Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Публикациялар

Публикациялар

Үйэлэргэ тиийбит көмүс куоластар

         Култуура, искусство сайдыытыгар киһи саҥатын, тыаһы-ууһу устар тэрил айыллыыта сүүнэ улахан төһүү буолбута. Аан дойдуга грампластинка тарҕаныытын историятын кылгастык билиһиннэрэр буоллахха, тыаһы устар аппарат ХIХ үйэ саҕаланыыта айыллыбыт. Маннык аппараттар баар буолбуттара кинигэ бэчээттээһинин саҕаланыытыгар тэҥнээҕэ. Бастакы аппарат – фонограф. 1877 сыллаахха Томас Эдисон фонографка аан бастакы ырыаны устубута… Сиһилии »Үйэлэргэ тиийбит көмүс куоластар

Афанасий Уваровскай төрүччүтэ уонна олоҕун олуктара

Саха тылынан аан бастаан суруллубут «Убарыскай ахтыыта» диэн айымньыны суруйан хаалларбыт киһинэн Афанасий Яковлевич Уваровскай буолар. Уваровскайдар диэн ааттаах-суоллаах дьон Россия хотугулуу-илиҥҥи уһугар, чуолаан Саха сиригэр, XVIII үйэ бастакы аҥаарыттан саҕалаан биллэллэр. Ол курдук, Иван Уваровскай диэн араспаанньалаах хаһаактар суотунньуктара Дьокуускайтан Камчаткаҕа тиийэн, бирикээсчик сололоох атамаан Владимир Атласовы өрө турбут… Сиһилии »Афанасий Уваровскай төрүччүтэ уонна олоҕун олуктара

Духуобунай эдьиийим

(Филологическай наука доктора, литературовед Дора Васильева төрөөбүтэ 80 сылыгар) Биллиилээх литературовед уонна кириитик, филологическай наука доктора Дора Егоровна Васильева биһикки, Баһылай Куолдьарап тылынан эттэххэ, өлөр доҕордуу этибит. Кини мин эрэ иннибинэ Тыл, литература уонна история институтун аспирантуратын бүтэрээт, 1974 сыллаахха кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ, үлэһит буолбута. Оттон мин университеты бүтэрэн институт… Сиһилии »Духуобунай эдьиийим

Дьолу көрсө көтүү

(Худуоһунньук Иннокентий Корякин саҥа быыстапкатыгар бэлиэтээһиннэр) Саха сирин аныгы искусствотын биир чаҕылхай сирэйинэн, айар суолун чопчу туппут, норуот билэр уонна сөбүлүүр ойууһутунан Иннокентий Корякин буолар. Ааспыт сыл бүтүүтэ, билиҥҥи быыһык кэмҥэ дьон хаайтаран, тууйуллан, кэрэни, сырдыгы, ырааһы ирдиир тоҕоостоох кэмигэр, Россия Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Иннокентий Иннокентьевич Корякин тус быыстапката күндү… Сиһилии »Дьолу көрсө көтүү

УУС-УРАН ЫМПЫГЫ ЫРЫТТАХХА

(Валентина Гаврильева «Күһүн таптала», «Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн» айымньыларынан) Валентина Николаевна Гаврильева 1970-с сылларга «Күһүн таптала», «Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн», «Суол» диэн олус интэриэһинэй социальнай-психологическай сэһэннэри суруйбута. Оччотооҕу кэм сытыы кыһалҕаларын араас дьылҕалаах дьахталлар уобарастарынан көрдөрбүтэ. Ааптар персонаж ис эйгэтин психологическай ойуулааһыннар, бииртэн биир санааҕа көһүү, монолог уонна… Сиһилии »УУС-УРАН ЫМПЫГЫ ЫРЫТТАХХА

