Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Проза » Страница 3

Проза

Иэппэт буолбут ынах туһунан остуоруйа

Олорбута эбитэ үһү ураа муостаах, ласпаҕар самыылаах, элбэх үүттээх үчүгэйкээн бэйэлээх Маҕаачай ынах барахсан. Дьиэлээхтэр бары оҕолуун-уруулуун, эдэрдиин-эмэнниин Маҕаачайдарын наһаа таптыыллара, күннэрэ-ыйдара киниттэн тахсара. Ол курдук күөх окко мэччийэн, сандал күҥҥэ сылаанньыйа сытан ыҥырана-ыҥырана кэбинэн, синньэ тэрэйэ тэбиэр диэри ыанньыйан барыларын: торбостору-оҕолору – үүтүнэн аһатар эбит. Ынахтара аа-дьуо айгыстан иһэрин… Сиһилии »Иэппэт буолбут ынах туһунан остуоруйа

УМНАҺЫТ

– Үтүө санаалаах тойон, сордоммут-муҥнаммьгг, эрэй-буруй эҥэрдэспит, ааспыт-туорбут киһиэхэ кыратык болҕомтоҕун тохтотон ааһаргар көрдөһөбүн. Айыы таҥара илэ бэйэтэ көрөн турар… аһы амсайбатаҕым үс хонно… сиэппэр кэлтэгэй кэппиэйкэм суох! Тыа сиригэр аҕыс сыл учууталынан үлэлээбитим, ол билигин земство суутун хатайыытынан үлэбиттэн уһуллан сылдьабын. Донуостааннар, бу айылаах умса хоруттулар. Үлэтэ суох сылдьыбытым… Сиһилии »УМНАҺЫТ

“Портянка из зайца”

Маарыйа бүгүн кыыһыгар  күүлэйдии барыахтаах. Буоларын курдук туох эрэ тутуурдаах, кэһиилээх бараары кыра кыралаан араас сээкэйин хомуна сырытта. Уола Тиэхээн кэһии оҥостон аҕалбыт куһун, хааһын бэттэх диэки уурда. Сиэнигэр кус өҥүн-дьүһүнүн, хаас диэн хайдаҕын көрдөрөөрү  уонна этэ наһаа кууран хаалбатын диэн түүлэрин үргээбэтэҕэ. Ону таһынан булду хайдах астыыры көрдөрүө буоллаҕа… Сиһилии »“Портянка из зайца”

СОРДООХ АЛҔАС

I Аан дойду үрдэ, тула көрдөххө, киһи хараҕа төһө кыаҕа ыларынан, күп-күөх, дьикти үчүгэй дьүһүннэнэн турар. Кэрэ, дьикти сааскы кэм кэлбит. Ити-бу хайалар төбөлөрүгэр үүнэн турар от-мас бары үөрэн-көтөн өр ууттан уһуктан, тиллэн сибигинэйэн кэпсэппиттии долгуһа, куугунуу тураллар. Киһи сүрэҕэ үөрэр үгүс ырыа-тойук дэлэйэн араас кыыл саҥата айманар. Өр соҕус… Сиһилии »СОРДООХ АЛҔАС

СИР БИҺИЛЭҔЭ

(Научнай-фантастическай кэпсээн) Формула торума дьэ булулунна! Ол да буоллар үлэ түмүктэнэрэ билигин да ыраах. Оттон күн-дьыл элэстэнэн аастар ааһан иһэр, бу кини – Ричард Смит номнуо үлүгэр 100 сааһын бараан эрдэҕэ. Абалаах, билигин кини 98-н дуу, муҥ саатар 99-н дуу туолан эрэр да буолбатаҕын! Оччоҕо бу курдук саарбахтааһын тыҥыраҕа сүрэҕин… Сиһилии »СИР БИҺИЛЭҔЭ

Циферблат

Суһал көмө массыынатыгар каталкаҕа түөрт уончалаах эр киһи былаат курдук налыйан өйө суох сытар. Быраас уонна сиэстэрэ кыыс киниэхэ тыын киллэрээри бодьуустаһаллар. * * * Түөртээх уол муостаҕа кыра массыыналарын тэлгэтэн оонньуу олорор. Бирилиирин быыһыгар маҕаһыыҥҥа барбыт эбэтин көһүтэн куукуна ыскаабын үрдүгэр ыйанан турар төгүрүк быһыылаах, маҥан өҥнөөх улахан истиэнэ… Сиһилии »Циферблат

Суоска эмэр атыыр оҕус

Тыа сирин олохтоохторо оҕолору кыра эрдэхтэриттэн үлэ­ҕэ сыһыараллар. Саанчык дьиэ ис-тас үлэтигэр барытыгар соруллар, туһа киһитэ буолбута ыраатта. Убайдара маннааҕы аҕыс кылаастаах оскуоланы бүтэрэн атын бөһүөлэккэ үөрэнэ барыахтарыттан мас кыстааһына, муус киллэриитэ, хаар баһыыта кини мүччүрүйбэт эбээһинэһэ. Ийэтэ, аҕата ону этиппэккэ оҥоро сылдьарыгар үөрэтэллэр. Кураанах маһы тыраахтарынан состорон киллэрбиттэрин аҕата… Сиһилии »Суоска эмэр атыыр оҕус

