхпин диэн мин олус үөрэбин.

– Ээ, сөп, кыайыы аарката! – диэн мин этэн биэрбиппин иним иилэ хабан ылла, өрө ыстаҥалаата.

– Хайдах эрэ бэрт түргэнник кыайдыҥ дии, – диэтим мин. – Сэрии сэп-сэбиргэл, уу, килиэп бүтүөр диэри өссө уһуннук буолуон сөп!

– Чэ, олор аҕыйах да буоллуннар! – диэтэ иним.

– Килиэп уонна уу дуо? – диэн, мин син биир кыайардыы, онтон хойутуу түһэн баран кыайтарардыы быһаарынным. Ааҕааччы, бэйэҥ да билэҕин: убай киһи инигэ тута кыайтарарын сөбүлээбэт! Онон эттим:

– Биһиги аччыктааммыт кыайан сэриилэһиэхпит суоҕа дии!

– Бухатыыр Эдьилвиэй курдук оҕунан ытыа­лаһыахпыт буоллаҕа! Дьэ дуо! – иним мин диэки кыай­быттыы көрөн кэбистэ: ытыалаһыыга мин кыайтарар үгэстээхпин. Тоҕотун эһиги бэйэҕит билэҕит… Ол эрээри, эмискэ тахсар суолу буллум:

– Ээ, хата маннык дьаһаныахха: бэйэ-бэйэбитигэр элбэх түгэннэри тута кэпсээн иһиэххэ, сөп?

– Чэ буоллун даҕаны, эн эппитиҥ курдук буоллун, – диэмэхтээтэ иним. – Ол эрээри, эн кэпсээ, онтон мин – салҕыам.

Мин кэпсээним маннык буолла: Сытыйбыт Оттор ыраахтааҕылара «Щелкунчик» диэн киинэҕэ баар кутуйахтар хоруолларын курдук, үс төбөлөөх эбит. Ол да иһин кини барыларыттан элбэхтик Сытыйбыт Оттор никсик, инчэҕэй салгыннарынан ­тыынар эбит.

Арай биирдэ кини Күннээх Хонуучаан баһылыгын оҕунан ытарга дуэльга ыҥырбыт. Мин, Сытыйбыт Оттор ыраахтааҕылара буоламмын, миэхэ ох саа баара. Онон гранатомет курдук эстэр, бэргэнник ытар аптаах көмүс охпун ыллым. Эн, Күннээх Хонуучаан бас-көс киһитэ тахсан, сити дулҕа аттыгар турбутуҥ кэннэ, мин ытан кууһуннардым!

– Эн миигин таппатыҥ! Таппатыҥ! – диэн иним саҥа аллайда.

– Биллэн турар, таппатым, – диэн сөбүлэстим эрээри…

– Суох, чэ, эн миигин тап эрэ, – диэтэ иним. – Ох эстибэккэ, миигиттэн тэйдэ. Тоҕо диэтэххэ, бөҕөргөтүнүүм тааҥкаттан да кытаанах этэ.

Кини кыайбыта биллэн, мин сүүспүн тоһуйан биэрэргэ күһэлинним…

Иним миигин кыайан, миигинниин дулҕалар быыстарынан балачча уһуннук оонньоото. Оттон эн, күндү ааҕааччы, курдары хаһыллыбыт дулҕаны көрдөххүнэ, өйдөөн кэбис: онно кутуйахтар ыраахтааҕыларын, аҕа быһылыктарын, күбүрүнээтэрдэрин кимиилээх киирсиилэрэ буолан ааспыт диэн.

Николай Курилов

Нууччалыыттан сахалыы Жанна Леонтьева тылбаастаата

Дьулустаан Бойтунов дьулурҕа сурааһыннара

Дьулустаан Афанасьевич Бойтунов, Россия ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, СӨ духуобунаска академиятын академига, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, билиҥҥи кэм бэлиэ худуоһунньуктарыттан биирдэстэрэ, тэлбит олоҕун суола, түстээбит төлкөтө саха кэрэҕэ, сырдыкка тардыһыытын кэрэһитэ.

Үөһээ Бүлүү оройуонун Хоро сэлиэнньэтин оскуолатыгар үлэлии кэлбит Бойтуновтар дьиэ кэргэн алтыс оҕолорун күүтэллэрэ. Ийэлэрэ Мария Варламовна Кэнтиктэн төрүттээҕэ, алын кылаас оҕолорун үөрэтэрэ, аҕалара Афанасий Степанович Тааттаттан тардыылаах саха тылын уонна литературатын учуутала этэ. 1962 сыллаахха кулун тутар 19 күнүгэр, ыраас халлаантан сааскы күн сири-дойдуну сылаас сардаҥаларынан имэрийэ кууһар кэмигэр, ийэлэрэ икки уолга тэҥинэн күн сирин көрдөрбүтэ. Афанасий Степанович игирэ уоламмыт үөрүүтүттэн улаханын Ньургустаан, кыратын Дьулустаан диэн ааттаабыта. Олоҥхону үөрэппит, саха литературатын умсугуйан аахпыт, элбэҕи билэркөрөр учуутал, ааспыт үйэ ортотугар, сахалыы аат өссө үөдүйэ илигинэ, Үөһээ Бүлүү оройуонугар биир бастакынан оҕолоругар сахалыы аат биэрбитэ. Ордук улахан уолун, тохсунньу маҥнайгы күнүгэр күн сирин көрбүтүн иһин Тохман диэн ааттаабыта бэрт дьиктитик иһиллэрэ.

Дьулустаан Ньургустаанныын эмдэй-сэмдэй улаатан испиттэрэ. Кинилэр кыраларыгар аҕалара атын сиргэ көспүтэ, ол эрээри оҕолорун кытары ситимин быспатаҕа. Мария Варламовна оҕолорун илдьэ төрөөбүт дойдутугар төннөн өрүс уҥуор Кэнтиккэ тиийэн олохсуйбута.

Оҕо саас

Алтан чуораан тыаһа лыҥкынаатын кытары кылаастар ааннара тэлэллэ түһэрэ да, оҕолор көрүдүөргэ кутуллан тахсаллара уонна эргэ оскуола уһун синньигэс көрүдүөрүнэн соһуччу тохтубут оҕуруо курдук сүүрэн бытарыһаллара. Кинилэр быыстарыгар алын кылаас үөрэнээччитэ Дьулустаан Бойтунов баара. Мэниктээн кулахачыһар оҕолору биир эмэ учуутал тахсан буойдаҕына, уолаттар соҕотохто чуумпура түһэллэрэ, үөрэнэн бүппүттэр таҥнар хоско ааһаллара. Дьулустаан суумкатыгар тэтэрээттэрин хомуйан убайа Ньургустаанныын ийэлэрин кытта интернакка тахсаллара.

Мария Варламовна интернакка иитээччинэн үлэлиирэ. Ол саҕана Кэнтиккэ чугастааҕы нэһилиэк оҕолоро кэлэн үөрэнэллэрэ. Күнүс бары мустан уруоктарын ааҕаллара. Кэчигирэһэ турбут паарталарга обургу кылаас оҕолоро уруоктарын ааҕалларыгар хос иһигэр уу чуумпу буолара, мэктиэтигэр сахсырҕа көтөрө иһиллэрэ. Мария Варламовна бэйэтин уолаттарын улахан оҕолору кытта паартаҕа олордоро уонна кимиэхэ да мэһэйдээбэтиннэр, дьарыктаах буоллуннар диэн, уруһуйдуулларыгар кумааҕы уонна харандаас биэрэрэ. Дьулустаан, биир сиргэ таба олорбот оҕо, илиитигэр харандааһы ылла даҕаны, тоҕо эрэ саҥата суох чуумпуран олорон араас кыыллары, өйүгэр туох хатаммытын ойуулаан барара. Оччотооҕуга, уруучука өссө суох кэмигэр, паартаҕа элбэх оҕо туттарыгар анаан чэрэниилэ уураллара, онно бөрүөнү уган ыла-ыла, бэрт кыраһыабайдык кичэйэн суруйаллара. Оччотооҕу оҕолор буочардара барыларын кэриэтэ каллиграфиялыы көнө буолара.

Аҕалара барбытын кэннэ, улахан убайдара Тохман бырааттарыгар аҕаларын тэҥэ буолбута. Дьулустаан улахан убайын кытары ордук тапсара, кинини кытары элбэхтэ батыһара. Оччолорго моҕотой тириитин туталлара. Чороччу улаатан эрэр уолаттар тирии туттаран, кыра да буоллар харчылаһаллара. Убайдара моҕотойдуу баран эрэллэрин көрдөхтөрүнэ, игирэлэр барсаары эккирэтэллэрэ, сайыһан ытаан харах уута тохторо да ханна барыай? Ол да буоллар Дьулустаан убайын кытары син биир тыаҕа барсара. Онно көрбүт төрөөбүт дойдутун айылҕатын кэрэ көстүүтэ, тыа күөх дуолугар олохтоох кыыллар, көтөрдөр, алаастарынан-сыһыыларынан көҥүл сылдьар дьөһөгөй оҕолоро барыта кини хараҕар хамсаабат хартыына буолан хатанан, кэнники ойуу буолан тахсаллара.

Бииргэ төрөөбүт Бойтуновтар бары даҕаны уруһуйдуур дьоҕурдаахтара. Ол эрээри Дьулустаан уруһуйдуурга улахан убайыттан үөрэммитэ, Тохман олус умсугуйан туран ойуулуурун көрөн ымсыырара уонна мэлдьи кинини үтүктэ сатыыра.

Дьиэлэригэр кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ тэһийбэт кыра уолаттарга ийэлэрэ кумааҕы, харандаас уонна пластилин биэрэрэ. Ол саҕана олохтоох араадьыйаттан ураты билиҥҥи курдук тэлэбиисэр, төлөпүөн суох этэ. Улахан сэргэхсийии кулуупка саҥа киинэ кэллэҕинэ буолара. 

Биир күн «бүгүн киинэ буолар үһү» диэн улахан дьон кэпсэтэрин кулгаахтарын уһугунан истэн, Дьулустааннаах Ньургустаан үөрэ түспүттэрэ. Кулуупка үксүн индиялыы киинэни көрдөрөллөрө. Ырыалаах-үҥкүүлээх таптал туһунан киинэлэри кыра уолаттар соччо сэҥээрбэттэрэ, көрө олорон салҕан, бэйэбэйэлэрин дьээбэлэһэн бараллара. Оттон бу сырыыга гражданскай сэрии дьоруойа Чапаев туһунан киинэ буоларыттан үөрбүттэрэ. Дьулустаан бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта ханна баталларынан кыбыллан – ким олорон, ким сытан эрэ мэник бэйэлэрэ иһийэн, тыыммакка даҕаны Чапаев туһунан киинэни көрбүттэрэ.

Кэлин Лев Толстой романынан уһуллубут «Война и мир», индеецтэр тустарынан «Апачи» киинэлэргэ сылдьыбыттара. «Сэрии уонна эйэ» кэнниттэн дьиэлэригэр кэлээт, тута пластилинынан Кутузовы уонна Наполеону оҥорон киинэни үтүктэн оонньоон барбыттара. Оттон «Апачи» кэнниттэн маһынан саабыла, көмүскэнэр куйах оҥостон оскуолаҕа «индеецтээх буола» оонньууллара. Дьулустаан ити курдук, улахан ойууһут буолуохтааҕын этитэн буолуо, тугу сэргии көрбүтүн, өйдөөн хаалбытын барытын кумааҕыга түһэрэрэ. Оннук түгэни үйэтитии билигин хаартыскаҕа түспүт тэҥэ буоллаҕа…

Биир сайын тастыҥ эдьиийдэригэр сайылыкка барбыттара. Харыйа тыа быыһыгар турар сайылыкка хас да ыал олороро. Дьулустаан убайыныын Ньургустаанныын онно тиийэн олус сэргэхсийбиттэрэ. Кинилэргэ барыта олус сонун, сүрдээх үчүгэй этэ. Олохторугар аан маҥнай туой буорунан кирпииччэ үктүүллэрин көрбүттэрэ. Атах сыгынньаҕын бадарааҥҥа киирэн тэпсэҥнии турар улахан дьон Дьулустаан хараҕар бэрт дьиктитик көстүбүттэрэ. Ыстааннарын сотолоругар диэри өрө тардынан баран, күлэ-үөрэ тугу эрэ кэпсэтэллэрин, бадарааны тэпсэллэрин көрөн оҕо эрэ ымсыырыах курдуга. Бадараан мэһиллэн тиэстэ курдук буоллаҕына баһан ылан остуолга куталлара, онтон сыстыбатын диэн иккилии кирпииччэҕэ анаммыт, кумаҕынан биспит халыыптарыгар быраҕаллара уонна көбүскөнө гына тэҥнэммит сиргэ илдьэн түһэрэллэрэ. Сүүһүнэн биир тэҥ кирпииччэ кырылаан сытарын көрөргө үчүгэйэ сүрдээҕэ. Дьулустаан билиэн-көрүөн баҕата батарбатаҕа, инчэҕэй туойу ылан тутан-хабан, мэһийэн көрбүтэ, суол бадарааныттан адьас атын, хойуу тиэстэ курдук этэ. Ийэтэ биэрэр пластилиныгар маарынныыра. Ол иһин араас формалары оҥорон көрбүтэ. Маҥнай төгүрүтэн, онтон уһатан, уһуктаан, били соторутааҕыта көрбүт «Война и мир» диэн киинэ дьоруойун үс муннуктуу сэлээппэтигэр маарыннаппыта. Сэлээппэ кэнниттэн өйүгэр киинэ дьоруойун сирэйин ойуулаан көрөн баран, үтүгүннэрэн оҥорон баран:

– Ньургустаан, көр, бу мин кими оҥорбутум буолуой? – диэн оҥоһугун сэрэнэн ытыһыгар ууран убайыгар көрдөрбүтэ.

Онуоха Ньургустаан:

– Ити «Война и мир» киинэҕэ көрбүт Кутузовпыт дии, – диэбитэ.

– Суох, бу маннык бэргэһэлээх Наполеон ээ!

Инибиилэр, сайылык биир бүччүм сиригэр бэртээхэй дьарык булан, өргө диэри араас дьоруойдары оҥорон кэчигирэппиттэрэ. Туойтан оҥоһуллубут саллааттар, көрбүт киинэлэрин дьоруойдара хаптаһын үрдүгэр кэчигирээн, оонньуур кэмчи кэмигэр бэртээхэй солбук буолбуттара. Манна ол саҕанааҕы кырачаан уолаттар куттарын-сүрдэрин туппут «Апачи» киинэ индеецтэриттэн саҕалаан «Война и мир» киинэ дьоруойдарын аттыгар, Кыһыл аармыйа аатырбыт хамандыыра Чапаев папахалаах төбөтө кэккэлэспитэ.

Ол курдук Дьулустаан хараҕар көрбүтэ барыта өйүгэр хатанан иһэрэ.

Оскуолаҕа

Уолаттар, төһө да игирэлэрин иһин, майгылара, тулалыыр эйгэлэрин көрүүлэрэ тус-туспа буолан, Дьулустаан ордук улахан убайын Тохманы кытта тапсара. Оҕо сылдьан убайыттан Ньургустаантан быдан сылбырҕа этэ.

1970с сыллар ортолоругар Кэнтиккэ саҥа оскуола тутуллан, улахан үөрүү буолбута. Бойтуновтар өрүс уҥуор Хороттон ийэлэрин дойдутугар Кэнтиккэ көһөн кэлбиттэрэ. Сабыс-саҥа оскуола сыттыын кытары атына. Саҥа үөрэх кыһатыгар учууталлар, үөрэнээччилэр сүргэлэрэ көтөҕүллэн үлэ, үөрэх умсулҕаныгар түспүттэрэ. Мачаахап диэн энтузиаст учуутал, былыргы Чап уустарын уустарын музейын тэрийбит киһи, оҕолору бары өттүнэн дьарыктаан барбыта. Үөрэнээччилэри, иллэҥ кэмнэригэр ускул-тэскил сылдьыбаттарын диэн, лесниктэр, юннаттар диэн бөлөхтөргө арааран дьарыктыыра. Бэйэтэ уруһуйдуур буолан дьоҕурдаах оҕолору мунньан куруһуок тэрийбитэ. Дьулустаан биирдэ кини кинигэлэриттэн бэрт сэдэх кыыллардаах альбому булан ылан, онно ойууламмыт кыыллары үтүктэн уруһуйдаабыта. Сүрдээх кыһамньылаах, айылҕаттан талааннаах учуутал музейга кыыллар чуучулаларын тыыннаах курдук оҥорон туруортаабыта. Уруһуйдьут оҕолор онон кыылы тыыннаахтыы көрөн олорон кэриэтэ ойуулууллара, ол олус кэрэхсэбиллээх уонна умсугутуулаах дьарык этэ.

Мачаахап идэтинэн физика уонна математика учуутала этэ, ол эрээри биир кэмҥэ черчениеҕэ эмиэ үөрэппитэ. Айылҕаттан учуутал буоларга айыллан төрөөбүт киһи Дьулустаан Бойтуновка элбэҕи биэрбитэ. Үөрэх кэннэ физикаҕа эбии дьарыктаан, араас уопуттары оҥотторон сөхтөрөрө, үөрэтэр предметигэр интэриэһи үөскэтэрэ. Ахсыстохсус кылаас уолаттарын кытары «Юный натуралист» диэн сурунаалга бэчээттэммиттэн көрөн, таас быһан декоративнай панно оҥорон ыйаабыттара. Кыракый бөһүөлэккэ итинник улахан энтузиаст учууталга үөрэммитин Дьулустаан Афанасьевич сүдү дьолум, дьылҕам бастыҥ бэлэҕэ диир.

Дьулустаан үрдүкү кылааска тахсан истэҕин аайы үөрэҕэр улаханнык кыһаммат буолан барбыта, кини өйүнсанаатын бүтүннүү уруһуй уонна өссө төгүл уруһуй баһылаабыта. Ордук тыл уонна литература уруоктарын ыарырҕатара. Саха тылыгар уонна литературатыгар үөрэппит учуутала, поэт Василий Тарасович Сивцев үөрэтэ сатаан баран:

– Эн аахпыккыттан тугу өйдөөбүккүн уруһуйдаа, – диэбитэ.

Дьулустаан ону үөрэ-көтө ылыммыта. Олоҥхо, проза чуолкай сюжеттаах буолан, уруһуйдууругар судургутук тахсара, оттон хоһоону өйтөн ааҕарга анаан үөрэтии олус ыарахана, ис хоһоонун ойуулууругар даҕаны сүрдээх уустук этэ. Оччолорго Былатыан Ойуунускай «Көҥүл ырыата» диэн хоһоонугар тугу уруһуйдуон билбэккэ хатхат ааҕан муҥнана олорор уолчаан хаһан эрэ олоҥхону иллюстрациялаан таһаарыа диэн ким даҕаны тымтыктанан көрбөт этэ…

Оскуоланы бүтэрэн баран учууталын Василий Сивцевы Дьокуускай уулуссатыгар көрсө түспүтэ. Номнуо улахан худуоһунньук буолбут киһи учууталыгар тиийэн:

– Дьулустаан Бойтуновпун, – диэн баран илиитин биэрбитэ.

Василий Тарасович:

– Билэбин, билэбин. Ситиһиилэргин хаһыакка ааҕабын, тэлэбиисэринэн көрөбүн. Бээ эрэ, ити олоҥхоҕо үлэҕэр мин эмиэ кылааттаах буолуохтаахпын, – диэбитэ. Кырдьыга даҕаны оннуга – туох барыта оҕо саастан, оскуола паартатыттан саҕаланар буоллаҕа…

Олоҥхоҕо үлэлииригэр Дьырыбына Дьырылыатта тыла олус минньигэстик, сүрэҕин ортотунан киирбитэ. Онно дьэ биирдэ өйдөөбүтэ – кини оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хоһоон тылын тоҕо ыараханнык ылыммытын. Дьиҥэр, тылын-өһүн иҥэн-тоҥон өйдөөтөххө эрэ биирдэ хоһоон өйгөр-санааҕар киирэн олохсуйар эбит.

Онус кылааска ахсаан уруога буола турара. Дьулустаан тэтэрээтин арыйан аат харата суруммута буола олороро. Учуутал ааспыт уруокка барбыт тиэмэлэрин хатылаан баран оҕолорго холобуру суоттуурга сорудахтаабыта. Уол, улаханнык өйдөөбөтөх буолан, аахайбатаҕа. Бииргэ үөрэнэр оҕолоро араас эрчиллиилэри суоттууллара, ким эрэ дуоскаҕа тахсара. Математиканы сэҥээрэн үөрэтэр оҕолор илиилэрэ күөрэҥнээн олороро. Кинигэтин ыйыллыбыт сирэйин арыйбыта, учуутал эппит сорудаҕын нүөмэрин булбута уонна аат харата тэтэрээтигэр устубута. Кылаас «математиктара» ким эмэ сыыһа хоруйдаатаҕына өссө айманаллара. Оттон Дьулустаан онтон олох ыраах этэ, хата умсугуйан туран үөрэнэ олорор доҕотторун уруһуйдаан барбыта. Учуутал хараҕа ахсаан суоттуурга кыһаммакка, бэйэтин эйгэтигэр олорор Дьулустааҥҥа хатаммыта. Кини уустук тиэмэни быһаарарыгар кыһаллыбакка уруһуйдуу олорор үөрэнээччиттэн кыһыйа санаабыта.

– Бойтунов Дьулустаан! — диэбитэ кини. Ону эрэ күүппэккэ олорбут уол уруһуйдуурун тохтотон учууталын диэки көрбүтэ. – Эйиэхэ ханнык эппиэт таҕыста? – диэн баран, туох диир эбит диэбиттии, тонолуппакка көрөн турбута.

– Суох… – диэбитэ Дьулустаан, кырдьыгы кистээбэккэ.

– Эн тоҕо бэриллибит сорудаҕы толорбокко атынынан дьарыктана олороҕун? Математика сокуоннарын билбэккэ хайдах үөрэнээри гынаҕын? – дии-дии, учуутала уолга чугаһаабыта.

Кырдьыга Дьулустаан ахсаан уруогун төрүт сэҥээрбэтэ. Кини, биллэн турар, учууталын иннигэр буруйдаах курдук туттара, ол эрээри олоҕун ахсааны кытары ситимнээбэтин чопчу билэрэ.

Үөрэххэ туттарсыы

Оскуоланы бүтэрэр сыллара үүммүтэ. Дьулустаан ханнык да үлэттэн толлон турбат буола улааппыта, оччотооҕу тыа сирин оҕото сатыырын барытын кыайара. Ордук уһанарын, бултуурун уонна туох-хайа иннинэ уруһуйдуурун ордороро. Убайдара Тохман Үөһээ Бүлүүгэ Бараахап аатынан оскуолаҕа черчение учууталынан үлэлии сылдьан биирдэ игирэлэртэн ыйыппыта:

– Ньургустаан, ханна туттарсаҕын?

– Учуутал буолар баҕа санаалаахпын, онон манна икки сыл үлэлээн баран туттарсыам, – диэн биирэ эрэллээхтик хардарбыта.

Убайын хараҕа кыра быраатыгар сыҕарыйбыта:

– Оттон, Дьулустаан, эн ханна туттарсаҕын? – диэн буоларын курдук уруһуйдуу олорор уолтан ыйыппыта.

Дьулустаан убайын диэки кылап гына көрөн ылбыта уонна уруһуйдуурун тохтоппокко:

– Билбэтим, – диэн биир тылынан хардарбыта.

Тохман, оҕо эрдэҕиттэн бырааттарын иннигэр эппиэтинэһи сүгэ үөрэммит, кинилэргэ аҕаларын солбуйбут буолан, идэлэрин талалларыгар эмиэ сүбэ-соргу биэрбитэ.

– Эн мин үөрэммит училищебар туттарыс. Онно туттарсарга туох ирдэнэрин барытын этиэм, үөрэтиэм, – диэбитэ.

Дьэ уонна Дьулустааҥҥа построение хайдах буолуохтааҕын, постановка диэн тугун быһааран, үөрэтэн-такайан барбыта. Анал үөрэхтээх киһи билэрэ-көрөрө элбэҕэ, быраатыгар үгүһү сүбэлээбитэ, уруһуй кистэлэҥнэрин арыйбыта. Ол үөрэҕэ барыта Дьулустаан устудьуон аатын сүгэригэр улахан төһүү буолбута. 

Сэбиэскэй кэмҥэ «оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн ирдэбил баара. Ол чэрчитинэн оскуоланы бүтэрээччилэр араас салааларга икки сыл үлэлээн баран биирдэ үөрэххэ туттарса бараллара. Дьулустаан оскуола кэнниттэн тута үөрэххэ туттарса барарыгар кини оскуола олоҕор көхтөөх кыттыыта, уруһуйдуура көмөлөспүтэ.

Училище

Ойуулуур-дьүһүннүүр училищеҕа бэрт улахан тургутууну сиирэ-халты ааһан бастакы кууруска үөрэнэ киирбитэ. Күн курустук мичээрдиир күһүн бастакы күннэригэр устудьуон аатын сүгэн Дьокуускай куоракка кэлбитэ. Үөрэххэ туттарсыбытынааҕар үөрэнэр быдан ыарахан этэ. Кини бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытары бастакы көрсүһүүтүгэр кыргыттар уруһуйдуулларыттан улаханнык соһуйбута. Кини дойдутугар кыыс үлүһүйэн уруһуйдуу олорорун биирдэ даҕаны көрбөтөҕө. Оттон манна бииргэ үөрэнэр кыргыттара олус үчүгэйдик уруһуйдуулларын көрөн сөхпүтэ. Айылҕа биэрбит талаанынан илиигин араарбакка төһө баҕарар уруһуйдаа – син биир үөрэх наада эбитин бигэтик өйдөөбүтэ. Кыргыттар эрдэ уруһуй оскуолатыгар үөрэммиттэрэ тута биллэрэ, сорудахтары бэрт кэбэҕэстик толороллоро. Ол кыргыттар училище кэнниттэн Репин, Суриков аатынан институттарга үөрэхтэрин үрдэтиммиттэрэ. Дьулустаан бу күүстээх уруһуйдьуттар тахсар куурустарыгар үөрэммитин билигин да үтүөтүк саныыр. Оҕо оҕоттон үөрэнэр дииллэринии, Дьулустаан бииргэ үөрэммит оҕолоруттан элбэххэ үөрэммитэ. Дойдутугар уруһуйдуур оҕолорго аналлаах оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ улахан охсуулааҕын устудьуон буолан баран билбитэ. 

Аармыйа

Сэбиэскэй кэм уолаттарыгар ытык иэһи толоруу дьиҥнээх эр киһи буолуу кыһатыгар тэҥнээҕэ. «Служу Советскому Союзу» диэн тыллары иһиттэҕинэ, Дьулустааҥҥа хайдах эрэ киэн туттуу, дойдуга бэриниилээх буолуу тыына киирэн өйүн-сүрэҕин өрүкүтэрэ. Оскуола сылларыттан аармыйаҕа ыҥырылларын долгуйа күүтэрэ. Убайа: «Наһаа ыстаҥалаама, онно тиийдэххинэ эйигин кэһэтиэхтэрэ», – диирэ. Уол онно итэҕэйбэт этэ, кини хайаан даҕаны Аҕа дойдутун иннигэр ытык иэһин төлүүр санаалааҕа.

Бастакы кууруска үөрэнэ сырыттаҕына, саас бэбиэскэ тигинээн кэлбитэ. Оо, онно үөрбүтүөн! Оҕо сааһын ыра санаата туолан, аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы аттаммыта. Дьэ онно тиийэн баран билбитэ, били, күөх экранынан көстөр аармыйаҕа буолбакка, чыҥха атын дьиҥнээх олох оскуолатыгар түбэспитин. Үөрэнэ сырыттахтарына: «Куһаҕан бэрээдэктээх, дьиссипилиинэтэ суох буоллаххытына, Монголияҕа ыытыахпыт», – диэн куттууллара. Оччоҕуна нуучча, кавказ уолаттара уйаларыгар уу киирэрэ. Алта ыйдаах үөрэх кэннэ Дьулустааны Монголияҕа баар чааска санбат медбратынан ыыппыттара. Онно тиийэн баран бииргэ үөрэммит уолаттара туох иһин бу дойдуттан толлоллорун уонна тоҕо ким даҕаны бу истиэпкэ кэлиэн баҕарбатын этинэн-хаанынан өйдөөбүтэ – олус тыйыс айылҕалааҕа, тохтоло суох үрэр сытыы тымныы тыаллааҕа.

Сулууспатын бастакы сылын кэнниттэн Дьулустаан быыс булла даҕаны уруһуйдуур буолбута, онно усулуобуйа баар буолан инникитин хартыына буолуохтаах элбэх торумун оҥорбута. Икки сыл сулууспалаабыт Монголиятын сирэ-дойдута, дириҥ силистээх-мутуктаах историята кэлин Дьулустаан Бойтунов айар үлэтин биир хайысхата буолбуттара.

Ытык иэһин төлөөн кэлэн баран, үөрэҕин салҕаабыта. Урут бииргэ үөрэммит оҕолоро номнуо бүтэрээри сылдьаллара. Оттон саҥа кууруһугар бииргэ үөрэнэр устудьуоннара, киниэхэ тэҥнээтэххэ, саастарынан даҕаны, олоҕу көрүүлэринэн, өйдөрүнэн-санааларынан даҕаны оҕотуктара. Сорохтор, ахсыс кылаас кэнниттэн киирбиттэр, саастарынан кыралара, онус да кэнниттэн киирбиттэр кини санаатыгар улдьаа дьон этилэр. Дьулустаан саҥа кууруһун оҕолоругар тэҥнээтэххэ, кини олох оскуолатын ааһан буспут-хаппыт, номнуо өйүн туппут, дьоһуннаммыт киһи этэ. Саҥа бөлөххө Людмила Даниловна Слепцова уһуйбутун умнубат. Дьулустаан училищены салгыы үрдүк үөрэх кыһатыгар туттарсар санаалаах бүтэрбитэ.

Институт

Худуоһунньук буолар баҕалаах эдэр киһи Красноярскайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр судаарыстыбаннай институкка туттарсан киирбитэ. Туохха да аралдьыйбакка, бэл, тус олоҕун кытары умнан туран ойуулуур-дьүһүннүүр искусство муҥурун булларбатах дириҥ далайыгар умсубута. Үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнии маҥнай судургута суох этэ. Дьулустаан санаатыгар, киэҥ сир дьоно билиилэрин-көрүүлэрин, сатабылларын таһыма лаппа үрдүк курдуга. Бииргэ үөрэнэр оҕолорун үлэлэрин көрөн уруһуйдууллара тоҕо бэрдэй дии саныыра. Ол эрээри айылҕаттан бэриллибит уруһуйдьут дьоҕурдаах саха уола киһи эрэ кэрэхсии көрүөх хатыламмат хартыыналарыгар сүрүн баттаппатаҕа, төттөрүтүн өссө кыһаллан, билбэтин үөрэтэн, иллэҥ кэмин барытын хартыына ойуулааһыныгар анаабыта. Дьаныардаах үлэтин түмүгэр үһүс-төрдүс куурустарга үчүгэйдик уруһуйдуур үөлээннээхтэрин ситэ баттаан ылбыта, оттон бүтэрэр сылыгар Дьулустаан Бойтунов үлэлэрэ бастыҥнар кэккэлэригэр киирбитэ.

Институту бүтэрэригэр ойулаабыт хартыынатын Дьулустаан кынат анньыммыт үөрэҕин кыһатыгар бэлэх ууммута. Уһуйааччылара олус үөрбүттэрэ. Аҕыйах сыллааҕыта үөрэммит кыһатыгар киирэ сылдьан институт биир саамай көстөр миэстэтигэр кини бэлэхтээбит хартыыната ыйанан турарын көрөн соһуйбута. Өссө сөҕүөн иһин хартыына кырааската хаппакка, уларыйбакка турара. 