АҺЫҤА УОННА КЫМЫРДАҔАС

Сайыҥҥы күн сардаҥалаах уотун куйааһа Саха сирин буорун сылытан, айылҕатын тилиннэрбит. Отун, маһын мутукчата, сэбирдэҕэ ситэн үүнэн, чэлгийэн турар. Эҥин-эҥин өҥнөөх сибэккилэрэ, отторо торолуйа үүнэннэр, долгуннура тураллар. Күөх уйгу быйаҥҥа аһыҥка аймаҕа сарсыҥҥы аһыырыгар санаатын уурбакка, кыыдааннаах кыһын тымныыта кыһайыа диэн кыһаллыбакка, күөх уйгуга көҥүл тотон-уойан, кынаттарын хатыылаах атаҕынан аалан… Сиһилии »АҺЫҤА УОННА КЫМЫРДАҔАС

Алгыс курдук ылынабын

(Суруйааччы Иннокентий Сосин туһунан ахтыы) Биһиги дьиэ кэргэн 1954 сыллаахха аҕабыт Илья Гаврильевич Сосин төрөөбүт нэһилиэгэр Моорук Суолатыгар көһөн кэлэн олохсуйдубут. Ити сыл Т.Е. Сосин огдообото Евдокия Ефимовна Обутова–Дуня Маама дьиэтигэр дьукаах кыстаатыбыт. Мин олохтоох начаалынай оскуолаҕа үһүс кылааска үөрэнним. Нөҥүө сааһыгар М.И. Сосин–Дибдир Мэхээс дьиэтигэр көһөн таҕыстыбыт. Ити кэмтэн… Сиһилии »Алгыс курдук ылынабын

Эмчит суруйааччы Анатолий Слепцов ааҕааччылары кытта көрсүһүүтэ

Үрдүк категориялаах хирург, судмедэксперт быраас, Россия доруобуйатын харыстабылын уонна СӨ култууратын туйгуна, кэнники кэмҥэ саха литературатын Россия таһымыгар таһаарбыт биир чаҕылхай прозаик, поэт, Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Владимир Клавдиевич Арсеньев аатынан бүтүн Россиятааҕы «Уһук Илин» литература бириэмийэтин лауреата Анатолий Слепцову 55 сааһын бэлиэтиир ааҕааччылары кытта көрсүһүүтэ сэтинньи 29 күнүгэр Н.Д.… Сиһилии »Эмчит суруйааччы Анатолий Слепцов ааҕааччылары кытта көрсүһүүтэ

Улуу эһэбит Былатыан Алексеевич Ойуунускай.

Ааспыт үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр халыҥ хаар самначчы баттаабыт саха балаҕаныгар олорон дьадаҥы дьиэ кэргэн өссө биир оҕонон эбиллибитэ. Бу оҕону Быылатыан диэн сүрэхтээбиттэрэ. П.А.Ойуунускай 1983 с. сэтинньи 11 күнүгэр Таатта улууһугар, үһүс Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Саха норуотун дьоллоох-соргулаах олоҕун түстүүргэ айыллан, ананан кэлбит кэрэмэс киһинэн билинэбит. Былатыан Ойуунускай улаатан… Сиһилии »Улуу эһэбит Былатыан Алексеевич Ойуунускай.

Сытыытык, чопчутук ханалытан этэр прозаик

(Анатолий Слепцов кэпсээннэрин кэрэхсээтэххэ) Таатта улууһунааҕы «Араҥас сулус» литературнай түмсүү кыттыылааҕыттан Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнигэр тиийэ үүммүт прозаик Анатолий Игнатьевич Слепцов тэттик кэпсээннэрин хайдах ылыммыппын тиэрдэргэ, санаабын үллэстэргэ холонуом. Ааптар икки тылы дэгиттэр туттар ураты дьоҕурунан, айымньыларыгар уопсастыба, аныгы кэм даҕаны тирээн турар кыһалҕаларын кырдьыктаахтык бэрт дьоҕус киэп иһигэр киллэрэн… Сиһилии »Сытыытык, чопчутук ханалытан этэр прозаик