Туруулаһыы

(Кэпсээн) Сылгыһыт уол Уол түүн тыал тыаһыттан уһуктан кэллэ, кукуулуттан быган тас суорҕана түспүтүн көн­нөрөн биэрдэ, ону-маны иһиллии, сарсын тугу гыныахтааҕын былаанныы сытта. Остуол анныгар кутуйах тугу эрэ хачыгыратар, таһырдьа силлиэ улуйар. Аҕата барбыта нэдиэлэттэн ор­то, бөһүөлэккэ өйүө-тайаа ылыам диэбитэ да, ыалдьарын кистии­рэ, куһаҕаннык сөтөллөр, күрдьүгүнээн тыынар буолбута ыраатта. Кэн­ники… Сиһилии »Туруулаһыы

Наайда

(Кэпсээн) Кыһыҥҥы кылгас күн. Быргыччы оттуллубут мас дьиэ иһигэр дьоллоох чуумпу. Таһыргыы тыаһыыр кирпииччэ оһох таһыгар Наайда диэн хара дьүһүннээх тыһы ыт киниэхэ анаан тэлгэтиллибит эргэ көбүөр оҕотугар сытар. Ийэлэригэр сыстыаҕынан сыстан, биэс ыт оҕото утуйан буккурууллар. Тугу эрэ түһээн ыйылаһан ылаллар. Оһох үрдүгэр лаахтаах улахан чаанньык оргуйаары сыыгыныыр. Рая… Сиһилии »Наайда

Өймөкөөн тыатыгар

(Кэпсээн) Сунтаар хайатын хотугу тэллэҕэр киэҥ сиринэн далаан сабардыы сытар Өймөкөөн дэхси намтала халыҥ хаар суорҕанынан бүрүллэн сынньаммыттыы иһийэ сытарга дылы. Кыһыҥҥы кылгас күн. Болоорхой халлааҥҥа өлбөөркөй күн саһарар. Ыраах турар таас хайа туһунан силлиэ быстыбакка онолуйар. Ардыгар тымныыны тулуйумуна өрүс мууһа тостон лоһугураан ылаттыыр, сиҥнибит муус күрүлүүр. Сөп буола-буола… Сиһилии »Өймөкөөн тыатыгар

Аҕа дьоло

(Кэпсээн) Куочук иккис үөрэҕин быраҕан кэлэн олорор. Киһи кыһыйыах, кэнники кыайар үөрэҕэр киирэн баран, сөбүлээбэт аатыран тохтоото. Саатар үөрэхтэрэ иккиэн ыраах, соҕуруу куораттарга буолан, үрдүттэн ийэ-аҕа хонтуруола, кэтээн көрүүтэ суоҕа оҕустаҕа буолуо. Уол этэҥҥэ үөрэнэ сылдьар курдуга, сөп-сөп төлөпүөнүнэн кэпсэтэллэрэ. Төрөппүттэрэ төһө харчыны туттарын аахпаттар этэ, «үөрэххэ барар үп –… Сиһилии »Аҕа дьоло

Дөлүһүөн сибэккитэ

Күһүн суол саҥа турбутун кэннэ бу эҥэр көстүбэтэх сиэдэрэй оҥоһуулаах турку сыарҕа­ны көлүммүт ат кэлэн биһиги тэлгэһэбитигэр тохтоото. Мин күөрт күөртүү турар уолбун Бүөтүччэни «тахсаҥҥын көр» диэтим. Уолум, муннун саҥа быктаран иһэн, төттөрү түстэ. Оҕо эрэйдээх кэлбит дьон олус мааныларыттан симитиннэҕэ. Ити кэмнэргэ элбэх үлэлээх буо­ламмын кыһам уотун түүннэри суулаабакка… Сиһилии »Дөлүһүөн сибэккитэ

АҺЫҤА УОННА КЫМЫРДАҔАС

Сайыҥҥы күн сардаҥалаах уотун куйааһа Саха сирин буорун сылытан, айылҕатын тилиннэрбит. Отун, маһын мутукчата, сэбирдэҕэ ситэн үүнэн, чэлгийэн турар. Эҥин-эҥин өҥнөөх сибэккилэрэ, отторо торолуйа үүнэннэр, долгуннура тураллар. Күөх уйгу быйаҥҥа аһыҥка аймаҕа сарсыҥҥы аһыырыгар санаатын уурбакка, кыыдааннаах кыһын тымныыта кыһайыа диэн кыһаллыбакка, күөх уйгуга көҥүл тотон-уойан, кынаттарын хатыылаах атаҕынан аалан… Сиһилии »АҺЫҤА УОННА КЫМЫРДАҔАС