Академия

Институту бүтэрээт, Санкт-Петербурдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр академия аспирантуратыгар туттарсарга быһаарыммыта. Онуоха институт уһуйааччылара, биллиилээх худуоһунньуктар Дьулустаан ураты дьоҕурун бэлиэтии көрөн, ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа бэйэтин аатын ааттатар инникилээх эдэр киһи тахсан иһэригэр итэҕэйбиттэрэ уонна институтунан эрэ муҥурдаммакка үөрэҕин академияҕа салгыырыгар сүбэлээбиттэрэ тирэх буолбута. Олоҕун искусствоны кытары ситимнииргэ бигэтик быһаарыммыт буолан, Дьулустаан хотугу киин куоракка айаннаабыта.

СанктПетербурдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр академия аспирантуратыгар институт кэнниттэн тута киирэр ыарахан этэ, ону ааһан институт кэннэ тута ылбаттара. Онон академия Красноярскайдааҕы салаатыгар төннөн туттарсарга санаммыта, онно Санкт-Петербуртан кэлэн үлэлии сылдьар уһуйааччы элбэҕэ. Дьулустаан профессор, РСФСР норуодунай худуоһунньуга, кэлин Россия ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын вице-президенэ буолбут Анатолий Павлович Левитины кытары билсиһэн, кинини кытары сибээһи тутан үлэлэһэргэ кэпсэппитэ.

Саха сиригэр төннөн кэлэн үс сыл тухары илиитин араарбакка уруһуйдаабыта. Үлэлэрин барытын профессорга почтанан ыытан иһэрэ уонна, хоруй күүтэн, дьиэтигэр киирэн иһэн почта дьааһыгын арыйан көрөрө. Биир күн хас да сурук быыһыттан саамай күүтэр кэмбиэрин – Санкт-Петербуртан кэлбит суругу булан ылбыта. Олус сылаалаах күн аастар даҕаны, ааҕа охсоору кирилиэһи хайдах дабайан тахсыбытын өйдөөбөккө да хаалбыта. Дьиэтигэр киирээт, кэмбиэри арыйбыта. Профессор суругар Дьулустаан ыыппыт хартыыналарын графикатын ырыппыт этэ.

Анатолий Павлович суруга хатыылаах тыллардааҕа… Дорооболоһор күүһүрдүү бэлиэтин кэнниттэн Дьулустаан күнү-түүнү аахсыбакка сүрэҕин-быарын, иэйиитин барытын ууран ойуу­лаан таһаарбыт хартыыналарын улаханнык кириитикэлээбит этэ. «Маннык үлэлиир буоллаххына, академияҕа киирэргэ сананыма даҕаны. Иллэҥ кэмҥин барытын уруһуйга эрэ аныахтааххын, уруһуй эрэ туһунан толкуйдуохтааххын, атыны барытын умнуохтааххын!» диэн сытыы тыллар Дьулустааҥҥа адьас ыраас халлааҥҥа этиҥ ньиргийэрин тэҥэ буолбуттара. Дьулустаан профессорга үксэ натюрморт, пейзаж суруйан ыыталаабыта. Ааспыт суругар дойдубар тахсан балыктаан киирдим диэн суруйбутугар ити хоруй кэллэҕэ… Саха киһитэ айылҕата суох сатаммата биллэр. Оттон айар киһиэхэ кириитикэ хайаан даҕаны баар буолуохтаах, итэҕэстэри ыйар тыллар кэмигэр этиллэллэрэ улахан суолталаах. Хас биирдии киһи кириитикэни, ырытыныы тустуһунаннык ылынар. Ким эрэ самныбакка салгыы сайдар, кынаттанан тахсар. Оттон ким эрэ ыарахан тыллардаах ырытыыны уйбакка уостар, симэлийэр аакка барар, кыната сарбыллар… Дьиҥэр, кириитикэ алҕастары көннөрөр, айар киһи маастарыстыбатын чочуйар аналлаах.

Сотору кэминэн Дьулустаан эмиэ хас да уруһуйун торумун ыыталаабыта. Ол аайы бу мөлтөхтүк бэриллибит, бу мөлтөх ити итэҕэс диэн хоруй кэлэн иһэрэ. «Саха өһөс – оҕото өссө ньоҕой» диэн өс хоһооно этэринии, Дьулустаан Бойтунов үс сылы быһа илиитин араарбакка, уруһуйунан эрэ олорбута. Аспирантураҕа туттарсар күнэ-дьыла чугаһаабыта, профессор, төһө да мөхтөр, Бойтунов аспирантураҕа туттарсан киирэригэр сүрэҕинэн-быарынан ыалдьара.

Ити курдук үс сыллаах тургутууну ааһан, аспирантураҕа туттарсан киирбитэ. Үөрэнэ сылдьан пейзаж, мэтириэт ойуутугар охтубута. Бүтэрэригэр түөрт улахан хартыынаны уруһуйдаабыта. Кандидат аатын-суолун чиэстээхтик көмүскээбитин кэннэ профессор Дьулустааны ыҥыран ылан:

– Үлэлэриҥ бэркэ табылыннылар, киһи хараҕын үөрдэллэр, – диэн оргууй саҕалаабыта. – Дьулустаан, бу хартыыналаргын академияҕа хааллар, – диэбитэ уонна кырдьаҕас худуоһунньук эдэр худуоһунньугу утары көрбүтэ.

Дьулустаан соһуччута бэрдиттэн туох да диэн булбатаҕа, арай, хартыыналарыттан букатыннаахтык арахсарын санаан, сүрэҕэ ытырбахтаабыта.

– Биир хартыынаны хаалларыахтаах этибит буолбатах дуо? – диэт, профессор диэки көрбүтэ.

– Мин эйигин өйдүүбүн. Хартыынаҕын харыһыйарыҥ сөп, ол эрээри эн үлэлэриҥ быыстапкаҕа туруох тустаахтар, оччоҕо эрэ искусствоны үөрэтээччилэр харахтарын далыгар сылдьыаҕа. Оттон дойдугар илдьэ бардаххына, кимиэхэ да биллибэккэ-көстүбэккэ сытыахтара.

Ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа худуоһунньук үлэтэ быыстапканан сыаналанар. Оттон атаҕар саҥа туран эрэр киһиэхэ улахан быыстапкалары тута тэрийэр, биллэн турар, ыарахан. Онон профессор кини хартыыналарын академияҕа хааллартарбыта Дьулустаан үлэлэрэ үрдүк таһымнаах быыстапкаларга кытталларыгар кыаҕы биэрбитэ. Чахчы академияҕа хаалбыт хартыыналара кэнники худуоһунньук үлэтэ үрдүктүк сыаналанарыгар төһүү буолбуттара, элбэх диплому, мэтээли аҕалбыттара. Итиэннэ, саамай сүрүнэ, Саха сиригэр Дьулустаан Бойтунов диэн ураты буочардаах худуоһунньук аата дорҕоонноохтук ааттаммыта.

Хойут Дьулустаан Афанасьевич институт кэнниттэн тута академияҕа ылбаттарын сөпкө гыналлар эбит диэн өйдөөбүтэ. Худуоһунньук институт кэнниттэн буочарын чочуйар, хайыс­хатын булар туһугар кырата үс сыл уруһуйдуохтаах. Билигин бастакы үлэлэрин көрдөҕүнэ: «Оо, арыый атыннык да оҥоруох баара», – диэн сонньуйан ылар. Дьыл-хонук аастаҕын аайы уруһуйдуур буочар эмиэ уларыйар, биир сиргэ турбат. Сүрүнэ, ол буочар тупсан, сайдан иһиэхтээх.

«Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан»

1997 сыллаахха «Бичик» кинигэ кыһатыгар Саха норуодунай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» романын бастакы чааһа күн сирин көрбүтэ саха литературатыгар улахан хамсааһыны таһаарбыта. Түҥ былыргы кэми сэгэтэн, историяҕа хаалбыт Чыҥыс Хаан баһылыктаах татаар-монголлар улуу империяларын туһунан трилогия иллюстрациятын Дьулустаан Бойтунов оҥорбута. 

90с сыллар ортолоругар Николай Лугинов романын рукопиһын аҕалан биэрбитин аахпыта. Кинигэни ааҕан, ис хоһоонун өйдөөн баран, үлэтин саҕалаабыта. Ромаҥҥа ойууланар Монголия истиэбин ойуулуурга Дьулустаан, аармыйаҕа сылдьан ол дойду айылҕатын уруһуйдаабыт, олохтоох норуоту кытары алтыспыт буолан, улаханнык ыарырҕаппатаҕа. Рукопиһы болҕойон ааҕан, айымньыны иҥэринэн «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» роман бастакы кинигэтигэр үлэлээн барбыта. Кинигэ тахсыбытын кэннэ тоҕо эрэ онно киирбит уруһуйдарын сөбүлээбэтэҕэ. Суруйааччы бу сүдү айымньытынан уруһуйдарын хайдах ылыммыта буолуой диэн ыйытыы кинини ордук долгуппута. Николай Алексеевич кинигэтин сүрэхтэниитигэр Дьулустаан Афанасьевиһы Монголияҕа илдьэ барбыта уонна онно Чыҥыс Хааҥҥа киирбит үлэлэрин быыстапкатын туруорбута. Роман иккис кинигэтэ тахсарыгар Николай Лугинов ыҥыран ылан салгыы уруһуйдаа диэн көрдөспүтэ. Иккис, үһүс кинигэлэргэ табыллан туран үлэлээбитэ. Бу трилогияҕа кини сүүстэн тахса уруһуйу оҥорбута, хартыыналара барыта санаа хоту табыллан улахан быыстапкаларга кыттыбыттара.

Быыстапканы көрө кэлбит Монголия олохтоохторо ордук аттар дьүһүйүллүбүт үлэлэрин олус сөбүлээбиттэрэ. Быыстапкаҕа турбут тоҕус хартыынаны көрдөһөн илдьэ хаалбыттара. Төһө да харыһыйдар, хаттаан уруһуйдуом диэн санаатын уоскутуммута. Ол эрээри хартыынаны хатылыыр диэн бэйэтэ туспа дьикти. Хартыына худуоһунньук кутун-сүрүн ууран, кичэйэн ойуулаабытыттан, сүрэх иэйиититтэн айыллан тахсар. Оттон ону хатылаан уруһуйдуур олус уустук. Дьулустаан Афанасьевич хартыыналарын иккистээн уруһуйдаабыта эрээри, бастакы хартыыналарыгар тиэрдибэтэҕэ, санаатыгар хайдах эрэ тыына суох буолан тахсыбыттара. Хатылааһын аата хатылааһын буоллаҕа…

Надежда Ильина
Чолбон. – 2024. – №2

Чэрдээх сирэйдээх киһи

Джекоб Кент олус ымсыы киһи этэ. Ымсыытыгар тэптэрэн тугу да итэҕэйбэт буолбута, майгыта-сигилитэ алдьаммыта, ол иһин кинини кытары ким да аалсыһыан баҕарбата. Кэдэрги кэмэлдьитигэр, хадьарыгар эбии түлээгирэр идэлээҕэ. Ол сылдьан тугу оҥорорун билбэт этэ.

Кент оҕо эрдэҕиттэн таҥас өрөр станокка сап хатааччынан үлэлээбитэ. Клондайк көмүһэ аһылларыгар биир бастакынан кэлбитэ. Кини үүтээнэ Алта Уонус Миля уонна Стюарт өрүс икки ардыгар, сир ортотугар баара. Доусоҥҥа барар айанньыттар манна хонон ааһаллара. Кинилэр Джекоб Кенты замогар бүгэн олорон бас билэр сиринэн ааһар айанньыттартан түһээн хомуйар ороспуонньуктар бароннарыгар холууллара. Итинник холооһуну оҥорорго кыра да буоллар үөрэхтээх буолуохха, историяны билиэххэ наада этэ. Оттон Стюарт кытылыгар көмүс сууйар, билии-көрүү сыстыбатах дьоно көннөрү быдьардык үөҕэр этилэр.

Дьиҥинэн, бу кини үүтээнэ буолбатаҕа. Хас да сыллааҕыта мас кэрдээччилэр туппут дьиэлэрэ этэ. Кинилэр манна олороннор болуот уһаарбыттара. Мас кэрдээччилэр ыалдьытымсах дьоннор этэ. Дьон бөҕө хонон-өрөөн ааһар буолара. Кинилэр барбыттарын кэннэ үүтээн иччитэх хаалбыта. Доусоҥҥа барар-кэлэр айанньыттар манна тохтоон сынньанан ааһаллара. Хоту сир үгэһинэн баралларыгар үүтээҥҥэ мас бэлэмнээн хааллараллара. Джекоб Кент маны бэлиэтии көрбүтэ уонна үүтээҥҥэ кэлэн олохсуйбута. Мантан ыла сылайбыт айанньыттар киниэхэ хонуктарын иһин биир доллары төлүүр буолбуттара. Джекоб Кент көмүһү бэйэтэ ыйаан ылара. Хайаан да кыратык балыйара. Онно эбии маһы, ууну айанньыттар бэйэлэрэ бэлэмнииллэрэ. Бу дьиҥнээх соролооһун этэ да, көмүс хостооччулар элэккэй дьон, аахса барбаттара.

Муус устардааҕы биир сааскы ылааҥы күн Кент үүтээнин таһыгар тахсан суолу одуулуу олордо. Кини ооҕуй оҕус сахсырҕаны кэтиирин тэҥэ айан дьонун күүтэрэ. Анныгар Юкон нэлэһийэн сытар. Икки миль кэтиттээх улуу өрүс хоту диэки түһэ турара. Өрүс адаарыччы тоҥмут кыдьымаҕын быыһынан сыарҕа суола барара. Бу икки тыһыынча миль усталаах, балтараа фут кэтиттээх ыллык «улахан айан суола» диэн дорҕоонноохтук ааттанара. Элбэх киһи ытаабыт, кыраабыт, аан дойдуга ханна да суох куһаҕан суол этэ. Джекоб Кент бүгүн сүргэтэ көтөҕүллэн олороро. Бөлүүн кини рекорд олохтоото – сүүрбэ аҕыс киһини хоннордо. Биллэн турар, наһаа кыараҕас этэ. Ол оннугар кини көмүстээх саппыйатын ыйааһына биллэрдик эбилиннэ. Джекоб Кент олоҕун муҥутуур үөрүүтэ бу саппыйа этэ. Ол эрээри, көмүстээх саппыйа иһигэр үөрүүнү сэргэ, Кент эрэйэ-муҥа эмиэ баара. Кыараҕас дьиэҕэ киһи дьонтон тугу да сатаан кистээбэт этэ. Көмүспүн уоруохтара диэн наһаа куттанара. Ити бытыктаах түөкүттэр кини көмүһүн ааһан иһэн элэс гыннарыахтарын сөбө.

Түһээтэҕинэ, наар кини көмүһүн уоран тахсаллар этэ. Сотору-сотору оннук куһаҕан түүллэри көрөр буолан, мэктиэтигэр уоруйахтар сирэйдэрин кытта өйдүүр буолбута. Ордук кинилэр атамааннарын, сирэйин уҥа өттүгэр ынырык улахан чэрдээх киһини өйдөөн хаалбыта. Бу киһиттэн Кент олус куттанара. Уһуктан кэлээт, көмүстээх саппыйатын атын сиргэ уларытан кистиирэ. Онтукатыттан уоскуйан, хас да түүн нус бааччы утуйара. Онтон чэрдээх киһи эмиэ түүлүгэр киирэн, көмүһүн илдьэ баран эрэр буолара. Чэрдээх Сирэйи кытта охсуһа сылдьан Кент уһуктан кэлэрэ уонна эмиэ көмүһүн атын сиргэ уларытан биэрэрэ. Джекоб Кент эрэйэ-муҥа, дьэ, итинник этэ. Ол үрдүнэн кини айан дьонун халыырын тохтоппотоҕо. Оттон сап­пыйатыгар эбиллибит хас биирдии унция көмүс кини эрэйин элбэтэрэ.

Джекоб, күҥҥэ сыламныы олорон, эмискэ тэһэ кэйдэрбит курдук ойон турда. Төбөтүгэр бэртээхэй санаа көтөн түстэ. Кент саамай сөбүлүүр дьарыга көмүһүн ыйаан көрүү этэ. Хос-хос ыйаан улахан дуоһуйууну ылара. Өссө улаханнык астыныаҕын, ыйааһына кырата бэрт буолан көмүһэ барыта баппата. Кини ыйааһына балтараа фунтаах, онтон көмүһэ үс төгүл элбэх этэ. Биирдэ хайдах да кыайан ыйаабаккын. Ити кини элбэх көмүстэммит үөрүүтүн өлбөөрдөр этэ. Ону билигин хайдах быһаарарын дьэ өйдөөн, ити ойон турда. Кини суолу болҕойон одууласта уонна тыынар тыыннаах суоҕун итэҕэйэн баран, үүтээнигэр киирдэ.

Остуолун түргэнник хомуйан, ыйааһынын туруорда. Ыйааһын биир тэриэлкэтигэр уон биэс унциялаах гиирэлэри туруорда, биирдэһигэр кумах курдук бытархай көмүһү кутан тэҥнээтэ. Онтон гиирэлэри көмүһүнэн солбуйда. Онон ыйааһыныгар хайыы-үйэ отут унция көмүс буолла. Онтон иккиэннэрин биир тэриэлкэҕэ кутан баран – бииригэр эмиэ көмүс кумаҕын кутан тэҥнээтэ. Инньэ гынан көмүһэ барыта ыйааһыҥҥа уурулунна. Көлөһүнэ сарт түһэн, муҥутуур үөрүүтүттэн титирэстии турда. Саппыйатын тиэрэн түгэҕэр сыстыбыт көмүс кыырпахтарын барытын ыйааһын тэриэлкэтигэр тэбээтэ. Онуоха ыйааһын биир өттө кэлтэйдээн барда. Ону тэҥнээри анараа өттүгэр кыракый гиирэни кытта биэс көмүс кыырпаҕын уурда. Саппыйата кураанахтанна, кини билигин бу ыйааһыҥҥа төһө баҕарар көмүһү ыйыахха сөбүн биллэ. Төбөтүн кыҥнатан көмүһүн абылаппыттыы көрөн турда. Маммона («Аныгы Кэс Тылга» баайы-дуолу, ымсыыны, иҥсэни-оботу көрдөрөр тыл) сытыы тыҥыраҕынан Кент сүрэҕэр батары харбаата. Үөрүүтүттэн сүрэҕэ битиргэччи тэптэ.

Киирэн эрэр күн уота аһаҕас аанынан томточчу кутуллубут көмүстээх ыйааһыҥҥа тыган чаҕылла оонньоото. Күлүмүрдэс томторчооннор, боруонсаттан кутуллубут Клеопатра түөһүн санатан, күн уотуттан сылаанньытар, абылыыр уотунан умайдылар. Тулатыгар туох баар барыта умнуллубута.

– Оһоо, бу туох үлүгэр элбэх көмүһэй! Манна эйиэхэ хас да гинея буолар көмүс суох буоллаҕына миигин таҥара сайылаатын.

Джекоб Кент соһуйан эргичис гына түстэ, бэлэм сыппыт икки уостаах саатын харбаан ылла. Ол эрээри күүтүллүбэтэх ыалдьытын сирэйин көрөөт, кутталыттан кэннинэн чугуруйда. Ол, били, кинини сордообут Чэрдээх Сирэй этэ. Киирбит киһи кинини дьиктиргээбиттии көрөн баран:

– Куттаныма, куттаныма, доҕор! – дии-дии, уоскутардыы илиитинэн сапсыйда. – Мин эн кыраммыт көмүскүн тыытыам суоҕа… Дьиибэ киһигин дии, таҥара баарына дьиибэ киһигин! – Онтон Джекоб уу чоккурас гына тириппитин уонна тобуктара илибириирин көрөн: – Хайа, тоҕо саҥарбаккын, ууну омурдан тураҕын дуу! – диэтэ. Кент уоскуйа сатыы турда. – Тылгын ыйыстан кэбистиҥ дуу, эбэтэр туох эрэ алдьархайга түбэстиҥ дуу?

– Ханна маннык айылаах өлөрдүҥ? – кэмниэ-кэнэҕэс Кент ыган таһаарда. Салҕалас сөмүйэтинэн ыалдьыт иэдэһин килэриччи оспут сүүнэ чэрин ыйда.

– Ити биир матрос табаарыһым сыыһа туттан грот-бом-брамсель ханаатын төбөтүнээҕи тимиринэн саайбыта. Дьиҥинэн онно эйиэхэ тугуй? Мин чэрим эйиэхэ мэһэйдиир дуо? Эбэтэр чэрдээх дьону сөбүлээбэккин дуу?

– Суох-суох, – диэтэ Кент, албыннаһан мичээрдии-мичээрдии олоппоско олордо. – Көннөрү ыйыттым…

– Маннык чэри хаһан эмэ көрбүтүҥ дуо? – ыалдьыт суостаахтык ыйытта.

– Суох, көрбөтөҕүм.

– Көрөргө үчүгэй баҕайы буолбат дуо?

– Оннук, оннук, – Кент суостаах ыалдьыты уҕарыта сатаан тоҥхоҥноото.

– Ээй, эн сытыйбыт балык, оннук-маннык швабра! Таҥара кэбилээбит сирэйин үчүгэй диигин дуу? Ыт уола миигинэн күлүү-элэк оҥостоҕун дуо?

Дьэ уонна муора ыгым уола эҥинэ бэйэлээх маатыраны Кент үрдүгэр суккуйбат дуо?! Онно таҥараттан саҕалаан бары абааһылар, аҕыла даадайдар, дьоннор уонна кинилэр бары аймахтара кытары ахтылыннылар. Ону кини тохтоло суох, туох да ааттаах тэҥнэспэт тэтиминэн биирдэ тоҕо тэбээтэ. Кент хамсаабат буолуор диэри ыга куттанан ньыкыччы туттан, төбөтүн илиитинэн хаххаланан салыбырыы олордо.

Кент киһи аһыныах көрүҥнэммитин көрөн, үөхсэн кууһуннара турбут Чэрдээх Киһи аны күлэн алларастаата.

– Хаар ирэн бидилгэх буолбут, – диэтэ кини күлэ-күлэ. – Онон эн баҕар баҕарыма миигин, кэбилэммит сирэйдээх киһини кытта хоноргор тиийэҕин. Оһоххун оттон тигинэт, мин ыттарым аалыктарын сүөртэлии уонна аһата таҕыстым. Эн дэлэччи соҕус маста мастаа, мас тыаҕа дэлэй, бэйэҥ да соло-билэ бөҕө киһигин, харыстаныма. Уута эмиэ баһаар. Чэ, хамсаммахтаа, онтон атын мин эйигин кырдьык күлгүн тэбиэм.

Киһи истибэтэх суола! Джекоб Кент уот оттубута, мас хайыппыта, уу баспыта уонна хоноһотун өссө да элбэх сорудаҕын толорбута. Джим Кардиджи өссө Доусоҥҥа сылдьан бу Шейлок сиэрэ суох быһыытын туһунан элбэхтик истибитэ. Доусонтан айаннаан иһэн аара эмиэ Кент сиэртибэлэрин көрсүбүтэ. Кинилэр бары биир киһи курдук Кент хайдах кинилэри соролообутун үҥсэргээбиттэрэ. Джим моряктардыы холуон соҕус оонньуулаах киһи этэ. Кини Кенты кыратык куттуу түһүөн баҕарбыта. Наһаалаабыт хаһаайыны оннун булларар санаалааҕа. Онто табыллан эрэрэ. Кент киниттэн улаханнык куттаммыта. Онно кини сирэйин чэрэ туох суолталааҕын моряк хантан сэрэйиэҕэй! Ол гынан баран Кент өйүттэн тахса куттаммытын көрбүтэ уонна аныгы атыыһыттар барыстанар туһуттан кэрээннэриттэн тахсалларыныы, ону муҥутуурдук туһанарга санаммыта.

– Эн бүгүрү эрэт эбиккин, сыыһа көрөр буоллаҕына хараҕым тэһиннин! – түбүгүрэ сылдьар хаһаайыны төбөтүн кыҥнатан одуулуу туран кини сөҕөн саҥа аллайбыта. – Эн бостуой көмүс көрдүү барбыккын. Эйигин таҥара трактир тутарга анаан төрөппүт. Мин эн тускунан элбэхтик истибитим, ол гынан баран маннык бэртээхэй киһи буолуо дии санаабатаҕым.

Джекоб Кент кинини ытан кэбиһиэн баҕарбыта да, сирэйин ынырык чэриттэн олус куттаммыта. Түүлүгэр элбэхтэ көстүбүт Чэрдээх киһи. Онтон атын буолуон сатаммат. Кент хайдах да сордоно сатаатар, хараҕа ыалдьыт ынырык чэриттэн төрүт арахпат этэ. Джим Кардиджи муостаҕа утуйар таҥаһын тэлгии туран ону бэлиэтии көрбүтэ.

– Мин чэрбин тоҕо одууластыҥ? – диэн бааҕыныы түстэ кини. – Эйигин оччо долгутар буоллаҕына кливергын хомуй, уоккун умуллар уонна утуй. Тэпсэҥнии турума, швабра, иһит эйиэхэ тугу дииллэрин! Билигин хараабылыҥ тумус өттүн барытын үлтү сынньыам!

Кент кутталыттан ыһыырынньыгын үс төгүл үрэн нэһиилэ умулларда уонна этэрбэһин да устубакка суорҕанын анныгар киирдэ. Матрос сытаат, сотору мунна хаһыҥыраан барда. Оттон Кент хараҕын килэччи көрөн баран саатын кууһан сытта. Бу түүн кини утуйбакка быһаарынна. Көмүһүн кыайан кистээбэтэ, оронун баһыгар турар ботуруон дьааһыгар укпута. Ону хоноһото уорара чуолкай этэ.

Хайдах да сордоно сатаабытын иһин сылаата таайан, син биир утуйан барда. Ыарахан санаалаах утуйбут буолан, ыҥыранан-ынчыктаан таҕыста. Итинник санаа баттыктаах утуйбатаҕа буоллар киниэхэ түлээгирии абааһыта киириэ, оттон Джим Кардиджи сарсыныгар суунар тааһы кытары бодьуустаһыа суоҕа этэ.

Тимир оһох уота өһөн барда, ону кытары тымныы, бэрэбинэлэр быыстарынааҕы муоҕу курдары өтөн дьиэ сөрүүдүйэн барда. Таһырдьа ыттар улуйуулара тохтоото, утуйдулар быһыылаах. Түһээн дэлэй хатарыллыбыт балыктаах, мэлдьи ыһыытаан-хаһыытаан салайар, иннилэрин диэки үүрэр кымньыылаах дьоно суох ырай дойдутугар тиийбиттэрэ. Оттон үүтээҥҥэ хоноһо бэрт холкутук утуйан баччыгыната, хаһаайын баттатан биир кэм эргичиҥнии сыппыттара. Түүн үөһүн саҕана Джекоб түлээгирэн суорҕанын киэр илгэн туран кэлбитэ. Кини харах тэстэр хараҥатыгар биирдэ да испиискэни «сыр» гыннарбакка барытын илиитин иминэн оҥорбутун дьиибэргиэххэ эрэ сөбө. Хабыс-хараҥа буолан дуу, эбэтэр ынырык чэрдээх сирэйи көрүөн куттанарыттан эбитэ дуу диэх курдук, кини хараҕын быһа симэ сылдьан дьааһыгын арыйда, биир да кыырпах буораҕы тохпокко доруобун айаҕынан өлгөм соҕустук буорах, дорубуонньук кутан иитиннэ. Икки хос халыҥ быыһынан симэн кэбистэ уонна эмиэ оронугар сытта.

Үүтээн иһэ үдүк-бадык сырдаан эрдэҕинэ, Джекоб уһугунна. Тоҥолоҕор тайанан өндөс гынан дьааһыгын аһан көрдө. Онно тугу көрбүтэ, эбэтэр табан эттэххэ, номнуо көстүбэт буолбута кини майгытыгар адьас маарыннаабат дьайыыланна. Утуйа сытар хоноһотун диэки көрдө уонна дьааһыгын тыаһа суох сапта. Оронугар төттөрү сытынан кэбистэ. Сирэйэ-хараҕа олус холку, ханнык да долгуйуу баара көстүбэт. Кент уһуннук толкуйдуу сытта, онтон оргууй аҕай сыбдыйан турда.

Утуйа сытар Джим Кардиджи үрдүнэн өһүөҕэ суон мас көхө баара. Джекоб Кент уһун быаны ылан ол көхөҕө иилэ бырахта, биир уһугар туһахтыы уктаа оҥордо, биир уһугун бэйэтигэр баанна. Онтон саатын сомуогун туруоран баран, хаба тардан ыларга бэлэм гына илиитин анныгар, тайах тириититтэн тэлиллибит быалар тастарыгар уурда. Туһаҕын утуйан баччыгыныы сытар матрос ынырык сирэйин көрбөт буола сатыы-сатыы, улахан эрэйинэн моонньугар кэтэртэ. Онтон туох баар ыйааһынынан тиэрэ түстэ уонна саатын хаба тардан ылан Джими кыҥаата.

Джим Кардиджи тыына хаайтаран хаччыгыныы түстэ, уһуктан кэллэ. Тугу да өйдөөбөккө кинини кыҥаан турар саа чөҥөрүйбүт уостарын көрөн олордо.

– Ханна баарый? – Кент быатын кыратык холкутатан ыйытта.

– Оо, хара кырыыстаах…

Кент эмиэ тиэрэ түстэ, быа чиккэйэн Джим хабарҕатын хам ылла.

– Эн үөдэн шва… хрр…

– Ханна баарый диэтим?! – Кент хатылаата.

– Туох? – нэһиилэ тыын ылан Кардиджи ыйытта.

– Көмүс.

– Ханнык көмүс? – матрос тугу да өйдөөбөтө.

– Бэркэ билэҕин кимиэнин. Мин көмүһүм.

– Харахтаан да көрбөтөҕүм эн көмүскүн. Мин сейфэ үһүбүн дуо? Хантан билиэхпиний!

– Этиэҥ буоллаҕа дии, тыыныҥ хаайтаран өлүөххүн баҕарбат буоллаххына. Уонна тарбаххын хамсата баҕалаа эрэ, сонно баскын хампы ытан кэбиһиэм.

– Халлаан таҥарата! – быа моонньун эмиэ ыбылы ылан эрдэҕинэ, Кардиджи хардьыгынаата.

Кент быатын арыый холкутатта, онон туһанан матрос төбөтүн хамсаппыта буолан туһаҕы арыый кэҥэттэ уонна сыҥааҕар иҥнэр гынан биэрдэ.

– Чэ! – Кент ыйытта.

Кардиджи сонньуйда эрэ.

– Ыйаа, ыйаа миигин кырыыстаах кабатчик!

Дьэ манна Джим иэдээнэ түмүктэнэн, кини сэрэйбитин курдук көр саҕаланна. Кардиджи Кентан быдан ыарахан этэ. Кент хайдах да тиэрэ түһэ, кэдэрийэ сатаабытын иһин матроһу кыайан өрө ыйаан таһаарбата. Кини төһө да сордоно сатаатар, матрос атаҕа сиртэн арах­сыбата. Оттон быата сыҥааҕар сылдьар буолан тыынарын мэһэйдээбэт.

Матроһу ыйыыр кыаҕа суоҕун өйдөөн, Кент быатын чиккэччи тардан турда. Эбэтэр бытааннык тууйан өлөрөргө, эбэтэр көмүһү ханна кистээбитин этитэргэ сананна. Ол эрээри Чэрдээх Киһи өлөр санаата суох этэ. Биэс мүнүүтэ, уон мүнүүтэ, уон биэс мүнүүтэ ааста – тиһэҕэр Кент сиэртибэтин сиргэ түһэрэригэр тиийдэ.

– Чэ, туох буолуой! – диэтэ көлөһүнүн сотто-сотто. – Ыйаныаххын баҕарбат буоллаххына, мин эйиигин ытан да өлөрүөм. Сорох дьон ыйаммат дьылҕалаахтар быһыылаах.

Кардиджи бириэмэ сүүйүөн наада этэ.

– Эн итинник гынан үүтээн муостатын эрэ дьаабылыаҥ, – диэтэ кини. – Иһит эрэ Кент, мин тугу этэрбин. Мэйиибитин үлэлэтэн бу дьыаланы быһаарыахха эрэ. Эн көмүһүҥ сүппүт. Эн ону миэхэ балыйаҕын. Мин буоллаҕына ону билбэппин диибин. Ону үчүгэйдик быһаарсан бараммыт, былаан оҥостоммут бииргэ көрдүөххэ…

– Халлаан таҥарата! – Кент матроһу үтүгүннэ. – Суох, бу дьиэҕэ тугу гынарбын мин бэйэм быһаарыам, оттон эн сытан эрэ көрүөххүн уонна «былаанныаххын» сөп. Хамсыаҥ да, таҥара баарына, баскын хампы ытыам!