БАМ уонна Байанай туһунан номох

Баһа-атаҕа биллибэт аар-тайҕа ортотугар турар булчут балааккатын таһыгар түһэр сири көрдөөн, вертолет хаста да эргийдэ. Онтон кыракый ырааһыйаны көрөн, кур сэтиэнэҕи уонна сэбирдэҕи өрө ытыйан, улам намтаата, көлүөһэтинэн сири таарыйаат, эрэһиинэ курдук өрө тэйдэ, онтон эмиэ, сир кытаанаҕын боруобалыырдыы иккиһин намтаата. – Куттаныма, батыллыаҥ суоҕа, – диэн хаһыытаата балааккатын аттыгар… Сиһилии »БАМ уонна Байанай туһунан номох

СОҔОТОХ ХАТЫҤ

Бүөтүкээс, төһө даҕаны ыал кыра оҕото буоллар, сааһынан билигин эдьиийиттэн да, убайыттан да быдан аҕа… Бэл, аҕатын ситэрэ чугаһаата. Аҕата кыра уола сэттэлээҕэр күн сириттэн күрэммитэ, онон Бүөтүкээс кинини киһи быһыытынан соччо өйдөөбөт. Үксүн дьон ахтыытынан аҕатын оҥорон көрөөччү: сайаҕас, элэккэй майгылаах, уһун, көнө уҥуохтаах, куруук ыллыы-туойа сылдьар, киһи кэрэмэһэ… Сиһилии »СОҔОТОХ ХАТЫҤ

Олоҥхоһут-суруйааччылар уонна кинилэр олоҥхолоро

Саха маҥнайгы сүһүөх суруйааччылара норуот тылынан айымньытын дэгиттэр билэллэрэ, литературнай суруйууларыгар фольклор айымньыларыттан силис тардыммытгара. А.Е. Кулаковскай маҥнайгы суруйуута “Байанай алгыһа” диэн булчуттар өрүү туттар алгыстарын уус-уран өттүнэн чочуйан, ааҕарга анаан суруйбута. Дьэ ол иһин саха литературатын алгыс тылынан саҕаламмыт литература диэн этэллэрэ олохтоох курдук. Суруйааччылар олоҥхоҕо сыһыаннара бэрт ураты… Сиһилии »Олоҥхоһут-суруйааччылар уонна кинилэр олоҥхолоро

«Төлкө» ромаҥҥа ийэлэр уобарастара

Билиҥҥи кэмҥэ саха литературата күүскэ сайдан, кыаҕыран, бэйэтэ туспа суолланан-иистэнэн атын омук литератураларыттан хаалсыбат үрдүк таһымнанна. Төрөөбүт литературабыт маннык улахан ситиһиитигэр олук уурбут, элбэх күүһүн-күдэҕин биэрбит дьоннортон биирдэстэрэ – народнай суруйааччы Н.Г. Золотарев–Николай Якутскай. Ханнык саха киһитэ аахпатаҕай кини аатырбыт «Көмүстээх үрүйэтин», «Араҥ уонна таптал» алыптаах эйгэтигэр угуттамматаҕа буолуой?! «Адаҕа»… Сиһилии »«Төлкө» ромаҥҥа ийэлэр уобарастара

КЭМЧИ ДА БУОЛЛАР…

(Суруйааччы Н.К.Седалищев–Дьүөгэ Ааныстыырап айымньыларын сорох уратыта) Киһи аата-суола тугу хайдах оҥорбутугар хаалан эрдэҕэ. Онуоха сорох ахсаанын ааҕыа, сорох баһыйар төһө баарын баардылыа. Араас буоллаҕа дии. Ону туох диэҥий?! Сыанаһыт бэйэтин тус дьаалатынан тугу тойоннуура көҥүл… Ол сиэринэн диэххэ дуу, бэрт кэмчи айымньылаах биир дойдулааҕым, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Дьүөгэ Ааныстыырап туһунан… Сиһилии »КЭМЧИ ДА БУОЛЛАР…