БАМ уонна Байанай туһунан номох

Баһа-атаҕа биллибэт аар-тайҕа ортотугар турар булчут балааккатын таһыгар түһэр сири көрдөөн, вертолет хаста да эргийдэ. Онтон кыракый ырааһыйаны көрөн, кур сэтиэнэҕи уонна сэбирдэҕи өрө ытыйан, улам намтаата, көлүөһэтинэн сири таарыйаат, эрэһиинэ курдук өрө тэйдэ, онтон эмиэ, сир кытаанаҕын боруобалыырдыы иккиһин намтаата. – Куттаныма, батыллыаҥ суоҕа, – диэн хаһыытаата балааккатын аттыгар… Сиһилии »БАМ уонна Байанай туһунан номох

СОҔОТОХ ХАТЫҤ

Бүөтүкээс, төһө даҕаны ыал кыра оҕото буоллар, сааһынан билигин эдьиийиттэн да, убайыттан да быдан аҕа… Бэл, аҕатын ситэрэ чугаһаата. Аҕата кыра уола сэттэлээҕэр күн сириттэн күрэммитэ, онон Бүөтүкээс кинини киһи быһыытынан соччо өйдөөбөт. Үксүн дьон ахтыытынан аҕатын оҥорон көрөөччү: сайаҕас, элэккэй майгылаах, уһун, көнө уҥуохтаах, куруук ыллыы-туойа сылдьар, киһи кэрэмэһэ… Сиһилии »СОҔОТОХ ХАТЫҤ

Тирэх буолбут тиитим

Эйиэхэ, тиит маспар, махтана саныыбын… Дьөгүөр бүгүн үүтээнигэр баран иһэн анаан туораан, Сындыыһын дьулурҕатык айаннатан, санаалаах сиригэр күн өссө үөһэ эрдэҕинэ тиийбитэ. Ата да, иччитин туругун өйдөөбүттүү, ол сиргэ чуо тиэрдибитэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ хайдах эрэ дьикти түүллэри түһүүрүн, туохтан эрэ туоххаһыйар санаа кииртэлиирин иһин дьиксинэ санаан, хайаан даҕаны онно тиийдэхпинэ… Сиһилии »Тирэх буолбут тиитим

Борук-сорукка

Оонньуур дьоно: КОЛЯ – ыарыһах көрүҥнээх эдэр уол. КЫЫС – Коля доҕордоһор кыыһа. МАРЬЯ ДАНИЛОВНА – Коля ийэтэ. МИХАИЛ ИВАНОВИЧ – Коля аҕата. ЭДЬИИЙ – Михаил Иванович бииргэ төрөөбүт эдьиийэ. АНГЕЛИНА ИВАНОВНА – учуутал. АРДЬААҤКЫ – бүрэ-хара, кыра уҥуохтаах уол. СПОРТСМЕН – эдэр спортсмен, бөҕө-таҕа, биллиэх-көстүөх чинчилээх эрээри, арыгылаан сүүмэрдэммит… Сиһилии »Борук-сорукка

Гибернация

Аныгы кэм киһитэ Мэхээлэ Бөтүрүөп быйыл өйө-санаата буккулунна аҕай. Үгүс ырыҥалаа­һын, төбөнү сынньыы кэнниттэн эр бэрдин мэйиитэ ытыгынан эриллибит чөчөгөй курдук дагда буола хойунна. Өссө эмээхсинэ кыра сиэнэ кыыс кэллэҕинэ оҥорор дьэдьэннээх күөрчэҕин курдук минньийдэ. Билиҥҥи бат­саап барахсан кини өйүн санаатын астаҕын көр! Хотонугар үлэлии-хамныы сылдьан, та­баахтаан бусхата олорон, Чурапчы… Сиһилии »Гибернация

Хараҥа аллеялар

Күһүҥҥү тымныы, силбик күн тэлиэгэлэр туораамаары тараанньыктаабыт, чалбахтарынан килэйбит Тулаҕа тиэрдэр биир улахан айан суолун таһыгар турар, аҥаар өттүгэр хааһына почтатын ыстаансыйата баар, аҥаарыгар дьон тохтоон сынньанан, сылабаар өрдөрөн чэйдээн эбэтэр хонон ааһар хостордоох уһун мас дьиэ таһыгар үрдүн сабыыта балачча көтөхтөрүллүбүт, бүтүннүү бадараан буолбут, кутуруктара киртийбэтин диэн түүрэ бааллыбыт… Сиһилии »Хараҥа аллеялар

«Байанай» ресторан

«Байанай Чуор Мандаарап ресторан аанын арыйа тардаатын кытта музыка тыаһа ньиргийэ түстэ, амтаннаах  ас, арыгы, сигарета буруота буккуспут минньигэс сыта муннугар саба биэрдэ. Киирээти кытта тохтуур, сыгынньахтанар хоһу ааһа көрдөххө, кэккэлэспит үгүс остуоллардаах саалаҕа көр-нар кытаанаҕа буола турар быһыылаах: уот-күөс араас өҥүнэн күлүмүрдүү оонньообут, бэркэ сэргэхсийбит, үөрбүт-көппүт дьүһүннээх мааны дьон… Сиһилии »«Байанай» ресторан