– Мин ийэм туһугар…

– Ийэҥ эйигин таптыыр буоллаҕына, таҥара абыраатын… Тохтоо, хамсаама диэтим! – Кент матрос кыратык хамсыах курдук буолбутугар саанан сүүскэ тирээтэ. – Сүгүн сыт! Өссө биирдэ этэбин, хамсыаҥ да бүттэ!

Кент сөмүйэтин саатын элбэрээгиттэн араарбакка сылдьан, муостаҕа сытар быалары ылан, көрүөх бэтэрээ өттүгэр матроһу илиилэри-атахтары чороччу кэлгийэн кэбистэ. Ол сүрдээх уустук этэ да, кини мээнэҕэ таҥас өрөөччү буолуо дуо?! Онтон матроһу дьиэттэн соһон таһааран үүтээн ойоҕоһугар сытыарда. Итинтэн өрүс үчүгэйдик көстөр эбит.

– Эйиэхэ күн ортотугар диэри бириэмэ биэрэбин уонна …

– Онтон?

– Онтон быһа аллараа дойдуга атаарыам. Көмүһү ханна гыммыккын эттэххинэ манан хаһан полиция этэрээтэ кэлэн ааһыар диэри сытыаҥ.

– Таҥара баарына, бу туох үлүгэрэй?! Кырдьык даҕаны тугуй, бу? Эн иирбиккин быһыылаах, туох да буруйа суох киһини өлөрөөрү тииһэҕин! Эх, кырдьаҕас пират! Эх, эн …

Джим Кардиджи үөхсэн ыһылыннарда, онон дууһата арыый чэпчээтэ. Джекоб Кент дьиэтиттэн олоппос таһааран олорунан кэбистэ. Матрос үөхсэр тылын саппааһа бүтэн тохтоото уонна тугу гынарын толкуйдуу сытта. Күн халлаан оройун диэки тэмтэйэ ойон истэ. Ыттара иччибит тоҕо баччааҥҥа диэри көлүйбэт диэн дьиибэргээн киниэхэ тиийэн кэллилэр. Иччилэрэ дүлүҥ курдук сытарыттан дьаарханнылар, туох эрэ куһаҕан буолбутун сэрэйэн тула хаамса сылдьан ыйылаһан, улуйан бардылар.

– Киэр буолуҥ! – чиэрбэ курдук өҕүллэҥнии сытан, матрос ыттарыгар хаһыытаата. Эмискэ кини туох эрэ оҥкучах кытыытыгар сытарын биллэ. Ыттара баралларын кытта, бу туох иинэ буоларын тобула сатаата. Онтон, дьэ, толкуйдаан таһаарда. Киһи айылҕаттан сүрэҕэ суох. Бу үүтээни туппут киһи даҥын буорун чугастыы мантан ылбыт буолуон сөп. Оччоҕо кини билигин ол иин үрдүгэр сытар эбит. Маны туһаныахха наада. Джим илиитин босхолуурга быһаарынна.

Илиитэ кэдэрги кэлгиэлээх, оттон аннынааҕы хаар ууллан эрэр. Тирии быа илийдэҕинэ уунарын Джим билэр. Кини сытан эрэн биллибэтинэн илиитин эрийбит быаны кыралаан ууннара сытта. Бэйэтэ буоллаҕына айан суолуттан хараҕын араарбат. Кэмниэ-кэнэҕэс Алта Уонус Миля диэкиттэн туох эрэ хара мэҥ иһэрин көрдө. Онтон күнүн көрбүтэ – күн орто чугаһаабыт быһыылаах.

Өрүс киэҥ иэнигэр хара мэҥ сүтэ-сүтэ көстөн чугаһаан иһэр. Өрүс оллур-боллур кыдьымаҕын быыһынан ыттаах сыарҕалаах киһи айаннаан иһэрин Кардиджи билэр. Матрос өрүһү хаһаайынтан куттанан, кистээн одуулаһар. Биирдэ Кент олоппоһуттан туран, бэрт болҕомтолоохтук суолу одуулаата. Кардиджи кутталыттан сүрэҕэ тиҥиргэччи тэптэ, хата, сыарҕа халҕаһа муустар күлүктэригэр киирэн көстүбэт буолан хаалла.

– Бу дьаабыламмытыҥ иһин эйигин ыйаан кэбиһиэхтэрэ, – диэтэ Кардиджи Кенты аралдьытаары. – Мин ону ситиһиэҕим. Эн аадка умайыаҥ, өйдөөн кэбис!

– Иһит эрэ! – диэтэ кыратык тохтуу түһэн баран. – Эн абааһыны итэҕэйэҕин дуо?

Кент дьигис гынна. Кардиджи таба тайаммытын өйдөөтө.

– Абааһы тылыгар турбатах киһиэхэ көстөр. Онон эн миигин эрдэ өлөрөргө саараныма даҕаны. Аҕыс склянканы оҕустаҕына эрэ, ол эбэ­тэр оруобуна уон икки чааска миигин өлөрөөр. Онтон эрдэлээтэххинэ мин өлөн да баран, абааһы буолан эйигин эккирэтэ сылдьыам. Истэҕин дуо? Биир да мүнүүтэ эрдэлиэҥ да сэрэн, мин эйиэхэ хайаан да кэлиэм!

Джекоб Кент тугу да саҥарбата эрээри, иһигэр саараҥнаата быһыылаах.

– Эн хронометрыҥ ханныгый? Хас чаас буолбутун хантан билэҕин? Эһиги манна ханнык илиҥҥи усталааһыҥҥа бааргытый?

Матрос өлөрүөхсүтү аралдьытаары ыйыталаһа сытта. Киниэхэ аҕыйах да мүнүүтэ наада.

– Эн чаһыгын хайдах туруорбуккунуй? Казармалар киэнинэн дуу, Компания чаһытынан дуу? Өйдөө, өскөтүн эн миигин эрдэ өлөрүөҥ, мин анараа дойдуттан төннөн кэлиэм. Арай чаһыҥ сыыһа барар буоллун, уон икки буолбутун хантан билэҕин? Ону хайдах быһаараргын билиэхпин баҕарабын.

– Долгуйума, эйигин анараа дойдуга сөптөөх кэмигэр ыытыам, – диэтэ Кент. – Миэхэ күн чаһыта баар.

– Төрүт табыллыбат! Күн чаһытын стрелката отут икки кыраадыска тиийэ сыысхаллаах буолар!

– Барыта сөпкө тэҥнэнэн турар.

– Хайдах тэҥнээбиккиний? Компаһынан дуо?

– Суох. Хотугу Сулуһунан.

– Кырдьык дуо?

– Кырдьык.

Кардиджи ынчыктаан ылла уонна сэрэнэн өрүс диэки көрдө. Ыттаах киһи сыыр тахсыытыгар чугаһаабыт, кинилэртэн миля кэриҥэ буолуо.

– Сурааһыҥҥа диэри ыраах дуо?

Кент хаарга оҥоһуллубут күн чаһытыгар чугаһаата.

– Үс дюйм хаалла, – диэтэ кини болҕомтолоохтук көрөн баран.

– Маннык баар, эн ытыаҥ иннинэ «Аҕыс склянка!» диэн хаһыытаар, сөп дуо?

Кент сөбүлэстэ. Иккиэн ах баран чочумча уу чуумпу сатыылаата. Матрос илиитин быата уунан, быдан холкутаата ону бэгэччэгиттэн аллараа, тарбахтарын диэки сыҕарытан истэ.

– Төһө хаалла?

– Биир дюйм хаалла.

Матрос сэрэнэн хамсаата, наадалаах түгэҥҥэ дьаамаҕа үҥкүрүс гынарга бэлэмнэннэ уонна илиититтэн быатын бастакы эрийиитин араарда.

– Төһө хаалла?

– Дюйм аҥаара.

Эмискэ Кент сыарҕа тыаһын истэн эргичис гына түстэ. Ыттаах киһи наартатыгар умса сытан, үүтээн диэки муҥ кыраайынан сүүрдэн иһэр этэ. Кент, түргэнник эргиллэ биэрээт, саатын көтөхтө.

– Аҕыс склянка өссө буола илик, – Кардиджи бырачыастаата. – Ити буоллаҕына мин хайаан да эйиэхэ кэлиэҕим!

Джекоб Кент саараҥнаан тура түстэ. Кини хаарга оҥорбут чаһытын таһыгар сиэртибэтиттэн уонча хаамыы сиргэ турара. Айаннаан иһэр киһи үүтээн таһыгар туох эрэ дьикти быһыы буолбутун көрдө быһыылаах, наартатыгар олоро биэрээт, ыттарын тиэтэттэ.

Хаарга анньыллыбыт мас күлүгэ сурааһыҥҥа чугаһаата. Кент кыҥаата.

– Бэлэмнэн! – кини үөрүүлээхтик хаһыытаата. – Аҕыс скля…

Кардиджи омуһахха үҥкүрүс гынна. Кент ыппакка эрэ кини диэки ыстанна. Матрос оронон туран эрдэҕинэ, сирэйигэр саа эстэн тоҕо барда. Саа уоһуттан буруо тахсыбата, ойоҕоһуттан, прикладын диэкиттэн уот чаҕылыс гынна. Джекоб Кент охтон түстэ.

Ыттар биэрэккэ ойуоккалаһан таҕыстылар, охто сытар киһини үрдүнэн аастылар. Джим Кардиджи илиитин босхолон, дьааматыттан орҕостон таҕыста.

– Джим! Хайа бу туох буоллуҥ? – кэлбит киһи соһуйан саҥа аллайда.

– Туох буолуохпунуй? Туох да буолбатым. Мин сороҕор маннык эрчиллээччибин, доруобуйабын көннөрө таарыйа. Көрбөккүн дуо, акаарыа? Миигин түргэнник сүөрэ оҕус, мин эйиэхэ туох буолбутун көрдөрүөм. Чэ, хамсаммахтаа, төбөҕүнэн палубаны сууйабын дуу! Һуу! – диэтэ кини, айанньыт быатын быһаҕынан бысталыы турдаҕына. – Туох буола турарын мин бэйэм да билбэппин.

Кент өлбүт этэ. Уоһунан иитиллэр доруоп саатын уоһа прикладыттан арахсыбыт. Уҥа уоһа сомуогун диэкинэн хас да дюйм усталаахтык хайа барбыт. Ол хайаҕастан көмүс кумах бөҕө тохтубут этэ. Джим Кардиджи манна дьэ өйдөөтө, туох буолбутун.

– Таҥара миигин саманна өлөрдүн! – диэн хаһыытаата кини. – Дьэ дьикти нүөмэр таҕыста! Айдааннаах көмүһэ бу баар эбит дии! Чарли, бар, тааһы аҕал эрэ. Чэ, чэ түргэнник!

Павел Неустроев тылбааһа

Пушкин уонна евразийство

Саха сирин айар муза оҥостубут нуучча бил­лии­лээх поэта Евгений Евтушенко «Поэт в Рос­сии – больше, чем поэт» диэн стро­ката кынат­таах тылга ку­булуйан дьон-сэргэ уоһуттан түспэт. Үксү­гэр бу этии түгэх суолтатыгар өтөн киирбэккэ да эрэ тут­табыт. Оттон сыныйан көр­дөххө, бу тыллар төрдүлэри­гэр айсберг төбөтүн кур­дук туналыйан Александр Сергеевич Пушкин сытар эбээт! Ону бы­һаарар кү­лүүс тыллары ге­ниальнай поэт үөлээн­нээҕэ, нуучча өссө биир улуу киһитэ Николай Го­голь суруйан хаалларбыт: «Пуш­кин есть явле­ние чрезвычайное и, может быть единственное явление русского духа: это русский человек в его развитии, в каком он, может быть, явится через двести лет. В нем рус­ская природа, русская ду­ша, русский язык, русский характер отразились в такой же чистоте, в такой очищенной красоте, в какой отражается ландшафт на выпуклой по­верхности оптического стекла».

Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, империя, сверх­держава дэнэрин ааһан, култуура хараҕы­нан көр­дөххө – цивилизация, геополитика өйдөбү­лү­нэн кон­тинент иһигэр баар континент. Бу хайыс­ханы таба өйдөөбүт нуучча өркөн өйдөөхтөрө – Петр Савицкай «Россия не есть ни Азия, ни Евро­па, но представляет собой особый географический мир», оттон Лев Гумилев «Русских (как, впро­чем, и остальное население России) следует считать не европейцами или азиатами, а евразийцами» диэн этэн турардаахтар. Ол иһин судаарыстыбата – федерация, идеята – евразийство. Тоҕо диэтэххэ, би­һиги дойдубут славян уонна түүр, финн-угор уонна тоҥус-маньчжур, Кавказ уонна Уһук Илин биистэрин – барыта сүүсчэкэ омугу түмэр ураты эй­гэ. Нуучча омук, Россия, Евразия ытык иэстэрин этиттэрэн өйдөөбүт, өтө көрбүт улуу Пушкин:

Слух обо мне пройдет по всей Руси великой,
И назовет меня всяк сущий в ней язык,
И гордый внук славян, и финн, и ныне дикой
Тунгус, и друг степей калмык,
– диэн Балтика байҕалыттан Чуумпу акыйааҥҥа диэри тайыыр аарыма дойду бары омуктарын со­моҕолуур строфаны айан хаалларбыта түбэ­һиэх­чэ буолбатах. Дьэ ол иһин хас биирдии Россия омуга киниэхэ тардыстар, кинини бэйэтигэр чуга­һатар ыллыктары көрдүүр, булар уонна күөн туттар.

Саха суругунан уус-уран литературатын төрүт­тээччи, духуобунай лидер Өксөкүлээх Өлөксөй 1897 сыллаахха өссө реальнай училищеҕа үөрэнэр кэмигэр суруйбут «Главнейшие достоинства поэ­зии Пушкина» диэн рефератыгар «Пушкин об­ладал изумительной способностью понимать дух, положение, быт своей нации» диэн мын­дыр­дык бэлиэтиир. Кэлин айар тыл аҕатынан ааттаныахтаах реалист ити этиитэ үөһэ ахтыллы­быт Гоголь көрүү­түгэр чугас. Манна даҕатан аҕыннахха, эмиэ сити сыл үрүҥ көмүс үйэ бэлиэ поэта Константин Баль­монт «Пушкин был поистине солнцем русской поэ­зии, распространившим свои лучи на громад­ное расстояние и вызвавшим к жизни бесконеч­ное количество больших и малых спутников» диэн эппитэ төһө да нуучча литературатыгар эрэ ту­һаайыллыбытын иһин, кэтэх дэгэтэ Россия бары омуктарын литературатыгар сыһыаннаах курдук.

Норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат Пушкины са­халыы саҥардыыны тэрээһиннээхтик саҕала­а­быт киһинэн саха генийэ Былатыан Ойуунускайы ааҕар. Ол кэрэһитэ – суруйааччы Григорий Поскачин «Со­циалистическая Якутия» хаһыат 1935 сыл балаҕан ыйын 15 күнүнээҕи нүөмэригэр тахсыбыт иһитиннэриитигэр Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Ойуунускай салайаач­чы­лаах Пушкин айымньыларынан тылбаас ха­мыыһыйата тэриллибитин суруйар. Тыл­баас­чыт­тарынан оччотооҕу уус-уран тыл маас­тардара – Ойуунускай бэйэтэ, Алампа, Эллэй, Амма Ач­чы­гыйа, Күннүк Уурастыырап, Суорун Омоллоон уо.д.а. Өрөбөлүүссүйэ уот буурҕа кутаатыгар уһаа­рыллыбыт Платон Алексеевич «Лю­ди с живым сердцем, с большими чувствами не могут не любить Пушкина – борца и гуманиста, сер­дце которого пылало большими страстями и чув­ствами» диэн тыллары Александр Сергеевич өлбүтэ 100 cылын бэлиэтиири тэрийэр туһунан дакылаатыгар төлөннөөхтүк эппитэ-тыыммыта биллэр.

Хас да көлүөнэ саха суруйааччылара Улуу Пуш­киҥҥа тапталларын, ытыктабылларын айар үлэ­лэрин нөҥүө дьүһүйбүттэрэ. Ол иһигэр, норуот поэта Иван Гоголев–Кындыл «Пушкинныын көр­сүһүү» поэматын, СӨ искусствотын үтүөлээх дея­те­лэ Сиэн Өкөр «Нева… Хара Үрэх… Ахерон…» пьеса­тын курдук бөдөҥ айымньылар үөскээбиттэрэ. Онон бу Александр Пушкин төрөөбүтэ 225 сылы­гар аналлаах саха поэттарын үйэлээх тылбааста­рын киирии тылын саха омук духуобунай лидерэ, но­руот поэта Сэмэн Данилов строкаларынан туом­туу тардыым:

Саннын нөрүтэн, төбөтүн санньытан,
Саас-үйэ турдаҕа улуулартан улуу
Нуучча норуотун албаннаах ыччата,
Билиҥҥи билбэт көлүөнэтин одуулуу…
Уонна кини тугу саныырын ким билиэй?!
Биһиги туспутунан туох диирин ким этиэй?!

Гаврил Андросов,
«Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ

Нева… Хара Үрэх… Ахерон…

Биир оонньуулаах пьеса

ООННЬУУР ДЬОНО:

ПУШКИН
НАТАЛИ
МААСКАЛААХ КИҺИ

Пушкин үлэлиир хоһо. Пушкин уонна Натали күүрээннээх быһаарсыы кэнниттэн сэниэ-сылба баранан олороллор. Кинилэр икки ардыларыгар барыта этиллэн бүтэн, Натали таах күлүк, кураанах хах буолан саҥата суох мастыйан олорор. Муостаҕа ыһыллыбыт кумааҕы, алдьаммыт фужер үлтүркэйдэрэ сыталлар. Пушкин арыгы­лаах үрүүмкэни көтөҕөн иһэр уонна муостаҕа үлтү быраҕар.

ПУШКИН. Барыта бүттэ… Нева… Хара Үрэх… Ахерон… Тоҕо барыта маннык буолан хаалла биһиги олохпутугар, Натали?..

Мин билэбин ээ – эн баҕарбатаҕыҥ, мин эмиэ… Ол аата Дьылҕа Хаан, Ыйаах, Одун оҥоһуу диэн баар эбит буоллаҕа… Мин эйигин аан маҥнай көрбүтүм… Эн үөһэттэн түспүт таҥара – Афродита, Психея, Даная курдук этиҥ… Мин оҕо эрдэхпиттэн Лицей пааркатыгар көрөр таас статуяларбын санаппытыҥ… Оттон мин били номоххо кэпсэнэр таптыыр дьахтарын Галатеяны статуя оҥорон таптаабыт Пигмалион курдук буолбатах, хата төттөрүтүн ол көрбүт статуяларбын ириэрэн, тыыннаах киһини, кэрэ Наталины оҥоро сатыыр курдук этим… (Наталитын көрөр).

Натали саҥата суох хамсаабакка олорон, кырдьык да таас статуяны санатар.

Эн билигин даҕаны кэрэҕин. Оттон мин… Миигин хаста да бюспун оҥоро сатаабыттара – манна да, Москваҕа да… Мин кыккыраччы аккаастаммытым… Хайдах оннук буолуой дии саныыр этим мин – мин куһаҕан арап, негр сирэйим саас үйэ тухары үрүҥ тааска мууһуран хай­дах туруоҕай?.. Кырдьык, мин сымыйалаабаппын, оннооҕор билэр скульпторым мин мааскабын оҥоро сатаабыта – бронзаҕа кутан оҥороору, хай­дах бу маннык туохха да маарыннаабат куһаҕан аҕай сирэйбин, хайдах маннык мааскаҕа кутуохха сөбүй?.. (Икки илиитинэн сирэйин саба туттар). Өрүү бу мин, бу мин сирэйбиттэн иҥнэн тахсаллар этэ. Билигин да иҥнэллэр. Буоллун. Эн эмиэ… Оннук дуо?! Чэ, кистээмэ, барыта бүппүтүн кэннэ тугу кистээн! Чэ, эт, эт диибин! Мин кэннибэр туох диэн кэпсэтэр этигитий били Дантескынаан?! Чэ, эт, этэ тарт! (Наталига ыстанан ­тиийэн, санныттан ылан илгиэлиир). Саҥарбаккыын! Чэ, саҥаран абыраама! Туох да диэҥ! Мин эһиэхэ силлиибин, мин эһиэхэ барыгытыгар силлиибин! Үөһэттэн, хайаҕыт да тиийбэт үөһэтиттэн! Мин улуу нуучча поэта Пушкин – куһаҕан арап, негр уола Ганнибал сиэнэ буола­бын! Биир бытыылка ромҥа омук мотуруостарыттан Крон­штадтка атыылаһыллан ылбыт хара кулут Ганнибал сиэнэбин! (Бытыылкаттан ылан омурдар). Ким атыыласпытай?! Улуу Бүөтүр! Ол оҕонньор барытын ыраахтан өтө көрөр этэ! Хайдах нууччаны бадарааныттан, чалбаҕыттан өрө тардан сырдыкка таһаарары! Оттон эһиги, бу үрүҥ субалаахтар, сырдык баттахтаахтар, кимнээхтэргитий? Эһиги сииһиккит, хобу-сиби эрэ мунньан, сыылла сыл­дьан, сыарҕа быатын кэрбээччилэргит! Суох, биһиэхэ, мин Африкабар маннык буолбатах! (Тохтуур. Остуолтан үрүҥ маасканы ылар. Өр ону эргитэ-урбата көрөр. Ылан кэтэн көрөр). Көр, көр миигин… Мин сирэйим эмиэ маҥхайда… Эмиэ эһиэнин курдук… Мин эмиэ үрүҥ субалаахпын… Эмиэ эһиги курдукпун… (Мааскатын устар). Тугун бэрдэй бу мааска диэн сирэй саптыылара. Кэтэн кэбистиҥ да – барыта уларыйар, өйүҥ-санааҥ, кимтэн да куттаммат, кимтэн да сааппат буолан хаалаҕын. Бу үрүҥ хортуону ылан сирэйгэр кэттэххинэ. Суобас диэн тугуй, сиэр-майгы диэн тугуй? Ол да иһин ордук эһиги, дьахтар аймах өттө, араас үҥкүү­лээх бааллары, маскарааттары сөбүлүүр буоллаххыт эбээт! Кистэһэн уураһаары, кистэһэн тутуһаары, убахтаһаары! (Мааскатын эмиэ эргитэр-урбатар, көрөр-истэр. Кэтэр. Онтон эмиэ устар). Үчүгэйэ бэрт дии!.. Кэтэҕин-устаҕын… Оҕо сылдьан, маҥнай Лицейгэ киирэн баран бииргэ үөрэнэр оҕолорум элэктииллэрин уйбакка, мин эмиэ бу маасканы устарым курдук, бу мин кимҥэ да, туохха да маарыннаабат сирэйбин саралыы тардан, хастаан ылан, быраҕан кэбиһиэхпин баҕарар этим… Барыта бүттэ… (Сиэбиттэн сурук таһаарар). Нева… Хара Үрэх… Ахерон… Сарсын бу сурук кырдьаҕас Геккерҥҥа барар… Аны кэлэн кинилэр ханна да куотар кыахтара суох. Силлибэт сирдэриттэн ыллараллар. Аны кэлэн кини­лэргэ кэлэр сирдэрэ кэлии үүтэ, барар сирдэрэ баҕана үүтэ буолар. Нева уҥуор… Хара Үрэх… Дуэль… Онтон Ахерон… Өлүү уутун үрэҕэ… Эбэтэр Стикс… Тыылаах Харон оҕонньор аргыый аҕай эрдэн уҥуор туоратыа… (Суругун остуолга элитэр. Ынчыктыыр). Натали… Миигин эдэр сырыттахпына биир көрбүөччү эмээхсин таптыыр дьахтаргыттан өлүөҥ диэбитэ… Онтон ылата мин наар, өрүү эйигин эрэ көрдүүбүн – эйигиттэн өлөрбүн билэ-билэ, эйиэхэ эрэ тиийэ сатыыбын – Мин Наталим, мин Дона Аннам, мин Парашам, мин Шамахан кыыһа сарыыс­сам… Ол эрээри эн биһикки ардыбытыгар өрүү – Нева… Хара Үрэх… Ахерон… Эйигин мин Орфей курдук ырыа ыллаан, Өлүү уутун уҥуордаан сырдыкка, олоххо таһааран иһэн – кэннибин хайыһан эргиллиэ суохтаахпын умнан, алҕаска ханна бааргын көрөөрү эргиллэн кэбиһэн сүтэрэн, хаалларан эрэбин үйэ-саас тухары мин Эвридикам – Натали… (Ытыыр. Натали сирэйигэр маасканы кэтэрдэр). Эн билигин эмиэ уруккуҥ курдук таҥараҕын… Эн эмиэ ол онно таҥараларгар төнүннэҕиҥ – ол мин Лицей пааркатыгар оҕо сылдьан көрбүт таас таҥараларбар… Эһиги, таас таҥаралар, өлөрү-өһөрү билбэккит, ол баар эһиги куһаҕаҥҥыт. Эһиги кистээн тыыннаах олоҕу олоруоххутун, дьоннор курдук үөрүөххүтүн-көтүөххүтүн, ытыаххытын-ыл­лыах­хытын баҕараҕыт, ол эрээри эһиэхэ ол хайдах кыаллыай?! Эн уҥуор тураҕын, онно – Нева, Хара Үрэх, Ахерон уҥуор. Оттон мин манна! Манна ытыыллар-соҥууллар, үөрэллэр-көтөллөр, тө­рүүл­лэр-ууһууллар, олох олороллор, ыалдьаллар, өлөллөр-сүтэллэр! Манна баар дьиҥнээх трагедия – киһи бу орто дойдуга тоҕо кэлбитиҥ, туох анал­лаах, туох дьылҕалаах кэлбитиҥ, онтуката туолбутун-туолбатаҕын көрдөрөр дьиҥнээх трагедия! Ону эһиги, таас таҥаралар, хантан билиэххитий?! Ким ону эһиэхэ биллэриэй-көрдөрүөй?! (Тохтобул.) Арай мин… Арай мин эрэ биирдэ… Мин эрэ биирдэ эйиэхэ тиийээри уҥуор тахсан Дон Гуан буолан кэлбитим… Өйдүүгүн дуо?.. Аман аатталбынан, хомоҕой хоһооммунан, ылбай ырыабынан эйигин тылбар киллэрэн, бэттэх сырдыкка, олоххо аҕалаары гыммыппар эн таас киһиҥ – Командорыҥ кэлэн, миигин тохтоппута. Биэрбэтэҕэ миэхэ эйигин… Мин уруккуттан билэр, сэрэйэр этим… Эн уруккуттан миэнэ буолбатах этиҥ… Эн киниэнэ этиҥ…

Уот уларыйар.

Дона Анна… Бу мин – эн Дон Гуаныҥ кэллим. (Пуш­кин Натали иннигэр сөһүргэстиир. Илиитин кини маас­канан сабыылаах сирэйигэр уунар.) Эн дуо бу, До­на Анна?.. Кэл, Дона Анна, кэл бэттэх… Уһул… Уһул…

Эмискэ атах тыаһа тыаһыыр. Сирэйигэр маас­калаах хара киһи киирэн кэлэр. Кини маас­ката – Пушкин өлүгүттэн ылыллыбыт мааска.

Кимҥиний эн бу?! Ким кэллиҥ, эн, манна бачча түүн?!

МААСКА. Миигин эн бэйэҥ ыҥырбытын, тойонуом…

ПУШКИН. Суох. Бу илэ буолбатах – түүл! Эн кимҥиний?!

МААСКА. Эн Командорыҥ.

ПУШКИН. Суох, бу түүл!

МААСКА. Эн бэйэҥ миигин ынырбытыҥ.

ПУШКИН. Мин айымньым, мин «Кыра траге­дияларым» «Таас ыалдьытыттан» кэлбит таас киһи – Командоргын дуо?

МААСКА. Оннук да диэхпин сөп.

ПУШКИН. Оччоҕуна тоҕо миигин таас илиигинэн ыга тутан өлөрбөтүҥ, Дон Гуаны өлөрбүтүҥ курдук? Мин ону эрэ кэтэһэ сылдьарбын ол аата бэйэҥ да билэ сылдьар буолуохтааххын.

МААСКА. Билэбин. Мин эйигин кытары кэпсэтэ кэллим бу түүн.

ПУШКИН. Тоҕо?

МААСКА. Эн миигин ииппитиҥ, улаатыннарбы­тыҥ – ол иһин махталбын этээри кэллим. Уонна… уонна биир көрдөһүүлээхпин…

ПУШКИН. Ол тугуй?

МААСКА. Ону кэлин.

ПУШКИН. Дьэ дьикти! Эн таас киһи – Командор миигин бэйэҥ тойоҥҥунан, аҕаҕынан ааҕарыҥ баар миэхэ дьиктитэ диэн.

МААСКА. Ол кырдьык.

ПУШКИН. Суох! Эн, кырдьык, миигин соһуттуҥ. Ол мин хайдах эйигин, таас киһини, сааххын-ииккин көтөҕөн иитэн таһаарбыппын кэпсээ эрэ, күлүөҕү.

МААСКА. Маҥнай мин кыра мааска эрэ этим. Эн кэпсиир баара суоҕа арап, негр сирэйгиттэн оҥоһуллубут мааска. Онтон эйигин кытары тэҥҥэ улаатан, эйигин кытары тэҥҥэ кыаҕыран аны таас киһи буолбутум. Барыта эн баҕаҥ хоту. Мин эн баҕаҕын барытын толорорго үөрэммитим. Онтон эн… Эн киниэхэ (Наталины ыйар) иирэн турбутуҥ. Кинини кэргэн ылбытыҥ. Мин ону бопсо сатаабытым да, оччолорго күүһүм-кыаҕым кыра этэ – хотторбутум.

ПУШКИН. Һы! Ол аата төттөрүтүн аны эн миигин киниэхэ күнүүлээн эрэҕин дуо?

МААСКА. Эн биһикки элбэҕи, өссө да элбэх үйэ­лээҕи айыахтаах этибит.

ПУШКИН. Бэйи эрэ… Ити аата тугуй? Эн аны мин айар үлэбэр, айымньыларбар эмиэ кыттыгастаах курдук саҥаран бардыҥ дуу? Аны билигин мии­гиттэн гонорар көрдөөн тураайаххыный?

МААСКА. Миэхэ эн эрэ наадаҕын.

ПУШКИН. Тоҕо?

МААСКА. Мин эйиэхэ барытын биэрбитим, аны эн миэхэ барытын аҕал.

ПУШКИН. Ол аата тугу? Уонна мин тоҕо эйиэхэ итэҕэйиэхтээхпиний – мин бу тиһэх түүннэрбэр, уһугулаан сылдьар кэммэр көстүбүт санаам күлүгэр? Тоҕо, туох иһин? Натали, эн бу күлүгү көрөҕүн дуо?

МААСКА. Суох. Кини миигин көрбөт да, истибэт да.

ПУШКИН. Оччоҕо бу барыта мин өйбөр-санаабар эрэ көстөр дуо?

МААСКА. Ол иһин кэллим мин эйиэхэ. Эн миигин көстөр гын. Миэхэ таас дуу, боруонса дуу илэ көрүҥнэ, киэптэ биэр.

ПУШКИН. Һэ! Ехеgi monumentum… Мин өйдө­бүнньүк туруоруннум бэйэбэр…

МААСКА. Ити хоһооҥҥун миэхэ биэр.

ПУШКИН. Оччоҕо?

МААСКА. Оччоҕо мин эн мэҥэ тааскар иҥэн саас-үйэ тухары туруом этэ.

ПУШКИН. Оччоҕо эн манна баара-суоҕа итини ылаары илии охсуһа кэллэҕиҥ дии? Арай мин сөбүлэһимиим?

МААСКА. Эн ханна да барар кыаҕыҥ суох.

ПУШКИН. Ол аата хайдах?

МААСКА. Оттон… ону эн бэйэҥ да билэҕин.