АЙЫЛҔАТТАН АЙДАРЫЫЛААХТАР

Владимир КОНДАКОВ-СР Норуот эмчиттэрин Ассоциациятын президенэ, профессор, суруйааччы. АЙЫЛҔА ДЬИКТИ АЙЫЫТА УЛУУ ААНА УДАҔАН (Кылгатыллан бэчээттэнэр) Аананы аатын, фамилиятын, аҕатын аатын сороҕор сыыһаллар. Төрөөбүт, олорбут да сирин былдьаһаллар. Оннооҕор онно көмүллэ сытар диэн букатын атын сири ыйар дьоннор эмиэ баал- лар. Төрүт онно суоҕунан аймаҕырҕааһын, атын да ситимнээх курдук этиилэр… Сиһилии »АЙЫЛҔАТТАН АЙДАРЫЫЛААХТАР

Ахтан-санаан кэллэххэ…

Бу түөрт уон сэттэ сыл анараа өттүгэр, 1936 сыллаахха муус устар ыйга этэ. Саха Киин Ситэриилээх Комитетын VIII ыҥырыылаах үһүс сессията буола турара. Бэҕэһээ СКСК председателэ Александр Гаврильевич Габышев дакылаата буолбута. Дакылаакка Саха правительствотын отчуотунан сибээстээн, Бүтүн Союзтааҕы Киин Ситэриилээх Комитет сессията таһаарбыт уураахтарын уонна Саха сирин сайдыытын инники кэскилин… Сиһилии »Ахтан-санаан кэллэххэ…

«Атын омук ааҕааччыларын куттарын долгутуо…»

Ааспыт сылга саха омук духуобунай лидерэ, поэт, прозаик, драматург, саха литературатыгар тапталы ураты нарыннык хоһуйан туойбут Анемподист Иванович Софронов–Алампа «Ыллыым ээ, ыллыым!» диэн тыллардаах хоһооно 32 тылынан тахсан ааҕааччы, саха литературатын кэрэхсээччи үгүс сэҥээриитин ылбыта. Суруйааччы биир уһулуччу айымньытын, кини истиҥ иэйиилээх тылын-өһүн атын омукка арыйар кыаҕы үөскэппит бырайыак ааптардарынан… Сиһилии »«Атын омук ааҕааччыларын куттарын долгутуо…»

Хотугу сир тойуксута

(Биллиилээх эбээн поэта уонна прозаига Платон Ламутскай төрөөбүтэ 95 сылыгар) Платон Афанасьевич Степанов-Ламутскай 1920 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини эбээн бастакы суруйааччытыттан, Н.С. Тарабукинтан, уон сыл балыс этэ. Николай Саввич эдэр уолу оскуолаҕа үөрэппитэ, кинилэр ыкса билсибиттэрэ, доҕордоспуттара, литература, айар үлэ туһунан кэпсэтэллэрэ, дьоҕурдаах уолга суруйааччы сүбэлэри биэрэрэ. Онон Платон Ламутскай кинини… Сиһилии »Хотугу сир тойуксута

МИН – МИХАИЛ НИКОЛАЕВ ХАМААНДАТЫН КИҺИТЭБИН

Климент Иванов, 1991-1993 сылларга СӨ Үрдүкү сэбиэтин, 1991 сыллаахха Саха ССР бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ, СӨ бочуоттаах гражданина Ханнык баҕарар дойду сайдыытын туһунан ураты историялаах. Историяҕа киирэр кэрдиис кэмнэр дьаалата суох устан ааспаттар. Ол историяҕа киирэр хамсааһыннары салайар, норуоту түмэр, обществоны хамсатар, баһылыыр-көһүлүүр күүс баар буолара ирдэнэр. Бары өттүнэн кыахтаах салайааччы эппиэттээх… Сиһилии »МИН – МИХАИЛ НИКОЛАЕВ ХАМААНДАТЫН КИҺИТЭБИН