Тохтобул.

ПУШКИН. Ол аата… ол аата бу барыта эн оҥоһууҥ дуо?

МААСКА. Оннук да диэххэ сөп.

ПУШКИН. Тоҕо?

МААСКА. Мин эйигин улуу поэт оҥордум.

ПУШКИН. Эн… эн оччоҕо кимҥиний – музаҕын дуо? Хомойуох иһин, музаҕа ханан да маарыннаабаккын. Оччоҕуна ол мин арап, негр сирэйим күлүгэ эрэ көмөлөһөн поэт буоллаҕым дии?! Туох да Үрдүк Айыылар кыттыгастара суох, аҥардас хайа эрэ атын, туспа сирэйбинэн?!

МААСКА. Оннук.

ПУШКИН. Бар. Бар мантан! Хантан кэлбиккиний да, онон тахсан бар! Дьүгэлий!

МААСКА. Оччоҕуна эн манна ити эйигин таҥнаран биэрбит таҥараҕынаан хаалар буоллаҕыҥ дии? Ким дииллэрий, оҕолоор, били киһибит, күтүөппүт – ээ, Дантес, Дантес! Кырдьык, уол оҕото, үрдүгэ хаара, дьүһүнүнэн үтүөтэ – ама биһиэхэ тэҥнээх буолуо дуо? Көмүс эппилиэттээх үрүҥ кителин да ылан көр! Кавалергард! Баайын туһунан этэ да ба­рыллыбат – барон уола.

ПУШКИН. Эн кимҥиний?

МААСКА. Эппитим дии – эн бэйэҥ ииппит, бэйэҥ улаатыннарбыт киһиҥ, пардон, күлүгүҥ буолабын. Көннөрү күлүк буолбатах – эйиэхэ айар уоту ума­тар, өй угар күлүк буолабын.

ПУШКИН. Айар уоту уматар диигин да тоҕо эйигиттэн тымныы кэлэрий? Тоҕо эйигин кытары кэпсэттэхпинэ, мин эппэр-сүрэхпэр тымныынан аҥылыйарый? Суох, мин эйигин билэр курдукпун… Онно мин сүрэҕим эмиэ маннык нүөлүйбүтэ, этим-сааһым эмиэ маннык аһыллыбыта – ол онно, кырдьык, эн баар этиҥ. Олох бу баар курдук ону өйдүүбүн: Таҥара дьиэтин алтаарын иннигэр мин Наталибынаан эр-ойох буолаары бэргэһэлэнээри турабыт. Онно ким эрэ көстүбэт илиибин хамнатан, мин тутан турар кириэспин сиргэ түһэрбитим… Биһиги иккиэн ыгылыйан хаалбыппыт – бу тугуй, хайдаҕый диэн. Оттон аны биһилэхпит сиргэ төкүнүйэр. Оттон алтаар иннигэр чүмэчи умуллар… Ол барыта эн, эн этиҥ… Мин эйигин биллим…

МААСКА. Ол да сэрэтэ сатаабытым үрдүнэн эн кинини ойох ылбытыҥ. Кинини кэргэн ылбатаҕыҥ буоллар манныкка тиийиэҥ суоҕа этэ.

ПУШКИН. Суох. Мин эйигин сөпкө да таайбыт эбиппин. Мин, Дон Гуан, онно эйигиттэн өлбүтүм – таас киһиттэн, Командортан! Эйигиттэн – Дона Аннаттан буолбатах! Оннооҕу ардахтаах күһүҥҥү түүн Болдиноҕа эмиэ эн кэлэ сылдьыбыт эбиккин миэхэ. Онно мин Дон Гуаннаах «Таас ыалдьыппын» суруйбутум. Ити мин хоһоонунан суруйбут тиһэх драмам этэ…

МААСКА. Ити дии! Хайдахтаах курдук айымньыны мин баар буолан суруйбут эбиккиний! Мин онно эйиэхэ ити акаары кэргэннэниигин тохтотоору кэлэ сылдьыбытым. Оннооҕор үс ый устата тула өттүгүттэн холеранан, дьаҥынан, өлүүнэн-сүтүүнэн хааччахтаан хаайан олорбутум. Кыаллыбатаҕа – онно мин олох мөлтөх этим… Ол эрээри мин баар буоламмын эн өссө төһөлөөх айымньылары суруй­буккунуй – ол онно хаайтаран олороҥҥун? «Таас ыалдьыттан» ураты «Кэччэгэй рыцарь», «Чума ортотугар малааһын», «Моцарт уонна Сальери». Хайдаҕый?! Атын киһи эбитиҥ буоллар махтаныах этиҥ.

ПУШКИН. Онно эн атын сирэй саптыылаах этиҥ.

МААСКА. Ол эмиэ эн үөрэҕиҥ. Кэлин күүһүрэн баран мин оннооҕор алтан тимир аттаах улуу киһи буолбуппун эн эмиэ бэркэ билэҕин.

ПУШКИН (соһуйар, Маасканы көрө түһэр). Ол эмиэ эн эбиккин!.. Мин Парашам… Кини уҥуор, бу халааннаабыт Нева уҥуор… Хайдах киниэхэ тиийэбин, хайдах бу иирбит долгуннары туораан мин таптыыр Парашабын быыһыыбын?! (Наталига тиийэ сатыыр да, туох эрэ көстүбэт хааччах кинини антах ыыппат). Натали! Мин Парашам! Уһул, уһул ити үрүҥ мааскаҕын, ити өлөр өлүү сирэй саптыытын! Уһула оҕус түргэнник! Ити өлүү бэлиэтэ!

Натали хамсаабат.

Суох, хойутаатым… Мин хойутаатым… Мин тапталлаах кыыспыттан Парашаттан маттым… (Маас­каҕа). Ити барыта эйигиттэн! (Иирбит харахтарынан аргыый аҕай Маасканы сыныйан көрөр). Ити барыта эйигиттэн… Байҕалтан былдьаан ылан тыһыынчанан дьон уҥуоҕун үрдүгэр бу уу ыла турар куоратын туттарбыт Улуу тутааччы… Үөр-көт, өрөгөйдөө!.. Эн кыайдыҥ… Эн мин Парашабын эмиэ былдьаатыҥ… (Эмискэ охсоору далайар. Онтон иирбиттии тула сүүрэн киирэн барар. Онтон төбөтүн туттубутунан охтон түһэр).

Тохтобул.

МААСКА. Эн эмиэ онно киниэхэ (Наталины ыйар) уҥуор, Парашаҕар бара сатаан халааннаабыт Нева өрүһү кытары өрө тустубутуҥ… Өссө миэхэ кэлэн бу куһаҕан сиргэ куорат тутаҥҥын таптыыр дьахтар­бын байҕалга былдьаттыҥ диэн кыраабытыҥ. Ону мин хайыахпыный – тимир аппынан тимир бэйэм эйигин эккирэтэн өйгүн көтүппүтүм. Онно эн аатыҥ Евгений диэн этэ. Эн эмиэ мин курдук атын сирэй саптыылаах этиҥ.

ПУШКИН. Онно мин Болдиноҕа иккис күһүнүм этэ. Өйдүүбүн ону. Эмиэ күһүҥҥү ардахтаах түүн түннүкпүн ким эрэ тоҥсуйан ааспыта. Банаар тутан, плащпын бүрүнэн таһырдьа тахсыбытым, ким да суох этэ… Онно эмиэ этим-сааһым бу билигин курдук аһыллан ылбыта. Ол Нева халаана билигин тиһэх мотуок уута буолан барыбытын да тимирдэн эрдэҕэ… «Алтан аттаах киһи». Ити мин тиһэх поэмам этэ…

МААСКА. Уонна дьэ эн мэлдьэс! Мин эйиэхэ айар илбиһи иҥэрэбин. Ону эн кини диигин. (Наталины ыйар). Кини суоҕа буоллар өссө да төһөлөөх элбэх айымньыны суруйуо этибитий?!

ПУШКИН. Миэхэ сыста сатаама. Эйигинэ суох өссө ордук тахсыа этэ.

МААСКА. Буолумунаҕын! Ити эн соруйан би­линимиэххин баҕараҕын. Ол биллэр. Дьиҥинэн ити айымньылары барытын эн миэхэ анаабытыҥ.

ПУШКИН. Айдаарыма!

МААСКА. Оо, өй-санаа татыма диэн бу буолар эбит буоллаҕа!.. «Таас ыалдьыт» диэн ааттаах драмаҥ эн ааккынан «Дон Гуан» диэн буолбатах. Мин ааппынан. «Таас ыалдьыт» диэн. Ол мин. Онтон «Алтан аттаах киһи» диэн поэмаҥ «Евгений» диэн эн ааккынан буолбатах. Мин ааппынан – «Алтан аттаах киһи». Ол кимий? Мин. Өссө миэхэ эн бэйэҥ остуоруйаҕын анаабытыҥ – «Кыһыл көмүс бөтүүк туһунан остуоруйаны».

ПУШКИН (эмиэ соһуйар). Хайдах?.. Ол эмиэ эн этиҥ дуо?.. (Сыныйан көрөр. Толкуйдуур). Кырдьык… Кырдьык… Ол эмиэ эн, эн этиҥ…

МААСКА (астынар). Ити остуоруйаҕын эн «Дадон ыраахтааҕы» диэн бэйэҥ ааккынан тоҕо эрэ ааттаабатаҕыҥ. Миигин итиннэ эн кыһыл көмүс өҥөй бөтүүк оҥорбуккуттан мин отой да өһүргэммэппин – улахан эбит! Хата эн кырдьан-бохтон Дадон ыраахтааҕы буолан, иккитэ миигит­тэн өл­бүккүн умнан, Шамахан кыыһа сарыыссаҕын миэхэ биэримээри тииһэҥҥин миигиттэн өлбү­түҥ. Иккитэ миигиттэн өлбүккүн өлбүт уолаттаргынан сирэй саптан, ханарытан суруйбутуҥ.

ПУШКИН (өрө көтө түһэр). Кырдьык!.. Натали! Мин Шамахан кыыһа сарыыссам! Натали! Уһул, уһул диибин мааскаҕын, уста оҕус! Миигин кини, кини кыһыл көмүс бөтүүк буолан тоҥсуйан өлөрбүтэ! Уста оҕус мааскаҕын!

МААСКА. Ыксаама, доҕоччуок. Таах хаалары айдаарыма. Кини эйигин отой да истибэт. Кини таас таҥара. Көрбөт харах, истибэт кулгаах, саҥарбат айах. Эн Шамахан кыыһа сарыыссаҥ.

ПУШКИН. Ити мин Болдиноҕа үһүс тиһэх күһүммэр этэ… Онно мин ити остуоруйаттан ураты тугу да айбатаҕым. Ити мин тиһэх остуоруйам этэ…

МААСКА. Бэйэҥ буруйдааххын. Эн миигиттэн онно арахса сатаабытыҥ.

ПУШКИН. Ол иһин эн миигин өлөрө сатаабыт эбиккин онно. Мин Петербурга төттөрү айанныырбар үрэҕи туоруур муоста каретабын уйбакка түөрэ эргийбитэ. Ол эн оҥоһууҥ эбит дии…

МААСКА. Дьэ уонна миигиттэн араҕыс. Эн биһиккини иккиэммитин туох да араарар кыаҕа суох. Ама ити эн кэргэниҥ буолуохсут буолуо дуо?

ПУШКИН. Эн кинини тыытыма!.. Өйдөөтүҥ дуо, тыытыма!.. Элбэх сирэй саптыылаах кимҥиний эн? Аанньал буолбатаххын, абааһыгын, илэ абааһыгын!

Мефистофель диэн ааттанан эн кэлбитиҥ Фаустка, эн кэлбитиҥ Моцартка – Хара киһи буолан.

МААСКА. Чэ, буоллун даҕаны. Ол эрээри миигинэ суох искусство диэн ааттанар үрдүк айыы айыллыбат. Ол баар! Туох эмит дьиҥнээх кэрэ, саас үйэ-тухары умнуллубат айымньы айылларыгар миигинэ суох сатаммат. Син биир тууһа-тумата суох миини иһэр курдук туга эрэ тиийбэт буолар.

ПУШКИН. Суох, айака! Дьүгэлий эн мантан! Миэхэ барыта бүтэн, быһаарыллан турар. Атын киһиэхэ баран араатардаа! Поэт, художник, музыкант манна кырыы кырыытынан!

МААСКА. Миэхэ ким да атын наадата суох. Эйиэ­хэ эрэ анаан мин кэллэҕим дии. Атыттар диэхтээн – эрэйдэммиккэ туһа суох. Тыстара кылгас буоллаҕа. Оттон эн! Эйигинниин киирсибит, эрэйдэммит да санааҕа астык. Мин бу түүн эйиэхэ тиһэх төгүлүн кэллим – ити таҥнарбыт таҥараҕыттан аккаастан диэн. Кини эрэ буккуйар эйигин. Эйиэхэ мин өссө да уһун олоҕу, айар илбиһи иҥэриэм турдаҕа. Мин билэбин, мин барытын билэбин. Үһүс сылгар барда – эн тугу да күттүөннээҕи суруйбакка сылдьарыҥ. Эйигин поэт быһыытынан бүттэ, күммүт умулунна диэн манна бары айдаараллар, хаһыаттарга суруйаллар. Поэт өллө, арай куһаҕан ыстатыйалары эрэ суруйар, сурунаал эрэ таһаартарар суруналыыс үөскээтэ дииллэр. Суох. Аны билигин кинилэр тохтуулларыгар тиийэллэр. Мин эйиэхэ айар тэтими, илбиһи аныам.

ПУШКИН. Онно манньата тугуй? Эн обургу босхо тугу да оҥорбот буолаахтаатаҕыҥ.

МААСКА. Кыра. Баара суоҕа биир кыра көрдө­һүү. Эн мантан инньэ айар хоһоонноргор, айым­ньыларгар бу иннинэ суруйбут итии тапталгын сойутан, ириэнэх хааҥҥын тымнытан, сырдыккын хараҥардан, олох сүпсүлгэнин бытаардан, бу би­һиги тымныы таас эйгэбитигэр чугаһатан суру­йуохтааххын. Биһиги эйиэхэ ону барытын өйдөтөн биэриэхпит турдаҕа.

ПУШКИН. Арах миигиттэн!

МААСКА. Өйдөн, акаарыа! Эн билигин төһөлөөх иэскэ-күүскэ киирэн сылдьаргын биһиги эмиэ барытын билэбит. Онтон хайдар аҥара барыта хаартыга сүүйтэрэн. Эн биһиги билэр күөлбүт ба­лыга буоллаҕыҥ эбээт! Бу манна тулаайах хаалларар иитимньилэргэр тугу да хаалларбакка барар сүрэ бэрт буолбатах дуо?

ПУШКИН. Ол эмиэ эһиги көмөҕүтүнэн буоллаҕа дии – мин үгүс иэскэ киирбитим?

МААСКА. Оттон хайыахпытый – наһаа хаҥыл, айаас сылгыны тугунан эрэ сыһыталлар дии, син ол кэриэтэ буоллаҕа. Оттон эн биһиги этиибитин ылыннаххына – байар аакка барыаҥ. Көнүл, байылыат, тот олоҕу көҥүлүттэн тутуоҕуҥ. Хайа, хайдаҕый? Оҕолоруҥ тоттук, көҥүллүк улаа­тыахтара.

ПУШКИН. Мин биллим эйигин! Эн, миэхэ Болдиноҕа үстэ кэлэ сылдьыбыт хара күлүк, Киристиэс Таҥараҕа кэлэн эмиэ маннык үс төгүл араастаан киирэн иннин ыла сатаабытыҥ. Ол кыаллыбатаҕа, өйдөөтүҥ дуо, кыаллыбатаҕа! Арах миигиттэн, сатана, арах диибин!

МААСКА. Чэ, сөп. Биллиҥ, биллиҥ, бэринэбин. (Мааскатын устар. Сирэйэ хап-хара күлүк). Өссө эбэн этиэҥ этэ – киһи аймах олох саҥа үөдүйэн эрдэҕинэ мин кэлэн эйигиттэн – Адамтан да, эһи­ги Таҥараҕытыттан да кистээн, эн Еваҥ төбөтүн иирдэн, иннин ылан, халыҥ аньыыны оҥорторон ырайтан үүрдэрбитим.

ПУШКИН (төбөтүн хам туттар, ынчыктыыр). Эн, эн эрэ бааргын – биһиги олохпутун түҥнэри ыспыт, сырдык эрэлбитин, ыра санаабытын сиргэ-буорга тэпсибит! Эн, эн эрэ бааргын! Бар, мантан, арах! Дьүгэлий! Сырдык Тойон Таҥара аатынан этэбин – арах! Дьүгэлий! (Кириэс охсор). Дьүгэлий диибин!

МААСКА. Сөп-сөп, тохтоо-тохтоо! Баран эрэбин. Билигин барыта билиннэ. Мин аман өспүн, мин элэ тылбын ылымматыҥ. Чэ, аны көрсөрбүт биллибэт. Быдан дьылларга бырастыы буоллун.

ПУШКИН. Сымыйалаама…

МААСКА. Тугу?

ПУШКИН. Эн биһикки өссө биирдэ көрсүөхпүт.

МААСКА (соһуйбута буолар). Бай, ол ханна?

ПУШКИН. Ону эн бэйэҥ миигиннээҕэр ордук билэҕин.

МААСКА. Чэ, эрэ, кэпсээ эрэ, ол ханна?

ПУШКИН. Эргэ куорат кэтэҕэр… Хара Үрэххэ…

МААСКА. Ону эн эмиэ билэҕин… Суох, мин эйи­гин билиҥҥээҥҥэ диэри үчүгэйдик билбэккэ сыл­дьар эбиппин… Онно чэ, эт, – хайабыт кыайыай?

ПУШКИН. Ону эмиэ эн бэйэҥ миигиннээҕэр ордуктук билэҕин.

МААСКА. Чэ, ону өссө көрүөхпүт.

ПУШКИН. Бу сурук сарсын эһиэхэ барыа. Секун­даннаргытын түргэнник ыыта охсооруҥ. Сүүрбэ хаамыыга тэйсэбит, онтон биэстии хаамыы чугаһыыбыт, маҥнайгы ытыыны ким баҕарар оҥоруон сөп. Чэ, дьүгэлий! (Суругу Мааска сирэйигэр быраҕар).

Уот сырдыыр. Мааска сирэйиттэн хара са­быытын устар. Ити Дантес. Утарыта тураллар. Дантес маҥнайгынан ытар. Пушкин аргыый аҕайдык охтон түһэр. Дантес барар. Натали туран кэлэр.

ПУШКИН. Барыта бүттэ… Нева… Хара Үрэх… Ахерон… Тоҕо барыта маннык буолан хаалла биһиги олохпутугар, Натали?.. Тоҕо эн биһикки өрүү уҥуор турабытый, тоҕо өрүү эн биһикки ардыбытыгар Өлүү уута сүүрэрий?.. Мин эйиэхэ уҥуор устан тиийиэхпин баҕарбытым… Ханнаный кырдьаҕас Харон оҕонньор? Хаһан кини миигин уҥуор эйиэхэ туоратар?.. Мин Наталим, мин Дона Аннам, мин Парашам, мин Шамахан кыыһа сарыыссам… Эн ырыаһыт Орфейыҥ эйиэхэ барда, мин тапталлаах Эвридикам… Натали… Мин эйигин дьэ көрдүм, мин Таҥарам, мин Афродитам… Кэл, куус миигин, уураа, мин таҥарам… Бу мин олоҕум тиһэх бүтэһик айымньыта буолуохтун… Эн уоһуҥ сылааһын мин уҥуор антах олох да, өлүү да суох сиригэр таас таҥаралар сирдэригэр илдьэ бардаҕым… Быдан дьылларга бырастыы… мин Наталим… мин таҥарам…

Пушкин өлөр. Наталита аргыый аҕай киниэхэ чугаһыыр. Мааскатын устар. Пушкиҥҥа кэтэрдэр. Оттон бэйэтэ Пушкин өлүгүн мааскатын кэтэн ки­ни аттыгар таас статуя курдук тобуктаан олорор. Хараҥарар.

Быыс

Сиэн Өкөр
Чолбон. – 2019. – Бэс ыйа

Ыһыах былыргыта уонна билиҥҥитэ

Саха сирин үрдүнэн 1990-с сыллартан былыргы ыһыах үгэстэрин сөргүтүү саҕаламмыта. Итини Лазарь Андреевич Афанасьев–Тэрис, Роберт Никифорович Петров, Вильям Федорович Яковлев уо.д.а. иилээн-саҕалаан ыыппыттара. Киһи оччолорго ыһыах туһунан өйдөбүлү сүрүннээн «Ыһыах үгэһэ» диэн аччыгый буклеттартан ылара. Онно эбии мин нуучча айанньыта уонна учуонайа Якоб Линденау үлэтин ааҕарым. Учуонай ити үлэтин толору көрүҥэ Саха сиригэр билигин да тахса илик, көннөрү ахтыылар эрэ бааллар. Ситэри-хотору Магадаҥҥа бэчээттэнэн турар.

Кымыс. Онон былыргы ыһыах хайдах саҕаланарын кэпсиир буоллахха, маннык. Ыһыах маҥнайгы үгэһэ биэни ыаһынтан саҕаланар. Биэ ыанна да – кымыс бэлэмнэнэр. Бу кымыстары сири иһиккэ кутан ураһа иһигэр туруоран көөнньөрдөллөр уонна дөрүн-дөрүн билгитэллэр. Оччотугар утахтарын иһигэр салгын үөскүүр уонна амсайдахтарына тылларын аһытан кымыстыыр буолар. Ыһыаҕы тэрийээччилэр кымыстара туһааннаах кэмигэр ситэрин итинник билэллэр.

Бу уруһуйга көрөргүт курдук, ол түгэххэ көҕүөр иһит турар, оттон сиргэ манчаары оту тэлгэппиттэр. Үгэс толорооччулар бэргэһэлэрин кулгааҕын арыйбыттар, ол аата «истэбит» диэн өйдөбүллээх. Бу курдук ыһыах буолуон иннинэ саастаах дьон мустан кымыһы амсайаллар, ыһыах сүрүн утаҕа табыллыбытын-табыллыбатаҕын быһаараллар эбит.

Күнү көрсүү. Бэс ыйын 21–22 күннэрэ. Кырдьаҕастар кымыстарын амсайан көрөн баран, дьэ, күнү көрсө диэн тахсаллар. Манна кымыстаах сири иһиттэрин баҕахха (икки сылгы төбөлөөх анал баҕана) ыйыыллар. Өйдөбүлэ – сир икки халлаан икки ардыгар диэн. Салгыы күн сардаҥата туһааннаах сиргэ тиксэрин кэтэһэллэр. Улахан саҥа-иҥэ суох, бары иһийэн сылдьаллар. Санатар буоллахха, былыр күнү көрсүүгэ аҕыйах киһи, ыһыах сүрүннээччилэрэ эрэ баар буолаллар.

Алгыс түһэр кэмэ диэн туспа сиэрдээх-туомнаах. Тоҕо бэс ыйын 21–22 күннэригэр диир буоллахха, ити кэмҥэ күн муҥутаан өрө көтөр кэмэ. Өбүгэлэрбит ону бэркэ диэн билэллэрэ. Алгыс бу кэмҥэ саҕаланар. Билигин итини эмиэ барытын тутуһа сатыыллар эрээри, былыргы өттүгэр эбии икки сэргэни туруораллар эбит. Бу сэргэлэр аналлара – күн халандаарын оруолун толоруу. Ол аата бу кэмҥэ, күн халлаан муҥур оройугар тахсар түгэнигэр, сэргэттэн сиргэ хаһааҥҥытааҕар даҕаны кылгас күлүк түһэр. Сорох кэмҥэ сэргэнэн буолбакка, ураһа оройунан эмиэ сирдэтэллэрэ үһү. Ол курдук маҥнайгы сэргэттэн (сороҕор ураһа оройуттан) түспүт күлүк оннугар иккис сэргэни туруораллар. Онтон иккис сэргэ күлүгэ түспүт сиригэр маҥнайгы бэлиэни сиргэ батары охсоллор. Ол аата мантан инньэ күн кылгаан барар диэн буолар. Ол бэлиэлэринэн уоннуу хоно-хоно таас уурдахтарына, өбүгэлэрбит төгүрүк (спиралевидный) халандаардара тахсан кэлэр. Ыһыах суолтата итиннэ эмиэ сытар. Былыргылар күннэрин-дьылларын айылҕа көмөтүнэн оннук ыйдаран ылаллар.

Ити кэмҥэ күнү көрсүү, алгыс сиэрэ-туома ыытыллар. Биллэн турар, уйгу-быйаҥ олох туһугар үөһэлэргэ тыл-өс этиллэр, көрдөһөллөр. Аны ыраах алааска олорор дьонуҥ ыһыах күнэ чугаһаата да эмиэ сэргэлэрин күлүктэрин манаан бараллар. Күн ортото (12 чааска) күлүгэ кылгыыр кэмин көрөн, ыһыах хаһан ыһылларын билэ-көрө, бэлэмнэнэ сылдьаллара. Биллэн турар, үгүс дьоҥҥо анал ыҥырыы тиийбэт, онон кинилэр итинник сөпкө уонна сыыстарбакка дьаһаналлар. Ити туһунан үөрэхтээхтэр да суруйаллар уонна Адюм Михайлович Рафаилов кыыһынаан Мариялыын бу биһиги Өлүөнэбит петроглифтарыттан (таас, боруонса үйэтинээҕи хайа уруһуйдара) көрөн эмиэ таһааран тураллар.

Чэчир. Ити курдук күнү көрсөн, ыһыах алгыһын түһэрэн баран салгыы чэчир анньаллар. Сорох дьон чэчири түөрэн аҕалан үүннэрэр туһунан тыл ыһыкталлар. Ити төрдүттэн сыыһа. Чэчири хаһан даҕаны ыһыах ыһар сирдэригэр олордубаттара, быһан аҕалан сиргэ туруору анньаллара. Өбүгэлэрбит өйдөбүллэригэр манна алдьаммыт, антах тыыннаах диэн буолар. Ол эбэтэр быһыллыбыт чэчир өлбөт, кини үөһэ дойдуга син биир тыыннаах тиксэр диэн суолталаах. Сиэр-туом кэмигэр үөһэнэн көтөрдөр ааһар түбэлтэлэригэр, ыһыахчыттар ити өбүгэлэрбит куттара-сүрдэрэ сылдьаллар диэн олус үөрэллэрэ, астыналлара. Түһүлгэ чэчирдэрин ыһыах кэннэ ыраастыыллар, кэнэҕэскитин бу сиэри-туому ыытарга аһаҕас буоларын туһугар дьаһаналлар.

Тоҕой сэлэ. Бу аччыгый кулун сэргэлэрэ. Бу сэргэлэргэ ситии тардыллар уонна ол ситиигэ хараҕаланар. Хараҕаларга кулунчук суларын (бас быатын) баайаллар. Өбүгэлэрбит үөһэлэртэн Дьөһөгөй оҕото хаҥыырын, төрүөх кэлэрин туһугар сиэр-туом толорууларын биир эмиэ ураты бэлиэтэ. Былыр-былыргыттан ыһыах хаһан баҕарар сылгыны кытары сыһыаннаах, биир кэм киниэхэ туһаайыллар. Манна сүөһү, ыт, оннооҕор ойуун эҥин өйдөбүллэрэ хаһан даҕаны кыттыспаттар. Үгэс быһыытынан хайаан даҕаны анаан симэммит хара уонна маҥан аттар баар буолаллар. Хара ат суолтата үөһэ куйаары кытары ситими үөскэтэр, оттон маҥан ат сирдээҕи олоҕу көрдөрөр. Былыргылар сылгыга олус улахан суолтаны биэрэллэрэ. Кинилэргэ Дьөһөгөй оҕото аҥаардас миинэр миҥэ эрэ буолбакка, чараас эйгэни, куйаары, түгэх өбүгэлэри кытары быһа ситими үөскэтэрэ. Итинник 13 тоҕой сэлэ сэргэлэрэ биһиэхэ Холболооххо билигин даҕаны тураллар. Тус бэйэм санаабар, билиҥҥи ыһыахха сылгы суолтатын өссө үрдэтэн иһэр оруннаах буолуох этэ.

Биэс кыһыҥҥы ый. 2010 сыллаахха Маалтааныттан холбука көстөн турар. Бу холбука олус сэҥээрдибитэ диэн – ойуутугар биэс дьахтар харахтарын быһа симэн тураллар. Былыргы уус сэлии муоһуттан кыһан, анаан-минээн ыһыах тэрээһинин көрдөрбүт. Биэс дьахтар сахалар аата суох кыһыҥҥы ыйдарын көрдөрөллөр – алтынньы, сэтинньи, ахсынньы, тохсунньу, олунньу. Ыһыах аһыллыытын сиэрин-туомун толоруу кэмигэр былыр биэс дьахтар кыыдааннаах кырыа кыһын ааспытын көрдөрөн, ити холбука ойуутун курдук, харахтарын быһа симэн, иһийэн тураллар. Онтон алгыс сиэрэ-туома бүппүтүн кэннэ самаан сайын кэлбитин уруйдаан харахтарын арыйаллар, бэргэһэлэрин усталлар уонна оһуохай саҕаланар. Бу Маалтааны холбуката билигин Ойуулуур-дьүһүннүүр музейга харалла сытар.

Моҕол ураһа. Сахалар биир мааны тутуубут, ыһыахпыт эмиэ биир сүрүн оҥоһуута. Аныгы сахалар бу тупсаҕай уонна баараҕай тутуу өйдөбүлүн эмиэ сыыһа ылына сылдьабыт. Дьон моҕол диэн тылы монгуол диэн тылга ханыылаан, бу омугу кытары ситиммит курдук саныыллар. Ити эмиэ төрүт сыыһа. Моҕол диэн туос дьүһүнүн ааттыыллар. Ону бүлүүлэр миэхэ быһааран турардаахтар – кинилэр итинник туос дьүһүннээх сылгыны ааттыыллар эбит. Сахалар билиибит үгүс өттө итинник кытыы сирдэрбитигэр иҥэн хаалбыта баар суол. Тылы, өбүгэ өһүн суолтатын билиэххин баҕарар буоллаххына, бэйэбит испитигэр көрдүүр оруннаах. Сорох дьон ураһа барыта туос буолар дии саныыр. Дьиҥэр, былыр хатырык, оннооҕор буор ураһалар баар буола сылдьыбыттара эмиэ биллэр. Биллэн турар, ити киһи кыаҕыттан, баайыттан-дьадаҥытыттан эмиэ тутулуктаах эрээри, Моҕол ураһа, аата да этэрин курдук, хаһан баҕарар туостан оҥоһуллар. Ол иһин Моҕол ураһаны баараҕай уонна туос ураһа курдук өйдүүр, ылынар оруннаах.

Манчаары от. Былыр алгыска туттуллар олус үчүгэй сыттаах, уу кытыытыгар үүнэр оту тутталлара. Бу от ыһыах саҕана ситэр буолан, сиэргэ-туомҥа туттуллара. Кымыһы хамыйаҕынан буолбакка, сири иһиккэ манчаары оту уган илитэ-илитэ, онон түөрт хайысханан ыһаллара. Эппитим курдук, сыта-сымара олус мааны, хайа да окко майгыннаабат ураты үтүө. Хомойуох иһин, манчаары от билигин олус сэдэхтик көстөр буолла. Андаатар кыыл бу оту эстэ дииллэр. Ол да буоллар биирдиилээн онон-манан син үүнэр.

Тыгын Тойон. Дойдуһа Дархан, Мунньан Дархан диэн тимирдээх дьон буолаллар. Дар­хан – уус диэн суолталаах. Бу дьонтон Тыгын Тойон төрүүр. Тыгыны хаһан даҕаны Дархан диэбэтэхтэрэ. Ити кэлин киирбит өйдөбүл. Тойон диэн атын омук тылыттан итэҕэли тарҕатааччы диэн өйдөбүллээх.

Тыгыныҥ өбүгэтиттэн ылбыт билиитин кэҥэтэн, ыһыаҕы Саха сиригэр бүттүү­нүгэр тарҕаппыта. Ол иһин кини сэргэ, ураһа туруорар, сахаларга маннык итэҕэл, бу курдук үгэс баар диэн көрдөрөр. Кини итинник ыһыах күн көрү-нары, араас күрэхтэһиини тэрийэн ыытар. Манна хорсуттары-хоодуоттары, быһыйдары-сымсалары, күүстээхтэри-уохтаахтары сүүмэрдииллэр. Маны таһынан бу күн кэргэн-ойох ылсыыта, инникитин илии охсуһуу түстэнэр. Ол аата сахалар итинник салгыы ууһуур-тэнийэр суолга үктэнэллэр. Былыргы ыһыах өйдөбүлэ, суолтата итиннэ эмиэ сытар. Билигин Тыгын өйдөбүлүн сыыһа сыаналааһын барда. Дьиҥэр, кини – Саха сиригэр ыһыаҕы тарҕатааччы. Тыгын сылдьыбыт сирин аайы биир кэм ыһыах, ыһыах, ыһыах… Кинини биһиги Дархан диэн буолбакка, Тойон диэхтээхпит, ити дьиҥ өйдөбүлү биһиги тутуһуохтаахпыт.

Тыгын оонньуута. Тыгыҥҥа 40 этэрээттээх, онно анаан дьону таларыгар маннык күрэхтэһии тэрийэр эбит. Бу дьону сэрииһит эрэ курдук көрөр эмиэ дубук. Кинилэр истиэп, тоҥус дойдуларын эҥин диэки атыы-эргиэн ыыта баралларыгар тойонноругар хара­был быһыытынан сылдьаллара. Кэмэ оннук этэ буоллаҕа.

Билигин ыһыах туһунан эттээх-сииннээх суруйуу диэн төрүт суох, ол иһин дьон билиитэ арыый тутах уонна сороҕор сыыһа соҕус. Дьиҥэр, биһиэхэ ыһыахпытын сүрүннүүр, билэр-көрөр дьоннордоохпут, кинилэри барыларын кытары ирэ-хоро кэпсэтэн, дьоһун үлэ тахсара буоллар, хайҕаллаах уонна олус кэскиллээх дьыала буолуох этэ.

Прокопий Ноговицын,

кыраайы үөрэтээччи «Эллэйээдэ» оскуола

оҕолорун экспедициятын салайааччыта

Чолбон. – 2023. – Бэс ыйа

ЭРЧИМЭН ДНЕВНИКТЭРЭ

Саха литературатын биллиилээх кириитигэ, поэт, учуутал, публицист, кэпсээнньит Егор Петрович Шестаков–Эрчимэн олоҕун кэрчик кэмнэрин, кини кыһалҕатын, оҕолоругар кыһамньытын уонна тус бэйэтин бу сыллардааҕы духовнай туругун өйдөөһүҥҥэ салгыы бэчээттэнэр бу дневниктэрэ кэрэһиттэринэн буолаллар.

Биһиги СГУ ИФФ-н саха салаатыгар үөрэнэр кэммитигэр, кини бэртээхэй лекцияларын истэрбит, “Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүүгэ сылдьарбыт. Егор Петрович Шестаков–Эрчимэн кыһалҕалаах олоҕу олорбутун оччотооҕу устудьуон дьон адьас да билбэтэх эбиппит. Билигин аахтахха олус да эрэйи көрөөхтөөбүт эбит, киһи харах уута суох аахпат страницалара бу дневниктэргэ үгүстэр.

Эрчимэн бу дневниктэрин бэчээккэ таһаарыы сыала-соруга – кини киһи, гражданин уонна педагог-суруйааччы быһыытынан олоҕу, обществоны кытары алтыһыытын көрдөрүү.

Сэмэн ТУМАТ

  1. сыл. 12.10.68.

Мин истээх бэргэһэбин кэппитинэн гостинайга утуйаары сытабын. Түүн хоһум тымныытынан батарбакка манна үүрэн таһаарбыта. Ийэм кухняҕа сытаахтыыр. Уу-чуумпу. Оҕолорум билигин туспа ыалгау туйаары сыттахтара. Алеша эбэтин кытта, Таня эдьиийин аах хоойдоругар. Дьэ, олох-дьаһах…

13.10.68. Ийэм дьиэтин сууйан, оһохторун оттон, эбиэтин өрөн баран быйыл күһүн сабыс-саҥа босхоломмучча хаама барар. Мин лекциябын бэлэмниэх курдук гынан иһэн хоһоон суруйан эрдэхпинэ аан аһыллар. Ону кытта хас да киһи атаҕын тыаһа сурдурҕаһан, тоһугураһан киирэн кэлэллэр. Көрбүтүм истээх от күөҕэ сонун нары-наҥначчы кэппит, кугас бэргэһэтин аннынан атаахтаабыттыы, ахтыбыттыы хап-харанан көрбүт Танюшка бастаабыт, оттон киһи күлүөх барыта сатала суох таҥныбыт Алеша моҥур-соҥур буолан, оттон Кеша, Устя утуу-субуу суксуруһан киирэн кэлэллэр.

– Оо, дьон бөҕө тиийэн кэллилэр дии! – мин үөрэн саҥа аллайа түһэбин. Кырдьыга бүгүн аҕалтыахтара диэн күүппэккэ олорбутум. Иллэрээ күн бара сылдьыбыппар эбэлэрэ өссө да сылдьа түһүөхтэрэ диэбитэ. Оттон Таня: “Паапаа, эн тугунан кэллиҥ, мин бассыам”, – диэбитэ. Алеша буоллаҕына эбэтин аттыттан миэхэ чугаһаабатаҕа. “Барсыаҥ дуо?” –диэбиппэр, холкутук “Суох!” – диэн биир тылынан бүтэрэн кэбистэ. Мин оҕолорум тулаайах хааланнар, билиҥҥэттэн үтүөх-батаах сылдьан эрдэхтэрэ дии санаат харахтарым туманныран барбыттара. Ону көрөөт Таня, миигин аһыммыттыы, хап-харанан төп-төгүрүччү ийэтин харахтарынан көрөн хаалаахтаабыта. Дьиэм сылааһа буоллар, оҕобун илдьэ кэлиэх этим. Бөөлүүн былыттаах, бүгүн ичигэс күн буолан хата оҕолорум кэлэллэригэр арыый мүлүйэн тоһуйда.

– Хайа, дьиэҥ сылыйда дуо? – Кеша хараҕын атын сир диэки куоттара-куоттара ыйытар.

– Таһырдьа сылаас, онон сылыйбыт курдук буолла. Оһохторбун харыыта суох оттобун да олох билиммэт. Муостатынан үрэн сирилэтэ турар.

– Охсуһаллара бэрт. Сатаан сылдьыбаттар. Ону-маны былдьаһа-былдьаһа ытаһан-соҥоһон дьиэбитин ылан кэбистилэр, – диир Кеша, сол да атын сир диэки көрө-көрө.

«Ол иһин эһиги эрэйдээхтэр оҕо оҕолоохтуоххут дуо?» – дии саныыбын мин испэр.

Кинилэр туох эрэ улахан кыһалҕаттан босхоломмуттуу сулбу тахсан бараллар. Мин да оҕолорум кэлбиттэриттэн хомойо барбаппын. Дьиэм иһэ сэргэхсийэ түһэр.

17.10.68. Икки чаас саҕана Ваня Соловьев киирэн кэлээт: “Хайа, барабыт дуо?” – диир.

– Чэ бээ, соҥҥун уһул. Эбиэттээн баран… – диибин. Биһиги иккиэн сатыы кылабыыһа диэки хаамсабыт. Хаар түһэ турар. Уулусса халтархайа сүрдээх. Бүгүн Маша өлбүтэ түөрт уон хонугун туолла.

Кылабыыһа аанын иннигэр сол да хас да массыыналар, автобус кэлэн тураллар. Биһиги иннибитигэр кими эрэ көмө бөлөх дьон баран иһэллэр. Оонньуулларыттан хал буолбут музыканнар бэрт бассыыбайдык бэс чагда иһин эҥсэлитэллэр. Ваня биһиги урут Турпанов сибиэһэй веноктардаах уҥуоҕун булабыт. Онтон Маша көмүллүбүт сирэ ырааҕа суохха дылы этэ.

Мин ааһа баран истэхпинэ киһим: “Бу баар” – диир. Төннөн кэлэбин. Урут кини, туох да буолбатаҕын курдук күлэ-үөрэ олорор саамай үчүгэй кэмигэр, Ленинградка үөрэнэ сылдьан түспүт хаартыската харахпар быраҕыллар. Аҕыйах хаамыы, олох аттыбытыгар, били саҥа кэлбит дьон бокуонньуктарын иинигэр түһэрээри үөмэхтэһэн тураллар, туох да тыл этиитэ эҥинэ суох кистээбитинэн бараллар. Музыка өрөгөйдөөхтүк эҥсэлийэр. Оттон Маша күлэ-үөрэ олорор. Оччотооҕуга бу фотообъективы утары көрөн олорон, субу кэмҥэ саамай үчүгэй настроениелаах сылдьан түспүт хаартыскам куорат кылабыыһатыгар сааллан туруо диэхтээбитэ буолуо дуо? Суох! Суох!

Ваня, Маша уҥуоҕун кэннинээҕи остуоллаах икки ыскамыайка хаардарын сотон барар.

– Кэбис, туора дьон олохторугар олорумуох, – диибин мин өлбүт доҕорбун тугунан эмэ хомотумуох курдук. Уонна өлүөхсүттэрдээххэ кэннибинэн, Маша хаартыскатын көрбүтүнэн бэс аттыгар турунабын. Биһиги былыргы үгэстэри дьиҥ ис сүрэхпититтэн итэҕэйэр дьонтон итэҕэһэ суох, илдьэ тахсыбыт үрүүмкэлэрбитигэр кыһыл арыгыны толору кутан Маша буоругар уурабыт. (Кини тыыннааҕар да испэт этэ). Оттон бэйэбит субу-субу куттан иһэн барабыт.

– Вера бөөлүүн түһээбит, – диир Ваня эмиэ сүрдээх итэҕэйээччи киһилии долгуйан.

– Ол тугу?

– Түһээтэҕинэ, арай аһара улахан лабаалардаах аарыма кэрэхтээх тиит турар үһү. Ол тиит үөһэ өттүгэр оҕо дуу, оҕо саҕа эмэгэт дуу ыйанан турар үһү. Ону мин тахсан түһэрээри ылбыппын. Кэрэхтээх тиит анныгар мин аймахтарым бары мустан өрө мыҥаан тураллар үһү. Атаҕа суох Маайа миигин: “Ити оҕону тоҕо ыллыҥ. Оҕоҥ-урууҥ барыта эстиэ. Ылыма! – диэн миигин мөҕөн барбыт. Ону истэн, мин ол оҕону ситэ түһэрбэккэ тиит ортоку мутугар кириэстии даллаччы ыйаан кэбиспит үһүбүн…”

– Дьэ дьиибэ эбит! – мин эмиэ түүл наһаа архаическай сюжетын бэркиһээн кэбиһэбин. Уонна кини куттаммытын аһараары соруйан онуоха сөп гына тойоннуубун.

– Ол, бу бүгүн манна кэлиэҥ иһин, мин сүрбүн түһээн көрбүтэ буолуо. Миигин аймахтарым өрүү ойуун оҥорон түһээччилэр. Оттон ол оҕо, мин кэнэҕэс баҕар тугу эмэ айыахтааҕым кэрэхтээх тиит иччитэ, оҕо буолан ыйанан турбута буолуо.

– Баҕар буолуо… – Кини өс киирбэхтик сөбүлэнэр. Маша туһунан тугу эмэ суруйдаххына сатанар. Өрүү кинини санатарын курдук…

18.10.68. Дьиэбэр кэлбитим, ийэм оронун үрдүгэр Устя соно быраҕылла сытарын көрөөт: “Оҕобун ыла кэлбиттэр!” – дии санаат, хараҕым уута ыгыллыбытынан барар. Кытаанахтык, холкутук туттуохпун баҕарабын да кыаммаппын. Аҕыйах хонуктааҕыта төттөрү аҕалан бараннар, олох да аны оҕо ылыа суох курдук тылласпыттарын иһин мин кыысчааммын детсадка биэрээри кэпсэтэ сылдьыбытым. Дьиэм тымныыта улаатан иһэр. Уолбун хоонньоһон, Танябын бэйэтин оронун аттыбар ыга тардан сытабын. Түүн суорҕанын аһан тымныйыа диэммин субу-субу уһуктан сабан биэрэбин.

Оттон бэҕэһээ Устя кэлэ сылдьан Таняны детсадка биэрээри кэпсэппиппин истэн: “Биһиги оҕо гыныах этибит. Эмээхсиммит тэһийбэккэ олох иэдэйдэ. Биһиги үлэбититтэн тиийиэхпитигэр диэри кэтэҕиттэн тардыстан баран дьиэ үрдүн одуулуу сытар буолар. Бэҕэһээ ыаллар оҕолорун киллэрэн биэрбиттэрин көрбүт этэ”, – диэн бэрт элбэхтик уруккуттан илдьэ сылдьар санааларын салгыы эппитэ. Мин соҕотох бэйэм үс оҕону кыайан көрбөтүм чахчы. Оттон Танюшкабын саамай аһынар, таптыыр киһим. Ол иһин хайдах эрэ сатаан көрүөм суоҕа диэн куттанар курдукпун. Кинилэр да Танюшкаттан атыны көрдөөбөттөр. Онон, хайдах эрэ олуллан бэрт кэбирэхтик сөбүлэһэн кэбиспитим:

Таня эдьиийэ аах атыыласпыт розовай платьетын кэппит. Түгэх хос ааныгар, эбэтэ оҥорон биэрбит хачыалыгар төттөрү-таары биэтэҥнии олорор эбит.

– Тукаам, дьонуҥ кэлэн күүтэн олороллор, – диир ийэм кухняттан тахсаат. Мин бытааннык таҥаспын уларытынабын. “Паапыччаа!” диэбитинэн Танюшка утары сүүрэн кэлэр. Мин тыынарбар салгын тиийбэт курдук буолан хаалар.

Остуолга улахан кэпсэтии тахсыбат. “Биһиги төһө кыайарбытынан көрө сатыахпыт. Эн өрүү сулумах сылдьыаҥ дуо, кэргэн ыллаххына сатанар. Кыыс оҕону маачаха ийэ ордук атаҕастыаҕа, оттон уолаттар иһирдьэ-таһырдьа түһэ сылдьыахтара”, – эҥин диэн Устя ньылҕаарытар.

– Ыал курдук олорбуппут буоллар, бастакы оҕобун ама кимиэхэ биэрэр этибиний?! – диибин мин, соччо улаханы тугу да өйдүүр-саныыр кыаҕа суох олорон. Оҕом дьоло-доруобуйата буолуо. Оттон ол баар буоллаҕына, атына барыта бэйэтиттэн тутулуктаах буолуо…

Оҕобун автобус тохтобулугар диэри атаарсабын. Дьэ муҥ диэтэҕиҥ! Бэйэм сүрэхпин туора дьоҥҥо биэрэн ыытарым диэн. Ама мантан ордук киһи олоҕор ыарахан, тыйыс түгэннэр баар буолуохтара дуо? Хаар түһэ турар. Бороҥуй тоҥмут кыра күөлү уҥуордаан иһэн кэннибин хайыһабын. Оҕом Кешалаах Устя икки ардыларыгар сонун сыыһа тойтойон тураахтыыр.

19.10.1968. Түгэх хоһум долбууругар, бу саас дойдубар тахсарбар ыгыта симитэлээн кэбиспит кинигэлэрбин, гостинайга таһааран саҥа оҥотторбут улахан долбуурбар, бэйэм өйдүүрбүнэн наардаан кырыы-кырыыларынан уурталыыбын. Оттон күнүс хаама барбакка аһара мунньуллан хаалбыт сурунаалларбыттан наадалаах буолуо диэбит, сорҕотун урут ааҕыталаабыт ыстатыйаларбын бысталаан ылыахпар диэри киэһэ буола охсор. Ол былаһын тухары Танюшкабын суохтуубун. Кини баарына дьиэбит “ньир” курдук этэ. Оҕобун эдьиийин аахха биэрэн сыыстым эрэ, таптым эрэ?..

Мин кини иннигэр туох эрэ көннөһүллүбэт ыар буруйу оҥорбут курдук санаан кэллэхпинэ хараҕым уута ыгыллан кэлэр. Эдьиийэ да, күтүөтэ да доруобуйаларынан саарбахтардаах дьоннор. Кеша тыҥатынан, тохсунньуга эппэрээсийэлэнэ балыыһаҕа киириэхтээх. Устя эдьиийэ өлүөҕүттэн ыла сүрэҕим ыалдьар диэн тыллаһар буолбут. Онуоха эбии олорор дьиэлэрэ кыараҕас.

Оҕо сүүрэр-көтөр миэстэтэ суох. Мин соҕурууттан кэлэр сылбар Маша ити икки хоһу ылбатаҕа буоллар, билигин дьиэтэ суох сылдьыах эбиттэр.

27.10.68. Дьиэбиттэн тахсарбар хаар түһэ турара. Мин Танюшка олоппоһун туппутунан (Устя көрдөөбүтэ) Сэргэлээх кэр-дьэбэр квартаалын ортотунан, былыргыттан уолбакка олохсуйан сытар кыракый төгүрүк көлүкэни туораан, 2-с автобус тохтобулугар кэлэбин. Күүтээччи киһи аҕыйаҕын көрөн, ыскамыайкаҕа хохоллон олорор хатыҥыр саха дьахтарыттан: “Автобус кэлэн барбыта сотору буолла дуо?” – диэн си буолуохтааҕар ыйытабын.

– Оннук быһыылаах, мин билигин кэлбитим. Танюшка олоппоһун аттыбар туруораат, ыскамыайкаҕа били хатыҥыр дьахтар аттыгар олорунан кэбиһэбин. Кэннибититтэн көрдөххө кэтэхпит иккиэн хохойон олордоҕо диэн санаан ылабын. Дьоннор эбилиннэр-эбиллэн бараллар. Ол быыһыгар былырыын баччаҕа кыыс эрдэҕинэ көрбүт студенкам кэлэр. Оччотооҕуга чэгиэн-чэбдик бөҕө этэ. Билигин номнуо сиргэ түспүт хаптаҕас курдук уостан хаалбыт. Кыыс оҕо кырааската сууллара дөбөҥ даҕаны диэн испэр саныы олордохпуна, элбэх киһилээх автобус ынчыктаан тиийэн кэлэр.

Автобуска бэйэлэрэ туспа кыһалҕалаах, ол эрээри миигиттэн бары этэҥҥэ үөрэ-көтө сылдьар дьон сирэйдэрин одуулаһа барбаппын. Оҕом туһунан санаан хараҕым уута баһылла турар. Дьонтон кыбыстан түннүк диэки хайыһан олоробун.

“Туох буолан ытаан сирэйим быһа сытыйдаҕай” диэн испэр бэйэм бэйэбин мөҕүнэбин да, онтон ордук кэбирээн уйадыйан барабын. Биир тохтобулу ааһан баран, төннөн кэлэн, киһи сүрэ-кута тохтообот, бүтүн квартаалга бары бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаһар дьиэлэрдээх Халтуриҥҥа киирэбин. 10-с дьиэ иккис мэндиэмэнигэр тахсан бэркэ билэр ааммын тоҥсуйабын.

ؘ– Кимий? – иһирдьэттэн тыйыс саҥа иһиллэр.

– Мин, дьэбир буола сатаабыт санаабар бэйэм саҥабар маарыннаабат куолаһынан хардарабын.

Эбиэттээн эрэллэр эбит. Оҕом остуол аттыгар сылдьар.

… Дьиэм түүн 13-с кыраадыс буолар. Улахан тымныы өссө түһэ илик. Онон киһи хайдах да кыстыа суох. Дьиэ булуохпар диэри сылдьан эрдин диэн Алешаны ыалбар илдьэн биэрбитим. Бэҕэһээ Кеша улахан эрэйи көрбүт киһи быһыытынан: “Уолгун детсадка биэр. Биһиги оҕолоох дьон, оҕобутун боруоктуурун сөбүлээбэппит. Ииссэллэрэ бэрт”, – диэбитэ. Дьон киһи кыһалҕалаах кэмигэр кыһайалларыттан ордук кыһыылаах, абалаах туох баар буолуой?!

Былырыын манна Маай бырааһынньыгын биир хонук иннинэ ийэбинээн көһөн кэлбиппит. Киэҥэ, үчүгэйэ бэрдэ. Балачча өр олорорбут буолуо дии санаабытым. Хайа баарый? Бу дьиэни быйыл көтүрүөх буолаллар, мин олоҕум биир саамай ыар кэмин илдьэ тураахтыа буоллаҕа.

Бүгүн кинигэлэрбин, сурунаалларбын табаар хопполоругар хаалыырбар, литературнай хаһыаты сэймэктиирбэр күнүм бүттэ. Маша үөрэнэ сылдьан суруммут конспектарын уура сылдьыбытын уот аһылыга оҥортоотум. Олох олороору, үлэлээри итиччэ бэлэмнэнэн баран, ону сүһүөҕэр туруорбакка туоруур диэн баттыгастаах суол буоллаҕа. Оттон үрдүнэн, аннынан үөрэммит, олоҕу олус да улахаҥҥа уурбат дьоннор төһөлөөх өр олороллоруй, соһуллан-сыһыллан сылдьалларый?!

Бөлүүн түһээн, аһара туруору таас хайаны өрө тахсан иһэн төптөрү түһэбин.

16.11.68. Ийэбинээн, бэҕэһээ киэһэ көһөн кэлбит суос-соҕотох хоспут ортотугар туох да бэрээдэгэ суох ууруллубут, тардыллыбыт малларбыт быыстарыгар турдахпына И. Федосеев сэрэммит курдук туттан киирэн кэлэр. Биһиги ити эрэ иннинэ, төһөттөн мунньуллубутун билбэтим, истиэнэлэрбит халыҥ сыыстарын сотон бүтэрбиппит.

– Дорооболоруҥ!

– Дорообо!

– Мин бу ыҥырыыны бэҕэһээ биэриэхтээх этим. Ол гынан баран эн суох этиҥ. Бүгүн Сэргэлээххэ кэлэллэр.

Остуолга олоруу саҕана Л. Попов чугуруҥнаһа турар ыалдьыттар иннилэригэр миигин анньар. Үгэс быһыытынан, ытыктабыллаах ыалдьыттар олорор туорайдарыгар тиийэн кэлэллэр.

– Кэбис бээ, манна дьоннор олороллоро буолуо?

– Онтон биһиги дьоннор буолбатахпыт дуо?..

Амма Аччыгыйа Уурастыырабы күүтэн балачча кэтэһиннэрэн баран киирэр. Биһигиттэн чугас соҕус сэргэстэһэр чиэскэ тиксэр.

Ыалдьыттар бары киирэн миэстэлэрин булуналлар. Мин хаҥас өттүбэр чарчыстыбыт маҕан сирэйдээх ханнык эрэ эмээхсин (кэлин билбитим уруккута П. Ойуунускай, билигиҥҥитэ Н. Павлов-Тыаһыт кэргэнэ эбит) уонна Л. Попов, Н. Тобуруокап уо.д.а. түбэһэллэр. Уурастыырап хойутаан кэлэн Эллэйи кытта сэргэстэһэр чиэскэ тиксэр. Софрон Данилов тамадаалыыр. Маҥнайгы тылы уруккута П. Ойуунускай эмээхсинин аттыгар олорор Амма Аччыгыйыгар биэрэр. Хаһан эрэ мин ити саалаттан арахпат этим. Оччотооҕуга бу утары дьиэҕэ кэлэн маннык быһыыга-майгыга олоруом диэн түһээн түүлбэр да суоҕа.

* * *

Алеша: “Итинник буолбатах!”, “Итинник буолбатах!” – дии-дии олоппостору түҥнэртээн массыына оҥостон оонньуу сылдьар. Бэйэтэ билбитин олох туохха да биэриэ суох киһи буолсу. Арааһа мин итэҕэспин утумнаабыт быһыылаах.

Мин дневникпин сурумматаҕым ыраатта. Суруйуохпун да баҕарбаппын. Төһө кыалларынан мин туспар аһары ыараабыт сыл ааһа охсуон баҕарабын.

Бэҕэһээ Н.К. Антоновтыын Саха театрыгар “Ый өлүүтүн түүнүгэр” диэн М. Карим трагедиятын көрөн кэлбиппит. Байбише Танкабине оруолун А. Иванова оонньообута. Оттон Аквьегет уонна Шафрак оруолларын Н. Попов уонна Рожина оонньообуттара. (Москваҕа саха тылыгар үөрэппит оҕолорум) тылбааһа хотон кыаллыбатах быһыылаах. Декорацията да дьадаҥы. Ол да буоллар мин урут аахпатах буоламмын саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри олус тартаран көрбүтүм.

20.12.68. Бэҕэһээ баанньыктанан баран күнү быһа сэниэтэ суох сылдьыбытым. Олус эмискэ ыарахан гантелларынан дьарыктанаммын дуу, хайдах эрэ сүрэҕим баарын биллэрэр. Ийэм “түүн үлүгүнэйэҕин, куһаҕаннык утуйаҕын” диэн тимир оонньуурдарбын абааһы көрөр.

Ийэм урут оннооҕор буолуоҕу кыайар-хотор бэйэтэ билигин суос-соҕотох хоспутун нэһиилэ күҥҥэ биирдэ сотоохтуур. Сылаас сиргэ кэлэн баран ыалдьан куттуу сырытта. Билигин даҕаны үчүгэйэ суох.

Мин гастрономҥа продукта ыла турдахпына издательство кассира “Баран аахсаар эрэ” диир. Мин эбиэт кэнниттэн үгэспинэн утуйа түспэккэ (гантелларбынан эрчиллиибин эмиэ көтүтэбин) издательствоҕа тиийэбин. Кинилэр барыта 1100 солк. суруйбуттар. Оттон урут икки төгүл, барыта 700 солк. ылбыппын. Мин биирдэ эрэ 300 солк. аванса ылбыт курдук санаан сылдьыбытым. Инньэ гынан соһуйан хааллым. Итэҕэйбэккэ ведомоһы көтөхтөрө сылдьыбытым…

Сыыр анныгар Саҥарбат Сахаардаах урукку дьиэлэрин иннигэр ким эрэ мас хайыта турар. Мин Силип дуу диэбитим Прохоров буолан биэрэр. Дорооболоһоот, мүччү түһэн ааһан эрдэхпинэ, туох эрэ соруктаах аҕайдык ыҥыран тохтотор.

– Мэхээлэ киирдин эрэ. Табыгастаах киһи булан илдьиттээбэккэ сылдьабын.

– Тугу?

–Тиэлиги оскуолатын директора телефоҥҥа ыҥыттарар. Ксенофонт оҕолору кырбаабыт үһү.

Мин үчүгэйдик айаннаан кэлбиппиттэн син үчүгэй соҕус санаалаах иһэммин сирэйгэ бэрдэрбит курдук буола түһэбин.

Мэхээлэ хотоҥҥо көөнньөрбө оҥоро сылдьан миигин көрөөт, кэннибиттэн сүүрэн кэлэр. Кэргэним өлүөҕүттэн ыла быраатым миигин аһынар, ордук чугас буолбукка дылы. Дорооболоһоот, дьиэбитигэр иккиэн тиийбиппит оҕом Дьөгүөссээн көлөөскөтүгэр суос-соҕотоҕун ытыы аҕай олороохтуур эбит. Харахтара кытарбыттар… Кэлэр понедельниктан субботаҕа диэри (24/III) кафедра сүрүн састааба Ньурбаҕа командировкаҕа барар буолла. Бүлүү оройуоннарын бөлөҕүн учууталларыгар 4 күннээх семинар ыыта. Командировката Институт усовершенствование учителей киэнэ.

1969 сыл. 12.03.69.

Эрдэ уһуктан баран кыайан хос утуйбаппын. Бу күннэргэ Алеша ыалдьан уубун көтүттэ. Онуоха эбии бэҕэһээ күрэ балтым хотун Танюшкабын биэрэрим туһунан сурукпун хос суруйан хаалларбатахпыттан кыыһыран барбыт этэ.

Тураммын “Ойуун түүлүн проблематиката” диэн ыстатыйабын устан дьоннорум уһуктуохтарыгар диэри бүтэрэбин. Аһара өр мүлүктээтим.

31.03.69. Лоп курдук түөрт сыл анараа өттүгэр мин аан маҥнай аҕа буолбут дьоллоох күнүм этэ. Оттон ол күн эмиэ ийэ буолар улуу дьолун уонна муҥун аан маҥнай билбит Маша баччаҕа өлүү-тиллии кирбиитигэр сыппыта.

Икки хонон бэҕэһээ дойдубуттан киирбитим. Алешаны уонна ийэбин таксинан быраатым аахха таһаарбытым. Оҕом барахсан, сарсыарда аһыы олорон “Эн барыма, манна сырыт”, – дии хаалбыта.

Соҕотохпун. Танюшабар, төһө да баҕардарбын, барбатым.

08.04.69. Киэһэ. Дойдубар тахсан түөрт хонон баран бэҕэһээ Ая массыынатынан киирбитим. Бүгүн туох да сэрэтиитэ суох кафедра үлэһиттэрэ бүтүннүү көһөн лекциябар киирэ сырыттылар.

27.04.69. Өрөбүл. Баскыһыанньыкка барбакка кэпсээммин салгыыбын.

Күнүс 1 чаас саҕана гантелларбынан гимнастика оҥоро турдахпына алтан тэриэлкэ тыаһа “лыҥк” гынар. Оттон бассыыбайдык да буоллар санаарҕабыллаах мелодияны кларнет мэнэрийэр. “Эмиэ кими көмө иттилэр”, – диэн түннүкпүнэн көрбүтүм, суруйааччылар баран эрэллэр эбит. “Ээ, Баал Хабырыыс сордооҕу илдьэн эрэллэр эбит дуу” дии санаат, мин кинилэри кытта атаарса барсыбатахпыттан кыбыстаммын түннүкпүттэн тэйэбин.

29.04.69. Иккистэргэ лекция ааҕан кэлэбин. Бу дьиэбитин кырааскалаан, штукатуркалаан сыыс, бөх үөдэн-таһаан бөҕө. Бэркэ сэрэнэн хоспун булабын. Студеннар дипломнай үлэлэрин ааҕартан соло буолбаппын. Салгымтыалаах дьыала буолар эбит.

Бэҕэһээ киэһэ Ефим балтын Ольганы көрсүбүтүм. “Оҕолоруҥ этэҥҥэ сылдьаллар дуо?” диэн өскүөрүтүн соҕус ыйыппыта. Киэһэ утуйаары сытан, баҕар, кини тугу эрэ билэн баран кистиирэ буолуо диэх курдук уорбалааһыннаах санаа өйбүттэн тахсан биэрбэт. Ол санаабынан Халтуриҥҥа тиийэбин.

Биирдиҥи көрүҥнээх иккилии мэндиэмэннээх дьиэлэр. Чалбаҕынан көрө сытар кирдээх тэлгэһэлэр. Дьонум олорор дьиэлэрин таһыгар тиийбитим, оҕом биир нуучча кыыһын кытта кумаҕынан оонньуу сылдьар эбит. Миигин көрөөт, туох эрэ куһаҕан киһи кэлбитинии атахха биллэрэр.

– Сыллыый, Таня, кэл эрэ! – диэн ыҥырабын.

Суох, кыысчааным чугаһыахтааҕар буукса антах куотар. Оҕом этэҥҥэ сылдьарын үөрэ көрө-көрөбүн эмээхсини кытта кэпсэтэбин. Сирэйин салгын сиэбит.

Дьиэҕэ киирбэккэ таһырдьанан төннөбүн.

Чэ үчүгэй. Үчүгэйдик эрэ сырыт. Дьэ иитии. Оҕом номнуо абааһы курдук көрөр буолбут…

08.05.69. Малярдар биригээдэлэрэ көрүдүөрү кырааскалаары миигин хоспуттан таҕыс дииллэр.

Мин аллара хаһаайыстыбаннай чааска Седиковка киирэбин. Суох. Оттон Стрекаловскайы көрсөн: “Баҕар бүгүн көһүөм, көрүдүөрү кырааскалатымаҥ, ханан сылдьыахпытый?” – диибин. Куолутунан тугу да быһаарбат. “Тыраап тэлгиэхтэрэ, онон сылдьыаҥ” – диир.

Мин хоспор тахсан малларбын, кинигэлэрбин табаар хопполоругар хаалаталаан барабын. Аллара: “Хоһугар баар дуо?”, “Баар. Баар”. “Буоллун, кырааскалаан кэбиһиҥ”. “Хаһыат тэлгээн тахсыах буолар”. “Кырааскалааҥ, кырааскалааҥ!” диэн кэпсэтэллэрин истэбин.

Арктикаҕа ханнык эрэ уста сылдьар мууска суос-соҕотоҕун олорон хаалбыт айанньыттан атына суох сирэйдээхпин быһыылаах. Түөрт уоммун ааһан эрэбин. Ол тухары олоххо бэйэм миэстэбин, дьолбун, бэл түптээн-таптаан олорор дьиэбин була иликпин.

Бондарев бүгүн дачатыгар көһүөхтээх. Миэхэ кини дьиэтин өссө кыһын анаабыттара. Ону “Дачаҕа тахсыахпар диэри күүт” диэбитэ. Киниэхэ таас дьиэттэн үс хостоох квартираны биэрбиттэрин, кэлин киин диэки тутуллар дьиэттэн ылаары главнай архитекторга атастаһан кэбиспит этэ. Бэйэтэ архитектор. Баара-суоҕа икки этажтаах таас дачалаах. Оннук дьиэ Сэргэлээххэ кимиэхэ да суох. Билигин эмиэ таас дьиэттэн квартира ылан баран өссө ордугу булаары таптаабытынан атастаһа сырыттаҕа ол. Дьон син сатаан олороллор. Оттон мин?..

21.05.69. Бүгүн О. Бальзак төрөөбүтэ 170 сылын туолбут күнэ (1799-1850). Мин кини туһунан А. Вюрмсер “Бесчеловечная комедия” диэн сүүнэ улахан монографиятыттан онон-манан быһа түһэн ааҕан иһэн төттөрү уурабын. Кини этэринэн Бальзак талаана, вкуһа суох суруйааччы, аҥардас үлэһитинэн, тимир волятынан ити үлүгэрдээҕи айбытын курдук буолан тахсар. Бальзак курдук “талаана суох буолбут” киһи баар ини…

Бүгүн мин дьиэм ордерын ыллым. Инньэ гынан ити икки бэлиэ түбэлтэ бииргэ түбэспититтэн сибээстээн, таһаҕаспын көһөрөн аҕалсыбыт студент уолаттары кытары “сууйдубут”. “Киһи ойоҕо ойох буолбат” диэн баарыгар дылы, мин бүгүҥҥү күҥҥэ диэри дьиэбин бэйэм киэнинэн аахпакка сылдьыбытым. Мантан дьэ хаһан, ханна көһөр буолабын, эбэтэр букатыннаах сирбэр барыахпар диэри олоробун дуу, биллибэт.

…Быйыл кэргэммин кыайан эргийбэтим. Баҕа баара да, сүһүөҕэр туруорбатым. Тугатына кыайтарбатаҕына кыаллыбат дииллэр. Дьэ хайдах буолар…

Бэҕэһээ, өлүү болдьохтоох, киэһэ Алеша ыалдьан куттаан санаабын аймаан кэбистэ. Аллара Тоҥоллоҕо дьахтар төрөөбүтүгэр Хочо враһа тахсыбытын Мэхээлэ ыҥырбыта. Көрөн баран күөмэйэ ыалдьыбыт уонна быара улааппыт диэн быһаарбыта. Температурата 38 этэ. Бу сарсыарда врач куораттыы сыһан баран, кыратык кэтии, уһукта-уһукта хос утуйар. Чаас курдук буолан баран оҕом дьэ букатыннаахтык улаханнык ыалдьыбыт көрүҥнээх көрөн кэлэр. Харахтарын маҕана хайдах эрэ көҕөрөн, харааран хаалбыттар. Ону көрөөт да, мин ийэтин санаат, сүрэхпэр ытыара түһэбин. Ол да буоллар туруоран таҥыннарабын.

Кыратык сэргэхсийэн күнүс сылдьа түһээхтиир. Мин киэһэлик кыратык аралдьыйа түһээрибин велосипедынан Өҕүлээккэ урут госфонд сирэ диэн ааттаан хас да сыл оонньообут өтөхпүн көрө барабын. Бу тииттэр, хатыҥнар силигилии сиппиттэрэ, мутукчалара, лабаалара муҥулуу тупсубута, дьэдьэн уга элбэҕэ сүрдээх. Киһи айылҕа ортотугар арахсыбакка сырыттар-сылдьыан курдук. Ол оннугар мин сүрэхпэр ыар баттатыылаах, кыһалҕалаах буоламмын үөрэр-көтөр, айылҕа кэрэтиттэн сүргэм көтөҕүллэрэ диэн кэлиэ дуо.

04.07.69. Дойдубар кыракый, кырдьаҕас дьиэбэр олоробун. 1/VII сайыҥҥы сынньалаҥмын ылан куораттан бэҕэһээ тахсыбытым. Чаҕылхай ыраас күн эрээри күнүс даҕаны куйаарбатаҕа. Быйыл дьыл баччата буолуор диэри итийэн көрө илик. Ити өттүнэн уратылаах сайын буолан эрэр. Чурапчыга, Аммаҕа ардах түспэт үһү. Оттон аара айаннаан иһэн көрдөххө биһиги дойдубутугар уу дэлэй, үрэхтэр көҥүстэрэ дьэ туолан сүүрдэ тураллар эбит.

Мин бэҕэһээ сарсыарда куораттааҕы дьиэбиттэн кэлээри тураммын былырыыҥҥы сайыммын, Маша биһиги кыччыгый уолчааммытын, Танюшканы илдьэ Сэргэлээхтэн хоҥнубуппутун санаан кэлбитим. Дьиэбитин, иһиппитин-хомуоспутун сууйан, таҥаспытын, малбытын дьаарыстаан, туохпут да бүтэн биэрбэккэ түүн бэрт кыратык утуйбуппуг. Аны туран сарсыардааҥҥы трамвайы куоттаран иккистээн кэлиитин кэтэһэ Даркылаах биэрэгэр түһээри бу тохтоон олоробун. Балыыһаттан киирэн “Оҕо сайдыытын историята” диэн, бы саас куораттан таһаарбыт киниискэбин ыллым.

Врач икки сирэй тухары киһини үөрдүбэт тыллары суруйталаабыт. Бу киэһэ бэргээтэҕинэ сарсын булгуччу барарбар тиийэбин. Тымныйбыт быһыылаах, сөтөллөн тахсар. Иккиэннэрин ийэм эрэйдээх оҕолоохтуур. Кыратын хоонньоһон илдьэ сытаахтыыр. Ол барыта оҕону харыстааһыҥҥа уун-утарытын төһө да биллэрбин хайдах да гынар кыах суох. Аны туран оҕолуу сордоно сылдьар киһини, куттаммыта, сэрэммитэ буоламмын хомотуохпун эмиэ баҕарбаппын.

Күнүс оҕобун ороммор илдьэ сытан утуйабын. “Паапыччаа!”, “Паапычча!” дии сытан мунна сурдурҕаабытынан барар. Мин оргууй турабын. Үгэспинэн нухарыйа түһэн ылыам дуу диэбитим, эйиэхэ уум кэлиэ дуо?

Алеша уһугуннаҕын ахсын уутун быыһынан “Паапаа!” диэхтиир. Мин “сыллыый, мин баарбын, утуй тоойуом, утуй” диибин. Ол курдук көрөн баран “түргэнник Майаҕа дуу, куоракка дуу киллэрдэххитинэ сөп буолсу” диэн күһэйэр быһыынан врач түмүктээн барар.

Бу иккиэн ороммутун сэргэ тардан баран сытабыт. Оҕом ыараханнык ыалдьар быһыынан ынчыктаан, саҥа таһааран “ыы-ыы”, “ыы-ыы” диэн эрэйдээхтик тыына сытар. Ол барыта баҕарбатарбын да, сүрэҕим оһо илик бааһын ыарыылаахтык таарыйар, муҥнуур. Араас кыһыылаах-абалаах санаалар киирэллэр. Сарсын куораттыырга быһаарынан сытабын. Онуоха диэри олус бэргээбэтэ буоллар үчүгэй этэ.

05.08.69. Түүнү утуйбакка аһарабын. Субу-субу оҕом мөхсөн оронуттан сууллаары гыннаҕына көннөрөн, “утуй, тоойуом, утуй, мин баарбын” диэн уҕарытан биэрэбин. Мунна бүтэн айаҕынан тыынар. Ол да иһин күөмэйин ыарыыта олус бэргиир быһыылаах.

09.07.69. Оҕобун таҥыннара олорон: “Эбээбит билигин биһигини саныыра буолуо, Алеша хаһан кэлэр, Дьөгүөр хаһан кэлэр диэн эрдэҕэ”, – диибин. Ону тута хабан уолум: “Мин өлөөрү гынным, оҕолорум хаһан кэлэллэр диирэ буолуо”, – диэн эбэтин оннугар этээччи буолар.

– Кэбис, инньэ диэмэ! – Былыргы эбитэ буоллар “Айыы!” диэ эбиппин. Ол оннугар илиитин уокка даҕайбыт киһи эмискэ эһэ тардан ыларыныы түргэнник көннөрө охсобун. Кини өйүгэр ити барыта хантан кэлэр? Баара суоҕа үс саастаах киһиэхэ…

Алеша иигин, хаанын түмүгүн лаборатория биэрбит. Мааҕыын учааскабыт враһа бэркэ аһыммыт куолаһынан: “Балыыһаҕа сытарыгар тиийдэ”, – диэн эппитэ. Мин испэр тоҕо эрэ бөҕөх соҕус санаалаах тиийэн бараммын албыннаппыппыттан хомойон эрэ хаалбытым.

– Өскөтүн сыстыгана, олус куттала суох буоллаҕына көҥүллүө этигит. Мантан инньэ мин бэйэм бииргэ сылдьабын. Онон бэргээтэр эрэ күнүнэн киириэхпит. Балыыһаҕа ордук дьүдэйиэ. Хаарыан сайыны туһаныах этибит. Сатанар буоллаҕына ол кэриэтэ күһүн наҕылыччы эмтэтиэхпит.

– Кэбис, кэбис папаша, инньэ диэмэ, маннык түмүктээх оҕону ыытарбыт сатаммат.

– Мин модьуйбаппын. Ити көннөрү баҕабын биллэрэбин.

– Оннугунан оннук буолуо да…

– Ити оҕо уруккуттан да быара улахан этэ, – врач кабинетыгар олорор маҕан халааттаах эдэр нуучча дьахтара тыл кыбытар. Сүбэлэһэн бараннар сарсын үөс тымырыттан хаан ылан анализтатарга этэллэр.

10.07.69. Бөөлүүнү быһа ардах түспүт. Билигин да ситэ-хото аста илик тымныы. Ону ол диэбэккэ Алешаны үксүгэр көтөҕөн 8 чааһы куоттарымаары ыксаан оҕо консультациятыгар тиийэбин. Лаборант кыыс 8 ч. 30 м. саҕана эрэ кэлэр. Алеша хаҥас илиитин үөс тымырын булбакка уҥа илиититтэн, мин көрдөхпүнэ, фиолетовайдыҥы хааны оботторон ылар. Оҕом тулуурдааҕын көрдөрдө – ытаабата. Мин баҕарбатарбын да Маша илиитигэр ити тымыра сүтүөр диэри дьөлүтэ аспыттарын санаан уҥуоҕум кытта кыйыттарга дылы.

12.09.69. Кыһайбыт курдук тыаллаах, тымныы күн. Бырамаҕа киирэн автобуһу кэтэһэн суол кытыытыгар олоробут. Мин кыра уолбун суорҕаҥҥа суулаан уларыйа сылдьан үрэр тыалга көхсүбүнэн буола сатыы-сатыы ыскамыайкаҕа олоробун. Ийэм Алешалыын чугас тыа диэки баран бараннар төннөн иһэллэр. Мираида, биһигини атаарса диэн, эмиэ кэлэн турар. Ис сүрэҕиттэн буолбакка, күһэллэн барсан иһэрэ, тэһийбэтэх, киҥнэммитин кистии сатыыра сирэйиттэн көстөр. Былаата, бэргэһэтэ да суох. Тоҥнор да биһиги туспутугар тоҥор быһыынан кыһайбыттыы туттар.

Дьиҥинэн, сарсын барар былааннаах этим. Ол гынан баран Дуня, ийэбэр, холдьоҕор курдук тылласпытын истэн, соччо истиҥэ, эйэҕэһэ суохтук арахсан, бу бүгүн бараары айан суолугар киирбиппит икки чаас буолан эрэр. Биһигини кытта аарааҥҥа диэри аргыстаһаары Е. Соловьев оҕолорунаан эмиэ кэтэһэн олороллор. Уонна былыргы, мин “Суолтан туора” диэн кэпсээммэр ахтан аһарбыт Уоһук Мундуускайым кыыһа эмээхсин сиэнинээн бааллар.

Өрүү буоларын курдук, сайыҥҥы хонуктар биллибэккэ ааһа оҕустулар. Уолбунаан куораттан тахсан иһэрбит эрэ баара. Уонна бу эмиэ төннөөрү киирэн олордохпут. Бу суолга кэтэһэр чаастарым, сайыҥҥы сынньалаҥмыттан быдан уһуҥҥа, салгытыылаахха дылылар.

Бэҕэһээ Аржаковы кытта Чүөллэргэ, Хойуоҕа бара сылдьыбыппыт. Төннөн иһэн эбэбиттэн икки куоҕаһы уонна биир чыккымайы өлөрөммүт син бултаабыт саҕа сананан кэлбиппит. Ардах түһүөх курдуга. Суолу алдьатар дуу, хайыыр диэн дьиксиммитим. Бүгүн да саарбах. Түстэҕинэ түһүөх курдук. Тымныы аҕай. Онон тардыллаа ини. Хаары аҕалбат буоллаҕына.

1971 сыл. 28.01.71.

Мин бэйэбин түүлү-бити оннук-маннык абааһыны, үөрү, дьылҕаны итэҕэйээччилэр кэккэлэригэр туох иһин киллэриэм суоҕа этэ. Атом, кибернетика, космос үйэтигэр былыргы үйэтинээҕи хараҥа өбүгэлэрбит өйдөрүн, билиилэрин таһымыгар сылдьар ханнык да логикаҕа сөп түбэспэт. Ол да буоллар киһи мэйиитин сорох кистэлэҥнэрин, ордук түүл дьиктилэрин ситэ-хото наука арыйа илигэ чуолкай. Мин кэлин сылларга түүл уонна түһээһин туһунан балачча хасыһан аахтым да тоҕо эрэ астынар быһаарыыларбын ыла иликпин.

Өскөтүн киһи инникитин түүлүнэн урут таайара буоллар, кини олоххо барыны-бары өйдөөн-санаан оҥороро уонна ол курдук ханнык эмэ туруоруммут сыалыгар чопчу дьулуһара даҕаны солуута суох курдук буолуох этэ. Киһи барыта түүн аайы түһүүр. Онтон хайата эмэтэ кэлин олохпутугар, дьылҕабытыгар сөп түбэстэҕинэ өйдөөн кэлээччибит. Билбит, эрдэттэн биттэммит саҕа сананабыт. Мин төһө да ити курдук материалистическайдык өйдөөтөрбүн даҕаны, өссө туох эрэ итинэн астыммат, сороҕор ылыммат даҕаны хос санаалаах хаалар курдукпун. Ол баҕар саҥардыыҥҥа диэри аһара хаалыылаах, хараҥа норуоттан хааннааҕым, а.э. национальнай психологиям уратыта буолуо.

Мин Машаны кытта холбоһоот да иккис дуу, үһүс дуу түүммэр түһээбит түүлүм кэлин сөп түбэһэн хаалбытын оннук муодарҕаабатаҕым, бэркиһээбэтэҕим да иһин умнубаппын. Ыалдьар сайыныгар даҕаны кыра дьиэбэр соҕотоҕун утуйа сыттахпына, эмиийдээх оҕотун, Дьөгүөссэни, туора көтөхпүтүнэн, баттаҕа ыһыллыбытынан киирэн кэлбитин кэпсии олордохпуна Ефрем оҕонньор телеграмманы аҕалан туттаран кэбиспитэ тутатыгар сүрдээх этэ.

Мин бөөлүүн эмиэ бэрт дьикти түүлү түһээн уһуктубутум. Киһи олорор сирин аттынан хаан буолбута сууйуллубута кыайан барбатах, урут кэтиллибит эргэ маҕан баккыны кэтэбин. Хайдах эрэ балыыһа таҥаһа дуу дии саныыбын. Сарсыарда ол туһунан ийэбэр кэпсээбиппэр: “Оҕо өлүүлээх дьахтары ойох ылаары гыннаҕыҥ”, – диэн тойоннообута санаабыттан хаалбат. Онуоха суолта биэриэ да суох киһи соруйан, тугун-ханныгын билиэх баҕаттан эрэ бу бэлиэтии олоробун. Дьиҥинэн биһиги түүлбүт туһунан сиһилии, дьиҥ кырдьыгынан суруйан иһэрбит буоллар, наукаҕа улахан туһаны оҥоруох этибит. Киһи түүлэ даҕаны кини психологиятын, майгытын быстыспат сорҕото, уратыта буоллаҕа. Мин урут түһээн эрдэ билбит курдук быһыыбар, түбэлтэбэр, олохпор сылдьардыы санаан кэлэрим аҕыйаҕа суох буолааччы. Баҕар ол да иһин буолуо, көрөр түүллэрбин кэмигэр тута бэлиэтээн иһэргэ быһаарынным. Муҥ саатар, биир эмэ уус-уран айымньыга наада буолуохтара.

27.01.71. Алеша билигин даҕаны санаторийыгар сытар түннүгүнэн, сорох эйэҕэс сиэстэрэлэр ааҥҥа дьөлө быһыллыбыт хайаҕас иннинэн көрсүһүннэрэллэр. Ойуулаах кинигэ, уруһуйдуур тэтэрээт илдьэн биэрдим. Уонна бүгүн, хайа да сылбынааҕар эрдэ, хаатыҥкалаах хайыһардыы бара сырыттым. Соччо тоҥмотох курдукпун. Хата хайыһарым быата аанньа табыгаһа суох, олус эрэйдээхтик кэтиллэр. Үнүрүүн Уйгуурап уонна Левин кэлэ сылдьаннар иҥиннэрэн биэрбиттэрэ. Мин иннибинэ ким да сылдьыбатах. Сэтинньигэ диэри сылдьыбыт хайыһардьыттар омоон суоллара баар эбит.

15.02.71. С-40, к-29, -30 кыраадыс. Аны ити курдук радионан истибит күммэр салгын температуратын сарсыардааҥҥытын, күнүскүтүн бэлиэтиир буолуом. Бүгүн хайыһардыы барбатым. “Үөлээннээхтэрбитин өтө көрөн” диэн В. Яковлев романын туһунан ыстатыйабын дьэ мүлүктээн бүтэрэн “Хотугу сулуска” илдьэн биэрдим. Хара маҥнайгыттан аатыттан иҥнэ түстүлэр.

07.03.71. Бүгүн дьэ аан маҥнай бачыыҥканан хайыһардаан мырааҥҥа тиийэ сырыттым. Былырыын, иллэрээ сыл манна кэлбэтэҕим. Урут Короленкоҕа олорон уонча сыллааҕыта сылдьарым. Уонча сыл! Хайдахха дылы элбэҕий! Ол икки ардыгар төһөлөөх уларыйда. Мин Маша тиһэх күннэригэр сыппыт балыыһатын көрө-көрө ааһабын. Барыта харахпар субу баар…

20.04.71. Күнүс аһара корректнай, эйэҕэс нуучча саха былаастаах билбэт эдэр киһим мин ааппын ааттаабытынан киирэн кэлэр. Улахан суумкатын муостаҕа туруоран баран хонноҕун сиэбиттэн КГБ үлэһитэ буоларын туоһулуур билиэтин көрдөрөр.

22.04.1971. Сарсыарда хаама сылдьан проф. Романов өссө да хайыһардыы сылдьарын көрөбүн. Мин бэҕэһээ хаар түспүтүн иһин илдьэ кэлээри гынан баран хаалларбытым.

28.04.71. КГБ инспектора.

01.06.71. Түүл. Ханнык эрэ дьиэҕэ баарбыт диибин. Кирсанова Варвара эмээхсин бэргэһэбин кистээн кэбиспит. Хара бэргэһэбин. Мин ханнык эрэ өссө кугас бэргэһэбин көрдөөн ону-маны сүргэйэбин да булбаппын. Эмээхсиҥҥэ кыыһырабын. Кини миигин физика уруогар туттулар геометрическай фигураларынан быраҕаттаталыыр. Мин аһаран биэрдэҕим ахсын онтуктара умайа турар көмүлүөк оһоххо түһүтэлииллэр.

Уһуктабын. Эмээхсин хара бэргэһэбин кистээбитин урукку хомолтолоох санааларым миигиттэн тэйээри гыннахтара диэн итэҕэйээччи киһилии тойонноот, эмиэ утуйан хаалабын.

Кыччыгый уолум, Дьөгүөссэм, биһиги ханнык эрэ лүҥкүр хара тыа усгун баран иһэбит. Түҥкүтэх маарыкталары, дулҕалаах куһаҕан үрэҕи, ханнык эрэ ис киирбэҕэ суох сирдэри ааһарга дылыбыт. Оттон оҕобун соҕотохтуу урут иннибэр ыыппытым сырдык халлаан күөҕэ ырбаахыта тойтоһуйбахтаат тыа быыһыгар сүтэн хаалар. Эккирэтэбин. Сиппэппин. Булбаппын. Ханна баран хааллаҕай диэн өҥү көрөөрү үрдүк тиит дуу, бэс дуу үрдүгэр ыттабын. Олох үөһэ таҕыстым, икки аҥы салаалаах эбит. Онтон тутуһуох буолтум нуоҕайан сууллуох курдук иҥнэйэр. Иннибэр хоп-хойуу кутуруктаах тииҥчээн утары турар бэс лабаатыгар олорорун сууллан иһэн көрөргө дылыбын. Оттон оҕом саҥата “Паапаа!” диэн ыҥырар. Оҕобун булан үөрүүбүттэн уһуктан кэлэбин.

Сааскыттан быһа оҥостуммут режиммин уларытаары утуйа сатыы-сатыы утуйабын. Бэҕэһээ сарсыардааҥҥа диэри 5 чаас иннинэ туран хаама-сүүрэ, эрчиллэ барарым. Аны сылаас буолан паркаҕа дьиэтэ-уота суох, кимнээхтэрэ биллибэт дьон үгүстүк хонор буоллулар. Онуоха бытыылка хомуйааччылары уонна түүнү быһа күүлэйдээбит, көрүлээбит пааралары эбэн кэбис. Дьэ ити иһин, аны 6 чаастан бараары найыланан сытабын.

Бүгүн Алеша биһиги төрөөбүт күммүт. Киэһэ Дьөгүөр, Хабырыыс, ийэм буоламмыт биир коньягынан бэлиэтиибит.

Тыаллаах хаҕыс тымныы күн буолла.

03.06.71. Бүгүн ГЭК үлэтин саҕалаата. Мин дипломун салайбыт студеным И. Левин 4 сыанаҕа көмүскээтэ. Биэһи да биэриэхтэрин урукку өттүгэр бэрээдэгэ мөлтүү сылдьыбытын аахтылар.

06.06.71. Үгэспинэн сарсыарда паркаҕа тахсыбытым, били мин иилии эргийэ сүүрэр стадионум дьон олорон көрөр сирдэрин уоттаан кэбиспиттэр. Өссө еврейдэр кылабыыһаларын аттынааҕы эстраданы эмиэ хара хоруонан көрдөрбүттэр.

07.06.71. Соҕотоҕун Күөххонууга киирэ сырыгтым.

11.06.71. Үс дипломаным ситиһиилээхтик көмүскээтилэр. Киэһэ Ф.С. кэргэнинээн тиийэн кэлбиттэр. Бу күннэргэ сарсыарда паркаҕа бардаҕым ахсын, гражданскай таҥастаах КГБ үлэһиттэрэ кэтииргэ дылылар. Арааһа, миигин уоттаабыта буолуо дииллэр быһыылаах. Хаамааччылар үксүлэрэ, барылара даҕаны диэххэ сөп, даачаларыгар көспүттэрэ. Арай мин эрэ ол дойдуга дуурданабын.

Быйыл кыһыҥҥытааҕы олохпун, үлэбин устунан Маша туһунан санаан харахпын симмэтим. Уруккум курдук дойдубар да соччо дьулуспаппын. Ол да буоллар хаһан эргийэн кэлиэхпэр диэри дьиэбин хатаан баран, Даркылаахтыыр автобус тохтобулун диэки суос-соҕотоҕун сукуҥнуубун. Оҕолорбор уонна дьоммор ону-маны ылбытым эчи сүгэһэрим улахана, ыарахана бэрт. Трамвайга Е.И-ны уонна А-ны көрсүтэлиибин да хайаларын да кытта кэпсэппэккэ бэйэм санаабын кытта бэйэм каюта ойоҕоһугар олоробун. Туох да миигин сэргэҕэлэппэт. Бэл, бу аатырар улуу өрүс көстүүтэ даҕаны мин күннээҕи олоҕум курдук чуҥкук, туох да киһи кэрэхсиэҕин булбаппын. Сайыҥҥы да олоҕум ол курдук ааһарын биллэрбин даҕаны, инним диэки устан иһэбин…

27.07.71. Быйыл моой оттуубун да, ходуһам аанньа үүммэтэх буолан хотуурум да, санаам да хоппот. Аҕыйах бугулланным. Чүөллэрэҕэ бара сылдьаммын балаҕаммыт иһигэр бочугурастар киирэн олороллорун көрөн баран былыргылыы айыырҕаан ыппатым. Тыаҕа тахсан түспүттэрин эккирэтэн көрдүм да, булларыахтара дуо?.. Төннөн кэлиибэр түннүгүнэн өссө үс бочугурас оҕолоро көтөн тилигирэһэн тахсыбыттарыттан соһуйан эрэ хаалабын. Быйыл сайыны быһа оһох, холумтан ыраас буоругар суунан, сөрүүкээн суоллара-иистэрэ сүрдээх эбит. Сарсыарда өттүгэр биир улары өлөрбүппэр икки куһу ханыылыыбын.

… Кыра дьиэбэр кэлэн баран утуйан биэрбэппин.

Хаһааҥҥа диэри бу курдук сулумах сылдьабын? Оҕолорум барахсаттар, ийэм даҕаны, аһыыр-аһаабат кэриэтэ сылдьаахтыыллар. Быйыл сайын үс мөһөөҕүнэн кыттыспытым да, хотууска ону улахаҥҥа уурбат. Кинилэр астара да диэхтээн биллэр буоллаҕа. Ол гынан баран дьыала онуоха эрэ буолбатах. Оҕолорум, мин бэйэм даҕаны наһаа тулаайахсыйдыбыт, туоххаһыйдыбыт.

13.08.71. Кини мааҕыын миигин уһугуннарарыгар номнуо биэс чаас ааһан эрэрэ. Мин олох даҕаны утуйан хаалыах эбит этим. Сылайбытым, төбөм да ыалдьара соччо. Билигин даҕаны үчүгэйэ суохпун. Ол гынан баран кэргэним өлүөҕүттэн ыла аан маҥнай бу кыракый дьиэбэр дьахтары кытта, буолаары буолан эдэркээн дьахтары кытта (мин маҥнай көрөөт кыыс дии санаабытым) хоммут минньигэс өйдөбүлүм тахсан биэрбэт.

20.08.71. Сарсыарда хаама барабын. Күнүс оҕолорбун кытта тэллэйдиибин. Киэһэ аһылык кэнниттэн Мэхээлэ Ксенофоннуун мас эрбииллэр. Лээлэ уонна Алеша онтон кылгас гына эрбэммиттэриттэн хайыттаран мин дьиэбэр көтөҕөн аҕалаллар. Тимир оһохпун оттон баран хаһыатынан саҕаһалаан уматан көрөбүн да умулла турар. Кыратык хаама таарыйа аллара киирэбин. Төннөрбөр кураанах амынньыардары тоһутан уоппун күөдьүтэр санаалаах дьиэбэр кэлэбин.

Ааммын аспытым, оһох кытыытыгар борук-сорукка ханнык эрэ кыыс олорорун эмискэ көрө түһээт, били Н. Заболоцкай Марфатын саныы биэрэбин. Оттон билээт да: “Эн кэлбиккин дуу?” – диэн үөрэн саҥа аллайабын. Кырдьыга, көһүппэтэҕим. – “Уотум кыайан умайбакка моһуоктаатаҕа үһү. Чэ, үчүгэй. Плащкын уһул, ыалдьыт буол”, – диибин. – Мин бу илиибин өлөрөн куоратынан эргийэн таҕыстым. Истибитиҥ дуо?..

– Истэн.

– Чэ билигин баҕас оһоҕум уота үөрэ-көтө күөдьүйэр ини.

Мин быйыл хайаан да кэргэн көрдөһөр санаалааҕым. Ол гынан баран ону олоххо киллэрбэккэ сырыттар сылдьыбытым. Икки оҕолоох сааһырбыт киһиэхэ оннук умсугуйан туран кэлээччи ханна эмэ баара дуу, суоҕа дуу?.. Ону даҕаны биир эмэ бэйэм курдук олоххо табыллыбатах эҥин. Аны кэлэн кими эмэ кытта тапталынан холбоһор туһунан саныы да барыахха табыллыбат.

Олоҕум саамай ыарахан кэмигэр бэйэтинэн кэлэн биэрбит дьахтартан аккаастаннахпына, баҕар, Атаҕа суох Дьөгүөр курдук сааһым тухары огдообо хаалыахпын эмиэ сөп. Үгүһү өйдүү-саныы токкоолуу барбакка, сарсыарда кэргэннии дьон буолан турабыт.

Сыыстым эрэ, таптым эрэ. Наһаа эдэрэ бэрт. Миигиттэн сүүрбэччэ сыл балыс. (1947 сыллааҕы төрүөх). Быйыл эриттэн арахсыбыт. Арыгыһыта, күнүүһүтэ бэрт эбитэ үһү. Биир кыра оҕолоохпун диир. Үнүрүүн онно тахса сылдьыбыт.

Бастакы да кэргэммин кытта уот ыстанарын курдук холбоспутум. Бу сырыыга өссө оннооҕор түргэнник быһаарынар киһи буоллум.

Быллаа Үлүксээстээххэ Кэлэҕэй Юрий баарын истэммин мотоциклынан Эмистиибит. Машаны сүгүннэрэн кэлбиппэр эмиэ кини Сатаҕайга таһааран биэрбитэ. Барыта хайдах эрэ ситимнээх, сөп түбэһиилээх, быалаах-туһахтаах курдук буолан иһэр. Эт, арыы таһааран, холбоһуубутун дьоммун кытта уонна Костялааҕы ыҥыран бэлиэтиибин.

24.08.71. Шура детсадка ремоҥҥа үлэлээн түннүк самааскалаан баран, күнүс чэйдии тахсан иһэрин мин дьиэм түннүгүнэн ыраахтан көрөбүн. Кинини кытта Алеша киирсибитэ. Аллараттан Паша, Рита аргыстаһан, хаһыа да буолан ферма хотонун аттыгар кэлэллэр.

Мин сарсыардаттан туох иһин тахсыбат уонна соччонон абааһы көрбүт ыстатыйабын мүлүктүү олордохпуна Хабырыыс киирэн кэлбитэ. Мин үлэбин быраҕан, быйыл сайыны быһа ыаһахтаспыт холустуой олох туһунан кэпсээммитин салгыы олорбуппут.

Шура улахан дьиэҕэ ааспакка туораан, миэхэ быһа Алешалыын киирэн истэхтэринэ, Хабырыыс дорооболоһоот, тута тахсар. Сыала – кинини көрүү быһыылааҕа.

Сотору чэйгэ ыҥыраллар. Кыһайбыт курдук быйыл маҕаһыыҥҥа: эт, атын да туох эмэ үчүгэй суох. Арыылаах, сүөгэйдээх килиэбинэн эбиэттиибит.

Шура биһиги С. Щипачев, Н. Доризо хоһооннорун ааҕа-ааҕабыт ороммутугар сытан сынньана түһүөх буолбуппутун, оҕолор биһиэхэ оннук дуоһуйууну уһуннук көҥүллээбэттэр. Биһигини кытта тэллэйдии барсаары кэтэһэ сылдьар Дусяны, Ританы уонна бэйэм уолаттарбын илдьэ чугас тыаҕа барабыт. Шура уолаттары кытта отоннуу хаалар. Оттон Рита биһиги тэллэй хомуйаары хочуолбутун туппутунан арыычча тэйдэр-тэйэн дьиэбитигэр кинилэрдээҕэр хойутаан кэлэбит.

Шура оҕото ыалдьан Табаҕаҕа барар буолбутун истээт, мин хомойон хаалабын.

Уйбаанныырдаахха, ол илдьит аҕалбыт Табаҕа газига кэлэн турар эбит. “Толорубут!” – диэн Шураны илдьэртэн аккаастаммыттарын иһин бэйэм тахсан көрдөһөрбөр тиийэбин.

– Уһуох буоллаххына биллэрээр. Ыксаайаҕын-хайаайаҕын, сылдьыаххынан сырыт, – диибин Шура илиитин кылгастык бобо тутаат. Төһө кыалларынан долгуйбуппун биллэрбэт курдук тутта сатыыбын.

Кинини атааран баран, балачча куһаҕан аҕай буолаат, кыратык дьиэм диэки сукуҥнуубун. Киирэн ааммын саптан тугу гыныахпын булбакка сибилигин аҕай газик барбыт суолун одуулаан олоробун. Соҕотохсуйуу диэн тугун элбэхтик билбит кыччыгый, кырдьаҕас дьиэм иһэ эмиэ бэйэм курдук хомойбуттуу им-ньим…

Бу дьиэҕэ, Чүөллэрэ халдьаайытыгар турдаҕына, былыр ийэм барахсан Маймаайыттан кийиит оҕо буолан сүктэн кэлбитэ үһү. Төрөппүттэрим мин маҥнайгы оҕолоро этим. Онон мин күн сирин көрүүбэр бу дьиэ быһаччы да сыһыаннаах буоллаҕына көҥүлэ.

Машаны дьонугар Сатаҕайга урут илдьибэккэ маҥнай мантан сүгүннэрэн аҕалбытым, баара суоҕа үс түүн утуйбута. Онтон биирин мин Уус Хабырыыһы кытта балыктыы барсаммын, кини оҕону доҕордонон бэйэтэ хоммута.

Бу дьиэҕэ, ити барбыт иккис кэргэним, эмиэ урут киирбитэ. Онон бу мин өбүгэлэрим дьиэтэ (эһэм аҕата дуу, эһэтэ дуу оҥостубут буолуохтаах) мин кутум-сүрүм уйата буолуон буолла. “Аргыс тыалым” кэпсээннэрин биир сайын устата Чүөллэрэҕэ, эмиэ бу дьиэҕэ суруйбутум. Бастакы кинигэм гонорарын өйүөлэнэн, борогуоннанан Москваҕа үөрэнэ тиийбитим. Ол барыым дьоллоохтук түмүктэммитэ.

Оттон бу саҕаламмыт иккис олоҕум хайдах ис хоһооннонон тахсара буолла?..

Сэмэн ТУМАТ бэчээккэ бэлэмнээтэ.

Чолбон. – 2007. № 5

Эһээ Ленин бүтэһик сиэнэ, Ойуунускай айбыт имиджэ уонна ҺӨҔҮҤ

Сахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал ыам ыйынааҕы нүөмэригэр:

— Эһээ Ленин мэтириэтин илдьэ сылдьар тулаайах хаалбыт уол туһунан Айанньыт «Эр бэрдэ бүдүрүйбэт» сэһэнигэр;

— норуот суруйааччыта Сайа Пушкинтан саҕалаан саха ньургуһунун туһунан «Кырдьык – дьиҥэ, түөскэр илэ мөхсөр дүҥүр…» хоһооннорун тиһигэ;

— поэт Хабырыыс Ондороос эбэтин хатыы ытыһын, ымыылаах бэлэх уонна Тыва туһунан «Саһархай күнчээн кыракый дьөрбөтө…» хоһооннорун тиһигэ;

— Сэриилэрин сылларын оҕотун, булчут эр киһи умсулҕанын, сахалыы дорҕооннор мүччүргэннээх сырыыларын, тураах отонун кистэлэҥин уонна Ойуунускай саҥа олох имиджин үөскэппитин туһунан Эдэр суруйааччылар ХХIV өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын бастыҥ кыттыылаахтара – Варя Егорова-Чэмэлиинэ (проза), Станислав Степанов-Хотоҕос (поэзия, Анжелина Ильина (драма), Мария Винокурова-Мааны Маарыйа (оҕо литературата), Мария Захарова (кириитикэ) айымньыларыгар;

— Реас Кулаковскай архыыбыттан саҥа көстүбүт Алампа Соппуруонап, Суорун Омоллоон уонна Сэмэн Данилов туһунан ханна да бэчээттэнэ илик ахтыылар;

— Утум Захаров быйыл саас Охотскай пордугар суола-ииһэ суох сиринэн хайдах айаннаан тиийбитин туһунан бэлиэтээһиннэрэ;

— Саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээбит Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылынан удьуор аҕабыыттар уонна ойууһуттар тустарынан сиэнин кытта сэһэргэһии;

— «Чолбон» сурунаал хайдах Саха сирин бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэнин быһаарбытай?;

— «Оҕоҕун кытта аах» рубрикаҕа норуот суруйааччыта Софрон Данилов Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сыһыаннаах эсселэрэ.

Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар.

«Чолбон» сурунаал

Леонид Спиридонов: «Дьиссипилиинэлээх киһи – ситиһиилээх»

Сахаларга билигин үгүстүк «этноцентризм» диэн өйдөбүл көстөр буолла. Ол аата биһиги бэйэбитин омук быһыытынан хайа да норуоттан үрдүктүк сананан, бэл, Өлүөнэ сүнньүгэр маҥнайгы дьон үөскүүр түөрэҕэ түспүтүнэн ылынан, ол туһуттан Дириҥ Үрэх былыргы оло­ҕор сигэнэн, Аан дойду үрдүнэн кырдьаҕас омук буола сатаатыбыт. Наука уонна кыраайы үөрэтии икки ардылара олус арыттанан, биир эбэни хараҕалаан сытар тус-туһунан кытыл­лар буолан эбии кэҥээн, силбэһэр кыахтара букатын тэйэн эрэргэ дылы буолла. Дириҥ Үрэх стоянката, учуонайдар быһаарбыттарынан, муҥутаан дириҥээбит чыпчаала 400 тыһ. сылтан антах барар кыаҕа суох буолан турар…

Дьиҥэр, сахалар, чахчы бүтэй да, мөлтөх да норуот буолбатахпыт. Ол эрээри, биһиги наһаа аһары барбакка, солуута суох дириҥээбэккэ, бэйэбит холобур буолар дьоммутун, сырдыкка сирдиир ыччаттарбытын көрөн, кинилэри өйөөн, норуот быһыытынан Аан дойду түһүлгэтигэр ааппытын ааттатар, сурахпытын суруйар кэммит кэлиэ турдаҕа… Омук быһыытынан холумтаммыт оннук, алаатыгарын айылҕабыт айыыта маннык. Биһиги ахсааммытынан эбиллэбит, дьоҕурдаахпыт, саҥаҕа үөрэнэр уонна ону салгыы сайыннарар бары кыахтаахпыт.

Бүгүҥҥү ыстатыйабытыгар былыр олорон ааспыт киһини буолбакка, бэйэбит аттыбытыгар үлэлии-хамсыы, ыччаты сырдыкка сирдээн иһэр киһи олоҕун, кини халбаҥнаабат санаатын, талбыт эйгэтигэр хайдах хатарыллыбытын уонна кини холобуругар ситиһиилээх буолуон баҕарар киһи ис-туруга хайдах буолуохтааҕын туһунан ахтыахпыт. Ааҕааччы маны барытын ыксаабакка олорон ааҕан, кини олоҕун ыырдарын баты­һан, бэйэҥ ону ыараҥнатан тускар туһаныаҥ диэн эрэнэ саныыбыт.

Ол курдук, биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, РФ спордун маастара, СӨ физическэй культураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, I норуоттар икки ардылары­нааҕы «Азия оҕолоро» спорт оонньууларын кыайыылааҕа, бэйэтин ыйааһыныгар Азия чемпиона, сахалартан бастакы Универсиада кыайыылааҕа, ону таһынан Аан дойду араас түһүлгэлэрин хас да төгүллээх призерэ, 2004 сыллаахха Афиныга уонна 2008 сыллаахха Пекиҥҥэ ыытыллыбыт Олимпиадаҕа IV-V миэстэлэр хаһаайыннара, Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Г.В. Ксенофонтов аатынан бириэмийэ лауреата, Россия уонна Казахстан көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандаларын чилиэнэ, СӨ физическэй культураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Николаевич Спиридонов буолар. Күндү ааҕааччыбыт, Леонид Николаевич туһунан билсэргэр өссө интэриэһинэй буоллун диэн тэттик суруйуубутун ахтыы-уочарка киэптээх ыытабыт.

Тустууга кэлии

1980 сыллаахха ахсынньы аам-даам тымныыта ааҥнаан турдаҕына, Хаҥалас улууһун II Дьөппөн нэһилиэгэр Николай Николаевич уонна Татьяна Петровна Спиридоновтар дьиэ кэргэн­нэригэр үһүс оҕолоро күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ уолларын Леня диэн сүрэхтээбиттэрэ.

Николай Николаевич сааһын тухары «Якутскэнерго» хампаанньаҕа электригинэн, Татьяна Петровна оҕо уһуйааныгар иитээччинэн үлэлээбиттэрэ. Кинилэр күүтүүлээх бастакы оҕолорун, соҕотох кыыстарын – Лена, онтон утуу-субуу күн сирин көрбүт үс уолу – Женя, Леня уонна кыраларын Петя диэн ааттаабыттара. Төрөппүттэр оҕолорун бэйэлэрин холобурдарынан ииппиттэрэ. Ол курдук, кинилэри кыра саастарыттан дьиэ ис-тас үлэтигэр сыһыаран, оҥорор, ылсар дьыалаларыгар толору эппиэти сүгэр гына үөрэтэн, иитэн, такайан таһаарбыттара.

Леня кыра эрдэҕиттэн турбут-олорбут, кэлбит-барбыт, сымса оҕо этэ. Маҥнайгы кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, убайа Женя: «Бииргэ үөрэнэр оҕолоруҥ бары тустууга сылдьаллар, күрэхтэһэн бэлиэр миэстэлэстилэр. Эн эмиэ тустууга сылдьыаххын наада», – диэн быраатын тустуу секциятыгар илдьэр. Женя, убай-убай курдук, кэлин кыра быраатын Петяны эмиэ тустууга аҕалбыта. Ол курдук, бу эмиэ бэйэтэ олус эдэркээн уол бырааттарыгар кыһалларын, уол оҕо буолан уратытык толкуйдуур уонна тустуу киһиэхэ инникитин хайаатар да туһалаах буолуохтааҕын чопчу өйдүүрэ.

Леня тустууга маҥнай кэллэҕин күн тренер Валерий Скрябин уолу көбүөр ортотугар таһааран: «Билсэн кэбиһиҥ, бу Леня, эрчиллэ кэллэ», – диэн билиһиннэрбитэ. Онуоха дьарыкка сылдьар уолаттар бары ытыстарын таһынан барбыттара. Леня онно олус соһуйбута уонна улаханнык дьиктиргээбитэ. Кини оччолорго, ол тэтиэнэхтэр эрийсэр мааттарын хабыллар-хаба ортотугар тустуук уолаттар уонна убайын иннигэр туран, түһээн да баттаппата, аны хас да сылынан Аан дойду муҥутуур түһүлгэлэрин аймыаҕын, пьедестал үрдүк чыпчаалларын ылыаҕын, бүтүн саха уонна казах норуоттарын киэн туттуута буолуоҕун, кини туһугар дьон ытыстарын харыстаабакка таһыныахтарын. Тустууга кэлбит кыра уолчааҥҥа ол саҕана барыта сонун этэ, иннигэр олус уустук уонна уһун сыралаах үлэ күүтэрэ. Инники дьылҕатын түстээбит курдук, бэйэтэ да олус умсугуйан туран дьарыктанан барбыта…

Кэлин убайа Евгений Спиридонов көҥүл тустууга маастарга кандидат, быраата Петр Спиридонов спорт маастарын нуорматын толорбуттара. Бырааттарын инники дьылҕаларын түстээн биэрбит убайдара Евгений, хомойуох иһин, эдэр сааһыгар массыына саахалыгар түбэһэн бу орто дойдуттан күрэммитэ…

Маҥнайгы тренер

Леня тустуу секциятыгар кыһын устата Валерий Архиповичка дьарыктанар. Ити сыл Хаҥалас II Дьөппөнүгэр Хабаровскайдааҕы физкультура институтун бүтэрбит Олег Дмитриевич Лебедев тренеринэн үлэлии кэлиэҕиттэн Леонид Спиридонов Лебедевкэ дьарыктанан саҕа­лыыр. Олег Дмитриевич дьо­ҕур­даах оҕолору көр­дүүр, булар былааннаах үлэ­тин саҕалаабыта. Кини ол санаатын олоххо киллэрэн, элбэх оҕону спорт саалаҕа угуйан, нэһилиэк ити көлүөнэ уолаттара бары кэриэтэ тустууга сылдьан, дьарыктанан бараллар. Хайа баҕарар күрэхтэһиигэ утарсааччыларыҥ элбэх буоллахтарына, киһиэхэ дьайар, сайыннарар өттө кэҥээн кэлэр. Ол курдук, Леня тустууга хонноҕо арыллан, сыыйа сайдан барбыта.

Леонид Николаевич тренерин туһунан олус сылаастык, иһирэхтик ахтар: «Киһи быһыытынан үтүөкэн уонна тустууга фанат-тренер этэ», – диэн кэпсиир.

Лебедев сарсыарда ахсын уолаттары уруоктара саҕаланыан иннинэ мунньан эрчийэр идэлээх эбит. Киэһэ үөрэх кэннэ эмиэ дьарыктарын салҕаан, тэйиэккэлии сылдьар уолаттары оннуларын булларан, күүстэрин-уохтарын барытын тустууга, дьарыкка салайан биэрэр. «Кини биһиэхэ тустууга маҥнайгы олукпутун уурбута», – диэн Леонид Николаевич санаатын салгыы үллэстэр. 

Леня маҥнай тустан саҕалаабыт ыйааһына 26 киилэ этэ. Баара-суоҕа 26 кг ыйааһыннаах гиирэ кэриэтэ буоллаҕа… Уол балай эмэ дьарыктаммытын кэннэ тренерэ оройуон иһинээҕи күрэхтэһиигэ илдьэ барарга сорунар. Бу чемпионат Хаҥалас улууһун киинигэр, бу кэмҥэ куорат таһымын өссө ыла илик Покровскай сэлиэнньэтин ДЮСШ-тын киэҥ уораҕайыгар ыытыллар. Дьон бөҕө мустан, тустуу буолар сирэ ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыт курдук биир кэм ньиргийэ олорор. Хаһыы-ыһыы, кыһыылаах баһыы, свисток тыаһа, өрөгөй!

Тустан тахсыбыт уолаттар көбүөр таһыгар борцовкаларын уста охсон, күөн көрсө киирээри турар хамаандаларын хаҥыл хааннаах Хаҥаластарын хахайыгар утары ууналлар, көхсүн, саннын таптайан кыайыы көтөллөөх тахсарыгар алҕыыллар, хайдах албастары оҥороруохтааҕын туһунан такайбытынан бараллар. Хамаанда ыллыктаах үлэтэ ити түгэҥҥэ көстөр. Леня манна төһө да хабыр-хапсыһыыны көрдөрбүтүн иһин, олоҕор маҥнайгытын хотторуу хомолтотун билэр. Оҕо киһи дьулуһуутугар кыайыы өрөгөйө туттарбатаҕын олус чугастык ылынан, айманан, ол кыһыытыттан күнү быһа ытаабытын туһунан Леонид Николаевич ахтан ааһар. Мин бу олорон, өрдөөҕүтэ истибиппин өйдөөн кэлэбин. Саастаах дьон хотторон баран ытыыр оҕону төттөрүтүн хайҕаан: «Характердаах тустуук ытыыр оҕоттон тахсар», – диир буолаллара. Оҕолор даҕаны, оннук хотторон баран ытыыр оҕону хаһан да элэктээбэттэрэ, бэйэ икки ардыгар ытыктабыл кэриэтэ үөскүүрэ…

Леня тустууга хайдах кэлбитин, маҥнайгы кыайтарыы хомолтотун хоргутуутун уонна кыайыы өрөгөйүн хаһан да умнубат. Тустуу кини характерын, олоххо көрүүтүн олохтоохтук уонна киһи быһыытынан чочуллан тахсарын төлкөлөөбүтэ. Покровскайдааҕы киирсии уолга маҥнайгы улахан тургутуу буолбута.

Олоххо маҥнайгы

 үрдүкү үктэллэр

1996 сыллаахха тустуунан үлүһүйбүт Леня Олимпийскай эрэл училищетыгар үөрэххэ ыҥырыллар. Онно аҕатын эдьиийэ Лидия Алексеевна уолу кытары кэпсэтэн, Николай Николаевичка уонна Татьяна Петровнаҕа бэйэтин тылын тиэрдэн, Дьокуускай куоракка Өрөспүүбүлүкэтээҕи физика-математика оскуолатыгар туттарсарга сүбэлиир. Лидия Алексеевна бэйэтэ математика учуутала буолан быраатын дэлби дьарыктаан, Леня ити сыл киирии эксээмэннэри ситиһиилээхтик туттаран, РФМШ онус кылааһын үөрэнээччитэ буолар. Саҥа оскуолаҕа уол эйгэтэ эмискэ уларыйар. Физика-математика наукатын доктора Григорий Томскай: «Оҕо маҥнай ахсааҥҥа үчүгэй буоларын ситиһиллиэхтээх. Кэлин, кини бэйэтин идэтин таллаҕына, ахсааҥҥа дьарыгырбыта олоҕор төһүү күүс буолуоҕа. Олох барыта ахсаантан турар», – диэн этэн турардаах. Ол курдук, мин санаабар, Леонид эдьиийэ эмиэ инникини сылыктаан, быраата идэлээх буоларын толкуйдаан, арааһа, итинник салайдаҕа буолуо.

Физика-математика оскуолата – тыа сириттэн кэлбит уолга таһыма үрдүк, ирдэбилэ этириэс этэ. Леня тустууга дьарыгын улам аччатан, үөрэх эйгэтигэр умса түспүтэ. Ол да буоллар билигин «Юность» стадион турар сиригэр, оччолорго эргэ мас спортсаалаҕа нэдиэлэҕэ иккитэ баран дьарыктанара, эрчиллэрэ. Манна быстах кэмҥэ Леняны Федот Архипович Соловьев уһуйбута. Спортсмен буолар санаалаах киһиэхэ маннык көтө-көтө дьарыктанара, биллэн турар, ситэтэ суоҕа, улахан туһаны аҕалбат этэ.

Дьиҥинэн, 1996 сыллаахха Леня Спиридонов аата өрөспүүбүлүкэ иһигэр номнуо иһиллибитэ. Кини бу сыл сайыныгар ыытыллыбыт маҥнайгы «Азия оҕолоро» күрэхтэһии кыайыылааҕа буолбута. Ол маннык этэ.

Ити сыл өрөспүүбүлүкэбит маҥнайгы президенэ Михаил Ефимович Николаев, аныгы Олим­пиада 100 сылын бэлиэтээн, I Норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» диэн Азия континеннарын бүтүннүүтүн хабан оҕолор спортивнай күрэхтэһиилэрин тэрийэр. Бу күрэхтэһиигэ дойдубут араас муннуктарыттан уонна тас дойдулартан кэлэн кыттыбыттара. Саха сириттэн спорка үчүгэй көрдөрүүлээх, кэскиллээх аччыгый спортсменнарга сүүмэрдээһин оҥорбуттара. Бу талыллыбыт оҕолорго Леня киирбитэ. Сүүмэрдээһин тургутуутун барытын ааһан, күрэхтэһиигэ Саха сирин II хамаандатын аатыттан кытта киирэр буолбута. Спорт аата спорт, Аркадий Алексеев этэринии: «Спорт ырыа эҥин күрэҕэ буолбатах, кыайдыҥ да кыайдыҥ. Баайсар, кэнниттэн кэлэн хойох хостоһор сатаммат. Манна барыта арылхай!» Ол курдук Леня күрэхтэһии кыайыылааҕы быһаарар күөн көрсүһүүтүгэр тиийэн биир дойдулааҕын, кэлин оҕолорго Аан дойду чемпиона буолбут Дмитрий Михайловы кыайан турардаах. Леонид Спиридонов ол саҕаттан итинник «хаартыны булкуйары» сатыыр. Ол туһунан тустууну сэҥээрэр дьон да кэпсииллэр, сонуннарга да үгүстүк суруйан турардаахтар.

«„Азия оҕолоро“ күрэхтэһии улахан эрэли биэрбитэ. Аан маҥнайгы норуоттар икки ардыларынааҕы уопутум буоллаҕа. Атын омуктары кытары тэҥҥэ эрийсиэххэ, кинилэри да кытары киир­сиэххэ сөп эбит уонна саамай сүрүнэ диэн, киһи олимпиадаҕа даҕаны тиийиэн сөп эбит диэн санааҕа кэлбитим», – Леонид Николаевич аһаҕастык этэр. Кини бу күрэхтэһиигэ кытай уонна монгуол уолаттарын кыайталаабыта.

Тренердэр саҥа көстүбүт инникилээх уолу таах ыытан кэбиһэллэрэ сатаммат дьыала буоллаҕа. Эһиилги үөрэх дьылыгар Олег Дмитриевич уонна Хаҥаластан эмиэ хас да тренер буолан сүбэлэһэн баран Леня Спорт үрдүкү маастарыстыбатын оскуолатыгар (ШВСМ) Будимир Григорьевич Яковлевка дьарыктана барарын ситиһэллэр. Эдэр спортсмен манна кэлиэҕиттэн дьиҥнээх дьарыга, күүстээх үлэтэ саҕаланар. Көлөһүн бөҕө тохтор, араас эчэйиини ыллар да, кинилэр иккиэн туруоруммут сыалларын диэки тохтоло суох биир кэм дьулуһа тураллар.

Леонид Николаевич күн бүгүнүгэр диэри кинини онно, туһааннаах кэмигэр өйдөөбүт уонна өйөөбүт оскуолатын дириэктэригэр Иван Иванович Шамаевка махтана саныыр. «Тустуук буоларбар кини үтүөтэ, өйөбүлэ эмиэ сытар», – диэн кэпсэтэр кэммитигэр ахтан ааһар.

Роман Дмитриев

 үбүлүөйдээх турнира

Сыл-хонук ааһан иһэр. Леняҕа күнтэн-күн дьарык, оскуолатааҕы түбүктэрэ эмиэ тирээн тураллар. Уол спордун уонна үөрэҕин дьүөрэлээн, хаҥыл майгыта сыыйа сыһыйан, билии уонна күүс өттүнэн кырыыланан, уҥа-хаҥас бырахсан иһэр.

Уон биирис кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, дойдубут ураты-бэлиэ кырыа кыһына тыйыһыран турдаҕына, чуо төрөөбүт күнүн саҕана куораппытыгар улахан суолталаах спортивнай тэрээһин буолар. Ол курдук Роман Михайлович Дмитриев XX Олимпиада оонньууларыгар чемпионнаабыта 25 сылын чиэстиир көҥүл тустууга улахан турнир ыытыллан, дойдубут спордун историятыгар сүҥкэн тэрээһин быһыытынан өйгө-сүрэххэ хатанар. Үрдүк таһымнаах турнир оччолорго Саха сирин биирдэ тилийэ көтөн кэбиһэр. Бу күрэхтэһиигэ олимпиец, Европа үс төгүллээх (кэлин Европа биэс төгүллээх уонна Аан дойду үс төгүллээх) чемпиона Александр Захарук кэлбитэ тустууну сэҥээрээччилэри бүтүннүү күүркэтэр, тыа сирин олохтоохторо араадьыйа сонуннарын манаабытынан бараллар. Бу сыл көҥүл тустуу историятыгар уларыйыы буолан, Аан дойду чемпонатыгар 47,6-48 киилэ маҥнайгы көрүҥнээх муҥутуур чэпчэки (1-й наилегчайший) уонна 52-52,1 киилэ муҥутуур чэпчэки (наилегчайший) ыйааһыннары туораталлар.

Леня Будимир Яковлевка эрчиллэн бу кэмҥэ адьас «форматыгар» киирэн сылдьара. Төһө да кылгас кэмҥэ дьарыктаатар, Будимир Григорьевич уолтан бэйэтин кэмигэр тахсыахтаах бары кыаҕын сөпкө туһанан, кирсэ тардыллыбыт оноҕос курдук бэлэмнээн эрэрэ. Туһааннаах кэмҥэ сыалы сөпкө кыҥаан баран, чыыбыһы төлө тардан кэбиһэр эрэ ирдэнэр курдуга. Бу күрэхтэһиигэ Леня 60 киилэ ыйааһыннаахтарга тустуохтааҕа. Уол кыайыыга көтөллөнүөн икки балай эмэ дьоһун тохтотор төрүөт баара: бастатан туран кини манна улахан дьону кытта киирисиэхтээҕэ, иккиһинэн утарсааччылара бары да ааттаах-суоллаах, улахан уопуттаах дьон этилэрэ. Леонид Николаевич билигин ахтарынан, кини ити күрэхтэһиигэ 60 киилэҕэ диэри ыйааһынын түһэрэн тиийбит. Оттон утарсааччылара төттөрүтүн ыйааһыннарын өрө таһааран кэлбиттэр. Ыйааһын оҥоһулунна, көрөөччүлэр муһуннулар, тустуу саҕаланна!

Күрэхтэһиигэ мустубут дьон, тустууну таптааччылар бары кэриэтэ финалга Александр Захаругу кытары Герман Контоев тахсыахтара диэн эрэнэ кэтэһэн олороллоро. Онуоха Леня убайын Герман Степановиһы хотон кэбиһэн, түрүбүүнэ хаҥас өттө ах барар, уҥа аҥаара саҥатыттан матар. Итиэннэ кыайыылааҕы быһаарар киирсиигэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи физика-математика оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ, Будимир Яковлев иитиллээччитэ Леонид Спиридонов уонна Европа үс төгүллээх чемпиона, күрэхтэһиини аҥаардас кыттыытынан кэлэн киэргэтэ сылдьар ааттаах-суоллаах Александр Захарук көбүөр ортотугар тахсан сүүс-сүүстэриттэн тирэһэллэр, тарбах-тарбахтарыттан бобута ылсаллар. Ол туста сылдьан Леонид киһитин олус хапсаҕайдык «миэлиҥсэлээн» түһэрэр. Онуоха мустубут көрөөччүлэр спорт Дыбарыаһын саалата хайа барыах айылаах хаһыытын түһэрэллэр. Атаҕынан дибдийии, ыһыы-хаһыы – саала иһэ күһүҥҥү сарсыардааҥҥы чуумпуга «Беларусь» тыраахтар пускааһын эспит кэриэтэ биир кэм ньиргийэ олорор. Сөҕүү-махтайыы бөҕө буолаллар. Тустууну таптааччыларга, бу саалаҕа олорор дьоҥҥо онтон ордук туох бэлэх кэлиэй?!

Ол да буоллар Леонид Захаруктан 5-3 ахсаанынан кыайтарар. Кини итини уопутум суоҕа таайдаҕа диэн билинэр. Чахчы да оннук буоллаҕа. Александр Валерьевич улахан кылаастаах тустуук этэ. Ол гынан баран, санаан көрдөххө, Леонид онно лаппа улахан уопут иҥэринэр уонна салгыы сайдарыгар, инники санаатыгар сытала суох кыах ылар. Леонид ити «миэлиҥсэтэ», «түргэннээһинэ» уонна ордук табыллан оҥорор «тилэхтээһинэ» кини сөбүлээн туһанар албастара инникитин Аан дойду таһымнаах көбүөрдэригэр ураты буочарын көрдөрүөхтэрэ. Оттон оҕо аймах кэлин мэниктээн туста сылдьан тилэхтээһин ньымата табыллыннаҕына «спиридоновтааһын» диэн тылы астына туттуоҕа…

Улахан түһүлгэлэр

Леонид, оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, ол сыл М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын геологияҕа уонна сир баайын чинчийэр факультетыгар туттарсан үөрэнэ киирэр. Маҥнайгы кууруска үөрэнэ сырыт­таҕына, 1999 сыллаахха Россияҕа бастыыр иһин күрэхтэһиигэ туста барар. Леонид, бу кэмҥэ Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, юниордарга 63 киилэҕэ тустара былааннанар. Күрэхтэһии торумунан 21 саастарыгар диэри бөҕөстөр кытталлара.

Леонид, утарсааччыларын биир-биир кыайталаан, финалга Шамиль Омаров диэн Дагестан бөҕөһүн кытары күөн көрсөр. Кытаанах киирсии кэннэ, кыһыл көмүс мэтээлгэ талаһааччылар бааллара 6-6-ҕа тэҥнэһэн хаалар. Судьуйалар маннык түбэлтэҕэ бүтэһик баалы ылбыт киһиэхэ кыайыыны биэрэллэр. Тустуу сокуона оннук. Онон, кыһыйыах иһин, Леонид үрүҥ көмүс мэтээлгэ тиксэр. Шамиль салгыы Ев­ропа чемпионатыгар баран күрэхтэһэр уонна бэһис миэстэ буолан хаалар. Шамиль Омаров – тустууга сыһыаннаах дьон эндэппэккэ билэр киһилэрэ. Кини Олимпиада икки төгүллээх, Аан дойду биэс төгүллээх, Европа түөрт төгүллээх, Россия биэс төгүллээх чемпиона Абдулрашид Садулаев тус тренерэ.

Ити сыл күһүнүгэр Россия тустуутун Федерацията Аан дойду чемпионатыгар кыттыахтаах уолаттары түмэн «прикидка» (спортсменнар бэлэмнэрин көрүү, сүүмэрдээһин) оҥороллор. Леониды кытары кини ыйааһыныгар баар Шамиль Омаров, Мавлет Батыров (Дагестан, Олимпиада икки төгүллээх чемпиона), Ахмед Юсупов (Дагестан, Аан дойду чемпиона, Али Алиев аатынан улахан турнир кыайыылааҕа) кыайар иһин көбүөрү үнтү кэһэллэр, бэйэ-бэйэлэрин кытары ибили тиниктэһэллэр. Леонид утарсааччылара бары бииртэн биир бэрт буолан иһэллэр! Ыйааһына оннук – хайа хахайдара хаардыы хаамар 63–66 киилэлэрэ.

Прикидка кэмигэр, эмиэ буоларын курдук, «хаартыга бутуур» тахсар. Леонид үөһэ ааттаммыт утарсааччыларын барыларын биир-биир кыайталаан кэбиһэр. Биллэн турар, маннык киирсиигэ мэтээл, наҕараада биэрбэттэр, онно-манна сырдаппаттар. Ол оннугар уолу таҥнар сиргэ «ыҥыраллар». Манна салгыы күрэхтэһииттэн атын дуолан киирсии буолар. Дагестан итии хааннаах бэртэрэ – номнуо биллэр ааттаах-суоллаах дьон саха ыччатыгар кыайтарбыттарын бырастыы гынар санаалара ончу суоҕа! Сүүмэрдээһин түмүгэ охсуһуулаах, сирэй-харах, эт-сиин эчэйиилээх буолбута. Ол иһин тустууну сэргээччилэр: «Испирдиэнэп Кавказ омуктарыттан күүһүнэн даҕаны, ис турук, өй-санаа да өттүнэн сабырыйтарбат!» – диэн этэллэр. Леонид кэлин даҕаны ити ааттаммыт хаачыстыбаларын үгүстүк көбүөргэ, быһаччы дьыалатыгар көрдөрбүтэ…

Эр-дьон буоллахтара, ол айдаан этэҥҥэ ааһан, Леонид салгыы ити сыл Австралияҕа ыытыллыбыт Аан дойду бастыҥнарын түһүлгэтигэр киирсэ барар. Сиднейгэ тиийэн эмиэ утарсааччыларын биир-биир самнартаан, финалга тахсар. Түмүктээх киирсиигэ Николай Пасларь диэн Болгария бөҕөһүнүүн көбүөр ха­һаайынын аатын былдьаһаллар. Пасларь бу киирсиигэ бастыҥ буолар. Леонид кыһыл көмүскэ адьас кыранан тиксибэт. Ол да буоллар үрүҥ көмүс мэтээли түөһүгэр дьоһуннук иилинэн, күүһүгэр күүс, кыаҕар кыах эбиллэргэ дылы буолар. Кэлин Пасларь ула­хан дьоҥҥо Аан дойду уонна Европа чемпиона буолбута. Ити курдук хас биирдии тустуук бэйэтэ ураты суоллаах-иистээх: үгүстэр дойдуларын салайсар үрдүкү чыпчааллары дабайбыттара. Маннык көстүү, экспертэр быһааралларынан, спортсменнар дьирээ сигилилэрэ, анаарар майгылара, бэйэлэригэр этириэс ирдэбиллэрэ – үгүс көлөһүн тохтуутун нөҥүө түбүктээх үлэ булгуччу үтүө түмүктээх буоларын бигэтик билбит хаачыстыбалара сирдээн аҕалар эбит. Онно эбии өй-санаа, үөрэх — төһүү күүс буолара саарбахтаммат…

Токио – Япония

Ол саҕанааҕы СГУ, билиҥҥи ХИФУ геологияҕа уонна сир баайын чинчийэр факультета биһиги дойдубут биир бастыҥ уонна кэскиллээх хайысхатыгар үлэлиир-хамсыыр идэлээхтэри үөрэтэн таһаарар. Университет саҥа тэриллэр кэмигэр дойдубутугар сиртэн хостонор баайы үөрэтии, онно туһааннаах каадырдары миэстэтигэр бэлэмнээһин кыһалҕата тирээн турара. ГРФ төрдүн-төбөтүн үөскээбит кэмэ СГУ тэриллээтин кытары саҕаланар диир арааһа сыыһа буолуо, чопчулаатахха, техническэй факультет тэриллэр буолан Саха государственнай университета баар буолбута. Онон ГРФ кырдьаҕас, ону ааһан ХИФУ биир сүрүн тымыра буолар диэтэхпитинэ, арааһа, сыыспаппыт буолуо.

«Икки куобаҕы сырсыаҥ, хайатыттан да матыаҥ» диэн бэргэн этии баар. Леня тустуутун, дьарыгын быыһыгар аны үөрэҕэ улахан болҕомтону эрэйэрэ. Бэриллибит сорудахтарын дьарыгын кэннэ киэһэттэн-киэһэ толорорго күһэллэн, син уҥа-хаҥас бырахсара. Сиднейдээҕи күрэхтэһии кэнниттэн, биир сыл элэс гынан ааһа охсор. Өр буолбат, 2000 сыллаахха ыытыллыбыт Россия чемпионатыгар «Сахалар бастаатылар!» диэн сурах эмискэ Саха сирин тилийэ көтөр. Ол курдук биир дойдулаахтарбыт Кирилл Павлов, Николай Чукров уонна Леонид Спиридонов Кабардино-Балкарияҕа ыытыллыбыт устудьуоннар икки ардыларынааҕы Россия чемпионатыгар бастакы миэстэлэри ылан, Рос­сия сүүмэрдэммит хамаандатын иһигэр кимиэллээхтик кимэн киирэн, салгыы Японияҕа ыытыллар Устудьуоннар икки ардыларынааҕы аан дойду түһүлгэтигэр күрэхтэһэ барар чиэскэ тиксэллэр. «Саха тустуута баар!» – диэн дьон астына кэпсэтэр, санаа атастаһар буолар, бэл, эдэр ийэлэр оҕолорун тустууга суруйтаран бараллар…

Япония киин куората уолаттары уруйдуу көрсүбүтэ. Сылааһа, ырааһа, сырдыга! Түүнүн дьиримнээн олорор, уот-күөс мааныта! Леонид бу да иннинэ син балай эмэ сайдыылаах дойдулары, араас улахан куораттары көрбүтэ даҕаны, күннээх дойду киин куоратын сайдыы­тыттан улаханнык соһуйбута, өйүгэр-санаатыгар хаалардыы сөхпүтэ…

Универсиадаҕа биһиги уолаттарбыт чаҕыл­хай киирсиилэри көрдөрбүттэрэ. Леонид 63 киилэ ыйааһыҥҥа тэҥнээҕин булбатаҕа. Сахалартан аан бастакынан устудьуоннар Олим­пиадаларыгар кыайыылааҕынан тахсыбыта. Быһаарсыылаах киирсиигэ Леонид Япония бөҕөһүн үҥкүрүппүтүгэр олохтоох дьон киһилэрин өйөөн ыһыынан-хаһыынан биһиги уолбут уйулҕатын төһөлөөх баттыы сатаабыттара буолуой?! Ол ыгыыны хайдах курдук кыайан утарсааччытын самнарбытын киһи билигин таайа эрэ саныан сөп курдук. Леонид кыа­йыы көтөллөөх дойдутугар кэлбитигэр кинини өссө биир үтүө сонун кэтэһэн турара. СГУ ректора Анатолий Алексеев «Человек года» диэн уһулуччу ситиһиилээх устудьуоннарга бэриллэр анал ытык ааты Леонид Спиридоновка туттарбыта.

Спорка бэриниилээх буолуута кэмниэ кэнэҕэс атын өттүнэн охсуулаах буолан тахсыбыта. Леонид үөрэҕэр көтүтүүтэ олус элбээн, үһүс кууруска үөрэнэ сылдьан кэккэ ыарахаттары көрсүбүтэ. Тиһэҕэр үөрэҕиттэн даҕаны тохтуох курдук буолбута. Бу кэмҥэ Хайа факультетыгар Борис Николаевич Заровняев деканынан ананар. Кини сүбэтинэн Леонид СГУ иһинэн физкультура институтугар көһөр. Кэскиллээх спортсмен уол бэйэтин эйгэтигэр дьэ тиийэн, үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэр. Леонид бас­такы ылбыт идэтинэн муҥурдаммакка, иккис үрдүк үөрэҕэр Үп уонна экономика институтугар кэтэхтэн үөрэнэ киирэр. Онон Леонид Спиридонов дойдутун чиэһин көмүскүүрүн быыһыгар икки идэни баһылыыр.

Чулууттан чулуулар

көбүөрдэригэр

Нуучча омугар «плох тот солдат, который не мечтает стать генералом» диэн бэргэн этии баар. Спортсменнарга эмиэ биир оннук. Өскөтүн эн дьаныһан туран спордунан дьарыктанар, кыайыыга дьулуһар буоллаххына, ыра санааҥ чыпчаалынан син биир олимпиада буолар. Олохторун спорду кытары ыкса ситимнээн, бүүс-бүтүннүү онно бэринэн сылдьар дьон бары кэриэтэ олимпиадаҕа тиийээри талаһаллар. Олимпиада – чулууттан чулуулар эрэ тиийэр, муҥутуур улахан күрэхтэһиилэрэ!

Токио турнирын кэнниттэн түөрт сыл ааспыта. Леонид бу кэм устата үгүс күрэхтэһиигэ кыай­бы­та. Олортон биир суолталаах күрэхтэһиинэн 2003 сыллаахха Алуштаҕа ыытыллыбыт эрчийэр түмсүү буолбута. Алушта турар сирэ муора кытыла буолан, салгына чэбдигэ, ырааһа, спортсменнарга анаан айыллыбыт курдуга. Бу түмсүүгэ, тургутан көрөр киирсиилэргэ Леонид Украина, Армения, Казахстан, Россия, Греция, Болгария, о.д.а. судаарыстыбалар бөҕөстөрүн кыайталаабыта.

Бу кэмҥэ казахтар саха уолун хаһыс да сылын болҕомтоҕо ылан, тоҕоостоох кэми эрэ кэтэһэ сылдьаллара. Инньэ гынан Алушта кэннэ Леониды Казахстан сүүмэрдэммит хамаандатыгар ыҥыран, кинилэри кытары үлэлэһэригэр, Казахстан аатын улахан түһүлгэлэргэ көмүскүүрүгэр этии киллэрбиттэрэ. Леонид, тренерэ Будимир Григорьевич уонна Иван Сивцев (Саха сирин уонна Россия үтүөлээх тренерэ, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара) буолан улахан толкуйга түһэллэр. Биллэн турар, Казахстан аатыттан туста ба­рыы Леонидка саҥа аартыктары арыйара уонна кэнэҕэскитин олимпиадаҕа тиийэригэр сэрэбиэйэ табыллыах курдуга. Казахстан көҥүл тустуу эмиэ сайдыбыт аҕай сирэ. Ол эрээри 19 мөлүйүөнтэн тахса нэһилиэнньэлээх омук саха уолугар болҕомтотун уурбута эмиэ тугу эрэ этэрэ. Сотору дьоммут, сөбүлэҥнэрин биэрэн, холонон көрөргө сананаллар. Ол гынан баран, Леонид тренериттэн барбат, күрэхтэһии кэмигэр эрэ Казахстан аатыттан киирэрин курдук соҥноһоллор. Онон бэйэ иһигэр улахан уларыйыы суох, режим ыһыллыыта тахсыбат.

Өр-өтөр буолбат, Леонид Казахстаҥҥа ыытыллыбыт Азия кубогын хаһаайынын үрдүк аатын сүгэр. Салгыы Словакия куоратыгар ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиада путевкатын былдьаһар турнирга бастакы миэстэни ылан, олимпиадаҕа баран Казахстан аатын көмүскүүр үрдүк чиэскэ тиксэр. Бу күрэхтэһиигэ Леонидка «Турнир бастыҥ тустууга» диэн анал кубогы туттараллар. Тургутуутун барытын дьоһуннук ааһан, уол туруоруммут сыалын ситиһэр. Аны кини иннигэр туорайдыыр-тохтотор туох да суох этэ. Леонидка олимпиада тыына биллибитэ, хас биирдии спортсмены долгутар улуу турукка киллэрбитэ…

2004 сыллаахха Леонид Спиридонов Казахстан сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн XXVIII Олимпийскай оонньууларга күрэхтэһэ барар. Бу кэмтэн ыла кини улахан көбүөрдэргэ мэлдьи 66 киилэҕэ тустар буолар. Олимпиада буолар да сирэ олус суолталаах этэ. Олимпиада оонньуулара аан маҥнай биһиги эрабыт иннинэ 776 сыллаахха Грецияҕа үөскээбиттэрэ. Кэлин, улахан религиялар киирбиттэрин кэн­нэ, Олимпиада оонньууларын «язычниктар» итэҕэллэрэ диэн тохтото сылдьыбыттара. XIX үйэ бүтүүтүгэр бу оонньуулары хаттаан сөргүппүттэрэ. Ол курдук, 2004 сыллааҕы олимпиада бэйэтин төрүт дойдутугар дойдутугар төннөн Грецияҕа ыытыллар буолбута. Онон суолтата – улахан, сүрүнэ – сүдү!

Үгүс киһи бу олимпиаданы – Герман Контоев уонна Леонид Спиридонов тиийбит күрэхтэһиилэрин күн бүгүҥҥэ диэри үчүгэйдик өйдүүр. Биһиги бу кэмҥэ Аммаҕа киирэн оттуу сылдьарбыт. Кырдьаҕас таайбыт – тустуу улахан сүгүрүйээччитэ. Күн-дьыл да туран биэрэн, олус үчүгэй «күһүннээх» дьыл буолбута. Араадьыйабытын туппутунан, кулгаах иччитэ буолан алаастан алааска көһө сылдьарбыт. Эппиэттээх киһибит – таайбыт. Тустууктары да билэрэ, бэйэтэ сыана быһа охсоро да түргэнэ, сорох кэмҥэ мөккүһүүлээх да буолар этибит. Ол быыһыгар кустуурбут уонна отоннуурбут. Бэрт сэргэх күһүн ааспыта… Биллэн турар, чиҥник өйгө хатанан хаалбыт түгэннэринэн Леонид Спиридонов киирсиилэрэ буолбуттара…

Маҥнайгы эргииргэ Леонид Эван Макдональд диэн Канада бөҕөһүн утары тахсар. Киирсии маҥнай биһиги уолбут туһатыгар баран иһэрэ. Ол курдук Леонид 7:0 ахсаанынан канадеһын самнаран иһэн, киһитэ эмискэ арыллар да, биир-биир баал ылаттаабытынан барар. Сүрдээх уустук хачыктаһыы кэннэ Леонид киһитин 9:7 ахсаанынан баһыйар. Киһи тэйиччиттэн олорон, ис-иһин билбэккэ, солуута суохха эмиэ ыгылыйыан сөп эбит. Киһибит ситтэрэ сыспытыгар убайдарым кэри-куру турукка киирэн барбыттарын көрөр соччото суох көстүү этэ. Хата кыайан, эҕэ-дьэҕэ буолан, күө-дьаа оттуу барарбытын өйдүүбүн. Чахчы, ыксатан турардаах. Билигин Леонидтыын алтыһан билбитим, олимпиадаҕа баран иһэн тымныйан ыалдьа сылдьыбыт эбит. Кини ити кэмҥэ ыйааһын түһэрэ сылдьан, самолет сөрүүкэтэригэр (кондиционер) үрдэрэн кэбиспит. Киһи ыйааһына түстэҕинэ, оннук кыра да тыалга оҕустарыахха сөп. Биллэн турар, тымныйыыта күрэхтэһии кэмигэр син биир доруобуйатыгар сабыдыаллаатаҕа. Бэйэтэ даҕаны тыынарыгар ыарырҕаппытын туһунан ахтан ааһар.

Спиридонов иккис эргииргэ Болгарияттан сылдьар Олимпиада призерэ (2000 с.), Аан дойду уонна Европа хас да төгүллээх чемпиона Серафим Барзаковтыын күөн көрсөр. Барзаков бу иннинэ Макдональды 10:0 ахсаанынан хотон сылдьара. Онон дьон эрэ барыта Болгария бөҕөһүгэр кыайыыны биэрэн олороллоро. Уопут уонна эрчим утарыта тураллар. Манна эмиэ маҥнайгы эргиир хаамыыта хатыланар. Леонид киһитин 4:0 ахсаанынан кыайан иһэн тиһэҕэр тиийэн бааллара тэҥнэһэн хаалар. Ыксал буолар. Мүнүүтэ бүтэрэ адьас аҕыйах сөкүүндэ хаалбытын кэннэ Леонид Барзаковы үгэс буолбут ньыматыгар түбэһиннэрэн, хап­саҕай албаһынан «тилэхтээн» түһэрэр. Оннук гынаатын кытары алаас абааһыларын барытын аймыах айылаах дуолан хаһыыны түһэрэбит. Сэрэйдэххэ, тэлэбиисэринэн көрө олорор, оттуу, бултуу сылдьар араадьыйанынан истээччилэр уонна онно миэстэтигэр ыраах Афины куорат түһүлгэтигэр көрөөччүлэр биһигиттэн итэҕэһэ суох хаһыытаабыт, саха уолун дьулуурун уруйдаабыт буолуохтаахтар! Сураҕа, Барзаков хотторон баран аҕыйах сөкүүндэ туох буолбутун өйдөөбөккө, муммут уонна мунаарбыт сирэй­дээх көбүөргэ олорбута үһү. Леонид кэлиҥҥи да тустууларыгар, утарсааччылара ити «тилэхтээһин» албаһын туттарын билэр буолан, улаханнык сэрэхэчийэллэрэ да, син биир ханна эрэ мүччү туттаран, киирэн биэрээччи үгүс буолара.

Леонид бу киирсиитин: «Дьон миигин кыайыа диэн эрэммэт этилэрэ. Ол да буоллар хомуллан, бачча тосхойбут түгэҥҥэ баал ылыахпар диэри тиниктэһиэм диэн санаалаах киирбитим», – диэн билигин ахтар.

Икки чулуу тустуугу хотон, үһүс эргииргэ Кадзухико Икемацу диэн Япония боотурун кытары көбүөргэ тахсаллар. Буоларын курдук, күрэхтэһээччилэр сыыйыллан, күүстээхтэр хаалан иһэллэр. Япония бөҕөһүнүүн эмиэ дэлби эрийсэн, тоҕус мүнүүтэни быһа тустан, Леонид 3:2 ахсаанынан бэйэтин туһатыгар кыайыыны сурунар.

Полуфинал кэмэ тирээн кэлэр. Спортсменнар бары сылайан, чыпчаалга тиийэллэрэ кыра хаалан турар. Сэрэбиэй манна эмиэ Леонид туһатыгар буолбат. Ол курдук кини бу олимпиада кыайыылааҕа буолбут Эльбрус Тедеевы (олимпиада, Аан дойду үс төгүллээх уонна Европа чемпиона) утары көбүөргэ тахсар. Ол да буоллар Тедеев ыраас кыайыыны ситиспэт. Орто Өлүөнэ сүнньүн хабыллар-хаба ортотугар күөх окко түспүт, Хаҥалас мырааннарынан өрө-таҥнары сүүрбүт хаҥыл санаалаах саха омук чулуу ыччата Леонид Спиридонов Тедеевы төттөрүтүн 2:0 ахсаанынан баһыйан барар. Онтон, бэрт бэрдэ баһыйан, сыыйа бааллара тэҥнэһэр. Леонид дьигиһийэн, киһитин самнарар санаата модун. Бүтэһик мүнүүтэ тиһэх сөкүүндэлэрэ хаалбыттарын кэннэ, Леоникка сэрэтии биэрэннэр, утарсааччытыгар биир баалы суруйан кэбиһэллэр.

Салгыы боруонса мэтээл былдьаһыыта саҕаланар. Манна көбүөргэ Махач Мурта­за­лиев­тыын (олимпиада хас да төгүллээх призерэ, Аан дойду икки төгүллээх уонна Европа түөрт төгүллээх чемпиона, олус кэскиллээх тустуук эрдэ эчэйии ылан, тустуутун тохтоппута) утарыта тураллар. Уһун-унньуктаах, хабыр киирсии кэннэ 2:1 ахсаанынан Муртазалиев кыайан, Леоникка олимпиада мэтээлэ кыл-мүччү туттарбакка хаа­лар. Түмүгэр, баара-суоҕа биир баал тиийбэккэ, Леонид төрдүс миэстэ буолар. Спортсмен киһиэхэ олоҕор аҕыйахта тосхойор түгэнигэр – олимпиадаҕа Леонид бэйэтин өттүттэн туох ирдэммитин барытын оҥорбута. Ол иһин тустууну сэҥээрээччилэр кинини ытыктыыллара өссө үрдүүр. Биһиги уолбут Казахстан норуотун киэн туттуута буолар. Леонид билигин: «Олимпиада диэн киһи дууһата хамсыыр, олус улахан суолталаах умнуллубат чыпчаал», – диэн этэр.

Өйөбүл хардарыта буолуохтаах

Леонид Николаевич олимпиада кэнниттэн үгүс үр­дүк үктэллэри ылаттыыр. Кини тустуук быһыытынан сайдыыта уонна ситиһиитэ эдэр ыччакка холобур буолар. 2006 сыллаахха бэйэтин ыйааһыныгар Азия чемпионатын муҥутуур кыайыылааҕын аатын ылар. 2008 сыллаахха Кытай Пекин куоратыгар ыытыллыбыт XXIX олимпиадаҕа тиийэн чаҕылхай киирсиилэри көрдөртүүр. Ол гынан баран, бу да сырыыга мэтээл биһиги уолбутуттан эмиэ кыһыылаахтык куотар. Эһиилигэр Аан дойду чемпионатыгар тиийэн боруонса мэтээли иилинэр.

Леонид биир үтүө хаачыстыбатынан кини бэйэтин уопутун дьонун, биир дойдулаахтарын кытары үллэстэрэ буолар. Сахабыт сирин кэрийэ сылдьан тустуук оҕолору кытары көрсөн маастар-кылаастары ыытар, сүбэ-соргу биэрэр. Бу көрсүһүүлэргэ сылдьыбыт аччыгый спортсменнар. Аан дойду улахан түһүлгэлэригэр атын омук ааттаахтарын боҕутуннарбыт бөҕөһү илэ харахтарынан көрөн, кини олоҕун ситиһиилэрин ыйдаҥардан бараллара – тус бэйэлэригэр туһалаах буолара саарбахтаммат. Леонид кэлин, улахан тустуутуттан тохтоотор даҕаны, дойду иһинэн ыытыллар таһымнаах күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара буолбута.

Сиргэ түспүт сэрэбиэйинэн, окко түспүт оҥоһуутунан олоҕун аргыһын Розалия Филипповнаны көрсөн, олохторун холбоон үс оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, ийэ, аҕа аатын сүкпүттэрэ. Леонид уолаттара Дьулусхан уонна Сандал аҕалара тустарыгар секундант, эрэллээх ыалдьааччы быһыытынан сылдьар үтүө үгэстээхтэр.

Дьиссипилиинэлээх киһи туруоруммут сыалын хайаан да ситиһэрин, ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэрин, олоххо ситиһиилээх буоларын Леонид хаһан даҕаны умнубат.

   Леонид Николаевич, спорка үгүс көлөһүнүн тохпут, дьиссипилиинэ тыйыһын билбит киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка миниистирин быһыытынан үгүс үтүө сүүрээннэри киллэриэ диэн бигэ эрэллээхпит. Леонид Николаевич спорка суола өссө кэҥээн, иннин диэки кимэн киирэн, норуотун туһугар кыайыылаах хардыылары оҥоро турдун диэн алгыспытын аныыбыт.

Утум Захаров

Чолбон. – 2022. –№ 7

Ыһыах – чыпчаал

Ыһыах – саха омук итэҕэлин сүрүн сиэрдэрэ-туомнара түмүллүбүт чыпчаала. Былатыан Ойуунускай маннык этэн турар: «Саха ыһыаҕа – былыргы сахаҕа бэт улахан суолталаах. Кини сүөһү уонна сайын бырааһынньыга этэ. Онон, судургутук эттэххэ, оччотооҕу олох икки тутааҕыттан олохтоммута: анахтан биэттэн уонна ийэттэн. Былыргы саха таҥаратын – сүөһү, бас билэр үп төрөппүтэ уонна оччотооҕу үйэ баһылыга – дьахтар айбыта. Сүөһү таҥаранан дьүһүннэммитэ – Айыыһытынан аатырбыта. Ийэ таҥаранан дьүһүннэммитэ – Иэйэхситинэн аатырбыта».

Сахалар бүгүҥҥү күҥҥэ даҕаны ыһыах ыһыллыытын улаханнык суолталаан, ымпыктаан-чымпыктаан бэлэмнэнэллэр. Бу кылгас былдьаһыктаах кэмҥэ Үрдүк Айыылар сиргэ чугаһыыллар уонна бары үтүө санааларын Орто дойду олохтоохторугар туһаайан алгыс кымыһыгар түһэрэллэр. Алгыстаах кымыһы ыймахтаабыт киһи айыы алгыһыгар тиксэр, сыл устата кинилэр көмүскэллэригэр киирэр. Ыһыах ыһыллыбатах сылыгар айыылар хомойон араас айылҕа алдьархайын (уот, уу, кураан), күүтүллүбэтэх быһылааннары, ыарыыны-сүтүүнү, төрүөх кэхтиитин ыытыахтарын сөп. Ол аата көмүскэлэ суох хаалыы диэн буолар. Биллэн турар, улуус-улуус аайы ыһыахтар араастаһаллар, ол эрээри сүнньүлэрэ биир.

Ыам ыйа (үүт ыйа), бэс ыйа (ыһыах ыйа) – ыһыах бу үрүҥ илгэ быйаҥнаах ыйдарыгар ыһыл­лар. Былыр XVIII уонна XIX үйэлэргэ аччыгый ыһыах – Кулун ыһыаҕа диэн саас эрдэ элбэх сиэрэ-туома суох ыһыллар ыһыах баара. Сайынын Күн Күбэй Хотуҥҥа, Ийэ айыыларга, Үрүҥ айыыларга, Уот Дьөһөгөйгө анаан улахан ыһыах, Улуу тунах ыһыах – күҥҥэ сүгүрүйүү, төрүөх тардыы ыһыаҕа ыһыллар. Эрдэтээҥҥи күһүн Улуутуйар Улуу Тойон аатыгар сүөһү толуктаах Ый ыһыаҕа диэн ыһыллара. Ол кэнниттэн күүскэ окко түһүнэллэр. Бу үгэстэртэн «ый-күн ыһыаҕын ыс» диэн айыыларга-таҥараларга анаан аһы-үөлү харысхала суох ыспыты-тохпуту сэтэрээн этэр этии хаалбыт. Өксөкүлээх Өлөксөй суруйарынан, өссө биир хойукку күһүн Аллараа дойду баһылыктарыгар анаан хааннаах-сииннээх, толук туттуулаах абааһы ыһыаҕа ыһыллара үһү.  

Мин манна түһүлгэ олохтонуутун кэпсиэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, билигин биһиги түһүлгэ суолтатын күүскэ умнубуппут түмүгэр, бэл, түбэһиэх сирдэргэ кытта ыһыах ыһабыт. Ыһыах, этиллибитин курдук, улахан уонна кыра диэҥҥэ арахсар. Түһүлгэ онтон тутулуктаах. Улахан – Улуу тунах ыһыаҕы ыһар түһүлгэни түстүүр сир ымпыктаан-чымпыктаан талыллар. Биһиги айыыларбыт ыраас, кэрэ айылҕалаах, дэхси кырдаллаах сири таптыыллар. Түһүлгэ – түҥ былыргы өйдөбүлэ аһаҕас халлаан анныгар тутуллубут сырдатар, ыраастыыр сир (святилище, храм). Ала бэлиэлэрин билигин даҕаны илдьэ сылдьар, ол иһин түһүлгэ олохтонуута олус суолталаах, сиэрэ-туома тутуһуллан биир халыыбынан эрдэттэн түстэнэр, эбэтэр эргэни сыллата саҥардыллар. Киэбэ тоҕус кырыылаах – төгүрүк күн диэн суолталаах. Үүт маҥан гына сулламмыт сиэрдийэлэри тоҕус биирдии хардыы (80–90 см) үрдүктээх, икки үүттээх, киэргэллээх бээгэй сэргэлэргэ икки кэккэнэн анньаллар. Икки үүт бүтэй күрүө суолтата – Үөһээ дойду айыыларыгар уонна Орто дойду иччилэригэр үҥүү бэлиэтэ. Тоҕус муннук: 1. Тоҕус хаттыгастаах Өндөл Маҥан халлаан айыыларыгар ананар; 2. Төгүрүк ии – Күн Күбэй Ийэ тиэргэнэ.

Хараҥа күүстэр, кир-хох киирбэтин диэн түһүлгэ сэргэ муннуктарын сылгы сиэлинэн хатыллыбыт ситии быаларынан хатыйа тардаллар. Муннук аайы кулуннаах биэни баайаллар. Түһүлгэ ис кээмэйэ 3, 5, 9 саһаан (1 саһаан=2,1336 м). Илин диэки Айыыһыт аартыга диэн оһуор-мандар ойуулаах, киэргэллээх үрдүк аартык тутуллар. Түһүлгэ иһигэр арҕаа туһаайыыга илин диэки сирэйдэнэр сиэр-туом ыытыллар оллооно оҥо­һуллар. Манна оттуллубут уокка алгыс этэн, айыылары, Орто дойдуга түспүт иччилэри айах туталлар. Оллоон хотугулуу-арҕаа өттүгэр соҕуруулуу-илин хайысхалаах 1, 2, 3, 5, 7, 9 кэрэ оҥоһуулаах сэргэлэр эргиир чиэппэринэн сэлэлии анньыллан нөрүйэ соҕүс тураллар. Ор­току сүрүн сэргэ ордук бөдөҥ, моойун үрдүнэн уонна аннынан оһуордаах буолар, аар баҕах сэргэ диэн ааттанар. Бу үрдүгэр хайаан даҕаны сэргэ арахсыспат бараата аар баҕах чороон (биир атахтаах) турар. Билигин бу тутуһуллубат буолуута олус хомолтолоох. Манна үүт маҥан дьүһүннээх, сиэлэ-кутуруга өҥнөөх салама­нан киэргэтиллибит ытык сылгыны баайаллар. Ыһыах сиэрин-туомун сэргэлэрэ үксүн сиэр-туом иһиттэрэ, сылгы баһа, илгэ (үс сылгы төбөлөөх), биэ бэлиэлээх, Дьөһөгөй (ат туйаҕын суола, адаҕа), төгүрүк күн төбөлөөх буолаллар. Сахалар бэйэлэрин «үс саха» диэн үс биис ууһуттан – Үрүҥ Айыы Тойонтон, Улуутуйар Улуу Тойонтон уонна Арсан Дуолай Кырдьаҕастан төрүттээхтэрин этэллэр. Сэргэлэр иннилэригэр ис түһүлгэ диэн айах тутар сиэр-туом кымыһа, ыһыах мааны астара ууруллар түһүлгэлэрэ тэриллэр. Балары чэчиринэн үүйэллэр. Анныгар иһит-хомуос түөн түһүлгэтэ диэн далбар тардыллар. Ити түһүлгэттэн икки өттүнэн сэлэлии саҥа тыллыбыт хатыҥы быһан чэчир анньыллар. Хатыҥнар хара уонна үрүҥ сиэлтэн хатыллыбыт ситиинэн силбэһэллэр. Маны сиэллээх чэчир диэн ааттыыллар уонна туос томторугунан, сиэл киистэнэн, оонньуур ыаҕайаларынан, араас өҥнөөх саламанан симииллэр.

Түһүлгэ түстэниитэ ыһыах ыһааччыттан уонна ыһыах хайдах таһымҥа барыахтааҕыттан тутулуктаах. XVIII үйэҕэ сахаларга христианство киирэн саха олоҕун укулаата уларыйбыта. Ону кытта тэҥҥэ итэҕэл, сиэр-туом, ыһыах суолтата сыыйа намтаабыта. Аймаҕынан, дьиэ кэргэнинэн, дэҥҥэ аҕа ууһунан мустан ыһыахтыыр буолбуттара. Онно оҕустаран түһүлгэ киэргэлэ, симэҕэ, үгэс буолбут тутуулара дьадайбыттар, элбэх сиэр-туом умнуллубут. Ол эрээри сүрүн тутула алдьамматах. Түһүлгэ оҥоһуута тэрийээччи төһө кыахтааҕыттан тутулуктаах. Кырыымчык кэм ыһыах ыһааччыта Күн түһүлгэни (святилище) туппат. Н.А. Алексеев суруйарынан, үс суол түһүлгэ баар:

1. Дьадаҥы ыһыах ыһааччы, көннөрү икки сулламмыт маһы үөһээ өттүнэн сиэрдийэнэн силбэһиннэрэн икки атахтаах төрүттүүр түһүлгэ диэн кымыс сиэрин-туомун толорор биллэриктээх баҕах туруорар.

2. Балачча кыахтаах тэрийээччи үс сулламмыт маһы туруоран сиэрдийэнэн ситимнээн үс атахтаах үүнэр түһүлгэ диэн оҥостор.

3. Кыахтаах ыһыах ыһааччы түөрт сулламмыт маһы туруоран, ситимнээн түөрт атахтаах түөлбэ түһүлгэ диэн тэрийэр. Сиэр-туом иһитин-хомуоһун, киэргэлин-симэҕин ситэри-хотору толорор. Холумтаннаах оллоон оҥостор.

Түһүлгэлэр чэчиринэн үүйүллэллэр, эргим­тэлэнэллэр, ситиинэн силбэһэллэр. Күрэхтэһии буолар сирин алгысчытынан алҕаммыт, күөх сэбирдэҕинэн симэммит, сиэл киистэлээх сэттэ сиэллээх сэлэлэри туруоран бэлиэтииллэр.

Елена Слепцова-Куорсуннаах, СӨ норуодунай суруйааччыта

Чолбон. – 2023. – Бэс ыйа